Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Олунньу » 18 » Туох күн-дьыл кэллэ...
Туох күн-дьыл кэллэ...
10:00

Туох күн-дьыл кэллэ...

Туох күн-дьыл кэллэ...Четверг, 18 Февраля 2016 01:10
Национальнай политика боппуруоһун, судаарыстыба  уонна итэҕэл сыһыаннарын үөрэтээччи, федеральнай структуралар экспертэрэ, ырытааччылара, история наукатын кандидата Афанасий НИКОЛАЕВ  “Тайна происхождения саха” кинигэтэ тахсыбытын кэннэ, “Аартык.ру” былырыын саас киниттэн интервью ылан турардаах. 

Онно Россияҕа туох күн-дьыл кэллэ диэн ыйытыыга кини:


-  Тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, билигин биһиги ааспыт үйэ 30-с сыллардааҕы кэмин курдук турукка кэллибит.  Путин маннык сэрии иннинээҕи балаһыанньаҕа Сталин салайбыт суолун тутуһарыгар эрэ  тиийэр. Талара суох.  Элитэ ыраастаныыта баран  эрэр. Мин саныахпар,  национальнай республикалартан саҕалыахтара, -диэн НИКОЛАЕВ сабаҕалаабыта.

Элита ыраастааһына, бастаан, 2000 сыллартан Гусинскай, Березовскай, Ходорковскай, курдук үтүмэн үбү-харчыны тутан олорор олигархтартан саҕаламмыта. 90-с сылларга  балыырдаах  бастакы “прихватизация” кэмигэр үлүмнэспит олигархтары  биир-биир хачыгыраччы тутуталаан, кыйдаталаан баран, Путин, “бытархайдары”  “а, ручку-то, верни”  диэбит курдук муннукка  ыгыталаабыта.  

Онтон былырыын регионнар ситэриилээх былаастарын бэрэстэбиитэллэрин “ыраастаталаан” барбыта.   Сахалин губернатора Хорошавин, онтон Коми баһылыга Гайзер,  правительствотын 19 (!) чиновнигын кытары тутуллубуттара.

Бу күн бэҕэһээ Забайкалье губернатора Константин Ильковскай президени кытары көрсөн баран сарсыныгар үлэтиттэн уһулунна. Дириҥ силистээх-мутуктаах буолан, Ильковскай,  “бэйэтин баҕатынан” уурайда эрэ. Ол гынан баран, Ильковскай үрдүнээҕи халлаан өссө да хайдах киэһэриэҕэ  биллибэт. Хара былыт хаһан баҕарар саба халыйан тахсан Хорошавиннаах Гайзер дьылҕаларын кэбин кэтэрдиэн сөп. Хабаровскай кыраай зампреда Игнатович тута тутулунна, ону сэргэ икки миниистир дьылҕалара быһаарылынна. Итинник регионнартан кырата иккилии-үстүү киһи быһыта тыытыллыаҕа диэн түүйэллэр.

Элита ыраастаныыта биһиги да республикабытын таарыйыахтаах диэн сабаҕалыыллар. “Ол киһи кырата миниистир дуоһунастаах буолуохтаах уонна булгуччу саха буолуохтаах. Дьыала дьон уолуйарын курдук соһумар уонна соһуччу тэриллиэҕэ”, - диэн этэллэр. Аҕыйах ахсааннаах норуокка ити улахан содуллаах буолара саарбаҕа суох. Дьэ, бэйэ-бэйэбитин, сынньанан кэлэ-кэлэ ырыта-тырыта тыытыһа сылдьыбыппытын,  бааспытын өр саланарбытыгар диэри ыстыахтара диэн сэрэтэллэр.

Путин олус улаҕалаах өйдөөх, уһуну-киэҥи өтө көрөр улахан уордаах  улуу салайааччы буолара кэминэн көһүннэ. Аан дойду барыта дьиксинэр киһитэ бэйэтин дьиэтин иһин бэркэ сирийэн  сиппийдэҕинэ эрэ судаарыстыбатын бүтүн, тыыннаах хаалларар кыахтаах диэн этэллэр.  Улахан олгуйтан киэҥ хамыйаҕынан баһар кэмнэригэр кыра хамыйахтаахтар чачайарбыт биллэр.

