Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Кулун тутар » 4 » ,,Күрүлгэн '' сурунаалга. саҥа уус -уран роман ,,Чуумпу Бүлүү'' тахсыбыт.Ааптара Иннокентий Андреевич Иванов
,,Күрүлгэн '' сурунаалга. саҥа уус -уран роман ,,Чуумпу Бүлүү'' тахсыбыт.Ааптара Иннокентий Андреевич Иванов
10:07
http://uvo.ykt.ru/wp-content/uploads/2014/12/%D0%9F%D0%BE%D0%BB%D0%BA%D0%BE%D0%B2%D0%BD%D0%B8%D0%BA-%D0%98%D0%B2%D0%B0%D0%BD%D0%BE%D0%B2-%D0%98%D0%BD%D0%BD%D0%BE%D0%BA%D0%B5%D0%BD%D1%82%D0%B8%D0%B9-%D0%90%D0%BD%D0%B4%D1%80%D0%B5%D0%B5%D0%B2%D0%B8%D1%87.jpghttp://forum.ykt.ru/viewmsg.jsp?id=34814448&qf=12947035&qs=60483198 кыыдаана.Постоялец 28 февраля 13:36
История чахчыта....

Бу сылга 1 нүөмэрдээх. ,,Күрүлгэн '' сурунаалга. саҥа уус -уран роман
,,Чуумпу Бүлүү'' тахсыбыт.Ааптара Иннокентий Андреевич Иванов милииссийэ полковнига, Сунтаартан төрүттээх.

Дьэ туох туһунан суруллубут айымньы эбитий?
Киһини толкуйдатар, история чахчытыгар олоҕуран суруллубут роман буолуо дуо диэммин сэргээтим.
Манна суруллубутунан өрөбөлүүссүйэ иннинэ сахалар алмааһы буланнар атыылыыллар эбит.Түмэппий атыыһыт үөрэхтээх уолаттара өссө соҕуруу илдьэннэр кырыылатан бирилийээн оҥоттороллор эбит, ол баар дьиктитэ.
Оттон историяны хаһыстахха Саха сиригэр аан бастаан 1938-49 сылларга,,Кириэстээххэ''Сунтаарга,,Соколинайга ''булуллубут диэн дакылааттаабыттар. Ол кэннэ дьэ 1954 с Л Попугаева,Ф Беликов кимберлит ,,зарница''трубка ,,Мира''арыллыбыт курдук.
Онтон Авдеев,Елагина,Хабардин алмаастаах сирдэри буланнар,аһаннар аар-саарга аатыраллар.Ити история чахчыта.
Онон доҕоттоор, сахалар дьиҥэ бастакыннан алмааспытын бэйэбит булбут эбиппит.!
Бу романы ким аахта?
Санааҕытын үллэстиҥ
!
Написать ответ
    Чэ баҕар,достоверные факты суоҕун да иһин,киһи дьиктиргиирэ баар,ити ромаҥҥа да суруллубутун курдук, ол саҕана алмааһы көрдөөччүлэр чуо тоҕо Саха сиригэр,ханна эрэ түҥ тыаҕа Сунтаар,Бүлүү түгэҕэр Кириэстээххэ тиийдилэр? Ол баар дьиибэтэ.
    Оттон билигин Саха сирин араас улууһугар Анабаарга,Ньурбаҕа тиийэ хостууллар дии.
    Ол саҕаттан биллэр эбит,сахалар алмааһы булбуттара уонна кыралаан эргинэллэрэ.
    Аны туран ити ааптар ийэтэ,аҕата Амакинскай экспедицияҕа үлэлээбиттэр,сылдьыспыттар,онон баар чахчыга олоҕурбут буолуон сөп
    Эһиги санааҕытыгар хайдаҕый?

    Ответить    28 февраля   х
    уус уран романна якутскай киэнигэр ессе былыр биир балыксыт огоньор оччугуй ботуобуйатан булбута диэн кжпсэнэр
    художественай да литература буолтун иьин хаьан багар хана багар бастакы терует баар буолар.
    Ответить
   
