Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Ахсынньы » 2 » Ил Дархан пресс-конференциятыттан: хамнас, арыгы, Глушко, Агитыч
Ил Дархан пресс-конференциятыттан: хамнас, арыгы, Глушко, Агитыч
09:25

Ил Дархан пресс-конференциятыттан: хамнас, арыгы, Глушко, Агитыч

Ил Дархан пресс-конференциятыттан: хамнас, арыгы, Глушко, Агитыч
Бэҕэһээ, ахсынньы 1 күнүгэр, Республикатаҕы пресс-кииҥҥэ Ил Дархан Егор БОРИСОВ пресс-конференция тэрийдэ.

Быыбары ааһан кыаҕын ылбыт дьиэлээх хаһаайын быһыытынан,  Аҕа Баһылыкпыт, онон-манан уһуну-киэҥи ырыта-ыаһахтыы  барбакка, иллэрээ хонуктааҕыта Судаарыстыбаннай Мунньахха тиэрпит Илдьитин уратытыгар тохтоот: “Күннээҕи кыһалҕаны быһаарарга буолбакка, хас  эмэ сылы уҥуордуур кэнэҕэс сайдыыга туһуламмыт Илдьит этилиннэ”, - диэн баран ыйытыыга-хоруйга киирдэ.

Пресс-конференцияҕа, соторутааҕыта аҕай ИДЬМ пресс-сулууспатын салайан баран астаапкаҕа тахсыбыт Станислав ПЛАТОНОВ,    Ил Дархан көмөлөһөөччүтүн оруолугар тахсан киэҥ эйгэҕэ  сүрэхтэннэ. Киирии-түмүк тылы кини таһаарда.

СӨ Баһылыгын дьаһалтатын   уонна Правительствотын   пресс-сулууспатын салайааччыта  Семен ДЬЯЧКОВСКАЙ тоҕо эрэ көстүбэтэ. Икки үлэһиппин ыыппытым да сөп диэбит  быһыылаах.

Кырыыбалыы дьону кыйа олоппоско,  Дархан күлүк  сүбэһитэ Алексей БЕРЕЗОВСКАЙ  үөмэн  үктэнэн киирэн, чөкөччү олорон оргууй дьону одууласта. Cүбэһит арахсыспат аргыһа "Сахамедиа" генеральнай дириэктэрэ Кирилл АЛЕКСЕЕВ көстүбэт. Кэтэх эрээккэ Бэчээт департаменын салайааччыта Афанасий ЕГОРОВ дьоһуннанан олбохтонно. Олортон ураты  улахан тойон-хотун дьон хараҕын аалбата.

***

Бастатан туран, Арктика зонатыгар Саха сирин эбии аҕыс улууһу киллэрэр үлэ, кэпсэтии ханна-туохха тиийдэ диэн ыйытыы бэрилиннэ. Санаттахха, Саха сирин биэс эрэ улууһа Уһук хоту сытар – Арктическай статустаах, оттон олору  кытары кэккэлэһэ сытар улуустар тоҕо эрэ Арктика зонатыгар киллэриллибэтэхтэр.

Россия Арктиканы баһылыыр былаана бары өттүттэн сокуонунан хайылыннаҕына эрэ, хотугу сир олоҕо, киһитэ-сүөһүтэ, айылҕата харысхаллаах  буолара сэрэйиллэр. Бу сылы супту Арктика сайдыытыгар аналлаах улахан мунньах, киэҥ кэпсэтии бөҕө тэрилиннэ.  Дьокуускайга Хотугу форум ХII Генеральнай ассамблеята ыытыллыбыта,  Федерация сүбэтигэр РФ Правительствотын вице-премьера Дмитрий РОГОЗИН салалтатынан  Арктика уонна Антарктика экспертнэй сүбэтин мунньаҕа тэриллибитэ,  Вячеслав ШТЫРОВ Эспертнэй сүбэни мунньубута,  ФС салайааччыта Валентина МАТВИЕНКО Дьокуускайга кэлэн хотугу сир сайдыытыгар аналлаах федеральнай сокуон барылын дьүүллэспитэ - баһаам тэрээһин барда.  

