News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2016 » Кулун тутар » 4 » Ньурба АЛРОСА - 10%-наах акцияны улууска төннөрүү СӨ Ил Дархана Егор Борисов тус салайыытынан, үтүө санаатынан эрэ оҥоһуллуон сөп...
Ньурба АЛРОСА - 10%-наах акцияны улууска төннөрүү СӨ Ил Дархана Егор Борисов тус салайыытынан, үтүө санаатынан эрэ оҥоһуллуон сөп...
09:36
улуус баһылыга Борис Попов “АҺАҔАС ЭФИРГЭ” КИИРБИТ ЫЙЫТЫКТАРГА ЭППИЭТ
10% аах акцияларбыт тустарынан...
Олунньу 8 к. "Саха" НКиК Ньурбатааҕы филиалын олохтоох биэриитигэр улуус баһылыга Борис Попов аһаҕас эфиргэ нэһилиэнньэттэн киирбит 30-тан тахса ыйытыкка хоруйдаабыта. Эфир болдьоҕор киирбэтэх ыйытыктарга хоруйдарын хаһыат нөҥүө таһаарабыт.
- Ньурба улууһа "Алроса-Ньурба" ААУо-ны кытта баттаспыт сөбүлэһиитэ сүрүннээн ханнык хайысхаҕа туоһуланна? (Иванов, Ньурба).
- Ньурба улууһа алмаас хампаанньатын кытта улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туоһуламмыт сөбүлэһиилэри 1994 сылтан саҕалаан түһэрсэр. Бу сөбүлэһии 4-с буолар. Хайа да сокуоҥҥа сир баайын туһанааччылар регион сайдыытыгар, сир арендатын нолуогуттан ураты, үп-харчы көмөтүн биэриэхтээх диэн ыйыллыбатах. Бу "Алроса" хампаанньатын тус үтүө санаата.
Ньурба дьоно алмаас хампаанньата Ньурба улууһа социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар төһүү күүс буолуохтаах диэн дьаныардаах туруорсууларын ылынан, СӨ Ил Дархана Егор Борисов бу сөбүлэһии түһэрсиллиитин күүскэ өйөөбүтүн түмүгэр биһиги улууска улахан суолталаах докумуону баттастыбыт. Егор Афанасьевич Бырабыытылыстыбаҕа анал дьаһал биэрэн, тус хонтуруолугар тутан бу үлэ түмүктээх буолла. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова, биһиги биир дойдулаахпыт, СӨ баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыларга миниистирэ Евгения Григорьева күүскэ үлэлэстилэр, ылыммыт соруктарын толордулар.
"Алроса" АК сүрүн ирдэбил быһыытынан улууска көрүллэр үп хапытаалынай тутууга эрэ туттуллар диэн туруорбута. Ол иһин, сөбүлэһии туолуутугар анал барыл быһыытынан Күндээдэ оскуолатын тутуутун ситэрии, Убайаан оскуолатын, Чаппанда, Чуукаар оскуола-саадтарын бырайыактарын быйыл 2016 с. оҥоруу, 2017 с. тутууларын саҕалааһыны киллэрдибит. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн эбии үбүлээһини туруорсан Малдьаҕарга, Маалыкайга, Ньурбачааҥҥа, Маарга, Убайааҥҥа, Дьиикимдэҕэ детсад тутуулара быйылгы былааҥҥа турдулар. Эдэр исписэлиистэргэ 4 кыбартыыралаах толору хааччыллыылаах дьиэлэр Маалыкайга, Малдьаҕарга, Антоновкаҕа, Маарга, Дьаархаҥҥа, Сүлэҕэ, Өҥөлдьөҕө, Үөдэйгэ уонна Киирэпкэ тутуллуохтара, Дьаархаҥҥа МФЦ дьиэтэ үлэҕэ киириэ. Хаҥалас, Күндээдэ детсадтарын бырайыактааһыннара киирдилэр, тутуулара 2017 сыл былааныгар турда.
