Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Сэтинньи » 14 » Мэҥэлэр сөпкө туруорсаллар
Мэҥэлэр сөпкө туруорсаллар
15:48

Мэҥэлэр сөпкө туруорсаллар

“ЯТЭК” Мэҥэ сиригэр метанол собуотун тутарга суоттанарын туһунан элбэхтик араадьыйаҕа ахтылынна, хаһыакка сурулунна уонна телевидениеҕа көһүннэ. “Куукунаҕа” кэпсэтии туһунан этэ да барбаккын.

“ЯТЭК” туһунан чуолкайдыахха

  • тэрилтэ туһунан эмиэ үгүстүк этилиннэ, сурулунна ахан. Саха сиригэр туох да сыһыана суох тэрилтэ эмискэ баҕайы хайдах баар буолан хаалбытай, уонна тыын баайбыт хаһаайына буолбутай? Ол туһунан сиһилии аатырбыт суруналыыстар Уххан Уйбаан (“Республика распродана”) уонна Иван Николаев (“Сокровенная история республики”) диэн улахан кээмэйдээх кинигэлэригэр суруйбуттара. Итиннэ баар чахчылары туһанан Н.Седалищев баайы сокуону куруубайдык кэһэн туран ылбыттарын төнүннэрээри сууттаһа сатаан билигитэ кыайбата.
  •  
  • Николай Иннокентьевич син биир кыайыахпыт, баай дьиҥнээх хаһаайыҥҥа – Саха сиригэр төннүөхтээх диирин уураппат. Үөһээ ахтыбыт суруйууларга уонна Н.Седалищев суукка киллэрэр докумуоннарыгар тирэҕирэн маннык кылгас түмүгү оҥоруохха сөп: “Якутгазпром” 1967 сыллаахха ССРС “Газпромун” иһинэн тэриллибит уонна 1991 сылга диэри киниэхэ сылдьыбыт. Онтон РФ кытта баайы-дуолу үллэстии саҕана Саха республикатын бас билиитэ буолбут. 1994 сыл саҥатыгар араас уларыйыы түмүгэр кини акциятын 51% “Саханефтегазка” бэриллибит, оттон “кыһыл көмүс акция” уонна 25% акцията республикаҕа хаалбыт.
  •  
  • “Кыһыл көмүс акция” акционер (норуот) көҥүлэ суох оннук-маннык “туора - туспа” хамсаныылары, атыылыыры бобор. Атыылыыр, батарар дьаһал Ил Түмэн дьокутааттара сөбүлэстэхтэринэ эрэ олоххо киирэр диэн эмиэ баар. Эбиитин сокуон быһыытынан, гаас, ньиэп бүтүн Арассыыйаҕа уонна Саха сиригэр стратегическай, обороннай суолталааҕын иһин ханнык да атыыга барыа суохтаах. Онон оччотооҕуга гааска туох да суоһаабат курдук эбит. Ити кэмнэргэ Арассыыйаны сабардаабыт хоруупсуйа биһиэхэ эмиэ тиийэн кэллэҕэ.
  •  
  • “Якутгазпром” бастаан “Саханефтегаз” тэрилтэ иһинэн сылдьан “ЮКОС”, “АЛРОСА” курдуктарга тиксэ сылдьыбыт. Гаас, ньиэп баайбытын республикаттан хайдах арааран чааһынайга биэрэр туһунан ити саҕана толкуйга түспүттэр курдук. Хас да суолу: “кыһыл көмүс акцияны” суох оҥордоххо, акцияҕа эбии эмиссияны киллэрдэххэ уонна мэһэй буолуохтаах А.Максимовы, кини доҕотторун, итини барытын баарынан суруйа, дьон билиитигэр таһаара сатыыр Уйбаан Ухханы туораталаатахха эрэ кыалларын өйдөөбөт бэйэлээхтэр буолуохтара дуо?! Штыров президеннии олордоҕуна ити барыта кэриэтэ быһаарыллыбыт: “кыһыл көмүс акцияны” правительство председателин солбуйан олорор А.Оглы ( “Сургутнефтегаз” билиҥҥи биир улахан тойоно) диэн киһи 2001 сыл муус устар 4 күнүнээҕи 494-с нүөмэрдээх уурааҕынан суох оҥорбуттар.
  •  
