News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Тохсунньу » 23 » Таабырыннардаах поэт дьахтар (Венера айар үлэтэ)
Таабырыннардаах поэт дьахтар (Венера айар үлэтэ) | 21:46 |
Таабырыннардаах поэт дьахтар
(Венера айар үлэтэ)
Суруйааччы дьахталлар, поэт дьахталлар.
Бу тыллары иһиттэхпинэ, мин харахпар, бастатан туран, Анастасия Сыромятникова, Валентина Гаврильева, Варвара Потапова, Наталья Харлампьева дьүһүннэрэ көстөн кэлэр. Кинилэр бэриэтчиктэрин Анна Неустроеваны 2000 сыллаахха саҥа аахпытым.
Аны туран, 90-с сылларга дьахтар поэттар халҕаһалыы анньан киирбиттэрэ, чараас-халыҥ кинигэлэри сыттык анныгар ууруна сылдьан ааҕыллар буолбута. Кинилэр чугас дьүөгэлэрим кэриэтэлэр. Миэхэ эрэ кистээн ис эйгэлэрин арыйар курдуктар...
Чуортан, Чуукаартан, Василий Сивцевтэн, Рафаэль Баҕатаайыскайтан саҕалаан, учуонайдарга К.Д.Уткиҥҥа, Б.Н.Поповка, Н.Н.Тобуруокапка, Г.С.Поповаҕа – Санаайаҕа, В.С.Семеноваҕа уо.д.а. тиийэ билиһиннэрбитинэн, ырыппытынан барбыттара.
Хаһыаттарга литератураны көннөрү таптааччылар даҕаны санааларын аһаҕастык этинэллэрэ. Дөрүн-дөрүн поэт кыргыттар көрсүһүү оҥороллоро, кинигэлэрин сүрэхтииллэрэ. Оннук көрсүһүүлэри Умсуура, Сайа оҥорбуттарын Бүлүүгэ олорон истибитим. 1993 сыл от ыйыгар Дьокуускайга уоппускабар кэлэ сылдьан, Венера «Босхолонуу» диэн хоһооннорун бастакы кинигэтэ сүрэхтэниитигэр А.С.Пушкин аатынан библиотека оччотооҕу ханнык эрэ кыараҕастыҥы саалатыгар соһуччу түбэһэн сылдьыбытым. Өссө тыл эппитим.
Көрсүһүүнү иилээн-саҕалаан ыытааччы поэт Моисей Ефимов этэ. Ырытыыны Б.Н.Попов оҥорбута. Эдэр истээччилэр элбэхтэр этэ, биирдэрин да билбэтим. Власовы өйдөөн хаалбыппын.
Ити кэмтэн ылата Венера поэзиятын ханна көрдүм даҕаны ааҕан иһэр буолбутум, биири да сыыска түһэрбэккэбин. Венера Николаевна икки хоһоон кинигэлээх. Иккиһэ «Сипсиэрдэр» 1996 с. «Бичиккэ» тахсыбыта. Бастакыта «Босхолонуу» 1993 с. Сунтаарга бэчээттэммит.
Петрова Венера Николаевна – ВЕНЕРА 1995 с. СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Кэпсээннэрин, сэһэннэрин, эсселэрин
кинигэлэрин барытын киллэрэн туран тоҕус кинигэлээх. Бастакы кинигэтиттэн уратылара Дьокуускайга «Бичиккэ» тахсыбыттар.
Венера поэт быһыытынан билиниини ылбыта, үгүстэр таптаабыттара. Сорохтор кини дьикти эйгэтин өйдөөбөтөх да буолуохтарын сөп. Ол кини поэзията уустугуттан, философскайыттан. Уонна, мин санаабар, хоһоонноругар толкуйа бэрдиттэн.
Билиҥҥи кэмҥэ, киһи да күлэр, «наһаа сахатымсыйаары гынныбыт» диэн санааттан буоллаҕа, сорох этиилэрбитин үгэс курдук нууччалыы быһааран биэрдэхпитинэ сатанар. Холобур, үөһэ суруйбуппун тылбаастаатахха: «В стихах Венеры много смысловой нагрузки», - диэн буолар. Мин бэйэм, ааҕааччы быһыытынан, киһини толкуйдатар хоһооннору сөбүлүүбүн. Ырыа тылын курдук наһаа сууххай, уллуҥ суолун курдук олус боростуой хоһооннору ааҕан иһэн ханнан хаалааччыбын, кинигэм долбуурум саамай үөһэтигэр уурааччыбын.
Венера төрөөбүт, пионер-комсомол буолан өрөгөйдөөн үүнэн испит Сэбиэскэ й Сойууһа, сүбэлэтэ үөрэммит былааһа эстэн, аан талҕа буоларын саҕана хоһоон толоонугар чиҥник үктэммитэ. Мин санаабар, ыал маанытык иитиллибит соҕотох атаах оҕото мунан-тэнэн, муннукка ытыырын хата поэзия быыһаабыт быһыылаах. Тыл киниэхэ тыын укпут, тылы тылыннара сатыы сылдьан олох мөкү өттүгэр умньамматах, төһө даҕаны олох ыарахаттарын көхсүгэр сүктэр. Венера тус олоҕор кэргэнтэн арахсыы абатын-сататын, оҕону хомолтолоохтук сүтэрии иэдээнин билбит киһи...
Сахалар суругунан айымньылара сүр күүстээх, иччилээх тыллаах поэзиянан саҕаламмыта диэтэхпинэ улахан мөккүөр тахсыбата буолуо. Ама ханнык атын омуктар биһиги Алампабытын, Өксөкүлээхпитин билиммэт буолуохтарай?! Кинилэр кэннилэринээҕи да эр дьон поэттарбыт кэрэмэстэр: Ойуунускай, Арбита, Эллэй, Күннүк Уурастыырап, Тобуруокап, Кындыл, Сэмэн Данилов...
Сэбиэт былааһа эстээтин кытта эр дьон бэйиэттэрбит бөрүөлэрэ сыппыы быһыытыйбыта кистэл буолбатах. Бу саҕана, 90-с сылларга, саха поэзиятыгар саҥа сахалыы ааттаах кыргыттар
тилэх баттаһан киирбиттэрэ: Умсуура, Сайа, Сабарай Илгэ, Сандаарыйа уо.д.а. олор истэригэр бэйэтин төрөөбүтүн туһунан туоһу суругар киирбит аатын уларыппакка илдьэ сылдьар Венера диэн кыыс баара. Атын поэт кыргыттары үтүктэн сахалыы ааттамматаҕа кини атынын, үтүктээйи буолбатаҕын, дьоно сүрэхтээбит ааттарын өрө тутарын, дьонугар убаастабыллаах сыһыанын туоһулуур. Хоһооннорун кинигэлэрин даҕаны дьонноругар анаабыт.
Суруйааччылар ортолоругар Венера поэзиятын ырытааччылары күлэ-оонньуу «венерологтар» дииллэрин истэрим. Оннук дьоннортон биирдэстэрэ, боччумнаах учуонай-ырытааччы В.Б.Окорокова буолар. Кини 2002 с. «Бичиккэ» тахсыбыт «Этигэн хомус айманар тойуга» диэн кинигэтигэр уонна «Босхолонуу» диэн ыстатыйатыгар (“Сахаада”, 1995 с., ыам ыйын 18 күнэ) Венера поэзиятын ырыппытын аахпыттаахпын. Бу ыстатыйатыгар аныгы кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр баай уопуттаах ырытааччы В.Б.Окорокова Венера хоһоонноро уустуктарын билинэр: «Венера хоһоонноро, кырдьыга да, бастакы ааҕыыга уустуктар. Ол да буоллар Венера поэзията киһини умсугутар. Кини строкаларыттан, образтарыттан күүстээх, чаҕылхай поэзия үөскүүр».
