Тоҕо маннык олоххо кэллибит?
(Аһаҕас сурук)
Ыччаппыт олоххо бэлэмэ хайдаҕый? Урут туста сылдьан ССРС араас республикаларынан сылдьыбытым. Онно олохтоох ыччаттары кытары бэйэ-бэйэни сонурҕаһан кэпсэтэрбит. Эдэр 18 - 19 — саастаах кыргыттары, уолаттары кытары сэлэһэрбит. Биһиги сүүрбэтиттэн тахсыбыт үгүспүт үрдүк үөрэхтэммит дьон кэпсэтиибит тустар көбүөрбүт тула эбэтэр күннээҕи олох дьаһах бытовой боппуруостарынан бүтэрэ.
Ханна да тиий киин сир ыччаттара биһигиттэн уратылара оннооҕор бастакы, иккис курс ыччаттарын кэпсэтиилэрэ судаарыстыбаннай таһымнааҕа. Оччотооҕу модун ССРС лиидэрэ Л.И.Брежнев уонна политбюро чилиэттэрэ хайа судаарыстыбаҕа туох наадаҕа кими кытары көрсөн ССРС-ка туох туһалаах кэпсэтиини ыыппыттарын ырыталлара. Итэҕэлгэ олус күүстээх болҕомтону, убаастабылы биэрэллэрэ. Биһиги оннук кэпсэтиилэргэ ууну омурдан кэбиһэрбит. Саталлаах өттүбүт ырыаҕа-тойукка, итэҕэлгэ халбарытан быыһанарбыт.
Бүгүҥҥү олохпутугар эмиэ ити таһымтан ырааппакка олоробут. Үөһээҥҥи былааска туох буоларын саха киһитэ анааран өйдөөбөт. Олоҕо суох быһа: “Кириэмил дьаһайар”, “Салайбыт салайдын”, “Барыыһап бардаҕына нуучча кэлиэ”,--диэн билиитикэлиибит. Мин бу суруйууларбын үгүстэр халлааҥҥа ураҕастанар,--диэн эрдэхтэрэ.
Оннооҕор бэйэбит үөһээҥҥи салалтабытыгар туох буола турарын билбэппит. Эгэ оҕолорбут, ыччаттарбыт билиэхтэрэ дуо? Дьиҥэр аҥаардас сирбит баайынан аан дойдуга саамай баай республикаҕа маннык ыарахан балаһыанньаҕа олорорбутунан даҕаны улуус, республика таһымынан күннээҕи политиканы интэриэһиргиэхтээх, ыччаппыт инники дьылҕатын ырытыахтаах этибит.
Дэриэбинэ олоҕо тоҕо куорат курдук күүскэ сайдыбат? Саха киһитин кута-сүрэ тоҕо алдьанна? Саха үгүс эдэр ыччата тоҕо умнаһыт, тугу да сатаабат, туохха да кыһаммат ээл-дээл буолла? Бука бары анал орто, сорохтор үрдүк үөрэхтээхтэр. Тоҕо ССРС саҕанааҕы курдук: “Үөһээттэн дьаһайыахтара”,--диэн наар бэлэми кэтэһэбит. Ити үчүгэй, бу куһаҕан, ити миэхэ наада, ити миэхэ наадата суох, маны салалтаҕа туруорсуохха, ити салайааччы сыыста, бу киһи табар,--диэн араарбаппыт. Арахсыы, бэйэҕэ тиийинии, уоруу араас түктэри быһыы тоҕо дэлэйдэ? Былааспыт туһунан ырытан, бэрээдэк быһыытынан үрдүк култууралаахтык күннээҕи олохпутугар, инники кэскилбит туһунан кэпсэтэр кыахпыт суох.
Тоҕо эрэ СР-ын салайыан, лиидэр буолуон сөп элбэх дьонноохпут, кинилэри былааспыт тоҕо күөмчүлүүр. Былааспыт дьиҥ норуот интэриэһигэр олоҕу салайыыга норуот дьиҥ талан ылардаах буоларын туһугар кинилэри маассабай бэчээккэ таһааран дьоҥҥо сайдыыга сөптөөх өйдөбүлү биэриэхтээх. Кинилэргэ сөптөөх үлэни биэрэн норуот сайдарын туһугар туһаныахтаах этэ. Улахан биллэр политиктары норуот киэҥ араҥатыгар билиһиннэрэр эбээһинэһэ. Республика туһатыгар салалтаҕа туһаныахтааҕа. Тоҕо үөһэ тоҕо буолунай.
Салалтабыт барытын билэ-көрө сылдьан итини таска таһаарбат. Тоҕо, диэтэххэ кини бэйэтэ мөлтөҕүн, норуотун туһатыгар сатаан үлэлээбэтин
норуоттан кистиир. Ол иһин санаатын этэр дьону сойуолаһан норуотун куттуур.
Быйыл 90 фермергэ балтараалыы мүлүйүөннээх грант биэрэн бүтүн саха сирин үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өрө көтөхпүт, кыайбыт-хоппут курдук Ил Дарханы халлааны хабарҕатынан хайҕаатылар.
