Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Кулун тутар » 6 » Макар Яковлев: Дьылҕабытын бэйэбит быһаарабыт
Макар Яковлев: Дьылҕабытын бэйэбит быһаарабыт
11:00

Макар Яковлев: Дьылҕабытын бэйэбит быһаарабыт

TUYMAADA.RU. Бүгүн мин кэпсэтэр киһим – ХИФУ профессора, Экономика уонна быраап академиятын академига, Россия үтүөлээх юриһа, Бочуот Знага, Александр Невскэй, Дзөржинскэй уордьаннарын кавалердара Макар Макарович Яковлев.

– Макар Макарович, Саха сирин биллэр-көстөр политическай уонна общественнай деятелэ, учуонай буоларгынан ыйытыым маннык: сэбиэскэй тутул үчүгэй этэ дуу, билиҥҥи дуу? Ону тугунан, хайдах быһаараҕын?

– Бастатан туран ити боппуруоска этика, сиэр-майгы, опыт, кыах өртүнэн эппиэттиир бырааптаахпын дуу суох дуу диэн бэйэбэр боппуруос бэринэбин. Сэбиэскэй былаас сылларыгар мин наар силиэстийэ эйгэтигэр үлэлээбитим, онтон ССРС народнай депутата, ССРС Үрдүкү сэбиэтин чилиэнинэн, хос комитетын председателинэн үлэлээбитим. Ол кэнниттэн Конституционнай суут судьуйатынан, Ил Түмэн маҥнайгы ыҥырыылаах мунньаҕын сокуону оҥорор комитетын председателинэн, Президент уонна правительство дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччытынан, Маҥнайгы Президент М.Е.Николаевка уон сыл көмөлөһөөччүнэн үлэлээбитим. Билигин право бочуоттаах докторабын уонна ХИФУ профессорынан үлэлиибин. Ол аата республика, Россия, ССРС таһымын былаастарыгар, ситэриилээх, бэрэстэбиитэллээх, суут былаастарыгар барытыгар үлэлээн сылдьыбытым. Онон урукку да билиҥҥи да тутуллары, олох сайдыытын кэрдиистэрин тэҥнээн көрөн ырытыахпын сөп дии саныыбын.

Октябрьскай революция 100 сылыгар анаан туох баарын сыыппараларынан дакаастаан көрдөрөн, олох бары хайысхаларыгар түһүү уонна төннүү барбытын быһааран интервью биэрэн турабын («Туймаада» 02.11.2017 с., «Кыым» 02.11.2017 с.). Сэбиэскэй былаас тутула дьон туһугар ананар этэ. Кырдьыктаах олоҕу тутуһара. Ордук И.В.Сталин саҕана коррупция улаханнык симэлийэн сылдьыбыта. Тоҕо диэтэххэ дойду салайааччыта бэйэтинэн холобур этэ. Ымсыыта, обото суоҕа. Ийэ дойдуттан «барарыгар» биир солкуобай баайа суох, баара-суоҕа икки балай эмэ кэтиллибит кителлээх этэ. Баайа диэн 25000 кинигэни харандааһынан бэлиэтээн туран аахпыта буолар. Дьэ ол да иһин үлэһиттэрэ эмиэ оннуктара. Эппиэтинэһи үрдүк сололоох миниистирдэриттэн ирдиирэ.

Билигин аҥаардас биир президени көрүүгэ-харайыыга, манааһыҥҥа бюджеттан 49 миллиард ороскуоттанар. Биир да миниистир олох таһыма түһүүтүгэр эппиэттээбитэ көстүбэт. Президеҥҥэ кандидат П.Н.Грудинин күлэр: «Чиновники как дети, как папа так и они», – диир. Сөпкө күлэр. Дьадаҥы уонна баай арахсыыта чиэски улаатта, аан дойдуга маҥнайгы миэстэҕэ таҕыстыбыт, Индияттан былдьаан ыллыбыт. Дойду таһыгар баай дьоммут 63 триллион харчыны офшорнай зонаҕа күрэттилэр. Ити Россия 6-7 сыллаах бюджета, саха киһитин санаатыгар баппат дьыала. Ким да эппиэттээбэт. Аан дойдуну кытта иирсэн бүттүбүт. Сэбиэскэй Союз саҕана киирсии син биир баара да, тоҕо эрэ уопсай тыл булан олорбуппут.