Президент хаһан да, ханна да мээнэ биир да тылы ыһыктыбат. Ааспыт сырыыга улахан пресс-конференциятыгар татаардар суруналыыстара: “Биһиги Миннихановпытын ким диэн ааттыахтаахпытый – президент дуу, баһылык дуу?” – диэн ыйыппытыгар, Путин “бэйэҕит быһаарыҥ, “горшок” да диэн ааттааҥ” диэн хардарбыта. “Горшок”... Иһэ-истээх эппиэт буолбатах дуо?

Сирия сэриититтэн сылтаан Турцияны кытары сыһыаҥҥа “түүр бырааттарын” өйөөбүт Татарстан, 90-с, 2000 сыл саҕаланыыларыгар “гуманитарнай” сибээһи олохтоон Турцияҕа кэлбит-барбыт татаардар, байан-тайан, тотон-туолан бэйэлэрин туспа “оонньууларын” ыытарга холонор татаар элитэтэ “аньыылара-харалара” ааҕыллан, федеральнай киин үтэһэтигэр лабырҕаччы  анньыллан иһэр. Аны үөрэхтээһин концепциятын утарыылара эмиэ биир кыйаханыыны эппитэ саарбаҕа суох. 

Бу аҕыйах хонуктааҕыта, олунньу 13 күнүгэр,  1,5 млрд  дуоллар инвестициялаах   гааһы таҥастыыр “Аммоний”собуот аһыллыытыгар Путин Татарстаҥҥа бара сырытта, боростуой дьону кытары  көрүстэ бөҕө. Сотору ол содулун билиэхпит.  “Горшок” билиҥҥитэ салгыҥҥа тэйбэҥнии турар.

Собуот аһыллар сиэригэр-туомугар Миннихановы көрөн туран Путин “эһиэхэ маннык эбит”, “биһиэхэ маннык”... диэн этэрин истэн олорон политическай быһыыны-майгыны кэтээн көрөөччүлэр кулгаахтара туллан түһэ сыста. Биир Россия судаарыстыбатын баһылыга бэйэлээх бэйэтин оройуонугар тиийэн туран... “эһиги”-“биһиги”. Тугуй, ити аата? Путин хаһан да тылы мээнэҕэ туттубат үгэһинэн сэрэйдэххэ, национальнай боппуруос тыҥкыныыр тыҥаабыт.

Бу иннинэ Путин Курчатовскай институт ректора Пастернак хоһоонун аахпытыгар: “Ленин национальнай политиката Россия анныгар атомнай буомбаны укпута” диэн эппитин араастаан эргитии барда.

Национальнай республикалары суох оҥоруу туһунан санаа этиллибитэ ыраатта. Итинэн сиэттэрдэххэ, элита ыраастааһына национальнай республикалартан барыаҕа диэн этиини кытары сөбүлэһэргэ тиийэбит. Улахан омуктартан саҕалаан хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктарга тиийэ “чыыска” барыаҕа.

Хотугу норуоттары “чыыскалыыр” политика  Арктиканы  баһылыыр хампаанньаҕа быһаччы сибээстээх. Россияҕа туох баар аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттары ЮНЕСКО нөҥүө атын дойдулар интэриэстэригэр  туһаналлар диэн этитэлээн эрэллэр. Били,  “бэһис колонна” хотугу варианын курдук. Холобур, тас дойдулар Арктиканы былдьаһыыга төрүт  олохтоох  хотугу норуоттары туһаналлар диэн суруйуулар онно-манна быгыталаан эрэллэр. "Соруйан национальнай общиналарга тахсыталаан, салайааччыларын кытары кэпсэтэн, сир баайын туһаҕа таһаарарга сабатаастаталлар, аҕыйах ахсааннаах норуоттары атаҕастыыллар диэн айдааны тартараллар". Ямалга, Комига, Ханты-Мансийскайга итинник национальнай хамсааһыннар сүрдээх көхтөөхтүк үлэлииллэрин туһунан бэлиэтииллэр.

Биһиги да Сахабыт сирин ылан көрүҥ – Өлөөҥҥө национальнай тэриллии  олохтоохторо “Алмазы Анабараны” кытары күөнтэһиилэрэ сааһы быһа хаһыат ысталыга буолбута.