Дьиҥэр ити, бүтүннүүтэ СР-ын харчыта буолбатах—баһыйар үксэ РФ президенэ В.Путинтан РФ тыатын хаһаайыстыбатын министерствотыгар үлэлиир программаттан кэлбит харчы. СР-ын нэһилиэктэрэ олус улахан көмөҕө наадыйаллар. 400-эн тахса нэһилиэнньэлээх пуун дьонун аҥаарыттан ордуга, бюджет үлэһиттэриттэн уонна аҕыйах предпринимателтэн уратыта, үлэтэ суох олорор. Ол аата, биир грант бу СР-ын дэриэбнэлэрин (Өссө нэһилиэнньэлэрин аахпакка эрэ) бөһүөлэктэр чиэппэриттэн бииригэр эрэ тиксэр. Тыа дьоно этэринэн бу граннар салалтаны өйөөбүт дьоҥҥо, эбэн эттэххэ ханнык эрэ баһылыктар аймахтарыгар, атастарыгар бэлэх быһыытынан барар. Хаһааҥҥа диэри маннык куранахха арбана олоробут?
Оттон салалтабыт үтүөтүнэн тыа хаһаайыстыбатын, нэһилиэк олохтооҕун өрө тардарга аналлаах кэскиллээх киһиэхэ барытыгар туһалыыр чуолкай төрүөттэргэ олоҕуран биир кэлим программа сүүрбэ сыл тухары оҥоһуллубата. Тугу эмэ оҥордохторуна даҕаны үчүгэй сымнаҕас айылҕалаах киин сирдэри үтүктэллэр. ТЭО-ну оҥорорго үүт-үкчү киин сиргэ оҥоһуллубутун курдук түһэрэллэр. Олохтоох дьон толкуйун, мэнтэлитиэтин, айылҕабыт оҥорор аһара уустук усулуобуйатыттан тахсар эбии хос үлэлэри, оҥоһуктары, ититиини, электроэнергияны саха былыр былыргаттан үлэни баһылааһыҥҥа үгэс оҥостубут ньымаларын учуоттаабаттар.
Киин сир учуонайдара эһиэхэ маннык баар,--диэн ханна да суруйбатахтар, онон наадата суох, диэтэхтэрэ. Ол иһин биһиги усулуобуйабытыгар кыра үпкэ кыайан сайдыбат ити үтүктээйи оҥоһуктар элбэх үбү-харчыны салгыҥҥа көтүппүт КП-р, СХПК-ар, МТС-ар, улахан хотоннор, пиибэ собуота уо.д.а. банкроттан атыны билбэтилэр. Ол эрээри барыта наһаа үчүгэй, сайдыыга күн аайы тахсар эрэл, олоҕо суох кураанахха арбааныы эрэ баар. Салалта сатала суоҕуттан эстэн-быстан олорор дьон салта, кэлэйдэ.
Саха омук тыһыынчанан сыллар тухары саха сиригэр олохсуйан биһиги айылҕабытыгар доруобуйаҕа туһалаах элбэх иҥэмтэлээх бородууксуйаны биэрэр ынахтыын, сылгылыын олоччу этэ-хаана, өйө-санаата уларыйан олохтоох балаһыанньаҕа, кытаанах усулуобуйаҕа сөп түбэһиннэрэн адаптацияламмыт үлэҕэ дьоҕурун, өйүн-санаатын, итэҕэлин олоччу үөрэхтээҕимсийэн үлтү тэпсэн суох оҥорон кэбистибит.
Ол иһин, былыргы курдук, номоххо киирбит бүтүн, аҥаар, чиэппэр күүстээх, кус быһый, ат бөҕө, халбас харата күүстээх дьон үөскээбэт буолла. Оннооҕор чугастааҕы кэмтэн Д.П.Коркин оҕолоругар холуйдахха билиҥҥи оҕолор Кавказтарга үрүт күүспүтүнэн сабырыттарабыт, диэн билинэллэр. Былыргы дьон сылыктаабыттарын курдук, төһө да үөрэхтээҕимсийдэрбит хара үлэ мындырдарын дириҥник билэ сатаабат ыччаттары иитэн таһаардыбыт.
Ол түмүгэр түөрт уонугар диэри саастаах ыччаттарга бэйэтин көлүөнэтигэр судаарыстыбаны кэнэҕэс салайыан сөп, диир ыччаты киһи сылыктыыра уустук. Оттон 45—55 саастаах хаарыан үчүгэй көлүөнэ эргиччи олоххо бэлэми барбыт, салалтаҕа, парламенскай үлэҕэ, ырыынакка эриллибит көлүөнэ бэртээхэй политиктарын, күөмчүлээтибит. Бу кыахтаах дьоммут өйүн-санаатын, саталын туһаммат буолан күннээҕи сайдыыны олус күүскэ бэйэбит атахтыыбыт. Биһиэхэ дьиҥэр олоҕу чахчы тэрийиэххэ сөптөөх А. Максимов, Э. Березкин, Ф. Тумууһаб, Е.Жирков уо.д.а. СР салайыан сөп ырыынак усуолуобуйатыгар эриллибит дьоммут бу көлүөнэҕэ элбэх.
