Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Атырдьах ыйа » 31 » «Парка национальнай ыстаатыстаннаҕына көмүскэлэ улаатыа, сайдыа, туругуруо» диэн итэҕэтэ сатыыллар. Ол төһө оруннааҕый?*«Өлүөнэ туруук хайал
«Парка национальнай ыстаатыстаннаҕына көмүскэлэ улаатыа, сайдыа, туругуруо» диэн итэҕэтэ сатыыллар. Ол төһө оруннааҕый?*«Өлүөнэ туруук хайал
18:43

*«Өлүөнэ туруук хайаларын» -- өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр

Атырдьах ыйын 22 күнүгэр уопсастыбанньыктар буолан, айылҕа харыстапыблын миниистирэ Сахамин Афанасьевы кытта көрсүбүттэрэ. Бүгүн «Кыым» хаһыат ааҕааччыларыгар ол туһунан «£лүөнэ туруук хайалара» -- өбүгэлэрбит сирэ» диэн уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта Матрена Ядрихинская кэпсиир.

-- «£лүөнэ очуостарын» сиригэр баар родовой общиналар сирдэрин докумуоннара ситэри оҥоһуллубакка сылдьарынан уонна уопсастыбаннай дьүүллэһии ситэ барбатаҕынан, “£лүөнэ туруук хайалара” Айылҕа паарката Национальнай (федеральнай судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтэ -- ФГБУ) буоларын тохтотон эрэргэ диэн туруорсан, Айылҕа харыстыбалын министиэристибэтигэр, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Михаил Гуляевка, «Ньыгыл Арассыыйа» Саха сиринээҕи уопсастыбаннай приемнайын салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомареваҕа, гражданскай уопсастыба сайдыытын миниистирэ Сардана Гурьеваҕа, КМНС бырааптарын көмүскүүр боломуочунайа Роббекка, Уопсастыбаннай палаата бэрэссэдээтэлэ Алексей Сергучевка, С£ КМНС Ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Андрей Кривошапкиҥҥа туһаайан суруктары киллэрбиппит. Бу көрсүһүү соруга -- ол сурукка хардарыы.

-- Көрсүһүү түмүгүнэн туох санаалааххын?

-- Сахамин Милановичка маннык көрсүһүүнү тэрийбитигэр махтанабыт. Миниистир «£лүөнэ туруук хайалара» паарка Национальнай паарка буолуохтаах устуоруйата хантан силис тардарын билиһиннэрбитэ. Кини 2011 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ анал хамыыһыйата үлэлээбитин, ону билигин ХИФУ ректора, Евгения Исаевна Михайлова салайбытын, паарканы национальнай ыстаатыстаан, федеральнай тэрилтэ гынар кини көҕүлээһинэ этэ диэбитэ.

--Ол аата, кини “мин бу дьыаланы көҕүлээччи буолбатах этим” диир буоллаҕа...

-- Оннук, кини хара маҥнайгыттан биһигини кытта “дискуссияҕа киирбэппин” диэн эппитэ. Ити устуоруйатын кэпсээбитэ уонна “мин Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалын эрэ толоробун”, – диэбитэ.

-- Оттон эһиги суруйар пууннаргытыгар миниистир туох диэн эппиэти биэрдэ?

-- Сирдэрэ бу пааркаҕа киирэр хас даҕаны родовой община сирдэрин докумуоннаппакка эрэйи көрө сылдьалларын, олохтоох былаастар өттүлэриттэн онуоха туох да өйөбүл оҥоһуллубатын туһунан боппуруоһу көтөхпүппүтүн миниистир «ити боппуруостары номнуо быһаарсан эрэбит, сирдэрин докумуонун оҥоһуллуо” диэн эрэннэрдэ. “онно сирдээх киһи барыта миэхэ кэлэн быһаарыстын, көмөлөһүөхпүт”, -- диэтэ.

Онон биһиги туруорсуубут, сылы-сылынан сирдэрин боппуруоһугар былаас өттүттэн туох даҕаны сөптөөх быһаарыыны ылбакка сылдьыбыт КМНСтар общиналарыгар көмө буолла. Ол эрэн балаҕан ыйыгар (былаан быһыытынан судаарыстыбаннай эспэртиисэ болдьоҕо оннук), Национальнай паарка тэрилиннэҕинэ, бу дьыаланы салгыы РФ Айылҕа харыстыбылын министиэристибэтэ дьаһайар буолар. Оннук буоллаҕына, билигин олохтоох былааһын да кытта кыайан быһаарсыбат родовой общиналар хайдах буолуохтара биллибэт.

