Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Муус устар » 20 » Василий Местников: «Олохтоох салайыныы хайдах сайдар - олохпут оннук оҥкулланар»
Василий Местников: «Олохтоох салайыныы хайдах сайдар - олохпут оннук оҥкулланар»
17:49

Василий Местников: «Олохтоох салайыныы хайдах сайдар - олохпут оннук оҥкулланар»

Биллэрин курдук, Дьокуускай куоракка кулун тутар 29-30 күннэригэр Александр Жирков бэрэссэдээтэллээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин V ыҥырыылаах Ил Түмэнин көҕүлээһининэн аан бастаан олохтоох салайыныы дьокутааттарын түмэр сийиэс ыытыллынна. Бу улахан тэрээһиҥҥэ 500-тэн тахса делегат кыттан, санаа атастаһан, баар кыһалҕалары ырытан, кэскиллээх үлэ торумун дьүүллэһэн, ону олоххо киллэрэр санаалаах тарҕастылар.

Муус устар 21 күнэ Россияҕа олохтоох салайыныы күнүнэн биллэр, инньэ гынан, Ил Түмэн олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Местниковтан ааспыт сийиэс түмүгүнэн туох санаалааҕын, буолаары турар бэлиэ күҥҥэ сыһыаран ыйыталастыбыт:

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын I сийиэһигэр дьокутааттар үлэлэрин ис хоһоонун тупсарарга, бэрэстэбиитэллээх уоргаҥҥа кинилэр боломуочуйаларын үрдэтиигэ күүстээх үлэ ыытылынна.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн 4890 дьокутаат баар, олортон улахан аҥаардара тугу гыныахтаахтарын, хайдах быһыылаахтык үлэлиэхтээхтэрин удамаҕалаталлар эрэ. Баһылыгы талыы айдааннаахтык, санаа хайдыһыылаахтык даҕаны ааһар эбит буоллаҕына, олохтоох таһымҥа дьокутааттары талыы боппуруоһа улахаҥҥа ууруллубат, аат эрэ харата ааһар курдук буолла. Кэнники дьокутааттартан ону-маны ыйыта да барбат буолбуттар. Инньэ гынан, бэрэстэбиитэллээх уоргаҥҥа дьокутааттар оруолларын өйдөтөр уонна кинилэр статустарын, боломуочуйаларын көтөҕөр, быһаарар уолдьаспытын кэм-кэрдии бэйэтэ өйдөттө.

Бүгүн олохтоох салайыныы - норуот былааһа. Дьокутааттар нэһилиэнньэни былаастыын холбуур, ситимниир улахан суолталаах соруктаахтар. Дьиҥэ, кинилэр норуоттан талыллаллар буоллахтара. Россия таһымыгар олохтоох салайыныы сокуоннара барыта бэрэстэбиитэллээх былааска ананаллар. Дьокутааттар бүгүн сүрүн үбү-харчыны быһаараллар, бүддьүөтү ылыналлар. Туох баар баайы-дуолу барыстаахтык дьаһайар суолу торумнууллар. Ону таһынан, нэһилиэк, улуус сайдыытын, барҕарыытын, кэскилин быһаарар, түстүүр дьоммут кинилэр буолаллар. Муниципальнай тэриллиилэр үлэлэрин кинилэр хонтуруоллууллар. Ол иһин олохтоох салайыныы сокуоннарыгар, дьокутааттарга сүрдээх улахан суолта бэриллэр.

Хас биирдии муниципальнай тэриллиигэ дьокутааттар Сэбиэттэрэ диэн тэриллэр. Нэһилиэнньэ ахсааныттан көрөн, дьокутааттар талыллаллар. Быһа холоон, 7-11-15-20 буолаллар. Ол талыллыбыт дьон нэһилиэк үлэтигэр, олоҕор быһаччы кыттыахтаахтар.

Инньэ гынан, Александр Жирков бэрэссэдээтэллээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин V ыҥырыылаах Ил Түмэнин көҕүлээһининэн аан бастаан бары дьокутааттары түмэр сийиэһи бэрт тэрээһиннээхтик ыыттыбыт. Сийиэс пленарнай мунньаҕын иннигэр муниципальнай тэриллиилэргэ аналлаах семинардар, куурустар, «төгүрүк остуолларга» кэпсэтиилэр ыытылыннылар. Инникитин буолаары турар суолталаах быыбардарга бу делегаттар көхтөөхтүк кыттан, дьокутаат үлэтин сүнньүн өйдөөн таһаарыылаахтык дьаһанар кэм кэлбитин быһаардыбыт.

Сахабыт сиригэр 445 муниципальнай тэриллии баар. Онтон 500 делегат кэлэн, сийиэс сүрдээх көхтөөхтүк ааста. Манна даҕатан эттэххэ, улуус баһылыктара бу тэрээһин ис хоһоонун өйдөөн, бэйэлэрин дьокутааттарын сийиэскэ кытыннарбыттара хайҕаллаах. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бары уһук нэһилиэктэриттэн кэлбиттэрэ элбэҕи этэр.

