АҺАҔАС СУРУК
Убаастабыллаах Борис Николаевич!
12 марта 2016
Эн улуус Баһылыгынан талыллан үлэлээбитиҥ бу күннэргэ лоп-бааччы түөрт сылын туолла.
Биһиги, Ньурбабытыттан харыс да халбарыйбатах, өр сылларга «улууспут, дьоммут-сэргэбит туһа» диэн, элбэх сырабытын биэрэн, салайар үлэҕэ уонна норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлээбит кырдьаҕас үлэ бэтэрээннэрэ бэйэбит санаабытын эйигин кытары үллэстиэхпитин баҕарабыт.
Ситиһии, үлэ тэтимин хамсааһына бастакы сирэйтэн – Баһылыктан улахан тутулуктааҕын билэр буоламмыт, эн ыытар үлэҥ ис хоһоонун, сыалын-соругун дьон-сэргэ кэпсэтиититтэн, эйигин кытта көрсүһэр мунньахтартан, хаһыат, радио уонна телевизор сырдатыытыттан көрө-истэ, билсиһэ олоробут.
Ааспыт сылларга ыыппыт үлэҥ биир улахан ситиһиитинэн оройуону салайыы ньыматын уларытыыҥ буолар. Урут улуус сорох салайааччыта тэрилтэҕэ кэллэҕинэ, көрсүһүү үксүн сыыһаҕын-алҕаскын, кыайтарбатаххын саралаан, үөҕүү-мөҕүү икки ардынан «гаайкаҕын тардааһын» быһыытынан барара. Билигин эн ханна да кэлтиҥ иһин көрсүһүү тэҥнээҕи кытта кэпсэтии, сүбэлэһии, саҥаны уонна туһалааҕы олоххо киллэрии чэрчитинэн барар буолла. Ону таһынан, былааннаммыт үлэлэр, туруоруллубут сорудахтар туолааһыннарын хонтуруола, ирдэбилэ Баһылык өттүттэн күүһүрдэ.
Туох кистэлэҥэ кэлиэй, үлэҕин саҕалыыргар «саҥата-иҥэтэ кыра», «аһара интеллигентнай» диэн астымматах дьон саҥалара иһиллэр этэ.
«Ньурба улууһун салайааччылара – профессионаллар хамаандалара» диэн эн киллэрбит өйдөбүлүҥ чахчы үлэлиир диэн үгүс салайааччы бигэргэтэр. Кырдьык да аныгы олох салайааччыта кыһыл тылынан, куолаhын уонна ньоҕойун күүһүнэн эрэ буолбакка, билиитинэн-көрүүтүнэн, үөрэҕин таһымынан, дьону кытта өйдөһүүтүнэн, турбут проблемалары суһаллык быһаарарынан, этэргэ дылы, дьиҥнээх «профессионал» буолуохтаах.
Ньурбаҕа өр сылларга быһаарыллыбатах, дьон-сэргэ күүскэ туруорсубут боппуруостарын ылсан, хамсааһыны таһаардыҥ.
Ол курдук, 220 үрдүк күүрүүлээх уот линиятын боппуруоһа. Бары билэбит, онтукайбыт туора хааман Олүөхүмэ диэки барбытын. Эн ону, тутулларын кэтэһэн олорбокко, техническэй быһаарыы булаҥҥын, сыһыаннаах салайааччылары бэйэҥ тылгар киллэрэн, улуус уоту туһанар кыамтатын 20-тэн 35 Мегаватка дылы улаатарын ситистиҥ. Аны кэлэр 2017 сылга өссө биир трансформаторы уларыттахпытына, уоту туһаныы кыамтата 50 Мегаватка тиийиэ диэн Ньурба дьонун үөртүҥ. Дьиэлэрин уотунан ититиигэ киирбит дьон ахсаана күнтэн күн элбээн иһэр. Махтаналлара биир оччо!
Онтон, 220 үрдүк күүрүүлээх уот линията Ньурбаҕа кэлиитэ саҥалыы көрүүлэммитин, алмаастаах Накыыҥҥа дылы барар буоллаҕына, федеральнай бюджеттан үбүлэниэн сөбүн биһирии иһиттибит. Ити боппуруоска Саха сирин Бырабыытылыстыбатын кытта улахан үлэни ыыта сылдьар эбиккин.