    Тарбахтан эмэн суруллубут уус-уран айымньы историческай факт буолбат. Былыргы үөрэ5э суох киһи алмааска улаханнык наадыйбатах буолуохтаах. Өстүөкүлэ даа өстүөкүлэ, киһи улаханнык ымсыырбата. Онтон то5о алмааһы Саха сиригэр көрдөөбүттэр диэтэххэ Саха сирин изверженнай породалара алмаастаах Со5уруу Африка породаларын кытта майгыннаһар буоллахтара. Ону геологтар геологическай сьемка түмүгүнэн карта ойуулуу сылдьан бэлиэтии көрбүттэр. Аны Саха сирин таас породата хас эмэ уонунан метр осадочнай породаларынан көмүллэ сытар, ол иһин өрүстэр, үрэхтэр суурайан таһаарар таастарын көрөн үөрэтэ сылдьан алмаас булан ыллахтара дии.
     Октай
    Уруккуттан биллэр, алмаас
    Булуу умнаЬыгар баара. Ханнык саха булбута эрэ этиллибэт. Бастакы алмаас Парижка атыыламмыта уьу диэн сурах баар. Кэлин ити Павловтар кистээн эргиммиттэр, Иванов И. тердулэрэ. Дьонун кэпсээниттэн истэрэ буолуо
    Ответить
     Н, Якутскай "Алмааһы көрдөөччүлэр" сэһэнэ сурах буолбатах, уус-уран айымньы)))
 
    ээ оннук беге буо
    ол биьи дьыбаан геологтара
    оннук буолуон сеп эрэ дир буоллахпыт))
    Ответить
   
    Мин санаабар ханнык баҕар уус уран айымньы, бу биһиги олохпут,олорор олохпутун уустаан -ураннаан суруйааччы бэйэтин айымньытыгар тиһэр.Син биир көрбүтүн-истибитин ол чахчыны араастаан уларытан, хоһуйан,дьиҥнээх баар дьоннор уобарастарын прототиптан айан таһаарар.
    Холобурун эттэххэ ити Шолохов,,Тихий дон''улуу айымньытын, ити халлаантан баһан суруйбат,дьиҥнээх Дон хаһаахтарын олохторун -дьаһахтарын суруйар,эбэтэр сэрии туһунан айымньылар К Симонов, ,Живые и мертвые '' дьиҥнээх сэриини, буолан ааспыт түгэни көрдөрөллөр.
    Онон туох баар айымньы барыта төрүөттээх диибин.
    Ответить
       Эбэтэр,бу айымньыга кэпсэнэринэн аан бастаан алмааһы булбуттарын кэннэ, дьэ Л Берия кэлэ сылдьыбыт.Берия Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта дуо?
    Ответить
      Берия кэлиитэ сымыйа ини. Кэм ханна эрэ иһиллэн ааһыа эбитэ буолуо. Ньурбаҕа Сахаровтаах кэлиилэрэ биллэр дии
    Ответить
    Архиолог, Антрополог Колосов үлэлэрин ааҕыҥ
    Ответить
    Хе-хе, кумаа5ыга суруллубут бары кырдьык буолла5ай. Өссө уус-уран кинигэ5э. Литература5а фантастика диэн эмиэ жанр баар. Онно суруллубуту эмиэ итэ5эйиҥ. Саха бастакы фантаст-суруйааччыта Эһээ Дьыл)))
    Ответить
    Николай Якутскай " Кемустээх уруйэтигэр" бастаан кемуьу эбээн булчута булар. Уйбаанчыкка " кемуьу кербуккун икки атахтаахха биллэримэ"-диэбитин уол байыан, таптыыр кыыьын ойох ылыан багаран биллэрэн кэбиьэр....
    Н. Якутскай олоххо буолбуту уустаан-ураннаан роман гынан суруйарын, ахтан ааспыта баар...
    Эр билбэт эрээри, того " тарбахтан эмэн таьаарар", эгин диирин буолла....
    Бастаан суруйааччылар айымньыларын аах, туохха ологуран суруллубутун быьаар.
    Кундээринэ ейдеегумсуйэгин.
    Ответить
    
        Ага, өссө керен туран суруйаллара диэ. Художественный вымысел диэн тугуй, олоххо оло5уруу?)))
 
    Бастаан алмаас аргыһын пиропу булбуттара кып кыра кып кыһыл таас.

    Олоххо ологуруу диэн, истибитин- билбитин суруйар диэн. Сээркээн сэьэнньиттэри кытта кэпсэтэр, сураьар буоллага.
    Уонна, холобур кемус хас сыл-ха, хантан саамай бастаан кестубутун эгин ... Историческай даннайдар бааллар буоллага.
    Ответить

    Литература5а өссө "эссе" диэн жанр баар. Ол олоххо оло5уран суруллуу, ол эрэн суруйааччы онно историческай событиены бэйэтин көрүүтүнэн көҥүл трактовкалыыр. Ол иһин "эссе" эмиэ историческай суруйааһын буолбат. Син биир уус-уран айымньы быһыытынан ылыллар. Онон уус-уран айымньыны историческай бэлиэтээһин курдук ылынар табыллыбат)
    Ответить
 
    Уруккуттан булаллар этэ диэн кырдьык быһыылаах. Тыала суохха мас хамсаабатах буолан чопчу Бүлүүгэ кэлэн алмааһы көрдөөбүттэр. Алмаас баарын билэн кэллэхтэрэ. Теоретическай вычислениеларынан, сир геологиятын үөрэтэн билбиппит дииллэрэ - бэйэлэригэр сыананы үрдэтии.