Үбүлээһин култуура, спорт, үөрэҕирии, тупсарыныы, ИЖС хайысхаларыгар эмиэ былааннанна. 3000 миэстэлээх Ньурба куоракка ытар тирдаах, 18х60 миэтирэ иэннээх манежтаах стадиоммут, Кыайыы болуоссатын уларыта тутуу II-с түһүмэҕэ, Үөдэйгэ Варвара Андреевна Петрова аатынан улахан сынньалаҥ пааркатын тутуу киирдилэр.
Бырайыага бэлэм эбийиэктэр тутууларыгар, саҥа эбийиэктэри бырайыактааһыҥҥа, тутуу былааныгар киллэрэргэ министиэристибэлэри, биэдэмэстибэлэри кытары күүстээх, сыралаах үлэни ыыппыппыт. Улахан махталы күүс-көмө, өйөбүл буолбут тэрилтэ салайааччыларыгар, тустаах үлэлэспит исписэлиистэргэ тириэрдэбин. Эппитим курдук, тус өйөбүл буолбут Егор Афанасьевичка, бииргэ үлэлэспит Галина Иннокентьевнаҕа, Евгения Васильевнаҕа ньурбалар өссө төгүл махтаныах тустаахпыт.
Билигин сөбүлэһиигэ киллэрбит былааннарбытын олоххо киллэриигэ ылсан туран, биир хамаанданан тиһэҕэр тириэрдэр соруктаах үлэлиэхтээхпит.
- Борис Николаевич, Бырабыыталыстыба отчуотугар 10 % акция туһунан боппуруос көтөҕүллүбүтэ. Миниистир Валерий Максимов көмөлөһүөм диэбитэ. Кини хайдах быһыылаахтык көмөлөһүөн сөбүй? (Саввинов, Ньурба).
- 10 % акция боппуруоһа олус уустук. Акция улууска төннөрүллэригэр үлэ быстыбакка бара турар-туруорсабыт, ирдэһэбит, өйдөтөбүт, көрдөһөбүт. "Алроса-Ньурба" 10%-наах акциялара өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр бараатын кэннэ, ол саҕана Президенынан олорбут Вячеслав Штыров Ил Түмэҥҥэ бу акциялары приватизациялыыр туһунан былаан киллэрбит. Мин тус санаабынан, Штыров ити акциялары бэйэтигэр ылаары приватизация ыыта сатаабыт. Биһиги дьолбутугар, ол кэмҥэ Ил Түмэҥҥэ Ньурбаттан дьокутаатынан талыллыбыт Анатолий Степанович Антонов акциялары приватизациялааһын былаанын күүскэ утарсан бу боппуруоһу олох тохтоппут, Ил Түмэн көрүүтүттэн уһулларбыт. Ити акциялар билигин бүттүүн СӨ бас билиитигэр, ол эбэтэр СӨ баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыларга министиэристибэтигэр харалла сыталлар. Ити биһигини уоскутар. Ол эрэн, сокуон өттүнэн акциялары ирдэһии төрүөтэ суох.
СӨ судаарыстыбаннай былааһын ситэриилээх уорганнарын Ньурба улууһугар отчуоттуур бөлөҕүн салайбыт, СӨ экэниэмикэтин миниистирэ Валерий Максимов 10%-наах акцияны улууска төннөрүү СӨ Ил Дархана Егор Борисов тус салайыытынан, үтүө санаатынан эрэ оҥоһуллуон сөп диэн быһаарбыта. Кини бу боппуруоска Егор Афанасьевич уонна улуус баһылыга утарыта кэпсэтиилэрэ саҕаланарыгар үлэлэһиэм диэн сөбүлэҥин биэрбитэ.
