Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Сэтинньи » 6 » Дьокуускай 30 олохтооҕор 1 мусульмаан тиксэр
Дьокуускай 30 олохтооҕор 1 мусульмаан тиксэр
14:53

Дьокуускай 30 олохтооҕор 1 мусульмаан тиксэр

Дьокуускай 30 олохтооҕор 1 мусульмаан тиксэр
Аҕыйах ахсааннаах омук тыыннаах хааларыгар биир саамай көдьүүстээх суолунан Кэм-кэрдии уларыйыытыгар сөп түбэһэн олоҕун оҥосторо буолар. Биһиги өркөн өйдөөхтөрбүт Нуучча судаарыстыбатыгар холбоһуохпутуттан суолбутун хайан, ыйан-кэрдэн биэрэн син баччаҕа диэри тыыннаах хааллахпыт.
Оннук дьоннор биһиги ортобутугар билигин да бааллар. Биир оннук атыы-эргиэн эйгэтигэр сылдьан омук бөҕөтүн кытары тургутуһан үлэлиир киһи этэн турардаах: «Тоҕо эһиги суруналыыстар Саха сиригэр кэлэн үлэлиир омуктар тустарынан сырдаппаккыт, кинилэр хайдах туох дьоннорун үөрэтэҥҥит дьон билиитигэр таһаарбаккыт? Нэһилиэнньэ билиэхтээх буоллаҕа дии, кимниин дьукаахтаһарын», - диэн. Дьэ ол иһин мин бүгүн уруулуу аймах-хаан дьоннорбут диэн  ааттанааччы кыргыстар диэн кимнээхтэрин, кинилэр тустарынан Интернет ситимигэр тугу кэпсииллэрин туһунан санаа үллэстиэхпин баҕарабын.

  Аймахтарбыт дойдулара - Кыргыстаан

Кыргыстаан аатырар Тянь Шань хайаларын уонна хочолорун быыстарыгар олорор хайалаах дойду. Кыргыстар былыргыттан судаарыстыбалаахтарын туһунан аан бастаан былыргы кытай үөрэхтээҕэ Сым Цян  суруйбут. Ол да иһин 2003 сыллаахха Кыргыстан олохтоохторо 2200 сыллаах судаарыстыбаннастарын бырааһынньыктаабыттара.

Кыргыстаан иэнэ 199 ,9 кв.км. Ол иһигэр 53,3 % тыа хаһаайыстыбатын сирэ-уота, 5,8% -ойуур хаһаайыстыбата, 4.4 %- уу иэнэ, 36 % - туһаҕа тахсыбат сир-уот киирэллэр. Саамай уһун өрүстэрэ Нарын 535 км., оттон саамай улахан күөллэрэ Иссык Куль 6236 кв. км. иэннээх.

Кыргыстааҥҥа олохтоохтор тыллара судаарыстыбаннай, нуучча тыла официальнай эбит. Киин куораттара - Бишкек. Судаарыстыба иһигэр эргинэр харчылара “сом” диэн ааттанар. Климаттара биһиги курдук тыйыс буолан, кыһыннара тымныы, сайыннара олус куйаас. Ардахтара-хаардара сүрүннээн саас, күһүн, кыһын эрэ түһэр эбит. Ол оннугар сайыннара кураан буолан  өҥүрүк куйаас сатыылаабыт дойдута диэн суруйаллар.

Кыргыстар итэҕэллэринэн мусульмааннар. Билиҥҥи туругунан Кыргыстааҥҥа  80-тан тахса этнос олорор. 2014 c. Кыргыстаан Евразийскай экономическай Сойууска киирэн турар. Онон Россияҕа үлэ миграннарыгар уонна РФ олохсуйуон баҕарааччыларга сүрдээх элбэх чэпчэтии көрүллүбүтэр. Билигин экспердэр ааҕыыларынан,  Кыргыстаантан 500 тыһ. үлэ миграннара РФ кэлэн үлэлии сылдьаллар. Урукку курдук кинилэртэн нуучча тылын билии, үлэлииргэ патент атыылаһыы уо.д.а. өҥөлөр, Сөбүлэһии быһыытынан, суох буолан тураллар. Кыргыстаан үрдүк үөрэҕин дипломнара РФ иһигэр 4 идэттэн - медицинскэй, юридическэй, педагогическэй уонна фармацевтическэй уратылартан билиниллэллэр.

Сирия сэриитэ тугунан биһиэхэ туолуйуой?

Аны билигин Сирия сэриитигэр тохтоон ааһыаҕыҥ. Бу сэрии Кыргыстаан судаарыстыбатын хайа эрэ өттүнэн таарыйарын быһыытынан. 