Дьиҥэр чахчы норуотун туһугар кыһаллар өйдөөх-санаалаах салалталаахпыт буоллар аны түөрт сылынан ыытыллыахтаах Ил Дархан быыбарыгар бэлэмнэнэн ырыынакка эриллибит маннык дьону аҥаар кырыы кинилэр олоҕу сайыннарыыга көрүүлэрин телевизорынан, бэчээтинэн дэлэччи норуокка билсиһиннэриэхтээх, кэпсэтиэхтээх этибит. Санаа, уоппут атастаһыыта диэн былыр ССРС саҕана да баара.
Норуот судаарыстыбаннай бэчээт уорганнарыттан салта, сылайда. Холобура 40-ча үлэһиттээх 4500 экзамплярынан тахсар “Саха Сирэ” хаһыат араас өҥүнэн солотууланан киоска аайы буор босхо сытарын үрдүнэн ким да наадыйбат. Оттон үгүс элбэх иллюстрацията, киэркэтиитэ суох дьиҥнээх норуот санаатын, дьон суругун таһаарар соҕотох үлэһиттээх “Туймаада” хаһыат сайынын дьон үлэҕэ-хамнаска аралдьыйан сэттэ, кыһын уон тыһыынча ахсаанынан бэчээттэнэр. Аны бу хаһыат дэриэбинэҕэ тиийдэҕинэ дьон былдьаһан уларса сылдьан ааҕан илииттэн илиигэ уччуйар. Онон тахсар ахсаанынааҕар ааҕааччыта хас да бүк элбэх.
Саталлаах тэрээһин, дьон сэҥээрэр бырайыага бу икки хаһыаты оҥорууга чааһынай киһи толкуйдаан, айан үлэлиирэ, дьиикэй ырыынак ирдэбилинэн барыстааҕа манна көстөр. Оччотугар норуот харчытынан дэлэччи үбүлэнэр дьоҥҥо туһата суох “Саха сирэ” хаһыаты уонна да атын судаарыстыбаттан үбүлэнэр биэс тыһыынчаттан кыра ахсааннаах хаһыаттары үбүлээмиэххэ. РФ правительтвотын бэрэссэдээтэлэ Д.А.Медведев этэрин курдук норуот өйүүр, чахчы биһириир ханнык да кэмҥэ элбэх ахсаанынан тахсар ”Туймаада” хаһыат курдук бэчээт көрүҥнэрин дотациялыахха, сайыннарыахха. Онтон Е.А.Борисов “Вокруг да около” биэриигэ эппитинэн норуот санаатын этэр хаһыаттар: “Низшайдар-намыһах таһымнаах дьон желтай хаһыаттара”,-- диир эбит. Бу этии баһылыкпыт норуотун билиммэтин, дьонтон тэйбитин көрдөрөр өйдөбүлү биэрэр.
Улаҕалаах гамбит хардыылара
Дьон миэхэ: ”Ил Дарханы уонна Александр Николаевиһы кириитикэлии оонньообуккун эккиритиһэн угунньаҕын оруохтара”, диэн сэрэппиттэрэ, сипсийбиттэрэ иккис сыла. Мин кинилэр итэҕэстэрин кириитикэлээн уонна олоххо туһалаах, барыстаах өттө буолаарай, диэн Ил Дархан: “Кириитикэни миигиттэн саҕалаан”,-- диэн этиитигэр олоҕуран этии киллэрэн суруйарбын ааҕаҕыт.
Общественнай тэрилтэлэргэ, партияларга, бэчээт бары уорганнарыгар Е.А.Борисов бэйэтин илиитигэр ылбыт эрэллээх дьонун олордор. Биир оннук эрэллээх киһинэн бааһынайдар ассоциацияларын президенэ В.Н.Ефремов. Бадаҕа Е.А.Борисов эбэтэр кини эргимтэтэ оҥорбут кистэлэҥ сценарийынан кини аграрнай партияны аҥаардас икки төгүл 2013 уонна 2015сылларга тобуктатыста. В.Н.Ефремовынан миигин Ил Дарханы утары ыстатыйа суруйтарбыттар. Тоҕо эрэ олус бэркэ кыһаллан дьиэбэр кэлэ-кэлэ Валерий Николаевич көрдөспүтэ. Эрдэттэн бэлэмнэнэн, сэрэтиллэн олорбут баһылыктар сурукка илии баттаабыт бааһынайдары илии баттааһынтан аккаастаннаран ыкпыттар, түүрэйдээбиттэр. Дьиҥэр ардахха баттатан элбэх киһиэхэ илии баттаппатаҕым. Салгыы бэлэмнэнэнэн олорбут тележурналистар уонна интернет сайтар, хаһыаттар үлэлэрин хампаанньата саҕаланар. Телевизорынан биэриини көрбүккүт. Мин хардабын аахпыккыт.
