Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » От ыйа » 13 » Бюджет суотугар үөрэммит ыччаппыт үлэтэ суох сылдьарыгар ким буруйдааҕый?
Бюджет суотугар үөрэммит ыччаппыт үлэтэ суох сылдьарыгар ким буруйдааҕый?
19:27

Бюджет суотугар үөрэммит ыччаппыт үлэтэ суох сылдьарыгар ким буруйдааҕый?

Бюджет суотугар үөрэммит ыччаппыт үлэтэ суох сылдьарыгар ким буруйдааҕый?
Саха сиригэр промышленность төрүттэммитэ 50-ча сыл буолла. Ол тухары алмааһы, көмүһү, ньиэби, гааһы, хорҕолдьуну, чоҕу онтон да атын  сир баайын элбэх хампаанньа хостуур, хостуо да турдаҕа. Үйэ аҥаарын тухары саха ыччатын промышленноска сыһыарыы үлэтэ ыытыллар да, улаханнык өнүйбэппит.

Бастакы президеммит Михаил НИКОЛАЕВ сүүрбэччэ сыллааҕыта Каадыры иитиигэ уонна аттаран туруорууга Департамен тэрийиэҕиттэн ылата үгүс ыччаппыт техническэй идэлэри баһылаатылар, соҕуруу куораттарынан үөрэннилэр.

Ааспыт сырыыга СӨ профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ  уонна каадыры бэлэмниир, аттаран туруорар министиэристибэ салайааччытыттан Дм.ГЛУШКОТТАН: “Департамент нөҥүө үөрэммит ыччаттан хас бырыһыана  үөрэммит идэтинэн үлэлиилирин учуоттуур статистика ыытаҕыт дуо?” - диэн ыйыта сылдьыбыппыт. Онуоха миниистир 90-тан тахса бырыһыан ыччат дьарыктаах диэн хоруйдаабыта. Ол гынан баран, бу “дьарыктаах” диэҥҥэ – армияҕа сулууспалыыр, оҕолонон олорор, атын идэнэн үлэлиир дьон бары  киирсэллэр” диэн быһаарбыта. Онон, хас оҕо чопчу үөрэммит идэтинэн үлэлиирин ким да учуоттаабат буолан тахсыбыта...

20-ччэ сыл тухары, республика харчы бөҕөтө төлөөн, төрөппүттэр биэс-сэттэ сылы быһа оҕобут туһугар диэн, баҕар, тиһэх сүөһүлэрин сүүстээн оҕолорун үөрэттэрбиттэрэ, хамнастаах үлэҕэ үлэлиэм, айыам-тутуом диэн ыра санаа оҥостубут эдэр дьон сыалларын ситиспиттэрин-ситиспэтэхтэрин департамент да, министиэристибэ да учуоттаабата, харчытын аахпата сөхтөрөр.

Быйыл, олунньуга, ШТЫРОВ “мэҥэ бырайыактарынан” манчыыктаммыт  уонча саха ыччата Обнинскайдааҕы  ядернай физика институтун бүтэрдэ. Физика, буолаары буолан, ядернай физика олус уустук уонна, дьиҥинэн,  элитнэй үөрэх этэ. Бу оҕолортон баччааҥҥа диэри биир эрэ оҕо идэтигэр майгынныыр үлэнэн хааччылынна, ону даҕаны төрөппүттэрэ кэпсэтэн, булан талан 4 000 (!!!) хамнастаах үлэни булан биэрдилэр. Сыра, түбүк бөҕөнөн 5,5 сылы быһа үөрэммит ыччакка, бу айылаах сыана баһа суох үрдүү турдаҕына 4 тыһыынча хамнаска нэһиилэ үлэ булуу, дьэ, иэдээн буолбатах дуо?!

 Ив. Губкин аатынан ньиэп уонна гаас Россиятааҕы государственнай университеты  иллэрээ сыллааҕыта эмиэ уонтан тахса оҕо бүтэрбитэ. Биир да оҕо Саха сиригэр идэтинэн үлэ булбата!  Былырыын, каадыры бэлэмниир министиэристибэни Валерий ФРИДОВСКАЙ салайан олорон, Губкин университетыгар аны набору тохтоппута. Ол туһунан уонна Москваҕа саха студеннара, аспираннара олорор “Кузьминка” диэн уопсайы коммерческай сыалга туһаныы баран эрэрин,  улахан сыранан ылыллыбыт - республика ыччата олорор дьиэтэ коммерческэй тэрилтэлэринэн  былдьанан эрэрин туһунан “Аартык.ру” суруйан турар. Ол ыстатыйа тахсыбытын кэннэ, Москватааҕы силовой, быраабы араҥаччылыыр  структуралар  “Кузьминкаҕа” дьэҥдьиир, бэрэбиэркэ бөҕө ыытан бэрээдэк олохтообуттара.  

