Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Алтынньы » 12 » Ил Түмэн уонна Нижнэй Новгород уобалаһын парламена сөбүлэһии түһэрсиэхтэрэ
Ил Түмэн уонна Нижнэй Новгород уобалаһын парламена сөбүлэһии түһэрсиэхтэрэ
12:23
Госдумаҕа хоту таһаҕаһы тиэрдиини хааччыйар сокуон барыла көрүллүө

Ил Түмэн бэһис ыҥырыытын үлэтин биир сүрүн хайысхатынан РФ Федеральнай Мунньаҕар сокуон барылларын көҕүлээһин буолар. Саха сирин парламена икки сыл устата Госдума көрүүтүгэр барыта 16 федеральнай сокуон барылын оҥорон киллэрдэ. Ол онно доруобуйа харыстабылын, айылҕа баайын туһаныы, сир сыһыаннаһыытын, бюджет, нолуок, үп, админстративнай быраап, тыа хаһаайыстыбатын, предпринимательство, парламент хонтуруолун, суут тиһигин эйгэлэрэ хабылыннылар.
Олортон үс көҕүлээһин номнуо федеральнай сокуон быһыытынан бигэргэнэн, күүһүгэр киирдэ. “Россия Федерациятын аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын бырааптарын мэктиэлээһин туһунан” федеральнай сокуон 7 ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» федеральнай сокуон өрөспүүбүлүкэ парламенын сокуону оҥорор практикатыгар аан бастаан Ил Түмэн бэһис ыҥырыытын уонна Федерация Сэбиэтин сенатордарын, Госдума депутаттарын бөлөҕүн холбоһуктаах көҕүлээһиннэрин быһыытынан ылыллан турар.
Федеральнай таһымҥа сокуону оҥоруу үлэтэ утумнаахтык салҕанан барар. Кэлэр нэдиэлэҕэ, алтынньы 14 күнүгэр, Госдума уочараттаах пленарнай мунньаҕар Ил Түмэн оҥорон киллэрбит өссө биир сокуонун барылын көрүөхтэрэ. Саха сирин парламена “РФ Бюджетын кодексын 93.2 ыстатыйатыгар уларытыыны киллэрэр туһунан“ федеральнай сокуон барылын бэлэмнээтэ. Ол курдук, Уһук Хотугу уонна онно тэҥнэммит сирдэргэ хааччахтаммыт болдьоххо таһаҕаһы тиэрдиигэ РФ субъектарын бюджеттарын үптэрин суотугар юридическэй сирэйдэргэ бюджет кредитин биэрэр туһунан этиллэр.
Хоту уонна онно тэҥнэммит улуустарга бурдугунан хааччыйыы -- тыын суолталаах боппуруос. Килиэби астааһыҥҥа туттуллар бурдук бэрт кылгас болдьохтоох навигация кэмигэр эрэ тиэрдиллэр. Маныаха бурдугу атыылаһан миэстэтигэр тиксэриинэн уонна батарыынан дьарыктанар тэрилтэлэр бэйэлэрэ бас билэр үптэрэ кырыымчыгынан хайдах да сыл устата тиийэр кээмэйдээх бурдугу аҕалаллара кыаллыбат. Оттон бааннар бытааннык эргийэр табаары тиэйиигэ анаан биэрэр кредиттэригэр солуок ирдииллэрин тэрилтэлэр кыайан уйумматтар, солуокка биэрэр баайдара-дуоллара суох. Онон кредити биэриигэ государство өттүттэн мэктиэлээһин баар буолуута сокуонунан хааччылыннаҕына эрэ, бу кыһалҕа быһаарыллар кыахтаах.
Маныаха билиҥҥи баар сокуон бурдук курдук социальнай тыын суолталаах бородууктаны атыылаһыыга уонна тиэрдиигэ юридическай сирэйдэргэ бюджеттан кредит биэриини көрбөт. Ол иһин Ил Түмэн Бюджет кодексын 93.2 ыстатыйатыгар РФ субъегын бюджетын суотугар кредит биэрии сокуонунан мэктиэлэниэхтээҕин туруорсар.
Бу сокуон барыла Госдума Сэбиэтин мунньаҕар иккитэ көрүллүбүтэ. Эппиэтинэһи Госдума бюджекка, нолуокка кэмитиэтэ сүгэр, кыттыгас толорооччунан Регион политикатыгар уонна Хоту сир, Уһук Илин проблемаларын кэмитиэтэ буолар. Сокуон барылын РФ Правительствота өйөөбөккө, боппуруос көрүллүүтэ тардыллыбыта.
Маныаха Госдумаҕа уонна Федерация Сэбиэтигэр сокуон барылларын көҕүлээһини өрөспүүбүлүкэ парламена ураты хонтуруолга тутар. Ол курдук, туһааннаах боппуруостары хамсатыыга үлэ тиһигин быспакка барара, Госдумаҕа оробуочай көрсүһүүлэри ыытыы, үөскээбит балаһыанньаҕа мониторины ыытыы ирдэниллэр. Бюджет кодексыгар уларытыылары киллэрэр сокуон барылыгар Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков Госдумаҕа уонна Федерация сэбиэтигэр хаста да бара сылдьан, сис кэмитиэттэри, ,,Биир ньыгыл Россия,, партия фракциятын кытары үлэлэстэ, көрсүһүүлэри ыытта. Ол түмүгэр сокуон барыла алтынньы 14 күнүгэр көрүллэрэ ситиһилиннэ. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин дьаһалынан Госдума пленарнай мунньаҕар народнай депутат Василий Власов кыттан, тыл этэр буолла.
Маны сэргэ Москваҕа алтынньы 21 күнүгэр Федерация Сэбиэтигэр 2012 сыл ахсынньы 19 күнүгэр ылыллыбыт “Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экономическай сайдыытын государственнай өйөбүлүн туһунан” Федерация Сэбиэтин 399 №-дээх уурааҕынан бэриллибит сорудахтар туолууларын дьүүллэһэр мунньах буолуо. Бу докумуоҥҥа Федерация Сэбиэтин кэмитиэттэригэр уонна РФ Правительствотыгар, Государственнай Думаҕа, итиэннэ РФ Сокуону оҥорооччуларын сэбиэтин Президиумугар чопчу этиилэр оҥоһуллубуттара. Өрөспүүбүлүкэ парламеныгар бу мунньахха бэлэмнэнии үлэтэ барар.