- Нюрбинка үрэх үрдүгэр турар Бушков уулусса дьиэлэрин сирдэрэ сиҥнэн түһэн эрэллэр. Манна туох үлэ, көмө оҥоһуллуой? (Бушков уулусса олохтооҕо).
- Нь урба куорат иһинээҕи дьиэ-уот, суол, тупсарыныы боппуруостара барыта "Ньурба куорат" МТ боломуочуйатыгар бэриллибитэ. Бу боппуруоска куорат баһылыга Алексей Иннокентьев толору хоруйу биэриэн сөп.
"Ньурба оройуона" МО пресс-сулууспата.
EllikPE23 февраля 20:18
10% аах акцияларбыт тустарынан...
Кэнники күннэргэ 10%-аах акцияларбыт тула кэпсэтиилэр эмиэ хойдон эрэллэр. Бүтэһигин, үллэрээ сыллааҕыта кыһын "Кыталыкка" аҕыйах буолан муста сылдьыбыппытын өйдүүүбүн. Акциялар дьылҕаларын тула хомуллубут докумуоннары слайдаҕа көрдөрөн иһэннэр, бу акциялар тустарынан боппуруоһу улуус депутаттарын сессиятын көрүүтүгэр киллэрбэт дьокутааттарга халыйбыппыт. Таарыччы ханнык эрэ армеец представлениетыгар олоҕуран директоры "удаляйдыы" сатыыр дьокутааттары саралааһын буолуох курдук буолбутугар куоппутум.
Правительство отчуотугар кэлэ сырыттахтарына да киирэ сылдьыбыттар эбит. Марха өрүс экологиятын тула буолбут парламентскай истиилэргэ ити акциялар ахтыллыбыттара көстүбэтэҕэ. Санаан да көрдөххө, ити экология кэһиллиитигэр көрүллэр компенсациябыт буолуохтаах этэ. Инициативнай группа үлэтэ сылаталаан да барда быһыылаах. Статустаахтар хамсамматтар, киксэрэн эрэ биэрээһин курдук сэргээбитэ буолаллар курдук. Кэнникинэн олох да хайа эрэ "Лесная братва" бырыһыан ирдэһэ сатыылларын курдук сыаналааһын чугаһаата быһыылаах.
Бу субуотатааҕы хаһыаттартан:
Отчет правительства
ОБЕЩАЛИ СОДЕЙСТВИЕ
В конце января и в начале февраля 2016 года в Нюрбинском районе прошли отчётные выступления рабочей группы Правительства РС(Я). Руководителю этой группы Максимову В.И. от инициативной группы по возврату пакета 10%-х акций ОАО "АЛРОСА-Нюрба" был дан запрос о задержке рассмотрения данного вопроса: "Настоящим просим Вас после изучения прилагаемых к заявлению 20 приложений документов ответить на вопросы:
1. Признаёт ли Правительство РС(Я) верховенство Конституции РФ по ст.3 и ст.35?
2. Признаёт ли Правительство РС(Я) ст.6 референдума 2002 года по Уставу муниципалитета по Нюрбинскому району?
3. Правильно ли дана рекомендация от правового отдела ГС "Ил Тумэн"?
4. Правильна ли задержка рассмотрения в Совете депутатов МР "Нюрбинский р-н"?
Мы надеемся, уважаемые министры, что вы, как заинтересованные лица в социально-экономическом развитии, после изучения документов найдёте истину и содействуете возврату в МР "Нюрбинский район" пакета 10%-х акций ОАО "АЛРОСА-Нюрба".
На это письмо-обращение Максимов В.И. ответил, что пакет 10%-х акций ОАО " АЛРОСА-Нюрба" находится в собственности РС(Я). По содержанию письма он обещал содействовать встрече главы МР "Нюрбинский район" Попова Б.Н. с главой РС(Я) Борисовым Е.А.
Инициативная группа.
