Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Атырдьах ыйа » 15 » Буруй уонна накаастабыл: кэккэ холуобунай ыстатыйалар административнайга көһүөхтэрэ
Буруй уонна накаастабыл: кэккэ холуобунай ыстатыйалар административнайга көһүөхтэрэ
21:18
Буруй уонна накаастабыл: кэккэ холуобунай ыстатыйалар административнайга көһүөхтэрэ
 
Мантан инньэ киһини кырбааһын, өлөрөрүнэн суоһурҕаныы, кыра суумалааҕы уоруу, алимены төлөөбөт буолуу, сымыйа докумуону оҥоруу курдук буруйдар административнай сокуону кэһиигэ киириэхтэрин сөп.
РФ Холуобунай уонна Холуобунай-процессуальнай кодексаларыгар маннык уларытыылары киллэрэр федеральнай сокуон барыла бу дьыл от ыйын бүтүүтүгэр Госдумаҕа барбыт. Ити иннинэ РФ Үрдүкү суутун бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Лебедев Владимир Путины кытта көрсүһүүтүгэр сокуон барылын билиһиннэрбитин, бэрэсидьиэн сөптөөх көҕүлээһин диэн өйүүрүн биллэрбит. Ити сокуон ылыныллан, олоххо киирдэҕинэ, сылын аайы суукка барар холуобунай дьыала ахсаана 300 тыһыынчанан аҕыйыахтаах.

Үрдүкү суут бэрэссэдээтэлин иккис этиитэ – уоруллубут суума холуобунай эппиэккэ тардыахха сөптөөх кээмэйэ билигин 1 тыһ. солк. эбит буоллаҕына, 5 тыһ. солк. оҥорорго диэн. Оттон улахан хоромньунан 2,5 тыһ. солк. буолбакка, 10 тыһ. солк. гынарга диэн. Бу курдук, 2011 сыллаахтан саҕаламмыт холуобунай сокуону киһититии, сымнатыы торума салҕанан барар.

Маннык уларытыыларга биһиги дьоммут туох санаалаах эбитий?

***

СӨ Киһи быраабыгар боломуочунайа, РФ уонна СӨ үтүөлээх юриһа Алексей Ефимов:

- Ити сокуон барылын туһунан билигин кылгастык эрэ этиэххэ сөп. Биһиги, юристар, ылыллыбыт сокуону бэйэбит илэ харахпытынан, “тутан-хабан” көрө иликпитинэ, эрдэттэн сылыктааччыбыт суох. Онон кылгас, кэрчик эрэ санааларбын үллэстиэхпин сөп.

Бастакытынан, хайа баҕарар сокуон ылыллан, күүһүгэр киирэн үлэлээн бардаҕына эрэ, кини билиҥҥи олох ирдэбилигэр сөп түбэһэрэ-түбэспэтэ быһаарыллааччы. Иккиһинэн, холуобунай сокуон араас ыстатыйаларыгар киирээри турар сымнатыылары сөп дуу, сыыһа дуу диэн барыларын биирдэ саба быраҕан этэр, бука, сөбө суоҕа буолуо.

Дьиэ-кэргэн, биитэр чугастыы дьон бэйэ икки ардыгар буолар иирсээнтэн тахсыбыт кыралаан, эчэйиитэ суох дьарыйсыыларын сорох түбэлтэтигэр, буруйу билинэр, боруостуур, эйэлэһэр түгэннэригэр, административнай эппиэтинэһинэн да муҥурданыахха сөп. Манна даҕатан эттэххэ, административнай эппиэтинэс сорох көрүҥэ буруйдаахха сороҕор холуобунай эппиэтинэстээҕэр ордук тиийимтиэ буолааччы. Холобур, 15 сууккаҕа хаайыы диэн административнай накаастабыл көрүҥэ биир сылга хаайыыга усулуобунайдык ууруллубуттааҕар сымнаҕас буолбатаҕа чуолкай.

Билиҥҥи холуобунай уонна холуобунай-процессуальнай сокуоммут итинник кыра холуобунай буруйу оҥорооччулары эппиэккэ тардарга эрэдээктээх, ол эбэтэр атыннык эттэххэ, уустуктардаах гына оҥоһуллубут. Онтон сылтаан сорох ити кыра буруйдарга, холобур, эчэтиитэ суох охсууга, сааныыга эҥин буруйдаахтар онтон сылтаан үксүн букатын да буруйдаммакка хаалар түгэннэрэ олус элбэх. Онон ол кэриэтин маннык кыра буруйдары оҥорооччулары түргэнник уонна судургутук административнай эппиэккэ тардыы ордук дьайыылаах буолуо этэ.