Сийиэскэ туруорсар кыһалҕалаах боппуруостарын эрдэттэн биһиги кэмитиэппит нөҥүө киллэрбиттэрэ. Бу кыһалҕаларга олоҕуран «төгүрүк остуоллар» тиэмэлэрэ тахсыбыта.

Сүрүн туруорсар боппуруостарын ылан көрдөххө маннык. Бастатан туран, дьокутааттары талыы үлэтин күүһүрдэр сорук турар. Ол аата туох баар нэһилиэктэри түөлбэлэргэ арааран, дьокутааттары уокуруктарынан талар ордук буолуоҕун туһунан эттилэр. Оччотугар биирдэ кинилэр эппиэтинэстэрэ күүһүрэр. Билиҥҥитэ ким элбэх куолаһы ылбыт – ол дьокутаат. Сорох ардыгар, кини туох боломуочуйалааҕын, тугу быһаарыахтааҕын, хайдах үлэлиэхтээҕин билбэт түгэннэрэ үгүс.

Оттон ол олорор түөлбэтиттэн, уокуругуттан талыллыбыт дьокутаат дьон хараҕын далыгар сылдьар. Бөһүөлэк ханнык эмэ түөлбэтин уулуссаларыгар борук-сорук буолуута лаампалар умайдахтарына, дьон-сэргэ этиэ: «Биһиги дьокутааппыт ханна баарый, анараа уокуруктар уоттаммыттар, оттон биһиги хараҥаҕа тоҕо олоробутуй?» Бу дьокутаат, дьэ, кырдьык даҕаны, «биһиги интэриэспитин көмүскүөҕэ, үлэлиэҕэ» диэн эрэнэн талбыт дьонун иннигэр эппиэтинэстээх буолан, атын дьокутааттары кытта сомоҕолоһон күүскэ ылсан үлэлиэхтээх.

Иккиһинэн, билиҥҥитэ саамай уустук кыһалҕабыт – кыра нэһилиэктэргэ баһылыктар Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлииллэригэр сытар. Ол эбэтэр баһылык биир илиитинэн дьаһал таһаарар, онтун аны бэйэтэ бигэргэтэр. Олохтоох Сэбиэт бэйэтэ туспа бэрэссэдээтэллээх буолуохтаах диэн бигэ санаалаахтар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн 321 нэһилиэктээхпит. Итинтэн баара суоҕа 6 эрэ нэһилиэккэ туспа бэрэссэдээтэллээх. Кыра нэһилиэктэргэ мантан сылтаан дьокутааттар көдьүүстээхтик үлэлиир кыахтара суох. Бу боппуруоһу ыраахтан кэлбит дьокутааттар «төгүрүк остуолларга» эмиэ көтөхтүлэр. Дьокутааттар бэйэлэрэ былаастаах буолалларыгар туспа илии баттыыр кыахтаах бэрэссэдээтэл наадатын ыйдылар.

Бүгүн биллэринэн, 21 улууска оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрэ эрэ хамнас аахсан олороллор. Онуоха дьокутааттар бэрэстэбиитэллээх былаастыын үлэлииргэ оройуон таһымыгар саатар биир исписсийэлиис миэстэтин көрөргө туруорсаллар. Докумуону бэрийэр, суруйар-бичийэр үлэни толорор үлэһит баара буоллар диэтилэр.

Итиэннэ урут улуус, нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытын торумнуур бырагырааманы дьокутаттар бигэргэтэллэр этэ диэн санаа этилиннэ. Маны таһынан, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччытын, сүрүн тэрилтэлэр салайааччыларын (култуура, доруобуйа, үөрэхтээһин эйгэтигэр) эмиэ дьокутааттар бигэртэллэрин туһунан иһитиннэрдилэр. Билигин оннук төттөрү киирэрэ буоллар үлэлииргэ даҕаны көдьүүстээх, табыгастаах буолуо этэ диэтилэр. Сүрүн туруорсар боппуруостарын, үөскүүр кыһалҕалары делегаттар сийиэскэ ырытан, дьүүллэһэн дьокутааттар элбэҕи билбиттэригэр саарбахтаабаппын.