Ити кэнниттэн В.Н.Ефремов бэчээти кэрийэ сылдьан үгэһинэн мэлдьэһэр. 23.07.15 с. “Саха сирэ” сирэ хаһыакка интервьютугар көрдөххө тыа хаһаайыстыбатын үлэтин итэҕэһин этэн эмиэ да албыннаһан мүлүктээбит. Мин эмиэ В.Н.Ефремов эппитигэр бэйэбиттэн аҕыйах фактары эбэн суруйбутум. Ону телефонунан ааҕан биэрбиппин: ”Бааһынайдарга тахсан илии баттат” диэбитэ. Аны бүгүн кэлэн суругу аахпатах, эбиитин: ”Баһааҕырдааччы”,-- диэбит. Бу барыта эрдэттэн оҥоһуу.
Биһиэхэ норуот кыһалҕатын туоратарга үлэлэһэргэ анаан талыллыбыт Ил Дарханнаахпыт. Норуоту уонна былааһы хайытан икки ардыгар далаһа буолбутун билиммит. Норуоту (бааһынайдары) былаастан тоҕо икки аҥы биэрэккэ хайытта? Норуот бэйэтин былааһын талыахтаах уонна былаастан туруорсуохтаах, толотторуохтаах. Валерий Николаевич эн норуот аатыттан общественнай тэрилтэни салайар дуоһунастаах киһи быһыытынан дьонуҥ кыһалҕатын туруорсан салайааччыны чопчу ааттаан итэҕэһи-быһаҕаһы этэн норуот накааһын толотторо үөрэниэххин. Норуот бэйэтэ быыбардаабыт былааһыттан норуот туруорсуутун былаас ылынар, толорор ситимэ үөскүөхтээх. Оччоҕо былаас норуоттан тэйиэ суоҕа.
Мин итинник икки саары икки ардынан этэ-балыга биллибэт ньалҕарытан албыннаһар былааһы уонна норуоту хайытан далаһа буолар биир сүнньэ суох этиини ылыммаппын.
Квартира туһунан
Аны Дьокуускай куорат федеральнай суутунан сөбүлэһии дуогабара илии баттанан быһаарыллан ылсыы--бэрси түмүктэммитэ. Ааһынар араас болдьохторо олоччу ааспыт кыыспар бэлэхтээбитим. Ол дьиэбин оҕом атыылаабытын бааһынайдар суруктарыттан сибээстээн бадаҕа итиннэ кэтэх интэриэстээх дьон сыл курдук бас билэн олорбут Собакиннарынан атыыр айдааны тартылар. Атын араас инники кэпсэтиилэр бу дуогабары түһэрсиигэ сиилэтин сүтэрэрин туһунан судьуйа нэдиэлэ инниттэн сэрэтэн сокуону билиһиннэрэн туран илии баттаппыта.
Бу ылсыы-бэрсии суутунан көрүллүбүт дьыалата иккистээн суукка киирбэтин туһунан суут уурааҕар өрүттэри сэрэтэн этиллибит. Сокуоҥҥа да суруллар. Квартира иэнэ сертификат ирдэбилигэр сөп түбэһэр. Интернеккэ үс мөлүйүөҥҥэ саҥа таас квартира ылыахха сөп, диэн халыппыттар. ЯКТ.Ру ааспыт сыллааҕы биллэриилэрин көрүҥ биир хостоох саҥа дьиэ 4,5 мөлүйүөҥҥэ тиийэр этэ. Оттон миэнэ үс мөлүйүөҥҥэ туһаныллар иэнэ 76 кв миэтэрэлээх, хос аайы тус туһунан холудуопкалаах үс хостоох, туһунан куукуналаах, душтаах, туалеттаах квартира.
Тоҕо эрэ Собакиннар биһиги телефоннарбытын суут кэннитттэн ылбаттар, дьиэлэригэр киллэрбэттэр. Дьиэҕэ туттар мал, дьиэ мебелэ, телевизордар, холодильнигар, аһыыр иһитигэр тиийэ олоччу кинилэргэ анаан хаалларыллыбыта. Арай биир түгэҥҥэ Любовь Николаевна мин звонуокпар туох баар докуменнарбын бөххө бырахпытын туһунан эппитэ. Аны куоракка да, Намҥа да ханан олорорбутун бэрт үчүгэйдик билэллэр дьиэни ылыахтарыгар диэри хаста да сылдьыбыттара. Арай сыл курдук уу чуумпутук олорон баран, бааһынайдар туруорсуу суруктарын кэнниттэн, кэтэх санаалаахтар Собакиннары кигэн айдааны тоҕо тардан кыыспын олоҕо суох фактарынан үөхтэрдилэр.
Мин ааспыт сыллартан салалтаны астыммакка, этиилэри киллэрэн кырдьык элбэх ыстатыйаны суруйдум. Ону сөбүлээбэккэ итинник айдааны, утарыта турсууну тэрийдилэр. Бу былааспыт туруорсар, санаатын этэр дьону норуоттан туоратар албаһа. Куттаммат буоллаххына, оҕолоргунан киирэбит, диэн суоһурҕаныы көрүҥэ.
