Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Балаҕан ыйа » 10 » Ааспыт Ил Дархан быыбарыттан санаа
Ааспыт Ил Дархан быыбарыттан санаа
16:47
Хоруупсуйаны уодьуганныахха

Быйыл күһүн нэһилиэктэргэ ыытыллаары турар быыбардар эстэн иэдэйэн олорор саха норуотугар, хоту, бүлүү бөлөх, илин эҥэр улуустар нэһилиэктэрин инники дьылҕатын быһаарыыга ураты суолталаах.
Биһиги олохпутугар, ордук саха сиригэр Жириновскай этэр хоруупсуйата олус күүскэ сайдан күннээн, күөнэхтээн турар. Ону уҕарытарга тугу гыныахха! Куруук суруйаллар Ил Түмэн 70 депудатыттан 51-рэ Единнэй Россия политическай партия чилиэттэрэ. Ил Түмэҥҥэ сокуоннары оҥорууга, бюджеты тыырыыга куоластааһын билигин фракцияларынан мунньахтаан баран ол түмүгүнэн фракциялар куоластыыр сокуоннара Арассыыйаҕа бары партияларга оноьуллубута.
Онон элбэх депутааттаах партия атыттары хам баттаан баһылык туох, дииринэн ханнык баҕарар боппуруоска сокуону оҥорууга, бюджеты тыырыыга хонтуруола суох боростуойуттан эттэххэ бас-баттах, тиэр-маар дьаһайара, уорара, атыылыыра, оннооҕор ылыннаҕына элбэх ойохтоноругар тиийэ ханнык да материальнай да, моральнай даҕаны хонтуруола суох буолла. Ол иһин Арассыыйа алларааттан үөһээҥҥэ диэри сытыйда, диэччилэр этиилэрэ олохтоох курдук.

Судаарыстыба бары аппараата, бэл диэтэр силовой структуралара борокуруоругар, полициятыгар, суутугар тиийэ соҕотох баһылык бас билиитэ буолла. Ону ааспыт Ил Дархан быыбарыгар сууттаһыылартан өйдөөтүбүт, көрдүбүт. Бу быыбарга Ил Дархан тыа сиригэр түһэн хаалбыт аптарытыатын өрө тарда сатаан өлөрүнэн мөхсүөхтээх. Тугу, тугу эрэннэр эмиэ быыбар иннинэ бензин сыантатын түһэрэн баран быыбар кэниттэн тута үрдэппитин курдук тугу эрэ эрэннэриэ, эмиэ кураанах лиискэ илии баттаабыппыт, диэхтэригэр дылы ханна да куотар кыаҕа суох мунан сөп буолан олорор тыа дьоно эрэйдээхтэри муҥур уһугар дуоһунаһынан туһанан куттуо, ыгыа түүрүө турдаҕа.

Ил Дархаммыт президент эрдэҕинэ вице президенэ Д.Глушко Ил Түмэҥҥэ 51 депутааттаммыт Едиинэй Россияны салайара. Д.Глушко олоххо, үлэҕэ уоппута суох эдэр киһи. Кини президент этиитин биир биэс тыла суох толоро олорбута. Көстөрүн курдук сытыйыы мантан саҕаланна. Ол иһин баһылык туох диэбитэ сыыһа буоллун, таба буоллун олоххо киирэр. Киһи конституционнай бырааба бэл тутуһуллубат буолла. Ил Дархан быыбарыгар конституция ыстатыйаларын, быыбар туһунан РФ ФС бардыҕаччы кэһэн туран админстративнай ресурса күүһүнэн дьону куттаан, албыннаан, атыылаһан, балыйан быыбары ыытан дьону соһуппуттара, кэлэппиттэрэ.