Варвара Окорокова Венера поэзиятын өйүнэн айыллар поэзияҕа киллэрэр эбит. Ол эрэн философскай хоһооннор буолалларын бэлиэтиир. Ахтан ааспыт кинигэбэр маннык суруйбут: «Венера кыргыттарга эрэ буолбакка, билиҥҥи саха поэзиятыгар бүтүннүүтүгэр ураты философскай лириканы айан киллэрдэ» (121 с.). Бу үрдүк сыаналааһын. Манна даҕатан эттэххэ, Алампа уонна Өксөкүлээх Өлөксөй үрдүк философскай лирикаттан саҕалаабыттара. Онон, итиннэ сигэнэн түмүк оҥордоххо, Венера саха поэзиятын классиктарын традицияларын салҕааччынан буолара өтө көстөр.
Венера Алампаттан эрэ буолбатах, дьиҥнээх улуу философтартан эмиэ үөрэнэр философтардыы дириҥник хорутан толкуйдааһыннардаах. Ол сылдьан мэйии түгэҕэр киирэн хаалан, мунааран хаалыан сөп. Холобурунан аҕалыахха син “Олох оонньуулара” диэн хоһоону (“Босхолонуу”, Сунтаар, 1993 с., 9 с.).
Оттон олох оонньуутугар
Оонньотооччубун дуу, эбэтэр
Оонньуу эрэ оруолларын
Толоробун дуу – билбэппин...
Олох киһинэн оонньуурун олоҕор этинэн-хаанынан билбит киһи Алампа бу туһунан бастаан эппитэ биллэр. Оттон Венера ити философскай өйдөбүл туһунан өйүн сынньан-сынньан баран «билбэппин» диэн түмүктүүр. Олох оонньуутугар «оонньооччу» дуу, эбэтэр «оонньуу эрэ оруолларын толорооччу дуу» буоларын билбэт! Бу дьиҥнээх философ санаата-оноото, толкуйа: ырытан-ырытан баран дьэ чуолкайдыыр чопчу этэр кыаҕа суоҕун. Улуу философ «тугу да билбэппин дьэ кэлэн биллим» диэбитинии...
Венера поэзиятын толкуйдаан-толкуйдаан тобуллар аҥаардас өйтөн эрэ тахсар поэзияҕа мин киллэримээри гынабын. Киниэхэ этиттэрии эмиэ баар: «Манна суохха (дьиҥэ суохха)» («Сипсиэрдэр», Дьокуускай, “Бичик”, 1996 с., 4-5 с.).
Онно Суох – сурааһын,
Онно Баар – далааһын, -
Кэмэ суоҕу кэмниэҕим.
Онно олох диэн дайыы,
Онно күрэх диэн айыы, -
Иэнэ суоҕу иилиэҕим.
Манна суохха...
Бу хоһоону, дьиҥэр, барытын да аҕалыахха сөп курдук, холобур быһыытынан. Биирдэ кутуллан суруллубут хоһоон. Киһи эт мэйиитинэн айан, толкуйдаан маннык хоһоону суруйбат. Киҥкиниир киэҥ Куйаарга «ытта» сылдьыбыт, Бүппэт Улуу Куйаары кытта кутунан ситимнээх эрэ киһи маннык хоһоону суруйуон сөп. Эбэтэр, атыннык эттэххэ, Иэйии Кыыһа (Муза) сибигинэйэн биэриэн сөп.
Венера «Сипсиэрдэригэр» киирбит хоһоонноро үксүлэрэ оннуктар: «Эдэр буолан (хаһан эрэ)» (18-19 сс.), “Бүтэй бүгүҥҥүм бүтүүтэ” (15-16 сс.), “Солбуллуу” (16-17 сс.), “Сүтүмээри” (29-30 сс.), “Сарсыардааҥы” (30-31 сс.), “Эргэ Саҥа дьыл иннинэ” (31-32 сс.).
Венера бу бүтэһик ыйбыт хоһооммор этэр:
Тулабар –
Им балай,
Чугаспар –
Суох далай.
Бэлиэ суох –
Туох да суох.
Илэ суох –
Туох да суох... (32 с.).
Ол аата биһиги көрөрбүтүн көрбөт, көрө да сатаабат. Атын көстүбэт эйгэҕэ талаһарын этэ сатыыр. Ону киһи эрэ барыта өйдүө суоҕа, өйдүү да сатыа суоҕа! Тоҕотун быһаардахха маннык. Оскуолаҕа биһигиттэн биһиги тутан, амсайан көрөн билэрбитин эрэ билинэргэ үөрэппиттэрэ. Ити былыргы Греция философтара, сахатытан эттэххэ – бүтэй бөлүһүөктэрэ Аристотель уонна Демокрит Орто Дойдуга баары барытын эппит-сииммит эрэ нөҥүө билэрбит туһунан үөрэппиттэриттэн саҕаламмыта. Олорор олохпутун материяҕа – бу баарга, сознаниеҕа – санаа ыратыгар араарбыппыт. Үгүспүт бу баарга охтубут (материяҕа) – байа-тайа, дьонтон ордо сатыыбыт.
Арай Бүппэт Улуу Куйаарга санаатын күүһүнэн сылдьар Венера поэт (поэтесса диэхпин тылым тахсыбат, кэлин соҕус ону быһаарыаҕым) аска-таҥаска соччо ымсыырбат быһыылаах, билиҥҥэ диэри, бэйэтэ хаһыакка суруйбутунуу, «уларсык уйаҕа» олорор. Үллэр хамнастаах үлэҕэ даҕаны үтүрүһэн киирэ сатыыра көстүбэт. Дьиҥнээх поэт олоҕунан олорор: кимиэхэ даҕаны ымсыырбакка, көстө-биллэ сатаабакка, баай-дуол муспакка, санаабыт санаатын сатарыччы аһаҕастык суруйар да, саҥарар да. Бэйэтин хоһооннорун курдук босхоломмут дьахтар. Хоһоонноругар майгынныыр, атын кими даҕаны үтүктэ сатаабат, сулус курдук суһумнааччылары ордугургуу санаабат.
Нуучча улуу поэт дьахталлара Анна Ахматова, Марина Цветаева эмиэ оннук этилэр. Тустаах дьиэлэрэ-уоттара суоҕа, үлэлээбэтэхтэрэ даҕаны тэрилтэҕэ. Дьиҥнээх улуу үлэлэрэ Поэзия – тыл дьоро түһүлгэтэ, тылы тылыннарыы, тылга тыын угуу буоллаҕа. Поэзияны тус бэйэлэрин нөҥүө аһардаллара, онон олороллоро, сүрэхтэригэр сөҥөрдөллөрө.
Венера үрдүк өһүөлээх тэрилтэҕэ үлэлээн өйүн сыспат эрдэҕинэ хоһооннорун икки хомуурунньуктара тахсыбыттара. Онон, хоһоонноруттан даҕаны ол көстөр: улугуруу, хаһыат-плакат
тыллара хоһоонноругар суохтар. Хаарчаҕы, харыстаныыны, үтүөмсүйүүнү билбэт аһаҕас хоһооннор:
Хаҥас диэки хардыыларбын арай,
Эһиэхэ эргиттэххэ уҥа аатырыа,
Алҕас туора хаамыыларбын арай,
Эһиэхэ оҥортордоххо хайҕал буолуо.