Собакиннар, хаһыакка киллэрбит хаартыскаларыттан көрдөххө, сылы кыайбат кэм иһигэр бэйэлэрэ сөбүлээн ылбыт иэримэ дьиэлэрин бу туох ааттаах дьаабылаабыттарый?! 3—3,5 мөлүйүөҥҥэ ылыан баҕалаах араас омук элбэх этэ. Ону биир дойдулаахтарбытыгар охтобут диэн --хата үөҕүллэн хааллыбыт. Хаартыскалары көрөн бэйэм да олус дьулайдым. Мин итинник дьиэҕэ олорботоҕум, итинник дьиэҕэ кинилэри киллэрбэтэҕим.
Интернет сайтары, хаһыаттары көрдөххө, мин нөҥүө сөбүлээлээбэт, былаас былдьаһыа дии санаабыт политиктарын тарбыыр интэриэстээх курдуктар эбит. Тоҕо эрэ А.Н.Жирков уоппускаҕа сылдьан бэрт үчүгэйдик бу дьыаланы тэрийиигэ кыттыспыт. Бэл миигин, дьиэ бөҕө оҕонньору, сыыһа өйдөөбөтөх буоллахпына, улахан промышленность генералын дьыалабыай суругун-бичигин, тас көстүүтүн оҥорор киһинэн аахпыттар. Миэхэ муҥура суох үрдүк сыанабыл иһин улахан махтал эрээри, дьиҥэр, бу тэрилтэ дьиэтигэр миигин киллэрбэттэр даҕаны.
Намнар билэллэр: кыыһым депутат буоларыгар ханнык да агитационнай, ол-бу араас үлэтигэр кыттыбатаҕым. Парламенскай үлэтигэр да буккуһуннарбат Кыыһым Анаабыр Алмаастарыгар кимниин кэпсэтэн үлэҕэ киллэрбитин да, тугу үлэлиирин да чуолкай билбэппин. Мин санаабар, М.Н.Евсеев курдук бөдөҥ киһиэхэ сүбэһит буолар балачча уустук, кыаллыбата да буолуо. Бэйэм чааһым, промышленноска тугунан дьарыктаналларын түһээн да баттаппатах киһибин. Аны атыылаабыт дьиэтин сыанатын хамнаһыгар эбэн орто хамнаһын киһи сөҕөр сыыппаратын таһаарбыттар.
Инна Макарова ыстатыйата баһыттан атаҕар диэри бастакы тылыттан саҕалаан итинник олоҕо суох фактарынан үөхсүү, холуннарыы буолбут. Кини кыыһым биһиккини Анаабыр Алмаастара тэрилтэни утары туруорар сыаллаах суруйбута сатамматах. Дьолго дьон да ылыммата, өйдөөтө.
Баһаалыста, ким баҕалаах интернеккэ Анабыр Алмаастара сайтыгар киирэн көрүҥ. Онно тыа хаһаайыстыбатын бары салаатыгар, маһы таҥастааһыҥҥа тиийэ Анаабыр Алмаастара ситиһиилээхтик дьарыктанар. Дьиҥэр, чугастык билсэр буоллар, ол туһунан киһи дьоҥҥо суруйуохха-кэпсиэххэ айылааҕа буолунай! Онно барытыгар тыа сирин дьоно үлэлииллэр. СР-ар үлэлиир биир да промышленнай хампаанньаҕа итинник көстүү суох.
Дьөрү сахалар үлэҕэ киирэллэрэ да уустук. Баһаалыста интернети көрүҥ, билсиҥ. Онно олоччута баар.
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар
Дэриэбинэ олоҕор эргиллиэх. ССРС саҕана тыа хаһаайыстыбатыгар аҥаардас оҥоһуллубут бородууксуйа себостоимоһыгар түөрт бүк судаарыстыба көмөлөһөрө. Ону таһынан ОС тутууга 70 бырыһыанын судаарыстыба сабара. Техника сыаната олох чэпчэки этэ.
Баччааҥҥа диэри тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга чуолкай себостоимост ааҕыллыбата. Табаар оҥоһуллуутун чуолкай себостоимоһа суох экономистар хайдах ааҕан суоттаан тыа хаһаайыстыбатын экономикатын, дьон бизнес бырайыактары оҥороллор? Киин сиргэ үлэлиир түөрүйэни түөһэн, саханы түөрэкэй төлкөлөөбүт үөрэхтээхтэрбит ити себостоимоһы олохтоох усулуобуйаҕа сөп түбэһиннэрэн тоҕо эрэ аахпаттар.
Аны Ил Дархаммыт интернеккэ, хаһыаттарга тыа хаһаайыстыбатын сүүрбэ сыл сэрэйэн көрөн (вслепую) дьон тыыннаах эрэ буоларын туһугар үбүлээбитин билиннэ. Оттон үлэ бары көрүҥүн себестоимостарын ааҕыы, рентабельностка үлэһит араас социальнай кыһалҕаларын, өрөбүлүн, уоппускатын о.д.а. промышленностка курдук учуоттааһын суох.
