Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Бэс ыйа » 7 » МАТВЕЙ ЕВСЕЕВ. Сахалар кинини төһө билэбитий?«Главу «Алмазов Анабара» устранили от влияния на политобстановку Якутии»
МАТВЕЙ ЕВСЕЕВ. Сахалар кинини төһө билэбитий?«Главу «Алмазов Анабара» устранили от влияния на политобстановку Якутии»
07:47
МАТВЕЙ ЕВСЕЕВ. Сахалар кинини төһө билэбитий?
http://alanab.ykt.ru/assets/img/evssev.jpg
Үһү-тамах курдук билэбит диирбитигэр тиийэбит. Тоҕо билиҥҥи кэмҥэ промышленность судургута суох эйгэтигэр өр кэмҥэ тулуктаһан үлэлээбит соҕотох киһибитин аанньа билбэппитий? Эһигиттэн ким эрэ НВК каналыгар дуу, радиоҕа, хаһыаттарга дуу, киниттэн интервью ылбыттарын көрбүккүт дуо?

Эбэтэр ол тыһыынчанан саха хамнастанан, олохторун-дьаһахтарын дьоһуннаахтык тэриммититтэн биир эмэ ыал аҕатын чугастан көрдөрбүттэрин, кинини кытта кэпсэппиттэрин көрбүккүт дуу? Сүдү техника уруулугар олорон буору-тааһы кытта өрө туста, көлөһүн алла үлэлии сылдьар эр дьону үтүө холобур гынан кэпсииллэригэр биирдэ эмит да буоллар, түбэспиккит дуу?

Республика салалтата саатар сыл түмүгэр ордук элбэх нолуогу киллэрбит, үлэ миэстэтин таһаарбыт, социальнай эбээһинэһин аһары толорбут тэрилтэ туһунан тыл аҥарын да мүччү ыһыктыбата дьэ дьикти. Ол оннугар "Олохтоох дьону промышленноска тардыы туһунан" мунньахтаан лөкөһөр депутаттары улуу дьаалы гынан сылайбакка көрдөрөллөр.

Онон, мин санаатахпына, билиҥҥи былааспыт Матвей Евсеев ситиһиилэрин соруйан көрдөрбөт буола сатыыр, кини норуокка биллэр-көстөр кыаҕын харгыстыыр суолу тутуһар. Биир өттүнэн, Евсеев бэйэтэ да кэпсэнэргэ дьулуспат эбит, биир-икки сайтка (Уххан сирэ, Сахалайф) "Анаабыр Алмаастарын" туһунан тахсар да эбит буоллаҕына (ону да төлөөн таһааттарар буолуохтаахтар), манна салайааччы бэйэтин туһунан буолбакка, үлэлии-хамсыы сылдьар дьону, кинилэр ситиһиилэрин сырдаталлар. Арай Дмитрий Наумов "Күрүлгэҥҥэ" бэккэ таһаарбыта баара: бу тэрилтэ тыа сирин саҥа сахатын иитэн таһаарда диэн. Тоҕо диэтэххэ, үлэһиттэр бары тыа улуустарыттан сылдьан үлэлииллэр, ол быһыытынан дэриэбинэ олоҕо-дьаһаҕа тупсар, эр киһи санаата сайдар. Оннооҕор Джек Лондоны тылбаастыыр бульдозерист баар буолла.

Матвей Евсеев ааспыт Ил Дархан быыбарыгар кыттыахтааҕын "Единэй" партия кытыннарбатаҕа. Ону быһааран, Сахалайфка соҕотох интервью биэрбит этэ: "Киһиэхэ балыгы буолбатах, илими бэриллиэхтээх, кини бэйэтэ балыктаан аһыырын курдук. Республика салалтатыгар оннук тускуллаах үлэни тэрийээччи кэлиэхтээх" диэбитин сөбүлээбитим, сахалыы дириҥ толкуйдаах эбит диэн.