Сэбиэскэй уонна билиҥҥи олоҕу тэҥниир буоллахха, ыраата барбакка Саха сирин ылан көрүөххэ.70 сыл иһигэр саха дьоно бары үөрэхтээх буоллубут. Биһигини үөрэхтээх оҥотторо олус эдэркээн нуучча кыргыттарын түҥ тыаҕа учууталлата, биһиги трахомабытын, сэлликпитин эмтэтэ эмиэ эдэркээн нуучча кыргыттарын биэссэрдэтэ ыыталлара. Ити курдук туох да муҥура суох элбэх холобуру аҕалыахха сөп.

Мин эрдэ төрөппүттэрэ суох буолбут, биир да бииргэ төрөөбүт убайа, эдьиийэ суох киһи 12 сыл интернакка буор-босхо аһаан-сиэн олорбутум, буор-босхо оскуолаҕа, үрдүк үөрэххэ үөрэммитим, босхо квартира ылбытым, босхо кэриэтэ проезд, квартплата, нолуок суоҕун кэриэтэ. Мин курдук дьылҕалаах элбэх киһи быыһаммыт буолуохтаах.

Билигин кистэлэҥ нолуок 130 %-ҥа тиийдэ. Аны пенсионердартан пенсияларыттан 13 % нолуок тутарга быһаарыннылар. Атын дойдуларга үлэһит киһи пенсия сааһыгар «анараа дойдуга» аттаннаҕына пенсияҕа анаан ылбыт нолуоктарын төннөрөллөр. Төһөлөөх элбэх киһи үлэлиир сааһыгар быстара буолуой, ол пенсияҕа диэн анаан туппут нолуоктара төннүбэт. Аны теплицаттан, сарайтан, туалеттан, баанньыктан, дьиэттэн нолуок тутарга быһаарыннылар. Россиябыт салайааччылара наһаа уһуннук былааска үлэлээн норуоттан тэйэн хааллылар, өйдөрө-санаалара уларыйан хаалла. Хайдах да система уларыйдаҕына табыллыыһы.

Детсады, орто оскуолаҕа үөрэҕи, үрдүк үөрэҕи харчылаах оҥорооһун биһиги курдук кыра ахсааннаах норуокка улахан охсуулаах буолар. Аны 10-15 сылынан дьайыыта көстөн кэлиэ. Бастатан туран кыһалҕаҕа ылларбыттар үрдүк үөрэх төлөбүрүн төлүүр кыахтара суох буолар. Россия үрдүнэн кэлин 10 сылга үөрэх төлөбүрэ 30 % үрдээтэ. Холобура ХИФУ-га үөрэх төлөбүрэ сорох факультеттарга 250 тыһыынчаҕа тиийдэ, ону өссө төһө кыалларынан түһэрэ сатыыллар. Кэлин 10 сылга 20 тыһыынча оскуола суох буолла, орто үөрэх заведениеларыгар 150 үөрэх учреждениета, үрдүк үөрэх заведениеларыгар 150 үөрэх учреждениета суох буолла. Студент ахсаана 2.5 мөлүйүөҥҥэ тиийэ аччаата.

Ити барыта олох таһыма мөлтөөбүтүттэн. Саха ыала бэркэ сорунан биирдии оҕону үрдүк үөрэхтииллэрэ боппуруос буолуо. Урукку биһиги ийэлэрбит курдук 4-5 оҕо дьиэ кэргэҥҥэ суох буолуо. Эдэр ыаллар 20-30 сыл ипотека хабалатыгар киирэн олороллор. Сирбит баайын барытын чааһынай баайдарга туран биэрдибит. Өскө 63 триллион харчыны төннөрбүт киһи, сир баайын национализациялаан 22 триллион харчыны, арыгы атыылааһынын судаарыстыба дьаһалыгар киллэрэн 5 триллион, ВТО хабалатыттан тахсан 4 триллиону киллэрбит киһи, МВФ уонна ФРС хабалатыттан тахсан 90 % финансовай хабалабытыттан тахсыбыт киһи отой лаппа көнүө этэ. Билиҥҥи салалтаҕа ити отой кыаллыбат суол уонна өссө дириҥиир кутталлаах. Онон урукку системаны уонна билиҥҥи неолиберальнай системаны, олигархическай компрадорскай управлениены тэҥнээн көрдөххө урукку социалистическай уонна дьиҥнээх социальнай система тутула ордуга ырылхайдык көстөн турар.

– Суверенитет, Федеративнай дуогабар тустарынан эн санааҥ хайдаҕый? Тоҕо сүтэрбиппитий уонна ону билигин сөргүтүөххэ сөп дуо?

