Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Ахсынньы » 27 » РФКП КК Бэрэссэдээтэлэ Г.А. Зюганов 2015 сыл алтынньы 17 күнүгэр РФКП КК уонна ККРК (алтынньытааҕы) кыттыгас IX пленумугар түмүк этиитэ
РФКП КК Бэрэссэдээтэлэ Г.А. Зюганов 2015 сыл алтынньы 17 күнүгэр РФКП КК уонна ККРК (алтынньытааҕы) кыттыгас IX пленумугар түмүк этиитэ
08:12
ТУРУНАН КҮҮСКЭ ҮЛЭЛЭЭТЭХПИТИНЭ ЭРЭ КЫАЙЫЫНЫ СИТИҺИЭХПИТ
РФКП КК Бэрэссэдээтэлэ Г.А. Зюганов 2015 сыл алтынньы 17 күнүгэр РФКП КК уонна ККРК (алтынньытааҕы) кыттыгас IX пленумугар түмүк этиитэ

Кыах баарынан үлэлиэххэ

Ытыктабыллаах табаарыстар! Биһиги пленуммутугар партия салайар састааба эрэ кыттар буолбатах. Биһиги манна анаан 600 киһини ыҥырдыбыт. Быыбарга эппиэттиир дьону барытын ыҥырдыбыт. Манна партия хонтуруоллуур-ревизиялыыр хамыыһыйаларын салайааччылара, чугастааҕы биир санаалаахтарбыт бэрэстэбиитэллэрэ бааллар. Саалаҕа соторутааҕыта ааспыт быыбардарга ситиһиилээхтик кыттыбыттар кытта бааллар.

Хас биирдии регион салалтата кэлэр быыбарга бэлэмнэнэр үлэни уталыппакка саҕалыахтаах. Алларааттан үөһээҥҥэ диэри быыбар хампаанньатын ыытарга чуокай былаан баар буолуохтаах. Итиннэ сорудахтары Киин Кэмитиэт бары отделлара, сулууспалара ылыахтара. Кэлэр нэдиэлэттэн бу үлэҕэ ылсыбатахпытына кимҥэ да үҥсэргиир, үҥсэр кыахпыт суох буолуо.

Биир биллэр киинэ геройа ыйытар: «Эһиэхэ оһол, дэҥ тахсыбыта дуо?». Тахсыбатаҕын истэн баран бэрт эрэллээхтик «Ол аата тахсыаҕа!» диэбит. Биһиги дойдубутугар буола турар быһыы-майгы оруобуна итинник. Российскай Федерацияҕа буолар быыбары көрөн олорон, норуокка бу дьиҥнээх омсолоох оһол, дэҥ түгэнэ диэн санааҕа кэлэҕин. Ол гынан баран, кэлиҥҥи быыбар хампаанньаларыгар «былаас партията» оһоллонор түгэннэрэ таҕыстылар.
Новосибирскайга, Иркутскайга уонна регион, муниципалитет таһымнарыгар буолбут быыбардарга биһиги бэрэстэбиитэллэрбит кыайбыттара барыбыт ситиһиибит буолар. Бу чэпчэкитэ суох быһыыга-майгыга кыайыыны ситиһэргэ бары усулуобуйаны хааччыйбыт, үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит бары дьоммутугар Киин Кэмититэт аатыттан махтанабыт уонна кинилэр бастыҥ уоппуттарын туһаныахпыт, кинилэртэн үөрэниэхпит диэн этэбит.

Кэлэр быыбардарга үлэбитигэр ситиһии сүрүн күлүүһэ баар кыахпытын барытын туһаннпхпытына эрэ буоларын бары өйдүөхтээхпит. Бэйэ уокуругар, хас биирдии быыбар учаастагар бэйэни харыстаммат күүстээх үлэ күүтэр.

Хас биирдии кандидат бэйэтин штабын кытта түмүк туһугар үлэлиэхтээх. Эһигини хас биирдии быыбардааччы сирэй
көрөн билэр, этэр тылгытын истэр, ис санаатынан ылынар эрэ буоллаҕына, ситиһии баар буолуо.