Студеннар, аспираннар кэпсииллэринэн, хас да күн полиция хонтуруолунан олорбуттар, сокуоннайа суох уопсайга хоноһолообут  үлэ миграннарын барыларын тустаах сирдэригэр утаарталаабыттар, ол иһигэр  коменданнарын эмиэ. Оттон министиэристибэ өттүттэн ити быһылааҥҥа туох да эппиэт-харда суоҕа. Бэл, бюджет суотугар үөрэттэрбит каадырдарын учуоттаабат, харчыны аахпат дьонтон киһи атыны күүппэт даҕаны.

***

Каадыры үөрэттэриигэ, сымнатан эттэххэ,  сыыһа-халты баһаам, оттон баары баарынан эттэххэ – национальнай каадыры промышленноска чугаһаппат үлэ ыытыллар курдук. Бастатан туран, техническэй үөрэхтэргэ ыччаты үөрэттэрии ахсаана аҕыйаата. Ол оннугар бюджет суотугар, бэйэбитигэр - республика иһигэр да үөрэтэр идэлэргэ ыччаты симии барар. Учууталы, бырааһы, социальнай педагогтары, психологтары соҕуруу куораттарга харчы төлүү-төлүү үөрэттэрии ыытыллар.

Иккиһинэн, департамент/министиэристибэ иһинэн үөрэнэн бүтэрбит оҕолор үлэнэн хаччыллыылара быстар мөлтөх. Итиннэ саха собственниктарыттан биир эрэ улахан промышленнай тэрилтэ - “Сахатранснефтегаз” ААО эрэ баар. Көмүскэ, бытархай боруодаларга биирдиилээн дьон көстүтэлииллэр  эрээри, промышленнай далааһыҥҥа тахсар кыахтара суох.  Онон, каадырдары үлэнэн хааччыйыыга кэлии хампаанньалары кытары улахан уонна күүстээх, көдьүүстээх, дьайымтыалаах  үлэ ыытыллыахтаах.  

Россия биир  бөдөҥ ньиэби-гааһы хостуур “Сургутнефтегаз” ААО Саха сиригэр кэлбитэ оруобуна 11 сыл буолла. Сыллааҕы эргитиитэ  “АЛРОСА” АОтааҕар хас да бүк улаатта, кэнэҕэс өссө улаатар чинчилээх (холобур, «Сургутнефтегаз» уопсайа республика хааһынатыгар нолуок уонна араас төлөбүр быһыытынан, 2005 сыллаахха 287 мөл. солкуобайы киллэрбит эбит буоллаҕына, 2013 сыллаахха - 7 млрд кэриҥэ солк. киллэрдэ).

“Сургуттар” Саха сиригэр 10 сыл устата 30 млн туонна ньиэби хостоотулар, быйылгы сылга 8 мөл.  туонна ньиэби хостуур былааннаахтар. Бу, бачча улахан хампаанньаҕа, Саха сиринээҕи филиалларыгар барыта 9 тыһ. киһи үлэлиир. Онтон 2,5 тыһыынчата олохтоох дьон этэллэр. Өскөтүн, чэ, 500 киһитэ ыаллыы регионнартан киирэн Ленскэйгэ “быстах кэмҥэ регистрацияламмыт” буоллаҕына, дьиҥнээхтик республика  олохтоохторуттан  2 тыһыынча киһи үлэнэн хааччыллыбыт буолуон сөп. Ити 27 тыһыынча нэһилиэнньэлээх улууска аҕыйах.  Дьиҥинэн, бу сыыппараны улаатыннарыахха сөп этэ.

***

“Сургуттар” специалистарын Томскайга уонна Тюменьҥа үөрэттэрэн ылаллар.

“Аартык.ру”:

-          Тоҕо чугастыы ХИФУ Хайаны байытар институтун кытары үлэлээбэттэрий?

ГЛУШКО этэр:

-          Томскайы уонна Тюменьы кытары былыргыттан олохсуйбут сибээстээхтэр уонна ХИФУ кинилэр ирдэбиллэригэр сөп түбэһэр гына үөрэппэт”.