Бүтэр уһукка диэри дьахтарбын –
Буруйдаах мин буолуом,
Айыылаах мин хаалыам.
Эстэр күҥҥэ диэри эр киһигин –
Хотуулаах эн буолуоҥ,
Кыайыылаах эн тахсыаҥ. («Айыылаах мин хаалыам», «Босхолонуу», 12 с.).
Дьахтар киһиэхэ аһаҕастык сыыһатын-халтытын суруйара, тапталын арыйара ыарахан буолар. Эрдэрэ, оҕолоро, салайааччылара ааҕаннар арааһы барытын саныахтарын сөп. Сирэй-харах да анньыахтарын сөп аҥала ааҕааччылар. Ону ол диэбэккэ, поэт дьахталлар Венера курдук аһаҕастык, сороҕор бэйэни да түһэринэ уонна кириитикэлэнэ, үгэргэнэ-хоһорҕоно суруйаллар. Биһиги поэт дьахталларбыт үгүстэрэ эрэ суохтар, арахсыбыттар. Ити икки өрүттээх: бастакытынан, наһаа аһаҕастык тапталын суруйар дьахталлартан муҥкук, кэнэн тапталлаахтара арахсыан сөп, кыайан өйдөөмүнэ; иккиһинэн, итинник дьахталларга тапталларын аһаҕастык суруйалларыгар мэһэйдэрэ суох. Ол иһин буолуо, аҥаардас дьахталлар барахсаттар таптыылларын, таптаталларын туһунан элбэхтик суруйаллар. Аһаҕастык суруйаллар, үүт турааннык олорор сис ыал ийэлэринээҕэр. Баҕар, таптатыахтарын баҕараллара бэрдиттэн эмиэ буолуон сөп. Үксүгэр хоһоон табыллыбатах тапталтан төрүүр.
Анна Ахматова «Тайны ремесла» диэн хоһооннорун дьөрбөтүн сэттис түһүмэҕэр «Эпиграмма» диэн кылгас буолан баран иһэ истээх:
Могла ли Биче словно Дант твердить,
Или Лаура жар любви восславить?
Я научила женщин говорить…
Но, Боже, как их замолчать заставить!
(Анна Ахматова, Москва, изд-во «Правда», 1990, т.1, 280 с.).
Чахчыта даҕаны, дьахталлар айахтарын Арассыыйаҕа Анна Ахматова арыйбыта, аһаҕастык таптыылларын туһунан эттиннэр диэн. Таптал эрэ туһунан буолуо дуо?!
Анна Ахматова аһаҕастык саҥарарга алҕаабытын ылынаннар саха хоһоонньут кыргыттара 90-с сылларга саха литературатыгар күргүөмүнэн киирбиттэрэ, араас ырыаны-тойугу тардан кэбиспиттэрэ. Кимнээх киирбиттэрин инники эппитим. Хатылаабаппын. Олору кытта билигин умнууга умсубут кыргыттар да бааллара. Ол араас биричиинэнэн буолуон сөп, булгуччу «талаана суохтарыттан» диэн буолбатах. Харчылара кырыымчыгыттан, кыайан бэчээттэммэттэриттэн эмиэ буолуон сөп. Эдэр автордары кытта үлэ икки сойууска иккиэннэригэр тэҥҥэ барбат. Кинигэ таһаарыыга көмөлөһүү «эриэхэлэрдээх», ким күлэ-үөрэ көрүллэриттэн тутулуктаах. Холобур, биллэр поэт, суруйааччы Венераҕа бэчээттэнэ илик кинигэлэрэ элбэхтэр. «Соркуойдаммыт» сыттаах-сымардаах кинигэлэрэ дириҥ ис хоһоонноох, чахчы талааннаах кинигэлэринээҕэр эрдэ бэчээттэнэн билигин сыттара да суох, хамаҕатык удамыр сыанаҕа бара охсубуттара. Оттон аатын ааттатыах, талаанын толору куппут кинигэлэрэ остуолун дьааһыгын түгэҕэр үтүрүллэ сыталлар...
Айылҕаттан айдарыылаах Сайыына диэн дьахтарга «талааннарын арыттара-арыттаралар» дьахтар аймах хаһыаттары-сурунааллары, тэллэй курдук хоточчу үүнэн тахсыбыт кинигэ кыһаларын атаакалаабыттара аҕай. Ити эмиэ 90-с сылларга этэ, билигин даҕаны ол баала тохтуу илик.
Улуу Ахматова өтө да көрөөхтөөбүт эбит! Эпиграмматын 1958 с. суруйбута эбээт. Ол эрэн суруйалларын бобуу суолугар туруу сыыһа. Барытын ааҕааччы бэйэтэ быһаарар...
«Уларыта тутуу» архытыактардара устуоруйа билигин дуоктара, акадыамык А.Н.Яковлев «интэриэһинэй кэмҥэ олоробут»
диэбитэ 90-с сыллар саҕаланыыларыгар. Чахчыта даҕаны урут буолбатах кэмнэр кэлбиттэрэ, тас ыһыллыы-тоҕуллуу, алдьаныы-кээһэнии бириэмэтигэр, саха дьахталлара күүстэнэн-күдэхтэнэн турбуттара, иитиллэ сылдьыбыт ис кыахтара тоҕо тэбэн тахсыбыта. Бэлиитикэ уонна поэзия муоһатын эрчимнээх илиилэринэн тута түспүттэрэ.
Бэлиитик дьахталлары ахтан ааһар эмиэ тоҕоостоох: З.А.Корнилованы, У.А.Винокурованы, Е.С.Никитинаны, А.И.Поисееваны, А.А.Божедонованы уо.д.а. Бэлиитиктэри тоҕо ахтыбыппын аллара быһаарыаҕым.
Биһиги республикабыт улугурбутун уһугуннарбыттара, бэлиитикэҕэ тыын угар саҥа хааны куппуттара. Поэт кыргыттарга көмө-ама буолбуттара. Чуолаан, Ульяна Винокурова.
Саха омук дьылҕатыгар дьахтар аймах быраман былыргыттан улууканнаах оруоллааҕын биһиги улуу олоҥхобутуттан даҕаны көрөбүт. Өлөр-тиллэр быһаарыллар былдьаһыктаах кэмигэр бухатыырдарбытыгар көмөҕө кэлэр этилэр удаҕаттар, ойууттар олоҥхоҕо ахтыллыбаттар даҕаны.
Олоҥхо Бухатыырын саха норуотун курдук өйдүүр эбит буоллахха, ол норуоппутун былдьаһыктаах кэмигэр быыһааччынан буолар эбит дьахтар аймах, Удаҕаннарынан сирэйдээн.
Удаҕаттар курдук ис туруга чөл, күүстээх куттаах-сүрдээх, сүргэтэ тостубат саха поэт дьахталлара хоһоон толоонугар куттал үөскээбитигэр быыһыы күргүөмүнэн киирбиттэрэ булгуччу буолуохтаах көстүү эбит. Олоҥхобут барахсан ону даҕаны өтө көрөөхтөөбүт.