Ол иһин биһиги Национальнай паарка буола илигинэ бу боппуруостары быһаарыахха диэн туруорсубуппут. Холобур, Алдан оройуонугар баар “Кырбыкаан” көс родовой община сирин сөбүлэҥнэрин биэрэ да иликтэринэ, паарка сиригэр 2016 сыллаахха холбоон кэбиспиттэр. Аккаастаабыттарын да үрдүнэн хаартаҕа киллэрбиттэр уонна федеральнай салайыылаах Национальнай пааркаҕэ биэрэн эрэллэр. Сирдэрэ киирэ сылдьар, онтон маннык ааттаах родовой община пааркаҕа киирэн эрэрин туһунан Балаһыанньа бырайыагар баар испииһэккэ суох. Оччотугар бу дьон хайдах буолаллар?

Бу Федеральнай сокуонунан көмүскэллээх родовой общиналар сирдэрин бэйэбит салалтабыт маннык дьаһайа олорор буоллаҕына, РФ былаастаах уоргана салайыытыгар киирдэҕинэ, хайдах

буолаллар? Миниистир кэпсэтии кэмигэр федеральнай бырайыагы оҥорооччу А. Буториҥҥа сурук суруйарга сорудахтаата, «барытын быһаарыахпыт” – диэн эрэннэрдэ. Ону биһиги өскөтүн КМНС быраабын кэһии буолар түгэнигэр, кинилэр суутунан да көмүскэнэр бырааптаахтарын санаппыппыт.

-- Оттон уопсастыбаннай дьүүллэһии ситэтэ суох ыытыллыбытын туһунан туох диэн кэпсэтии буолла?

-- Итиннэ министиэристибэ «биһиги бастатан туран, уопсастыбаннас санаатын истэбит», «нэһилиэнньэҕэ сөптөөх дьүүллэһии, сырдатыы барда” диэн быһаарар. Оттон ис иһигэр киирдэххэ, хайдаҕый? Холобур, «Хронология обсуждения вопроса создания НП «Ленские Столбы» диэн биһиэхэ биэрбит докумуоннарыгар көрдөххө, 19.01.2016 с- 20.02.2016 сыллаахха ыытыллыбыт уопсастыбаннай дьүүллэһиигэ Хаҥалас улууһугар 2 киһи, Алдан улууһугар ыытыллыбыт дьүүллэһиигэ – 3 киһи, £лүөхүмэ улууһугар – 6 киһи, Дьокуускайга 5 киһи кыттыбыттар. Дьэ бу хайдаҕый? Баара суоҕа бачча киһи сөбүлэһэн, “£лүөнэ остуолбата” Национальнай (федеральнай) паарка буоллун диэн илии баттаан, докумуону судаарыстыбаннай эспэртиисэҕэ ыыппыттар!

Онтон, биһиги билэрбитинэн, Хаҥалас улууһугар бастакы аһаҕас дьүүллэһии быйыл кыһын олунньуга эрэ ыытыллыбыта. Сорохтор онно эрэ кэлэн паарканы федеральнай салайыыга биэрэн эрэллэрин истэн соһуйбуттара. Ол “сөптөөх сырдатыы түмүгэ” дуо?

Аны, бу хронологияларын ылан көрдөххө, туох баар ыытыллыбыт мунньах барыта кэриэтэ “өйүүргэ” диэн түмүктээҕин суруйаллар. Уопсастыбаннас бэйэтэ ыыппыт мунньахтарыгар кытта, дьон утарбытын “утараллар” диэбэккэ, “туттуммуттар” диэн суруйбуттар. Онон бу көрдөрөн туран албыннааһын, баар чахчыны токурутуу буолар.

-- Оттон “Хаҥалас улууһа барыта сөбүлэһэр, Национальнай паарка буоларын өйүүр” диэн этэллэр дии...