Ил Түмэн пресс-сулууспата.
Ил Түмэн уонна Нижнэй Новгород уобалаһын парламена сөбүлэһии түһэрсиэхтэрэ

Алтынньы 15 күнүгэр Москваҕа Госдумаҕа РФ Федеральнай Мунньаҕын иһинэн Сокуону оҥорооччулар сэбиэттэрин мунньаҕа буолуо. Бу мунньах чэрчитинэн Саха сирин уонна Нижнэй Новгород парламеннара бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэһии түһэрсиэхтэрэ. Спикердэр Александр Жирков уонна Евгений Лебедев докумуоҥҥа илии баттыахтара.

РФ Федеральнай Мунньаҕын палаталарын иһинэн Россия сокуону оҥорооччуларын сэбиэтэ 2012 сыл ыам ыйыгар тэриллиэҕиттэн сүбэлиир уорган быһыытынан субъектар парламеннарын хардарыта дьайсыыларыгар өйөбүл буолар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай Мунньаҕа (Ил Түмэн) атын регионнар былаастарын бэрэстэбиитэллээх уорганнарын кытары алтыһыыга утумнаахтык үлэлиир. Ол курдук, Татарстан, Башкортостан, Алтай Өрөспүүбүлүкэлэрин, Москва, Санкт-Петербург, Белгород уобалаһын уо.д.а регионнар парламеннарын кытары дьыалабыай сибээһи олохтообута.

Билигин аны Нижнэй Новгород уобалаһын кытары ситимнээх үлэ барыа. Нижнэй Новгород Россия Приволжскай федеральнай уокуругун биир бөдөҥ субъега буолар. ЮНЕСКО билиниитинэн, Нижнэй Новгород култууратын сыаннаһынан аан дойду 100 куоратын ахсааныгар киирсэр. Региоҥҥа транспорт көрүҥнэрин – массыынаны, суудунаны, самолету, станоктары оҥоруу, металлы, маһы таҥастааһын, химия, нефть промышленноһа, туорахтаах култуураны, хортуоппуйу үүннэрии, көтөрү иитии, эти, үүтү астааһын сайдыбыт.

Саха сирин уонна Нижнэй Новгород уобалаһын парламеннара субъектар социальнай-экономическай сайдыыларыгар, государственнай былаас уонна олохтоох салайыныы уорганнарын икки ардыларыгар, нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолууларыгар, олохтоох табаары оҥорооччулары өйөөһүҥҥэ уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа бииргэ үлэлиэхтэрэ.
Икки өттүттэн депутаттар, кэмитиэттэр, хамыыһыйалар, аппарат үлэһиттэрэ сибээһи бөҕөргөтүөхтэрэ, уопсай интэриэһи көбүтэр сытыы боппуруостарга сүбэ-ама буолуохтара.

Сөбүлэһии быһыытынан парламеннар сокуон акталарын уонна барылларын оҥорууга уопут атастаһыахтара, методическай көмө оҥоруохтара.

Ити курдук, регионнарга парламентаризмы сайыннарыыга Саха сирин уонна Нижнэй Новгород сокуону оҥорооччулара холбоһуктаах күүстэрин ууруохтара.


Ил Түмэн пресс-сулууспата
 
Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 1157 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 39
Ыалдьыттар (гостей): 39
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024