Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Алтынньы » 22 » Сылгыһыттары ойуоҕүҥ !
Сылгыһыттары ойуоҕүҥ !
19:45
Сылгыһыттары ойуоҕүҥ !
21 октября 2015 г., 09:31 3699http://dnevniki.ykt.ru/E.Makarov/742043
2015 сыл, алтынньы 13 күнүгэр Дьокуускай куорат, Муус-Хайа рестораныгар, Саха сирин сылгыһыттарын общественнай Союзтарын салайааччыты Валерий Слепцов кө5үлээһининэн, бастакы республикатаа5ы сылгыһыттар уонна саха сылгытын сэҥээрээччилэр түмсүүлэрэ буолан ааста. Түмсүү төһө да ыксалынан, улахан рекламата суох барбытын үрдүнэн 100-кэ киһини хомуйда, үлэ күнэ диэн аахсыбакка, чугас сирдэртэн, Хоту дойдуттан тиийэ кэлитэлээтилэр. Ону таһынан, кыттыыны ыллылар Республика Тыатын Хаьаайыстыбатын Министиэристибэтин, Ил-Тумэн, РАН специалистара, культура, ХИФУ учуонайдара , худуоhунньуктар уонна да атыттар. 
Түмсүү сүрүн соругунан саҥа тыа хаһаайыстыбатын сокуонун ырытыы, сокуоҥҥа сылгы салаатын сайыннарар уларытыылары киллэрии, хайдах гынан Саха норуотун биир баар суох баайын, ыраас хааннаах Саха сылгытын сайыннарыы, сылгыһыт улэлиир усулуобуйатын, хамнаһын, статуһун урдэтии, эдэр ыччаты сылгыһыт үлэтигэр уһуйуу, саҥа тахсаары турар сир сокуонун ырытыы буолла. Аан дойдуга аатырдар ыһыахпыт туругун туһунан, сылгыттан тахсар бородууксуйаны оҥорон таһаарыы, батарыы уонна да атын олус элбэх боппуруостар көтөҕүлүннүлэр, кэпсэтилиннилэр.
 Ал5ыhы Афанасий Федоров онордо
 

 
 

 

Бэйэм төһө да сылгыһыт буолбатарбын, кэнники уонча сылга Саха сирин муннуктарынан, айаным быыһыгар, олус элбэх хаартыска, киинэ матырыйаалларын хомуйдум. Биир улахан үлэм, Саха сылгытыгар анаан фотоальбом оҥордум, ол кинигэм билигин Аан дойду үрдүнэн барытынан тар5анна. Ол кэнниттэн, Аан дойду муннуктарыттан араас сурук кэлэр, соһуйан, хайа бу маннык тымныы сиргэ сылгы иитэр эбиккит дуу диэн. Аляска вице-губернатора, бу хоту дойду сылгыта то5о Аляска5а кэлэрэ кыаллыбатый диир. Аны туран, сыраһан, 2 документальнай киинэ уһуллум. Табаарыспын оператор Юра Бережневтуун Саха сирин Хоту өттүн үксүн кэрийдибит. Кыһын 60 кыраадыс тымныыга, сайын 40 кыраадыс куйааска, маардары, үрэхтэри, хайалары унуордаан айаннаатыбыт. Олус элбэх сылгыһыты кытта алтыстыбыт, ардахха, хаарга, буур5а5а киирэн та5ыстыбыт. Элбэх сылгыһыт үүтээнигэр хонон, элбэх моһоллорго киирэн - тахсан диэн, бадарааҥҥа түһэн, хайаттан сууллан, элбэхтэ охтон, аттан тэбиллэн, соһуллан, ыстатан, хата барытын этэҥҥэ туораан, аһарынан кэллибит.
 