51 депутаттаах Эдиинэй Арассыыйа үөскээн Ил Түмэн Ил Дарханы хонтуруоллуур, үбү дьаһайар, сокуону ылынар уо.д.а. тутаах эбээһинэстэрин сүтэрэн, олоччу Ил Дархаҥҥа былдьатта. Онон Ил Түмэммит олоххо быһаччы дьайар күүһэ улаханнык мөлтөөтө. Ол оннугар ким да, туох да умуруорбат иэдээннээх хоруупсуйа уота биһиэхэ умайда. Боростуойуттан эттэххэ билигин бюджет харчытын, республика баайыттан оҥоһуллубут араас фондалар үптэрин көрдөрөн туран көҥүл уорарар, талбыт киһитигэр бэлэхтиир, атыылыыр кыахтаах былаас ситимэ оҥоһулунна.

Былаас кэлии дьону ким да буоллун элбэтэр кинилэри үлэнэн хааччыйар. Кэлии киһи былааска наһаа үчүгэй. Бастакынан кэлии киһи олохтоох балаһыанньаны билбэт, былаас эппит киһитигэр куоластыыр. Киниэхэ куоластыыр быраабы биэрэр пропискалаах, гражданстволаах буолуон эрэ наада. Ол иһин: “Дьокуускайга мээрийэ биир кыра хаарбах дьиэҕэ 600-1000 киһини сокуоннайа суох пропискалыы олорор”,--диэн батсаапка иһитиннэрии күүлэйдиир. Бу кырдьык да буолуон сөп. Биллэн турар манныктарга манньа ылбыт полиция хараҕын быһа симэн кэбиһиэ.

Көрөргут курдук былаас онно эрэ наадыйбат. Кэлии киһи былаас эппит киһитигэр куоластыыр, былааска төһөнү баҕарарынан бэрик биэрэр уо.д.а., былаас бары хаппырыыһын толорор.

Бу баһылыкка наһаа үчүгэй. Төрүт олохтоохтор кэлиилэри үлэ миэстэтин былдьыыллар, байдылар, дьиэ уот тутуннулар, диэн тыынар да, айдаарар да кыаҕа суох. Түмүгэр Ил Дархаммыт кэлиилэри кытары сыралаһан үлэлээн тыа сиригэр үлэ-хамнас тэриллибэт, умнулунна. Куолас ылаары быыбаран быыбарга ыгаллар-түүрэллэр онон бүтэр. СР төрүт олохтоох тыа киһитин төһө баҕарар атаҕастыыр, түүрэйдиир, үөҕэр, көҥүл балыйар. Баһылыкка эргиччи өттүнэн наһаа үчүгэй.

Дьэ, ол да иһин кэлии тренердэр сүөлүргээн суруйар тутууга ТЭО сыанатын икки бүк баһыйар гына үбүлэнэр. Аһара үрдүк сыаналаах спортивнай комплекстар. Аһара улахан сыаналаах кэлии ынахтарга хотоннор, пиибэ собуота, тыа хаһаайыстыбатыгар дириҥ иэскэ олорор банкрот Туймаадалар уо.д.а. Тыа киһитэ билигин муҥурданан, эстэн, иэдэйэн олорор. Онтон былааһы ким да хонтуруоллуур, норуот санаатын былааска тиэрдэр, толотторор кыаҕа суох. Быыбардарга былаас талбытынан айбардыыр. Көҥүл айбардыы, талбытынан дьаһайа олороллор даҕаны.

