Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Муус устар » 11 » Сир баайын-норуот туһатыгар
Сир баайын-норуот туһатыгар
18:08
Сир баайын-норуот туһатыгар
--диэн төбөлөөх ыстатыйаны Нам улууһун ытык кырдьаҕаһа Н.А.Кириллин Туймаада хаһыакка кулун тутар 31 күнүгэр 2016 сыл бэчээттэппит.
https://web.whatsapp.com/
Автор бэлиэтиирин курдук ааспыт ил дархан быыбарыгар кандадидат Э.Б.Березкин дьэ кырдьык норуот хараҕын арыйан арыйда. Эрнст Борисович Саха сирин олохтоохторо промышленность нолуогуттан уонна өлүү чаас ылан туһамматын бар дьонугар олус чуолкайдык аһаҕастык кэпсээбитин өйдүүбүт. Автор ыстатыйатыгар манна Э.Б.Березкин этиитин хатылаан өлүү чаас ылар уонна промышленностан киирэр нолуоктан төрүт олохтоох дьон туһаныахтаахпыт туһунан анаан-минээн суруйбутун биһирээтим.

Промышленность тугунан дьарыктанарын, сылга төһө сир баайын хостуурун туһунан биһиги бэчээппитигэр хаһан да сырдаппаттар. Ол эрээри Ил дархаммыт кириэмилгэ отчуоттуурун иһиттэххэ промышленность үлэтин суотугар киирбит инвестиция уонна орто хамнаһынан биһиги наһаа үчүгэйдик олорорбут курдук үрдүттэн этэрин ханнык да үлэтэ, хамнаһа суох тыа дьоно ороһуйа истэбит.

Минфин сайтын киирэн көр. Онно СР 2015 сыллааҕы оҥорон таһаарар эргиирэ 708 миллиардынан суруллан турар. Мантан төрүт олохтоох омуктар төһө-хачча үлэни ыыппыттара көстүбэт. Бука сэрэйдэххэ төрүт олохтоохтор оҥорон таһаарыылара ити сыыппараттан биир бырыһыаны нэһиилэ сабырыйдаҕына махтал буолуо. Онтон уратыта биһиги олохпутугар биир да солкуобайы биэрбэт промышленность үлэтин оҥорон таһаарыыта. Итинтэн да көрдөххө төрүт олохтоох бэйэтин норуотун дьылҕатыгар ил дархаммыт быыбарга куолас хомуйуутуттан уратыга наадыйбата көстөр.

Уопсайынан даҕаны тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ эһиннэ, диибит эрээри салалта биир да түгэҥҥэ үлэ ыйдааҕы, кварталлааҕы, сыллааҕы түмүктэрэ диэни аналистаан ырытыылара, туруорар соруктара диэни урукку ССРС саҕана курдук оҥорбуттарын биирдэ да истэ, ханна да ааҕа иликпин. Үрдүттэн мээнэ: “Наһаа үчүгэй, олус сайынныбыт”,-- диэн дорҕоон иһиллэр ону кытары социальнай обьектары кэрийэн лиэнтэ быһан рекламаланан дьону онон үлэлээбит-хамсаабыт курдук зомбируйдаан баран бүтэллэр. Онтон тыа сиригэр бюджет үлэтиттэн ураты ханнык да үлэ тэриллибэт, сэҥээриллибэт. Салалта общественность кыһалҕатынан дьарыктанан, общественнай тэрээһиннэри көҕүлээн эрэрэ иһиллибэт. Ол түмүгэр эдэр ыччат тугу да сатаабат тыа сириттэн күрэнэр. Куоратынан, тыанан умнаһыт ахсаана элбиир. Ил дархаммыт манныктарга тоҕо кыһаммат?

Ил дархаммыт Н.И.Седалищевы кытары сууттаһыытыттан иһиттэххэ салалтабыт республикабыт активын киин салалта бас билиитигэр аҥаар кырыы сыҥалыы биэрэ олорор эбит. Холобур АЛРОСА хампанньаны арыйан баран РФ АЛРОСА акциятын 37 бырыһыанын көрдөөбүтүгэр биһиги дьоммут сыҥалаан туран 50+1 бырыһыаны РФ бас билиитигэр биэрбиттэр. Онтон салгыы аны АЛРОСА акцияларын атыылыыллар.