Сирияҕа 2011 сыл кулун тутарыгар правительствоны утары миитин кэнниттэн хаан тохтуулаах сэрии саҕаламмыта. Киһи быраабын көмүскүүр Сириятааҕы обсерватория бу дьыл алтынньы 16 күнүнээҕи  иһитиннэриитинэн, бу сыллар усталарыгар барыта 250 147 киһи бу сэриигэ өлбүт.  Олор истэригэр 74 426 гражданскай дьон, онтон 12 517 оҕо уонна 8062 дьахтар. Онтон 4 мөлүйүөнтэн тахса сириец ыаллыы судаарыстыбаларга сэрииттэн куоппут.

Бу сэрии буолбут биричиинэлэрин араастаан этэллэр. Нефть, итэҕэл, Москва уонна АХШ Ближнэй Востогы былдьаһыылара о.д.а. Ол гынан баран, бу сэрии сүрүн биричиинэтинэн киһи-аймах саамай кылаабынай өстөөҕүнэн террору өрө туппут исламскай судаарыстыба (ИГИЛ) Сирияҕа айбардааһына, киһи-аймахха суоһааһына буолла.

Сирия президенин Башар Асад көрдөһөн,  дойдубут президенэ В.В.Путин бирикээһинэн, бу дьыл балаҕан ыйын 30 күнүттэн российскай летчиктар террористар ордууларын атаакалаан буомбалаатылар. Аныгы сайдыылаах  техникалар халлааҥҥа 900-тэн лаппа тахса көтүүлэри оҥорон террористар 800-чэкэ курдук бойобуой базаларын урусхаллаатылар.

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр 2011 сылтан биирдэ да тас дойдуга тахса сылдьыбатах Сирия президенэ Б. Асад анаан-минээн В.В.Путины көрсөн, көмөтүн иһин махтанан барда. Икки дойду салайааччылара кэпсэтиилэригэр биһиги президеммит ИГИЛ аан дойдуга суоһуур террористическай холбоһуктарыгар урукку ССРС дойдуларыттан Узбекистантан, Таджикистантан, Кыргыстаантан уо.д.а. 4000 кэриҥэ террористар баалларын, кинилэр хаһан баҕарар дойдуларыгар эргиллэн теракт оҥоруохтарын сөптөөҕүн ыйда.

Кистэл буолбатах, ИГИЛ террористара  Россияҕа улаханнык сааналларын ааҕа-билэ, көрө-истэ олоробут. Бу аҕыйах хонуктааҕыта алтынньы 28 күнүгэр буолбут СНГ судаарыстыбаларыгар куттал суох буолуутун бэрэстэбиитэллэрэ Москватааҕы мунньахтарыгар,  террористар Афганистаҥҥа мунньустан Орто Азия судаарыстыбаларыгар уонна Россияҕа терактары ыытар былааннаах хончоҥноһон эрэллэрин туһунан РФ КСБК салайааччыта А.Бортников эттэ.

 

Миграция дьайыылара

Билигин Европаҕа норуоттар «улуу көһүүлэрэ» буола турар. Ближнэй Восток сэриититтэн куотааччылар наһаа элбээбиттэринэн, Евросойуус судаарыстыбалара хаһан да кыраныысса остуолбатын туруоруммат бэйэлэрэ тимир боробулуохалары кытары тардынар буоллулар. Ол курдук Европа олохтоох нэһилиэнньэтэ икки аҥы хайынна. Сорохтор  сэрииттэн куотааччылары үөрүүнэн көрсөн көмөлөһө сатыыр эбит буоллахтарына, нэһилиэнньэ сорох өттө  кинилэри аҕалбыт былаастары утары демонстрацияҕа тахсар идэлэннилэр. Оттон куотааччылар аара суолга сорохторо өлөн, сорохторо үтүрүйсэн-хабырыйсан нэһиилэ Европаны булбут буоллахтарына, үгүстэрин наһаа бэрдэ суох олох күүтэрэ билигин да көстөр.

Европаҕа, чуолаан Германияҕа, сэрииттэн куотан кэлбит дьон ортотугар булкуһан номнуо террористар бааллара билиннэ, кинилэр хаартыскаларын телевизорынан кытары көрдөрөр буоллулар. Туох санааттан кинилэр Европа судаарыстыбаларын булбуттарын сэрэйэр да наадата суох.