Ньурба дьоно аэропорт көтөр балаһатын бетоннааһыны ыра санаа оҥостубуттара үйэ аҥара буолара чугаһаата. Дьэ бу өр кэтэһиилээх боппуруоспут олоҕуттан хамсаата диэн иһитиннэриигин долгуйан туран билистибит. Биһиги тыыннаахпытыгар арааһа кыаллыбат дьыала буолуо дии санаабыппыт, кэлэр сылга тутуута саҕаланар буолбутуттан үөрэн олоробут.
Билэбит, федеральнай былаастар бүтүн Россия үрдүнэн бүрүүкээбит экономическай кризиһынан куоһурдунан, Саха сиригэр аэропортары реконструкциялааһын барагыраамматын сарбыйа сатыыллар. Ол гынан баран, эрэнэбит эйиэхэ, ити тутууну мүччү туппаккар баҕарабыт.
Урукку сылларга Марха өрүскэ муоста тутуллуо диэн түһээн да баттаппат этибит. Бу баараҕай тутуу олохтоох былаас салалтатыттан тутааччылары кытта үрдүк таһымнаах кэпсэтиини, быһаарсыыны эрэйэр. Бу тутуу араас үлэлэригэр олохтоох урбаанньыттар кыттыһан, үпкэ-харчыга тииһиниэхтээхтэр диэн этиигин өйүүбүт.
Үлэҥ биир улахан ситиһиитинэн өр күүтүүлээх, элбэх сыраҕын ылбыт «Алроса-Нюрба» уопсастыбаны кытта Сөбүлэҥ туһэрсииҥ буолар. Ол аата, кэлэр үс сылга Ньурба сиригэр алмааһы хостооччулар улуус социально-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар 1 миллиард солкуобай курдук үбү угаары олороллор. «Алроса» сана салалтата сөбүлэҥи «баттыыбын-баттаабаппын» диэн ыараҥнаталларын истэн, сэрэхэтийэн олорбут буоллахпытына, кыайыыгыттан уорэбит.
Биллэн турар, бу үөһээ этиллибит ситиһиилэриҥ Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга Егор Афанасьевич Борисов көмөтө суох хамнатыллыбатах боппуруостар. Онон Саха сирин үөһээ салайар салалтатын кытта тыл-тылга киирсэн, өйдөһөн үлэлииргин сэҥээрэбит уонна өйүүбүт. Бу күннэргэ Е.А.Борисов Ньурбаҕа кэлэ сырытта. Үлэлээбит түмүгэ улууспут салалтата Республика уоргаттарын кытта ыкса уонна таһаарыылаахтык үлэлиирин туоһулуур.
Эн Ньурбаҕа баһылыгынан талыллаат, биир сүрүн сыалыҥ аны 20-25 сылынан Ньурба кэнэҕэски ыччата Аан дойду таһымыгар атын омук дьонуттан итэҕэһэ суох, тэҥҥэ киирсэр, кэпсэтэр, үлэлэһэр буолалларын ситиһии диэн эппитиҥ. Ол соругу толорорго, бастатан туран, детсад уонна оскуола коллективтарын үлэтин сүрүн ис хоһооно, хас биирдии оҕо айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннарыы, үөрэтии буолуохтаах. Онно оҕо төрөппүттэрэ уонна оҕо бэйэтэ кыттыһыахтаахтар, оччоҕуна эрэ, оҕо оскуоланы бүтэрэригэр дьоҕуругар сөптөөх үөрэҕи талар. Үөрэҕин бүтэрэн баран конкурентоспособнай специалист буолар диэн этиигин оруннааҕынан ааҕабыт.
Иккиһинэн, ити үөһэ этиллибит ирдэбилгэ эппиэттиир ыччаты бэлэмнииргэ үөрэҕирии тэрилтэлэригэр саҥалыы айымньылаах сыһыан, демократическэй салайыныы, квалификацияны үрдэтии уонна да атын элбэх үлэ бара турарын хаһыаттан уонна отчуоттартан истэ олоробут.
Ньурба дьонун кыһалҕатын, туруорсуутун истэн эрэ кэбиспэккин, олоххо киллэрэҕин. «Сылаас детсад уонна оскуола» диэн программаҥ олоххо булгуччулаахтык киирэн эрэриттэн, кыра оҕо-аймах уонна үөрэнээччи эрэ буолбакка, өр сылларга кыайыллыбатах ити боппуруоһу туруорсубут детсад уонна оскуола салайааччылара махталларын истэбит.
