Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Атырдьах ыйа » 17 » «Умнаһыт» оҕолор
«Умнаһыт» оҕолор
12:13

«Умнаһыт» оҕолор

vto21-02 копияКиэһэ үлэ чааһын кэнниттэн дьиэлээн иһэбин. Кырачаан уол миэхэ утары сүүрэн кэлэн “кэпиэйкэтэ биэр” диир. Туох сыалга көрдүүрүн ыйыппыппар, “оптуобуска” диэн, чыпчылыйан да көрбөккө, чап гыннарар. Тоҕо төрөппүттэрэ бырайыаска харчы биэрбэттэрин ыйыппыппар, “ийэбэр харчыта суох, үлэлээбэт” диэн эмиэ да аһыннарардыы, эмиэ да миигин эбээһинэстиирдии көрөр.
Куорат килбэйэр киинигэр турар “Илин эҥэр” маҕаһыын аттыгар кэлэр-барар дьонтон “бытархай” умналаһар оҕолор быйыл сааскыттан бааллар. Үһүөлэр. Уончалаахтар. Тас көрүҥнэринэн, таҥастарынан-саптарынан сылыктаатахха, наһаа быста дьадайан, кыһалҕаттан сүүрэкэлии сылдьар оҕолорго майгыннаабаттар. Сорох-сороҕор оонньуур, кинилэргэ көмөлөһөр дьону күлүү гынар курдуктар.
Куруук ааһар эбэтэр сэмэлээбит дьону ыраахтан билэллэр, чугаһаабаттар, кэннилэриттэн үөхсэллэр. Оннук биир “куһаҕан объегынан” мин буолбуппун сэрэйбитим. Өссө миигин көрдөхтөрүнэ кынчарыйаллара.
Арааһа сайын лааҕырга дуу, дэриэбинэҕэ дуу барыахтара, аны көрсүбэт инибит диэн испэр эрэнэ санаабытым да, оннооҕор өҥүрүк куйаас кинилэри тохтоппото.
Күҥҥэ хаста да ааһар сирбэр аалыҥнаһар оҕолор дьылҕалара миигин долгутан, бу балаһыанньаны быһаарсарга сананан, биир үтүө күн анаан-минээн манаатым.
Уолаттар бу сырыыга иккиэлэр. “Үлэлэригэр” эбиэт кэннэ таҕыстылар. Таһырдьа сырылатан итии да итии, 30-тан тахса кыраадыс. Онно кыһаллыбаттар. Бу кырдьаҕаска утары сүүрэллэр, ити эдэр киһиэхэ сигэнэллэр.
Биир уол начаас икки ардыгар 50 солкуобайы биир үтүө санаалаахтан “хайытан” нэлэҥнэттэ. Доҕоро аҥардаһарга туруорсубутун бэрсибэтэ, тута маҕаһыыҥҥа дьылыс гынна. Анарааҥыта онтон тэбиэһирэн, сүүрүүтүн-көтүүтүн сытыырхатта да, туох да туһа тахсыбата. Онтон хараҕа ууланыахча буолан эрдэҕинэ, кини “дьолугар” биир эдэр киһи түбэһэн мороженай ылан биэрдэ. Ону уолчааммыт буолуохтааҕын курдук ылынан, күлүккэ түһэн, салыы-салыы сии олордо…
Мин оҕоҕо минньигэс аһы ылан биэрбит эдэр киһиэхэ чугаһаан ыйыталастым:
— Мороженай сиэн баҕарара буолуо диэн санааттан ылан биэрдим, өссө “Центральнай” кинотеатр таһыгар сылдьар оҕоҕо биэрээччибин. Киһиэхэ альтруизм, ол эбэтэр атын дьон туһугар кыһамньы диэн баар буолуохтаах диэн санаалаахпын. Төрөппүттэрин эҥин туһунан санаабаппын, толкуйдаабаппын. Көннөрү оҕоҕо көмөлөһөбүн. Оҕо буруйа суох.
Салгыы бүгүҥҥү “дьоруойдарым” харчы көрдөөн эрийэ туппут эдэр кыыстарын кытта кэпсэтэбин:
— Мин устудьуоммун. Ити куруук кэпиэйкэ көрдүү сылдьар оҕолор. Биһиги эмиэ бастаан биирдэ эмэ биэрэр этибит. Билигин биэрбэппит. Мин санаабар, төрөппүттэрэ дьадаҥылара буолуо. Ыйыппатаҕым. Аһыныгас дьон биэрэллэр.
Оҕону төрөппүт уонна уопсастыба иитэр диэн баар. Онон төрөппүт кыһаллыбат буоллаҕына, саатар биһиги, ааһар дьон, хас биирдии оҕо дьылҕатын бэйэбит оҕобутугар дьүөрэлии, ханыылыы тутан, киниэхэ өй-санаа өттүнэн көмөлөһөрбүт буоллар, бу оҕо инники кэскилигэр туһалаах буолуо этэ.
