Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Сэтинньи » 18 » Алдан оройуонун салалтатыгар биир эрэ саха каадыра баар
Алдан оройуонун салалтатыгар биир эрэ саха каадыра баар
09:16

Алдан оройуонун салалтатыгар биир эрэ саха каадыра баар

Вторник, 17 Ноября 2015 16:24
"Политкорректность" дии-дии, салалтаҕа  нуучча дьүһүннээҕи көрдөөн умса-төннө түһүү. Оттон сорох улуустар, оройуоннар муниципальнай салалталарыгар биир да саха сирэйдээҕи булбаккын. Саха республикатыгар олорбот курдуктар: алданнар да буоллун, нерюнгрилар да буоллун. Уонна саамай дьиктитэ диэн, ити оройуон нэһилиэнньэтэ былааһы утары настроенията ордук күүстээх. Ол тиһэх муниципальнай быыбарга да көһүннэ.

Алдан куораттан Николай МЕСТНИКОВ төлөпүөннээн, сахалыы ыстатыйа суруйдум таһаарыҥ эрэ, баҕар, дьон ааҕан Алдаҥҥа сахалар эмиэ бааллар эбит диэн өйдүөхтэрэ. "Тустаах дьон, оройуоммут  салалтатыгар биир эмэ саха киһитин кыбыталларын хонтуруоллуохтара этэ", - диэн баҕа санаатын тиэртэ.   

Ааптар этэринэн, Алдан үрдүнэн, салалтаҕа  биир эрэ соҕотох саха каадыра баар - ол Саргылаана ЯБЛОВСКАЯ, Россия федеральнай нолуогабай сулууспатын Алданнааҕы инспекциятын салайааччыта.

***

 
Түмсүүлээх буолуу –үлэҕэ ситиһии төрдө...

001Тосту уларыйыы-тэлэрийии кэмэ саҕаланан нолуоктааһын систиэмэтэ саҥалыы уларытыллар буолбута. 1990 сыл ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин нолуок сулууспатын тэрийэр туһунан уурааҕа тахсыбыта. 1991 с. сэтинньи ыйга Россия Президенин Ыйааҕынан Российскай Федерация нолуогун сулууспата тэриллибитэ, кэннэки уларытыллан Миниистиэристибэ онтон билигин Федеральнай нолуок сулууспата буолан турар.

Бу күннэргэ Россия Федеральнай нолуогун сулууспатын Алдан оройуонунааҕы  инспекциятын салайааччытын Саргылана Ябловскайаны көрсөн аҕыйах ыйытыыларбар эппиэттииригэр көрдөстүм.

   - Саргылана Николаевна, бастатан туран өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо сэргиир буолуохтаахтар көмүстээх Алдан нолуогун инспекциятын хантан хаанннаах, кимтэн кииннээх , туох үөрэхтээх, урукку өттүгэр ханна үлэлээбит киһи кэлэн салайан үлэлии олорорун?

  - Төрөөбүт, улааппыт сирим  Дьокуускай куорат, онно 14-с оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитим. Былыргы төрүттэрбит туһунан ахтар буоллахха 18 үйэ саҥатыгар Элгэс (Абый) улууһун салайан олорбут кинээс  Николай Иванович Ефимов-Остобунуойтан силис-мутук тардыылаахпыт.

    Оскуола кэнниттэн  Дьокуускайдааҕы т/х академиятын экономическай факультетын 1996 с. үөрэнэн бүтэрээт нолуок сулууспатыгар үлэҕэ киирбитим. Бу сылларга үлэлии сылдьан кэтэхтэн Россиятааҕы норуоттар доҕордоһууларын университетыгар үөрэнэммин юрист идэтин ылбытым. Үлэбин көннөрү инспектортан саҕалаан кэннэки Россия ФНС Управлениятын СӨ  учуот, отчуоттааһын уонна нолуок төлөөччүлэри кытта үлэ отделларын начальниктарынан ананан үлэлээбитим .

  - Алдаҥҥа салайар үлэҕэ хайдах быһыылаах ананан кэлбиккин кыратык сырдата түһэриҥ буоллар, элбэх киһиттэн талан ылбыттара буолуо дии?