Аҥаардас манна көрүҥ Саха республикатын бюджетыгар төһөлөөх элбэх харчы киириэхтээҕин туруулаһалларын оннугар сыҥалаан туран, туран биэрбиттэрин. Эргиччи ити курдук бюджет оҥорор бары бас билиибитин бэлэхтээн атыылаан бүтэрбиттэр. Суукка сылдьыбыт дьон Н.И. Седалищев суукка биэрэр докуменнарын ис хоһоонуттан улаханнык саллан, соһуйан бараллар. Манна дьон саамай сөпкө саха сиригэр үлэлиир тэрилтэлэр төрүт олохтоох дьоҥҥо тугу да туһалаабаттарын ол оннугар сирбитин-уоппутун, айылҕабытын алдьаталларын араас буортулаах дьаатынан салгыммытын буортулуулларын бэлиэтииллэр.

ССРС саҕана оннооҕор сөмүлүөт Саха сирин территориятыгар көтөн киирдэҕинэ салгыны буортулаах гаһынан сутуйарын иһин нолуок төлүүрэ. Билигин ол суох промышленнай хампаанньалар кэлтэй буортулааччы уонна алдьатааччы эрэ буоллулар. Аны сотору Восточнай үлэҕэ киирдэҕинэ Саха сирэ Өлүөхүмэ, Ленскэй, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү сирдэринэн ил дархаммыт үтүөтүнэн ракета тобохторун таммалатан хоту ааһар полигона буолар үһүбүт. Маны ким эмэ билэр дуо? Радиация содулуттан олус ыараханнык олорор бүлүү бөлөхтөр маны билэллэр дуо?

Бу боппуруоска общественность сөбүлэҥин ил дарханы өйөөн биэрбитэ дуо? Промышленность туттубут уулара, туттуллан баран быраҕыллыбыт сирдэрэ аһаҕас халлаан анныгар тулалыыр салгыны үйэ-саас тухары буортулуу сыталлар. Ол түмүгэр: “Саха сирин атмосфернай салгына киһи доруобуйатыгар буортулаах муҥутуур улахан кутталы үөскэтэр кэрдиискэ тиийдэ”,--диэн А.Чомчоев суруйар. Ол түмүгэр радиацияттан сибээстээх ыарыылар бэл диэтэр промышленность суох илин эҥэр улуустарыгар РФ уопсай таһымыттан рак ыарыынан ыалдьыы сэттэ бырыһыан үрдүк, диэн А.Чомчоев суруйар. Оттон алмаастаах бүлүү бөлөх эҥэр ити көрдөрүүөссө дьулаан туруктаах.

Биһиги “күн судаар” ил дархаммыт Е.А.Борисов маннык балаһыанньаҕа олорон дьонун-сэргэтин доруобуйатын туһугар кыһаллан Онкологическай балыыһалары туттарарын, Дьокуускай куоракка туттуллубут ууну, помоя уутун ыраастыыр тутууну тутарын оннугар Дьокуускай тулатыгар дьааттаах химическай собуоттары тутан сайдарын туһунан кэпсиир. Саамай кылаабынайа Саха сирин ханнык да улууһугар тутулуннаҕына Саха сирин төрүт олохтоохторун имри эһэр кыахтаах газохимическай собуоту туттарар санаалааҕа бу үйэлэргэ аан дойдуга ханна да буолбатах амырыын иэдээн курдук көрөбүн.

Бэл диэтэр Гитлер ССРС-һы сэриилээн баран хотторон иһэн оччолорго да баара эрээри ССРС-һы утары газовай атаака диэни оҥорботоҕо. Концлагер хаамыраларыгар туһаныллыбыт газовай массыыналар диэн олох быыкаа кыамталаахтар. Дьэ эрэ ытыктабыллаах ил дархаммыт, дии-дии эккирэһэр салалтаҕа сааһын тухары үрдүк хамнас, араас льготалар иһин кулут чаҕар буолбут араҥа маны туох диирий? Бука бары олорон эрэ газохимия сүлүһүннээх дьаатынан сүһүрэн өлөбүт, эбиитин кэлэр кэнчээрпи ыччаппытын имири эһэбит дуо? Аан дойдуга ханна да оҥоһулла илик бэйэлээх бэйэтин норуотун утары террористическай актаны тохтоторун инниттэн судургу көстөн турар боппуруоһу ил дархаҥҥа биэрэр кэм кэллэ.