Быйыл күһүн улуустарга нэһилиэктэргэ олохтоох муниципальнай тэриллиилэргэ быыбардар ыытыллаары тураллар. Бу быыбарга ким баһылык, депутат буолара билигин хайы-үйэ быһаарылынна. Кимнээх кандидат буолбуттара регистрацияланан испииһэк оҥоһуллунна. Тугу да өйдөөбөккө олорор оттуу-мастыы сылдьар солото суох нэһилиэнньэ үгэһинэн олорон биэрдэ. Үгэс быһыытынан хотторуулаах тыа киһитэ буолуо. Ол кэмҥэ Единэй Россия 1000 эрэллээх бэйэтин дьонун тыа сиригэр бу быыбарга кытыннарыа. Справедливай Россия 300 киһини, ЛДПР 29, аһардыбыт сураҕа иһиллэр. Онтон атын Ил Дархан быыбарыгар спойлер партиялар КПРФ-ар баара суоҕа 59 кандидаты туруорбуттар, Ил Дархан ба5атын толорон Аграрнай партия собус-соруйан, ылы-чып олорон биэрдэ.
Онтон атын партиялар олох быгыахтаабатылар?
Тыа сирин интэриэһин көмүскүөхтээх, туруорсуохтаах СР ЯРО аграрнай политическай партия тоҕо хаптайан биэрдэ? Муҥ саатар харах баайан биир эмэ депутаты нэһилиэктэргэ туруорбата?

Маны тыа сирин салгыы дьиҥнээхтик эһии, күөмчүлээһин, атаҕастааһын, сэнээһин салҕанар. Салгыы буолуохтаах 2016 сыллааҕы Судаарыстыбаннай дуума быыбарыгар хартыына эмиэ итинник буолуо. Тыа сирин кыһалҕата, тыа сирин сайыннарыы боппуруостара былааһынан күөмчүлэннэ. Айдаарымаҥ, эһиги баҕас ол-бу буолуоххут сойуолаһыахпыт,ыгыахпыт, куттуохпут. Хайдах курдук күүстээхпитин бааһынайдар Ил Дарханы утарбыттарыгар көрдөрбүппүт, диэн эрдэхтэрэ.

Бюджет үлэһиттэрэ быыбарга кырата 35 бырыһыан буолаллар. Бу олоччута кытаанах хонтуруолга сылдьар, админстративнай ресурса эрэллээх саллаттара. Салайааччылар, учууталлар, быраастар, култуура, суут уоргаттарын үлэһиттэрэ. Бука бары Эдиинэй Арассыыйа паартыйанан салаллар дьон. Ил Дархан тыа сирин кэрийтэлээн бэйэтин быһаччы өйүүр дьонун кытары көрсүтэлээн араас сурах-садьык ыытан эрэр. Бу сырыы олоччута кэлтэйдии Эдиинэй Арассыыйа партия туһатыгар. Ил Дархан өттүттэн былааһын бөҕөргөтөр ытаһатын оҥосто сатыыр.

Тыа сирин дьоно эрэйдээхтэр СР ЯРО аграрнай партиялара бу саас хам баттанан бу күһүн буолуохтаах быыбарга депутаттарга, баһылыктарга кандидат туруоруммакка тыаһа-ууһа суох олорон биэрдилэр. Хайдах курдук Ил Дархаммыт тус бэйэтин туһугар норуотун тэйитэр, норуотун күннээҕи кыһалҕатын истибэт туһугар кыһаммытый? Эбиитин итини “өтө көрөн” утарбыт дьону уонна суруксуттары күн бүгүнүгэр диэри эккирэтиһэ, куттуу, ыга-түүрэ, холуннарыылаах суруктары суруйтара олороллор.

Чахчы илэ көһүннэ Ил Дархаммыт олус ыарахан дьылҕаламмыт тыа сирин дьонун кытары, кинилэр кыһалҕаларын дириҥник үөрэтэн билсиһиэн, дьарыктаныан баҕарбата. Ол иһин тыа сирин интэриэһин көрөр, үлэтин, олоҕун тэрийэр аналлаах СР ЯРО аграрнай политическай партияны нэһилиэк, улуус таһымыгар тахсалларын собус-соруйан, анаан-минээн ыста.

