Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Атырдьах ыйа » 19 » Подполковник Василий ПАВЛОВ: “Сахалар байыаннай идэҕэ сыстаҕастар”
Подполковник Василий ПАВЛОВ: “Сахалар байыаннай идэҕэ сыстаҕастар”
07:22

Подполковник Василий ПАВЛОВ: “Сахалар байыаннай идэҕэ сыстаҕастар”

Подполковник Василий ПАВЛОВ: “Сахалар байыаннай идэҕэ сыстаҕастар”
Булгуруйбат санаалаах, биир тыллаах, “дьоһун”, “суобас” диэн өйдөбүллэри өрө тутар, Сэбиэскэй саҕанааҕы сырдык идеологияны көнөтүнэн сүһэн ылан этигэр-хааныгар иҥэриммит дьон, арааһа, саастаах көлүөнэни кытары эмиэ симэлийэрэ дуу...
Подполковник Василий Николаевич ПАВЛОВ- Сэбилэниилээх күүстэр бэтэрээннэрэ, урут Варшавскай дуогабар дойдуларыгар танковай войскаларга сулууспалаабыт аҕыйах саха аппыһыардарыттан биирдэстэрэ, олоҕун бүүс-бүтүннүү байыаннай дьыалаҕа анаабыт киһи. Кэлин дойдутугар эргиллэн баран, улуус байыаннай комиссариаттарын салайбыта, ДОСААФ бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, онтон да араас үлэҕэ үлэлээбитэ.
Василий Николаевич хаһан да үлэнэн эрэ муҥурдаммат майгылаах. Ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитии буоллун, Россия уонна Саха сирин байыаннайдарын түмүү, сэрии бэтэрээннэрин ааттарын үйэтитии, “АлСиб” кистэлэҥ трассатын  сөргүтүү, Общественнай палата мунньаҕа буоллун, быһата,  дьон-сэргэ олоҕор тахсар суолталаах хамсааһыннарга барытыгар кыттарын ааһан, иилээччи-көҕүлээччи буолар дьикти сэргэх киһи.  Бэл, сөҕүөм иһин, биирдэ, айдааннаах суукка тиийэн, олох билбэт киһитин көмүскээн, сымыйанан туоһу буолан кубулҕатыра сылдьар омугу тараччы тутан ылан  мөҕө-этэ турарын көртүм.  Дьэ, итинник киһи - Василий Николаевич, чиэһинэй, олоххо көхтөөх,  көрөн туран кыраны-кыамматы атаҕастаппат, сыыһаны-алҕаһы тулуйбат эр сүрэхтээх.
***

-          Василий Николаевич, арай билиҥҥи дьону Аҕа дойду сэриитин кэмигэр түһэрэн кэбиһэр буоллар хайаһыах этибитий?- ыйытабын.
-          Дьэ, ким билэр... Билиҥҥи дьоҥҥо санаа күүһэ мөлтөх, нууччалыы эттэххэ – “дух” диэн суох, - хардарар.
Василий Николаевич “Открытое содружество суворовцев, нахимовцев и кадет России”  диэн дойду таһымнаах общественнай тэриллии президиумун чилиэнэ, Сэбилэниилээх күүстэр бэтэрээннэрин республикатааҕа Ассоциациятын салайааччыта,  Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола бочуоттаах куратора.
 
-          Былыргы Россияҕа дворяннар оҕолоро хайаан да байыаннай үөрэҕи барыахтаахтара. “Байыаннай” диэн – сэриилэһэр эрэ ньыманы үөрэтии буолбатах, олох туспа философиятын оскуолата. Саамай сүрүнэ диэн – Аҕа дойдуну көмүскүүр өйдөбүлү эр киһиэхэ иҥэрэр, норуотугар, дойдутугар дурда-хахха буоларга иитэр үөрэх”, - диэн подполковник этэр.
 Урут Сэбиэскэй саҕана, билигин Россия да, байыаннайдарын ортотугар  Суворовскай, Нахимовскай училище  выпускниктара – байыаннай идэ элитэтэ диэн ааттаналлар.
 