Евсееви холкутук тыынар салгынын быспыттарын таһынан, өссө кинини утары анаан үлэлиир сайтары үбүлээн үлэлэппиттэрэ ыраатта. Ол суобастарын атыылаабыт суруналыыстар дьон өйүн-санаатын сүүйэр туһугар туох санааны иитэллэрий-тарҕаталларый? Уорбатах, үлэлииртэн атынынан дьарыгырбатах, бэйэтин кэпсэнэн киэҥник биллэ сатаабатах эр хоһуун киһи сиэригэр-майгытыгар туох мэҥи көрдөөн булан баһааҕырда сатыыр эбиттэрий? Дьэ маннык эбит:

    1. Евсеев харса-хабыра суох. Маннык дьон улахан политикаҕа тахсыбаттар.
    2. Үлэҕэ билсиинэн эрэ ылар.
    3. Сталин памятнигын тиэргэнигэр туруорбут.
    4. Евсеев таҥараһыт.                          

Ити түгэннэр Евсееви киһи быһыытынан түһэриэхтээҕэр, хата үрдэтэллэр диэн мин көрөбүн:                                               

1. Харса суох майгы туһунан. Күөх оту тосту үктээбэккэ промышленность эйгэтигэр өр буолбаккын. 90-с сылларга хайаны хаспыт, көмүһү сууйбут уолаттар төһөлөөх ууну-уоту ортотуна ааһан, бүтүн хаалан, норуоттарыгар суол-иис солообуттарын таайан эрэ көрүөххэ сөп. Онон сахаттан ханнык ба5арар туора урдуһу тоһун ылан булгурутар харса суох уолан баар диэн хата киэн туттуохтаахпыт.             

Политикаҕа кыайан тахсыбат диэн эмиэ түһэрэ сатааһын. Билигин улахан бизнеһи политиката суох оҥорбоккун. Евсеев бэйэтин кэмигэр сөптөөх политиканы ыытан тэрилтэтин алмаас эйгэтигэр инники күөҥҥэ таһаардаҕа. Ил Түмэн депутатынан иккитэ субуруччу талылынна. Ил Түмэҥҥэ ыйааһыннаах, этиитэ аахсыллар киһи. Политикаҕа аҥардастыы ньуолбардаан, эккэлээн элбэҕи ситиспэккин билиҥҥи былааспыт үлэтин түмүгэр көрөбүт дии - туох баарбытын барытын былдьатан, биир солкуобайга атыылаан баран олоробут. Евсеев билигин 50 сааһын ааһан, оргуйа сылдьар хаана арыый уоскуйан, өссө кэскиллээхтик, өссө мындырдык толкуйдуур сааһыгар кэллэҕэ.                               

2. Билсиинэн үлэҕэ ылыы туһунан. Тыһыынчанан вахтовик Евсеев билсиилээхтэрэ буоллахтарына улуу киһи эбит диирбитигэр тиийэбит. Республика үгүс улуустарыгар олорор чэрдээх илиилээх бачча элбэх үлэһит дьону билсии оҥостубут уонна ханнык салайааччы баарый? "Саха үлэлиир кыахтаах!" диэн санааны дьиҥнээхтик туругурда сылдьар тэрилтэ үлэһити ыларыгар үрдүк ирдэбиллээх буолара саамай сөптөөх. Онон, быылланан хаалбыт дьон өһүргэстэрин салайааччыны хоруотуурга туттар табыллыбат. Производственнай тэрилтэ социальнай харалта тэрилтэтэ буолбатаҕын өйдүөх кэриҥнээхпит.                 

3. Сталин бюһун туһунан. Сталин - дьиҥэ улуу салайааччы уонна улуу тиран буоллаҕа. Историяттан кинини соппоккун. Өйдөбүнньүктэри туруоруу - сүгүрүйүү эрэ бэлиэтэ буолбатах. Историябытын умнубат уонна киниттэн үөрэнэр туһугар өйдөбүнньүктэр баар буолуохтаахтар. Мин Сталин сүгүрүйээччитэ буолбатахпын эрээри, кинини санатар туох эмит хайаан да баар буолуохтаах диибин. Бу түгэҥҥэ мин Евсееви историяны чөлүгэр түһэрээччи уонна аҕа көлүөнэ дьон ытык санаатын үрдүктүк тутааччы быһыытынан сыаналыыбын. Сталинынан киирээччи дьон тоҕо эрэ Евсеев Алампаҕа памятник туттарбытын, Өксөкүлээх толору хомуурунньугун таһааттарбытын, онтон да атын духовнай сайдыыбытыгар суолталаах түгэннэри тус хармааныттан үбүлээн кэлбитин ахтыбаттар. Олоҥхобут шедевр буоларыгар эмиэ кини эрэ үбүнэн көмөлөһөн, дьыала сыҕарыйбытын туһунан Александр Акимов бэйэтин кэмигэр махтанан кэпсээбитин истэн турардаахпын.         