Тыа дьоно аны күһүн быыбар кэнниттэн үгэстэринэн ытыстарын соттоллорун туһунан санаан көрбөккө Ил Дарханнарын көрсөн үөрүү-көтүү үлүскэнэ буолуохтара. Хоруупсуйа эриэн-үөнэ салгыы өссө күүскэ сайдар угаайылаах сохсотугар көрөн туран тыа киһитэ барахсан киирэн биэрэр айатын кылыыта ити аата тардылынна.

Ол айаны иитэн Е.А.Борисов бу сааһы быһа кириэмилинэн көмөлөһүннэрэн РФ АПК аграрнай партия хотунун Башмащикованы хам баттатан, манна админстративнай ресурса чиновниктарын туруоран сүүрэн-көтөн тыа сирин дьонун интэриэһин көмүскүөхтээх СР ЯРО аграрнай политическай партияны анаан-минээн сыралаһан туран былдьаабыта уонна партия сокуонун устаабын кэһэн туран, бэйэтин киһитин, А.Г.Васильев диэн чиновнигы туруортарбыта. Көстөрүн курдук тыа дьоно бэл диэтэр төрөөбүт түөлбэтигэр кыһалҕаҕытын быһаччы анаан-минээн быһаарсар биир да анал дьокутаата, баһылыга суох хаалла. Нэһилиэктэргэ дьон быһан ылбыт аҥаара үлэтэ суох тыыннаах эрэ буолар туһугар умналаан аһыыр ыарахан балаһыанньатыгар саха норуота олорор. Ол учуоттаммата.

Онно Ил Дархаммыт хайдах сыһыаннааҕын көрдүгүт. Билигин кэлэн тыа сирин эһэн сахатын норуотун туһугар сэнээн кыһаммакка, улаханнык охсон, дьадатан баран кэлии омуктары кытары көрсүһэригэр автовогзалынан, ырыынактарынан ханна да барар кыаҕа суох буолбут, тыыннаах эрэ буолар туһугар синнэригэр түһэн умнаһыттыы сылдьар төрүт олохтоох омуктарын: “Понаехали”,-- диэбит курдук кэлии дьон иннигэр түһэрэ, сиилии сырыттаҕа.
Билигин эргиччи хоруупсуйаны иитэн таһаарбыт, былаас баартыйатын, Едиинэй Арассыыйаҕа куоластаары олорор тыа дьоно барахсан эмиэ уочараттаах сиэртибэ буолан салгыы өссө күүскэ эстэ-быста олорор балаһыанньаларын оҥосто олороллорун туһунан билигин да билбэккэ, өйдөөбөккө олороллор.

Бу күһүҥҥү быыбарга хоруупсуйа уйата буолбут, былаас паартыйатыгар, Единэй Арассыыйа партия кандидаттарыгар куоластааһын тыа сирин олохтоохторун олоҕун салгыы ыаратыы. Атын ханнык да партия хандьытаата ким да буоллун, олох да партията да суох буоллун биир эмэ киһини талан бука бары ол тула түмсэн куоластааҥ,--диэн ыһыытыах курдукпун. Ону эстэн быстан олорор хаан уруу-аймахтарым, дьонум барахсаттар эдиинэйдэр минньигэс, мүөттээх тылларыттан ордорон истэллэрэ, өйдүү охсоллоро дуу, суоҕа дуу? Учууталларбыт, быраастарбыт барахсаттар ити эстэн иэдэйэ сылдьар дьон үксэ оҕо-уруу тэнитэн кинилэргэ үлэ миэстэтин таһаарар кыахтара суоҕун саатар саныыллара дуу, суоҕа дуу.

Бука сэрэйдэххэ үгэһинэн итини маны оҥоруом, диэн Ил Дархаммыт эттэ-тыынна да көнө, судургу, итэҕэйимтиэ тыа дьоно барахсаттар этиһэ, этиһэ Эдиинэй Арассыыйаҕа куоластаан айа кылын таарыйан дириҥ эстии-быстыы сохсотугар хам баттатыа буоллаҕа. Былаас бөҕөргүүрүгэр, хоруупсуйа өссө күүскэ сайдарыгар Единэй Россия партияҕа норуот куолаһа чахчы наада.