Чурапчы бааһынайа Р.С.Барашков сыллааҕы инфляцияны учуоттаабыт ааҕыытынан сирдэтэн, биир ынахтан тонна үүтү туттарар буоллахха киилэ үүккэ 160 солкуобайы угуохха диир. Итинник харчы бюджекка баар. Оччоҕо биир киилэ тыыннаах үүт сыаната, переработка уонна атыылыыр киһи интэриэһэ эбиллэн, 50—ча солкуобай буолуо. Оттон кэлии бороһуок үүт мөһөөххө чугаһаан эрэр. Онон табаар оҥорооччуга да, килийиэҥҥэ да барыстаах,-- диир Роман Степанович.
Сорохтор чааһынай киһи тоҕо суобсунас ынаҕар судаарыстыбаттан көмө ылыахтааҕый?—дииллэр. Баһаарабын: -- Ити харчы саха киһитэ, саха норуота бэйэтин култууратын, духуобунаһын тутан тыа сиригэр баар буолуутун ситиһиэхтээх. Иккиһинэн саха киһитэ сибиэһэй тыыннаах үүтүнэн бар дьонун хааччыйыахтаах. Үсүһүнэн чөл куттаах, доруобай омук баар буоларын туһугар иҥэмтэлээх аһынан хааччыйыыны ситиһии.
Бу баар үс суол сүрүн сорук.
Харчы суох буоллаҕына СР салалтатын аппараатыгар туһата суох департаменнары, Министерстволар отделларын штаттарын сарбыйыахха. Спортка аһара элбэх харчы олох солуута суох тэрээһиннэргэ күдэҥҥэ көтөр. Ыһыахха хас эмэ сүүһүнэн мөлүйүөнү ороскуоттуубут. Оператор тэрилтэлэри үбүлүүбүт. Дьиҥэр бу тэрилтэлэр табаар оҥорооччу харчылаах буоллаҕына эрэ ырыынак ирдэбилинэн сайдыахтаахтар.
Туһата суох маассабай бэчээккэ барар харчыны улахан аҥарын сарбыйыахха уо.д.а. Оччоҕо тыа хаһаайыстыбатын бюджетыгар 15—18 бырыһыанын холкутук булуохха сөп. Судаарыстыба табаар оҥорооччуга көмөлтө харчыта кварталга биирдэ быһаччы тиийэрин хайаан да ситиһиэххэ.
200 мөлүйүөннээх 100 ынахха биир хотону тутар оннугар, С.С.Иванов “Туймаада Лизинг” оҥорбут бырайыагынан чэпчэки сыаналаах базальтовай хотоннору тутуохха.
Семен Семенович 20 төбөҕө биир хотонун сыаната мөлүйүөнү кыайбат. Оччоҕо итинник 200 хотону тыа ыалларыгар туттахха аныгы ирдэбиллээх тупсаҕай көстүүлээх, сырдык, ыраас, сылаас, механизированнай хотоннорго 4 000 төбө ынах сүөһү ити сууммаҕа иитиллиитэ быһаарыллар. Аны хотону тутууга, сыаналаах техниканы атыылаһыыга 90 бырыһыанын судаарыстыба соттун. Ырыынак ирдэбилинэн барыыстаах этиилэри туруорсар инниттэн салалтаттан тутулуга суох общественнай ассоциациялары, сойуустары, аграрнай партияны тэрийиэххэ. Общественнай тэрээһиннэр туруорсууларын истибэт, толорбот салайааччылары Ил Дарханыгар тиийэ үлэтиттэн босхолуур сокуону оҥоруохха.
Бары күүһү бу буола турар экономическай санкциялартан, инфляцияттан норуоппутун, ыччаттарбытын үлэнэн хааччыйан быыһыыр инниттэн үлэни-хамнаһы тэрийиигэ хаһааҥҥытааҕар да күүстээх болҕомтону уурар кэм кэллэ.
Чааһынай киһи суолсунас ынаҕар судаарыстыбаттан тоҕо өйөбүл ылыахтааҕый? дииллэр. Тыа сиригэр төрүт олохтоох омуктар, төрүт дьарыктарын, итэҕэллэрин, үгэстэрин, духуобунастарын тутан норуот быһыытынан баар буолалларын ситиһэр инниттэн судаарыстыба көмө оҥорор эбээһинэһэ.
Иккиһинэн элбэх иҥэмтэлээх веществоннан баай, дьон доруобуйатыгар уһулуччу туһалаах чэпчэки сыаналаах бородууксуйанан саха сирин норуоттарын хааччыйыы.