Оттон поэзия муоһатын сымнаппыт, пегастарын дьаалатынан ыыта сыспыт эр дьон поэттарбыт соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолбуттара. Бырабыыталыстыба уурааҕынан дьахталлар хоһоон суруйалларын бопторботохторугар махтал.
Түмүктээн эттэххэ, саха улугура сыспыт поэзиятын кыргыттар соһутан уһугуннарбыттара, саҥа ыраас хааны куппуттара. Биир тылынан, кэһиэҕирбит куолаһын чөллөрүппүттэрэ.
Оннук кыргыттартан биирдэстэрэ Сайа «Тыллыы» (Дьокуускай, “Бичик”, 2002 с., 32 с.) диэн кинигэтигэр киирбит хоһоонугар поэт кыргыттары хомуска холуур:
Урааҥхай ууһа
Охсон кэбиспит
Уйан хомуһунуу
Хоҥкунуу туойдулар
Хоһоонньут кыргыттар.
Венера хоһоонньут быһыытынан куолаһа, кырдьык, хомус тыаһын санатар. Биһиги билэ илик эйгэбититтэн, Бүппэт Улуу Куйаартан ыһыллыбат ытык ситимнээх. Хомус тыаһын иһиттэххэ курдук, хоһооннорун аахтаххына ханна эрэ көҥүл сиргэ көтөҕүн. Хомус тыаһа эйигин босхолуурун курдук босхолоноҕун. «Босхолонуу» кинигэтэ киһи уйулҕатыгар оннук дьайар. Венера саҥа саҕахтарга эйигин сирдиир:
Сабыы нөҥүө саҥа саҕах баарын
Санаабынан өтө көрөбүн,
Көҥөс көҥүл күндү күөнэ баарын
Кистэлэҥ бэлиэтинэн билэбин.
Сатамматынан хаххаламмыт
Саат хонуутун сатыы туоруубун,
Бобуулартан босхоломмут
Бэлэх биэрэгэр сирдиибин.
(«Босхолонуу», «Иирбит илэттэн» диэн хоһоонтон 53 с.).
Сымыйа сыстыбатах Венера поэт Саҥа Саҕахха, Күндү Күөнүгэр тириэрдиэн эрэнэҕин. Сирдээн иһэн сиртэн тэйэн баран, аара Мунуу Муҥугар угуоҕа диэн санаабаккын, поэт сырдык-ыраас санаатыгар тулхадыйбаттык эрэнэҕин.
«Көстүү» хоһоонугар эппитин курдук, ааҕааччы эн тускунан бар дьон маннык саныахтарын баҕараҕын:
Кини көстөр көрүҥнүүн тупсан
Күүтэр саҕаҕы көрсө сүүрбүтэ,
Кини тула хаарчахтары тумнан
Көҥүл күөҥҥэ көтө турбута.
(«Босхолонуу», «Көтүү» хоһоонтон, 53 с.).
Хаалбыт дьону Венераны кытта тэҥҥэ аһына саныыгын, өйдөрө татымын сөҕөҕүн:
Бобуу илиитигэр хаалбыттар
«Көтүү - сүтүү» дии санаабыттара,
Хаарчах билиитигэр киирбиттэр
«Көтүү - сууллуу» диэн быһаарбыттара.
(«Көтүү», 53 с.).
Венера лирическэй геройа сыылла сылдьыаҕынааҕар көтүүнү («күдэҥҥэ көтүү» да буоллун!) ордорор:
Сууллуу, түһүү, охтуу – илэ иирии,
Ол эрэн, хайдах да син биир көтүү,
Сэрэх сүгэһэрдээх куруук сыыллыы
Оннугар ордук – күдэҥҥэ көтүү.
(«Көтүү», 53 с.).
Венера философ-поэт быһыытынан саха литературатыгар бэриэтчиттээх. Оннук поэтынан Наталья Харлампьеваны ааттыам этэ. Кини поэзияҕа Венера иннинэ киирбит киһи быһыытынан, бастакынан сарсыарданы, күнүһү, киэһэни, түүнү философскай өйдөбүлгэ көһөрбүтэ; философскай миниатюралары суруйбута; олоҕу философскайдык анаарбыта:
Олох диэн амтана биллибэт,
Биирдэ аһыы, биирдэ ньулуун,
Биирдэ кэрэ, биир дьулаан.
Күн ситимэ, хонук ситимэ,
Сыл ситимэ, үйэ ситимэ...
(“Талыллыбыт айымньылар”, I том, 296 с., Дьокуускай. «Бичик», 2003 с.).
Саха биир дириҥ өйдөөх бөлүһүөгэ, литературоведениеҕа чинчийээччитэ, тылбаасчыта Е.С.Сидоров дьиҥнээх худуоһунньук идеологиятааҕар үрдүгүн, дириҥин, киэҥин туһунан эппит «Кыһыл Ойуун трагедията» диэн ыстатыйатыгар. Ол туһунан Г.Е.Томская – Айыына “Барыта баар хоһооҥҥо” диэн кинигэтигэр киирбит «Красный Шаман: Взгляд с XXI-го века» диэн ыстатыйатыгар суруйар («Бичик», Дьокуускай, 2009 с., 102 с.).
Венера дьиҥнээх поэт быһыытынан эмиэ идеологияттан үрдүктүк турар. Кини хоһоон толоонугар 90-с сылларга киирбит буолан, кини «соцреализм» диэн суруйуу ньыматын ытарчатыгар ылларбатаҕа. Сахаҕа литература кириитикэтин культурология хараҕынан көрбүт философскай наука дуоктара, профессор, академик Б.Н.Попов: «Суруйааччыларга аһаҕастык айалларыгар туһааннаан, историческай кэм-кэрдии ылбаҕайдык ымайан хайыста», - диэн бэргэнник эппитэ бэйэтин кэмигэр. (Попов Б.Н., «Уус-уран литератураҕа саҥалыы сыһыан», Дьокуускай, «Бичик», 2001 с.).
Б.Н.Попов Венера икки кинигэтин иккиэннэрин сирийэн аахпыта уонна маннык суруйбута: «Венера бастакы кинигэтэ, «Босхолонуута», 1993 сыллаахха дойдутугар, Сунтаарга тахсыбыта. Боччумнаах хомуурунньукка араас хоһооннор дьол-соргу, таптал, таҥнарыы, олох уонна умуллуу, киһи араас моральнай-психологическай туруктарын тустарынан дириҥ, сороҕор иэҕиллэҕэс санаалардаах этилэр» (Б.Н.Попов, «Сарыал тэҥэ саҥа ырыа», «Өлүөнэ сарсыардата», 1996 с. от ыйын 25 күнэ).
Венера иккис кинигэтин «Сипсиэрдэри» Б.Н.Попов үрдүктүк сыаналаабыт эбит: «Бэлиэтиэх тустаахпын: Венера поэтесса быһыытынан ситэн-хотон, хабар тематикатынан кэҥээн, санаата-оноото салаллан, сайдан иһэрин... Поэтесса дьикти чараас иэйиилэрдээх сүрэҕин чып кистэлэҥнэрин өйдөөхтүк сааһылаан кэпсиир аһаҕас кинигэтин эһиэхэ, күндү ааҕааччыларга, бэлэх ууммут эбит...» (эмиэ ити ыстатыйаҕа).
1999 с. Рафаэль Баҕатаайыскай «Сандаарыйар сыһыыларым санаалардаах чыычаахтара» (1999 с. тохсунньу 21 күнэ, «Саха сирэ») диэн ыстатыйата тахсыбыта, онно «Босхолонуу» сүрүн уратытынан «өйтөн муҥнаныы» (горе от ума) поэтессата диэбит.