"Огни НЮРБЫ" №6Написать ответ0 EllikPE 23 февраля EllikPE
Субуотатааҕы "Ньурба" хаһыакка олох да ыҥырыы сурук тахсан турар эбит
Цитата:
– Нэһилиэнньэ туруорсар –
Акцияларбытын төннөрөр туһугар күүскэ турунуоҕуҥ!
image маннык түмүктээх
Цитата:
Биһиги, ньурбалар, хас биирдиибит, бары чуолкайдык өйдүөх тустаахпыт: "АЛРОСА-Ньурба" ААО акцияларын 10 %-на “Ньурба оройуона” МО бэриллэн Ньурба улууһун нэһилиэнньэтин бэйэбит тус бас билиибит буоларын, "АЛРОСА-Ньурба" ААО үлэтин тэрээһинигэр орооһор,кыттыһар, үчүгэй үлэ түмүгэр ылыллыбыт барыстан дивидент быһыытынан ирээппитин ылар бырааппытын туоһулуур докумуон буоларын. Ити акциялары бэйэбит баҕа өттүбүтүнэн сөбүлэһэн (референдумунан быһааран) биэрбэт буоллахпытына ким да былдьаан ылар бырааба суох!
Билигин "АЛРОСА-Ньурба" ААО барыстаахтык үлэлиир буолбута хас да сыл буолла, ол эрэн улуус нэһилиэнньэтэ ити акциялартан ылыахтаах үбүн биэрбэккэ сылдьаллар. Билигин хамнас, дохуот аччыы турар кэмигэр, биһиги оҕолорбутун иитэрбитигэр, үөрэттэрэрбитигэр, бэйэбит да киһилии олорорбутугар акцияларбытыттан ылар дивидеммит хас биирдиибитигэр уу харчынан эбии, сүрүн дохуоппут буолуохтаах этэ.
Ол иһин, нэһилиэнньэ уопсай мунньаҕынан тэриллибит акциялары төннөрөр туһугар үлэлиир инициативнай бөлөх СӨ ситэриилээх былааһын уорганнарын 2015 с. үлэтин туһунан отчуоту биһиги оройуоммутугар оҥоро кэлбит бырабыыталыстыба оробуочай бөлөҕүн салайааччыта, СӨ экономикаҕа миниистирэ Валерий Иванович Максимовка приёмҥа сылдьан: "Ньурба оройуонугар бэриллибит "АЛРОСА-Ньурба" ААО 10 %-х акциялара бааллар дуу, суохтар дуу, баар буоллахтарына ханна баалларый?” диэн боппуруоһу туруорда.
Онуоха Валерий Иванович: "Ити акциялар бары бааллар уонна өрөспүүбүлүкэ баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыларын министиэристибэтигэр харалла сыталлар",- диэн кылгас уонна чуолкай эппиэти биэрдэ. Акцияларбыт бааллара өрөспүүбүлүкэ улахан эппиэтинэстээх дуоһунастаах киһитинэн бигэргэтилиннэ. Акцияларбыт барыта бааллар!
Онон ол-бу соруйан тарҕатыллар сурахтарынан салайтарбакка, биһиги оройуоммутугар бэриллибит "АЛРОСА-Ньурба" ААО 10 %-х акциялара Ньурба оройуонун муниципальнай тэриллиитин дьаһалыгар бэриллэрин күүскэ туруорсуоҕуҥ! Нэһилиэнньэ бары араҥата бүттүүнэ ирдиирин биллэрэн, Ньурба оройуонун нэһилиэнньэтэ бары, хас биирдии киһи илии баттааһыннаах итинник ис хоһоонноох ирдэбил суругу СӨ Ил Дарханыгар Борисов Е.А., бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлигэр Данчикова Г.И., акциялары төннєрөллөрүгэр модьуйар суругу улуус баһылыгар Попов Б.Н., Улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлигэр Евсеев С.И. туттарыаҕыҥ!
