Кинигэ сүрэхтэниитэ атырдьах ыйын 31 кµнµгэр “Киһи институтун” саҥа киэҥ-куоҥ дьиэтигэр “Возможности саморегуляции организма” диэн кэмпириэнсийэ кэмигэр тэриллибит. Толоконская 30 киһилээх анал бөлөҕү тэрийэн бэйэлэринэн кэлэн биэрбит ойууттарынан диагноз туруортаран, эмтэтэн кыахтарын биир нэдиэлэ устата үлэлэтэн чинчийбит. Ол туһунан кини “Казначеевские чтения” диэн билим үлэлэрин хомуурунньугун 2016 с. үһүс нүөмэригэр: “Целую неделю шли консультации и приёмы пациентов Василием Ивановичем. 31 августа в помещении красноярского центра РОО «Институт Человека» прошла конференция. В рамках неё состоялась презентация третьей книги серии «Инженерия шаманизма».
Название книги «Постарайся быть здоровым» напрямую соответствовало теме конференции. На заседаниях выступали Н.П. Толоконская, В.В Ромм, В.И. Оконешников и многочисленные пациенты, прошедшие диагностику и лечение у якутского целителя. Сказать, что практические занятия и сама конференция понравились, значит — ничего не сказать. Встречи, консультации, диагностика и лечение, материалы книг перевернули представление участников о современной науке, о способностях народных целителей и шаманов, о возможностях человеческого организа в саморегуляции здоровья”, - диэн суруйар. Саҥа кинигэ Новосибирскайга сүрэхтэниитигэр В.Ромм “биһиги ыксаабаппыт, үлэбитин кэҥэтэн, оҥорон иһиэхпит. Бу уруккута билим сымыйаргыыр, киэр илгэр эйгэтигэр киирэн истэххэ, букатын ураты өй-санаа, билии арыллар. Копернигы кинигэтин кэнниттэн 400 сыл өйдөөбөтөхтөрө. Билигин билим сайдыылаах, онон биһигини 100 сылынан өйдүөхтэрэ” диэн бу үлэ далааһына кэҥээн иһэрин биллэрдэ.
Ити этэрэ оруннаах. Бу дьон үһүөн Аан дойдутааҕы Славянскай академия академиктара. Билигин Арассыыйа, нуучча омук аан дойдуга тахсарга бэйэтин ураты суолун-ииһин көрдүүр кэмэ. Кинигэ сүрэхтэниитин биллиилээх академик В.П. Казначеев уола Аан дойдутааҕы Славянскай академия Арҕаа Сибиирдээҕи салаатын бэрэсидьиэнэ, медицина билимин дуоктара,
профессор С.В. Казначеев тус бэйэтинэн да кэлэн ыыппыта элбэҕи этэр. В.Ромм бастакы кинигэбитин ойууттар эрэ интэриэһиргээбэтэхтэрэ, физиктэр ортолоругар эмиэ улахан сэҥээрии тахсыбыта диэн кэпсээтэ. Саха сиригэр, Новосибирскайга, Барнаулга, Томскайга, Бийскайга Новосибирскай академгородогун учуонайдара кыттыылаах көрсүһүүлэр, кэмпириэнсийэлэр ыытыллыбыттар.
Профессор Ромм бу кинигэлэртэн саҕалаан, ойуун инженериятын сабаҕалааһыннарын боруобалыырга, бэрэбиэркэлииргэ, инструментальнай чинчийиилэри оҥоруу боппуруоһа таҕыста диэтэ. Ол аата биһиги Оконешниковпыт аан дойду айыллыытын, тутулун көрүүтэ аныгы билим өссө үрдүк таһымҥа таһаарар, киһи аймах атом кистэлэҥэр киириитин өссө дириҥэтэр. Боростуой дьон, оскуолаҕа, үрдүк үөрэххэ үөрэппиппит таһымынан, атомтан, электронтан ордук кыра баарын билбэппит, өйдүү сатыырга да уустук курдук. Оттон аан дойду айыллыытын кистэлэҥин билэргэ аныгы билим, аан дойду судаарыстыбалара улахан интэриэстээхтэр.
Инньэ гынан, 1960 с. Англия П.Хиггс диэн учуонайа сабаҕалаабыт, билиҥҥитэ саамай кыра, Таҥара частицата диэн ааттанар бозону көрөөрү аан дойду барыта кыттыһан, 3,2-6,4 млрд дуоллар икки ардынан сыаналаах адроннай коллайдеры туппуттара. Онтуктара да ити таһымҥа туох буоларын көрөргө-билэргэ ситэтэ суох диэн, салгыы супер коллайдеры тутаары харчы көрдүү сылдьаллар. Ромм этэринэн Оконешников түөрүйэтин чахчыта, бэл аҕыйах бырыһыана да дакаастанаҕына, билиҥҥи билим аан дойдуну, куйаары көрүүтүн үгүс өттө түөрэ эргийэн уларыйыан, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах, олох фантастическай технологиялара аан дойду олоҕор киириэхтэрин сөп.