  - Манна  инспекция салайааччытынан үлэлээбитим балаҕан ыйыгар  икки сылын туолла. Урукку салайааччы бу сулууспаҕа сааһа туолбутунан пенсияҕа барбыта. Хас киһиттэн миигин талан ылбыттарын билбэппин гынан баран резервэҕэ турааччы элбэҕин истэр этим. Этии киллэрбиттэригэр аккаастамматаҕым.

   - Саҥа салайааччы саҥалыы үлэлииргэ дьулуһарыҥ буолуо дии? Үлэҕин туохтан саҕалаабыккыный? Туох былааннардаах, сыаллаах соруктаах этигиний?

- Салайааччынан ананыыбын инспекция үлэһиттэрэ ылынан  үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, үгүстэрин кытта эрдэттэн билсэр этим, хаста да инспекция үлэтин бэрэбиэркэлиир биригээдэлэр састааптарыгар киирэн кэлэ сылдьыбытым.

  Инспекцияҕа 52 государственнай гражданскай сулууспалаах үлэлиир. Араас хайысханан 7 отдел бары тустаах эбээһинэстэрин толоро олороллор, кими да чорбоппоппун.

   Хаһан баҕарар саҥа анаммыт салайааччы саҥаны киллэриэн баҕарара биллэр суол. Өрөспүүбүлүкэ  биир улахан, үлэтинэн инники күөҥҥэ сылдьар  инспекциятыгар саҥаны киллэрии уустуктардааҕа биллэр. Хаалыылааҕы инникилэр кэккэлэригэр таһаарыы арыыйда судургу курдук. Биир уларытыыбынан испектордар толорор эбээһинэстэрэ элбэҕинэн салайааччы уонна кини солбуйааччылара  тэрээһини  уонна хонтуруоллааһыны таһынан  бэйэлэрэ эбии үлэлэри ылан толороллорун ситиһии буолар.

    Сыал- сорук туһунан эттэххэ нолуок сулууспатын үлэһиттэригэр барыбытыгар  биир-бүддьүөтү толоруу.

     - Өрөспүүбүлүкэ нолуогун сулууспатын Киин аппараатыгар үлэлээбит киһи буоларын быһыытынан ол кэмнэри санаан ааһар тоҕоостоох буолуо. Ити кэмнэр эйиэхэ тус бэйэҕэр тугу биэрдилэр?

    Управленияҕа 17 сыл үлэлээбит кэмнэрим миэхэ үлэбэр, тус олохпор элбэҕи биэрдэхтэрэ дии. Олус иллээх, түмсүүлээх коллектив буолан үлэлиирбэр кыахпын толору туһаммытым.Өрөспүүбүлүкэ нолуогугун сулууспатын тэриллиитигэр сыратын-харатын биэрбит уонна олоҕун булларбыт салайааччы Иван Сухомясов, үрдүк таһымнаах , киэн билиилээх Управление начальнигын Егор Марков , кини солбуйааччыта Роза Гросфельд , аан бастаан үлэлээбит отделым начальнига Лена Птицына, каадыр отделын салайааччытаТамара Скрябина  уо.д.а. салалталарынан, такайыыларынан үлэлээбиппинэн киэн туттабын. Улуустарга куруутун командировкаҕа сылдьар буолан нэһилиэнньэ уустук усулуобуйаҕа олорон үлэлиирин илэ харахпытынан көрөрбүт, бэйэбит да уустук балаһыанньаҕа түбэһэн ыларбыт.       Үлэбитин быһаарарбыт таһынан көхтөөхтүк сынньанарбытын эмиэ сатыырбыт. Ол курдук Аммаҕа дьэдьэннии барарбытын, Буотама үрэҕинэн болуотунан устарбытын, араас күрэхтэһиилэргэ кыттарбытын истиҥник саныыбын.

    Управленияҕа үлэлээбит кэмнэрим киэн билиини, сатабылы биэрбитин таһынан  тугунан да сыаналаммат дьону кытта сатаан үлэлииргэ үөрэппитэ. Кэннэки  сылларбар профсоюз комитетын председателинэн талыллан үлэлээбитим.