Ил Дархан бааһынайдар суруктарыгар хардаҕар үрдүттэн үбүлээһини үрдэтиэм, ирдэбили күүһүрдүөм, диэн ис хоһоонноох эппиэттээбиккин. Үбүлээһини бэйэҥ этэриҥ курдук сэрэйэн көрөн холобура киилэ үүккэ уон биэс дуу, уон дуу солкуобайы эбэн баран ирдэбил оҥорон үгэскинэн норуоккун ыгаргын, куттуургун эттиҥ дуу? Өйдөөбөтүм.
Табаар оҥорооччу оҥорбут табаарын себостоимоһа суох, ханнык механизмҥа олоҕуран үбүлээһини оҥороргун эппэтэххин. Ырыынак сокуонунан оҥорон таһаары сайдыы оптимальнай точкатын буллаххына эрэ, ол үөһээ өттүнэн үбүлээтэххинэ барсы ылаҕын. Себостоимоһы чуолкай аахпакка ону оҥорор кыах суох. Онон бааһынайдарга харда суругуҥ ааҕан суоттаан үлэлиир үлэ киһитин итэҕэтэр, уоскутар төрүөтэ суох.
Күннээҕи олоххо чугаһаан ааҕан-суоттаан, үлэни сатаан тэрийэн үлэлиир дьону өрө тутуохха. Боростуой үлэ киһитин наада буолла да куттуур, ыгар оннугар таҥара оҥостуохха. Кинилэргэ майгынныыр саталлаах, кыайыгас үлэһит буолар иһин кыһаллыахха. Үп-харчы хантан, хайдах кэлэрин оҕо кыра сааһыттан билэ үөрэниэхтээх. Барыыс хайдах кэлэрин, аҕыйах хамсаныынан элбэҕи, улаханы оҥорор үлэ мындырдарын баһылыырга ыччаты үөрэтиэххэ.
Былыр эстибит быстыбыт кумалааны кинээс дьаһайан хайа ыалга хастыы да хонукка хонон ыллаан, олоҥхолоон, тойуктаан, имии имитэн дьону сааратан айаҕын ииттэригэр дьаһайара. Биһиги ыһыаҕы, көрү-нары наһаа өрө туттубут. Бу үчүгэй эрээри сүрэ бэрт аччатыахха.
Үлэни, үлэни эрэ үлэни өрө тутар кэм кэллэ. “Үлэ бастыҥ ньымалара”, “үлэ бастыҥ тэрээһиннэрэ”, “Бастыҥ бырайыактар”, “Эдэр фермер дьыалабыай
оонньуута” “Үлэ бастыҥ ситиһиилэрэ”, “Бастыҥ общественнай коллективтар, түмсүүлэр”,-- диэни Ил Дарханы кэлтэй арбыыр оннугар СМИ-га өрө тутуохха. Куруук этэбин: АХШ президенэ Т.Рузвельт “Бааһынайдар оҕолорун салалтаҕа”,--диэн девиһынан АХШ-ын улахан кириисистэн таһаарбыта. Итинник бастыҥ ньымалары булан табан туһаныахха. Итинник атын дойдулар сайдыыга тахсыбыт бастыҥ уоппуттарын бэчээппит суруйдун. Банкроттуу турар оҥоһуктары арбаан бүтүөххэ.
Сатаабат эрээри сымыйанан ол куоракка итинник маннык оҥорбуттар диэн КП-ан, СХПК-ан, улахан хотоннорунан иирэри тохтотуохха. Оператор тэрилтэлэри үбүлүүр наадата суох. Дьон барсы оҥорон үлэлиирин ситиһиэххэ. Бэйэни салайыныы сокуонунан дьон барыстааҕын чахчы өйдөөтөҕүнэ бэйэлэрэ тапсан, кэпсэтэн, түмсэн үлэлиирин ситиһиэххэ. Үөһээттэн хамаандалаан урукку курдук дьону түмпэккин. Бэйэни салайыныы сокуонун күүскэ үлэлэтэн общественнай тэрилтэлэр этиилэрин күөмчүлээбэккэ болҕойон истэн олоххо киллэриинэн дьарыктаныахха. Соҕотох сайдар суол бу эрэ сытар. Буолан баран РФ-ҕа итини оҥорорго сөптөөх сокуоннар оҥоһуллан бэлэм сыталлар.
Саха киһитэ былыр былыргаттан үрэхтэринэн, алаастарынан бытанан чааһынай үлэлии олоро үөрэммит омук. Бэйэм киэнэ, бу миэнэ, диэтэҕинэ саха киһитэ өйө-санаата, сатала арыллар уратылаах. Ол бүгүҥҥү ситиһиилэригэр да көстөр. Соҕотоҕун дьарыктанар көрүҥнэргэ наукаҕа ситиһиилэрэ балысхан. Спорду ылан көр. Саха групповой оонньууну футболга, баскетболга, волейболга ситиһиитэ баһырхайа суох. Оттон соҕотоҕун кыттыы көрүҥнэригэр тустууга, боксаҕа, ытыыга уо.д.а. ситиһиилэрэ баһырхайдар. Артистары да ылыах, сольнай нүөмэрдэргэ улахан ситиһиилэрдээхпит. Итинник норуот бэйэтин дьоҕурун уратытын мындырдаан учуоттаан күннээҕи олоххо, үлэни тэрийиэххэ. Онон чааһынай сайдыыны, бааһынайдааһыны, чааһынай ыал бизнеһин күүскэ өйүөххэ, өрө тутуохха, харах харатын курдук харыстыахха. Туох баар бары болҕомтону, саталы, көстөр үбү-харчыны чааһынай бас билиини сайыннарыыга ууруохха. Итини таба өйдүүр кэм буолла.
