Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Ыам ыйа » 4 » Перинатальнай киин
Перинатальнай киин
20:02
Перинатальнай киин
Арамаан Дьөгүөрэп
Доруобуйа харыстабылын экс министрэ И.И.Местников идеятынан уонна саҕалааһынынан Дьокуускайга Австрийскай эмтиир киин тутуутун туһунан биһиги http://www.vesti14.ru/get_img?ImageWidth=196&ImageHeight=223&ImageId=1549республикабыт салалтата 24 сыллааҕыта хайдах үлэҕэ киллэриигэ, турууласпыттарын туһунан суруйбутум. Бу тутуу иккис уочаратын бастакы президеммит М.Е.Николаев ийэ оҕо киинэ-Перонитальнай киин, диэни туттаран үлэҕэ киллэрбитэ эһиил 20 сылын туолуо. Тутууну доруобуйа харыстабылын министрдэрэ Б.А.Егоров уонна П.Н.Яковлев салайбыттара.
Бүгүн медицинскэй наука кандидата, РФ уонна СР үтүөлээх враһа Р.И.Александрову көрсөн кэпсэттим. Радомир Иванович 1950 сыл төрүөх Үөһэ Бүлүү Исидор Барахов аатынан Дмитрий Спиридонович Спиридонов директордаах орто оскуоланы бүтэрбит. Саха тылыгар Петр Николаевич Тобуруокапка, Михаил Андреевич Алексеевка үөрэммитинэн киэн туттар. Радомир Иванович тоҕус оҕолоох холкуостаах ыалга бэһис оҕонон төрөөбүт. Сэттэ уол икки кыыс ортотугар оҕо сааһа ааспыт. Аҕата тохсус кылааска үөрэнэр сылыгар, ийэтэ институту бүтэрэр сылыгар өлбүттэр. Онтон икки сыл оччотооҕу ыҥырыыга олоҕуран производствоҕа үлэлээн баран төрөппүттэрин ыра-баҕа санааларын толорон үөрэххэ барар. Томскайдааҕы медицинскэй институтка оҕо бырааһын факультетыгар үөрэнэр. Онтон Аммаҕа оҕо бырааһынан түөрт киһи оннугар соҕотоҕун үлэлиир. Онтон ыал буолан Покровскайга көһөр. Кэргэнинээн Любовь Васильевналыын билигин РФ уонна СР доруобуйатын харыстабылын туйгуна, медицинскэй наука кандидатынаан бииргэ үөрэммиттэр.

1982 сыллаахха Ленинградка ординатураҕа икки сыл үөрэнэр Академик Шабалов Николай Павловичка кыһыл оҕолору кытары үлэлииргэ үөрэнэр. Онно Ленинград роддомун олоччу кэрийэр. 1984 сыл Дьокуускайга саҥа үлэҕэ киирбит роддомҥа кэлэн кыһыл оҕо отделениятын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.
Кинини кытары көрсүүм сүрүн төрүөтүнэн сэрии кэнниттэн ийэм дьиҥэр доруобай дьахтар сут аччыктааһын кэмигэр аһара хатыҥыра үһү. 12 оҕону улаатыннаран ыал оҥорбут холкуостаах ыал ийэҕэ бастакы оҕотунан биир киилэлээх киһи төрөөбүппүн. Онон оскуолаҕа диэри сылларбыттан түөрт биэс түгэни үдүк-бадык өйдүүбүн. Түөрт биэс саастаахпар бастакы тылларбын: “Бу уол тылламмат буолла”,-- диэбиттэрин кэннэ саҥаран дьоммун үөрдүбүппүн. Ньуул кылаастаах Танда орто оскуолатын начальнай кылаастары олоччу хатылаан аҕыс кылааһы уон икки сыл үөрэнэн бүтэрбиппин.

