Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Балаҕан ыйа » 10 » Саха саарыннара Уһулуччулаах уопсастыбаннай деятель В.В.Никифоров төрөөбүтэ 150 сылын көрсө
Саха саарыннара Уһулуччулаах уопсастыбаннай деятель В.В.Никифоров төрөөбүтэ 150 сылын көрсө
12:04
Саха саарыннара
Уһулуччулаах уопсастыбаннай деятель В.В.Никифоров төрөөбүтэ 150 сылын көрсө

https://af.attachmail.ru/cgi-bin/readmsg/file.jpeg?rid=2077086382142272716216242863244202683964&&id=14418468670000000521;0;1&
Күлүмнүүр пааматынньыга Ил Түмэн иннигэр туруоҕа

ХIХ-ХХ үйэлэр кирбиилэригэр саха интеллигенциятын лидерэ Василий Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сыла эһиил бэлиэтэнэр. Никифоров курдук үйэлэргэ дэҥҥэ кэлэн ааһар уһулуччулаах киһи туһунан Сэбиэскэй былаас саҕана билбэт этибит, кини туһунан киэҥ араҥаҕа кэпсэммэтэ, суруллубата.

Уларыта тутуу, көҥүллүк этэр-тыынар кэм кэлбитигэр дьон өйүгэр-санаатыгар история кырдьыктаахтык, чиҥник тиэрдиллэр буолбута. Саха чулуу уолаттарын үтүө ааттара тумнуллан бүппүтэ, норуоттарыгар төннүбүтэ, кинилэр биографияларын үөрэтии, чинчийии саҥа таһымҥа тахсыбыта.

Урукку өттүгэр Дьокуускай куоракка соҕурууҥҥу революционердарга эрэ бөҕө-таҕа пааматынньыктары туруорар буоллахтарына, кэлин саха норуотун бэйэтин бастыҥ бэрэстэбиитэллэригэр, салайааччыларыгар -- Өксөкүлээх Өлөксөйгө, Максим Аммосовка, Платон Ойуунускайга, Исидор Бараховка, Авксентий Мординовка, Суорун Омолооҥҥо, Гаврил Чиряевка, Юрий Прокопьевка паамытынньыктар аһыллыбыттара. Ол эрээри билигин да ситэ сыаналана илик, сырдык мөссүөннэрэ боруонсаҕа кутуллуон сөптөөх улуу дьоммут бааллар эбээт. Кинилэр ортолоругар В.В.Никифоров-Күлүмнүүрү бэлиэтиэххэ сөп.

Уһулуччулаах уопсастыбаннай деятель, сырдатааччы, духуобунай лидер, саха интеллигенциятын идеолога, учуонай, кыраайы-үөрэтээччи, этнограф, экономист, саха суругунан литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, бастакы драматург, суруйааччы, публицист, «Сахалар сойуустара” түмсүү салайааччыта, бастакы публичнай библиотеканы уонна национальнай бэчээти төрүттээччи...

Кини өҥөтүн өссө да этэ, салгыы туруохха сөп. Ааттыын да Күлүмнүүр буоллаҕа. Олорбут олоҕо төһө да эрэйдээҕин-буруйдааҕын иһин, чахчыта да хараҥаҕа күлүм гына тыгардыы чаҕылхай этэ. Ол да иһин бэйэтин кэмигэр киниэхэ тэҥнэһэр салайар дьоҕурдаах киһи суоҕа диэн үйэлэри уҥуордаан ылбычча ахтыбаттар. Кини дьоһун аата оҥорбут сүҥкэн дьыалатын курдук көлүөнэттэн көлүөнэҕэ киэн тутта кэпсэнэ туруохтаах, сөптөөхтүк уонна үрдүк таһымҥа сыаналаныахтаах.

Саха сиригэр бастакы талыллыбыт салайааччы кини этэ

ХХ үйэ саҕаланыытыгар ыраахтааҕылаах былааска Сибиир уобаластарыгар земство киириитин наадалааҕынан аахпаттар этэ, оччотооҕу реформа арҕааҥҥы 34 губернияны эрэ хаппыта. Ол иһин 1900 сыллартан Никифоров Саха сиригэр земствоны олохтооһуну туруорсан барбыта. 1906 сыллаахха «Сахалар сойуустара» бастакы политическай түмсүүнү тэрийбитэ, итиэннэ ыраахтааҕы былааһыгар ирдэбиллэри туруорбута. Ол курдук, суол-иис, бырамыысалыннас, тыа хаһаайыстыбатын, эргиэн сайдыытын, үөрэх, доруобуйа харыстабылын боппуруостара миэстэтигэр быһаарыллыахтаахтарын, сири олохтоохтор бэйэлэрэ бас билиэхтээхтэрин, онон уобаласка земство салайыытын киллэрэн, Госдумаҕа төрүт нэһилиэнньэ бэрэстэбиитэлин талларан, олохтоох салайыныы баар буолуохтааҕын туруорсубута. Ол кэмнэргэ бу туруорсууну ыраахтааҕы былааһа ылымматаҕа уонна «Сахалар сойуустара» түмсүү чилиэннэрин хаайбыттара.