Россияҕа эмиэ үлэ миграннара бөҕө тоҕуоруһаллар. Россия 2012 сыллаахха миграционнай боппуруоһу бэрээдэктиир 2025 сылга диэри олоххо киириэхтээх 3 этаптаах концепция ылыммыта. Быйыл 2015 с. бастакы этап түмүктэнэн 2016 сылтан иккис этап саҕаланыахтаах. Төһө даҕаны концепция суруллан олоххо киирэ турдар, бу Орто Азия уонна Кавказ дойдуларыттан РФ кэлэр дьон ортотугар ким даҕаны террористар суохтар диэн быһаччы эппэтэ буолуо дии саныыбын. Итиччэ үлүгэр үөрэҕи барбыт, базаларын российскай летчиктарга урусхаллаппыт боевиктар, Россияҕа кэлиэхтэрин сөбүн туһунан бэл президеммит В.В. Путин сэрэтэр.

Хас сыл ахсын атырдьах ыйыгар мусульмааннар Рамазан бырааһынньыктарыгар Дьокуускай куоракка мечеть таһыгар Пирогова уулуссаҕа массыына сырыыта сабыллар. Интернет форумугар былырыын куоракка быһа холоон ааҕыынан 10 000 мусульман кэлэн үҥпүт-сүктүбүт диэн буолбута. Манна эбэн кэбиһиҥ кинилэр кэргэттэрин, оҕолорун-урууларын. Дьокуускайга 300-тэн тахса тыһыынча киһи олорор буоллаҕына, аҥаардас үҥэ-сүктэ кэлбит мусульмааннары ааҕан-суоттаан көрдөххө: Дьокуускай 30 олохтооҕор (дьахтары, оҕону аахсан турар) 1 мусульмаан тиксэр. Онтон олохтоох эр дьоннору араардахха биир мусульмааҥҥа тиксэр эр дьон ахсаана букатын аҕыйах буолар.  Былырыын 120 мөлүйүөннээх Москва куорат  уулуссаларыгар 100 000 мусульман үҥпүт-сүктүбүт диэтилэр. Онон Москваҕа 120 киһиэхэ 1 мусульмаан тиксэр диэн буолла. Онтон быйыл Кыргыстаан уонна Россия икки ардыгар Сөбүлэһиинэн өссө ордук элбээбиттэрэ буолуо дии саныыбын.

***

Кыргыстары төһө да уруу-хаан омуктарбыт диэтэрбит, кинилэр итэҕэллэрэ уларыйан, билигин биһигиттэн букатын атын көрүүлээх мусульмааннар итэҕэллэрин өрө тутар омукка кубулуйдулар. Дьиҥнээх Ислам саамай үрдүкү сыаннаһынан сир үрдүгэр Эйэ буолар. Россияҕа баар үгүс мусульмааннар да үлэлэрэ ону туоһулуур. Ол эрэн аан дойдуга буола турар быһыы-майгы көрдөрөрүнэн, билигин радикальнай исламистар итэҕэллэрин эҥин араастаан токурута-токурута сэриинэн ииригирэллэр.

Оттон бу киһи-аймахха кутталлаах ИГИЛ Кыргыстааҥҥа «үлэтин-хамнаһын» туһунан сыччах аҕыйах түгэни ахтабын. Быйыл от ыйын 16 күнүгэр Кыргыстаан киин куоратыттан Бишкектэн балтараа километрдаах эрэ сиргэ ордууламмыт ИГИЛ террористическай группировкатыгар киирэр боевиктары тутар операция ыытыллыбыт. Ону ааһан быйыл от ыйыгар Кыргыстаан урукку депутата Бакиев террористическай бөлөхтөрү кытары сибээстээх диэн Бишкек аэропордугар тутуллубут. Бу алтынньы ый 12 күнүгэр Кыргыстаан Чуйскай уобалаһыгар баар хаайыыттан "Жамаат Кыргызстана Жайшуль Махди" диэн террористическай тэрилтэ 9 боевига куоппут диэн интернеккэ суруйаллар. Кинилэр сорохторун туппуттар, сорохторун суох. Көрөрбүт курдук, Кыргыстааҥҥа террористическай бөлөхтөр,  бэл үрдүкү салалтаны кытары сибээстээхтэр. Оттон бу ыйга Кыргыстаан президенэ Алмазбек Атамбаев ИГИЛ террористара Сирияҕа сэриилэһэр кыаҕы, үөрэҕи ылан баран Орто Азия дойдуларыгар  кэлэр былааннаахтарын куттала баар диэн эппитэ олоххо киирэр сэрэхтэннэ.

Кыргыстар да бэйэлэрэ былыр-былыргыттан сэрииһит омуктар. Ол майгыларын 2005 с. уонна 2010 с. элбэх аймалҕаннаах, элбэх  киһи өлүүлээх «революциялара» да туоһулуур. Ол дьалҕаана билигин да өрт уотуунуу умуллубакка 2015 с. быыбардарыгар эмиэ биллэн ааста. Маннык испиискэ маһын курдук кыраттан эстэр майгылаах аймахтарбытын кытары «дьукаахтаһарбытыгар» биһиги бэлэммит дуо?