Олоҕу салҕааччылар - дьахталлар, ыал ийэлэрэ барахсаттар эһиги эрэ билэҕит, оҕо үөскээн, төрөөн, улаатан киһи буолуор диэри төһөлөөх эрэй, кыһалҕа барарын, төһөлөөх үп-харчы ороскуоттанарын! Онтон төһөтүн эрэ саптарар туһугар турунуоххайыҥ.
Биһиги, пенсионердар, кэннибит уһаабыт, иннибит кылгаабыт дьон өллөхпүтүнэ бэйэбитин кытта суох буолар биэнсийэбит оннугар, үлэлиир кэммитигэр алмаас промышленноһа сайдарын туһугар биэрбит эрэйбит, сүтэрбит, эмсэҕэлээбит доруобуйабыт толугар бэриллэр үп сыыһын сиэннэрбитигэр, хос сиэннэрбитигэр анаары, хааллараары бу акциялары төннөрөр үлэни ыытабыт.
Кыра хамнастаах, олох да үлэтэ, хамнаһа суох боростуой дьон төрөөбүт дойдугут айылҕатынан бэлэхтэммит олус элбэҕэ да суох үбү кыһалҕлардаах, кыбычыын кэмнэргэ туһанар туһугар көхтөөхтүк туруорсуоҕуҥ!
Ньурба оройуонун бары олохтоохторо - учууталлар, доруобуйа харыстабылын, култуура, бэчээт үлэһиттэрэ, боростуой үлэһит дьон - кочегардар, суоппардар, трактористар, ыанньыксыттар, бостууктар, масчыттар, чох хостооччулар о.д.а. үлэһиттэр, инбэлииттэр, пенсионердар, оскуола оҕолоро, эдэр ыччат - бары "АЛРОСА-Ньурба" 10 %-х акцияларбытын төннөрөр туһугар күүскэ турунуоҕуҥ! Ирдэбил сурукка көхтөөхтүк илии баттыаҕыҥ!
2002 сыллаахха референдум ыытыллыытыгар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ
Алексей Софронович ЗАХАРОВ.
(Туһанылынна инициативнай бөлөх акцияны төннөрөргө туһуламмыт сорох докумуоннара.)
Ответить EllikPE 23 февраля EllikPE
Цитата:
– Былаас уонна биһиги –
про, "Ньурба" хаһыат интернет вариана суох. "Нюрбинский район" бэйэтэ интернет сайтаах http://mr-njurbinskij.sakha.gov.ru/. Манна, "интернет порталга ыйаныахтаах" эҥин диэн ыйыылаах докумуоннары уураллар.
Оттон урут эмиэ илии баттааьын ыытыллыбата5а дуо? Плотниковтар куускэ бу боппуруоьунан дьарыгыраллар этэ дии, ханна суттулэр? Улуус баьылыгын уонна оройуон дьокутааттарын еттулэриттэн туох улэ ыытылларый? Баьылык еттуттэн кур уопсай тылларынан уоскутуу эрэ оцоьуллар, Евсеев С.И. то5о бэчээккэ, ТВ, радио5а тахсан бэйэтин керуулэрин, санааларын уллэстибэтий? Нэьилиэк баьылыктара, дьокутааттара диэн эмиэ бааллар, кинилэр то5о уу чуумпуларый?
Ответить EllikPE 24 февраля EllikPE
Ула5а, smiling face with open mouth and cold sweat быыбардар ыраахтар! Эбэтэр чугаһаабыттар, бу тема механизмын сабынан тардыалыыр буоллахтарына face with stuck-out tongue and winking eye
Улуус баһылыга да, дьокутааттар да республика хааһынатыгар уурулла сытар баайы арааран ыларга полномочиелара суох. Нэһилиэнньэ эрэ күүскэ туруорустаҕына көтөҕүллэрин билэннэр тардыалыыллар, ити теманы. Бу акциялар боппуруостара Ил Дархан Ньурбаҕа кэлэригэр анаан тардыаланар быһыылаах. Ити тардыалааһын өссө тугунан диэлийиэн билбит суох.