Оттон алимены төлүүртэн соруйан, дьаныһан туран куотуна сатааччылары холуобунай эппиэтинэстэн босхолуур сыыһа буолуо дии саныыбын, үчүгэй түмүккэ тириэрдиэ суоҕа. Холобур, Холуобунай кодекс 157-с ыстатыйатынан 8-10 сыл анараа өттүгэр сокуоҥҥа киллэриллибит уларыытыылартан сылтаан холуобунай дьыала олус дэҥҥэ тэриллэр буола сылдьыбыта. Ол түмүгэр, алимены күһэллиитэ суох төлөөччүлэр ахсааннара олус аҕыйыы сылдьыбыта. Онтон бу ордук кэлин үс-түөрт сылга алиментщиктары холуобунай миэрэҕэ тардыы күүһүрбүтүн түмүгэр, ити ирдэбили оҕо туһугар толоруу хас да бүк элбээтэ. Түмүктээн эттэххэ, бу сокуон ылыллара наадалаах. Ол эрэн, Россия парламена бу олус наадалаах сокуон барылын булгуччу үчүгэйдик көрөн, чочуйан, итэҕэһин-быһаҕаһын көннөрөн баран ылыныаҕа диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

***
РФ ИДьМ-тын СӨ ИДьМ-тын миниистирэ, полиция полковнига Владимир Прокопенко:

- Ити уларыйыылар киирэллэрин, сүрүннээн, биһириибин. Биһиэхэ силиэстийэлэнэр дьыалалар баһыйар үгүстэрэ кыра састааптаах буолаллар. Оттон ити уларыйыылар олоххо киирдэхтэринэ, полиция уорганнара уустук, экономическай дьыалалары силиэстийэлиир бириэмэлэрэ элбиэ этэ.

***

РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын начальнига, ис сулууспа полковнига Владислав Дзюба:

- Холуобунай кодекс кэккэ ыстатыйаларын киһититии хас да сыллааҕыта саҕаламмыта, онон, ити сокуон барыла ол тосхолу тутуһуу буолар. Сокуон ылыллыыта, бастатан туран, суут уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар ноҕоруускаларын аччатыыга, эппиэтинэскэ тардыллар дьону уопсастыбаттан тэйиппэккэ эрэ накаастыырга итиэннэ сууттаммыт дьон ахсаанын аҕыйатыыга төһүү буолуоҕа.

Маныаха ити сокуон барылыгар ыйыллар буруйдары оҥоруу иһин ыстарааптааһын, көннөрүнэр уонна булгуччулаах үлэҕэ анааһын курдук накаастабыл миэрэлэр оннунан хаалалларын бэлиэтиир тоҕоостоох. Онон, ити сокуон ылыллыыта уопсастыбаҕа да, быраабы араҥаччылыыр уорганнарга да үтүө өттүнэн дьайыылаах буолуо дии саныыбын.

***

Вильям Иванов, СӨ үтүөлээх юриһа, СӨ Үрдүкү суутун бочуоттаах отставкаҕа сылдьар судьуйата, РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениетын Уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:

- Сэбиэскэй Сойуус эрдэҕинэ, Холуобунай кодекска 206-с ыстатыйа диэн баара, “Күлүгээннээһин” диэн. Бу ыстатыйаҕа саамай ыарахана -- 3-с чааһа. Оттон 1 чааһынан ССРС эр дьонун аҥара сууттана сылдьыбыта диэтэххэ, омуннааһын буолбатах. Урут бытархай күлүгээннээһин административнай сокуону кэһиигэ киирэрэ – уопсастыбаннай миэстэҕэ, уулуссаҕа быдьар, ыыс-бурут тылынан үөхсүү иһин 15 сууккаҕа хаайыллар этилэр. Оттон иккистээн кэстэҕинэ, дьэ, холуобунай эппиэккэ тардыллара.

Билигин холуонньаларга үгүстэрэ эдэрдэр олороллор, 20-тэн 40-гар диэри саастаахтар. Кыра да, орто да буруйдаах буоллун, күлүүстээх хаайыыга ыытан иһэллэр. Хаайыыга киһи көммөт. Онон, ити Лебедевтээх сөпкө туруорсаллар. Үрдүкү суут политиката сөптөөх дии саныыбын. Кыра буруйу эбэтэр буруйу алҕас оҥорбут киһини уопсастыбаттан тэйиппэккэ эрэ, көннөрүөххэ сөп.
***

Александр Друзьянов, “Киһи сайдар киинин” салайааччыта, РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын Уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:

- Судаарыстыба, суут-сокуон уорганнара киһини иитэр, көннөрөр, сайыннарар үлэлэрэ сүрүн хайысха буолара ордук. Тоҕо диэтэххэ, киһини күлүүстээх хаайыыга олордон көннөрөр уустук. Хаайыыга киирбит киһи хаайыы мөкү өрүттэрин иҥэринэрэ саарбаҕа суох, ону таһынан өйүгэр-санаатыгар, доруобуйатыгар улаханнык оҕустарар. Итиннэ олорбут дьонтон 30-35%-на буруйу хаттаан оҥорон, хаайыыга төттөрү киирэр. Оттон үгүстэрэ олохторун салгыы оҥостоллоругар элбэх мэһэйи көрсөллөр.

Сокуону кэһии төрүөтэ хас да өрүттээх буолуон сөп: холобур алҕас, эмоциянан салайтаран, дьон дьайыытыгар киирэн уонна соруйан. Ол иһин суут-сокуон бу өрүттэри эмиэ быһаарара уонна учуоттуура наада.

Кыра буруйу оҥорбут дьону хаайбакка эрэ, сөптөөх административнай миэрэнэн накаастааһын, ол эбэтэр, ыстарааптааһын, күһэлэҥ үлэни анааһын уонна кинини көннөрөргө анаан психологическай үлэни тиһиктээхтик ыытыы ордук көдьүүстээх буолуо этэ.
http://m.ysia.ru/news/44231/.html
 
Category: Право, закон | Views: 1200 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024