-- Кырдьык, оннук санааны соҥнуу сатыыллар. Холобур, Покровскайга бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах уопсастыбаннай хамсааһын тэрилиннэ диэн эттилэр. Оннук киэҥ хамсааһын тэриллэр эбит буоллаҕына, тоҕо аһаҕастык ханна да биллэрии таһааран дьону

ыҥырбатылар? Биһиги холобур, туох баар улахан мунньахтарбытын хаһыакка, социальнай ситимҥэ таһааран дьону ыҥырабыт. Аны, тоҕо аҥаардас бу эрэ уопсастыбанньыктар санааларын былаас уорганнара учуоттуулларый? Кинилэр «биэрэргэ» диэбиттэрэ тоҕо бу Хаҥалас улууһун дьонун-сэргэтин барытын санаатын курдук көрүллэрий?

Биһиги хаста даҕаны Хаҥалас улууһун нэһилиэктэрин кэрийэн дьону кытта көрсө сылдьыбыппыт. Онно дьон “£лүөнэ туруук хайалара” паарканы Национальнай ыстаатыстыыбыт диэн ааттаан, федеральнай гынары утараллар, Саха сирин бас билиитэ буолан хааларыгар, салгыы даҕаны бэйэбит Айылҕа министиэристибэтин салайыытыгар сырыттын диэн баҕа санааларын этэллэр. Ону туоһулуур мунньах боротокуоллара да, дьон илии баттааһына да бааллар.

Биһигини “эһиги урут ханна сылдьыбыккытый, тоҕо айдаарбатаххытый?!» диэн сирэй-харах анньаллар. Оттон, холобур, биһиги бу саас ыытыллыбыт Экологтар II сийиэстэрин бары былаһааккаларыгар толору сылдьыбыппыт, санаабытын эмиэ тиэрдибиппит. Онно “£лүөнэ туруук хайалара” паарка эрэгийиэн ыстаатыһынан хааларын туруорсубуппут, сийиэс резолюциятыгар ону аахсалларын курдук, туруорсан суругунан киллэрбиппит. Ол учуоттамматах даҕаны. Оттон биһиги эмиэ уопсастыбаннай түмсүүбүт дии, ол санаата тоҕо учуоттаммат? Бу барыта -- кэлтэйдээһин дии саныыбын.

-- Национальнай паарка буолар түгэнигэр туох уларыйыы буоларый? Дьон ону кэлтэччи «тупсар үһү” эрэ диэн өйдүүр.

-- “Национальнай” диэн ыстаатыстаах паарка нуормалара барыта эрэгийиэннээҕи таһымнаах паарка балаһыанньатыгар эмиэ бааллар. Онон оннук үлэлэр эрэгийиэннээҕи пааркаҕа күн бүгүн барыта көҥүллэнэн ыытылла тураллар. Бу -- бас билээччиттэн, хаһаайынтан тутулуктаах буоллаҕа – ону үбүлээһин, олоххо киллэрии, салайыы, сайыннарыы, көрөн-истэн олоруу. Билигин, паарка кыһалҕата аһаҕас дьүүлгэ турбутун кэннэ, уопсастыбаннас итиннэ туруулаһыа, дьокутааттары хамнатыа диэхпитин сөп.

Федеральнай бас билиигэ киирии биир сүрүн төрүөтүнэн, ЮНЕСКОҕа киириини этэллэр. Онтон ЮНЕСКО сүрүн докумуонугар ханна даҕаны “федеральнай эрэ ыстаатыстаах буоллаҕына ылабыт” диэн этиллибэт. Оннооҕор, биир киһи илиитинэн оҥорбут оҥоһуга ЮНЕСКО ураты көмүскэлигэр киириэн сөп.

Билигин “Национальнай буолан, ыстаатыс үрдүүр”, “элбэх хамнастаналлар”, “ыстаат эбиллэр”, “туризм сайдар” диэн маачыктаан, паарка федераллар салайыыларыгар киирэригэр үлэ бара турар. Дьон үрдүттэн ол кырасыабай эрэннэриини истэн, өйүүбүт дииллэр. Ол кэлин хайдах эргиллэн тахсыан үчүгэйдик өйдөөбөттөр.

Сахабыт сирин 254 мөл. гектар сирэ ойуур сир буолан, федеральнай бас билиигэ баар. Билигин федераллар бачча элбэх сири бас билэн олорон, бу сири барытын чааһынай бас билиигэ түҥэтэн эрэллэр – “Уһук Илиҥҥи” гектар сокуонунан. Ону эҥин тоҕо санаабаппыт? Федеральнай киин билигин «эбии өссө 92 мөл. гектар сири арыйыҥ, түҥэтиҥ» диэн ирдии олорор. Тоҕо биһиги баар суох кэрэбитин, ытык сирбитин – “£лүөнэ туруук хайаларын” федераллар бас билиилэригэр бэлэх ууна сатыыбыт?!