Бүтэрбиппин да буолуо дуо?
Нууччалыы уонна сахалыы сүүс тыллаах диктаҥҥа биэс уонтан тахсалыы асыыпаканы оҥорорбун бу баардык өйдүүбүн. Аҕыс кылааһы биир да түөрдэ суох токур үһүнэн түмүктээбитим. Мөлтөҕүм бэрт буолан учуутал бөҕөтүн сорун сордообут бөтөс олордоҕум. Кэлин учуутал идэтин ылан учууталлыы сылдьыбыт киһи быһыытынан учуутал үлэтин кыһалҕатын билэн ону ырааһынан билинэргэ тиийэбин. Эбиитин тыҥабынан мөлтөх буолан Бороҕоннооҕу тубдиспансерга балтараа сыл эмтэнэбин. Оскуолатааҕы сыллартан спордунан дьарыктаммыт буолан бу эмтэнии кэнниттэн Саха сиригэр тустан миэстэлэһэбин оттон икки хас сылынан ССРС спордун маастара буолбуттаахпын. Быһаччыта сайдыыбынан тэҥнээхтэрбин бэһис, алтыс кылаас диэкиттэн сиппиппин быһыылаах.

Оҕо сааспар кыһалҕаҕа тэппит кыһыл оҕо эрдэхпиттэн итэҕэспин Радомир Ивановичка кэпсээтим. Мин курдук төрүөҕүттэн итэҕэстээх оҕону кытары медицинскэй наука ситиһиилэригэр олоҕуран хайдах дьарыктанарын, эмтиирин интэриэһиргээтим.

Истиэҕиҥ врач Р.И.Александров кэпсээнин:
--Оҕону төрөтөр балыыһаҕа Дьокуускайга сылга биэс тыһыынчаттан тахса оҕо төрүүрэ. Оччолорго республика үрдүнэн 25 тыһыынча оҕо төрүүрэ. Төрөөһүн билигин сылга 17 тыһыынчаҕа тиийбитэ. 2015 сылга 16 тыһыынча оҕо төрүүр. 1990 сылларга ити көрдөрүү олох ыараханыттан 12,5 тыһыынчаҕа түһэ сылдьыбыта. Ону материнскай капитал эҥин бэриллэн 17 тыһыынчаҕа диэри таҕыста. Билигин 6,5 тыһыынча оҕо куорат роддомугар 2,5 тыһыынча республикаҕа ыараханнык төрүүр ийэлэр манна биһиэхэ перинатальнай кииҥҥэ төрүүллэр. Онон ити 17 тыһыынчабытыттан киин куораппытыгар тыаттан көһөн киирии уонна студент элбээһинин суотугар сылга тоҕус тыһыынча оҕо төрүүр буолла.

Онон төрөөһүн улахан өттө Дьокуускайга буолла.
Бастакы соругунан 1984 сыллаахха үлэлии сылдьан дьахтар төрүүр кэмигэр кыһыл оҕо бырааһа—ненатолог баар буоларын туруоруосубутум. Онон эбии штат ылан төгүрүк сууккаҕа нонатолог төрүүр дьиэҕэ баар буоларын хааччыйабытым. Оҕо үксүн түүн төрүүр. Ол түмүгэр кыһыл оҕо төрөөһүнүн өлүүтэ 1000 оҕоттон 19-20 оҕо өлөр эбит буоллаҕына биһиги ону биэскэ түһэрэн лаппа аччаппыппыт. Ол аата үс бүк аччаттыбыт. Оҕо үксэ урут туохтан өлбүтэ биллибэт этэ. Билигин оҕо төрүүрүгэр ненатолог баар буолан саҥа төрөөбүт оҕо диагноһа тута быһаарыллар. Онон салгыы эмииргэ эмиэ сүүйдүбүт. Аны венгерскэй инкубатор 1984 с. аҕаллыбыт. Ону үөрэтэн итэҕэс кыһыл оҕону инкубаторга уган эмтиир этибит.