4. Таҥараһытын туһунан. Билигин былааска быкпыт дьон бары таҥара дьиэтигэр чүмэчи тутан үҥтэҕэ буола туралларын элбэхтик көрөбүт. Күлүү гынар буоллахха, бу клоуннары күлүү гыныахха баар этэ. Дьиҥнээхтик итэҕэйэр, миэрэлээх киһини буолбакка. Этэллэрин курдук, таҥара итэҕэлигэр аньыыны-хараны ыраастанаары эрэ киһи кэлбэт, таҥара баарын кырдьык билбиттэр эмиэ кэлэллэр.                         

Евсеев саха ыһыаҕын өрө тутар, сахатын таҥаһын киэн тутта кэтэр, хоһооннору өйүттэн ааҕар. Аныгы сайдыылаах дьон үксэ ханнык баҕарар культураны тэҥҥэ ытыктаан ылынар "человек планеты" буолан хаалар үгэстээхтэр. Саха бастакы интеллигенцията: Күлүмнүүр, Өксөкүлээх, Алампа курдуктар эмиэ бары миэрэлээх дьон этилэр. Ол туһуттан кинилэр бэйэлэрин норуоттарыгар тапталлара көҕүрээбитин көрбөппүт.       

Өссө үс этиилээх эбиппин:

1. Матвей Евсеев - алмааһы хостооччу эрээри, тыа сириттэн силистээҕин умнубат, тыа хаһаайыстыбатын хайдах сайыннарыахха сөбүн дьиҥ үлэнэн көрдөрө сылдьар хаһаайыстыбанньык буолар өссө. Ону эмиэ ким да кэпсээбэт, сырдаппат. Хаҥалас Нөмүгүтүгэр, Өлүөхүмэҕэ сылгы, ынах иитэр, бородууксуйаны переработкалыыр үрдүк көрдөрүүлээх тэрилтэлэрдээх. Аны маһы таҥастыыр Алмас эмиэ биллэр-көстөр тэрилтэ. Быһата, үлэ ханнык баҕарар хайысхатыгар сыһынна да - кини барытын, сааһылыыр, кыайыылаах-хотуулаах үлэни тэрийэр. Судаарыстыба өйөбүлүнэн тутуллубут хотоннорбут айгырыы, бас быстар сыанаҕа атыылаһар сүөһүлэрбит өлө-сүтэ турдахтарына, кини үгүс айдаана суох тэрийбит хаһаайыстыбалара тоҕо ситиһиилээхтэрий? Толкуйдааҥ.

2. Кинини киһи быһыытынан киэргэтэр өссө биир түгэн баар. Евсеев төрөөбүт улууһуттан Ил Түмэҥҥэ туран кыайар төһө баҕарар кыахтаах эрээри, Уаров А.С., Акимов А.К. курдук убайдарын суолларын быһа хаампакка, икки төгүл Өлүөхүмэттэн депутат мандатын тутта. Эргимтэтигэр сунтаардары муспат. Арай сүбэьитинэн ытыктабыллаах Климент Егорович сылдьар. Ол да буоллар, Сунтаар кэнники кэминээҕи баар-суох улахан тутууларын - манеһы уонна стадиону кини спонсордаан туттарбыта биллэр. Билигин Дьокуускайга биир дойдулаахтарын түмсүүтүн салайарга сөбүлэһэн, сүрдээх дьоһуннаах хардыыны оҥордо. Хаһан баҕарар киһи төрөөбүтүт дойдутуттан тирэхтээх буолуохтаах.                                      3. Бастакы Прещидеммит Михаил Николаев мээнэ киһиэхэ мэҥийбэт идэлээх. Ол гынан баран Евсеев юбилейыгар сылдьыбыт, "Сертификат доверия Первого Президента"  диэн сэдэх докумуону туттарбыт.