Оҕо барахсан хаһан баҕарар туохтан эрэ күһэллэн ханнык эрэ дьыаланы оҥорор, онон маннык быһыыны-майгыны көрдөххүтүнэ, тута оҕону кытта кэпсэтэн, туһааннаах тэрилтэлэргэ биллэрэн, төрөппүттэрин сүпсүгүрдэн, баар балаһыанньа уустугура, дириҥии илигинэ быһаарыы ылар ордук.
Оҕо туһугар кыһаныҥ, туора турумаҥ диэн ыҥырыам этэ.
Эксперт санаата
Тамара Панина, Дьокуускай куорат саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар хамыыһыйа уонна кинилэр бырааптарын көмүскүүр отдел начальнига:
— Оҕолор уулуссаҕа дьонтон харчы көрдүүллэрин туһунан иһитиннэрии дөрүн-дөрүн киирэр. Холобур, соторутааҕыта “Центральнай” кинотеатр таһыттан итинник үҥсүү киирбитэ. Биһиги тута миэрэ ылан, бэрэбиэркэ ыыппыппыт. Билигин эн иһитиннэриигинэн эмиэ полиция 2-с отделыгар биллэрдим. Ити кинилэр территориялара.
Бастатан туран, бу оҕолор төрөппүттэрэ кимнээх буолалларын быһаарыахпыт. Баҕар, төрөппүттэрэ оҕолорун ити дьарыктарын биһирииллэрэ буолуо, биитэр билбэттэрэ дуу… Ити эрээри хас биирдии төрөппүт оҕото тугунан дьарыктанарын билиэхтээх, ити кини эбээһинэһэ. Ол сокуонунан ирдэнэр. Кистэл буолбатах, төрөппүт оҕотун хонтуруоллаабат түгэнэ элбэх. Үксүгэр оҕолоро кимниин куодарыһарын, ханна сылдьарын, тугу гынарын билбэттэр. Дьиҥэр, төрөппүт оҕотун харах далыгар тутуохтаах.
Бу ыйытыыгынан хайаан да сөптөөх миэрэлэр ылыллыахтара.
Билигин уопсастыба оҕо кыһалҕатыттан туора туттуо суохтаах, бу маннык түгэннэргэ суруналыыстар дьыаланы хамсатааччыларынан буоларгыт саамай сөптөөх.
Хас биирдии улахан киһи умналыы сылдьар оҕону көрсөн кэпсэтиэн, туох кыһалҕалааҕын быһаарсыан оннугар, оҕо ньүдьү-балай көрдөһүүтүн толорорго дьулуһар. Манан кини оҕоҕо көмөлөспөт. Оҕо бастаан мороженай көрдүө, онтон?.. Араас холобуру аҕалыахпын сөп. Соторутааҕыта биир оҕо эмиэ дьонтон кэпиэйкэ умналаабыт, кэлин биэрбэт буолбуттар, салгыы уоруунан дьарыгыран барбыт. Эппиэтэ бэлэм – “миэхэ ким да харчы биэрбэт”.
Биһиги бэйэ-бэйэбитин кыра-кыралаан иитиэхтээхпит. Куттала суох куоракка олорорбутун өйбүт-санаабыт күүһүнэн ситиһиэхтээхпит. Оҕо улахан киһи холобуругар “үчүгэйи” уонна “куһаҕаны” араарар, чиҥ туруктаах буолуохтаах. Уопсастыба манна саамай улахан оруолу ылар. Онтон уопсастыба диэн – эн, мин, биһиги бары.
Манна даҕатан эттэххэ…
РФ Холуобунай кодексын 151-с ыстатыйата сааһын туола илик оҕону умналыырга күһэйэр төрөппүккэ эппиэтинэс сүктэрэр. Ити эрээри бу ыстатыйа кыра саастаах оҕону көмүскээбэт, оҕо төрөппүтүн холобурунан сирдэтинэр диэн ыйыллар.
Чуолаан үөһээ ахтыллыбыт курдук түгэҥҥэ төрөппүт ХК 156-с ыстатыйатынан сааһын туола илик оҕотун иитиигэ эбээһинэһин толорботоҕун иһин эппиэтинэскэ тардыллыан сөп.
Сыыппара
Дьокуускай куоракка 308 оҕо саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларын хамыыһыйатыгар учуокка турар. 498 кутталлаах балаһыанньалаах ыалга 807 оҕо баар.
Полина НИКОЛАЕВА.
 
Category: Социалка, пенсия, жилье | Views: 1650 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 20
Ыалдьыттар (гостей): 20
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024