Егор Афанасьевич дьонун, норуотун баҕатын, санаатын хаһан да истибэт. Истэр санаата да суох. Ол инниттэн урут бэлиэтээбитим курдук единэй Россия партияны бэйэтин чиновниктарынан салайтаран илиитигэр кытаанахтык тутта. Ил Түмэн 70 депутатыттан 51-рэ единэй Россия. Бу аата Ил Түмэн ил дарханы хонтуруоллуур кыаҕын былдьатта. Сокуону ылынар, бюджеты дьаһайар кыаҕын ил дархаҥҥа былдьаппыта ыраатта. Бары общественнай тэрилтэлэр уонна партиялар ил дархантан чурумчуланан баран кини эппитинэн сылдьаллар.

Маннык иэдээҥҥэ тиийэн олорорбутун ааспыт ил дархан быыбарыгар Э.Б.Березкин быһааран биэрбитигэр биирдэ өйдөөбүппүт. Ол иһин Нам улууһун ытык кырдьаҕаһа Николай Алексеевич Кириллин саамай сөпкө Эрнст Борисович Березкиҥҥэ улахан миитиннэри тэрийдэ, диэн махтанар. Ол түмүгэр общественность ылсыһан сир боппуруоһугар, газохимияҕа элбэх киһилээх миитиннэри тэрийиилэрэ саҕаланнылар
Кырдьык бу туһунан саамай сөпкө Э.Б.Березкин биһигини өйдөппүт. Өскөтүн быыбарга кыайан кини ил дархан буолбута буоллар хартыына билиҥҥи туруктан төрүт атын буолуохтааҕа.

Э. Б. Березкин Российскай Федерацияны кытары федеральнай дуогабар түһэрсэн Саха сиригэр үлэлиир хампаанньалар нолуогу манна үлэлиир сирдэригэр төлүүллэрин курдук, Саха сиригэр үлэлиир хампаанньалар төрүт олохтоох дьон туһатыгар өлүү чаас биэрэллэрин туруорсан ыраатыннарбыт буолуо этэ. Э.Б.Березкин маны туруорсарыгар РФ конституциятын 9 ыстатыйата төһүү күүс буолуо этэ. Бу ыстатыйа этэринэн: “Айылҕа ресурсалара, сир баайа, ойуур, өрүстэр региннарга олорор олохтоох дьон бас билиилэрэ”,--диэн улуу нуучча норуотун тылынан олус чуолкайдык сурулла сылдьар. Аны СР конституциятыгар сир баайын хостооһуҥҥа дьон олоҕор буортулаах дьайыылары оҥорор бобулларын туһунан суруллар.

Николай Алексеевич этэрин курдук омук сирин хампаанньалара 50 бырыһыан, Арассыыйа иһиттэн 25 бырыһыан үлэлээбит дохуоттарын олохтоохтору кытары үллэстэр балаһыанньа оҥоһуллуо эбитэ буолуо. Биллэн турар Э.Б.Березкин бааһынай оҕото буоларынан тыа хаһаайыстыбатын үлэтин ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэринэн даҕаны уонна этэрин курдук тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуга үбүнэн улахан көмөнү хайы-үйэ оҥорбут буолуо этэ. Дьаһалта баһылыктарыгар, миэстэтигэр сөптөөх дьаһал, ирдэбил, хонтуруол оҥоһуллан билиҥҥи курдук сүөһү маассабай охтуута,-- диэн сурахтар суох буолуо этилэр. Тыа сирин, эдэр ыччаты кытары биир кэлимник үлэлиир дьон, общественность баҕатын учуоттаан үлэлиир программалар оҥоһуллан олоххо киириэ этилэр. Бөһүөлэктэргэ үлэ хамнас күөстүү оргуйан саха киһитэ сай-сат диэн эрэр буолуохтааҕа.