Быйыл 215 нэһилиэккэ уонна 6 оройуоҥҥа Сэбиэт дьокутааттара талыллыахтаахтар. Ол эбэтэр 3000 тахса дьокутаат бу кэлэр быыбардарга талыллаары олорор. Бу сийиэскэ кэлэн барбыт дьокутааттар «кырдьык даҕаны, төрөөбүт сирбит-уоппут сайдыытыгар дьайар, сабыдыаллыыр олус улахан оруоллаах эбиппит, чахчы да үлэлээтэхпитинэ, биһиги дьоммутугар-сэргэбитигэр элбэх туһаны аҕалыахпытын сөп эбит» диэн өйдөбүллээх бардылар. Буолаары турар быыбардарга суолта биэрэн, дьаныһан туран кыттан, онно кыайан Ил Түмэни кытта бииргэ үлэлиир, норуот, дьон санаатын туруорсар санаалаахтар. Олоххо-дьаһахха тахсар уустук боппуруостары быһаарыыга нэһилиэнньэни кытыннаран, туруоруллубут соругу хайдах ситиһэри өйдөөн бардылар. Бу сийиэс сүрүн суолтата, ис хоһооно манна сытар.

Манна былааһы былдьаһыы эбэтэр саҥа былааһы тэрийии, ону күүһүрдүү диэн буолбакка, дьокутааттар үлэлэрин ис хоһоонун тупсарарга, бэрэстэбиитэллээх уоргаҥҥа кинилэр боломуочуйаларын үрдэтиигэ болҕомто уурулунна. Кинилэр үлэлэрин-хамнастарын былааннаан инникитин хайдах дьаһанан олорор, үлэлиир туһунан бары бииргэ сийиэскэ дьүүлэстибит. Билигин сийиэс түмүгүнэн резолюцияны, концепцияны оҥорон, бэлэмнээн таһаарар соруктаахтык үлэлиибит уонна кэлэр быыбар түмүгүнэн талыллыбыт дьокутааттардыын биир сыаллаахтык үлэлииргэ бэлэмнэнэбит.

Эбэн эттэххэ, соторутааҕыта Орто Халыма нэһилиэктэринэн сылдьан кэллим. Бэйэм уокуругум буолан, ыраах сытар уон нэһилиэккэ сылдьан, дьону-сэргэни кытта көрсөн, санааларын истэн кэллим. Олохпут ыараханын, сыана күн-түүн үрдүүрүн эрэ хаарыйбакка, бүгүн туох кыһалҕа баарын аһаҕастык кэпсээтилэр. Дьокутааттары кытта көрсөн, сийиэс туһунан сырдаттым, тэрээһин сүрүн олугун кэпсээтим. Бу дьокутааттарга ыытыахтаах үлэлэрин ис хоһоонун өйдөтөн, былааска сыстан ыкса ситимнээхтик үлэлиир кэм кэлбитин ыйдым.

Орто Халыма нэһилиэктэринэн сылдьан, «Ил Түмэн» хаһыат дьокутааттары кытта бииргэ үлэлииргэ бэлэмин эттим. «Нэһилиэк баһылыктара Дьокуускай куораттан тэйиччи олоробут диэбэккэ, этиилэргитин, көрүүлэрин аһаҕастык суруйуҥ, санааҕытын хаһыат нөҥүө үллэстиҥ. Сахалыы тыллаах, толкуйдаах хоту дьоно олоҕу кытта бииргэ айаннааҥ, көхтөөх буолуҥ», - диэн эттим. Баһылыктар ити этиини сэргии иһиттилэр.

Урут-уруккуттан биллэрин курдук, олохтоох салайыныы хайдах сайдар - олохпут оннук оҥкулланар. Барыта тыа сириттэн тирэхтэнэн үүнэр-сайдар. Россияҕа олохтоох салайыныы күнэ муус устар 21 күнүгэр бэлиэтэнэр. Түгэнинэн туһанан, норуот дьокутааттарын, туох баар бу эйгэҕэ үлэлиир дьону-сэргэни ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Бары биир сомоҕо буолуоҕуҥ, сокуоннары үөрэтиэҕиҥ, бүгүҥҥү эбээһинэспитин үтүө суобастаахтык толоруоҕуҥ. Бүгүн муниципальнай тэриллии кэскилин түстүүр тутаах дьонунан дьокутааттар буолаллар. Онон үлэни өссө күүһүрдэр чопчу сорук турар. Дьоммутун-сэргэбитин кытта бииргэ буолан, кинилэр итэҕэллэрин түһэн биэрбэт гына эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан таһаарыылаахтык үлэлиэҕиҥ. Дьоҥҥо, норуокка төһөнөн чугас буолаҕын, соччонон кинилэр эйигин өйүөхтэрэ, харыстыахтара, сайдыы суолугар сирдиэхтэрэ.

Инникитин олохтоох салайыныы күнүн суолтата өссө күүһүрүөҕэ. Норуот былааһа диэн өйдөбүл тэнийэн, олоххо киирэн истэҕин ахсын, бу күнү өссө

күндүтүк сыаналыахпыт, атыннык ылыныахпыт. Кыайыыларбытын-хотууларбытын бэлиэтиир биир саамай тутаах бэлиэ күммүт буолуо дии саныыбын.

 

Ил Түмэн пресс-сулууспата

Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 994 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 76
Ыалдьыттар (гостей): 76
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024