Улуус медицината кэнники сылларга саҥа таһымҥа тахсан эрэрин, биһиги кырдьаҕастар эппитинэн-хааммытынан билэ сылдьабыт. Ол курдук, бүтүн Бүлүү зонатын ыарыһахтарын көрөр реабилитационнай кииннээх сүрэх-тымыр уонна травматологическо-ортопедическай отделениелар үлэҕэ киирдилэр. Ону таһынан, үрдүкү таһымнаах медицинскэй специалистарынан уонна саҥа медицинскэй техниканан хааччыллыы күүскэ бара турар. Эн кэлэр сылларга улууспутугар гемодиализ киириэ, саҥа психо-неврологическай диспансер тутуллуо диэн эрэннэрэҕин. Инникини өтө көрөҥҥүн, эрдэттэн кадрдары бэлэмнээри быйылгыттан Ньурбаҕа медицинскэй колледж отделениета аһыллыытын ситиспиккин.
Култуура эйгэтигэр улахан болҕомтоҕун уураргын, «Ньурба эдэр ыччата Аан дойду ааттаахтарын кытта биир таһымҥа турар үрдүк култууралаах, бары өттүнэн сайдыылаах буоларын ситиһиэхтээхпит» диэн сорук туруоруммутун туоһулуур. Ньурбаҕа ыытыллыбыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа хаһааҥҥытааҕар да үрдүк тэрээһиннээхтик, саҥалыы ис хоһоонноохтук барбытын бүтүн Саха сирэ билиммитэ. Баараҕай талааннаах улууспут култууратын үлэһиттэрэ эн өйөбүлгэр тирэнэллэрин, махтаналларын истэбит. Ньурба саха култуурата муҥутуурдук сайдыбыт улууһа буоларын кэрэһэлиир сонуну - «Дыгын Дархан» диэн саҥа киинэни устар режиссер Никита Аржаков киинэ сүрүн сыанатын – былыргы ыһыаҕы биһиги сирбитигэр, 3000 киһи кыттыылаах устаары сылдьарын истэн, дойдубут дьонунан киэҥ туттабыт.
Кэлэр сыл улуу дьоммут Степан Васильев 120, Варвара Андреевна Петрова 80 сыллаах юбилейдарыгар ананар буолбутуттан санаабыт көтө5үллэн сылдьабыт. Үөдэйгэ Варвара Андреевна5а сквердээх бааматынньык тутуутун боппуруоһа бүтэһиктээхтик быһаарыллыбытын сэргээн иһиттибит. Ньурба куоратын килбэйэр киинигэр, Степан Васильев аатынан уулуссаҕа, бэйэтин бааматынньыга турар баара5ай болуоссат тутуллуо дииргин саарбахтаабакка итэҕэйэбит.
Эн кэлиэххиттэн оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбатын туруга сааһыланна, кадровай уларытыылар оҥоһулуннулар, бары салааларга көрдөрүү намтаан иһэрэ тохтотулунна. Улуус бүддьүөтүттэн үгүөрү үп көрүллэн, хаһаайыстыбалары саҥа техникэнэн уонна оборудованиенан хааччыйыы, тыа сиригэр специалистарга олорор дьиэни тутуу бигэ эбилиннэ. Сүрүн тэрилтэлэрбит финансовай балаһыанньалара тубуста, саҥа эдэр салайааччылар анананнар эдэр ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар сыстааһына элбээтэ.
Эн өйөбүлгүнэн кэнники сылларга спорт өттүгэр үлэ улууска лаппа тубуста. Спорт араас көрүҥнэригэр ситиһиилэр элбээтилэр. Оройуон спордун таһыма Манчаары оонньууларыгар уонна Саха сирин спартакиадатыгар ылбыт миэстэтинэн сыаналанарын өйдөөн, Ньурбаттан төрүттээх тренердары уонна спортсменнары улууспут туһугар бары бииргэ үлэлиэххэйиҥ диэн ыҥырыыгын хайгыыбыт уонна сөптөөҕүнэн ааҕабыт.
Ньурба нэһилиэктэрэ үксүлэрэ олохтоох радио уонна телевидение диэни истибэттэр-көрбөттөр. Нэһилиэктэр олохтоохторо урукку баһылыктарга: «Бу 21 үйэҕэ, информация үйэтигэр үктэннибит да хаһан улууспут радиотын уонна телевизорын биэриитин хабар буолабытый?!» - диэн туруорса сатаабыттара да, хайалара да сөптөөх эппиэти биэрбэтэҕэ. Эн ити боппуруһу быйыл быһаарыахпыт диэн этиигин уонна ылсыбыт техническэй былааҥҥын кытта 100% сөбүлэһэбит, туолуо диэн эрэнэбит.