Урут үстүү игирэ оҕо төрүүрэ эрээри ыйааһыннара аһара кыра буолан кыаммакка үксэ өлөрө. Ол эрээри саҥа роддом арыллыаҕыттан уонна бу ийэ оҕо киинэ тэриллиэҕиттэн үс игирэни тыыннаах хаалларар буоллубут. Ол оҕолортон оскуоланы туйгуннук үөрэнэн бүтэрэн МГУ-ну бүтэрбит үс игирэлэр бааллар. Чурапчыттан киирэн төрөөбүт үс игирэлэр бары үрдүк үөрэхтэммиттэрэ. Итинник итэҕэстээх оҕолор сайдыыларынан ситиһэр түгэннэрэ сүрдээх элбэх. Саҥа перинатальнай киин арыллыаҕыттан сыл аайы үс игирэ оҕолор төрөөн тахсаллар.

Онтон министр Борис Афанасьевич Егоров миигин солбуйааччы министринэн ылбыта. Ол кэмҥэ 1992 сыллааха бу ийэ оҕо киинин тутууну М.Е.Николаев укааһынан саҕаламмыта. Онон бу киин техническай сорудаҕын толорууга оччотооҕу доруобуйа харыстабылын министрэ Б.А.Егоров миигин кэргэнэ Антонина Алексеевна Егоровалыын акушер врачтыын бииргэ үлэлээбиппит. Онон саҥа тутулла турар ийэ оҕо киинин бастакы директора буолбутум.
Мабетекс фирма тойоно Албанец Беджет Пакколи фирмата Швейщарияҕа баара онон Швейшарияҕа уончата, Словенияҕа сүүрбэттэн тахсата, США-ҕа, европаҕа элбэхтэ кинини кытары сылдьан бу тутуу ыытыллар дьыалаларын, оборудованияларын ситиһиигэ, туруорсууга үлэлээбитим. 1995 сыл ийэ оҕо киинэ үлэҕэ киирэригэр директорынан Ахмед Романович Варфоломеев анаммыта.

Миигин бу перинатальнай кииҥҥэ директоры солбуйааччынан анаабыттара.
Кыһыл оҕоҕо алта отделениялаах 106 куойканы астарбытым. 60 куойкаҕа иккис этап, диэн 20 куойка итэҕэстээх оҕо отделенията, 20 куойка инфекционнай, 20 куойка аномалиялаах, травмалаах оҕолорго аналлаах эмтиир куойкаламмыппыт. Өссө республикаҕа аан бастакынан алта куойка кыһыл оҕоҕо реанимационнай отделение арыллыбыта. Элбэх ыарахан дьахтар төрүүрүгэр 40 куойкалаах роддом арыллыбыта. Уопсайа 109 куойка саҥа төрөөбүт кыһыл оҕону эмтииринэн дьарыктанар. Итэҕэстээх оҕо төрөөһүнүн биричиинэтинэн олохпут ыарахан буолан дьахтар ситэ аһаабат-сиэбэт буолан доруобуйата лаппа мөлтөөтө. Ол эрээри 500 грамнаах оҕолортон доруобай оҕо төрөөһүнүн бырыһыана улахан.

2012 сылга диэри биир киилэни кыайбат ыйааһыннаах оҕо выкидышка киирэрэ. Ол аата холобура эн сэттэ хонук иһигэр өлөн хаалбытыҥ буоллар оҕо куоппут диэн буолуохтааҕа. Оччоҕо киһи төрөөтө, диэн регистрацияламмаккын. Доруобуйа харыстабылын бүтүн аан дойдутааҕы обществотыгар 500 грамнаах оҕону тыыннаах киһи буолар, диэн регистрациялыыллар. Сайдыылаах судаарыстыбаларга барыларыгар ити ирдэбил олоххо киирбитэ. Бу тэрилтэ туруорсуутунан Арассыыйаҕа 2012 сылтан 500 грамнаах оҕону тыыннаах киһи төрөөтө, диэн регистрациялыыр буоллулар. Ол иһин реанимация куойкатын тоҕус куойкаҕа диэри улаатыннаран биэрбиппит.