Олоҥхо уонна ядернай физика Омос көрүүгэ ити этиллибити киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук.
Сорох хой баһын туойуу, сахаҕа сыһыана суох диэн сөп. Ол эрээри, Оконешников ити аан дойду устун киэҥник атыллаан баран эрэр түөрүйэтэ олоҥхобут кистэлэҥин арыйарынан, сахалар биир улахан киэн туттуубут буолара саарбаҕа суох. Ааптардар кинигэҕэ “В инженерии шаманизма” была представлена предположительная модель Мироздания в шаманском видении. Эти глубинные знания тысячелетиями передавались в устной манере от шамана к шаману, были заложены в якутском героическом эпосе “Олонхо...Они обобщены и поэтически зашифрованы” диэн суруйбуттар.
Олоҥхобутугар саха дьоно түһээн да баттаппатах ядернай физикабытын сайыннарар кыах саһа сылдьыбыт буолан тахсар. Былыргы дьыллар мындааларын уҥуоргу өттүгэр кистэммит үөрэхпитин Оконешников өһүлэн омук учуонайдара билиниилэригэр таһаарбыта норуоппут сөҕүмэр ситиһиитэ буолара чахчы. Ким да шарлатаннааһын, хойгур тойук диэбэт. Өссө ыйытыаҕы баҕарыллар - ханнык атын омуктар эпостарыгар аан дойду, куйаар айыллыыта, тутула поэзия тылынан кистэнэ сылдьарый?
Профессор киһи ити биһиги истэ үөрэммит, улахан суолта уурбат “тҕус хаттыгастаах халлааммытыгар олоҕуран: “Мироздание имеет девятинебесное строение. Это мы называем Универсум... если считать по всем 9 небесам, только обычных вселенных 10845. Весь этот Универсум построен Творцом на единой жесткой криссталической решетке - Эфире” диэн кэпсии турарын, аудиторияҕа мустубут Новосибирскай учуонай аймаҕын бэрэстэбиитэллэрэ сэҥээрэн истэ олороллоруттан сахаҕынан чахчы киэн туттан бараҕын. Билимҥэ төнүннэххэ, сыыстарбат буоллахпына, билиҥҥитэ аныгы билим харах ыларынан көстөр биир вселеннайы билинэр. Оттон соторутааҕыта үөскээбит квантовай физика “струналарын түөрүйэтэ” 10500 вселеннай баар диир.
Учуонай дьон этэринэн, ити биир өттүнэн атом тутулун өйдөөһүнү судургутутар курдук эрээри, үлэтин көрүүнү уустугурдар. Водород атомын үөскэҕэ (ядрота) Оконешниковынан 729 ньютонийтан турар. Бу атом үөскэҕин универсальнай единицата. Кини бу единицатын Сахатон диэн ааттыыр. Оконешников саҥа гипотезатын туһунан биир дойдулаахпыт атомщик учуонай И.Е. Максимов маннык суруйар: “Разработка уникальна своей дерзостью ломки общепринятых представлений, научной обоснованностью новой модели Мироздания и смелостью приложения к практике исцеления. Я решил выразить свое восприятие этой, поистине сумашедшей попытки земляка в меру своего понимания и в ракурсе научно-популярного толкования технаря.
Из истории штурма тайн атома вспомнил слова Нильса Бора по поводу выдвижения “принципа неопределенности” Вернера Гейзенберга (1927) Он сказал: “Это, конечно, сумашедшая теория. Однако она недостаточно сумашедшая для того чтобы быть правильной теорией”. Эти слова можно отнести к теории В.Оконешникова.
Ее “сумашествие” состоит в том, что в предложенной модели ум и память выводится буквально за пределами мозга – “костяной коробки” (как вразился А.Е. Кулаковский) и эту теорию мало кто понимает. Но все деликатно притворяются, что понимают. Некоторые оппоненты на этом уровне даже отвергают”.
Технология, билим сайдыытынан, ойуун инженериятыгар ахтыллар то±ус кварк-антикварк паараттан турар ньютонийи көрөр прибор 50 сылынан айыллыан сөп эбит.
(Салгыыта бэчээттэниэ) Владимир Степанов. Кыым. 15.09.16