Арктика зонатыгар ханнык регион, оройуон киириэн сөбүн чопчу быһаарар сокуон  ханна да  суох. Арктикаҕа киһи олоҕун хаачыстыбатын сыаналыыр индикатор эмиэ суох. Бу боппуруоһу республика көҕүлээн,  эттэһэн-эллэһэн,  аан дойдутааҕы Арктическай Сүбэҕэ кытары тиэрдибитэ – улахан ситиһии. Проблемаҕа болҕомто тардылынна, билигин үөрэтии уонна быһаарыы түһүмэҕэ барыахтаах.

РФ Экономическай сайдыытын министиэристибэтэ   2016 сыл  алтынньытыгар диэри,  Арктика зонатыгар киириэхтээх оройуон хайдах-туох ирдэбилгэ эппиэттиэхтээҕин чопчулуохтаах  уонна РФ Правительствотын аатыттан сокуон барылын оҥорон, Госдумаҕа киллэриэхтээх диэн Ил Дархан кэпсээтэ.  Оччотугар Саха сирин 13 улууһа, сокуонунан мэктиэлэнэн, дьэ  дьиҥнээхтик Арктика зонатыгар киириэх этэ.

***

Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга туһуламмыт сокуону суруналыыстар сурастылар. Элбэх кэпсэтии, дьүүллэһии таҕыста, дьон миэстэтигэр да, правительствоҕа да этии, санаа  киллэрэ сатаата, ол ахсынньытааҕы Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар көрүллүөҕэ диэн БОРИСОВ хардарда. Сокуон - тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр үп көдьүүстээхтик туһанылларын ситиһиэхтээх, ол сүрүн сорук  диэн буолла.

***

Энергетиканы сайыннарыы чааһыгар,  Дархан,  күнүнэн иитиллэр энергетикэни, айылҕа көстүүтүн туһанан электроэнергияны сайыннарыахха наада диэтэ. Холобур, буурҕалаах Булуҥ тыалын-кууһун туһанан электроэнергия оҥорорго Дьоппуон хампаанньата контракт  түһэрсибит.

Хоту сэлээркэнэн үлэлиир дизеллэр урут 162 тыһыынча туоннаны  сиир буоллахтарына, ону кэлин аҕыйатан, аныгы технологиялары туһанан - 82 тыһыынча туоннаҕа диэри  түһэрбиттэр.  Салгыы итинтэн кэмчилиир кыах суох диэн буолла.

Өскөтүн хоту улуустар туттар уоттарын-күөстэрин дьиҥнээх сыанатыгар  таһаарар эбит буоллар, 1 киловатттара 338 солкуобайга тэҥнэһиэх  эбит. Ол уопсай суумата сылга 6 млрд солкуобайынан дайбаан тахсар. Ону республика үрдүнэн 1 киловатт сыанатын үллэрэн, тарыыбы тэҥнээн,  хоту улуустар сыаналарын республика барыта көмөлөөн төлөһөр. Хотулар хайдах да бэйэлэрэ эрэ – перекрестнай субсидированиета суох - аҥардастыы ону  уйунар кыахтара суох. СӨ Правительствота  бу боппуруоска РФ салалтатын болҕомтотун тардыбыт. Инньэ гынан, Россия Президенэ Владимир ПУТИН эһиил ахсынньы 3-гэр диэри бу боппуруоһу федеральнай таһымҥа быһааралларыгар быһаччы сорудах биэрбит. Ити биһиги дьоммут улахан ситиһиилэрэ  буолар.

***

Промышленноска олохтоох каадыры үлэлэтии боппуруоһа, сүнньүнэн быһаарыллыбыт. Алмаас хостуур промышленность үлэһитин  90-тан тахса бырыһыана олохтоох дьон. “Алын сүһүөххэ дьоммут бааллар. Ортокуга син, үөһээ менеджмеҥҥэ суохтарын кэриэтэ. Итиннэ үлэлэһиэхтээхпит” , - диэн БОРИСОВ этэр.

АЛРОСАттан атын хампаанньалар, холобур, “Сургутнефтегаз” ААО, олохтоох дьону үлэлэтэрин ордорор буолан эрэр:  Волгоградтан вахтовиктары  таһан аҕалыахтааҕар,  Ленскэйтэн, Өлүөхүмэттэн дьону ылбыт ордук барыстааҕын өйдөөбүттэр.