Түмүктээн эттэххэ, Матвей Евсеев билиҥҥи республика салайааччыларыттан таһыччы киһи. Кини кыаҕын, сатабылын, дьоҕурун туһанан кэскилбитин тэриммит киһи! Ону баара, билиҥҥи былааспытыгар бииртэн биир мөлтөх, уоруйах, сирэй көрбөх эрэ дьон мустар, үөһэ тахсар. Сөпкө этэллэр, МӨЛТӨХ САЛАЙААЧЧЫ бэйэтин тула бэйэтинээҕэр МӨЛТӨХТӨРҮ МУННЬАР, ӨЙДӨӨХ САЛАЙААЧЧЫ  бэйэтинээ5эр КЫАХТААХТАРЫ тумэн КУУЬУРЭР диэн.
    ЕВСЕЕВИ "политическай елук" буолуо, Москваттан тэбилиннэ да Кини кимин умнуохтара диэччилэргэ:
   2018 сыллаа5ы улахан быыбарга дылы балтараа эрэ сыл хаалла. Ол икки ардыгар норуот бэйэтин кэмин саамай ча5ылхай уолун умна охсуо диэн суоттаныман!

 Матвей Евсеев ыраахтан кэтээн керен себулээччи НЬУКУЛАЙ.

«Главу «Алмазов Анабара» устранили от влияния на политобстановку Якутии»

По мнению эксперта, Матвей Евсеев остался бы гендиректором компании, если бы не пытался стать главой республики
Якутск, 6 Июня 2016, 10:38 — REGNUM  Устранение гендиректора алмазодобывающей компании «Алмазы Анабара» (дочернее предприятие АЛРОСЫ») Матвея Евсеева не нанесёт вред компании. Такое мнение корреспонденту ИА REGNUM высказал кандидат экономических наук, директор ИАЦ «Эксперт» СВФУ Юрий Данилов.
 
«Просто самой главной кандидатурой на пост главы республики являлся Матвей Евсеев, и таким образом его устранили от влияния на политическую обстановку Якутии», — пояснил эксперт. Юрий Данилов также отметил, что заместитель председателя правительства Павел Маринычев, слухи о назначении которого гендиректором «Алмазов Анабара» распространяются в республике, не повлияет негативно на работу компании, так как она отлажена и работает отлично». Тем не менее, эксперт полагает, что Маринычев — «комнатный работник, который не разбирается в технологии обогащения алмазов, и, наверное, алмазов не видел никогда, кроме бриллиантов. Ему просто готовят красную дорожку во властные структуры республики».
Опальный политик Афанасий Максимов, бывший президент НГК «Саханефтегаз» и экс-депутат республики, обратил внимание на то, что добыча рассыпных алмазов самая прибыльная, а Матвей Евсеев стоял у её истоков от геологоразведки до добычи. «На голом энтузиазме создал мощное производственное предприятие. На это ушла вся его жизнь. И вот пришло время делить. Получается, Матвей сделал свое дело», — пишет в своём блоге Афанасий Максимов.
 
Как сообщало ИА REGNUM, сотрудники «Алмазов Анабара» письменно попросили президента компании АЛРОСА Андрея Жаркова не назначать на место уволенного гендиректора компании Матвея Евсеева заместителя председателя правительства республики Павла Маринычева. Если эта просьба не будет услышана, то 266 сотрудников готовы уволиться. «При его назначении на «Алмазах Анабара», как на успешном предприятии, будет поставлен крест. Какое-то время оно проработает по инерции, на ускорении, заданном нашим руководством, но вскоре непременно загнется. У нас в коллективе люди недоумевают: «Зачем «гробить» успешное предприятие, передавая бразды правления совершенно неопытному человеку?», — отмечала представитель трудового коллектива компании Ольга Иванова.
Читайте ранее в этом сюжете: Рабочие «дочки» АЛРОСА бастуют после увольнения гендиректора


Подробности: https://regnum.ru/news/polit/2141246.html Любое использование материалов допускается только при наличии гиперссылки на ИА REGNUM.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1645 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
27282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 87
Ыалдьыттар (гостей): 87
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024