Үөһэ ахтыбыт киритиктэрим Венера суруйар ньымата, көрүүтэ-истиитэ уустугун иһин итинник сыаналыыллар. Мин санаабар, ааҕааччы Венера таһымыгар тиийдэ, өйдүүр буолла. Кини бэйэтэ айылҕаттан уустук өйдөөх, соруйан оҥорон сатыы-сатыы көрүүлэрин уустугурдар буолбатах.
Билигин тахсан эрэр поэт дьахталлар Венера поэзиятын долгунугар киирбиттэр, кини тыына иһиллэр поэттара бааллар.
Холобурдаатахха, Елизавета Мигалкина 2014 с., «Бичиккэ» тахсыбыт хоһооннорун 33 хоһоон киирбит хомуурунньугар суруйар:
... Хара далай киэҥ Куйаар
Хаҥыл тыынын иһиллии,
Халлаан устун суос-сатыы
Хаама турдум соҕотох...
(«Халлаан устун соҕотох», 2014 с., «Бичик», 29 с.).
Венера суруйууга үөрэнэ сатаабакка поэт быһыытынан эмискэ баар буолбутун билэбит. Ол эрэн, кини бэйэтэ да билбэтинэн, Марина Цветаеваттан үөрэммитэ сорох хоһоонноругар көстөн-биллэн ааһар. Марина Цветаева «Тебе – через сто лет» диэн кинигэлэригэр үксүгэр тоҕо эрэ бэчээттээбэт хоһоонноох. Ис хоһооно билигин билиммэтэххит иһин сүүс сылынан биллиэҕим, билиниэххит диэн. Ол эрээри тыыннаахпар баҕарбыт оруосабай былааччыйам сыыһын ким даҕаны бэлэхтээбэтэҕэ диир. Онтон сиэттэрэн, поэт дьахталлар уруулуу дууһалара Бүппэт Улуу Куйаарга алтыспытын түмүгэр Венера хоһоон суруйбут. Цветаева тылларын эпиграф гыммыт:
“... Розового платья никто не подарил!”.
Кыраны да эрэйэрим
Мин дьонтон,
Кыраттан эрэйдэнэрим
Олоххо.
Ол кыраны ким даҕаны
Биэрбэтэ.
Ол (киһи күлэр даҕаны)
Кырата бэрдэ.
Аахпыт киһи бу кыра хоһоонтон сиэттэрэн элбэҕи эргитэ саныан сөп. Хоһоон иһигэр элбэх санааны илдьэ сылдьар. Бэйэни элэктэнии эмиэ баар...
Бүгүн материя үйэтэ кэлэн, дьоннор оҕо эрдэхтэриттэн байа-тайа сатыыр суолга турдулар, дуоһунаска бэйэлэрин ис кыахтарын билиммэккэлэр дураһыйааччылар элбээтилэр.
Дьиктитэ баар, кып-кыраҕа баҕарар киһи баҕата төрүт туолбат. Баламат баҕалаахтарга ааннара арыллан биэрэр, кулут дууһалаах норуот “ураатыы”, айхаллыы көрсөр. Дууһатынан баай киһи өйдөөх, сөптөөх тыллары этэрин хамнаска ымсыырар хамначчыттар кумаардаан көрбөттөр. Хата, көстөн турар көлдьүн дьону айахтарын атан баран истэллэр, ис дууһаларыттан итэҕэйэллэр, ол киһи кинилэри байытыар-тайытыар, дуоһунаска дабайарыгар кирилиэс ууруоҕар.
Бу хоһоонтон сылтаан санаа үөскүүр: сахалар алыс кыра баҕалаахпыт дуу? Сирбит түгэҕэр тэпсэн олорор баайбытыттан сыччах икки эрэ бырыһыаны ыла сатаабыппыт. Аҥаарын аҕалыҥ диэтэхпитинэ хайыахтара буолла?!
Венера ити курдук хас хоһооно санааны төрөтөр, санааттан санааны саҕар. Ол да иһин бөлүһүөк өйдөөх Борис Попов «Уус-уран литератураҕа саҥалыы сыһыан» диэн кинигэтигэр суруйдаҕа: «Венера хас биирдии хоһооно мээнэҕэ тылы тылга сыһыарыыттан, дорҕоону дорҕооҥҥо дьаарыстааһынтан үөскээбэт эбит. Хас биирдии хоһооно туспа, урут эппитин хатылаабат, образтаах. Үксүгэр ол обраһа дириҥ, эҥсиилээх уонна таайтарыылаах, онтуката тылын-өһүн кэтэҕр саһан сылдьар буолар эбит». (Ахтыллыбыт кинигэҕэ 191 с., Дьокуускай, «Бичик», 2002 с.).
«Венера – это новое явление в якутской поэзии», - диэн Венераны чиэстээһиҥҥэ поэзияны хорутан үөрэппит наука дуоктара Н.Н.Тобуруокап эппитин суруналыыс Николай Харитонов дьэбэлэйдиир («На небосклоне якутской поэзии», «Республика Саха, 1995 г. 23 декабря).
Венераны ааҕааччыга билиһиннэрбит Николай Герасимов - Айталын: «Модун уоҕун мунньунан» буомнартан босхолоннун диэн алҕаабыта, «Босхолонуу» кинигэ киирии тылыгар.
Венера хоһооннорун өйдөөбөт да киһи тартаран ааҕар, ааҕартан аккаастаммат. Оннук абылыыр күүстээх. Дэлэҕэ даҕаны норуот поэта Р.Баҕатаайыскай ону чопчу ыйыа дуо: «Ылбычча өйдөммөт, уустук айымньылар. Ол эрээри, тоҕо эрэ тартаран, тугу эрэ була сатыыгын. Историческай дьиэ хайа эрэ муннугар кистэммит манньыаттары көрдөөн эрэр курдукпун». Поэт киһи уобарастаан этэр. Туттар да тыллара сыаналаахтар эбээт: «көмүс манньыаттар», «историческай дьиэ»! («Сандаарыйар
сыһыыларым санаалардаах чыычаахтара», «Саха сирэ», 1999 с. Тохсунньу 21 күнэ).
«Босхолонуу» кинигэҕэ 59 хоһоон киирбит. Бөлүһүөктүү өйдөөх-санаалаах дьахтар хоһоонноро. Авторын да билбэтэҕиҥ иһин, бу дьахтар суруйбут, уустук олохтоох эбит, кыра даҕаны көстүүнү дириҥэтэн өйдүүр, түгэҕин хаһар эбит диэҥҥин билэҕин.
Сорох автордары аахтаххына, дьахтарын, эр киһитин араарбаккын. Хайдах эрэ «Чебурашка» суруйбутун курдук буолар.
Венера хоһоонноро, Борис Поповтуу эттэххэ, өйдөөх иэйии уонна иэйиилээх өй бииргэ сылдьар буоланнар умнуллубат бигэ күүстээхтэр эбит. Онон, философскай лирикаҕа саарбахтаабакка киллэрэбин.
В.Б.Окорокова бэлиэтииринэн, «... философскай лирика диэн поэт айар ураты хайысхата, туспа суолун-ииһин көрдөрөр өрүтэ буолар» эбит.