Оймокоон, киинэ устуута
 

Сарсыарда кун тахсыыта
 

Сылгысыт

Киинэ устар олус элбэх тэрээһини, сыаналаах устар сэби сэбиргэли, үбү-харчыны, сыраны эрэйэр дьыала. Тиһэ5эр тириэрдиэм эрэ диир буоллаххына ылсарыҥ ордук. Өссө кылаабынайа, үлэлиир киһиэхэ, бириэмэ олус күндү. Бастакы киинэбин Саха сирин биир чулуу режиссера Алексей Романов хомуйан онордо, аата " Дьөһөгөй суолунан" диэн. Бастакы сүрэхтэниитэ Канада5а, Торонто куоракка, Марина Десяткина көмөлөһөн буолбута, премьерата олус элбэх интэриэһи тардыбыта, иккитэ көстүбүтүгэр , зал толору дьон этэ. Канада5а олорор сахалар, араас омуктар, Канада5а билэр суруйааччыларым, кэлэн сэргээн барбыттара. Киинэ көрдөрөн араас сирдэргэ ыҥырыыга сылдьыбытым. Хас да ранчо5а, , кинофестивальларга, араас журналистар ыҥырыыларыгар сырыттым. Канада5а Россия Генеральнай Консула, араас омук консулларын ыныран, киинэбин көрбүттэрэ. Омуктар сылгыны олус сэҥээрэллэр, баай киһи барыта сылгылаах , аттаах буолуохтаах диэн санаалаахтар уонна кинилэргэ оннук суруллубатах быраабыла баар эбит. Бары сө5өн -махтайан, бастакы боппуоруос, хайдах маннык тымныыга сылгы тута5ыт диэн. Көрдөһөннөр Америка университетыгар көрдөрбуттэрэ. Олус элбэх сиргэ ынырбыттара да, солото суох буолан аккаастаммытым.
 

Австрия, Корея профессордара
 

Италия архитектора

Иккис киинэбин сылгыһыттарга бол5омто уурдунар диэн, Нөмүгүттэн, сылгыһыттар слеттарыттан са5алаан, Саккырыырга диэри айан оҥорбутум. Үэһээ Дьааҥы хайаларын уҥуордаан, Айыл5а, Дьөһөгөй иччилэрин көмөтүнэн этэҥҥэ ааспыта. Ол материалбын Саха эдэр талаааннаах режиссера Михаил Лукачевскай таҥан оҥордо. Киинэ 2 сериянан та5ыста, аата «Айанньыт» диэн. Бастакы сурэхтэниитин ЯГСХа студеннара көрбуттэрэ. Киинэ кэнниттэн 200 оҕоттон ыйыттым , ким сылгыһыт буолуон ба5арар диэбиппэр, арай, 1 о5о илиитин өрө уунна. Бары экономист, министр, депутат, юрист буолуохтарын эрэ ба5араллар.
 

Швеция. Губернатор быыстапканы арыйыыта
 

 

Ити айаным кэнниттэн маннык санаалар, толкуйдар киирдилэр. Саха норуота түҥ былыргы хас да үйэттэн илдьэ кэлбит , саханы саха дэппит, баайбыт дуолбут, атаспыт - до5орбут, сылгы буолара биллэр. Ол гынан баран Дьөһөгөй Айыы оҕото сиргэ буорга тэпсиллибитин, умнууга хаалбыт, кинини көрө - истэ сылдьар норуот геройдара - сылгыһыттар , эстэр симэлийэр турукка киирбиттэрин илэ харахпынан көрөммүн улаханнык хомойдум уонна дьулайдым. Аар саарга аатырда сатыыр Ыһыахпыт, сымыйа көрүнньүк эрэ буоларыгар тийбит. Сылгы да, сылгыһыт да дьон эстэр уһуктарыгар букатыннаахтык тиийбиттэр. Сайын аайы ыһыахха көрүллэр сүүһүнэн мөлүйүөн үбү - харчыны сылгыга, сылгыһыттарга көрөр, кинилэри үбүлүүр кэм кэлбит. Модутка Австрия ынахтарыгар соторутаа5ыта тутуллубут 800 молуйуоннээх хотоммут туннуктэрэ онойон турар.


