Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Сэтинньи » 27 » «Саас-үйэ тухары олоххо саханы үрдэтиэ олоҥхо»
«Саас-үйэ тухары олоххо саханы үрдэтиэ олоҥхо»
15:05
«Саас-үйэ тухары олоххо саханы үрдэтиэ олоҥхо»
https://af.attachmail.ru/cgi-bin/readmsg/316A1482.jpg?x-email=uhhan@mail.ru&rid=228844467118975862232424043421399736061&&id=14485209450000000766;0;8&&x-email=uhhan%40mail.ru
Ил Түмэн спикерэ, Олоҥхо Уон сылын бэлэмнээн ыытыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков сэтинньи 25 күнүгэр судаарыстыбаннай циркэ дьиэтигэр Олоҥхо декадатын аһыллыытыгар кытынна.

Саха норуота билиҥҥи кэмҥэ сайдыылаах, үөрэхтээх, өйдөөх омук быһыытынан аан дойдуга билиннэ. Бу сайдыыга биһигини тус култуурабыт, тылбыт сирдээн аҕалла. Норуот тылынан уус-уран айымньыларыттан бары өттүттэн баай ис хоһоонунан, тылынан-өһүнэн, толоруллуутунан, кээмэйинэн уратылаахтара, саха норуотун киэн туттуута – олоҥхо. Саха норуота сүүһүнэн сылларга муспут өркөн өйүн, философиятын, айылҕаҕа, киһи аймахха сыһыанын, ымыылаабыт ыра санаатын барытын норуот тылынан уус-уран айымньытыгар сүһэн-хомуйан, эт-хаан оҥорон илдьэ сылдьар. 2005 сыллаахха саха олоҥхотун ЮНЕСКО тэрилтэтэ аан дойду норуоттарын тылынан уус-уран бастыҥ айымньытынан биллэрбитэ быйыл онус сыла.

Олоҥхо декадатын үөрүүлээхтик арыйыы дьоро киэһэтигэр Ил Түмэн спикерэ, Олоҥхо Уон сылын бэлэмнээн ыытыыга СӨ нацональнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Владимир Тихонов, СӨ үөрэҕин миниистирин бастакы солбуйааччы Эдуард Кондратьев, ГЧИуоХААНПИ дириэктэрэ Анатолий Алексеев, олоҥхону чинчийиигэ, үйэтитиигэ үлэлии сылдьар дьон, учуонайдар, олоҥхоһуттар, уһуйааччылар уо.д.а. кытыннылар.


Александр Жирков Олоҥхо күнүнэн итиэннэ 2005 сыллаахха саха олоҥхотун ЮНЕСКО тэрилтэтэ аан дойду норуоттарын тылынан уус-уран бастыҥ айымньытынан биллэрбитэ Уон сылынан циркэ саалатыгар мустубут олоҥхону чинчийээччилэри, үөрэтээччилэри, сэҥээрээччилэри, олоҥхону үйэтитиигэ үлэлэһэр дьону, Саха сирин бары олохтоохторун эҕэрдэлээн тыл эттэ.


Бэйэтин этиитигэр Александр Жирков: "Ардыгар мин саныыбын, арай сахаларга олоҥхобут суох буоллун? Олоҥхо курдук тылынан уус-уран айымньы, эпос, дьиҥинэн, омук аайы барытыгар баар буолбатах. Биһигиннээҕэр, сахалардааҕар, элбэх ахсааннаах, баай историялаах омуктарга маннык нэһилиэстибэ суох. Оннук санаатахпына, биһиги өбүгэлэрбит, сүүһүнэн сыллар анараа өттүлэригэр саха норуотун уустук историятыгар, кини моһоллоох суолугар олоҥхону сүтэрбэккэ, сатаан бүөбэйдээбиттэрин, харыстаабыттарын түмүгэр олоҥхобут ХХ үйэни туораан, ХI үйэҕэ тиийэн кэллэ. Кинилэргэ биһиги бука бары мэлдьи махталлаах буолуохтаахпыт. Биһиги олоҥхо бастакы Уон сылын

түмүктээтибит. Аан дойду, киһи-аймах биир саамай бастыҥ тылынан уус-уран айымньытын быһыытынан олоҥхону ЮНЕСКО билиниэҕиттэн ылата өрөспүүбүлүкэҕэ анаан-минээн олоҥхону харыстааһыҥҥа, тарҕатыыга үлэ күүскэ барар. ЮНЕСКО ылбычча айымньыны бастыҥынан билиммэт. Манна айымньы уратытын эрэ буолбакка, бу нэһилиэстибэ сүтэр-оһор, симэлийэр кутталлааҕын ЮНЕСКО билиннэҕинэ биирдэ шедевр быһыытынан ылыныллар. Ол эбэтэр, олоҥхону билинии кини уратытын ыйыы эрэ буолбакка, бу аан дойду, киһи-аймах бастыҥ айымньыта салгыы сатаан бүөбэйдээбэтэххэ, араҥаччылаабатахха, киһилии илдьэ сылдьыбатахха кини сүтэр-оһор кыахтаах, оннук куттал тирээбит диэн өйдөтүү буолар. Бу биһиэхэ, олоҥхону истэ сылдьар омукка, сэрэтии быһыытынан этиллэр.