Философскай лирика 70-с сылларга муҥутуур сайда сылдьыбыт. Ити кэмҥэ поэзияҕа киирбит Наталья Харлампьева ити сүүрээни билиҥҥэ диэри мүччү түһэрбэккэ илдьэ кэллэ. Өссө, поэт кыргыттар таба көрөллөрүн курдук, үөһэ таһаарда. Ону иилэ хабан ылбыт поэтынан Венера буолар. Атын поэт дьахталлардааҕар философияҕа кини ордук тардыһар.
Венера иккис кинигэтигэр «Сипсиэрдэргэ» санаа түһүүтэ, соҕотохсуйуу тиэмэлэрэ бааллар. Ол эрээри кини Кутурҕан Куоҕа кубулуйбат, санаа түһүүтүгэр күлүктэппэт, бөлүһүөктүү ылынан күлүктэн сырдыкка түргэнник кэлэр. Сороҕор бүрүүкээбит күлүгү күлүү гынар, элэктиир. Хоһоонноро оптимистическайдар, Варвара Потапова ааспыт үйэҕэ бэргэнник эппитинии, «мин сырдык санньыарым» диэн уоһугар мичээр төрөтүөн сөп.
Онон Венераны санаа түһүүлээх курдук саныыр олох онно суох. Нарын, уйан дууһалаах поэт дьахтар санаата хайдах түспэт буолуоҕай, тулатыгар үөрүү-көтүү суох буоллаҕына. Венера «сырдык санньыарын» трагедияҕа кубулуппат күүстээх санаалаах.
Венера тус олоҕор трагедиялардаах эрээри олус күүстээх санаатынан ону хотор, саба охсор, таһыгар биллэрбэт. Атын эйгэҕэ көтө сылдьар курдук көстөр. Хата, араас дойдуларынан айаннаан аралдьыйар. Олоххо тардыһыыта күүстээх буолан, огдолуйбут олоҕун тутатына оҥостон иһэр. Ыал быһыытынан
быр-бааччы олорор. Киниэхэ бэйэтигэр да, поэзиятыгар да национальнай герметизм – бэйэ омугунан хаарчахтаныы суох. Ол эрээри, хоһоонноругар төрүт уус саха дьахтара буолара көстөр. Сахалар барыларын курдук дууһатыгар Таҥараны кыра кылаастартан итэҕэйэр: «Таҥара – бар дьоҥҥо биир дии саныыбын», - диэбит Л.Семеноваҕа биэрбит интервьютугар («Сунтаар сонуннара», 1996 с. тохсунньу 1 күнэ).
Таҥараны итэҕэйэр киһи сырдык күүскэ итэҕэйэр. Таҥара санаа түһүүтүн таптаабат. Венера оптимист поэт буоларын туоһутунан кылгас хоһоонун барытын аҕалыым:
Күһүҥҥү күлүмтэн этэ дуу
Күлүктээх санаалар сүттүлэр,
Ол түүҥҥү уйантан этэ дуу
Алыптаах түгэннэр ситтилэр.
Күһүҥҥү чуумпуттан этэ дуу
Күүтүүлээх үгэннэр үүннүлэр,
Ол түүҥҥү бүччүмтэн этэ дуу
Таайыылаах тырымнар тыктылар.
Венера поэт быһыытынан иккис кинигэтэ тахсаатын сыаналаммыта, 1998 с. «Кыһыл көмүс таба» бириэмийэни ылбыта. «Хотугу дьэргэлгэн» диэн танкаларын бөлөҕүн иһин. Биир хоһоону аҕалан холобурдуум («Киин куорат», 2000 с., атырдьах ыйын 25 к.).
Дьүкээбил уота
Ыраас ыраахха
Ыҥырар курдуктар дии –
Чараас саҕахха
Суруллубут суруктар,
Күлүмүрдэс көөчүктэр.
Бу танкаҕа «Ыраас ыраах», «Чараас саҕах» диэн эпитеттэринэн уйаара-кэйээрэ биллибэт туундара дьүһүйүллэр. Күлүмүрдэс көөчүктэр – дьүкээбил уота, халлаан суруктара. Чахчы даҕаны,
дьүкээбил уота, киһи эттэҕинэ, өҥнөөх харандааһынан оҕо суруксуттаабытын курдук буолааччы. Сөҕөҕүн эрэ, хоту дойдуну өҥөйбөтөх Венера сөптөөхтүк суруйбутун.
Көрдөөбүт көҥүлүн туундараттан булуон ыраланар:
Туундараҕа
Көрөр тухары –
Туналҕаннаах көнө ньуур,
Истэр тухары
Иһиллээбиттии им-ньим,
Көҥүл эбиппин дьэ мин.
(Эмиэ «Киин куоракка» 26.08.2000 с.).
Туундара курдук киһи көҥүллүк көччүйэр дойдута суоҕа буолуо. Эйигин мэһэйдиир ото-маһа суох. Сахалар ону сыыска түһэриэхтэрэ дуо, өстөрүн хоһоонугар сөрүү охсубуттара эрэ баар: «Ото-маһа суох дойдуга тиийдэҕэ», - дииллэр, сорукка баран хойутаабыт киһини.
Сорохтор баҕар Венера «сүтэн хаалла» поэт быһыытынан диэхтэрэ, прозаҕа эрэ охтубут курдук сыыһа саныахтара. Хоһооннору суруйарын тохтоппот. Саҥа хоһоонноро үтүөнү эрэ өрө тутарын туоһулууллар:
Санаалыын, саҥалыын
Үтүөнү хайҕаатым,
Барытын саҥалыы
Оҥоро сатаатым.
Венера «Босхолонуу» саҕана эр киһини уонна дьахтары утарыта туруорар буоллаҕына, билиҥҥи олох аһыытын-ньулуунун билбит ийэ киһи быһыытынан, таптыыр поэтын Марина Цветаева курдук уол оҕону аһынарын суруйар:
Эр киһи буолан төрөөбүтүм.
Сылтах эрэ туһугар
Сэймэктэнэн сытаары,
Тимир хоруоп иһигэр
Тиэллэн дьиэбэр кэлээри.
Бу хоһоону аахтахпына бэйэ-бэйэлэрин кэйгэллэһэр Украина уолаттарын санаан кэлэбин. Күөх Харьковка түөрт сыл үөрэммит киһи – мин сүрэҕим хаанынан ытыыр. Оннук дьайар күүстээхтэр Венера устуруокалара. «Сылтах эрэ туһугар сэймэктэнэн сытаары» диэн уот харахха этэр.
А.Колонтай Анна Ахматова туһунан этэн турардаах: «Ахматова дала целую книгу женской души». Оттон Лариса Рейснер, тимир үйэ өттүгүгэр наганнаах кырасаабыссата суруйбута: Ахматова «вылила в искусстве все мои противоречия, которым столько лет не было выхода… Как я ей благодарна». («Книга женской души (о поэзии Анны Ахматовой)», Николай Скатов киирии ыстатыйата, Анна Ахматова, икки томнаах кинигэтигэр. Москва, «Правда», 1990 г., 5 с.).
Бу тыллары бүтүннүүтүн Венераҕа сыһыаран кини поэзиятын сыаналыахха сөп. Венера саха дьахтара аныгы үйэни үтүктэн бутуллар-ытыллар, ыллыыр-ытыыр, үчүгэйгэ тардыстан үүнэр-сайдар, үргүүк нарын, сороҕор тулуурдаах кытаанах дууһатын, ис эйгэтин кинигэлэригэр толору көрдөрбүт. Ол иһин биһиги киниэхэ махтаныах эрэ кэриҥнээхпит.