Василий ПАВЛОВ Төҥүлү (Мэҥэ Хаҥалас) оскуолатын ахсыс кылааһын бүтэрээт да, Уссурийскайдааҕы Суворовскай училищеҕэ үөрэнэ барбыт: “Алые погоны”, “Офицеры” киинэ угуйар күүһүгэр умсугуйан, уонна аҕам милииссийэ үлэһитэ буолан, формалаах киһи буолуохпун наһаа баҕарар этим. Ол баҕам  ахсыс кылааһы бүтэрбит сайыммар туолбута. Уссурийскайдааҕы Суворовскай училищеҕэ биир миэстэ кэлбитигэр баран туттарсан, киирэн хаалбытым. Бастаан, буоларын курдук,  “тургутуһуу” ханна барыай. Ол гынан баран, оскуолаҕа спордунан, боксанан дьарыктаммыт буолан,  бэйэбэр эрэнэр этим, онон иннибин соломмутум  – диэн Василий Николаевич оҕо сааһын саныыр, - Онтон училище кэнниттэн байыаннай үрдүк үөрэххэ киирэн баран, училище выпускниктара  олох бииргэ тутуһан сылдьыбыппыт, ким да өрө көрбөт этэ. Уопсайынан, суворовецтарга, нахимовецтарга  сыһыан атын буолар. Билигин бииргэ үөрэммит уолаттарбытын кытары бэйэ-бэйэбитигэр ыалдьыттаһабыт, ыҥырсабыт, көрсөбүт, өрүү билсэ-көрсө турабыт”.
-          Василий Николаевич, саха киһитигэр байыаннай идэ төһө барсарый?
-          Мин саныахпар, байыаннай өй-санаа хааммытыгар иҥэ сылдьар. Түүрдэр – байыаннай омук буоллахтара. Сэбиэскэй саҕана сахаларга байыаннай аппыһыардар син бааллар этэ. Онтон тохтобул кэнниттэн, билигин эмиэ син ыччат талаһар буолла диэн көрөбүн. Армия кэнниттэн  контрагынан салгыы сулууспалыы хаалар уолаттары истэбин. Кадеттартан быйыл хас да оҕо Рязанскайдааҕы үрдүкү байыаннай оскуолаҕа киирдилэр. Дьэ, ити оскуола хас эмэ сыллаах үлэтин түмүгэ буолар.
***
pilotyСоторутааҕыта Саха сиригэр “АлСиб” трассатынан Америкаттан, Канадаттан летчиктэр көтөн кэлэн, Дьокуускайга тохтоон аастылар. 
“АлСиб” трассата аһыллыбыт күнүн-дьылын дьоҥҥо санатарга, бу кистэлэҥ трасса суолтатын уонна ону хааччыйарга саха дьоно кырата суох кылааты киллэрбиттэрин бэлиэтииргэ  Василий ПАВЛОВ, омуннааһына суох улахан дьайыылаах киһи.
 
В.Н.ПАВЛОВ:
- Бу трасса Иккис аан дойду сэриитигэр  олус улахан суолталаах. Саха сирин авиациятын сайдыытын чаҕылхай историята. 1942 сыл алтынньытыгар кистэлэҥ трасса тухары уон аэропорт аһыллыбыта. Саха сиригэр Дьокуускайтан ураты Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ, Өймөкөөҥҥө,  Витимҥэ, Уус Майаҕа, онтон да атын сиргэ  саппаас аэродромнар тутуллубуттара.
 
“АлСиб”  кистэлэҥ трассатыгар элбэх саха дьоно үлэлээбитэ. Трассаны салайар штаб, летнай дивизия,  маҥнайгы саамай эппиэтинэстээх кэмнэригэр, Дьокуускайга базаланан олорбута. “АлСиб” трассатын саамай уустук, улахан кутталлаах кэрчигэ -  Саха сирин территорията этэ. Бу трассаҕа барыта 100-тэн тахса летчик суорума суолламмыта да амырыын туоһу.  Саха сиригэр Дьааҥы адаар сис хайатын уҥуордаан, туох да прибора тулуйбат бытархан тымныытын  ааһан, салгын тиийбэт үөһэнэн дайан, кып-кыра кабинаҕа ыйы быһа хамсаабакка кыбыллан көтүү – сөҕүмэр!.. Ол саҕанааҕы дьон тулуура кытаанаҕын, кыайыыга дьулуура хайдахтаах курдук күүстээх эбитин билигин кэлэн сөҕөҕүн. 
 
Василий Николаевич,  2010 сыллаахха, ДОСААФ солбуйар бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, авиация бэтэрээннэрин кытары сүбэлэһэн,  2012 сыллаахха “АлСиб” трассата аһыллыбыт 70 сыллаах үбүлүөйүн көрсө,  трассаны хааччыйарга үлэлээбит саха дьонун булаттаан, ааттарын сөргүтүөххэ диэн быһаарбыттар.
 
В.Н.ПАВЛОВ:
-          Михаил Ефимовичка, бастакы президеҥҥэ санаабытын тиэрдибиппитигэр, биһирээбитэ. Эрдэттэн бэлэмнэнэр үлэни тэрийэрбитигэр сүбэлээбитэ. Бастаан туох да баһаам этиини бэлэмнээбиппит: “АлСиб” трассатыгар кыттыбыт дойдулар делегацияларынан атастаһыытыттан саҕалаан  Аляскаҕа Россия күннэрин ыытыыга тиийэ. Онтон политика уларыйан, үп-харчы кырыымчыга тууйан, далааһыннаах ыра санаабыт туолбатаҕа. Ол эрээри, трассаҕа үлэлээбит саха дьонун булаттаабыппыт – ити ситиһии дии саныыбын. Ахтыы кинигэлэрэ таҕыстылар.  Биир идэлээҕим,  Сэбилэниилээх күүстэр бэтэрээннэрэ, Иван Иосифович Мохначевскай кыра сылдьан “АлСиб” летчигин көрбүтүн кэпсиир буолара. Летчик Төҥүлүтээҕи аэродромҥа тохтоон ремоннана туран, кинини уора-көстө кэтиир саха уолчаанын ыҥыран күлүүһүн ылан биэрэригэр көрдөспүт. Уол алдьаммыт атах таҥастааҕын көрөн, летчик аһынан, унтуу биэрэ сатаабытын, кэнэн саха оҕото эрэйдээх ылбакка куотан хаалбыт, - доҕорун кэпсээнин Василий Николаевич тиэрдэр.
 
