News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Атырдьах ыйа » 24 » Александр Жирков: “Саха сиригэр бэрэстэбиитэллээх былаас олугун уурсубут сүдү киһи – Күлүмнүүр аата үйэтитиллиэхтээх»
Александр Жирков: “Саха сиригэр бэрэстэбиитэллээх былаас олугун уурсубут сүдү киһи – Күлүмнүүр аата үйэтитиллиэхтээх» | 23:33 |
Александр Жирков: “Саха сиригэр бэрэстэбиитэллээх былаас олугун уурсубут
сүдү киһи – Күлүмнүүр аата үйэтитиллиэхтээх»
Атырдьах ыйын 23 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Тумэн) спикерэ Александр Жирков Уус-Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр Духуобунас киинин дьиэтин сыбаайата түһэр үөрүүлээх сиэригэр-туомугар кытынна.
Духуобунас киинэ Дүпсүн сириттэн төрүттээх ХХ үйэ саҕаланыытыгар саха интеллигенциятын түс-бас киһитэ, уһулуччулаах общественнай-судаарыстыбаннай деятель, сырдатааччы В.В.Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылын көрсө кини аатынан музей-уһаайбаҕа тутуллан киириэ. Кэлиҥҥи сүүрбэ сыл устата нэһилиэккэ таас тутуу ыытыллыбатах буолан, олохтоохтор үөрүүлэрин ыраахтан-чугастан ыалдьыттар кэлэн үллэһиннилэр.
Саҥа дьиэ тутуутун бастакы олуга түһэрин дүпсүттэр киэн туттар биир дойдулаахтара, биллиилээх культуролог, Россия Федерациятын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР үтүөлээх артыыһа Афанасий Федоров сахалыы сиэринэн алҕаата.
Ол кэнниттэн долгутуулаах түгэн – дохсун ытыс тыаһынан тутааччылар бастакы сыбаайа оннун буллардылар, тутуу саҕаламмытын биллэрдилэр.
Историяҕа киирэр бэлиэ күнүнэн мустубут дьоҥҥо туһаайан Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Николаевич Жирков бу курдук эттэ:
- В.В.Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр бырагыраамаларыгар сөп түбэһиннэрэн, Дүпсүн сиригэр Духуобунас киинин акылаата түһэр үөрүүлээх түгэнэ тосхойбутунан эҕэрдэлиибин. Бэдэрээтчик - Яков Ефимов генеральнай директордаах «Хотугу дьиэ» барыта 138 сыбаайаны түһэриэ, күн-дьыл тымныйыар диэри тутуу бастакы уочаратын түмүктүө. Объегы 2016 сыл күһүнүгэр үлэҕэ киллэрэр былааннаахпыт. Ону таһынан Күлүмнүүргэ аналлаах өссө биир улахан объект Бороҕоҥҥо тутуллуо. Итиэннэ Дьокуускайга Василий Васильевич Никифоровка пааматынньык туруоруллуо. Пааматынньык оҥоһуллуохтаах сирин туһунан кэпсэтии барарын эһиги билэҕит. Ил Түмэн аатыттан өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, бырабыыталыстыбаҕа этиини киллэрдим. Миэстэтин Ярославскай уулуссатыгар парламент дьиэтин иннигэр көрөбүт. Саха сиригэр, Дьокуускайга судаарыстыбыннай тэрилтэ иннигэр бу бастакы пааматынньык буолуо. В.В. Никифоров-Күлүмнүүр Саха сирэ, саха дьоно бэйэтэ бэрэстэбиитэлээх былаастаныытыгар туруорсуутун кэрэһиттиэ. Кини өссө 1918 сыллаахха Саха сирин уобалаһын земствотын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Оччолорго ол бэрэстэбиитэллээх былаас
саамай үрдүк таһыма этэ. Онон кини өрөспүүбүлүкэ салайааччытын быһыытынан үлэлээбитин, бэрэстэбиитэллээх былаас бастакы олугун уурсубутун ытыгылыыр бэлиэ быһыытынан үйэлээх өйдөбүнньүк туруоруохпут.
Дүпсүн сирин дьонугар, тутааччыларга ситиһиини баҕарабын. Эһиги биллиилээх биир дойдулааххыт аатын-суолун үрдүктүк тутан, бэйэҕит өттүгүтүттэн көҕүлээһиннэри оҥорон, элбэх санааны этэн, туруорсан, өйөбүл буолбуккутугар махталбын биллэрэбин.
Салгыы Уус-Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов тыл этэригэр улуус дьаһалтата М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты кытары университекка гуманитарнай хайысхалаах факультеттарга үөрэнэр ыччакка В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан стипендия, грант олохтуулларын туһунан иһитиннэрдэ.
Тутуунуу ыытааччылар - «СӨ судаарыстыбаннай сакаасчытын сулууспата” ГКУ генеральнай директорын солбуйааччы Федор Босиков, “Хотугу дьиэ” тутуу хампаанньатын генеральнай директора Яков Ефимов сүдү киһи аатын үйэтитиигэ кыттыһалларыттан киэн тутталларын бэлиэтээн эттилэр.
И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын кыраайы үөрэтэр музейын директора Марфа Ховрова олохтоохтор ыра санаа оҥостубут улахан тутуулара олоххо киириитин туруорсубут, туруулаһан үлэлэһэр дьоҥҥо – улуус депутатыгар, Ил Түмэн спикеригэр Александр Жирковка, улуус, нэһилиэк дьаһалталарыгар, тутуу барыытын сүрүннүүр тэрилтэ салайааччыларыгар махталы биллэрдэ.
Историяҕа киирэр үтүө күҥҥэ мустубут дьон эдэрдиин, кырдьаҕастыын сүдү киһи Күлүмнүүр аатын үйэтитэр, кини кэриэс тылларын олоххо киллэрэр Духуобунас киинэ сырдыкка дьону угуйа, түмэ турар, ыччат нэһилиэк историятын билэригэр-үөрэтэригэр, сиэр-майгы өттүнэн дэгиттэр үүнэн-сайдан тахсарыгар олук буоларыгар эрэнэллэрин, эһиил баччаларга тутуу силигин ситэн арылларыгар баҕа санаалыын кыттыстылар.
Бэлиэ тэрээһин кэнниттэн Александр Жирков салгыы ыаллыы сытар Бээди сэлиэнньэтигэр тиийэн 60 миэстэлээх оскуола тутуутун, үлэ хаамыытын билистэ. Бу объект “Мин Сахам сирэ – XXI үйэҕэ” бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар. Тутуу быйыл күһүн түмүктэнэн, оскуола саҥа дьиэҕэ көһүөхтээх. Маны сэргэ спикер «СӨ ОДьКХ» ГУП уонна Дүпсүн нэһилиэгэ 3,48 МВт кыамталаах хочуолунайы кыттыһан тута сылдьалларын билистэ. Саҥа объект эргэ икки хочуолунайы солбуйуо. Нэһилиэк дьаһалтата хочуолунай дьиэтин тутар, коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтэ үс хочуолу аҕалан таҥан туруорбут. Алтынньыга сылааһы биэрдэхтэринэ, объектарга, чааһынай дьиэлэргэ ититии бэриллиэ.
Ил Түмэн пресс-сулууспата.
|
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 1284 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 26 Ыалдьыттар (гостей): 26 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|