  • Ити правительство (В.Власов) 1998 сыл от ыйын 23 күнүгэр таһаарбыт 789 нүөмэрдээх “О продлении закрепления в государственной собственности РС(Я) пакета акций ОАО ННГК “Саханефтегаз” диэн уурааҕар көннөрүү киллэрии түмүгэр оҥоһуллубут. 2005-2007 сылларга ылыллыбыт дьаһаллар түмүктэригэр акцияҕа эбии эмиссия диэни оҥороннор, А.Максимовтааҕы хаайаннар, Уйбаан Ухханы боччуйаннар, Ил Түмэни сатаан тумнаннар, киниттэн көҥүл ылалларын “умнаннар” уонна онтон да атын саарбах дьаһаллар түмүктэригэр “Якутгазпром” кыра сыанаҕа атыыланан чааһынай илиигэ киирэн 2010 сыл балаҕан ыйын 15 күнүттэн “ЯТЭК” аатыран олорор. Манна кинилэр гааһы эрэ ылбыт буолбатахтар, сэбиэскэй саҕаттан, ороскуот бөҕөнөн үүттэммит дириҥ скважиналары, араас техниканы, оборудованиены бас билбиттэр.
  •  
  • Ити саҕана Саха сирин үрдүнэн гааска, ньиэпкэ анаан уопсайа 1283 скважина үүттэммит. Хас биирдии скважинаны үүттүүргэ 120 – 200 мөл. сокуобай ороскуоттанар дэнэр. Оттон “Сумма Капитал” урукку “Газпром” гааһын уонна скважиналарын баара эрэ 628,5 мөлүйүөн солкуобайга атыылаһарыгар төһө скважинаҕа тиксибитэ биллибэт. Гааспыт ити курдук, Дагестан миллиардера З. Магомедов “Сумма Капитал” диэн тэрилтэтин “оҕотугар” - “Славия” ООО илиитигэр киирбитэ. Ити дьайыылары барытын холбоон сокуону кэһии, рейдерскэй захват, уоруу диэн сөпкө ааттыыллар. “ЯТЭК” улахан хаһаайынын
  •  
  • З.Магомедовы эһиги Саха сиригэр көрүөххүт суоҕа. Тоҕо да кэлиэҕэй, туох кыһалҕаттан? Гааспыт атыыта – ыраас харчы бааныгар киирэн баайын хаҥата турарын сурунан иһэрэ буолуо, онтон төһө бырыһыанын Штыровка, эбэтэр бэрт кыраны Борисовка, эбэтэр кимиэхэ биэрэрин дуу, биэрбэтин дуу дьиҥин ким билиэ баарай, таайан көрүүлэр эрэ бааллар. Суруйалларынан, З.Магомедов бастыҥ доҕоро, бииргэ үөрэммитэ - РФ правительствотын председателин солбуйааччы А.Дворкович. Кини “Путин –Медведев” хамаанда киһитэ үһү. Ол иһин бары киэбирэллэр, “ЯТЭК” тэрилтэтин салалтата Саха сиригэр таах айбардыыр, тугу гынара, тугу оҥороро көҥүл. “ЯТЭК” быһаччы салаллар хаһаайыннаах этэ. Ол - тойон З.Магомедов “Сумма капитал” киитэрэй-муударай ситимин иһигэр киирэр “Славия” ООО.
  •  
  • Салайааччыта Д.Ивантер тэрилтэтин омук сиригэр, Британия Виргинскэй арыыларыгар регистрациялаабыт, онон сүрүн нолуок онно тиксэрэ. киһи урукку “Газпром” дириэктэрдэрин сэбиэтигэр баар олохтоох бэйэбит дьоммутун А.Максимов, И.Чикачев курдуктары 2007 сылга үүртэлээн баран Саха сиригэр ханнык да сыһыана суох Москва, омук сирин олохтоохторун олордуталаабыт докумуона баар. Тойон З.Магомедов “киитэрэй-муударай ситимин” туһунан мээнэҕэ ахтыбатым, тоҕо диэтэххэ, “ЯТЭК” акцията 2012 сылга “Славияттан” көһөн ханнык эрэ “Инвестор” диэн Дагестаҥҥа регистрациялаах тэрилтэҕэ тиксибитин туһунан докумуон баар. Онон сүрүн нолуок билигин Дагестаҥҥа киирэ турдаҕа. Хаһаайыттар талбыттарынан өрө-таҥнары туталлар... “ЯТЭК” Саха сиригэр үгүс сиэртибэлээх, атаҕастабыллаах, сэнэбиллээх, уустук схема түмүгэр баар буолбутун туһунан кылгастык сырдаттахха итинник.