– Биһиги төрүт сокуоммутун 1992 сыллаахха эрэ буолбакка, өссө эрдэ ылар кыахтаах этибит. Ол курдук Жирков Егор Петрович тэһиинниир киһилээх улахан конституционнай комиссия тэриллибитэ. Саха биллэр-көстөр интеллигенцията барыта сүүсчэкэ киһи үлэлэспитэ. Атын дойдулар төрүт сокуоннарын үөрэтии бөҕө буолбуппут. Инньэ гынан туох да олус үчүгэй төрүт сокуон барыла оҥоһуллан бэлэм сыппыта. Ол гынан баран 1992 сыл кулун тутар ыйга Федеративнай дуогабар ылылларын кэтэһиэххэ диэн буолбута. Ол Федеративнай дуогабар ылыллыытыгар Саха сирэ, Саха сирин салалтата күүскэ үлэлээбитэ. Дуогабар баттанаары аҕай турдаҕына М.Е.Николаев салалталаах Саха сирин делегацията ультиматум туруоран турар. Бастатан туран Россия састаабыгар баар республикалар судаарыстыба быһыытынан билиниллиэхтээхтэр диэн. Инники ССРС автономнай республикалартан депутаттара туруорсаммыт Россия састаабыгар баар республикалар союзнай республикалары кытта тэҥ бырааптаах буолуохтаахпыт диэн ССРС салалтатын сөбүлэһиннэрэн турабыт. Дьэ Борис Николаевич Ельцин ыксыыр уонна оччотооҕу юстиция миниистирин Фёдоров Николай Васильевиһы ыҥыран ылан онно тута сүбэлэһэр. Николай Васильевич бэйэтэ ССРС депутата буола сылдьыбыта уонна миниистир быһыытынан уу тэстибэт гына Ельциҥҥэ Россия республикалара бары өртүнэн судаарыстыба критерийдэригэр эппиэттииллэр уонна судаарыстыба буолаллар диэн быһааран биэрэр. Ельцин сөбүлэһэр.

Саха сирин иккис туруорбут боппуруоһа кини сирин баайа бас билиитэ уонна онно олорор норуот достояниета буолар диэн. Ону юстиция миниистирэ Николай Васильевич Ельциҥҥэ сөп диэн быһааран биэрэр. Инньэ гынан ити этиллибит балаһыанньалар Федеративнай дуогабарга киирэн биэрэллэр, ону ааһан 1993 сыллаахха Россия төрүт сокуонугар киирэллэр. Дьэ ол иһин Саха сирэ 1992 сыллаахха Федеративнай дуогабарга киирбит балаһыанньалары төрүт сокуонугар киллэрэр. 1990 сыллаахха ылыллыбыт декларацияҕа суверенитет эмиэ киирбитэ.

Манна диэн эттэххэ декларация үгүс балаһыанньаларыгар оччолордооҕу юрист Павел Ксенофонтов сүүрбэһис сыллардаахха Ленин теориятыгар олоҕуран туруорсубут боппуруостара киирэн тураллар. Кинини бэйэтин көлүөнэтин сүүсчэкэ сыл эрдэлээбит киһинэн көрөбүн. Ол гынан баран тактикатыгар уонна стратегиятыгар сыыстаран турар.

Ити суверенитеты В.В.Путин былааска киирэн баран көннөттөрөн турар. Ону ааһан Россия Конституционнай суутун уурааҕын таһааттарбыта. Сүрүн теорията диэн биир сувереннай Россия судаарыстыбатын иһигэр уонунан сувереннай судаарыстыба суох буолуохтаах, оччоҕо Россия федеративнай судаарыстыба буолбакка конфедеративнай судаарыстыба буолар диэн. Россия усечённай суверенитеты билиммэт.

Дьиҥ иһигэр киирдэххэ суверенитет диэн өйдөбүл аан дойду таһымыгар ылар буоллахха олус дириҥ ис хоһооннонон улахан философиялаах уонна теориялаах буолла. Быһаччытын ылан кылгас соҕустук дьон өйүгэр-санаатыгар киирэр гына быһаардахха, ханнык баҕарар судаарыстыба бэйэтин ис уонна тас дьыалатын дьаһанара атын судаарыстыбалартан тутулуга суох буолуута. Онон суверенитетынан дьон өйүн-санаатын наһаа буккуйумуоххайыҥ. Билигин аан дойду судаарыстыбалара бэйэ-бэйэлэриттэн сибээстээхтэр уонна иннигэстээхтэр. Арай АХШ, КНР уонна Вөликобритания эрэ экономическай, байыаннай, политическай өттүлэринэн бэйэлэрин тутулуктарын дьаһанар кыахтаах буолуохтарын сөп. Кылаабынайа биһиги республика буоларбытынан, Россия састаабыгар киирэрбит быһыытынан бэйэбит бырааппытын уонна боломуочуйабытын туруорсан кэҥэтинэ сатыахтаахпыт. Россия төрүт сокуонун 72 ыстатыйатын уонна тустаах сокуоннар ылыллыбыттарын быһыытынан боломуочуйабыт балай да элбээтэ эрээри ону сатаан туруорсан кэҥэтиниэххэ наада.