Канада. Презентация са5аланаары турар


Торонто. Канада суруйааччытын еытта


Торонто. Россия Генеральнай Консулун дьиэтигэр

Нөмүгүттэн турунан айаннаан иһэн, хас бөһүэлэк аайы сылгыһыттары көрүстүм, элбэхтик кэпсэттим, быыһыгар чэй истим. 250 км. айаннаан Тубэ5э дылы 4 хонон тийдим. Сылгыһыттар кэпсээннэрин истэн, олохторун көрөн олус хомойдум. Батамайга туораан, аттарбын уларытан айанныах буолбутум, ат, сылгы эстибитэ ырааппыт, Сиэгэн күэлгэ 1 ат, биир соно5ос хаалбытын кыайан туппатылар. Онон айаным сор5отун Эбээн - Бытантайтан сал5ыыр былааннаах Хоту көттүм. Сайын, тыа киһитэ түбүгэ олус элбэх, киһи көрдөөн көрдөһөн сылгыһыт Сергей Лукины кытта айаннаатыбыт. Дьар5алаахха диэри барыта маар сирдэри туораан кэллибит. Үэн - көйүүр кэмэ, аара сылгыһыт Миитэрэй Бочкарев , уолаттарын кытта оттуур сиригэр хонон, чэйдээн аастыбыт. Саккырыырга икки 52, 60 саастаах сылгыһыт хаалбыт, биһиги буттэхпитинэ сылгы эстэр туруктаах дииллэр. 5000 солкуобай хамнаска хайа эдэр киһи тахсыай. Быйыл истибитим Миитэрэй уолаттара бары таба ыстаадатыгар тахсыбыттар, табаһыт хамнаһа 20000 буолан, бардахтара диэн сэрэйэбин. Сергей Лукин ол сыл акка эчэйэн, ата5ын быччыҥҥара быстан, быйыл врач Георгий Цыпандин абырахтаан тигэн, гипсэтин нэдиэлэ анараа өттүгэр саҥа уһулла. Хаама сатыы сылдьар, уурайабын диирин, киһи суох диэн хаал диэн көрдөһөллөр. Төһө да аҥар атахтаах сырыттар, дууһата батарбакка хайаларга, үрэхтэр бастарыгар, сылгыларын көрдүү тахсаары олорор.
 
Биир да ыччат суох, аны сылгытын ыырын кини эрэ билэр, сир халлаан анныгар хоно хоно көрдүүрүгэр тиийэр. Сибээс , араадьыйа суох дойдута. Төһөтүн бөрө - эһэ сиэбитин ким да билбэт. Үэһээ Дьааҥы Дулгалаа5ар, Суордаа5ар биир оннук. Эчий үрэххэ удьуор сылгыһыт Гаврил Слепцов олорор, бөһүэлэккэ наада5а эрэ киирэр. Хамнас диэни көрбөт да кэриэтэ, дойдутун булдунан олорор. 50 сааһын ааспыт сылгыһыт. Сэбээн Күэлгэ биир сылгыһыттара 60 лаппа ааспыт Алексей Слепцову көрдөһөн, 6 атынан айаннаатыбыт, Сэбээҥҥэ 200 сылгы баара эстибит, кэнники көрбүт биир хаалбыт үэрин Дул5алаах үрэххэ үүрбүттэр, билигин төһөтө хаалбытын ким билиэй. Кэпсии кэпсии улаханнык хараастар, айаннаабыт сирбит тухары быра5ыллыбыт сылгы базалара, тала5ынан ууммут ходуһалар, ону көрөн киһи да сонньуйар, хомойор.

Өссө биир кэпсээн маннык, 80 -с сылларга мин табаарыһым Сэмэн Дьяконов, удьуор Чурапчыттан төрүттээх сылгыһыт 3 буолан Саккырыыртан Тикси Таймылырыгар 15 төбөлөөх биир үэрү үүрэн илдьибиттээх, туундара сиргэ сылгы иитэри. 90-с сылларга Сэмэн вертолекка эчэйэн инбэлииккэ тахсар, ол кэнниттэн ким да көрөр киһи суох буолар. Ол сылгылар ууһаан тэнийэн сүүччэ ахсааннаах Тумэти диэн сиргэ кыыл сылдьаллар. Дьон убаһа сиэри гыннахтарына тийэн ытан ылаллар. Дьэ бу иэдээни, айыыны - хараны. Сылгылар барахсаттар ол иһин «Буран» тыаһын иһиттилэр да куота сатыыллар. Оннук хартыына Аллараа Халыма туундаралыгар баар.