Ааспыт уонтан тахса сылларга сотору-сотору быһыт буолбут суолбут тоҕо баран, мунньуллубут иикпит-саахпыт кутуллар күөлүн уута аатырбыт Куочайбытыгар тоҕо анньан киирэрэ бу буолла диэн сурах дьон-сэргэ уйулҕатын долгутар буолара. Эн баһылык буолуоххуттан ити боппуруоска дьон «һуу-һаа» буолара тоҕо тохтоото диэн билсибиппит- кырдьаҕас киһи ылбычча өйдөөбөт уларыйыыта буолбут эбит. Кэнники 4 сылга ол «кирдээх» күөлбүтүгэр сыллата бактерия кутуллар эбит. Ол «барахсаттарыҥ» күөл туох баар куһаҕанын «сиэн-аһаан», уутун туругун сыл аайы тупсаран иһэр эбиттэр. Эн аҕыйах сылынан ол күөл уутун хоруу хаһан өрүскэ туһэриэххэ сөп эбит диэбитиҥ остуоруйа курдук иһиллэр. Чэ, оннук эрэ буоллун!
Биһиэхэ, үгүспүт сэрии сылларын оҕолоругар, Аҕа Дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы олохпут биир саамай өрөгөй уонна чаҕылхай түгэнэ эрэ буолбакка, иитэн таһаарбыт, куппутун-сүрбүтүн туппут, олохпут оҥкулун оҥорбут, биһигини киһи гыммыт, итэҕэлгэ тэҥнээх тирэхпит уонна күүспүт буолар. Дэлэҕэ даҕаны, биһиги «Кыайыы оҕолоробут» дэниэхпит дуо!
Үйэ аҥарын анараа өттүгэр оҥоһуллубут бааматынньыгы бүтэһиктээхтик оннун булларан, аныгылыы быһыынан киэргэтэн, саҥалыы көрүҥнээн уларытан, эбэн-сабан, кэҥэтэн, Кыайыы болуоссата оҥотторбуккар биһиги ааппытыттан махтал! Чахчы да Ньурба куорат киһи сааппат, аныгылыы эттэххэ, архитектурнай истиилинэн уонна ландшафтнай быһаарыытынан Аан дойду таһымын ирдэбилигэр холкутук эппиэттэһэр болуоссаттанна. Өссө да салгыы киэргэтиллиэ турдаҕа!
Үбүлүөйдээх сылга бэтэрээннэргэ улахан болҕомтоҕун уурдуҥ. Ол курдук, И.А.Анисимов «Өйдөбүнньүк кинигэтэ» саҥаттан бэчээттэнэн таҕыста, тыыл бэтэрээннэрин ахтыылара нэһилиэк аайыттан хомуллан, толоруллан, кинигэ буолан тахсаары бэлэмнэнэн сылдьар уонна да атын үтүө тэрээһин бөҕө ыыттыҥ.
Хомойуох иһин, ордук Дьокуускай куоракка олорор, дойдуларыгар өр кэмҥэ кэлэ сылдьыбатах, эбэтэр, туспа сыаллаах-сорудахтаах дьон «Ньурбаҕа туох да тутуу барбат» диэн дойҕохтууллара иһиллэр. Туох да диэбиттэрин иһин, эн баһылык буолуоххуттан ыла, Ньурба куоратын иһинээҕи уонна нэһилиэктэр икки ардынааҕы суоллар биллэрдик тубустулар. Сайыннары легковой массыынанан Хорулаҕа дылы урут хаһан сылдьар этибитий?
Элбэх квартиралаах дьиэ тутуута иэнинэн кээмэйэ былыргы Сэбиэскэй былаас саамай муҥутаабыт кэмин кытта тэҥнэстэ диэн статистика бигэргэтэр. Бу билиҥҥи дьиэлэр толору хааччыллыыларынан, тутар матырыйаалларынан урукку мас, итиинэн эрэ хааччыллар уопсай дьиэлэри кытта тэҥнэһиэхтэрэ дуо? Тутааччылар эн тус ирдэбилгинэн хаачыстыбаҕа улахан болҕомто ууруллар диэн тоһоҕолууллар. Ону таһынан, эйигин инженер-строитель үөрэхтээх, ол иһин үлэлииргэ чэпчэки, өйдөһүмтүө диэн сыаналыыллар.