-- Бу көрсүһүү туһунан госСМИлар хаһан да буоларын курдук, “уопсастыбаннаһы булкуйа сылдьааччы куолуһут бэлиитиктэр, бэйэни пиарданааччылар, тугу да өйдөөбөт уопсастыбанньыктар £лүөнэ туруук хайаларын сымыйанан былдьыахтара-атыылыахтара дииллэр” диэбиттэр...

-- Атын санааны, былаас эппитин утарар өйү-санааны, уопсастыбанньыктар туруорсууларын кинилэр хаһан даҕаны аһаҕастык, хайдах баарынан, өйөөн сырдатыахтара да, суруйуохтара да суоҕа. Төттөрүтүн, токурутан, үрдүкү былаас интэриэһигэр олоҕуран суруйуохтара. Холобура, ити суруйбуттарын курдук, мин “Национальнай паарка буолар түгэнигэр Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин суукка биэриэм!” диэн саамматаҕым.

Биһигини “шоу тэрийэллэр”, “сытыы тиэмэлэргэ үспүкүлээннииллэр” диэбиттэригэр этэбит – биһиги Төрүт сокуонунан уопсастыбаннай санааны биллэрэргэ көҥүллэммит ньымалары туһанабыт, бэйэбит гражданскай позициябытын биллэрэбит. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир

Путин даҕаны, С£ Ил Дархана Егор Борисов даҕаны дьону бэйэҕит актыыбынай, көхтөөх буолуҥ диэн ыҥыраллар.

Биһиги төрөөбүт дойдуга таптал, ийэ сиргэ сүгүрүйүү, аар айылҕаны харыстааһын, өбүгэлэр иннилэригэр ытык иэс, норуот инники кэскилин туһа диэн санаанан салайтарабыт. Ытык сирдэрбитин итинник ыһа-тоҕо олорон, кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар туох нэһилиэстибэни хаалларыахпытый?

Сир диэн – норуот баайа, онон саҥалыы, аһаҕастык, чиэһинэйдик уопсастыбаннай истиилэри ыытары Саха сирин нэһилиэгин санаатын барытын учуоттууру туруорсабыт.

Бэлэмнээтэ Нина ГЕРАСИМОВА.

// Кыым. – 2017. – Атырдьах ыйын 31 к. – № 34. – С. 11.

«Парка национальнай ыстаатыстаннаҕына көмүскэлэ улаатыа, сайдыа, туругуруо» диэн итэҕэтэ сатыыллар. Ол төһө оруннааҕый?

 

Сочитааҕы Национальнай Паарка – дойдуга саамай элбэх киһи сылдьар пааркаларыттан биирдэстэрэ.

Ол эрээри сайын үгэннээн турдаҕына, бэс ыйыгар, Сочитааҕы Национальнай парка айдаан киинигэр түбэспитин федеральнай СМИ бары сырдатта. Сочитааҕы паарка бас бэринэр РФ Айылҕа харыстыбылын министиэристибэтэ (миниистир С.Донской) туох да сэрэтиитэ суох онно 2002 с. дириэктэрдиир Николай Пеньковскайы, айылҕа харыстабылыгар үлэлээбит улахан уопуттаах киһини, ылан соһуччу устан кэбиһэн баран, бу эйгэҕэ туох да уопута суох дьахтары ылан олордон кэбиспит.

Ол анаабыт киһилэрэ -- Дарья Филиппова диэн кимий диир буоллахха, бу эйгэҕэ туох даҕаны уопута суох, суруналыыс уонна дизайнер-декоратор идэлээх дьахтар. Арай, кинини “дойду вице-премьерэ Дмитрий Рогозин бииргэ төрөөбүт балтын кыыһа” диэбиттэр.

Николай Пеньковскайга, урукку дириэктэргэ “бэйэҥ баҕаҕынан уурай эбэтэр миниистир бирикээһинэн ууратабыт” диэн быһаччы усулуобуйа туруорбуттар. Кини сөбүлэспэккэ, миниистиргэ киирээри гыммытын, миниистир приемнаабатах. Сарсыныгар “¥лэ кодексын 278 ыстатыйатын 2 пуунугар олоҕуран, дириэктэри дуоһунаһыттан босхолуурга” диэн бирикээс тахсыбыт. Аҕыйах хонон баран Сочитааҕы Национальнай паарка дириэктэринэн Дарья Филиппованы аныыр бирикээһи таһаарбыттар.