Биһиэхэ ортотунан 500 грамтан киилэҕэ диэри ыйааһыннаах 50-ан тахса оҕо төрүүр. Балтараа киилэҕэ диэри 120-эн тахса оҕо төрүүр. Бу оҕолору быыһыырга аныгы сайдыылаах наука күүһүн туһанабыт. Билигин Дальнай Восток уонна Сибирь регионнарыгар бу ийэ оҕо киинэ тутуллан оҕо өлүүтүн көрдөрүүтүнэн намыһах буолан биһиги бастакы миэстэҕэ таҕыстыбыт. Россия 85 регионугар хотугу тыйыс айылҕалаах, кытаанах усулуобуйалаах буоламмыт урут бүтэһик уон иһигэр сылдьыбыт эбит буоллахпытына билигин уон бастакы иһигэр киирдибит. Онон М.Е.Николаев Саха сиригэр Арассыыйаҕа бастакынан бу киини туттаран көрдөрүү итинник буолла. Онон Арассыыйаҕа бастакынан тутуллубут перонатальнай киин эһиил 20 сыллаах юбилейбытыгар сүрүн ситиһиибит бу буолар.

Биһиги перинатальнай киин үһүс уровеҥҥа олоробут онтон Дьокуускай кҥуорат, Покровск, Мэҥэ Хаҥалас, Алдан, Мирнэй, Нерюнгри иккис уровненнар. Улуустар киинэрэ бастакы уровеннар. Бу бастакы уонна иккис уровеннарга эргиччи доруобай эрэ дьахталлар төрүүллэр. Иккис уровеҥҥа 32 нэдиэлэлээхтэн үөһэ оҕону төрөтөллөр. Бастакы, иккис уровеннарга 22 нэдиэлэттэн 32 нэдиэлээхтэн үөһээ оҕонуь төрөтөллөр. Бастакы иккис уровеннаахтар 22 нэдиэлэттэн 32 нэдиэлэҕэ диэри төрүүр дьахтары бука барытын манна үһүс уровеннаах перинатальнай кииҥҥэ ыытыахтаахтар.
2015 сыл 2300 кыһыл оҕону төрөттүбүт.
Мантан итэҕэс оҕото 500 тахса оҕо төрөөбүтэ. Сүүстэн тахса иккилии игирэ төрүүр. Аны үстүү игирэни эмиэ төрөтөбүт. 2015 сыл түөрт игирэ оҕолоох ийэни Томскайга ыыппыппыт. Онно сүүрбэ быраас көрөн-истэн бу оҕолору этэҥҥэ төрөппүттэрэ. Дьиҥэр манна да төрөтөр кыах баара эрээри ол кэмҥэ үстүү игирэлэр төрөөннөр реанимацияҕа миэстэбит тиийбэҕэ. Ол иһин Томскайга ыыппыппыт бу түөрт игирэ олоччу тыыннаах хаалбыттара. Реанимацияҕа кыһыл оҕолор иккилии үстүү ый сыталлар. Кыайан тыыммат буолан иккилии
үстүү ый анал тыынар аппараакка сытар оҕолор бааллар. Манна итинник оҕолор үс аҥаардыы, биэстии ыйга тиийэ сыталлар. Күҥҥэ уонгтан тахса оҕо төрүүр.

Бүгүн 12 оҕо реанимацияҕа сытар. Субу билигин 800 грамм ыйааһыннаах кыһыл оҕо Ньурбаттан кэлэн төрөөн реанимацияҕа киирдэ. Бүгүн аҕыс оҕо олоччу аппараатка сыталлар. Кыайан тыымматтар. Бу оҕолор сайдыылара бытаан буолуо ол эрээри син биир сыыйа ситэн дьон буолуохтара. Биллэн туран сорохторо олох кыралара инбэлиит буолуохтарын сөп. Бэрэбиэркэ хонтуруол бөҕөтө. Москваттан хас биирдии оҕо туругун ый аайы селекторнай сибээһинэн ыла олороллор. Бэйэбит СР доруобуйатын харыстабылын министерствота эмиэ күүскэ хонтуруоллуур. Өлүү баар буоллаҕына оҕо туохтан өлбүт биричиинэтин олоччу отчуоттаталлар.