Ньурбаҕа да, нэһилиэктэргэ да чааһынай дьиэни тутуу салалта өттүттэн өйөнөрө харахха быраҕыллар. Элбэх ыал аныгылыы толору хааччыллыылаах дьиэлэри араас үбүлээһин программаларын туһанан туттан кирбиттэрин көрө сылдьабыт.
Биир сонун ситиһии – традиция буолбут «уохтаах аһы» иһиини утары ылбыт дьаһалларыҥ. Манна эн бэйэҥ тус быһаарыыгынан, кэлэр-барар үрдүк сололоох ыалдьыттары «күндүлээһини» тохтоттуҥ. Улуус администрациятын көҕүлээһининэн буолар тэрээһиннэргэ кыраадыстаах ас туруорулларын боптуҥ. Ити холобуруҥ улуус араас таһымнаах тэрилтэлэригэр тиийэн, чөл олоҕу тутуһуу хамсааһыныгар кубулуйда.
Гражданскай уопсастыбаны тутуу чэрчитинэн, бары политическай партияларга тэҥҥэ сыһыаннаһаҕын, общественнай тэрилтэлэри өйүүгүн. Ол иһигэр,Ньурба дьонугар бэриллибит «Алроса-Нюрба» 10 % акцияларын төннөрүү иһин киирсэр общественнай хамсааһыны өйүүргүттэн астынабыт.
Борис Николаевич!
Ньурба улууһугар Баһылык дуоһунаһыгар үлэҥ түмүгэ таһаарыылах, улуус социальнай уонна экономическай сайдыытын бары өрүттэригэр ситиһиилэрдээх.
Өр сылларга быһаарыллыбатах Ньурба кэнэҕэски сайдыытын боппуруостарыгар хамсааһын барда. Улууһу салайыыга XXI үйэ чэрчитинэн саҥалыы көрүүлэр уонна сыһыаннар баар буоллулар.
Ити түмүктэргэ олоҕуран туран, өр толкуйдаан, уопсай балаһыанньаны ырытан, дьон-сэргэ санаатын үөрэтэн баран, бу курдук өйдөбүлгэ кэллибит.
Эн саҕалаабыт үлэлэргин түмүктүүргэр хаалбыт биир сылы аҕыйаҕынан ааҕабыт. Онон эһиил, 2017 сылга буолар улуус Баһылыгын быыбарыгар бэйэҥ кандидатураҕын туруорунаргар сүбэлиибит.
Биһиги бу баҕа санаабытын улуус быыбардааччылара өйүөхтэрэ диэн эрэнэ саныыбыт.
Бүтүн Россия үрдүнэн кэлбит экономическэй кризис хаһан көнөрө көстүбэт, иннибитигэр өссө туох ыарахаттар күүтэллэрэ биллибэт. Эйигин өйдөөх, үрдүк таһымнаах үөрэхтээх, элбэх уопуттаах салайааччы бу кэлэр ыарахан кэмнэргэ улууспутун сөптөөхтүк салгыы салайыа диэн эрэнэбит.