Уон сыл устатыгар барбыт үлэни эһиги бука бары билэн олороҕут. Биирдии сүрүн түһүмэхтэри ылан көрөр буоллахха, бэйэбитигэр олоҥхону харыстыыр туһунан сокуоннаахпыт. Ол сокуоҥҥа олоҕуран олоҥхо чөл туруктаах хааларын инниттэн сылтан сыл үп-харчы, үлэ-хамнас тэриллэрин курдук анал бырагырааммалаахпыт. 2010 сыллаахха Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет иһинэн Олоҥхо института тэриллибитэ. Саха театрыттан үөскээн тахсыбыт Олоҥхо театра баар буолла. Олоҥхону хомуйар, харыстыыр инниттэн аныгы цифровой ньымаҕа көһөрүү үлэтэ күүскэ барар.

Бу Уон сылга олоҥхонон анаан утумнаахтык дьарыктаныыбыт түмүгэр Олоҥхо ыһыаҕа дьон өйүгэр-санаатыгар балайда тилиннэ. Олоҥхону биһиги аҥардас үөрэтиинэн эрэ муҥурдамматыбыт: олоҥхолуу туттууга, олоҥхолуу дьаһаныыга үөрэнэн эрэбит. Ол түмүгэр саха омук култууратыгар, сахатыйыы өттүгэр, бэйэ төрдүгэр-ууһугар чугаһааһын, таҥныы-симэнии, тутуу-хаптыы, сиэри тутуһуу өттүгэр биһиэхэ үчүгэй, туһалаах хайысханан уларыйыы тахсан эрэр диэн бэлиэтиибин. Бэйэбит олоҥхобутун атын омук тылларыгар тылбаастаан аан дойдуга билиниитигэр таһааран эрэбит. Ити үлэ саҥа саҕаланна уонна инникитин элбэх сыллар усталарыгар бара туруоҕа. Өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, улуустар, биирдиилээн тэрилтэлэр, оннооҕор аймахтар олоҥхоһуттарбыт, уус-уран айымньы маастардар олохторун сырдатар кинигэлэри бэчээттээн таһаарар буоллулар. Ол иһигэр "Аан дойду норуоттарын эпостара", “Саха боотурдара”, “Олоҥхо олуктара”, “Cаха олоҥхото» серия быһыытынан тахсаллар. Онтон да атын үлэ инники өттүгэр салгыы ыытыллыахтара. СӨ Национальнай кэмитиэтин көҕүлээһининэн, олоҥхо тыыныгар ыччаты иитии бастаан оскуолаларга киллэриитэн саҕаламмыта. Онтон билигин аны уһуйааннарга үөрэтиллэр буолла. Онон оҕо ийэтин үүтүн кытта олоҥхо тылын-өһүн сүһэн ылар усулуобуйатын тэрийиигэ кэмитиэт утумнаах үлэни ыытар. "Биһиги олоҥхо эйгэтин салгыы дьоҥҥо-сэргэҕэ, ордук ыччакка тиэрдэр соруктаахпыт. Үөрэх министиэристибэтин көмөтүнэн 2016 сылга олоҥхо дьоруойдарынан фабрикаҕа куукулалары анаан оҥотторон, оҕо тэрилтэлэригэр тарҕатыахпыт.

Култуура министиэристибэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов көҕүлээһиннэринэн бүгүн судаарыстыбаннай циркэ дьиэтигэр сүрдээх үчүгэй быыстапка тэрилиннэ. Манна дьон бастыҥ үлэлэри, оҥоһуктары көрөн, бастыҥ өйү-санааны ылан барарыгар саамай табыгастаах. Инники өттүгэр Олоҥхо кэлэр Уон сылын ылыныыга бэлэмнэнии күүстээхтик барар. Олоҥхону иккис төгүлүн тэрийэн ыытар өрөспүүбүлүкэ национальнай кэмитиэтин аатыттан эһиэхэ хас биирдиигитигэр «Олоҥхо” ассоциация кыттаалаахтарыгар, биирдиилээн олоҥхону утумнаан илдьэ сылдьар биһиги ытык ыалдьыттарбытыгар, олоҥхону ыччакка тарҕатар хас биирдии дьоммутугар бука барыгытыгар барҕа махталбын тиэрдэбин", - диэтэ Александр Жирков.