Тоҕо ити курдук эттим: Мин оскуолаҕа үөрэнэр сылбар 1967 сылга диэри холкуоска харчы диэн суоҕа, тар, хааһы, лэппиэскэ, эт аһылыктаах буоларбыт. Таҥас- сап баҕас олох мөлтөҕө. Ол сыл арай холкуос икки хонуктаах атыыр мунньаҕынан М.Н.Сибиряков холкуос бэрэссэдээтэлинэн бэрт аҕыйах куолаһынан баһыйан талыллыбыта. Сахалар буоллахпыт дии, холкуостаахтар эмиэ утары куоластааһын араас куолу, төттөрүөттүгэр эрдии бөҕө буолбуттар. Арай биир эмээхсин туран көҥүл тустууга ортоку аҥаардаах ыарахан ыйааһыҥҥа САССР сэттэ төгүллээх чемпионун ССРС спордун маастара улуу бухатыыр киһини уун утары көрөн туран: “Тукаам доруобуйаҥ туруга хайдаҕый?”—диэн боппуруос биэрэн дьону күллэрэн хата куоластааһыҥҥа киирэн холкуоспут икки төгүрүк сууккалаах атыыр мунньаҕа түмүктэммит сурахтааҕа.

Төһөөр буолта буолла? Адьас тута кэриэтэ аҕыйах ыйынан арай холкуостаахтар 300-400 солкуобай хамнаһы аахсан киирэн бараллар. Холкуос нэһилиэктэрин аайы саҥа улахан хотоннор, кулууптар, спортсаалалар, балыыһалар, хонтуоралар ардах кэнниттэн тэллэй үүнэрин курдук тутуллан истилэр. Сир оҥоһуута, саҥа күөллэр нэһилиэк аайы баар буоллулар. Дьон санаата кэлбитэ. Чааһынай дьиэ уот эмиэ дэлэччи тутуллан бөһүөлэктэр улаатан киһи-сүөһү элбээн барбыта. Бастаан утаа холкуостаахтар: ”Бэйи эрэ киһибит дэбилдьитэн түһэн тоҕо сүрэй, араас оннук-маннык махынаассыйаҕа киирэн биэрбэт ини”,-диэн кистии саба сипсиһэллэрэ. Саҥа отутун ааһан эрэр эдэр киһини ытыктаан: “Оҕонньорбут”,--диэн кырдьаҕас холкуостаахтар ааттыыр буолбуттара.

Мин олохпор салайааччы үтүөтүнэн маннык соһуччу улахан уларыйыыны көрбүт, билбит буолан Е.А.Борисов оннугар Э.Б.Березкин ил дарханынан кэлбитэ буоллар Саха сиригэр билигин балысхан үлэлэр олоххо киирэн саҕаламмыт буолуо этэ, диирбэр төрүөт 100 бырыһыан баар. Дьон-сэргэ даҕаны Э.Б.Березкиҥҥэ тардыстарын көрөн дьон олоҕо тупсан сай-сат диирэ буолуо, диэн санаабын бөҕөргөтөр. Онон Н.А.Кириллин этэрин курдук Сир баайын—норуот туһатыгар 25 бырыһыанын туһанар туһунан, нолуогуттан эмиэ киирбит үбтэн бюджеппытыгар киллэрэр туһунан уонна эбии быһыытынан сир боппуруоһун ылыммыттарын кэннэ хаттаан көрөр, газохимическай собуоту утарар туһугар референдумҥа киллэрэн РФ ГД быыбарынаbvн туһанан туһунан бюллетен киллэрэн норуот санаатын билэр наада. Онно бар дьон рефрендум ыытылларын туһугар активнайдык кыттаргытыгар ыҥырабын. Оччоҕо эрэ биһиги көлүөнэ оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр тугу эмэ хаалларар кыахтаныа этибит.

Арамаан Дьөгүөрэп.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1495 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 20
Ыалдьыттар (гостей): 20
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024