Цитата:
Мин тус санаабынан, Штыров ити акциялары бэйэтигэр ылаары приватизация ыыта сатаабыт.
Бу кэмнэргэ улууспутугар урут Ил тумэццэ дьокутааттаабыт, АЛРОСА-Ньурба акцийаларын "прихватизацийатын" тохтоппут землякпыт баар дии, кини бу дьыаланан дьарыгырыан сеп этэ. Дьыаланы кыайда5ына бырыьыаннаьыан да сеп этэ.
Ответить
EllikPE 24 февраля EllikPE
Ула5а, көрөөр даҕаны, бу тема мээнэ көтөҕүллүбэтэҕэ биллэр. Ыстыырабы мээнэҕэ ытыран көрбөттөр, биһиги бэйэбит уолбутун автобуска киһи сиэбиттэн алта мөлүйүөнү хостообутун көрөн турбут курдук дьаабыламмыппыт аайы. "Эһиил 220-лээх уот киириитин малааһынныахпыт!",- диэх курдук, эмиэ - "Эһиил 10%-аах акциябытын илиибитигэр тутуохпут!", - диэн кулууп ньиргийэринэн ытыс тыаһа бөҕөтө буолуохпут.clapping hands signclapping hands signclapping hands signcollision symbol Дьиҥнээх профессионал шоуменнар оннук үлэлииллэр. Хата улахан шоумен кэлээри гыннаҕына уулуссалары, чугас нэһилиэктэр суолларын түргэн үлүгэрдик тэҥнииллэрэ, дьэ кырдьык туһалаах. И ниче более...face with stuck-out tongue and tightly-closed eyes
Ответить
АЛРОСА-Нюрба - Курс акции - RUB - MOEX
Торги в реальном времени
102 000,00 RUB 0,00 RUB 0,00 %
Время 11:53 Дата 25.02.2016
Максимум 102 000,00 Открытие 102 000,00
Минимум 102 000,00 Пред. закр. 102 000,00
Макс. 52 нед. 0,00 Объём (Штук) 3
Мин. 52 нед. 0,00 Рыночная капитализация (RUB) 92,22 Млрд
Изменение курса за 52 недели Биржа MOEX
Ответить Ула5а 25 февраля Ула5а Постоялец
Форум «Покупка и продажа ценных бумаг»
Покупка и продажа ценных бумаг
КУПЛЮ АКЦИИ АЛРОСА-НЮРБА
Список разделов форума -> Покупка и продажа ценных бумаг
Автор Сообщение Владимир Александрович Стаж: 2 года 1 месяц Сообщений: 11
[Профиль] Сб Фев 13, 2016 19:49
Дорого куплю акции АЛРОСА-НЮРБА. Звоните +7 964 516 1555 или пишите на почту va1555@bk.ru
Дороже и быстрее покупаю акции АЛРОСА-НЮРБА . Цена акций зависит от количества. Отвечу на ваши вопросы. Звоните 89051556155 или пишите на почту TYULENEV37@BK.RU
centr-invest.club
Стаж: 5 месяцев 23 дня
Сообщений: 40
[Профиль] Пт Фев 19, 2016 21:38 (спустя 6 дней 1 час)
Дорого покупаем акции Российских компаний
Купим акции практически любого акционерного общества по всей территории России.
Покупаем акции мало ликвидных предприятий акции которых не торгуются на бирже.
Куплю акции многих компаний, осуществляем выезд к клиенту.
Быстрый расчет, все расходы на оформление берем на себя.