Калмыкияттан биһиги бойобуой табаарыспыт, ис киирбэх Балаклеец Валентина Ивановнаттан, бачча уустук кэмҥэ быыбарга хайдах үрдүк көрдөрүүнү ситиспиттэрин интэриэһиргээн ыйыттым. «Сэкириэтэ боростуой. Кылаабынайа – хас биирдии быыбардааччыга тиийиэххэ наада. Хаһыатынан, листовканы тарҕатан эрэ буолбакка, сирэй тиийэн утары көрөн туран кэпсэтэн. Иккиһинэн, куоластааһын күнүгэр биһиги оппоненнарбыт ол-бу киириилэрин-тахсыыларын бопсор сыалынан бигэ, көдьүүстээх хонтуруолу олохтооһун буолар» диэтэ. Бу тыллары кытта сөпсөспөт буоларбыт сатаммат.

Ааспыт сылга Москва быыбарыгар В.Ф. Рашкин уонна А.Е. Клычков хайдах ситиһиилэммиттэрэй? РФКП чуолкай хотторорун, Мосгордумаҕа банкирдар, чиновниктар уонна биллиилээх эрэ дьон ааһалларыгар сабаҕалааһын элбэх этэ. Столица партийнай актыыба итинник билгэлээһини кытта сөпсөспөккө, үлэни күүскэ тэрийэн киирсибитэ. Актыбыыстарбыт кэккэ дьаһаллары ыыппыттара, сылдьыллыахтаах сирдэри барытын кэрийбиттэрэ. Бу үлэни барытын И.И. Мельников салайбыта. Түмүккэ үс депутат оннугар биэс депутаттаммыппыт. Столица уон икки быыбардыыр уокуругар партия сүүрбэттэн тахса бырыһыаны ылбыта!

Быыбар иннинээҕи уустук кэмҥэ үлэлиирбитигэр кимҥэ даҕаны бэйэни уоскутунар, албыннанар санаа суох буолуохтаах. Дьон дьиҥ ис санаатыгар сөп түбэһэр идеялардаахпыт. Новосибирскайга А.Е. Локоть «Үчүгэйи харыстыаҕыҥ – ордугу оҥоруоҕуҥ!» лозунунан салайтарбыта. Иркутскай быыбарыгар С.Г. Левченко итиннэ «Хас биирдиигитин истэбин!» диэн эбэн биэрбитэ. Кини бэйэтин диэки буолааччылары уонна утарсааччыларын да кытта толкуйдаах көрсүһүүлэри ыытан, хас биирдии саныыр санаалаах, дойдутун туһугар дьиҥ ыалдьар киһи туох диирин, туохха баҕарарын истибитэ, кэпсэппитэ. Ол быыбар иккис түһүмэҕэр сөптөөх түмүгү биэрбитэ.

Уустук кэм кэллэ

Бу кэмҥэ сүрүн кутталынан капитализм кыайан туоратыллыбат уонна өссө дириҥээн иһэр ситимнээх кризиһэ буолар. Киһи аймахха саҥа эпоха саҕаламмытын бары дириҥник өйдүөхпүтүн наада. Бу кэмҥэ дьаарханар өрүттэр ханныктарый? Америка Холбоһуктаах Штаттара аан дойдуга бастакы уонна улуу держава буолар балаһыанньатын сүтэрэн эрэр да, онтун билиммэт. Былааннара олоххо киирэр туолар кыахтарыттан аастылар. АХШ салайар эргимтэтэ, ЦРУ, Голливуд, «Си-эн-эн» уонна Бүтүн Аан дойдуну хабар ооҕуй оҕус илимэ-интернет дьону истигэн оҥорор уонна албынныыр кыахтара улам
мөлтөөн иһэр. Ол иһин дьаныһан туран саҥа стратегияны толкуйдаан оҥорон олоххо киллэрэ сатыыллар, ол биһиги дойдубутугар аһары кутталлаах. Чуолаан ити туһунан «Новое оружие глобалистов» диэн саҥа үлэбэр кэпсии сатаатым.

Буола турар саҥа сабыытыйалар ис хоһоонноро НАТО илин диэки кэҥээн иһэринээҕэр уустуктар. В.В. Путин ООН-ҥа оҥорбут, биһиэхэ ытарчаҕа ылларар куттал баар диэбит этиитигэр болҕомтоҕутун ууруҥ. АХШ Атлантикаҕа уоннап Тихэй Акыйаан регионугар саҥа эргиэн-экономическай холбоһуктары тэрийэр. Балартан бастакыга – Россия киллэриллибэт, иккискэ – Китай. АХШ сабыылаах мунньахтарыгар туох баар оҥоһуллар бородууксуйа хаачыстыбатын Евросоюз уонна Азия дойдуларын үгүстэрин экономиката бүүс бүтүннүү кинилэртэн тутулуктанар гына, саҥа стандартарын толкуйдаан таһаардылар.