Убаастабылы кытта:
- Архипов Иван Алексеевич, Ньурба улууһун, Мэҥэдьэк нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, Учууталлар учууталлара (Хатыы)
- Антонова Ульяна Акимовна, үлэ бэтэрээнэ. (Дьаархан)
- Бускарова Матрена Даниловна, герой-ийэ, үлэ бэтэрээнэ (Чкалов)
- Бускаров Федот Алексеевич, Акана нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о (Чкалов)
- Гаврильева Александра Пудовна, Саха сирин норуот үөрэ5ириитин туйгуна (Үөдэй),
- Григорьев Дмитрий Андреевич, үлэ бэтэрээнэ (Өҥөлдьө)
- Григорьев Иван Федорович, үлэ бэтэрээнэ (Маар)
- Данилов Николай Дмитриевич, Малдьа5ар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, Саха сирин үтүөлээх учуутала (Малдьа5ар)
- Егорова Мария Кирилловна, Ньурба улууһун, Таркаайы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин депутата, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера (Киирэп)
- Егорова Зоя Васильевна, Чаппанда нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о (Чаппанда)
- Егоров Карл Кириллович, Чаппанда нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин депутата, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ (Чаппанда)
- Жданов Александр Леонидович, үлэ бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера (Хаҥалас)
- Захаров Алексей Софронович, Ньурба улууһун Бочуоттаах олохтоо5о, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын Бочуоттаах бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера (Ньурба)
- Иванов Андрей Иванович, Марха нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о (Өҥөлдьө)
- Иванов Владимир Андреевич, үлэ бэтэрээнэ (Өҥөлдьө)
- Иванов Март Софронович, Таркаайы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о (Киирэп)
- Иванов Николай Андреевич, Таркаайы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, Саха сирин култууратын туйгуна (Киирэп)
- Иванов Николай Григорьевич, Чаппанда нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о (Чаппанда)
- Иванов Николай Данилович, үлэ бэтэрээнэ (Хорула)
- Иванов Николай Петрович, Ньурба улууһун, Октябрьскай нэһилиэк Бочуоттаах олохтоо5о (Сүлэ)
- Иванов Сергей Семенович, Ньурба улууһун, Бордоҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о (Антоновка)
- Иванова Евдокия Максимовна, Октябрьскай нэһилиэк Бочуоттаах олохтоо5о, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна (Антоновка)
- Илистянов Христофор Егорович, Ньурба улууһун, Таркаайы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин Бочуоттаах бэтэрээнэ (Марха)
- Иннокентьев Алексей Александрович, Хорула нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о (Хорула)
- Иннокентьев Иван Николаевич, Ньурба улууһун, Таркаайы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, РСФСР үөрэ5ириитин туйгуна, Саха сирин үтүөлээх учуутала (Марха)
- Кыппыгыров Валерий Николаевич, Саха сирин үөрэ5ириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ (Чуукаар)
- Кыппыгырова Изабелла Самуиловна, Чуукаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, РФ уонна Саха сирин доруобуйа харыстабылын туйгуна, Саха сирин үтүөлээх бырааһа (Чуукаар)
- Лабашев Гаврил Тимофеевич, Ньурба улууһун, Октябрьскай нэһилиэк Бочуоттаах олохтоо5о (Ньурба)
- Николаев Николай Наумович, Ньурба улууһун, Бордоҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, СССР доруобуйа харыстабылын туйгуна, РСФСР үтүөлээх бырааһа, Саха сирин «Ытык сүбэтин» Бочуоттаах кырдьа5аһа (Маалыкай)
- Павлов Владимир Дмитриевич, Марха нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, МЧС бэтэрээнэ (Ньурба)
- Пахомов Григорий Васильевич, үлэ бэтэрээнэ (Маалыкай)
- Петрова Светлана Гаврильевна, Ньурба улууһун Бочуоттаах олохтоо5о (Сүлэ)
- Самсонов Семен Иванович, Ньурба улууһун, Октябрьскай уонна Ньурбачаан нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтоо5о, Саха сирин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха сирин А5а Баһылыгын итэ5эллээх киhитэ (Антоновка)
- Семенова Зоя Ефремовна, үлэ бэтэрээнэ (Дьаархан)
- Степанов Прокопий Николаевич, Малдьа5ар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера (Малдьа5ар)
- Тимофеев Василий Иванович, Октябрьскай нэһилиэк Бочуоттаах олохтоо5о, Саха Сирин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна (Антоновка)
- Тихонов Михаил Афанасьевич, Ньурба улууһун Бочуоттаах олохтоо5о, Саха сирин Бочуоттаах бэтэрээнэ, «Бочуот Знагын» уордьан кавалера, Аэрофлот туйгуна, Саха сирин авиациятын Бочуоттаах үлэһитэ (Ньурба)
- Тихонов Степан Никитич, Ньурба улууһун, Ньурбачаан нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, Саха сирин Бочуоттаах бэтэрээнэ (Ньурбачаан)
- Тихонова Варвара Давыдовна, Ньурба улууһун, Ньурбачаан нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера, Саха сирин култууратын туйгуна, киинэ бэтэрээнэ (Ньурбачаан)
- Федоров Николай Николаевич, Акана нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о, Саха сирин үөрэ5ириитин туйгуна (Акана)
- Филиппов Николай Николаевич, Күндээдэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоо5о (Күндээдэ)
- Эверстов Михаил Семенович, Ньурба улууһун Бочуоттаах олохтоо5о, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера (Ньурба).