В.В.Никифоров хаайыыга балтараа сыл сыппыта. Хаайыыттан тахсан баран, уопсастыбаннай үлэтин уҕарыппатаҕа. Кини Саха сирин уокуругун бэрэстэбиитэллээх съеһин тэрийэн ыыппыта. Итиэннэ киин былаас иннигэр тыын суолталаах боппуруостары эмиэ кимиилээхтик туруорсубута. Холобур, 1913 сыллаахха Романовтар бүрүстүөлгэ олорбуттара 300 сылын бэлиэтээһиҥҥэ тиийэн, Саха сирин социальнай-экономическай уустук балаһыанньатын чэпчэтэргэ хадатаайыстыбалары түһэрбитэ. Аны норуот үөрэҕириитин үлэһиттэрин I Бүтүн Россиятааҕы съеһигэр тыл этэн, Дьокуускайга учууталлар семинариялара аһылларын ситиспитэ. Бу семинарияҕа саха бастакы салайааччылара үөрэхтэммиттэрин билэбит.

1917 сыллаахха Саха сиригэр федералистар үлэлээх сойуустара үөскээбитэ. Салайааччыларынан Г.В.Ксенофонтов уонна В.В.Никифоров буолбуттара. Кинилэр Сибииргэ федеративнай автономияны турууласпыттара. Сибиир састаабыгар земствонан салайыныыны киллэрэн туран, устунан автономияны олохтооһуну туруорсубуттара. Национальнай интеллигенция маны сэргэ «Саха аймаҕа» уопсастыбаны тэрийбитэ.
1917 сыл кулун тутарга Саха сиригэр былаас уопсастыбаннай куттал суох буолуутун кэмитиэтигэр бэриллибитэ. Онно Никифоров чилиэн буолбута.

Кулун тутар 26 күнүттэн муус устар 15 күнүгэр диэри үс уокурук сахаларын уонна бааһынайдарын бастакы съезтэрэ ыытыллыбыта. Ол онно олохтоох салайыныы уорганын - земствоны киллэрэргэ быһаарыныы, уопсай балаһыанньа ылыллар. Сири тэҥинэн үллэрии, оскуолаҕа төрөөбүт тылынан үөрэтиини киллэрии, оскуоланы таҥара дьиэтиттэн араарыы, үлэ күнүн хааччахтааһын, хамнас төлөбүрүн бэрээдэктээһин, о.д.а. боппуруостар уурааҕынан бигэргэммиттэрэ.

Земство бастакы мунньаҕын 1918 сыл тохсунньу 3 күнүгэр тэрийэн, мунньах толоруулаах уорганынан – Саха уобалаһын земствотын бэрэссэдээтэлинэн В.В.Никифоров талыллыбыта. Норуот хаһаайыстыбатын боппуруостара олохтоох салайыныыга бэриллибиттэрэ. 1919 сыл кулун тутар 23 күнүгэр Никифоров земство салайааччытынан 1919-1921 сс. болдьоххо хаттаан талыллыбыта. Бу кэм устата бэрэссэдээтэл Саха сирин социальнай-экономическай балаһыанньатын боппуруостарыгар күүскэ үлэлэспитэ.

Ити курдук, Саха сирин историятыгар Василий Никифоров демократическай төрүккэ олоҕуран талыллыбыт уобалас бастакы салайааччыта буолар. Земскэй бырааба уобаластааҕы бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар кини былдьаһыктаах кылгас кэм иһигэр норуот хаһаайыстыбатын, культура, үөрэх, доруобуйа харыстабылын эйгэтин өрө көтөхпүтэ.

Төһө да саҥа былааска норуотун туһугар турууласпытын иһин, кинини сойуолаһалларын курдук сойуолаһан, хаайан баран сыылкаҕа утаарбыттара, ол эрээри кинитэ суох син биир сатамматтара. Сэбиэскэй автономия олохтоммутугар өрөспүүбүлүкэ эдэр салайааччылара Күлүмнүүрү сыылкаттан ыҥыртарбыттара. Никифоров Саха сирин культурнай-экономическай уларыйыылары аҕалыыга күүһэ баарынан үлэлэспитэ.

Элбэхтэн аҕыйах холобур, Сойуус илиҥҥи оройуоннарын кырааныыссаларын дьүүллэһиигэ Саха сириттэн бэрэстэбиитэлинэн сылдьыбыта. Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар көмөлөһөр кэмитиэт чилиэн буолбута. 1923 сыллаахха бастакы сэбиэскэй тыа хаһаайыстыбатын, култуурнай-промышленнай быыстапкатыгар саха отделын тэрийбитэ.