“Газпрому”   кытары ХИФУ иллэрээ сыллаахха  дуогабар түһэрсибитэ: сыл аайы 10 выпускник “Газпром” тэрилтэлэригэр үлэҕэ киириэхтээх. (Быйыл дуогабар пууна туолбута-туолбатаҕа биллибэт, университет пресс-сулууспата ол туһунан иһитиннэрбэтэ, испитигэр “ыллылар ини” диэн эрэнэрбитигэр эрэ тиийэбит). Оччотугар, “Газпром” ирдэбилэ “Сургутнефтегазтааҕар” алын буолан, ХИФУ бэлэмнээбит специалистарынан дуоһуйар  дуо? Эбэтэр, “сургуттар” оннук айылаах сириксэн буоллахтарына, ХИФУ специалистары үөрэтэр, бэлэмниир таһымын үрдэтэр үлэ тоҕо ыытыллыбатый? Университет уонна хампаанньа салалтата  көрсөн, ханнык хаачыстыбалаах үлэһиккэ наадыйалларын  илдьиритиһэллэрэ  ыарахан дуо? “Былыргы үгэс” диэн баран хайаны байытар инженердэри бэлэмниир институт  салгыы үлэтэ суох ахсаанын элбэтэ олорор дуу, эбэтэр олох да сабыллар дьылҕаланар дуу? Ити барыта – национальнай каадыры промышленнаска киирэр суолун бүөлээһин курдук сыаналанар...

***

Промышленность – харчы. Олоҕу баары баарынан ылыныахтаахпыт – кумалаан, дьадаҥы норуот бу адьырҕа үйэҕэ тыыннаах хаалара саарбах. Культуура, духуобунай, гуманитарнай баай – үчүгэй, олус үчүгэй. Ол гынан баран, норуот тыыннаах хааларыгар, сайдарыгар икки кынаттаах буолуохтаах: биир кыната – духуобунас, икки кыната – экономическэй тирэх (баай-дуол, үп-харчы).  

Саха сиригэр промышленность  сайдыахтаах. Ол промышленность сайдыытыгар, биһиги – сахалар хайаан да, булгуччу кыттыһыахтаахпыт.

Ол онно сатаан кыттыһары, сатабыллаахтык кыттыһары сүрүннээн – СӨ профессиональнай үөрэххэ,  каадыры бэлэмнээһиҥҥэ уонна аттаран туруорууга министиэристибэтэ үлэлиэхтээх. “Азия оҕолоро”онтон да атын норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэри  тэрийсибит уопуттаах миниистирбин дэнэр салайааччы,  улахан хампаанньалары ХИФУну (университет салалтатын кытары кыттыһан) кытары  КӨДЬҮҮСТЭЭХ уонна ТҮМҮКТЭЭХ үлэни олохтуохтаах.

Холобур, атын регионнар курдук, манна Саха сиригэр бөдөҥ хампаанньалар сыллата ыытар научнай-практическай конференцияларыгар үрдүкү  үөрэххэ үөрэнэр ыччаты түмэ тардан, тэрийэн илдьэн кытыннарыахтаах.  Республикабытыгар талааннаах ыччаттар бааллар, суох буолбатахтар. Олору түмэн үлэ биэрээччилэргэ тиксиһиннэрэр үлэни олохтуохтаах. Ити үлэ хайысхатын араас эйгэтигэр барытыгар туһуланыахтаах, онно бастатан туран, промышленноска уонна саҥа технологияларга идэтийэр Россия да, омук да  хампаанньаларын бэрэстэбиитэллэрин ыҥыртаан аҕалан, Саха сиригэр  кустовой научнай-практическай конференциялары тэрийиэхтээх.

Атын региоҥҥа итинник үлэ барбыта быданнаата. Холобур, Самараҕа сылын аайы “Роснефть” иһинэн “Геология нефтяных и газовых месторождений, разработка нефтяных и газовых месторождений” диэн кустовой научнай-практическай конференция ыытыллар. Конференцияҕа кыттар ыччат ахсаана сылын аайы элбии турар. Итиннэ саамай күөртүүр төрүөтэ диэн – кыайбыт киһи улахан харчынан бириэмийэлэнэрэ буолбатах – үчүгэй хамнастаах үлэҕэ тиксиигэ сытар. Конференцияны тэрийиигэ үлэни биэрээччи улахан интэриэстээх – саҥа талааннаах каадырдары сүүмэрдээн ылар.

001Биир оннук конференцияҕа Саха сириттэн төрүттээх - Антон ДЕДЮКИН диэн эдэр талааннаах ыччат кыттан, “Роснефть” НК ААО киин аппараата салайар улахан конференциятыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ. Эдэр киһи дьылҕатын быһа эппэппит эрээри, кини үлэлиир “Самаранефтегаз” ААОта (“Роснефть” самалык тэрилтэтэ) Антоны олус хайгыыр. Антон биир сыл үлэлээт даҕаны, кини айбыт технологиятынан  “Самаранефтегаз” 17,5 мөл. солкуобайы экономиялаабыт.

Билигин сир баайын хостуур тэрилтэлэр технологияларыгар улахан болҕомтону уураллар. Айылҕаҕа содула аччыырын, экономическэй барыһа үрдүүрүн иһин охсуһаллар.  ХИФУ науканан үлүһүйэр преподавателлэри, студеннары өйүүбүн диэн бэйэтин көрдөрөр  буоллаҕына, научнай айыылара  практикаҕа туһанарын сатаан тэрийэр буолуохтаах. Ол  аата выпускниктара үөрэх кэнниттэн үлэҕэ киирэллэрин ситистэҕинэ эрэ, үлэтэ-хамнаһа табыллыбыт курдук ааҕыныахтаах.   