Америка Холбоһуктаах Штаттара хайы үйэ ньиэп уонна газ аан дойдутааҕы саппааһын аҥарын ороскуоттаатылар. Кинилэр Ближнэй Восток, Хотугу Африка норуоттарын олохторун айгыраттылар. Кинилэр трнаснациональнай корпорациялара үп, сырье, табаар киириитин-тахсыытын хонтуруоллууллар, научнай-техническай прогресс сайдыытыгар искусственнай харгыстары оҥороллор. Америка банкирдара тугунан да хааччыллыбат кумааҕы харчыны бэчээттии олороллор. Үс триллион доллары бэчээттээтилэр да, кризиһи кыайбатылар.

Билигин Вашингтон саҥа хардыыны оҥорор. Америка олохтообут стандартарын тутуспатах Европа фирмаларыгар накаастабылы туттар саҥа быраабыланы киллэрдилэр. Итини кытта Европа сөпсөспөтө. Германияҕа сүүрбэ сыл устата аан бастаан сүүһүнэн тыһыынча киһи бырачыас акциятыгар таҕыста. Дьон Америка дьаһайар сирэ-уота, үптэрэ-экономикалара киниттэн тутулуктанар буолбуттарын өйдөөтө. Оннооҕор «Фольксваген» курдук массыына модун корпорацията кыайан мүччүрүйбэт хапкааныгар түбэстэ.

Биһиги дойдубутугар сыһыаннаан эттэххэ, балаһыанньа уустугуран иһиэ. Билиҥҥи Россия сүрүн иэдээнэ – оҥорон таһаарыыны уонна киһи кыахтарын сайыннарыыны мэктиэлиир национальнай стратегия суох. Дойдуга хаһан да буолбатах социальнай тэҥэ суох буолуу сыллата үрдээн иһэр. Россияҕа биирдиилээн баайдар уон бырыһыаннара национальнай баай-дуол 87 бырыһыанын бас билэллэр! Маннык иэдээннээх хайдыһыы улаатан иһэр. Нэһилиэнньэ дьадайар. Итини тэҥэ кэлиҥҥи уон сыл устата Россия миллиардердарын ахсаана уон төгүл кэриҥэ үрдээтэ!

Кадрдарга дьиҥнээх кризис. Көрүҥ ээ, билиҥҥи салайааччылар “солбуйааччыларын ыскамыайкатыгар” кимнээх олороллорун. Дьиҥин ыллахха, үп-экономическай, социальнай блоктарга кими да эрэнэн олордор дьонноро суохтар.

Саҥа анааһыннар салалта ыытар куурса уларыйбатын көрдөрөр. Ол түмүгэр дойду экономическай, социальнай, научнай-техническэй сайдыыта кыаҕа уонна эппиэтинэһэ суох салайааччылар илиилэригэр баар. Ол дьон Россияҕа туора политиканы ыыта олороллор. Ол иһин биһиги гражданнарбытыгар Аҕа дойдубутугар буола турар кризис соҥнонуллубут, оҥоһуу кризис буоларын дьоҥҥо бигэтик өйдөтүөххэ, быһаарыахха наада.

РФКП ыйар суола – саҥардыллыбыт социализм

Россия салалтата муннукка ыгыллыыттан тахсар ханнык да суолу тобулбата. Оттон биһиги партиябыт ол суолу тобулла.

Биһиги програмнай ыйыыларбыт чаҕылхай публицистика көрүҥнээхтэр уонна политическай пропаганда ис хоһоонноохтор. Россия ресурсата суох дииллэрэ сымыйа. Кризиһи туоруурга, онтон тахсарга туох барыта баар. Дойдубут хара буор, уу уонна ойуур аан дойдуга биллэр, бөдөҥ саппааһын бас билэр. Ити өттүттэн көрдөххө дойдубут инники кэскилэ сүҥкэн. Дьоҥҥо, киһиэхэ сыһыаннаан эттэххэ, ресурсабыт эмиэ сүҥкэн. Дьэ ол гынан баран бастыҥ учуонайдарбыт, кыахтаах специалистарбыт дойду тас өттүгэр үлэлииргэ күһэллэллэр. Кинилэри түргэнник дойдуларыгар төннөрүөххэ, үлэлиир усулуобуйаларын тэрийиэххэ, итиэннэ сотору кэминэн муҥутуур экономическай көдьүүһү ылбат буолуохпут дуо!