2017 сылга кистэлэҥ трасса аһыллыбыта 75 сылын туолар.
“2010 сыллаахха Саха сирин аэродромнарыгар үлэлээбит дьонтон 8 киһи тыыннаах эбит буоллаҕына, билигин 3 эрэ киһи хаалла: М.Е.КИРЕНСКАЯ, В.М.КОНОНОВА, Е.В.ШЕПЕЛЕВА. Кырдьаҕастар тыыннаахтарыгар чиэстээн-бочуоттаан, дьиэлээн-уоттаан хаалыахха баара. Кинилэр Улуу Кыайыыга кылааттарын билинэн, сокуон өттүнэн чэпчэтиилэри оҥортоон, сэрии кытыылаахтарын статустарыгар тэҥниэххэйиҥ диэн туруорсабыт. Бу манна Ил Түмэн депутаттара, Уһук Илин регион парламентарийдарын Ассоциациятын нөҥүө, бу сокуону дойду таһымыгар ыллаттарарга туруорсаллара буоллар”, - диэн подполковник баҕа санаалаах.   
***
kirens

Үбүлүөйдээх күнтэн-дьылтан хойутаан да буоллар, быйыл, Аляскаттан Москваҕа диэри  “АлСиб” трассатынан “Дуглас” уонна АТ “Тиксан” сөмөлүөттэр көтөн кэллилэр. “Бу көтүүнү - Сэбиэскэй Союз геройа, аатырбыт космонавт Алексей Леонов эрэ буолан, ситистэ. Киниэхэ махталбыт муҥура суох”, - диэн Василий Николаевич тэрээһин ис дьиҥин кэпсиир.
Дьокуускайга “АлСиб” сөмөлүөттэрин көрсүү сиэригэр-туомугар Матрена Егоровна  Киренская – трассаҕа үлэлээбит саха дьахталларыттан биирдэстэрэ кытынна.

***
Василий Николаевич “АлСиб” трассатынан көтүүнү  салайбыт Сергей БАРАНОВ, “РусАвиа” генеральнай дириэктэрэ (сөмөлүөттэри атыылаһарга спонсор тэрилтэ) “Саха сирин кытары дьоҕус авиация сайдарыгар үлэлииргэ бэлэммит” диэн эппитин үөрэ-көтө кэпсиир. Бу БАРАНОВ этиитин сыыска-буорга түһэрбэккэ, тустаах салайааччылар салгыы сайыннарыахтара баара.
Уопсайынан даҕаны, Василий ПАВЛОВ туох да официальнай улахан дуоһунаһа суох эрээри, Россия байыаннайдарыгар улаханнык ытыктанар, тыла-өһө сыаналанар киһи, кинини республика интэриэһигэр, чуолаан, дьоҕус республикаҕа авиация сайдарыгар, ыччаты байыаннай анал үөрэххэ сыһыарарга, киллэрэргэ көмөлөһүннэриэххэ баара. 
 

041-          Гагарин аатынан кулуупка омук летчикатырагар анаан кэнсиэр буолбута. Ол кэнниттэн канадецтар “Россия туһунан санаабыт тосту уларыйда, дойдубутугар тиийэн маны барытын кэпсиэхпит” диэтилэр.  Политика хаһан баҕарар уустук, халбас харата. Ол гынан баран, Кыайыы туһугар омук дойдулара эмиэ биһиэхэ көмөлөспүттэрин, дойдуларбыт куруук өстөһө сылдьыбытахтарын ычаппыт билиэх тустаах. Боростой норуот, дьон икки ардыгар киһилии сыһыан, аҕаларбыт, эһэлэрбит, ийэлэрбит, эбэлэрбит хорсун быһыылара, Улуу Кыайыыга сөҕүмэр дьулуурдара өрүү сыаналаныахтаах.  История, хаһан баҕарар, кырдьыгынан  көрүллүөхтээх,  - диэн подполковник  Василий Николаевич ПАВЛОВ кэпсэтиибитин түмүгэр бэйэтин санаатын ааҕааччыларга тиэрдэр.  
***
Аартык.ру

Источник: aartyk.ru
 
Category: Саха | Views: 1735 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 7
Ыалдьыттар (гостей): 7
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024