Хоруупсуйаны хайдах мөлтөтөбүт?

Дьиҥэр дьон тус бэйэтин быһаарыытынан быыбардаатын, санаатын эттин, бэйэтин идеяларын, толкуйдарын олоххо киллэрдин, дьон РФ уонна СР конституциятынан бигэргэммит бэйэтин быраабын таба туһаннын, былааһы хонтуруоллаатын, диэн элбэх партиялаах систиэмэ Арассыыйаҕа айыллыбыта. Холобура биһиэхэ Едиинэй Арассыыйа 30, Справедливай Арассыыйа 30, атын партияларга 40 бырыьыаны Ил Түмэҥҥэ ылара буоллар араас партиялартан былааска хонтуруол үөскээн хоруупсуйа суох буолуо этэ. Дьиҥнээх үлэлиир сокуоннар оҥоһуллуо этилэр.

Бюджет да тыырыллыытыгар элбэх норуодунай депутаттар чэгиэн доруобай кэпсэтиилэри, ырытыылары ыытаннар чахчы туһалаахтык үбү-харчыны тыырыа, Ил Дарханы хонтуруоллуо этилэр. Чиновниктарга дьиҥнээх хонтуруол үөскээн норуот кыһалҕатын быһаарыыга үлэни ыытыа этилэр. Оччоҕо дьон норуот иннигэр правительство да аптарытыата үрдүө этэ. Оттон биһиэхэ собус-соҕотох Егор Афанасьевич этиитэ, ыйааҕа ханна да хамсаабат сокуон буолла. Онтон соҕотох киһи толкуйунан олохпут тупсар дуо?

Биллэн туран хоруупсуйаны утарар дьон Эдиинэй Арассыыйа партия ханнык да албыныгар киириммэккэ, илимигэр иҥнибэккэ утары куоластаатаҕына хоруупсуйаны мөлтөтүө. Ытык-мааны куруук солото суох үлэһит тыам сирин дьоно толкуйдааҥ. Буолаары турар күһүҥҥү быыбарга ким диэки куоластыыгыт? Хоруупсуйаны өссө күүскэ сайыннаран тус бэйэтин олоҕун мөлтөтүөн баҕалаах Эдиинэй Арассыыйаҕа куоластыа. Оттон хоруупсуйаны мөлтөтүөн баҕалаахтар Эдиинэйи утаран ханнык баҕарар бэйэтэ талбыт партиятыгар, эбэтэр партията суох дьоҥҥо куоластыахтара.

Арамаан Дьөгүөрэп.
 
Ааспыт Ил Дархан быыбарыттан санаа

Ааспыт ил дархан быыбара инники олохпут сайдыытыгар элбэх өйдөбүллэри биһиэхэ хаалларда. Ордук чаҕылхай өйдөбүллэри Нам уола ил дархаҥҥа кандидат Э.Б.Березкин норуоту кытары көрсүһүүлэригэр дьонугар-сэргэтигэр эппит тылларыгар баар. Общественнай тэрээһиннэргэ эппит этиититтэн тугу өйдөөн хаалбыппынан бары общественнай тэрилтэлэри, партиялары олоччу Е.А.Борисов тус бэйэтин хонтуруолугар ылбытын туһунан “Туймаада” хаһыакка сырдата сатаатым. Кини едиинэй Россия партияны өрө тутан чиновниктар партиялара оҥорбутун уонна едиинэйдэртэн Ил Түмэҥҥэ 70 депутаттан 51-ин туруоран хоруупсуйа уйатын тэрийбитин туһунан суруйбутум. Онон Ил Түмэн ил дарханы хонтуруоллуур кыаҕын сүтэрэн, сокуону оҥорор, бюджеты таҥар күүстэрин ил дархаҥҥа былдьатан олорорун туһунан суруйдум. Алҕас сыыһа суруйуом, диэн сэрэхэчийэн ити суруйууларбар Эрнст Борисович аатын ааттыыртан туттуммутум.