Дьоҥҥо быһаарыахха, политическай утуйаан туругуттан төһө кыалларынан түргэнник тахсыахха наада диэн. Ким да кинилэр оннуларыгар дойду масштабыгар олоҕу үтүө өттүгэр тосту уларытыа суоҕа. Утуйааннаан бүтүөххэ. Дьону таах олорон биэрбэккэ, туруҥ, туруорсуҥ, саҥарыҥ диэххэ. Биһиги партия буоларбыт быһыытынан биһиги улахан историческай эппиэтинэһи сүгэбит. Тосту уларыйыылар буолбатахтарына, сайдыы түргэн суолун тобулбатахха, дойдубут саамай алдьатыылаах содуллаах Украинаҕа тахсыбыт курдук быһыыга-майгыга тиийиэн сөп.

Ол иһин, биир өттүттэн, уопсастыбаны кытта киэҥ хардарыта кэпсэтиини ыытыахха, атын өттүттэн – утумнаахтык уонна бигэтик бэйэбит программабытын олоххо киллэриэхпитин наада. Медведев Бырабыыталыстыбата дойдуну, норуот олоҕун таҥнары түһүүгэ тиэрдибит балаһыанньатын тулуйар кыах ааста диэн дьоҥҥо тиэрдиэххэ наада.

Билиҥҥи кэмнээҕи үп-экономическай политика салгыы ыытылыннаҕына, нэһилиэнньэ салгыы уонна түргэнник дьадайыа, таҥнары түһүө. Бырабыыталыстыба аһары үрдүк дохуокка нолуогу олохтууру аккаастаата. Ол гынан баран Бырабыыталыстыба биэнсийэ сааһын үрдэтэргэ уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэрин гражданнарга толору сүктэрэргэ бэлэм. Дойду аҥара ыйга

ортотунан 15 тыһыынча солкуобайга олорор усулуобуйатыгар итинник олох табыллыбат. Ити да харчы кэлиҥҥи сылга суолтата икки төгүл түстэ.
Ньиэби уонна гаhы атыылааһынтан киирэр дохуокка сыһыаннаан эттэххэ, Бырабыыталыстыба уон сыл устата итинтэн 2 триллион доллары ылбыта да, экономикаҕа ол угуллубата. Валюта саппааһын улахан аҥара сыыр-мыыр туттулунна, 600 миллиард доллартан 250 миллиарда хайы үйэ ороскуоттанна. Субу кэмҥэ экономика бары салааларыгар балаһыанньа өссө иэдэйдэ. Өскөтүн эһиги саҥа бюджет бырайыагын көрдөххүтүнэ, судаарыстыба 12,5 триллион иэстээх. Бу иэһи хааччыйарга 500 тахса миллиарды ороскуоттуохха наада. Бу үлүгэрдээх суума – регионнарга барыахтаах трансфертар саҕа кээмэйдээх. Үөрэхтээһин уонна доруобуйа харыстабылын бары ороскуоттарынааҕар элбэх харчы.

2014 сылга кыраныысса таһыгар хапытаал барыыта 150 миллиард доллары аһарда. Итинник дьаһана олордоххо дойдуга хантан кэлэн харчы баар буолуой? Бырабыыталыстыба бэрэстэбиитэллэригэр эһиги валютаны сүрүннүүр эбээһинэстээххит диэн хаста да эппитим, быһаара сатаабытым. Кинилэр эппиэтинэһи ылартан куотуна сылдьаллар, тоҕо диэтэххэ оннук дьаһаллар Россия олигархтарын хармааныгар охсуо турдаҕа. Бу сүүрбэттэн тахса сыл салҕана турар быһыы-майгы. Дойдубутун саҥаттан саҥа таҥнары түһүүгэ илдьэн иһэллэр: 1993 сылга парламены ытыалааһынтан 1998 сыл дефолтугар, 2008 сыл кризиһигэр уонна 2014-2015 сыллардааҕы күүстээх таҥнары түһүүгэ.