Дьэ ол иһин С.З.Борисовка, Г.И.Чиряевка, М.Е.Николаевка тэҥнээх сүнньүлээх Дарханнар, күүстээх депутаттар, юристар, сэниэлээх, хорсун активнай интеллигенция наада. Ити барыта кыаллар суол.

– Олохтоох бэйэни салайыныы Сахабыт сиригэр дьиҥнээхтик киирдэ дуу, суох дуу?

– Олохтоох бэйэни салайыныыны өссө М.Е.Николаев саҕаттан, 1997 сылтан саҕалаабыппыт. Олус ыарахаттардаах этэ. Россия таһымыгар туһааннаах сокуоннар сүрүннээн ылылла илик этилэр. Саха сиригэр маҥнай оройуон таһымыгар киллэрэн испиппит. Тоҕо диэтэххэ нэһилиэктэрбит кыралара бэрт, 500-800 киһилээхтэрэ. Бэйэлэрин үптэрин-астарын хааччынар кыахтара суоҕа. Ол үлэлэһэ сырыттахпытына Россия муниципалитеттары поселение таһымыгар ыларга диэн сокуон ылбыта. Сүрүн сыала диэн нэһилиэнньэни былааска чугаһатыы буолара.

Мин Германияҕа үстэ сылдьыбытым. Онно көрдөххө муниципалитеттар үптэрин тыырсыыта, бюджета хас да халыҥ туом буолар эбит этэ. Үптэрин-астарын бэйэлэрэ булунар эбиттэр. Кырдьыгын эттэххэ, биһиги онтон отой ыраахпыт. Олохтоох салайыныы бэйэтин үбүн-аһын булунар кыаҕа суох, барытын республикаттан ыла олорор. Быыбардар үксүгэр аймахтаһыы диэн бириинсибинэн бараллар. Кадровай резервэ өйдөбүлэ барбат. Ити хайысхаҕа үлэ барар гынан баран, кыаллыбат. Бэрт элбэх специалист «Высшая школа инновационного менеджмента при Главе» үөрэнэр. Ол гынан баран хас саҥа талыллыбыт нэһилиэк баһылыга бэйэтин дьонун аттаран туруорар. Резервэ учуокка ылыллыбат. Республика кадровай управлениета онно буккуһар кыаҕа суох курдук буолар.

Олохтоох салайыныы таһымыгар коррупция элбэх диэн буолар да, дьиҥ иһигэр киирдэххэ улахана суох. Үксүгэр баһылыктар оскуола, суол онтон да атын объектар тутуллууларыгар подрядчиктарга эрэнэн кэбиһэн, үбү авансанан биэрэн кэбиһэн быстараллар.

– Билиҥҥи кэмнэ Россияҕа киһи бырааба төһө харыстанарый? Сокуон өртүнэн көмүскэллээхпит дуо? Тоҕо правоохранительнай органнар күн-түүн элбии туралларый? Холобур бу кэлин Росгвардия диэн баар буолла. Сууттарга дьон эмиэ оччо итэҕэйбэт буолла. Тутуу-хабыы кытаатан иһиэх чинчилээх. Эбэтэр сыыһабын дуу?

– ССРС сокуоннарын, конституциятын быһыытынан судаарыстыба тутулун интэриэһэ, бас билиитэ ордук чуолаан көмүскэнэр этилэр. Билигин сыаннастар уларыйан киһи быраабын харыстааһын төрүт сокуоҥҥа иккис ыстатыйа быһыытынан киирдэ. Холуобунай да кодексаҕа, холуобунай процессуальнай да кодексаҕа киһи бырааба саамай суолталаах, судаарыстыба уонна общество интэриэһинээҕэр урутаан көмүскэнэр буолла. Ол да иһин сокуон сымнаан, ордук хоро таһан уорууларга киһини хаайбакка ыстараап уонна условнай накаастабыл туттуллар буолла. Үрдүкү былаас ортотугар бэрик ылыы, уоран сиэһин наһаа элбээтэ. Коррупцияҕа аан дойду таһымыгар бастакыларга киирдибит. Дэлэҕэ даҕаны 63 триллион харчыны дойду таһыгар куоттарыахтара дуо. Россия правительствотын председателэ Медведев үрдүкү былаас үлэтэ аһаҕас, көстөн турар, онон коррупция суох диэн интервью биэриэ дуо.