Күһүргэ , Тиксиигэ сылгы эстибитэ быданнаата, билигин, киһи абарыах, Хоту сири иччилииргэ былааннаммыт овцебык турар. Арыычча төбө Үэһээ Дьааҥы Табалаа5ар, Муома Саһырыгар баар, суол иис суо5ар ат эрэ көлөлөөхтөр, биир үксүн ол иhин буолуо. Муома Победатыгар, Сайдыыга сылгы лаппа кыччаан турар. Атыыр 3-4 эрэ биэлээх , племенной үлэ суох, а5ала сатаан, бэйэлэрэ, Халыматтан таһа сатыыллар. Победа5а Терешкин КК о5онньор сурэ5ин ба5атынан сылгыны көрө сатыыр. Кэнники сылларга эһэ, бөрө буулаан үэрү үэрүнэн тарда турар. Кылгастык эттэххэ, хартыына Хоту итинник. Куорат таһын эппэппин, бу Хоту улуустарга ыраас хааннаах Саха сылгыта сылдьар сиригэр, буолан турар көстүү.

Аны наука5а төннүэххэ , Саха сиринээҕи РАН член корреспондена, профессор Соломонов Н.Г. этэринэн 70-80 сылларга Саха сылгытын тула, кини физиологиятын, биохимиятын, тугу сиир отун - маһын туһунан үтүмэннээх научнай үлэ барбыт. Ол үлэ барыта үп - харчы суо5уттан тохтоон турар. Норуот худуоhунньуга Надежда Федулова саха сылгытын кылыттан соруо онороругар , кыл костубэт диэн этэр, ол барыта сылгы салаата кэхтэн эрэрин кордорор.


Канада аатырбыт айанньытын Кэсрин Томсоны кытта


Ранчо5а


Альберта. Банфф кинофестиваль салайааччыларын кытта
Культура чааһын кыратык үэһэ этэн аһарбытым. Куорат культуратын улэһитэ Андреева Л.К. сыл аайы Аан дойдуга аатырдар ыһыахпытыгар миинэр ат, сылгыһыт көрдөөн сырата-сылбата баранна, сылтан сыл эстэн иһэбит. Мөлүйүэннээх ыҥыырдарбыт, сэппит - сэбиргэлбит, чаппараактарбыт сотору чуучула5а кэтэрдиллэрэ буолуо. Этнограф, ученай Федоров А.С. ыччаты оҕо саадыттан, оскуолаттан иитэн, оҕону сылгыга чугаһаппатахпытына , норуот культуратын, традициятын сүтэрэн, норуот , этнос быһыытынан аатыттан тахсар диирин, оруннаах курдук көрөбүн.

Норуот НВК диэн хампаанньата сылгыһыт оло5ун-дьаhа5ын, сылгы иитиитин туһунан, хайдах сайдыахтааҕын, туох мэһэйдэр баалларын сырдаппат буолла. Сылгы диэн аҥардас сылгы буолбатах, кини ИТЭҔЭЛ, ол иһин биһиги ыһыах ыһабыт, кымыс туруорабыт, Күн Дьөһөгөй оҕотугар сылгыга сүгүрүйэбит, сарсыарда Күнү көрсөбүт. Бу аҥардас биир киһи кыһалҕата буолбатах, бүттүүн норуот кыһалҕата. Ону бары өйдүэх тустаахпыт, түмсүэхтээхпит, саха буоларбытын билиниэхтээхпит. Өбүгэлэрбит үйэлэр тухары илдьэ кэлбит төрүт дьарыктарын үйэтитии, сайыннарыы, болҕомто уурааьын төрүт сорук буолар.
 
Мин устубут тыа сирин оло5ун туһунан киинэм матырыйаалларын Америкаттан, Европаттан сотору сотору көрдөһөллөр, Саха сирин рекламаалаан МВЭС Аан дойду устун илдьэ сылдьан көрдөрөр. Бу куннэргэ, Саха сылгытын туһунан трейлербын Исландия5а, Франция5а көрдөрө тураллар.


Татарстан Президена Миннеханов саха аhын минньигэhин эттэ

Дойдубар суолта биэрбэттэрин иһин, үhус төгүл төхтүрүйэн, Саха сылгытын Аан дойду көрдүн диэн, Москваттан биллэр режиссер-документалиһы ыҥыран 2 сылы быһа Саха сирин Хоту өттүн кэрийдибит, киинэбит Маскуба5а монтажтанан буттэ, билигин бүтэрэн, тыаһын оноро сылдьабыт. Киинэ бастакы премьератын Европа кинофестиваллара былдьаһаллар. Оператордарынан Саха талааннаах уолаттара Юрий Бережнев, Семен Аманатов, Михаил Кардашевскай улэлээтилэр.
 