   -2015 с. бүтэрэ аҕыйах кэм хаалла. Инспекция үлэтин туһунан сырдатарыҥ буоллар?

    -Билиҥҥи туругунан оройуоҥҥа  753 тэрилтэ, 1468 урбаанньыт, 48 тыһ.биирдиилээн дьон учуокка тураллар.Быйылгы сыл 9 ый түмүгүнэн консолидированнай бүддьүөккэ 1324 мөл. солк түмүлүннэ ол эбэтэр нолуок уонна хомуур киириитэ былырыыҥҥы бу кэминээҕэр 12 % улаатта. Республиканскай  бүддьүөт былаана 112% туолла эбэтэр сабаҕалаа7ынтан 94 мөл. солк. аһары барда, онтон местнэй бүддьүөккэ  40 мөл. солк. элбэх үп киирдэ.   Нолуок уорганнара урукку курдук былааннаммыт бэрэбиэркэлэри ыыппаттар. Билигин үлэлэрин түмүгүнэн мөлтөх үптээх-астаах, “халбархай тэрилтэлэр”бөлөхтөрүгэр киирбиттэргэ бэрэбиэркэлэри  ыытабыт. 9 ыйга хонтуруоллуур үлэлэри ыытыы түмүгүнэн 198 мөл. солк суумалаах эбии ааҕыы оҥоһулунна.

-Нолуогу бириэмэтигэр табатык төлүүргэ туох өйдөтөр үлэлэри ыытаҕытый?

   -Нолуоктааһын сокуоннарыгар араас хайысханан семинардары куруутун ыыта турабыт. Операционнай саалабытыгар ыйга 1500-2000 киһи кэлэн барар. Декларацияны толоруу , баай-дуол нолуогун төлүүр кэмнэргэ олорор сирдэринэн сылдьан консультациялары ыытабыт. Маны сэргэ нолуок сулууспатын сайтыгар бары хайысханан дьиэттэн тахсыбакка араас өҥөлөрү ылыахха сөп. Эдэр ыччакка бэйэбит кыахпытынан оскуолаларга, орто үөрэх кыһаларыгар сылдьан өйдөтүү үлэтин ыытабыт.

-Нолуок инспекторын үлэтигэр туох уларыйыылар бардылар?

Билиҥҥи кэм ирдэбилинэн инспекция уонна нолуогу төлөөччү икки ардыгар докумуон кэлиитэ барыыта телекоммуникационнай сибээс каналларын көмөтүнэн кумааҕыта суох электроннай көрүҥүнэн оҥоһуллуохтаах. Алдаҥҥа тэрилтэлэр 95, урбаанньыттар 81 бырыһыаннара отчуоттарын электроннай көрүҥүнэн биэрэллэр.

      Быйылгы сылтан АСК НДС-2 программа үлэҕэ киирдэ. Бу система счет –фактуралар көрдөрүүлэрин  кимтэн да тутулуга суох анаалыстыыр, ырытар, сыыһалары-алҕастары булар.

      Нолуок сулууспатын сайтыгар киирэн биирдиилээн дьон, тэрилтэлэр, урбаанньыттар “ Личнэй кабинеттарыгар” холбонуохха сөп. Биһиэхэ билиҥҥи туругунан 79 тэрилтэ, 12 тыһ. биирдиилээн дьон, 28 урбаанньыттар Личнэй кабинекка  холбоннулар.

   -Саргылана Николаевна, түмүккэр нолуок төлөөччүлэргэ анаан тугу этиэҥ этэй?

  - Түгэнинэн туһанан РФ Конституциятыгар сурулла сылдьар Россия гражданинын биир эбээһинэһин санатыам этэ: “Сокуонунан көрүллүбүт нолуоктары төлүөхтээх”-диэн этиини.

   - Онтон биир идэлээхтэргэр?

-Ханна баҕарар түмсүүлээх буоллахпытына ситиһии кэлэрин умнумуоххайын!

Саҥаттан саҥа үрдэллэри дабайыыны, кытаанах доруобуйаны, дьоллоох олоҕу!

          
***
 
Николай МЕСТНИКОВ,
Алдан к.

Источник: aartyk.ru
 
Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 1616 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 41
Ыалдьыттар (гостей): 41
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024