 

Эспиэртэр тугу этэллэрий?

“Сочитааҕы парканы салайар уустук, бу маны ылбычча киһи кыайбат. Онуоха бу эйгэҕэ туох да уопута, бэлэмэ суох киһини аныыр – сыыһа уонна дьикти”, -- диэбит Арассыыйа Гринпиһин эспиэрэ Михаил Крейдлин.

Оттон Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин урукку чунуобунньуга, Саха сиригэр кэмпириэнсийэҕэ кэлэ сылдьыбыт Всеволод Степаницкай: “Сочитааҕы Национальнай паарка саамай улахан бүддьүөттээх парка, элбэх харчыны өлөрөр. Салайарга эмиэ олус ыарахан. Паркатааҕы “рекреация зоната” киэҥ, улахан (ол аата, туризм, дьон сынньалаҥа көҥүллэммит сирэ). Маннык усулуобуйаҕа “заповеднай зона” диэни, ол эбэтэр ураты харысхаллаах сири, көмүскээн илдьэ сылдьар олус уустук. Дьиҥэр, Арассыыйаҕа таһымнаах исписэлиистэр баалларын үрдүнэн миниистир тоҕо эрэ ким да билбэт, уопута суох киһитин анаабыта дьикти. Арааһа, министиэристибэни Рогозин аймаҕын үчүгэй (дохуоттаах) үлэнэн хааччыйарга сорудахтаатахтара”, -- диэн сабаҕалаабыт.

Суут буолбут. Онно Дарья Филиппова дириэктэринэн ананыыта сокуоннайа суоҕун дакаастаабыттарын да үрдүнэн, министиэристибэ суут быһаарыытын истибэтэх. Кинини парка дириэктэрин э.т. быһыытынан хаалларбыттар. Бу кэм иһигэр кини сүбэ көрдөөн дуу, тугу эрэ быһаартаран дуу, Н.Пеньковскайга биирдэ даҕаны тахсыбатах. Ол оннугар маннык үлэҕэ туох да уопута суох уонча киһилээх бэйэтин хамаандатын аҕалбыт, саҥа управление тэрийбит. “Бу дьон туох да туһалааҕы оҥорботулар, паарка үлэтин атахтаатылар эрэ”, -- диир паарка сүрүн лесничэйэ А.Семиколенов. Саҥа хамаанда киниэхэ уонна пааркаҕа уруккуттан үлэлиир дьоҥҥо “бэйэҕит баҕаҕытынан сайабылыанньата суруйуҥ” диэн хаайар диэбит.

Саҥа хамаанда урукку дуогабардары кэһэн барбыт. Биир ый иһигэр парка миллиард кэриҥэ харчы хоромньуланна диэн суруйбуттар. “Маннык быһыы айбардааһын, судаарыстыба баайын ыһыы-тоҕуу, “рейдердии былдьааһын” диэнтэн атыннык сыаналаммат” диэн суруйаллар СМИлэр (“Литературная Россия”, бэс ыйын 21 күнэ, 2017 сыл, «Рейдерский захват Сочинского национального парка продолжается”. Кто заставит министра Донского выполнять решения суда?»).

Тоҕо маннык тосту-туора быһаарыы ылыныллыбытын быһаардахха, Сочи парката биллэр-көстөр, элбэх дьон сылдьар, улахан паарката.

Манна көмүскэллээх сирдэри “рекреация зонатыгар” көһөрөн, онно хайыһар куруордун тутаары гыналлар диэн эппиттэр.

Хомойуох иһин, РФ миниистирэ бэйэтэ бэйэтинэн сууту-сокуону тутуспата, итинник айбардыыр бэлиитикэни ыытара биһиэхэ, Саха сирин олохтоохторугар, “£лүөнэ туруук хайалара” пааркабыт Национальнай буолан сайдыа, туругуруо, дьонугар-сэргэтигэр туһалыа диирбитигэр кыах биэрэр дуо? Ким онно итэҕэйэрий?

// Кыым. – 2017. – Атырдьах ыйын 31 к. – № 34. – С. 11.

Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 1031 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 36
Ыалдьыттар (гостей): 36
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024