“Эдэр саас” хаһыат “СЫП”  (саха ыччата – промышленноска) проегын Егор Афанасьевич хайҕаата. Кырдьык, редактор Прокопий БУБЯКИН, олус  туһалаах, наадалаах проегы олоххо киллэрэн үлэлэтэ сылдьар. Саха ыччатын промышленнай тэрилтэлэргэ илдьэн хайдах-туох үлэ, идэ баарын көрдөрөр. Саха салаан көрөрүн сөбүлүүр дииллэринии, саха оҕото бэйэтэ илэ  хараҕынан, эт илиитинэн тутан-хабан идэҕэ сыстара сүүс төгүл дьайыылаах буоллаҕа.

***

Үөһээ дьааҥылар 1 гектар сири босхо түҥэтиллэр  сокуон тахсарыттан дьаахханалларын быктардылар. “Куттамматыннар, тиэрт” , - диэн Дархан улуус кэриспэдьиэнинэн дьааҥыларга илдьиттээтэ. Тыйыс сирдээх-уоттаах   Саха сиригэр биһиги куттанарбыт курдук уһун уочарат туруо суоҕа, сиргэ баҕалаахтар сымнаҕас климаттаах Приамурье диэки ымсыырыахтара диэн этилиннэ. Бастаан утаа соһуйа истибит сокуоммут,  толкуйдаан көрдөххө , оннук айылаах муннукка ыгар балаһыанньата суох  эбит диэн буолла: “Саха сирэ улахан курдугун иһин да, киһи туһанарыгар сөптөөх,  суоллаах-иистээх сирэ быдан аҕыйах”.

***

“Эрэл” пенсионнай фонда соторутааҕыта эстэн элбэх киһини аймаата. Ону билиҥҥитэ былааспыт быһаарса сылдьар диэн буолла.

“Сбербаан”  филиалларын аччаппытын, банкоматтарын аҕыйахпытын аҕыннылар. Кризис. “Сбербаан” салайааччыта ГРЕФ бизнесмен, барыстааҕын-барыһа суоҕун бэйэтэ быһаарар.

“Дороги Арктики” тэрилтэ сабыллыа дуо диэн ыйытыыга – суох диэн хардарда.

***

Илдьиккэ этиллибит “куру ыга тардыныы”,  чуолаан,  ханна көстүөй диэн ыйыттылар. “Хамнаска”  диэтэ. Эһиил бюджет үлэһиттэрэ, оһуоба чунуобунньуктар хамнастара үрдээбэт. “Олох кыра хамнастаах үлэһиттэр эрэ хамнастара үрдүө. Атыттар – суох”. Кур, дьэ, ыбылы тардыллыыһык. Ону сэргэ, сыаналаах атыылаһыы кээмэйэ биллэ түһүөхтээх.

***

Каадырдар уларыйыылара, саҥа сирэй-харах былааска элбиэ, эбиллиэ диэн буолла. 140-чэ киһи дуоһунаска ананарга субу бэлэм сылдьар эбит.

Дьокуускай куорат – ураты статустаах куорат. Билиҥҥи ааҕыынан дьокуускайдар ахсааннара 340 тыһ.  буолбут. Онон киин куорат сайдыытыгар 2014-2019 сс. 40 млрд ороскуоттаныахтаах. Бу күҥҥэ  8 млрды куорат номнуо туһаммыт.

Дьиэ-уот, социальнай тутуу сайдан иһиэхтээх. Куоракка эрэ буолбакка бүтүн республика үрдүнэн балысхан тутуу былааннанар -  600 кв. м иэннээх дьиэ тутуллуохтаах.

Дьокуускайга сахалыы үөрэнэр оскуоланы тутуу боппуруоһугар - “Айыы кыһата” тутуллуоҕа. Сотору.  Хата, мээр быыбарын саҕана  оскуола тутулуннаҕына быыбарга куоһур буолсу  дии санаатыбыт.

***

Суол-иис  тутуутугар улахан болҕомто ууруллуоҕа. Илдьит кэнниттэн Ил Түмэн пленарнай мунньаҕа  онно сөптөөх быһаарыыны ылыахтаах.

Улахан уйуктаах массыыналар федеральнай трассанан айанныылларыгар харчы төлүүр буоллулар, ол бородуукта  сыаната  үрдүүрүгэр тиэрдиэ суоҕа дуо? “Тиэрдиминэ”. Хас биирдии таһаҕас таһыллыыта туспа сыаналаах: салгынан, уунан, сиринэн.  Улахан массыыналар суолу алдьаталлар. Онон төлүүллэрэ оруннаах. Чааһынай “Платон” ХЭТ тэрилтэҕэ ол төлөбүр мунньуллан баран суол тутуутугар, оҥоруутугар  барыаҕа. Тэрилтэ бас билиититтэн тутулуга суох,  үп хамсыыр механизмын  дьэҥкэтик тэрийиэххэ  сөп.

