News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Балаҕан ыйа » 7 » Саха сахатынан кэрэ
Саха сахатынан кэрэ | 09:59 |
Саха сахатынан кэрэ
- маннык ааттаах суруйуу бу субуотатааҕы хаһыаппытыгар - тус санаа - рубриканан бэчээттэммитин эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын. Бу биһиэхэ эрэ буолбакка атын да сирдэргэ олоххо киирбит көстүү буолара буолуо.
Автор - Борисов Виктор Викторович, К.Д.Уткин аатынан норуоттар доҕоһууларын түмэлин(музейын) научнай сотруднига.
Манна суруйбут санааларгытын улууһум форумугар киллэриэм дии саныыбын.
– Тус санаа –
САХА САХАТЫНАН КЭРЭ
Кэлиҥҥи кэмҥэ Ньурбаҕа аҥардас нууччалыы эрэ саҥарар саха оҕото элбээбитэ хомотор. Саха оҕото бэйэтин тылынан саҥарбата, биллэн турар, иитиллиититтэн тутулуктаах. Оҕо ыраас кумааҕы курдук, кинини хайдах иитэҕин да - оннук буолар.
Билиҥҥи туругунан улууспутугар 4 оскуолаҕа уонна икки детсадка саха оҕолорун нууччалыы эрэ үөрэтэллэр. Ол курдук нууччалыы үөрэнэр оҕо ахсаана улууска - 548, бу детсад оҕолорун аахпатахха. Саамай элбэх оҕо нууччалыы Убайаан оскуолатыгар үөрэнэр - 218, ол кэннэ 2 №-дээх оскуола - 207, 3 №-дээх оскуола - 99 уонна 1 №-дээх оскуола - 24 оҕо.
Бу оскуолаларга барыларыгар саха оҕото ахсаана баһыйар. “Аленушка” детсадка саха оҕото баһыйар ахсааннаах, ол эрээри биир да сахалыы бөлөҕө суох.
Уруккута “Авиапорт” кварталыгар баһыйар өттө нуучча эбит буоллаҕына, билигин сахата баһыйар. Ол эрээри детсад урукку үгэһин уларыппакка үлэлии олорор.
Оҕо оскуолаҕа үөрэҕэ сахалыы алын эрэ оскуолаҕа барар. Ол кэннэ орто оскуолаҕа Егор Петрович Жирков тэрийбит сахалыы үөрэтэр тиһигэ ыһыллан, нууччалыы-сахалыы буккуйан үөрэтэллэр.
Төрөппүт оҕотун нууччалыы үс сүрүн төрүөтүнэн үөрэттэрэр. Бастакыта - дьиэттэн чугас сахалыы үөрэтэр тэрилтэ суоҕа, иккиһэ - ордук предметы үөрэппэтин диэн, үсүһэ - үөрэҕи ордук ыллын диэн. Бүтэһик төрүөтү утары манныгы этиэххэ сөп: саха тылын эйгэтэ кыараабытынан, саха оҕото нуучча тылын отой үөрэппэтэҕин да иһин, син-биир саҥарар буолуо этэ. Тула өттүттэн, сүрүннээн телевидение, компьютер өттүттэн саха тылын нуучча тыла баһыйарынан, онон сорох саха оҕото нууччалыы оскуолаҕа киириэн да иннинэ быһыта-орута саҥарар буолан киирэн барар. Сахалыы үөрэнэр оҕо нуучча тылыгар уонна да атын предметтарга мөлтөхтүк үөрэммэт, ону бу сааскы экзаменнар туоһулууллар.
Саха оҕото тоҕо сахалыы үөрэниэхтээҕий? Бастакынан, бэйэтин омугун тылын булгу билиэхтээх. Омугу дьиҥэ саҥатынан ылынабыт биһиги. Сахалыы ыраастык лоп-бааччы саҥарар бааһынайы эн саха курдук ылынаҕын, ол оннугар нууччалыы эрэ саҥарар саханы эн саха быһыытынан ылынарыҥ судургута суох буолар. "Ээ, сахалыы да үөрэммэтэҕинэ билиэҕэ", - дииллэр сорох төрөппүттэр. Манна биири өйдүөххэйиҥ: нууччалыы үөрэммит оҕо сахалыы да билэр буоллаҕына, төрүт эйгэтиттэн (холобура, фольклоруттан, итэҕэлиттэн, литературатыттан) син биир тэйэр. Итини санаатахпына, биир нууччалыы үөрэммит уол эппитин өйдөөн кэлэбин: "Тыгын Дархан” айымньыны омук кинигэтин курдук ылынабын", - диэбитин.
Иккиһинэн, нууччалыы үөрэммит оҕо кэпсэтэр эйгэтэ кыарыыр. Нууччалыы саҥалаах сахалар билиҥҥитэ үксүн Дьокуускай куоракка бааллар, онтон улуустарга, холобура, Ньурбаҕа 90 бырыһыан дьон сахалыы саҥалаахтар. Нууччалыы үөрэммит саха оҕото эрэйдэммэтэ буолуо дуо кэнэҕэскигэ?
Итини, оҕоҕутун нуучча кылааһыгар биэриэххитин иннинэ, ырытан-ырыҥалатан көрүөх тустааххыт, күндү төрөппүттэр.
Саха бөлөҕө, кылааһа тиийбэт эбэтэр суох буоллаҕына, оскуола, детсад салалтатыттан туруорсар бырааптааххыт, ол тыл туһунан сокуоҥҥа баар.
Саха сахатынан кэрэ, ону өйдүүрбүт булгуччулаах.
Бииктэр БАРЫЫҺАП
[Сообщение редактировалось]
|
Category: Саха |
Views: 1960 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 73 Ыалдьыттар (гостей): 73 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|