"Аҕыйах хонугунан Кытай Өрөспүүбүлүкэтигэр Саха сирин күннэригэр Саха театра тиийэн, кытай фольклоругар олоҕурбут испэктээкили туруоруоҕа. Оттон улуу Кытай артыыстара биһиги олоҥхобутун бэйэлэрин тылларынан оонньуохтара. Олоҥхо туһунан аан бастаан истэр, билэр киһини умсугутуохтаах, уматыахтаах. Дэлэҕэ сүүһүнэн сыллары уҥуордаан олоҥхо бүгүҥҥү күҥҥэ диэри кэлиэ дуо? Кини дьону тардар күүстээх, онон аан дойду таһымыгар тахсар кэмэ кэллэ", - диэн этиитин циркэ саалатыгар толору мустубут дьон ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.

«Кэлэр сылга Олоҥхо ыһыаҕа Дьааҥы сиригэр-уотугар буоларын истэ-билэ сылдьаҕыт. Былыр-былыргыттан манна улуу олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбиттэрэ, норуот тылынан уус-уран айымньытын сүөгэйин-сүмэтин илдьэ сылдьыбыттарыгар махтанан, бэлиэтиир ыһыах ыытыллыаҕа. Аан дойдуга тымныытынан биллибит сиргэ тиийэн, ыһыах ыһыахпыт. Саха сирин араас муннуктарыттан кэлээри сылдьар ыалдьыттары көрсөргө бэлэмнэнэ сылдьар Дьааҥы улууһугар ситиһиилэри баҕарыаххайыҥ уонна ыһыах үрдүк таһымнаахтык ааһарыгар бары күүс-көмө буолуоххайыҥ! Бука барыгытын Олоҥхо күнүнэн, Олоҥхо Уон сыла иккис төгүлэ биллэриллибитинэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин", - диэн бэлиэтээтэ национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.

Александр Жирков Олоҥхо уон сылын бэлэмнээн, тэрийэн ыытар Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай кэмитиэтин аатыттан саха героическай эпоһын Олоҥхону харыстааһыҥҥа, үөрэтиигэ уонна тарҕатыыга киллэрбит кылааттарын иһин СӨ Национальнай библиотекатын кыраайы үөрэтэр салаатын сүрүн библиотекарыгар Лариса Кычкинаҕа, Амма улууһун Бөтүҥ орто оскуолатын «Оллоон» фольклор бөлөҕүн салайааччытыгар Анисия Софроноваҕа, Амматааҕы лицей саха тылын уонна литературатын учууталыгар Мария Ноговицынаҕа, Чурапчы улууһун култуураҕа управлениетын фольклор уонна култуурунай нэһилиэстибэ салаатын специалиһыгар Мария Герасимоваҕа, Абый улууһуттан норуот маастарыгар Василий Спиридонов-Барҕа Баһылайга, Таатта улууһун Лука Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын "Олоҥхо" этно-педагогика

киинин салайааччытыгар Ирина Филипповаҕа, Олоҥхо театрын артыыһыгар Дмитрий Ивановка, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бөкө орто оскуолатын "Олоҥхо" ассоциациятын этно-педагогика салаатын салайааччытыгар Прасковья Лебедеваҕа, Бүлүү улууһун Тааһаҕар орто оскуолатын олоҥхо бөлөҕүн салайааччытыгар Маргарита Егороваҕа, Мэҥэ-Хаҥалас “Олоҥхо» ассоциациятын "Уһуйаан" бөлөх салайааччытыгар Анна Марковаҕа, Майатааҕы оҕо киинин эбии үөрэхтээһин методиһыгар Евдокия Самсоноваҕа бочуоттаах грамоталары туттарда.

Александр Жирков "Олоҥхону харыстааҥ! Күннүк Уурастыырап этэн турар: "Саас-үйэ тухары олоххо саханы үрдэтиэ олоҥхо", - диэн. Оннук буолуохтун!" – диэн киһи өйүгэр-санаатыгар иҥэр бэлиэ бэргэн тылларынан түмүктээтэ.

Бу күн дьоро тэрээһинин кыттыылаахтара эҕэрдэ тыл бастыҥын иһиттилэр, Олоҥхо театрын, Үүнэр көлүөнэ театрын артыыстара "Эллэй Боотур" испэктээкилтэн быһа тардыыны көрдөрдүлэр. Олоҥхо күнүгэр анаммыт декада тэрээһиннэрэ Саха сирин бары улуустарыгар ахсынньы саҕаланыытыгар диэри ыытыллаллар.


Ил Түмэн пресс-сулууспата
 
Category: Ыһыах, олоҥхо | Views: 1545 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 100
Ыалдьыттар (гостей): 100
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024