  Таҥара сэрэҕи таптыыр
Онон билиҥҥи олохпутугар кэлии омук, ордук хото Орто Азияттан кыргыстар, Кыргыстаан узбектара кэлбиттэринэн маннык түгэннэргэ тохтуохпун баҕарабын:
 
  1. Улуу убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» поэматыгар сэрэппитин быһыытынан, сахалар сирбитигэр-уоппутугар хаһан баҕарар хаһаайын буолар инниттэн  кэлии омуктары үөрэтэрбит тоҕоостоох.
2.      РФ үрдүкү салалтатын көҥүллээһининэн биһиэхэ кыргыстар, Кыргыстаан узбектара дойдуларыгар буолар айдаантан куота таарыйа хамнас өлөрө кэлэллэр. Буолумуна, сотору- сотору үрдүкү былаастарын сууһарар аатыгар сылдьар дьоҥҥо олох-дьаһах мөлтөҕө, дойду үрдүнэн экономика сайдыбата, кыаммат-түгэммэт дьон элбии турара ханна барыай? Онон үлэни эрэ өрө туппут Орто Азия олохтоохторо биһиги дойдубутугар иҥэ-дьаҥа суох үлэлии-хамсыы сылдьалларын ким да баалаабат.
 
  1. Кыргыстар  мусульманствоны ылынаннар, төһө да биһиги кинилэри хаан-уруу аймахтарбыт диэтэрбит, өйдөрө-санаалара итэҕэллэриттэн сылтаан уларыйан турар. Туох да диэбит иһин, билигин кинилэр итэҕэллэрэ аан дойдуга сааны-саадаҕы өрө туппут биир радикальнай итэҕэл буолар. Онон ИГИЛ боевиктара Россияҕа суоһуулларынан сэрэхтээх буоларбытын олох ирдиир. «Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн мээнэ этиллибэт. 
  2. Кэлии омуктартан кытайдар Дьокуускай куоракка Столичнай рыногар эрэ баар буоллахтарына,  кыргыстар биһиги олохпутугар биллибэтинэн сыыйа-баайа өтөн, кимэн киирэн иһэллэр. Биллэрин курдук, кинилэр биһиги бытархан тымныыбытын, өҥүрүк куйааспытын  тулуйар омук. Ол туоһутунан хоту улуустарга кууһунан тиийэн үрдүк үөрэхтээх быраас, учуутал быһыытынан үлэлии сылдьаллар. Ким эмэ кинилэр дипломнарын запрос ыытан бэрэбиэркэлээбитэ дуу, суоҕа дуу? Туох-ханнык үөрэхтээх дьон букатын атын судаарыстыбаттан кэлэн оҕолорбутугар тугу-тугу үөрэтэн эрэллэрин ким эмэ хонтуруоллуур дуу, суох дуу?   Бэл, бэйэбит миниистирдэрбит Москваҕа метроттан диплому атыылаһар буоллахтарына, кэлии омук хантан баҕарар ол диплому ыларын сэрэйиэххэ сөп.
  3. Сахалар олус аймаҕымсах, хоту дойду олохтооҕун үгэһинэн, кэлбит ыалдьыкка олус сайаҕас, эйэҕэс дьоннор диэн былыр-былыргыттан айанньыттар кытары бэлиэтээн тураллар. Билигин олохпут күн аайы дьигиһийэ, уларыйа-тэлэрийэ турара бэйэбитин эмиэ уларытта. Ол курдук билиҥҥи сахалар урукку өбүгэлэрбит курдук кэлбиккэ-барбыкка наһаа эйэргээбэккэ, аламаҕай,  сайаҕас  буоламмыт,  туохпутун барытын туран биэрбэккэ кэм толкуйдаан дьаһанарбытын кэм-кэрдии ирдиир. Бу киһи бөҕө тоҕо ааҥнаан кэлбитигэр «хайдах дьаһанабыт, туох дьоннор биһиэхэ кэлэн олохсуйан эрэллэрий, кинилэр кимнээхтэрий, кинилэри кытары бэйэбитин наһаа түһэн биэрбэккэ эрэ иллээхтик-эйэлээхтик хайдах олоробут?» диэн үгүспүтүн мунаардар ыйытыы. 
Бу ыйытыыга хас биирдии киһи санаатын этэр бырааптааҕынан мин эмиэ мунаахсыйар санааларбын кытары эһигинниин үллэһинним.

  ***

Надежда АРГУНОВА,

«Забота Арчы» хаһыат, 
сэтинньи 6 күнэ 2015 сыл.

Источник: aartyk.ru
 
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1329 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 100
Ыалдьыттар (гостей): 100
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024