Этэҥҥэ сиппит оҕо 38-40 нэдиэлэтигэр төрүүр. Оттон биһиэхэ 22 нэдиэлэлээх оҕону кытары тыыннаах хаалларыах тустаахпыт. Аны арыт 22 нэдиэлэлээх оҕо Халымаҕа эбэтэр ханна эрэ муора кытыытыгар төрөөн хаалар. Оччоҕо били инкубаторбытын илдьэ онно көтөн тиийэн аҕалабыт. Инкубаторы 37,5 кыраадыска диэри сеттэн розеткаҕа холбоон сылытабыт онтон бэйэтин батареятыгар холбуубут. Кыайан тыыммат оҕоҕо аппараат холбуубут. Инкубатор мониторугар оҕо ис уорганнара хайдах үлэлиирэ, туох итэҕэстээҕэ олоччу көстөр. Ону тута аппараат суруйан иһэр. Инкубаторга сытан аналлаах растворунан оҕо аһыыр. Урут сылга итинник оҕолорго сүүстэн тахсата көтөрбүт. Былырыын 66--та көппүппүт. Быйыл ити картаҕа көстөрүн курдук үс ыйга 18-та көттүм. Черскэйтэн, Тикситтэн, Депутатскайтан, Өлөөнтөн, Мирнэйтэн тиийэ аҕалабыт. Инкубаторбыт бу турар. Ити массыынан портка киирэбит. Портка сөмүлүөт эбэтэр бөртүлүөт кэтэһэн турар. (Массыынатын уонна инкубатордарын көрдөрөр.) Тиксиигэ, Мирнэйгэ, Нерюнгрига, Депутатскайга элбэхтик сыл аайы көтөбүт.

Элбэх көтүү элбэх оҕо төрүүр киин улуустарыгар буолааччы. Араас ыарыылаах оҕо төрүүр арыт эмэһэтэ бүөлэммит, куолайа бүөлээһиннээх оҕо төрүүр. Ону операциялаан эмэһэтин оҥорон, куолайын арыйан биэрэр оҕо хирурдара оҥороллор. Оһоҕоһо арыт тыҥатыгар тахсан хаалбыт буолар ону бириэмэтигэр оҥоро охсуохха наада.

Ийэ оҕо киинигэр улуустартан эрдэ төрөөн кэбиспит эбэтэр ыарахан оҕолор, 20 сыл тухары 1500 кыһыл оҕону аҕалан быыһаатыбыт. Итэҕэс төрөөбүт оҕолор үстүү аҥаар ыйга тиийэ реанимацияҕа аппараатка сыталлар. Кыайан тыымматтар. Аһыыллара-сииллэрэ олоччу хонтуруолланар. Кинилэр түөртүү биэстии ый манна сытан эмтэнэн баран тахсаллар Аны сорох пороктаах оҕолору төрүүллэрин кытта тута диагност туруора охсон Новосибирскайга, Санк Петербурга, эбэтэр Москваҕа ыытабыт. Сорох оҕолору бэйэбитигэр сүрэх хирура П.И.Захаровка оҥотторобут. Биһиги перинатальнай кииммиигэр аан дойду сайдыылаах судаарыстыбалар туһанар бары медицинскэй оборудованиялара олоччу баар.