«Нэһилиэнньэ аһара дьадайда, долгуйуу тахсыан сөп, араҕас революция буолуон сөп», – диэн сэрэхэдийииттэн Росгвардия тэрилиннэ. Дьиҥэр онто да суох силовой структуралар элбэхтэр ээ. Россия наар дойду туруга уонна сайдыыта стабильнай буолуохтаах диэн өй-санаа, идея биэрэр. Кырдьыга даҕаны хамсааһыннар тахсаллара дойдуну айгыратар буоллаҕа, ол гынан баран дойду сайдыбат буолуутун наар стабильноска сигэнии сыыһа. Холобур кытайдар стабильноһы отой билиммэттэр, дойду улугуруутун төрдө дииллэр. Кинилэр наар сайдыы баар буолуохтаах диэн идеялаахтар.

Ханнык баҕарар обществоҕа, судаарыстыбаҕа былаас былдьаһыыта баар. Холобур Л.И.Брежнев 1976 сыллаахха ыалдьан баран дуоһунаһыттан бараары гыммытын тулалыыр былааһа, системата ыыппатаҕа. Тоҕо диэтэххэ судаарыстыба саҥа баһылыга кэллэҕинэ бары былаастан баралларыгар тиийэллэр. Былааһы боруоста таах туран биэрбэттэр. Билигин да оннук балаһыанньа. Былааһы олигархтар тутан олороллор.

Онтон сууттары таарыйар буоллахха, Россия суута олус коррупционнай буолла. Ордук краснодарскай, ставропольскай кыраайга сүрдэннилэр. Суут былааһа ситэриилээх былаастан аһара дьайдарыылаах буолла. Ол да иһин судебнай практика сүрдээх эриэн. Ити барыта дойду политическай системата авторитарнай буолуутуттан тутулуктаах. Россия Үрдүкү суутун председателэ Лебедев өссө ССРС саҕаттан дуоһунаһыгар олорор. 70 сааһыгар диэри үлэлиэхтээҕин суох гынан, сууллан түһүөр диэри үлэлиир гына оҥордулар. Конституционнай суут председателэ Зорькин эмиэ ССРС саҕаттан үлэлии олорор, төһө баҕарар кырдьан бэйэтэ дуоһунаһыттан аккаастаныар диэри үлэлиир буолла.

– Билиҥҥи рыночнай экономика сокуоннарынан дойдубутун сайдыыга тиэрдиэхпит дуо? Чиэһинэй быыбардары ыытан норуот былааска дьайар кыахтаах дуо? Россия ханнык суолунан баран иһэрий: сайдыы дуу, кэхтии дуу?

– Билиҥҥи биһиги баран иһэр суолбут либеральнай да буолбатах – неолиберальнай суол. Политик Кургинян этэрин курдук, былыр-былыргаттан Россия бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх сайдар этэ. Россия арҕаа дойдуларга киирэр гынан баран, туспа суоллаах-иистээх «альтернативнай» арҕаа дойду буолар. Дьэ ол иһин кинилэр сайдыыларын ис хоһоонун билбэккэ үтүктэ, сыста сатааһын сыыһа буолан таҕыста.

ССРС ыһыллыбытын кэннэ аан дойду экономикаҕа Нобелевскай бириэмийэтин лауреаттара Горбачёвка да, Ельциҥҥэ да түмүк сурук ыытан плановай экономикаттан аккаастанымаҥ, сири атыылаамаҥ, сиргит-айылҕаҕыт баайдара, стратегическай баайдаргыт судаарыстыба бас билиитигэр буолуохтаах диэн. Ону Чубайс, Гайдар, Кудрин курдук атыыламмыт экономистар таҥнары сүбэлээннэр салалтабыт ылымматаҕа. Кэлин Евгений Примаков өлүөн биир сыл иннинэ улахан дакылаат оҥорон, сүбэлээн көрбүтүн эмиэ ылымматахтара. Онон кэхтии суолунан баран иһэбит.

Онтон быыбарынан дойду салайааччытын уонна депутаттары норуот уларытар кыахтаах. Ол гынан баран быыбардааччы улугуран олорор, ээ синэ-биир, биһигинэ да суох дьаһаныахтара диэн буолар. Политическай өйүн-санаатын таһыма тиийэ илик. Ону таһынан быыбар элбэх албастардаах, ону былаас сатаан туһанар. Быыбарга ситэ бэлэмэ суох быыбардааччы өйүн-санаатын СМИ көмөтүнэн биир нэдиэлэ иһинэн эргитэ тутуохха сөп.