Антон ДЕДЮКИН эһэтэ Роман Романович ДЕДЮКИН Таатта Дэбдиргэтиттэн төрүттээх. Онтон Роман ДЕДЮКИН  “Киин куорат” хаһыат биир саамай биллибит общественнай корреспонденын  Егор ДЕДЮКИН бииргэ төрөөбүт убайа.

Егор Романович “Саха” араадьыйатыгар наар аһаҕас эфиргэ эрийэн хайаан да санаатын, куолаһын иһитиннэрэрин саастаах ааҕааччыларбыт өйдүүр буолуохтааххыт.  Дьэ, ол Таатта Дедюкиннарын сиэннэрэ, бу,  Антон ДЕДЮКИН буолар. Антон иллэрээ сыллааҕыта анаан-минээн Самараттан кэлэн эһэтин аймахтарын кытары кэргэнин билиһиннэрэн, күүлэйдээн барбыта.

***

Ыстатыйабыт түмүгэр, үөһэ эппиппитин түмтэххэ, каадыры бэлэмнииргэ уонна аттаран туруорууга тустаах министиэристибэ үлэтин хайысхатын маннык олуктарынан салайтарыахтаах дии саныыбыт:

-          Саха сирин үөрэхтэрин кыһатын, чуолаан ХИФУну кытары, промышленнай тэрилтэлэр ыкса сибээстээхтик үлэлииллэрин ситиһиэхтээх. Республикаҕа үлэлиир, үлэлиэн баҕарар, кэлии хампаанньалары кытары дуогабардаһан,  специалистарын биһиги үөрэхтэрбит кыһаларыгар бэлэмнэттэрэллэрин ситиһиэхтээх.  Дугабар, сөбүлэҥ  туолара  хайа да өттүттэн күүскэ хонтуруолланыахтаах.

-          Хампаанньалар ирдэбиллэригэр сөп түбэһэр гына маннааҕы  үөрэх кыһалара үлэлэрин-хамнастарын хайысхатын, хаачыстыбатын тупсарыахтаахтар.

-           Атын сиргэ үлэлиир, республикаҕа да үлэлиир хампаанньалар ыытар научнай –практическай конференцияларыгар,  атын да тэрээһиннэригэр,  региональнай тэрээһин олохтоон харса суох  ыччаппытын кытыннарыахтаахпыт.

-          Саҥа бэйэбит конференциялары тэрийэн, үлэ биэрээччилэри ыҥыртаан аҕалан, студеннары, выпускниктары кытары тиксиһиннэрэр үлэ тэриллиэхтээх.

-          Департамент/министиэристибэ нөҥүө соҕуруу куораттарга үөрэтиллэн ылыллыбыт  специалистарбытын  кытаанах учуокка ылан, харыстаан, үлэ булалларын ситиһиэхтээхпит.

 

Каадыр – ханнык баҕарар норуокка сайдар тирэҕэ, кэлэр кэскилэр. Ону өйдөөн туран үлэни-хамнаһы аттарыах тустаахпыт.

***

Аартык.ру

Комментарии 

#1
вспомнить все 13.07.2015 14:10
Фридовскай алдьатыылаах үлэтин глушко салгыыр. Таайдар үлэлэрин түмүгэ. Биир билэр дьахтарым эппитэ,, алросаҕа төһө да үчүгэй үлэһит буол. Маастартан өндөйбөккүн. У них круговая порука.
#2
Jikti 13.07.2015 14:48
Алросанан тэрилтэ итээбэт, саамай сепке суруллубут!
#3
Убайаан 13.07.2015 17:31
Саамай септеех матырыйаал!
#4
Убайаан 13.07.2015 17:33
санаан кэллэхпинэ иhим буhар...
#5
Brodiyaga 13.07.2015 18:47
Абсолютно правильно написано.

Но.

Недостаточно высказано. Поясню: статья написана по-якутски филигранно-вити евато. С намеками и экивоками. С культур-мультур деликатностями. Наверное, чтобы старшее поколение проняло. Пробило. Проканало.
И все.

При этом раскладе - все очень беззубо. Даже обидно стало. За такую беззубую беспомощность - кто-то что-то должен решать?! В чем призыв-то?

Зачем такими экивоками поднимать большую проблему? Чтобы породить интерес. А он давно есть. А он - уже просто историческое явление...
Автор статьи - чего-то не догоняет? Возможно.
Все возможно.

Источник: aartyk.ru
 
Category: Образование и наука. Школа. Детсад | Views: 1545 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 8
Ыалдьыттар (гостей): 8
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024