“ЯТЭК” сүгүн олорбот

  • тэрилтэ гааспытын бэйэбитигэр төттөрү атыылаан байарынан эрэ муҥурдаммат. ИС-ТА турбатын тутууга кыттыспыта, онтон Мэҥэ сиригэр Индиялар химическай собуоттарын аҕалан туруораары соруна сылдьыбыта. Билигин эмиэ Мэҥэ сиригэр Арассыыйаҕа суох улахан метанол собуотун тутарга Данияны кытта дуогабар түһэрсэ оҕуста. Олохтоохтортон ыйыта да барбат, билиммэт. Тимир суолу Аллараа Бэстээххэ аҕалыы, гаас ситимин Өлүөнэни туоратыы ити ахтыллар собуоттары тутууга эрдэттэн толкуйдаммыт бэлэмнэнии буолара көстүбэт дуо? Саха сиригэр тыа сирин гаастааһыҥҥа тиэтэйбэт буолуу төрдө итиннэ сытара буолаарай? Өрүһү ол туоратан да оннооҕор Төгүлү, гаас үрдүгэр олорор Бүлүү куората аны аныаха диэри ситэри гааска киирэ иликтэрэ итини туоһулаабат дуо? Телевизорга “Народный контроль” диэн биэриини көрбүтүм.
  •  
  • Аһаҕас, олус үчүгэй кэпсэтии буолбута. А.Егоровтан уратылар собуот тутуллара сөбө суоҕун туһунан бэрт итэҕэтиилээхтик саҥарбыттара. Кэлин общественнай палаата мунньаҕар буолбут кэпсэтиини хаһыаттар сиһилии сырдаппыттарын аахпытым. Ол айылаах Арассыыйаҕа суох улахан собуоту тутан баран хантан ылбыт гаастарынан үлэлэтэллэр диэн ыйытыгы саамай сөпкө туруордулар. Москваҕа буоллун, омук сиригэр буоллун бара-бара гааспыт элбэҕин туһунан дакылааттаан биэрэбит да онтубут баһа-атаҕа биллэрин, сотору маспытын отторго күһэллиэхпитин сөбүн, арааһа, аан бастаан аһаҕастык этилиннэ. Оттон “ЯТЭК”салалтата итини билбэтэ буолуо диигит дуо? Биһиги салалтабыт билбэт буолуон сөп, онтон соһуйбаккын, оттон дагестаннар саарбаҕа суох билэн бөҕө буоллаҕа.
  •  
  • Кинилэр тугу толкуйдуу сылдьалларын дьиҥ иһин сорук боллурдара А.Егоров да таайа илик буолуохтаах, киниэхэ итэҕэйэн эппэттэр да ини. Гаас, ньиэп сир анныттан барыта кыайан ороммотун туһунан дьон билэр да онуоха суолта биэрбэт. Ыгыы, баттааһын тиийбэтинэн, о.да.а. араас төрүөтүнэн гаас 30% -на аллараа хаалара дьиҥинэн биллэр суол.
  •  
  • Дэлэҕэ гаас, ньиэп үөскээбит сир анныгар баар учаастактарын ядернай эһии оҥорон холбооттуу, кэлиитин күүһүрдэ сатыахтара дуо? Маныаха Росатом уонна байыаннайдар быһаччы интэриэстээхтэрэ биллэр. Орто Ботуобуйаҕа “норуот хаһаайыстыбатын интэриэһигэр” сир аннынааҕы сэттэ ядернай эһиилэр оҥоһуллубуттарын дагестаннар истэ иликтэр диэни ким итэҕэйиэй? Ядернай иитиини боруобалаабатах ыраатта, общественник - экологтар бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бырачыастааннар. Ол кэм актыбыыстара А.Яншин, З.Залыгин, А.Яблоков, Л.Федоров, В. Лупандин курдуктар, хомойуох иһин, билигин биһиги ортобутугар суохтар, өлбүттэрэ. Манна биһиэхэ утарар күүс суоҕун дагестаннар өйдүүллэр, салалтабыт өйөбүлүн ылалларын билэллэр.
  •  
  • Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин иннин ылыахтарын эмиэ. Баар сирдэри олоччу баһылаан гаас, ньиэп кэлиитин атомынан күүһүрдэн, тобох хаалларбакка оботторон ылан кураанах сирдэри хаалларар санаа кинилэргэ суоҕа буолуо дуо? Оһохпутун хаттаан туттан тыаҕа мас кэрдэ тахсарбытыгар кинилэр кыһамматтара буолуо, баай бүттэҕинэ баран хаалар дьон.