Тоҕо промышленность уонна бюджет эрэ үлэһиттэрэ элбэх чэпчэтиилэринэн туһанан, эргиччи хааччыллыылаах дьиэлэнэн үчүгэйдик олоруохтаахтарый? Судаарыстыба анала конституциянан бигэргэммит киһи быраабыгар олоҕуран обществоҕа хаалыылааҕы суох оҥоруу. Салалта анала сойуолаһыыны буолбакка, норуотун хаалыыттан, эстэн-быстан олорууттан таһаарыыга үлэлиир сибэтиэй эбээһинэһэ. Ол инниттэн олохпут сайдарын туһугар этии киллэрэр дьону кыра чааһынай предприниматель буоллун, улахан политик буоллун болҕойон истиэххэ, өйүөххэ, сойуолаһымыахха, куттаамыахха наада. Билигин тас омуктар санкцияларынан экономическай балаһыанньа ыараабытынан норуот бастыҥ дьонун тылын-өһүн, үлэтин-хамнаһын истиэн, билиэн баҕарар. Онно норуот харчытынан тэриллибит бэчээт бары уорганнара хайаан да миэстэ биэрэр эбээһинэстэрэ.
Бэчээт соҕотох Е.А.Борисов бас билиитэ буолбатах. Бэчээт анала норуот муспут харчытынан үбүлэнэр норуот сайдыытыгар үлэлиэхтээх.
Түмүк санаа
Егор Афанасьевич олоххо сайдыыга туһата суох хамсаныыларгын, ырыынакка дьоҕура суоххун биллибит. СР бюджетын оҥорор активын олоччу атыылаатыҥ. Манан төрүт олохтоох норуоттаргын өйөбүлэ суох хааллардыҥ. Норуот бу ыарахан кэмҥэ үлэлээн нолуогунан мунньубут үтүмэннээх үбүн туһата суох салгыҥҥа көтүттүҥ. Эн үөһээттэн ыган куттаан оҥорбутуҥ, тэрийбитиҥ олоччу банкрот, эстии.
Аны инники түргэн сайдыыга былааннарыҥ киин куоратыҥ тулата дьон олоҕор улахан буортулаах химия собуоттарын туттараҕын. Ханнык баҕарар химия элбэх буортулаах веществоны салгыҥҥа да, ууга да быраҕар. Химия дьаатынан, уоҕурдуунан, аһыҥа эминэн тыа сиригэр ССРС саҕана айылҕабытын сөбүн сүһүрбүппүт. Сыһыыга күөрэгэй ыллаабат, мас көтөрө, куобах, күөллэргэ балык эстибитэ. Чомчоев этэринэн Чурапчыга, Уус Алдаҥҥа рак ыарыы Арассыыйа таһымыттан сэттэ бүк үрдээбит. Химияны кытары аһара куодарыһан төрүт олохтоох норуоттаргын, төрөөбүт айылҕаҕын букатыннаахтык эһэр кутталга киирээри гынныҥ.
РФ Судаарыстыбаннай дууматын депутата Ф.С.Тумусов ыйытытыытыгар РФ Дальнай Востогу сайыннарыыга министерствотыттан 15.07.2015 с. 4497—2.4.19№--ээх эппиэт сурук кэллэ. Эн правительствоҥ сайаапкатынан ТОР сайдыытыгар карбамидовай собуоту тутар туһунан туруорсубуккун. Арассыыйаттан Путин дуу, Трутднев дуу туруорсубатах. Норуоккун кытары сүбэлэспэккэ, кэпсэппэккэ, көҥүл ылбакка, ханнык да экспертизаны ааспакка дьонтон кистээн туруорсубуккун.
Хата дьолго ол сайаапкаҥ докумена итэҕэс буолан бакаа тохтотуллубут. Бу химия оҥоһуктартан саамай элбэх дьааттаах веществоны салгыҥҥа быраҕар, ууга кутар карбамид собуота тутулуннаҕына Саха сиригэр олорор төрүт олохтоох дьон омугуттан тутулуга суох олоччу сүһүрэр. Бастакынан онно эн Чурапчыҥ, бэйэҥ хаан-уруу аймахтарыҥ хабыллаллар. Бу аата хайдах буоллуҥ?
Онон дьиҥ чахчы: «Норуотум инники дьылҕатын туһугар кыһаллабын”,-- диир буоллаххына бааһынайдар суруктарын болҕомтоҕо ылан былаас тутаах миэстэтин босхолуур туһунан толкуйдууһугун.
Арамаан Дьөгүөрэп.
|