Ити билигин кэпсэнэр, ахтыллар Саха сиригэр ССРС НА бастакы научнай экспедиция барыытын Аммосов көрдөһүүтүнэн тэрийсибитэ, бэйэтэ кыттыбыта. Дэгиттэр кыахтаах, киэҥ интэриэстээх, салайар үлэҕэ дьылҕа-хаан анаан үөһэттэн айдаран ыыппыт сүдү киһитэ икки үйэ кирбиитигэр политическай уонна духуобунай лидер быһыытынан оруола сүҥкэн.


Сүдү киһиэхэ сүгүрүйэр кэммит кэллэ

Күлүмнүүр аатын норуотугар төнүннэриигэ, кини нэһилиэстибэтин үөрэтиигэ, үйэтиитиигэ биир дойдулаахтарын, былаас, уопсастыба өттүттэн утумнаах үлэ барар. Ол үлэни сүрүннээччинэн Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирковы билиниэххэ сөп.
«Бичик» кинигэ кыһатыгар «Саха бастакы көлүөнэ интеллигенцията. Саха сирин уопсастыбаннай-политическай санаатын сайдыытыгар киллэриллибит кылаат» диэн саҥа серия олохтонон, бастакы кинигэ Күлүмнүүргэ ананан тахсыаҕа.

Күлүмнүүр бэлиэ даататын көрсө Уус-Алдан улууһугар икки объект тутуллуута инвестиционнай бырагыраамаҕа киллэрилиннэ. Күлүмнүүр төрөөбүт дойдутугар -- Дүпсүҥҥэ кини аатынан Духуобунас киинэ тутуллар буолла. Дьиэ бастакы сыбаайата түһэриллиннэ. Бу дьиэ эһиил үлэҕэ киирдэҕинэ, манна Күлүмнүүр олоҕун кэпсиир музей миэстэтин булуо. Аны улуус киинигэр, Бороҕоҥҥо, Култуура киинин тутуллуута Күлүмнүүр үбүлүөйдэх дьаһалларын чэрчитинэн барыа уонна саҥа объект Василий Никифоров аатын сүгүө.

Василий Никифоров Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытыгар уһулуччулаах өҥөтүн учуоттаан туран, 1905-1919 сылларга саха интеллигенциятын түс-бас киһитигэр, Саха уобалаһыгар земскэй хамсааһын киириитин төрүттээбит уонна дьиҥ олоххо киллэрбит, бэрэстэбиитэллээх уорган баар буолуутун туруорсубут, Саха сиригэр демократическайдык аан бастаан талыллыбыт салайааччыга, пааматынньык Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьиэтин иннигэр туруоруохха диэн этиини Александр Жирков В.В.Никифоров төрөөбүтэ 150 сылын үбүлүөйүн тэрийэн ыытар кэмитиэт көрүүтүгэр киллэрбитэ.

Галина Данчикова салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэт Күлүмнүүр скульптурнай комплексын Ил Түмэн дьиэтин иннигэр туруорар туһунан А.Н.Жирков этиитин өйөөтө. Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, Архитектура, тутуу комплексын министиэристибэтин кытары комплекс туруохтаах сирин быһаарыыга этиилэри Дьокуускай куорат уокуругун иһинэн куорат тутуутугар сэбиэтин көрүүтүгэр киллэрэллэрэ сорудахтанна.

Уус-Алдан улууһун дьаһалтата Култуура, духуобунай сайдыытын министиэристибэтин кытары Күлүмнүүр комплексын инвестиционнай программа суотугар “2012-2017 сс. Саха сирин норуоттарын духуобунай-култуурунай сайдыыларын усулуобуйаларын тэрийии» госбырагыраамаҕа киллэртэриигэ үлэлэһэллэрэ ыйылынна. Итиэннэ пааматынньык эскиһын оҥорууга айар куонкурус ыыталлара былааннанна.

Василий Никифоров-Күлүмнүүр олоҕун суола оччотооҕуга Саха сиригэр, дойдуга олус уустук, тосту уларыйыылаах – өрөбөлүүссүйэлэр буурҕалара ааҥнаабыт, үрүҥ уонна хара күүстэр хапсыһар кэмнэригэр ааспыта. Ол эрээри ханнык да түһүүлээх-тахсыылаах бириэмэҕэ кини үлэтэ барыта норуотун кэскилин, инникилээх буоларын, бэйэтин бэйэтэ сатаан салайына үөрэниэхтээҕэр анаммыта, ол да курдук норуотун муҥура суох таптыыра, бэриниилээҕэ. Сүдү киһи тапталыгар норуот уонна былаас хардарар кэмэ кэллэ.


Ил Түмэн пресс-сулууспата
 
Category: Саха | Views: 2173 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 31
Ыалдьыттар (гостей): 31
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024