Венера кэнники хоһоонноругар гражданскай лирикаҕа киирэн эрэрэ көстөр. Сааһыран эрэр поэт дьахталларга ити баар көстүү. Өй-сүрэх түспэтийиитин, олоҕу анаарара дириҥээһин бэлиэтэ. Ол хоһооннор ааҕааччы араҥатыгар кинигэ буолан тахса иликтэр, онон бу сырыыга ырытарым эрдэ буолуоҕа.
Венераны поэт дьахтар диэтим. Поэтесса диэхпин тылым барбата. Бу тылы үгүстэр сөбүлээбэттэрин билэбин, чуолаан поэт дьахталлар, Анна Ахматоваттан саҕалаан. Поэтесса диэн «директриса», «секретарша» диэҥҥэ дорҕооно ханыылыы иһиллэр. Куосумас Куйаарыгар көтөр космонавт дьахталлары тоҕо эрэ «космонавкалар» диэбэттэр. Венера эмиэ санаатын күүһүнэн Бүппэт Улуу Куйаары кытта куустуһар, үрдүккэ көтүү өрөгөйүн билэр.
Дьахтар поэттары сорох эр дьоннор соһуйбучча «удаҕан кыргыттар» диэбиттэрэ, «удаҕан поэзията» диэн сүрэхтээбиттэрэ эрээри, кэм-кэрдии улаханнык ылымматаҕа.
Литератураҕа итинник тиэрмин кыайан олохсуйбата. Ол оруннаах. Поэт дьахталлар атын айылгылаахтар, үгүстэрэ хастыы да үрдүк үөрэхтээхтэр. Удаҕаттар оскуола үөрэҕин билиммэттэр, сиэмэх айылгылаахтар. Оннооҕор эр дьоннору – ойууттары кытары биирдэ хадьырыһан кэбиһэр күүстээхтэр...
Биирдиилээн поэт дьахталлар кыйахаммычча суоһурҕанан «удаҕаммыт, сэрэниҥ, сиэтэлиэхпитин сөп» диэбит курдук ис хоһоонноохтук туойаллар. Ол барахсаттар ис дьиҥэр оннук буолбатахтар. Дьиҥнээх удаҕаттар айылҕалара этитиитинэн сэрэппэккэ сииллэр...
Биһиги поэт дьахталларбыт Аар Айыы кыргыттара буоллахтара. Айыы Сарыала сыдьаайыытынан сылдьаллар, Иэйэхсит иҥэрэр имэҥин эттэринэн-хааннарынан билбит буоланнар сиэмэх, куурбут-хаппыт тыллары Улуу Куйаарга ыытыахтарын туттуналлар. Төттөрүтүн, иэйиини, тапталы эрэ саҕыахтарын сөп. Аан Дойду улуу күүһэ Тапталга баар. Поэт кыргыттар, дьахталлар Тапталы өрө тутан туойуохтаахтар. Орто Дойдубут дьолун төрдө Тапталга сытар. Поэт дьахталларга дьол, үөрүү, оҕолонуу туһунан хоһооннор элбэхтэр.
Сахалар ахсааммыт кэлиҥҥи кэмҥэ, статистика диэн өһөс наука этэринэн, элбээбит. Чөл доруобуйалаах оҕолор төрүүр буолбуттар. Итиннэ барытыгар поэт дьахталлар үтүөлэрэ-өҥөлөрө баар. Бэйэлэринэн холобур буолаллар: Саргы Куо, Саргылаана Спиридонова, Сандаарыйа, Елизавета Мигалкина уо.д.а. курдук элбэх оҕолоох ийэлэр.
Түмүкпүтүгэр Венерабытыгар төннүөҕүҥ. Венера Николаевна холонуу хоһооннорун 1988 с. Сунтаарын хаһыатыгар, «Ильич уоттарыгар» бэчээттэппитэ, онтон утуу-субуу 1990 сылтан саҕалаан республика бэчээтигэр биллэн-көстөн барбыта: «Сахаадаҕа», «Өлүөнэ сарсыардатыгар», «Туймаадаҕа» уо.д.а.
Венера айар үлэтин үс кэрдиис кэмҥэ аараарыахха сөп:
-холонуулар (1988-1993 сс.);
-хоһоонунан олох (1993-1999 сс.);
-проза уонна поэзия ыккардыгар (1999 сылтан саҕалаан).
Бастакы хоһоонноруттан саҕалаан Венера философ, психолог хабааннаах лирик поэтынан буолар. Тас күдээринэ көстүүттэн
искэ киирэр, арыйан оҥорор. Саарбахтааһынтан «манна суохха - атыҥҥа» дьулуһар. Уратыта манна сытар. Кини хоһоонноро тыл, санаа, уобароас уо.д.а. холбоспут кустугун курдуктар. Уларыйа сылдьар өҥнөөхтөр-дьүһүннээхтэр, айылҕа сыттаахтар. Сорох хоһооҥҥо холонооччуларга курдук, оҥоһуу сыттар (духуу, дезодорант, шампунь) сыттара суохтар. Хоһооннорун тыллара сүрэҕиттэн, саха классига эппитинии, «хаан хабан тахсыбыттар».
Венера туспа суоллаах-иистээх поэт буоларын икки кинигэтэ дакаастаата.
Венераҕа «түгэн», «кэм», «оонньуу», «күлүк» уо.д.а. тыл-уобарастар хоһоонтон хоһооҥҥо көһө сылдьалларын бэлиэтии көрдүм. Күлүүс тыллара быһыылаах диэн сэрэйдим.
Рифмаҕа тохтуур буоллахха, кини саха тылын үөрэхтээҕин быһыытынан, рифманы уонна ритмы билэрэ, туттара чуолкай. Рифмалаах, тэҥ кээмэйдээх «силлабическай» хоһооннору кытта сэргэ, олох ураты строфалаах хоһооннору айар. Эрдэтээҥҥи хоһоонноро туруору аллитерациялаах эбит. Кэлиҥҥи хоһоонноругар элбээбитэ көннөрү да көрүүгэ харахха быраҕыллар. Үксүгэр строка иһигэр дорҕооннору дьүөрэлиир эбит.
Венера неологизмнары, сонун метафоралары, эпитеттэри, соһуччу тэҥнэбиллэри эмиэ туттар.
Формаҕа көрдөөһүннэри саҕалыыр. Сахаҕа танка формата Венералыын ситимниэххэ сөп. Дьоппуоннардааҕар ураты рифмалаах, танка иһигэр дьүөрэлэһэр дорҕооннору туттар. Сахатытыппыт дии санаатым танканы.
Кэлиҥҥи хоһоонноро олох кылгастар, рифмалаахтар, үөрэ-дьүөрэ (саха ааҕааччыта сөбүлүүр!) тылынан суруллубуттар. Бу форманан, арааһа, үгүс саҥаны этииһи.
Автор бэйэтэ айбыт тыла (неологизм) холобурунан буолар «Улуу Буолуу», «Буолуу» - «бытие» диэн нууччалыы суолтаҕа туохтуурптан үөскэппит тыла. «Сүдү Түүн Хотун» - бу түүн эрэ буолбатах, туһунан сокуоннаах, кистэлэҥнээх эйгэ.