– Государственнай Дума үлэтин хайдах сыаналыыгын?

– Государственнай Думаҕа баһыйар өртө «Единэй Россия» депутаттара олороллор. Билигин Думаҕа партийнай бириинсибинэн куоластыыллар уонна партия бэрэстэбиитэллэрэ эрэ тыл этэр бырааптаахтар. Онон «Единэй Россия» депутаттара күөннээн-баһылаан олороллор. Ол иһин атын баһыйтарар партиялар сокуоннарын барылларын аһардыбаттар. Регионнар эмиэ сокуон барылларын оҥорон киллэрэр бырааптаахтар да, онно улахан болҕомто уурбаттар. Холобура Саха сирэ сүүрбэттэн тахса сокуоннар барылларын киллэрбитэ да, биири да аһардыбатахтара. Государственнай Дума Россия ситэриилээх былааһын отдела буола кубулуйда. Суут систематыгар, холуобунай кодексаҕа, холуобунай процессуальнай кодексаҕа көннөрүүлэри туох да системата, научнай төрүтэ суох оҥороллор. «Единэй Россияҕа» үксэ улахан былаастан тахсыбыт элбэх харчылаах дьон олороллор. Үгүстэрэ норуоттан тэйэ быһыытыйбыттар. Элбэх депутаттар баайдара-дуоллара, харчылара кыраныысса таһыгар бааллар. Ону ааһан оҕолоро кытта кыраныысса таһыгар үөрэнэллэр.

– Дойдубут коррупция оборчотугар батылынна диэччилэр элбэхтэр. Баай уонна дьадаҥы араастаһыыта улаатта. Тоҕо маннык балаһыанньа үөскээтэ?

– Билигин холуобунай эппиэккэ аҕыс губернатор уонна кинилэр эйгэлэрэ тардыллар, Россия силиэстибэннэй комитетын солбуйар салайааччыта уонна УСБ салайааччыта холуобунай эппиэккэ тардыллаллар, Россия УФСИН-ын салайааччыта уонна кини солбуйааччыта эппиэккэ тардыллаллар, Россия Ис дьыалаҕа министерствотын УБЭП солбуйар салайааччыта бары бэриккэ эппиэккэ тардыллаллар. Россия генеральнай прокурора Чайка уолун дьыалата сабыллан турар. Саха сирин ылан да көрдөххө министр Стаховтан уонна кини солбуйааччытыттан саҕалаан эмиэ холуобунай эппиэккэ тардыллаллар. Ити курдук холобуру салгыы туруохха сөп. Коррупцияны кытары арыый сэниэлээхтик охсуһуу кэнники икки сылга баран эрэр. Ол иннигэр улахан үлэ барбатаҕа.

Россия күүстээх структураларын салалтатыгар, бааннар, сир баайын хостуур корпорациялар салалталарыгар барытыгар В.В.Путин эргимтэтэ, чугас дьоно олороллор. Ити кумовство дэнэр. Коррупцияҕа аан дойдуга инники күөҥҥэ сылдьабыт. Ити барыта система сытыйбытын түмүгэ буолар. Система уларыйа илигинэ коррупцияны кыайбаккын, коррупцияны кыайа иликкинэ дойду хайдах да сайдар туруга суох. Америкалар күлэллэр: «Салалтабыт, элитабыт диигит да эһиэнэ буолбатах, биһиэннэрэ: баайдара, харчылара барыта биһиэхэ уурулла сыталлар, оҕолоро бары биһиэхэ үөрэнэллэр, имуществолара – хамсаабат баайдара барыта биһиэхэ бааллар, онон биһиги элитабыт».

Коррупцияны утары охсуһарга анаан сокуоннар, ыйаахтар тахсар курдуктар гынан баран, дьиҥ охсуһуу барбат. Төттөрүтүн конфискацияны накаастабыл сүрүн көрүҥүттэн таһааран кэбистилэр. Ыстарааптар инфляция барарын кыайан учуоттаабаттар. ООН коррупцияны утары охсуһарга анаан ылбыт конвенциятын 20-с ыстатыйатын Россия тоҕо эрэ ылыммат.

– Россия президенин быыбара эн санааҕар хайдах баран иһэрий? Путин син-биир кыайар дииллэр, онон быыбардаан да туһа суох диэччилэр кытта бааллар. Сорохтор Грудинины Кремль туруорбут киһитэ дииллэрэ төһө оруннааҕый?