***

ГЛУШКОНУ  СМИлэр үлбүрүйэн бүтүҥ, хас хамсаныытын барытын кэтээн-манаан кэбилииргитин тохтотуҥ  дэннэ. Үчүгэйин булан суруйуҥ диэн сүбэ-соргу иһилиннэ. Ол эрээри ГЛУШКО “үчүгэйин” булар уустук буолуохтаах дии санаатыбыт. Умса бырах, тиэрэ тарт – тупсан турара уу саарбах. Улахан үлэни оҥоро сылдьар эбит. Урусхаллыыр диэн сыыһа саныыр эбиппит...

“ГЛУШКО туох баар быһаарыыта, ууратыыта  миигин кытары сөбүлэһиллибитэ”, - диэтэ Дархан. Уонна кини бэйэтэ бэлиэр дьарыйбытын кэпсээтэ. “Кинини эрэ буолбатах, өссө 11-12 киһини”, - диэн хайыҥ охсунан сырыһыннара  быһаарда.   

Уопсайынан  ГЛУШКО бу көрсүһүүгэ бар дьон истиитигэр “Дархан киһитэ” диэн тыытыллыбат статустанна. Миниистир ити бочуоттаах ааты  иҥэрии кэнниттэн  “Дьол до 2019 года” бириэмийэ толору хаһаайына  буолар буолла.

***

“Судаарыстыбаннай тэрилтэлэр, холобур, “Комдрагмет”  арыгыны атыылыырын тохтотуохтаах диэн дьокутаат Виктор ФЕДОРОВ этэригэр сөбүлэһэҕин дуо?” – диэн,  бу Госдума быыбарыгар кыттаары уйуһуйа сылдьар Ил Түмэн дьокутаатын  Денис АДАМОВ,  Дархаҥҥа бүүс-бүтүннүү сөллүбэттии суулуу-суулуу  хаста да төхтүрүйэн уган биэрдэ.  ФЕДОРОВ Москубалыыр мандата кум-хам тутулуннаҕа буолуо ээ...

Дархаммыт  суруналыыһы улаханнык  мөхтө-эттэ,  хатыылаах  тылынан туора-маары  сотуталаата. Анарааҥҥыбыт да арахсан бэрт. Эрдэ оҥостон кэлбитин  этэн баран биирдэ тэйиэм  диэбиттии, ымаҥнаһа олорор коллегаларын  бууһа саататан, чыпчыҥныы-чыпчыҥныы   этэн-кэлэҕэйдээн биэрээхтээтэ.  Денис котоку Аҕа баһылыгы кытары өссө да “истиҥник” сэһэргэһиэҕин, микрофон таһааччы  уол кэлэн блогер тордуох тарбаҕыттан,  микрофону арааран,  төлө тутан ылан илдьэ барда.  Туораттан көрдөххө,  көрүдьүөс  соҕус хартыына буолла.  

Уопсайынан, пресс-конференциябыт тиһэҕэр тиийэн,  хайдах эрэ били,  хаһан эрэ “Мунньахсыттар” диэн “Аартык.ру” суруйуутун санатан барда. Аны, эбиитин Бэчээппит тойоно Агитычпыт мөҕүллэн хаалла.  Чэ, ол биһиги баһа-баттаҕа суох суруналыыс  аймах,  баҕар,  тугу барытын туойуохпутун сөп, бааламмат. Оттон судаарыстыбаннай СМИ баһылыга?...  Бэчээппит тойоно уһун-киэҥ пресс-конференцияҕа субардинациятын  суурайан кэбистэ быһыылаах, хамнас биэрээччитэ саҥара-быһаара олордоҕуна,  кэтэх эрээккэ туспа мунньах тэрийэн күлэн күлбүрэтэн истэҕинэ “туспа мунньаҕын” кытары көрүдүөргэ көһөрүллэ сыста.

***

Чэ, ити кыра түгэннэри аахсыбатахха, ис хоһоонноох кэпсэтии таҕыста диэн тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада).

***

Aartyk.Ru

Источник: aartyk.ru
 
Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ | Views: 1891 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 87
Ыалдьыттар (гостей): 87
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024