    Мир трубканы булалларыгар геологическай партия Ирэлээ5инэн өрө тахсаллар. Кинилэр табаһыт Тарабукин көмөтүн туһаналлар. Тиийэр сирдэригэр тиийэн баран шурфалары оҥоро тар5анан хаалаллар. Тарабукин кэтэһэн көрөн баран табаларын кытары үрэ5инэн үөһээ таба астаах сиргэ тахсар. Киэһэлик кини суолун батыһан геологтар кэлэллэр: тугу да булбатахтар, аны туран табалаах киһилэрэ баран хаалбыт...Кыһырыы бөҕөтө. Арай ол сылдьан биир киһилэрэ туора көҕүрэттэ барар уонна кимберлит породата тахсыбыт саһыл хороонугар кэтиллэ түһэр. Ону көрөөт дьоннорун ыҥырар уонна дьэ үөрүү са5аланар...Бу туһунан Тарас Десяткин ахтыытыгар баар этэ.
    Ответить

    дьиҥэр историяҕа да суруллубутунан Сибиир платформата уонна Соҕуруу Африка геология өттүнэн туруктара маарыннаһар соҕустар,онон Сибииргэ алмаас баар буолуон сөп диэннэр,өссө өрөбөлүүссүйэ иннинэ Вернадскай, уонна Соболев диэн академиктар эппиттэрэ үһү дииллэр.
    Эбэтэр НКВД лар архыыбы хаһаннар дуу,оперативнай даннайынан дуу,Саха сиригэр алмаас баарын, чуо. билэн экспедиция ыыттахтара дии.
    Бэрт интириэһинэй роман, булан,атыылаһан ааҕыҥ!
    Ответить    29 февраля    Роза

    Да. Ессе кемус ду, алмаас ду баар сиригэр, ханнык эрэ уунээйилэр таптаан уунэллэрэ, былыргыттан биллэр ди. Онтон сабагалаан да, хаьан бараллар эбит.
    Ответить    29 февраля    бу да дьон

        "Алмааһы көрдөөччүлэр", "Алмаас уонна таптал", "Көмүстээх үрүйэ"

    олоххо баартан суруллубуттар    Ответить
    кытыыбессмертный    29 февраля    кытыыбессмертный

    мээйик эмиэ буккуйда.

    "Көмүстээх үрүйэ5э" эбээн Тарабыыкын Аллан Иирэлээ5эр көмүһү булбутун алмаас оҥорон таһаарбыт.
    Алмааһы Далдынтан геолог Лариса Попугаева Федуня Беликов диэн оробуочайынаан сылдьан булбута.
    Ответить
        Быйанг        1 марта        Быйанг        Постоялец

        История алмазной промышленности Якутии
        http://www.yakutskhistory.net/страница-о-якутске/алмазная-промышленность-якутии/
        Ответить
            1 марта            ПАВЛИНА
            Мииринэйгэ сахалар абааьы хара5ын уута түспүт сирэ диэн билэн онно олохсуйбуттар эбит. Сахалар оннооҕор буолуоҕу билэллэр, биһиги болҕойон истибэппит,баарбытын аахайбапппыт, атын эрэ омук киһитэ эппитин сэргиибит, былыргыттан быйылга дылы.
            Ответить
                Быйанг                1 марта                Быйанг                Постоялец

                ПАВЛИНА,
                Былыргы Саха дьонноро тимир боруодата баар эрэ сиригэр олохсуйаллар эбит.
                Ответить                    1 марта                    ПАВЛИНА

                    уруккаттан да билиилээх буолан өрүс тааһыттан тимири араардахтара. Биһиги билигин сымыйаны кырдьыгы, үчүгэйи куһаҕаны, көстөн да турары анаарар кыахпыт суоҕун иһин.
                    Ответить
                        1 марта                        ПАВЛИНА

                        Хоту дойдуну, Американы испанецтар, америкалар аспыттар дииллэрин курдук. Киһи-аймаҕы кураанах турбут сиргэ илдьибит саҕа саныыбыт, дьиҥэр онно букатын да былыргаттан дьон олордоҕо дии.
                        Ответить
    илинаартык
    1 марта
    илинаартык

    революция буолуон иннинэ куоракка Николаев диэн киһи платиновай манньыатынан төлөспүт,онтон сураһан-ыйдаран карта уруһуйдатан бастакы экспедиция аттанар,булбатахтар.Кэлин аатырбыт Обручев 3 экспедиция тэрийэн көрдөөн булбатаҕын 1973с булбуттара... онон буолуон сөп курдук))
    Ответить    дохсун-2    1 марта    дохсун-2