Түмүккэ аҕыйах тыл

  • һиэхэ билиилээх-көрүүлээх, кылаабынайа, дойду, кэлэр көлүөнэ туһун саныыр, өйдүүр дьон суох буолбатахтар. Ааспыт киэҥ кэпсэтиилэр, көрсүһүүлэр да ону көрдөрдүлэр. Учуонайдар, кыахтаах, үрдүк таһымнаах исписэлиистэр тулалыыр эйгэ иһин туруулаһыыга кыттан эрэллэрэ үөрдэр. Олохтоох учуонайдар А.Федоров, В.Шепелев, С.Готовцев, А.Сивцев о.да.а. санааларын аһаҕастык этэллэрэ, чуолкайдааһыннары, этиилэри киллэрэллэрэ олус үчүгэй! Кинилэргэ саарбаҕа суох тирэҕирэр, кинилэртэн сүбэ, көмө ылар саамай сөп.
  •  
  • Ветеран геологтар Н.Кириллин уонна П.Макаров олус наадалаах этиилэригэр былаас наадыйбат, кинилэргэ общественность көмөҕө кэлэрэ наада. Николай Дмитриевич туһалаах баайы туттууга бэттээхэй сокуон бырайыагын киллэрбитэ үс сыл буолла да үрдүкү салалта хам баттаан сытар, хамсаппат. Тоҕо диэтэххэ, наһаа айбардааһыны хааччахтыы сатыахтаах үтүө сокуон. Биһиги салалтабытыгар ити кэрэхсэммэт. Оттон Петр Васильевич, гаас дьиҥнээх уопуттаах исписэлииһин быһыытынан, ыраах сытар бөһүөлэктэри судургу, кыаллар ньыманан гаастааһыны, сыыспат буоллахпына, отучча сыл устата агытаассыйалаата, аҥала да киһи өйдүүрүн курдук өйдөтө сатаата да соруйан ылымматылар, төттөрүтүн туойдулар.
  •  
  • Биһиэхэ исписэлиис, дьыала иһин билэр дьон бааллар, элбэхтэр. Дойду иһин туруулаһааччылар итинник дьоммутун инники күөҥҥэ тутан, кинилэргэ тирэх буолуохтаахтар. Уонна “ЯТЭК” курдуктары, кинилэри өйөөччү бэйэбит салалтабытын салгыы өйүүртэн туттунуохха, бэйэ бодотун тардыныахха! Мэҥэ ааттаах-суоллаах дьоно күргүөмүнэн дойдуларын көмүскүү туруммуттара кэрэхсэбиллээх. Кинилэр И.Степановтааҕы – общественник-экологтары кытта сүбэлэрин холбоон турууластахтарына көдьүүс хайаан да баар буолуо. Кэлин тиһэҕэр гааспытыттан, ньиэппититтэн ордорунан, бэйэбит бас билэн, кэмнээн-кэмчилээн туһаҕа таһааран дьиэбитин эрэ итиппэккэ, техника оттугар, олоххо-дьаһахха кытта туһанар кэммит кэлээрэй, кытаатыҥ!
  1. Иван БУРЦЕВ 2017 с.
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 1138 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
27282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 37
Ыалдьыттар (гостей): 37
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024