Маннык балаһыанньаттан тахсар суол баар дуо? “Тахсар суол баар!” диэн биһиги эрэллээхтик этэбит. Ол хаҥас диэки кииннэммит курс уонна саҥардыллыбыт социализм. Атын барыйааннар бары ыһыллыыга тиэрдиэхтэрэ. Ону өйдүөххэ уонна бигэтик ылыныахха наада.
Саҥардыллыбыт социализм – биһиги талан ылбыт историческай суолбут. Бу ыктарыыттан, ыһыллыыттан-тоҕуллууттан тахсар дьиҥнээх суол. Маны биһиги теоретическай өттүнэн дириҥник өйдүөхтээхпит уонна ылыныахтаахпыт. Ити чааһыгар партия эдэр кадрдарын кытта Д.Г. Новиков салайааччылаах КК Политическай үөрэҕин киинэ айымньылаахтык үлэлиир. Партия эдэр, аныгылыы өйдөөх-санаалаах, талааннаах, дьоҕурдаах, көдьүүстээхтик үлэлиир кыахтаах дьоннордоох.

Аҕа дойдуну быыһыырга хардыылар

Ытыктабыллаах табаарыстар! Дойдуга бүрүүкээбит кризиһи кыайар туһугар уталыппакка биэс хардыыны оҥоруохтаахпыт.

Бастакы хардыы: дойдубут сайдыытын программатын олоххо киллэрии. Биһиги маннык программаны оҥорон киллэрдибит. Хас биирдии пууҥҥа сокуону оҥорор көҕүлээһин бырайыактара оҥоһулуннулар. Бу киллэрэр этиилэрбит олоххо киирэллэрин ситиһии – биһиги сорукпут буолар.

Иккис хардыы: Россияҕа норуот итэҕэйэр Бырабыыталыстыбата баар буолуохтаах. Биир да партия дойдуну кризис оборчотуттан соҕотоҕун таһаарар кыаҕа суох. Үлэҕэ төһө кыалларынан элбэх чиэһинэй, киэҥ билиилээх, профессиональнай специалистары тардыахха наада. Биһиги сорох табаарыстарбыт бу идеяны миэстэтигэр ситиһиилээхтик олоххо киллэрэллэр. Сүрүннээн бу идеяны дьоҥҥо быһааран, өйдөтөн, Сергей Георгиевич Левченко элбэх киһи өйөбүлүн ылбыта.

Үһүс хардыы: олигархтар бас билиилэрин национализациялааһын. Инньэ гымматахха дойду тутуһан иһэр бу иэдээннээх курсун уларытар уонна промышленноһы сөргүтэр кыаллыа суоҕа. Национализациялааһыны ыытарга норуот киэҥ, дьиҥ өйөбүлэ наада. Дьэ манна Норуот референдумун ыытыы боппуруоһа туран кэлэр. Сотору кэминэн дьону ордук туох боппуруос, кыһалҕа долгутарыгар ыйытыктары ыытыахха наада.

Төрдүс хардыы: советскай кэмнээҕи норуот былааһын тилиннэрии усулуобуйатын быһыытынан норуот хонтуруола. Россияҕа эргиллэн кэлэн 1917 сыллаахха муус устар ыйга Ленин биллэр этиитин өйдөөн кэлиҥ эрэ. Онно партия лидерэ «Былааһы - Сэбиэккэ» уонна «рабочай хонтуруол» диэн икки сүрүн тезистэри туруорбута. Дойдуну тилиннэрии, саҥардыы соруктарын быһаарыыга итинник быһаччы этии саамай сөптөөҕүн история дакаастаабытын бары бэркэ билэбит.

Бэһис хардыы: дьиҥ социальнай судаарыстыба. Ол аата хайдаҕый? Бүгүн былаас эргимтэтигэр үлэлиир, сылдьар дьон биһиги социальнай судаарыстыбаҕа олорорбут туһунан сылайбакка этинэллэр.Төрүт Сокуоммутугар итинник да суруллан турар. Ол эрээри кэлэр сыллааҕы бюджеты көрүөҕүҥ эрэ. Бюджет ороскуоттанар чааһа 510 миллиард кыччатылынна. Ханнык ыстатыйалар суоттарыгар? Социальнай программалары үбүлээһин 155 миллиард, үөрэхтээһин – 57, салгыы онтон да атын, норуот олоҕун чэпчэтэргэ туһаайыллар салаалары үбүлээһин кыччатылынна. Итиннэ туох социальнайа баарый? Баайдар, олигархтар интэриэстэрин хааччыйар, кинилэр интэриэстэрин өрө тутар, дьиҥ буржуазнай судаарыстыба. Ол иһин биһиги быыбар иннинээҕи программабыт сүрүн лозуна “Уорбакка эрэ, сайыннарыахха!”