Булуҥ улууһун барытын национальнай уокурук оҥорорго турунууну ылан көрүҥ. Булуҥ сирэ – РФ миноборонатын бас билиитэ. Былыр, сэбиэскэй кэмҥэ, Тиксии сабыылаах бөһүөлэк этэ.   Тас кыраныысса ааһар сирэ. Арктиканы баһылыыр политиканан сибээстээн, Будуҥҥа быйыл-эһиил эрэ 1,5 тыһыынча киһилээх байыаннай чаас кэлиэхтээх. Ону таһынан Хотугу муора суола сөргүтүллээри үлэ-хамнас бөҕө бара турар. Быһатын - хотугу муора кытылыгар сытар улуустар - стратегическай суолталаах улуустар. Ону хайдах да, миноборона сирин национальнай тэриллии тэрийэргэ биэрбэттэр – ытаа да, ыллаа. Ону билэ-билэ хайдах  национальнай улуус тэрийиҥ диэн туруорсуохха сөбө эбитэ буолла? Айдаан эрэ таһаараары, эбэтэр атын сыал баар дуу?

Биир өттүнэн,  Россия КМНСтара национальнай общинаны тэрийэри туруорсаллара  уонна ол сиргэ промышленнай сир баайын хостооһун барар түгэнигэр компенсация ирдииллэрэ, омос көрдөххө, өйдөнөр. Ол гынан баран, бэлэм халлаантан түһэр харчыга үөрэммит  Канада эскимостара, Америка индеецтэрэ төһө сайыннылар? Ити норуот дьылаҕытагр сыһыаннаах биир улахан боппуруос баар. Онон, сахалар,  КМНСтар курдук бэлэм пособияҕа дураһыйбаппыт ордук. Тэҥҥэ кыттыһан, үлэлээн-хамсаан, үөрэхтэнэн үөрэнэн, куоталаһан-күрэстэһэн эрэ олордохпутуна омук быһыытынан сайдыахпыт. Күрэстэһии баар буоллаҕына киһи, норуот сайдар. Күл Тэгин - түүрдэр ыраахтааҕылара Таҥараттан мээнэҕэ ыараханы көрдөһүө этэ дуо? Ыарахан, уустук – буһарар-хатарар, өлбөт үөстүүр, оттон бэлэмҥэ, наар далбарга сылдьар норуот - эстэр. 

Национальнай политика тыҥаабыт кэмигэр, күн-түүн Сталин “сырдык мөссүөнэ” кылбайан тахсан иһэр күннэригэр -  бэйэ бодотун тардынан, иннибитин-кэннибитинэн хайынан, быстахха-былаҕайга былдьаммат курдук дьаһанан,  үлэни-хамнаһы сокуонунан, сокуон хараҕынан бэрийэн олорорбут-дьаһанарбыт, этэрбит-тыынарбыт наада буолла. Биһиэхэ биир киһини сүтэрии – сүүс киһини сүтэрбиккэ тэҥ.  Улаханнар да, кыралар да хаарыллар кэмнэрэ кэллэ быһыылаах. Бэл, Медведев правительствотын астаапкаҕа ыытыахха диэн ыҥырыы тахсарын кэннэ, регионнар салайааччыларын хайа талбыт хадьырыйыахтарын сөп. 

***

Aartyk.Ru

 

Комментарии 

#1
Егор 18.02.2016 07:05
дьэ, иьэ истээх, толкуйдатар гына ырылыччы суруллубут, биьиги "горшокпут" балайда олорор ини, утары эппэт, сырай манааччы билинни былааска барсар, куус еттунэн биир хочуолга симии охсуулаах буолуо, дьинэр ей санаа, сайдыы тумугэр сыыйа баайа итинниккэ тиийиэхтээх эбиппит буолуо эбитэ да буоллар Арассыыйа иьигэр ити кыаллыбат.Судур гутук эттэххэ биир дал иьигэр ынагы, сылгыны, табаны, эьэ, бере, ыт, кус барытын мунньан баран этэннэ олорун диэбиккэ тэннээх, ол хайдах да кыаллыбат.
Бу Николаевы тв куудара Уйбаныап оннугар агалан дьону сырдатыахха наада, быдан туьалаах, наадалаах буолуо этэ, дьон сэнээрэн истиэ этэ.
#2
Көлүһүн 18.02.2016 08:03
Дьэ кыддьыак. Бэккэ суруллубут. Миниистирдэрбит ,, кутуруктарын сууйуо тарыа,, эбиттэр
#3
Эр 18.02.2016 09:15
Аартыктар сепке да толкуйдууллар эбит. Ити Максимовы да ылан керун. Теьелеех ер дьаабылаатылар. Биьиги биир киьибит сутугэ норуокка охсуута улахан. Уолаттар бэйэ бэйэлэрин кытары киирсэллэр да биирдэрин эмэ туттахтарына харыьыйаары олоробун.

Источник: aartyk.ru
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1595 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
29
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024