Дьэ, толкуйдаан көр М.Е.Николаев хайдахтаах курдук сайдыыны ырааҕы өтө көрөн Арассыыйаҕа бастакынан бу киини туттаран киһи бөҕөтүн быыһаабыт эбитий? Билигин бу перитнатальнай киин бэйэтин үчүгэйин дакаастаан бүтүн Арассыыйаҕа дьэ, саҥа биһирээн тутан эрэллэр. 2016 сыл
Арассыыйа куораттарыгар маннык сүүрбэ киин үлэҕэ киириэ. Ол иһигэр биһиги Дьокуускайбытыгар ил дархаммыт Е.А.Борисов туруорсан биир перинатальнай киин тутуллан бүтэн быйыл ахсынньы ыйга сэттэ этээстээх перонетальнай киин үлэҕэ киирээри турар. Оччоҕо куорат бэйэтин ыараханнык төрүүр ийэлэрин онно төрөтүө. Биһиги республиканскай киин быһыытынан республика атын куораттарын, улуустарын ыараханнык төрүүр ийэлэрин олоччу манна мунньан төрөтүөхпүт. Онон төрүт олохтоох омуктар кыһыл оҕо эрдэхтэн доруобай буолууларыгар уонна ахсан өттүнэн элбииллэригэр М.Е.Николаев туттарбыт перинатальнай киинэ аныгы сайдыылаах наука туох баар күүһүн туһанан тигинэччи үлэлии турар.

Бу итэҕэс эрдэ төрөөбүт оҕолор аҕыйах инбэлииттэртэн уратылара үөһээ эппитим курдук толору сайдыылаах дьон буолаллар. Ылан көр улуу Пушкин, Суворов, Наполеон өссө урут медицина маннык күүскэ сайдыбатах кэмигэр төрүүллэригэр улахан итэҕэстээх оҕолор этилэр. Оттон наука уонна искусство эйгэтигэр улууканнаах ситиһиилэри ситиспит гений дьон элбэх. Онон мин итэҕэстээх оҕобун, дии сананарыҥ сыыһа оҕолоруҥ, сиэттэриҥ толору улахан сайдыылаах дьон буолуохтара. Наука практика дакаастабыла оннук.
--Үтүө тылларыҥ иһин махтал.
http://www.vesti14.ru/images/cache/770x515/crop/images%7Ccms-image-000001550.jpg
Киһи аймах Саха сиригэр төрөөн-ууһаан сайдарыгар олус да улахан наадалаах дьыаланан дьарыктанар эбиккит. Элбэх да киһиэхэ толору олох олорор дьол-соргу үөрүүтүн аныгы сайдыылаах медицина күүһүнэн биэрэр эбиккит. Дьэ кырдьык Австрийскай эмтиир киини бастакынан идея киллэрэн туттарбыт доруобуйа харыстабылын министрэ И.И.Местников, м. н. д. В.И.Астафьев уонна оччотооҕу обкуом сэкиритээрэ Ю.Н.Прокопьев, САССР правительствотын бэрэссэдээтэлэ С.Н. Маркин, бастакы президеммит М.Е.Николаев доруобуйа харыстабылын министрдэрэ Б.А.Егоров, П.Н. Яковлев улуу да дьыаланы Арассыыйаҕа аан бастакынан буолан баран оччотооҕу уларыйыы бастакы ыарахан сылларыгар өтө көрөн үлэлээбиттэрин илэ көрөн-истэн сөҕөн сөхтүм.
Ытыктабыллаах Радомир Иванович түгэнинэн туһанан аҕа кылыныҥ Василий Михайлович Кладкин Социалистическай үлэ геройа, Ленин уонна икки Бочуот знага орденнар кавалера, САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, хас да улуус бочуоттаах гражданина 85 сааһын туолбутунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.

Тус бэйэҥ киһи аймахха, бар дьоҥҥор, үөлээннээхтэргэр үтүөнү эрэ оҥорор, олоҥхо дойдутугар итэҕэстээх кэлбит дьону өркөн өйдөөх, чөл куттаах доруобай гына оҥорор улууканнаах идэҕэр ситиһии эрэ сэтиилэн, кыайыы-хотуу эрэ кынаттан, үрдүк өрөгөй үөрүү аргыстан, толору дьоллоох-соргулаах буол. Алаас, алаас, үрэх-үрэх аайыттан алгыстаах махтал тылынан уруйдана тур. Татаар тыллаах таба эппэтин, сытыы кылыс тыллаах быһа саҥарбатын,-- диэн сахалыы алгыс тыллары аныырбын көҥүллээ.


Арамаан Дьөгүөрэп
 
Category: здоровье | Views: 1690 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024