Сахабыт сирин Аан дойдуга аатырар аатырыыта алдьархайдаах алмаас таас буолбакка, дьиннээх саханы саха дэппит, саха итэҕэлэ буолбут сылгыны, 60 кыраадыстаах тымныыга, 35 кыраадыстаах өҥүрүк куйааска көрөр - истэр Сылгыһыт уонна Саха сылгыта буолуохтаах.
Күннээ5и олохпутугар араас бырааһынньык барыта киирдэ, булчуттар, кус - хаас, көтөр - сүүрэр, ыт куннэрэ. Арай дьиннээх улэһит, бөһүэлэги аһатан - сиэтэн олорор, норуот геройдарын сылгыһыты тумна хаамтыбыт.


Япония повардара убаhа этин бэркэ собулээтилэр


Франция Тулуза институтун дириэктэрэ
Түмүктээн эттэххэ , бу буолан ааспыт мунньах норуокка туһалаах буоллун диэн, бары көмөлөөн, өйдөһөн - өйөһөн, эн - мин дэспэккэ, былаас, сокуон, наука, культура, үэрэх үлэһиттэрэ, депутаттар, республика салайааччылара биир остуол тула олорон, кэмииссийэ тэрийэн, норуот инникитин кэскилин көрүэххэ, кэпсэтиэххэ, биир тылга киириэххэ диэн. Государство, Арассыыйа Президена В.В. Путин туруорбут сыалын толорон Арктика оло5ун тупсаран, киэн сирдэри иччилээн, таһаарыылаах улэни са5алыахха , үбү - харчыны сөптөөхтук туһанан, дойду сайдарыгар туһаайыахха диэн, буолбут сылгыһыттар мунньахтарыгар сөптөөхтүк туруорулунна уонна өйөбүлү ылла. Дьиннээх норуот геройун сылгыһыт оло5ун тупсарыахха, сокуонунан көмүскээн коренной диэн тылы киллэрэн, сири - уоту сылгы мэччирэҥэ диэн туҥэтиэххэ уонна сыhыарыахха, ити этии улахан сэҥээриини ылла.
 
Эдэр көлүэнэ ыччакка улахан болҕомтону ууруохха. Кыра о5ону оскуолаттан са5алаан, сылгыга чугаһатан дьиннээх патриот онорон иитиэххэ. Үрдүк үэрэх кыһатыгар сылгыһыты иитэн таһаарыахха. Онно туһааннаах үлэни ыытыахха.
 
Сылгыттан тахсар туох баар бородууксуйаны туһалаахтык астаан - үлэлээн тас рынокка таһаарыахха, араас ньымалары көрдүэххэ. Аан дойдуга саха сылгытын обраһын туһанан улахан улэни ыытыахха, убаһабыт этиттэн оҥоһуллар кухняны пропагандалыахха. Суол иис мөлтө5ун учуоттаан улуустарынан Аан дойду ирдэбилигэр эппиэттиир астыыр сыахтары оноруо5ун. Наука үлэтин үбүлээн, сахабыт сылгытыттан ылыллар сыаналаах микроэлеменнары эм - том, парфюмерия оҥоруо5ун. Тыа5а сылдьар сылгыһыт оло5ун тупсаран таҥаһынан - сабынан, телефонунан, араадьыйаннан хааччыйыаҕын. Оччо5о ыччат бэйэтэ тыа5а тахсыа, киэн сирдэри иччилиэ. Ол буолуо кэнэҕэски сылларга дурда - хахха, көмө, көмүскэл. Онон, бу мунньах кэнниттэн, улахан улаҕалаах үлэ са5аланаыа, сылгыны сайыннарыы концепцията, сокуона суруллуо диэн эрэнэбит.
 
PS; Бу күннэргэ Муус-Хайа шеф-повара Н.Габышев Саха сирин пропагандалыы Франция Тула куоратыгарын, ыҥырыыннан тийэн, 20-чэ Мишелен повардарыгар мастер-класс ыыта сылдьар. Ол буолар биһиги ситиһиибит, киэн туттуубут. Ону таhынан Токио куоракка ынырыылаах олоробут.
 
 
 

 
 
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1332 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 28
Ыалдьыттар (гостей): 28
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024