    Староватов Петр Хрисанфович
    Говоря о первооткрывателях якутских алмазов, нельзя не вспомнить учителя и краеведа из Вилюйска Петра Хрисанфовича Староватова (1876 - 1957). Именно он первым указал советскому правительству на возможность залегания сокровищ на вилюйской земле.
    Различные сведения о находках драгоценных и полудрагоценных камней, проявлениях нефти, газа, строительных материалов в бассейне реки Вилюй П.Х. Староватов начал собирать еще до Октябрьской революции. О наиболее интересных фактах Староватов писал в центральные и местные газеты, журналы, пытаясь привлечь внимание геологов к природным богатствам Западной Якутии. В Вилюйске он организовал школьный музей и метеорологический пост.
    Ответить    Вчера, 10:05    123

    советскай сагана барыта кистэлэн кэмигэр Берия кэлэ да сылдьыбыт болон сеп ээ. Советскай бириэмэгэ геологическэй партиялар кинилэр тугу тесе запас булаллара кистэлэн болра. онтон сахалар кылабачыгас харах уута таас булаллара ити суруллубуттарын курдук кэпсээннэргэ баара. Сорох уерегэ сох урэх басын дьоно айыыргыыллара онтон кэм уэрэхтээх атыысыттар эргинэллэрэ ол тусунан суруллуулар бааллар ээ. Ол да исин экспедиция чопчу Булуу умнасыгар кэллэгэ. Ити кэмнэ бисиги киэн куйаар сирбит уоппут уэрэтиллэ чинчийиллэ илик боллага.Онон мин санаабар автор баар чахчылары суруйбут курдук, уонна тереппуттэрэ аймахтара ити дьыалага сысыаннах болан бэйэтэ истэн билэн суруйдага. Ааагарга сэргэх сэсэн
    Ответить    Вчера, 16:22    1232

    оссо ким аахта кэпсээн
    Ответить        Вчера, 16:32        Вася

        Эр,эр киһи курдук бэйэтин омугун алмаас булбуттар диэн сэҥээриэн оннугар таҥнары тарда олорор.Бэйэтин омугун,тус бэйэтин сэнэнэ олорор,эн курдук дьон баар буолан саха өнүйбэтэ дьэҥкэ.
        Ответить
            Эр.            Вчера, 16:42            Эр.
            Постоялец

            Вася, сытан эрэ түөскэ силлэнэ сытыах. Өссө нефть, газ хостоон былыр бала5аммытын сылыттар этибит)))
            Ответить
    Вчера, 18:24
    Ох

    Мин аахтым. Бэркэ суруйбут Ебугэлэрбит олох тугу да ыйданырдыбат тун хааhах дьон буолбатах этилэр. Онон олорор сирдэрин-уоттарын бэркэ билэр буолуохтаахтар. Алданна эбээннэр суохтар. Эбэнкилэр.
    Ответить    моонньо5он    Вчера, 20:55    моонньо5он

    Бастакы аламааЬы 1949 сыллаахха Кириэстээхтэн 5 км тэйиччи Булуу ерус Курдьугунуур диэн уораанын аттынаа5ы арыы чайтан булбуттара. Онно бастакы аламааьы сууйар фабрика тутуллан улэлээбитэ. Билигин Коса Соколиная аатынан биллэр. Мацнайгы аламааЬы кердееччулэр олорбут землянкаларын тобохторо билигин да бааллар. Кириэстээххэ "Музей первооткрывателей алмаза" баар. Салайааччы уонна тэрийээччи Конобулова Марфа Христофоровна. Бастакы Кимберлитовай трубканы Далдын ерус тардыытыттан Л. Попугаева булбута. "Мир" трубканы Оччугуй Ботуобуйа урэ5эр Файнштейн геологическай экспедицията аспыта. Сирдээччинэн Сулдьукээр олохтоо5о Илья о5онньор сылдьыспыта. Билигин Мирнэйгэ памятник баар , аламааЬы арыйааччыларга аналлаах, онно Илья о5онньор табатыгар ытын мэцэстэн олорор. Уьуйээн кэпсииринэн, аламааЬынан эргиммит дьон Кокарев атыыЬыт уолаттарынаан буолаллар. УеЬээ Мэйик сиригэр олорбут. революция иннинэ онно баржанан таЬа5ас таЬаараллара уЬу, Булуу баьыгар. Кокарев уолаттара бары со5уруу урдук уерэ5и ылбыт дьон, ол иЬигэр биир уола Санкт-Петербурга горнай инженер идэтин ылбыт. КыыЬа институт благородных девиц уерэммит.
    Ответить

Ответ на тему: История чахчыта
Войти
Category: литература | Views: 2714 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024