Билигин республика 23 улуустарыгар нэһилиэк таһымынан баһылыктары уонна нэһилиэк депутаттарын талыы быыбара бу өрөбүлгэ буолар. Быыбарга кыттыыны ылар араҥа олоччу единэй Россия партияҕа киирдэ. Ол бюджеттан хамнастанар салайааччылар, интеллигенция араас араҥата. Кинилэр уопсай быыбардааччы 35 бырыһыанын ылаллар. СМИ-га сыалай биир миллиарды бюджеттан уган баран аҥаардас Е.А.Борисовы пиардаан барыта ханан да сыыһата-алҕаһа суох наһаа үчүгэй, диэн норуоту зомбируйдуу олороллор. Бу отут биэс бырыһыан уопсай быыбардааччыттан аҥаара быыбарга кытынна да 60-80 бырыһыаны быыбарга ылан кыайар. Дьон итини өйдөөн билигин единэй Россия партияны саамай сөпкө утарар.

Ол эрээри дэриэбинэлэргэ 30 бырыһыан бюджет үлэһиттэрэ буоллаҕына үлүннэрэн эттэххэ уон бырыһыана предприниматель буоллаҕына нэһилиэнньэ 50-60 бырыһыана тыа хаһаайыстыбата эстибитин суотугар үлэтэ суох ускул-тэскил сылдьар. Ол иһин нэһилиэктэргэ дьон мустар сиригэр маҕаһыынар тастарыгар ханна даҕаны ытыс тоһуйааччы үксээтэ. Дьокуускай автовогзала, ырыынактар маннык дьонунан туолла. Бу дьон быыбарга кыттыбаттар. Үгүстэрэ докуменнара да суох. Ааспыт суруйууларбар итини быһаарбытым. Оччотугар единэй Россия син биир кыайар балаһыанньата үөскүүр.

Экономическай наука доктора Е.А.Борисовы өйдөөбөтө буолуо, дииргэ сүөргү. Кини едиинэй Россия төһөнөн күүһүрэр да соччонон былааска хаалар, хоруупсуйаны тус бэйэтин туһатыгар көҥүл ыытар кыахтанар. Ол инниттэн собус-соруйан саха сирин төрүт олохтоохторун сахалары уонна эбээннэри, эбэҥкилэри, олохтоох нууччалары эһэр хайысханан бюджетын оҥордо. Эрнст Борисович бу бюджет оҥоһуута сыыһатын быһааран элбэхтэ эппитэ тыыммыта. Дьон ону тута ылынан өйдөөн, өйөөн испитэ.

Төһө да Е.А.Борисов дуоһунаһынан туһанан быыбар туһунан РФ ФС кэһэн туран балыйдар ол түмүгэр Эрнст Борисович син биир 30 бырыһыаны ылбыта. Ол аата бу Эрнст Борисович Березкин программатын дьон иһигэр киирэн өйдөөбүт.
Егор Афанасьевич хоруупсуйатын өссө кыыл ыытар сыалтан бэйэтигэр бэриниилээх дьону эбэтэр экономическай күрүчүөккэ ылбыт дьонун бюджет тула түмтэ. Бу СР төрүт олохтоохторун инники дьылҕатыгар кыһаммат күннээҕи бюджекка кыһалҕата суох иитиллиэн баҕалаах кини эрэллээх саллааттара. Ол иһин республикабыт салайар аппараата хаһааҥҥытааҕар да үлүннэ, үксээтэ. Бюджет норуокка үлэни-хамнаһы тэрийэн дьон олоҕун тупсарыыга буолбакка судаарыстыбаннай чыыннары далбардыырга ананна.