Алта уонча сонун метафораларыттан аҕыйах холобур:
«Ыйааҕым көнө ньуурун сүтэрэн
Ыйытыы бүргэстэринэн туолар»;
«Ахтылҕан хараҕынан маныырбар»;
«Сэттээх тыл сылаатыгар сыстан»;
«Сыл сылгытын ыҥыырдааммын
Ытыс саҕа ындыыламмыппар».
«Хаһан эрэ, хараҥа миигин
Хара дьай хараҕынан
Кынчарыйарга дылыта»;
«Уоруллубут иэйииттэн үөрэн
Кыһыл оҕолуу дьол төрөөбүтэ» уо.д.а.
Саха тылын дьаныһан үөрэтээччи, академик П.А.Слепцов этэринэн: «Билиҥҥи саха поэзиятын биир чаҕылхай көстүүтүнэн тылы көҥүллүк имитэн-хомутан, араастаан ханалытан, көһөрөн, хоһуйан туттуу буолар» (П.А.Слепцов «П.А.Ойунский: Взгляд через годы», Новосибирск, НИЦ, 1998 г., с.109-127).
Тылы ханалытан туттуу Венера хоһооннорун чаҕылхай көстүүтэ диэн түмүктүөхпүтүн сөп эбит.
«Сипсиэрдэргэ» барыта 110 хоһоон киирбит. Бу хомуурунньук иһигэр сорох хоһооннорго У.Уитмен, Э.Межелайтис поэзиятыгар маарынныыр хоһооннор бааллар. Мин урут оннук сабыдыалы Сиэн Кынакка уонна Иван Мигалкиҥҥа көрөр этим. Ол эрэн ону оҥон-хаһан ырыта сатаабаппын, тоҕо диэтэххэ Венера дьахтар быһыытынан ордук Марина Цветаеваҕа чугас. Ону үөһэ ахтан аһарбытым.
Саха норуодунай поэта Күннүк Уурастыырап «хоһоону ханнык баҕарар форманан суруйуохха сөп... аллитерацияҕа дуу, римфаҕа дуу олоҕуран суруллубутугар буолбатах дьыала» диэбитэ («Бэйэм туспунан», «Талыллыбыт айымньылар», I том, 12 с., Якутскай, 1977 с.).
Дьиҥэр, сахалар уруккуттан сөбүлүүр формабыт аллитерация (фоническай анафора) этэ буоллаҕа. Бу форманан суруллубут кылгас хоһооннор Венераҕа бааллара махталлаах суол.
Саха поэт кыргыттара, дьахталлара араас формалары туттан хоһоон суруйар буоллулар: Сахаайа Ермолаева рубаилары, сонеттары, моноримнары туттан суруйбут хоһоонноро суох буолтун кэннэ кинигэ буолан таҕыста. (Сахаайа «Тыыннаах ырыа», Дьокуускай, «Сайдам», 2014 с.). Сабарай Илгэ рубаилары суруйара.
Урут ырытыыларга поэттары хантан да кэлбиттэрэ биллибэт, Үөһээ Дойду дьонун курдук суруйар муода баара. Ону үтүктүмүүм. Венера төрдүн-төбөтүн хастахха маннык:
Петровтар Сунтаар Хоротуттан төрүттээхтэр. Эһэтэ Ньыйгылла Бүөтүр оччотооҕу кэмҥэ бэрт киэҥ өйдөөх, Староватов учууталга үөрэммит, нууччалыы-сахалыы ааҕар-суруйар, холкутук нууччалыы саҥарар киһи буолан суруксутунан эҥин үлэлээбит. Аҕата Николай Петрович Петров хас да кинигэ ааптара, республикаҕа биллэр селькор, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, икки «Бочуот Знага» уордьан кавалера, биллиилээх агроном, үлэһит бэрдэ киһи. Ийэтэ Мария Михайловна Федорова Сунтаар Маар Күөлүн маанылаах кыыһа, эдэр сылдьан сценаттан түспэт ырыаһыт. Кыратыттан аҕата суруксуттуурун көрөн улааппыт кыыс хоһоонтон саҕалаан билигин биллэр суруналыыс буолбутугар онон киһи соһуйбат.
Түмүктээн эттэхпинэ, саха поэт дьахталлара Сардаҥалаах Саха Сирин Саргылаах поэзиятын инники күөнүгэр иһэллэр. Поэт дьахтар бэйэтэ сөбүлүүр поэтын Василий Дедюкин киниэхэ анаабыт хоһоонун тылларынан түмүктүүбүн:
Поэтесса Венераҕа.
Сырдык-хараҥа былдьаһыктаах
ыпсыытыгар
Сыыйа сөҥөммүн,
Иччилээх дьиримир имэҥирдэр
оонньуутугар
Мин тугу көрөбүн?
Кыраман дуоллар кый
саҕахтарыгар
Кыйдаммыт эйгэлэр
Хамсыык эргиирдэрин дьолуо
аартыгар
Хат тиийэн кэлэллэр.
Ааспыт,
билиҥҥи,
кэлэр дьыллар
Аараан көҥкөлөйдөрө
Дьалыҥырар табык дуораанынан
туоланнар
Тугун сүрдэрэй?
Көһүтэр дьыҕа тыйыһын,
чураанын
Мин эрэ билбиттии,
Көрүү көрүүлэнэн,
көнчүө быраҕынан
Тугу ситиһиэмий...
Саха Туйаарыматын саймарыын
санаатынан
Саргыны салайсаҥҥын,
Өскөтүн, арай, эн
Айыы тыыҥҥынан
Үйэлээҕи айдаргын.
Балтым барахсаан,
махтаныах этэ
Бар дьонуҥ үөрэн,
Өрөгөй дьирбиитигэр
үктэммит кэриэтэ
Өрө көтөҕүллэн.
Дьолуҥ муҥ чыпчаала –
норуоккар анаммыт
Тускулгар Эрэлиҥ.
Тойуксут киһиттэн
онтон атыны
Тугу эрэйиэҥий...
Ол эрчим Эрэли, ол сырдык
Саналы
Ымыы оҥостон
Илдьэ сырыт дуу
тыыннааҕыҥ тухары
Туохтан да харыстаан.
Төһө да ыарахан
сүгэһэр ананнын
Эн намчы санныгар,
Дьэ ону барытын
уйунуох тустааххын
Бар дьонуҥ туһугар.
Оччоҕо сирдээҕи туох бары
суураллан
Суулар да күнүгэр
Эн кутуҥ Айылҕа Ийэлиин
алтыһан
Иккистээн тиллиэҕэ.
(Василий Дедюкин. «Икки чүмэчи». Дьокуускай, «Бичик», 2000, 128 с.).
Венера поэзия ходуһатыгар киирбитэ хайа сахха 22 сыл буолбут! Сонун куоластаах, элбэх ис кистэлэҥнээх, таабырыннардаах саха килбик поэт дьахтарыттан саҥа хоһоон кинигэлэрин эрэнэ, кэтэһэ хаалабыт.
хххх
Тµµ курдук чэпчэки
Санааны сырыстым,
Ситтэрбэт инники
Дьурааны батыстым.
Хас хардыым аайы мин
Манньыаты бырахтым,
Хас тµгэн кµндµтµн
Аахпакка арахтым.
Ааспытым манньыаты
Хааґа±ар хаалаата,
Хаампытым бэлиэтэ
Ханна да хаалбата.
Л.Г. Прокопьева – УЙУЛҔААНА, СР Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РФ бочуоттаах судьуйата.
|
Category: литература |
Views: 2681 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 35 Ыалдьыттар (гостей): 35 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|