– Грудинины Кремль хайдах да туруорара сатаммат. Ити сабатаас албаһа буолар. Грудинин партия иһигэр сүүрбэччэ киһини праймериз быһыытынан кыайан тахсан кандидат буолан турар. Бэйэтэ этэрин курдук кандидат буоларын нэдиэлэ эрэ иһигэр билбитим уонна быһаарыллыбыта диир. Дьининэн Зюганов салалталаах партия Грудинины эрдэттэн дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэрэн таһаарыа этилэр буоллаҕа. Холобур, Путины 18 сыл устата быыстала суох агитациялыыллар. Маҥнай утаа саҥата-иҥэтэ мөлтөх соҕус этэ. Онтон Грудинин дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиилээхтик быһаарара, боростуойдук тутта-хапта сылдьара, тас да көрүҥэ таһыччы киһи ылынар, иһигэр киллэрэр киһитэ. Арай бу киһини 18 сыл устата дьоҥҥо-сэргэҕэ эрийэн, сыһыаран таһаарбыт буоллуннар?

Дьэ ол да үрдүнэн үөһээ былаас улаханнык ыксаата. Кэлин наар ону-маны була сатыы-сатыы хараардар айдааҥҥа бардылар. Өссө дьиҥ иһигэр киирэн быһаарар эбит буоллахха дьыала Путиныгар да Грудининыгар да буолбатах – идеялар уонна системалар киирсиилэрэ буолар. Социалистическай система ордук дуу эбэтэр капиталистическай – ону ааһан рыночнай, олигархическай-компрадорскай система ордук дуу диэн буолар. Дьэ итиннэ норуот быһаарыныахтаах. Норуот былааска биир эрэ суолунан дьайар кыахтаах, ол аата быыбарынан. Ону таба туһамматахпытына бэйэбит мөлтөхпүт буолар. Ол кэннэ «куукунаҕа ибир-сибир кэпсэппэккэр» тиийэҕин. Ким быыбарга кэлэн куоластаабатах баай байдын, дьадаҥы өссө дьадайдын диэҥҥэ куоластаабытын тэҥэ буолар. Дьыала Путин В.В. кыайарыгар да кыаттарарыгар да буолбатах, былаас өйдөнөн, баран иһэр систематын уларытан норуот диэки хайыһыан наада.

– Грудинин кыайдаҕына Путин курдук дойдуну сатаан салайыа дуо, атын судаарыстыбалар салайааччыларын кытта тэҥҥэ алтыһан үлэлиэ дуо диэн саарбахтааччылар бааллар. Итиннэ туох санаалааххыный?

– Путин 90 сыллардаахха диэри оперативнай үлэҕэ үлэлээбит буолан дьонтон саһа сылдьыбыт, биир да киһини салайбатах, биир да кыра тэрилтэни салайбатаҕа. Дэлэҕэ даҕаны Башкирия президенэ Рахимов «У власти сидят люди, которые «тремя курицами не руководили» диэ дуо. Ити этиитэ киниэхэ кэлин охсуулаах буолла быһыылааҕа. Путин В.В кэлин Собчак көмөлөһөөччүтэ буолан, онтон тахсыбыта. Президент буолуутугар чугас доҕотторо суоҕа, биир да кылааҥҥа киирбэтэ олук буолбута. Ельцин Примаковтан отой куттанара, Степашин кэргэнэ банкир этэ, Лужковтан отой тэйиччи этэ дьэ барыта учуоттаммыта. Онон Чубайс, Ельцин кыыһа Татьяна, кэргэнэ Юмашев биир да кылаана суох, чугас баай дьоно суох Путиҥҥа тохтообуттара. Путин былааска тахсан эрэ баран бэйэтин «кооператив Озеро» дьоннорунан, одноклассниктарынан уонна однокурсниктарынан, КГБ-нан төгүрүтүммүтэ. Ону билигин корпоративноө управление диэн ааттыыллар гынан баран ол кумовство, коррупция буолар.

Грудинин салайан олорор совхоһун төһө эмэ атахтааһыннары туораан, уһулуччу сайыннаран бэйэтин кимин-тугун көрдөрдө. Дэлэҕэ даҕаны партията суох гынан баран, социалистическай өйдөөҕүн-санаалааҕын иһин киниэхэ тохтуохтара дуо. Холобур, совхоз директора Лукашенко хайдахтаах курдук салайааччыный! Улахан салайааччыны дуоһунас уонна эппиэтинэс сайыннарар, сөптөөх кэрчик кэмҥэ, бэйэтин бириэмэтигэр. Онтон аһара уһуннук былааска олордоххуна теория этэринэн баҕарбатаҕыҥ да иһин улугураҕын, норуоттан тэйэҕин, авторитарнай буолаҕын.