Бу туһунан олус чуолкайдык Эрнст Борисович экономист хараҕынан быһаарбыта. Республикабытыгар туһата суох министерстволар, департаменнар үксээтилэр. СР Правительствота Дьокуускайга биэс алта баараҕай улахан таас дьиэҕэ үлэлиир буолла. ССРС саҕана обкуом диэн биир үс этээстээх кыра таас дьиэҕэ холкутук батара. Аны бу правительство автопарката аһара үрдүк сыаналаах массыыналарынан толору. Бу массыыналар көрүллүүлэрэ истиллиилэрэ бюджеттан балачча үбү ылар. Аһара элбэх, олус ыарахан сыаналаах мааны массыыналар сүрүн аналлара, үлэлиир үлэлэрэ чиновниктар дьиэ кэргэттэрин биэбэйдээһиҥҥэ ананар. Ил дархан Егор Афансевичка үлэлиир хайдахтаах курдук үчүгэйий? Үрдүк хамнастаах, иккис хос пенсияннан хааччыллар сылаас сымнаҕас олбох ол иһин сыл аайы үллэ эбиллэ турар.
Ол аайы тыа сиригэр олорор боростуой норуот олоҕо айгырыыр.

Сотору ил дархан кыһыл кинигэтигэр киллэриллибит аата ахсаана суох элбэх салайааччыларбыт единэй Россия эрэллээх саллааттара салайар киһитэ суох буолар кутталланнылар. Дэриэбинэҕэ единэй Россияҕа эрэллээхтик куоластыы олорор учууталлар үөрэтэр оҕолоро суох буолсулар. Врачтар эмтиир киһитэ суох хаалыыһылар. Детсаат үлэһиттэрэ көрөр оҕото суох хаалар туруктаахтар. Бу баар экономическай наука доктора Егор Афанасьевич Борисов төрүт олохтоох омуктары суох оҥорор, имири эһэр экономическай политикатын инники кэскилин дьиҥнээх сирэйэ.

Аны манна сөп буолбакка ил дархан правительствота Газохимическай собуоту тутабын, диэн саайда. Өссө инфраструктуратын норуотугар быһаарбакка, эппэккэ эрэ Мэҥэ Хаҥаласка тутан хайы-үйэ бүтэрбит эбит. Ону газохимия сүлүһүннээх дьаата сутуйар куттала үөскээбитигэр дьон биирдэ өйдөөн көрөн соһуйда. Хата ол газохимическай собуот бакаа РФ правительствотыгар өйөбүл ылбакка турар, диэн буолла. Сири уоту аннынан бу собуот тутуута технико-экономическай документациялара оҥоһуллан Россия туһааннаах уорганнарыттан көҥүл ылаары араас инстанцияларынан үлэни ыыта сылдьар да буоллахтарына соһуйумаары олоробун.

Араас химическай собуоттарынан үлүһүйэрин оннугар ил дархаммыт Дьокуускай куорат канализациятыгар тохтор уу өрүскэ түһэрин тохтотор ыраастыыр тутууну ыытарынан дьарыктаммыта буоллар Элиэнэ өрүһү киртитиини тохтотон куорат олохтоохторугар араас ыарыы дэлэйэрин бопсууга кэскиллээх дьыала буолуо этэ.

М.Е.Николаевтыы эттээхэ: ”Тапталлаах бар дьонум Дьокуускай куоракка туттуллубут канализация уутун ыраастыыр соругу туруорсууга сорунан туран күүстээх туруорсууну ыытаргытыгар ыҥырабын!”, --диэн саха сайдарын туһугар таас дьүлэй буолбут ил дархаммыт истэрин курдук дорҕоонноох соҕустук хаһыытыахпын санаталыыбын.