Көҕүлээһиннэр бастакы блоктара үпкэ сыһыаннаах.

Эһиэхэ судаарыстыба харчыта-үбэ суох дииллэрин итэҕэйимэҥ, дьиҥэ оннук буолбатах. Бюджет 9 триллионтан тахса үбэ омук, сүрүннээн Америка, сыаналаах кумааҕыларыгар инвестиция быһыытынан угуллубута. Бу үлүгэрдээх үп саатар үс гыммыттан биирэ оҥорон таһаарыыга, социальнай эйгэҕэ угуллара эбитэ буоллар, төһөлөөх көдьүүстээх буолуо этэй. Ол гынан баран Бырабыыталыстыба бу тиэмэҕэ кэпсэтиэн да баҕарбат.

Прогрессивнай подоходнай нолуогу киллэрэн элбэх боппуруоһу быһаарыахха сөп. Европаҕа бу нолуок 35% –тан 53% –ҥа диэри кээмэйдээх. Америкаҕа чуут кыра. Бразилияҕа уонна Китайга 27-30%. Бырабыыталыстыбаҕа этэбит, саатар бу сыыппараларга тирэниэҕиҥ. Хааһынаҕа 4-5 триллион үп эбиллиэ этэ. Ол тирээн турар улахан кыһалҕалары, проблемалары быһаарарга кыах биэриэ этэ.

Норуот предприятиелара. Бу тиэмэҕэ аҕыйаҕа суох матырыйаалы бэлэмнээтибит. Москва анныгар биһиги табаарыспыт П.Н. Грудинин салайааччылаах Ленин аатынан аатырбыт совхоз үлэлиир уопутун кэпсиибит. Марий Эльгэ И.И. Казанков салалтатынан «Звениговское» холбоһук уопутун киэҥник кэпсээтибит, көрдөрдүбүт. Бу хаһаайыстыба сыллааҕы үбүн эргиирэ – 10 миллиард солкуобай, үлэһиттэрин орто хамнастара 40 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Манна бэйэлэрин биэнсийэлээхтэрин умнубаттар, өйүүллэр. Билиҥҥи уустук, ыарахан кэмнэргэ норуот предприятиелара итинник үлэлииллэр!

Дьон-сэргэ, норуот туһугар үлэлииллэр. Оттон маннык ситиһиилээх хаһаайыстыбалар хас биирдии регион аайы баар буолуохтарын сөп этэ буоллаҕа. Регионнар норуот предприятиеларын уопутун өйүүр уонна тарҕатар соругу бэйэлэригэр туруорунуохтарын наада. Саамай уһук, түҥкэтэх сытар дэриэбинэ олохтоохторо олоҕу үтүө өттүгэр уларытыахха сөбүн көрдөхтөрүнэ, биллэхтэринэ, кинилэргэ да эрэл кыыма саҕыллыа.

Үөрэхтээһин. Иван Иванович Мельников үөрэхтээһин туһунан сокуон саҥардыллыбыт бырайыага бэлэмин туһунан биллэрдэ. Тохсунньуга-олунньуга бырайыагы Думаҕа киллэриэхпит.

Доруобуйа харыстабыла. Биһиги бу эйгэҕэ бюджет ороскуотун икки төгүл улаатыннарарга туруорсабыт. Биһиги күүстээх кириитикэбит кэнниттэн ити сыалга 40 миллиард солкуобайы син эптилэр. Ити даҕаны бу салааҕа баар сытыы проблеманы быһаарар кыаҕа суох. Медицинаҕа балаһыанньа олус ыарахан, онон үбүлээһини өссө эбиэххэ наада.

Муҥнаах-таҥнаах ОДьКХ. Биһиги тезиспит – кыбартыыра иһин төлөбүр дьиэ кэргэн кыттыгас дохуотун 10% -тан ордуо суохтаах. Ити дьиҥинэн кыаллар боппуруос. Хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүн туһунан эттэххэ, ороскуот 85%–нын судаарыстыба уйунара, хаалбыт 15%-ны гражданнар уйуналлара саамай сиэрдээх буолуо этэ. Ити гынан, 90-10 диэн үллэриигэ да биһиги сөпсөһүө этибит.