– Онтон биһиги Ил Түмэммит төһө бэркэ үлэлиир дии саныыгын? Уопсайынан, Ил Түмэн Сахабыт сирин төһө үчүгэйдик көмүскээн кэллэ? Аны күһүн буолар Ил Түмэн быыбарыгар туох санаалааххын? Саҥа дьон кэлиэхтэрэ дуо? Эбэтэр син-биир барыта урукку дьон буолуохтара дуу? Ил Түмэн инники үлэтин хайдах көрөҕүн?

– Дьон-сэргэ уонна специалистар этэллэринэн, маҥнайгы ыҥырыылаах созыв таһаарыылаахтык үлэлээбитэ дииллэр. Тоҕо диэтэххэ маҥнайгы созывка улахан харчы ороскуота суох дьиҥнээх демократическай быыбардар барбыттара. Ол иһин күүстээх кандидаттар депутат буолбуттара. Билигин харчыта суох, тэрилтэ салайааччыта буолбатах буоллаххына депутат буоларыҥ уустуктардаах. Быыбардааччыбыт оннук дьону талар. Дьон кыаллыбата бэрт. Тэрилтэ салайааччыта, баай бизнесмен, банкир тугу эмит быраҕан биэрэн көмөлөһүөхтэрэ диэн буолар. Быыбардааччы сокуон хаачыстыбатыгар улаханнык кыһаллыбат.

Маҥнайгы созыв үчүгэйдик үлэлээбит биир биричиинэтэ аллараа палатаҕа 17 депутаттан 9-һа юрист этэ, ону ааһан күн аайы лигиччи олорон үлэлээбиттэрэ. Билигин туох да муҥур ыксабылынан балтараа күн 40 боппуруоһу көрө охсоллор. Онтукаҥ формальность буоллаҕа дии, үлэ хаачыстыбата, сокуон хаачыстыбата биллэн турар сүтэр. Сорох депутаттар туохха куоластаабыттарын билбэккэ да хаалаллар. Саха сиригэр 70 депутат элбэх, бүтүн Москваҕа 30 депутат баар. Биһиэннэрэ оройуоннар бэрэстэбиитэлистибэлэрин хаба сатыыллар. Хоту оройуоннар атаҕастаныахтара диэн буолар. Дьиҥинэн ити лоббизмы үөскэтэр. Америкаҕа лоббизмҥа холуобунай эппиэтинэс баар. Республика депутата оройуонун интэриэһин көрөн олорбокко бүтүн республика интэриэһин көрөр, республика сайдыытыгар эппиэтинэстээх депутат буолар. Онон 15 бастайааннай төрүккэ күн аайы үлэлиир депутат үлэлиирэ ордук хаачыстыбалаах, нагрузкалаах буолуо этэ. Үбүн-аһын, аппаратын ороскуота да ама буолуон сөп. Мин ити этиини киллэрбитим ыраатта да менталитет күүстээх, кыайан уларыйбат.

Депутакка саҥа дьон кэлиилэрэ быыбардааччыттан бэйэтиттэн тутулуктаах. Биһиги парламеммытыгар депутат ахсаана аҕыйааһына партийнай системанан үлэлээһин көдьүүһүн мөлтөтүө этэ. Ордук партия интэриэһин көрбөккө, республика интэриэһин көрүү күүһүрүө этэ.

Кэлиҥҥи созывтар бэйэлэрин таһымнарынан үлэлии сатаатылар. Төһө кыалларынан, бэйэлэрин ычаларынан республикаларын интэриэһин көмүскүү сатыыр буоллахтара. Ол гынан баран депутаттар үгүстэрэ тэрилтэ салайааччылара, бизнесменнэр буолан ситэриилээх былаастан аһара тутулуктаахтар, онтон ситэриилээх былаас «Единэй Россиятттан» – Москваттан аһара тутулуктаах. Москваны кытта алтыһан үлэлиэххэ наада, ол гынан баран аһара тутулуктаах буолар сүүйтэриилээх. Онтон спикердэри тэҥнээн көрөр оччо этичнэйэ суох буолуо гынан баран, билиҥҥи спикер Жирков А.Н. сүнньүлээх, таһаарыылаах, компетентнай дии саныыбын. Ити тус сыанабылым, ону кимиэхэ да соҥнообоппун.

– Макар Макарович, кэпсээниҥ иһин «Туймаада» хаһыат ааҕааччыларын аатыттан махтанабын!

Кэпсэттэ Александр ЯКОВЛЕВ,

«Туймаада» хаһыат тэрийээччитэ,

кылаабынай редактора.

Category: Люди. Человек. Народ. Общество | Views: 1270 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 94
Ыалдьыттар (гостей): 94
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024