Тыа сирин экономикатын бөҕөргөтүүгэ, сайыннарыыга сөптөөх үп биһиги бюджеппытыгар дьиҥэр баар. В.А.Штыров бюджет 15 бырыһыанын тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар биэриэххэ, диэн үөрдэ-көтүтэ сылдьыбыт кэмнээх этэ. Ол этии саамай муҥутаан тоҕус эрэ бырыһыаҥҥа тиийэ сырытта. Оттон сурах хоту иһиттэххэ ССРС саҕана дэлэй бюджеттаах модун сэбиэскэй сойуус бюджетын 20 бырыһыанын тыа хаһаайыстыбатыгар биэрэрэ. Ол билиҥҥи биһиги республикабыт бюджетынааҕар быдан элбэх суумма буолар эбит.

Онтон тыа сиригэр саха киһитэ эстэрин туһугар анаан-минээн сорунулаахтык охсуһар Егор Афанасьевич Борисов тыа хаһаайыстыбатыгар сэттэ аҥаар миллиарды көрөр. Бу балтараа суус миллиард бюджекка төһө бырыһыана буоларый? Ону даҕаны Чурапчыттан Иван Пономарев кириитикэлиир табаар оҥорооччуга көмөлтө буолуохтаах оператор тэрилтэлэргэ араас аналлаах Туймаадарга бу харчытын ыытар. Оттон ил дархаммытыгар дьиҥнээх табаар оҥорооччуга муҥ саатар үүт, эт себостоимоһынан субсидиялыах, хотон тутуутугар, ыарахан сыаналаах трактордары ылыыга ороскуотун сабыах, диэтэххэ ил дархаммыт эһэлии хаһыытыыр.

Дьиҥэр табаар оҥорооччуну өйөөтөххө кини кыахтаах базалаах, оҕолорун иитэригэр куоратынан тыанан дьиэлээх-уоттаах буоллаҕына оператор тэрилтэлэри бюджеттан өйөбүлэ да суох ырыынак бэйэтэ иитэн таһаарыахтааҕа. Ол кыалларын туһунан эмиэ Нам уола Ил Түмэн депутата Николай Румянцев бюджеттан өйөбүлэ суох УАЗ массыыналары тыа сиригэр атыылаан дакаастаата. Ити сыыһын экономическай наука доктора ааттаах киһи Е.А.Борисов билбэтэ, өйдөөбөтө буолуо, диир сүрэ бэрт буолуо. Ол иһин кинини төрүт олохтоох дьону саханы, эбээни,эбэҥкини, юкагиры, олхтоох нууччалары анаан-минээн эһэргэ соруктаммыт киһи, диэтим. Ол да иһин кэлии омуктар кэскиллэрин туһугар сүүрэрэр-көтөр, кыһаллар идэлэннэ.

Билигин промышленноһы сайыннаран саха сирин сайыннарабын диир. Маны кинитэ да суох Россия бэйэтэ дьарыктанар, дьаһайар. Бу промышленность сайдыытыттан төрүт олохтоох дьон биир да солкуобайы туһамматтар. Кэлии дьон вахтовай системанан үлэлээн баран дойдулууллар. Биһиэхэ анаан сүлүһүннээх дьааттаах уу, буорту буолбут салгын эрэ хаалар. Арай промышленностка соҕотох саханы өйүүр генеральнай директоры үлэтиттэн үүрдэрэн сахалары кылгас ыстаанныыр иһин кириэмил кабинеттарын кэрийэн сүрдээҕин кыһаллара иһиллэр.

Бу сурук суруллубут сыала-соруга: маны тыа дьоно ааҕан нэһилиэктэргэ ыытылла турар баһылыктар уонна депутаттар быыбардарыгар  үчүгэйдик толкуйдуулларын наадатыгар суруйдум. Тыа сирин дьоно маны учуоттаан, толкуйдаан олохтоох быыбарга активнайдык кыттаргытыгар ыҥырабын.

Арамаан Дьөгүөрэп.
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1498 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 92
Ыалдьыттар (гостей): 92
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024