«Сэрии оҕолоро». Мөлүйүөнүнэн бэтэрээннэр биэнсийэлэрэ – 10 тыһыынча солкуобайтан кыра. Кинилэргэ кэлэр квитанцияларга хапытаалынай нолуокка балтараа тыһыынча солкуобайдаах төлөбүр ирдэнэр. Ити кэнниттэн өссө коммунальнай төлөбүргэ кырата 4 тыһыынча солкуобайы төлүөхтээх. Түмүгэр биэнсийэтиттэн ыйга олороругар 3-4 тыһыынча хаалар. Бу харчыга бэтэрээн эмп ыллаҕына, бу киһи аһыырыгар туох да хаалбат. Бу сааһын тухары судаарыстыба, дойду туһугар үлэлээн кэлбит киһи биэнсийэтэ. Кини дьиҥ олоҕо. Баай дойдуга оҕо саастарын Гитлергэ былдьаппыт дьон кырдьар саастарыгар маннык ыарахан олоххо тиийдилэр!

Биһиги “Былаас партиятыгар” санаабытын салгыы тиэрдэрбит наада. Дойду 12 мөлүйүөн биэнсийэлээхтэрэ кинилэргэ уталытыллыбакка оҥоһуллуохтаах өйөбүлү ылалларыгар кинилэри куоластатыахха наада. Оттон бүгүҥҥү күннээххэ былаас банкирдары өйүүргэ икки триллионы начаас булар, ол гынан “сэрии оҕолорун” өйүүргэ 140 мөлүйүөнү кыайан булбат. Харчы суох үһү.

Сир нолуога. Дьон бу 10 төгүл үрдээбит нолуоктан туох диэхтэрин билбэттэр. Норуокка кыһаллар дьон итинник дьаһалы ылыналлар. Биһиэхэ 41 мөлүйүөн гектар бааһына сирдэрэ эрбэһининэн саба үүнэн тураллар. Сиргэ үлэлиэн баҕарар хас биирдии киһиэхэ биирдии гектар сири биэриэххэ. Бу хайысханан үлэни ыытыаҕыҥ. Маны 40 мөлүйүөн сир, оҕуруот, саад учаастактарын бас билээччилэр уонна бэтэрээннэр сэҥээриэхтэрэ. Биһиги кинилэр тустарыгар, кинилэр интэриэстэригэр олоробут уонна үлэлиибит.

РФКП политическай репрессиялар туһунан сокуон бырайыагын аһаран кэбиһиэ суохтаах. Нууччаны, нууччалыыны, сэбиэскэйи абааһы көрөр, норуот диэнтэн киэр хайыһар, киэбирэр либераллар диэн ааттанааччылар эмиэ Солженицыны былаах оҥостоллор. Репрессияларынан киирдэхтэринэ, мин 1905 сыллааҕы событиелары, “Мин нуучча революциятын ыппытым уонна буорга көмпүтүм” диэбит Москва генерал-губернаторын санатабын. 1912 сыллаахха Ленаҕа рабочайдары ытыалааһыны, онтон да атын чахчылары, 1993 сылга диэри, санатар бырааптаахпыт. Аҕа дойдубут араас өрүттээх
историятын токурутар, онгон туһанан бүгүҥҥү күннээххэ политическай хам баттааһын акылаатын уурар олох табыллыбат.

Сүрүн сорукпут – программабыт докумуоннарыгар баар сүрүн идеябытын маассабай, тэрээһиннээх бырачыаһы уонна миэстэтигэр ыытыллар күннээҕи үлэни кытта ситимниэхтээхпит. Туох баар үлэбитин былааннаан ыытыахтаахпыт. Иннибитигэр бэлиэ күннэр элбэхтэр. Ордук улахан суолталаахтара – Улуу Октябрьскай социалистическай революция 100 сыла. Бары таһымнар депутаттарын сьеһин уонна да атын форумнары тэрийиэхтээхпит. Үлэбитин толкуйдаан, үчүгэйдик тэрийдэхпитинэ эрэ, 2016 сылга быыбар хампаанньатын ураты көдьүүстээхтик ыытыахтаахпыт. Биһиэхэ программабыт докумуоннара, уопут уонна уһулуччулаах кадрдар бааллар.
Турар соруктары бары күүспүтүн холбоон быһаарыахпыт диэн эрэнэбин. Кыайыы биһиэхэ буолуо!

Нууччалыыттан сахалыыга тылбаастаата Михаил Федорович Кугданов
Нам улууhа

 
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1578 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024