Для быстрой связи почта и телефон
Почта finansabn@gmail.com
Тел. 8 985 268 23 01
Дороже , чем кто-либо и очень быстро покупаю акции АЛРОСА-НЮРБА . Цена акций зависит от количества. Отвечу на все Ваши вопросы. Звоните 89051556155 или пишите на почту TYULENEV37@BK.RU
Акция сыаната халбацнаабат эбит дии биир кун иьинэн кердеххе. Уьун кэмцэ кердеххе тахсыбыт курдук, форумца кердеххе атыылааччы кестубэт
Ответить
26 февраля
сму
))) еллипкиэ, улаҕа бу кэпсэтиини түһэрбэккэ кэпсэттэххитинэ эһиги да сотору кэминэн үчүгэй үлэ, баҕар квартира игин да кыаммат дьон аатыгар киирсэн тиксэн хаалыаххытын сөп буолуо кытаатын )))
Ответить
СӨ экэниэмикэтин миниистирэ Валерий Максимов 10%-наах акцияны улууска төннөрүү СӨ Ил Дархана Егор Борисов тус салайыытынан, үтүө санаатынан эрэ оҥоһуллуон сөп диэн быһаарбыта.
Хайдах да үтүө санаата киирбитин иһин)) соҕотох кини санаатынан кыайтарбат боппуруос. Профессионал статустаах уолаттар хайа эрэ санаанан салайтаран ити теманы тардыалыыллар.
Хайдах Максимов тойонун уган биэрэ сылдьарый. Кини этиитигэр оло5урдахха БЕА республика баайын-дуолун со5отохтуу, бырабыыталыстыба да Ил Тумэн да кыттыгаьа суох "бачаачайдыыр" курдук буолан тахсар дии. Ама оннук буолла5ай, кимниин эрэ куомуннаьан оцоьуллар "дьыала" буолуохтаах этэ, дьо5ойон ол же "профессионаллары" да кытта.
Кыым хаьыат 2016 сыл олунньу 25 кунунээ5и нуемэригэр Станислав Алексеев "АЛРОСА биир аахсыйата -1 мел. 800 тыь. солк!" диэн ыстатыйата тахсыбыт. Маннык диэн суруйбут: "АЛРОСА алмааьын 20-чэ % хостонор сирдээх ньурбалар уон бырыьыаннаах аахсыйаларын , бэйэлээх бэйэлэрин сокуоннай баайдарын бас билбэттэр...Саха сирин экэниэмикэтин "туругурдар" туьугар ньурбалар кириэтэьэ да соруммакка ,баайдарын олоччу туран биэрбиттэрэ.Ереспуубулукэ урдуку былааьын сиикэй эрэннэриитин тук курдук истэн , туох эрэ "сырдыкка" таах эрэнээхтээн ... Онон ереспуубулукэ салалтата 90-с сыллартан хомолтоттон, кэлэйииттэн атыны ньурбаларга тугу да "улэлээбэтэ".
Дьэ, этэр эттэ5инэ диэбит курдук. То5о биьиэхэ биир эмит сытыы беруелээх суруналыыс аахсыйабыт туьунан анаан-минээн дьарыгырбата бэрдэй.
Ответить Могул 26 февраля Могул
Дьэ бэрт доҕор! "Муниципальнай тэриллии" сокуонун быһыытынан, бу тэриллии субъега сирин баайын валовайынан 60- тан итэҕэһэ суох бырыһыанын бэйэтэ бас билэр.
маны Путинтан ыйытыҥ, билбэхтэһэр буолуохтаах. Кини, мин өйдүүрбүнэн, маннык тэриллиилэри төрүттээбит муҥур тойоммут буолар. Бэйэбит даҕаны Ил дархаммыт эмиэ билэрэ бүк...
Ответить 29 февраля сму
Кырдьыгы эппит ити Максимов ил дархан бээтэ билэр диэн, ол газ эмиэ биир мэйии мөлтөҕүттэн атын сиргэ халыйдаҕа.
Ответить
08:28 Сааба
Ньурба то5о гаазтаммат?
Category: АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. |
Views: 1581 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 21
Ыалдьыттар (гостей): 21
Кыттааччылар (пользователей): 0