Эһэ Хайа лааҕырын номоҕо..
Ааспыт үйэ 80-с сылларын саҕана Баатаҕай аэропордугар хас да эдэр киһи Дьокуускайга көтөр сөмөлүөтү күүтэ олордохпутуна, 60-ча саастаах эрээри эдэрси, бөҕө-таҕа көрүҥнээх саха киһитэ кэлэн холбосто уонна дорооболоһон баран туох да соруттарыыта суох кэпсээн барда:
— Мин эдэр эрдэхпинэ манна Эһэ Хайа лааҕырыгар хаайыыга олорбутум. Сааһыран баран эдэр сааһым үтүө сылларын мэҥиэстибит сирдэри саҥалыы хараҕынан көрүөх-саныах өй киирбитэ.
Онтубун толорон баран бу төннөн иһэбин. Бэйэм Кэбээйигэ төрөөбүтүм. Сэрии бүтүүтүгэр адьас оҕо кэриэтэ сылдьан, билиҥҥинэн ааҕыстахха, бэрт дуона суох буруйу оҥорон баран хаайыыга түбэспитим. 1945 дуу, 1946 дуу сыллаахха биһигини манна этабынан аҕалбыттара. Бэрт аҕыйах сахаттан ураты, бары нууччалар этэ.
Киэһэлик манна саҥа кэлэн, биир улахан бараак муннугар мустан олордубут, сорохтор турдулар. Күнүс үлэҕэ барбатах хаайыылаахтартан ким эрэ сомогуон
оҥостон испит быһыылааҕа – сыта күүскэ биллэрэ. Сотору үлэҕэ барбыт хаайыылаахтары хомбуойдаан аҕалбыттара кутулла түстүлэр. Балар ортолоругар зонаны баһылаан олорор аҕыс чэчиэн омук дьоно бааллар эбит. Чэчиэннэр биһигини көрөөт суостаахтык ыйыттылар: «Кто ел брагу?» (тоҕо эрэ «пил» диэбэккэ, «ел» диэн ыйыппыттара). Онуоха ким да хоруйдаабата. Иккиһин ыйыттылар – саҥа суох. Чэчиэннэр үсүһүн ыйыталларыгар, бу бүтэһиктээх «киһилии» ыйытыы буоларын, ол кэнниттэн быһаҕынан кэйгэллээн баралларын сэрэттилэр. Ол да кэннэ ким да тугу да саҥарбата. Ити икки ардыгар чэчиэннэр илиилэригэр киһи билбэтинэн быһахтар баар буола оҕустулар. Ону кытта бу дьон инники эрээккэ туран хаалбыт аҕыс эдэр нуучча уолун харыларыттан харбаан уһулута тардан ыллылар уонна бараак ортотугар соһон аҕалан быһаҕынан
истэрин хайыта тардан кэбистилэр.
Маннык ынырык, дьиикэй быһыыны көрөн, өйбүттэн тахса куттанан таһырдьа куотаары мөхсүбүппүн бииргэ кэлбит дьонум илиибиттэн харбаан ылан тохтоттулар. Чэчиэннэрбит дьону кыыллыы дьакыйаат, туох да буолбатаҕын курдук начаалыстыбаҕа дакылааттыы бардылар.
Ол тиийэн «нууччалар бэйэ бэйэлэрин өлөрүстүлэр» диэн отчуоттаабыттар.
Начаалыстыба бэрэбиэркэлии да кэлбэтэҕэ. Силиэстийэ ыытыллыбатаҕа.
Кэлин санаатахха, биһиги кэлэрбит
саҕана мусульман чэчиэннэргэ Рамадан
диэн итэҕэллэрин бырааһынньыга, арыгы-
сомогуон иһиллибэт кэмэ, буола турбут
эбит быһыылааҕа. Ол бырааһынньыктарын
сиэрин-майгытын лааҕырга баар омуктарга
барыларыгар күүстэринэн тутуһуннара
сатаабыт буолуохтарын сөп эбит.
Нууччалар уонна чэчиэннэр икки
ардыларыгар аһаҕас өстөөхтүү сыһыан
баара. Лааҕырга, дьиҥинэн, нуучча
уголовниктара эмиэ элбэхтэр этэ. Ол
эрээри, киһи кэлэйиэх, ол сүүһүнэн
өлөрүөхсүт, халабырдьыт аҕыс чэчиэнтэн
куттанан өрө көрбөккө дьылыйан
олорбуттара. Хас да сылы быһа
лааҕырбытыгар «нуучча-чэчиэн сэриитэ»
диэн ааттанар былааһы былдьаһыы
тохтообокко барбыта. Хас эмэ сүүс
уголовник уонна аҕыс чэчиэн атын кыра-
хара омуктары дьонунан да аахпаттара,
наара анныттан таһаарбат
мөккүөрдээхтэрэ.
Кэлин биир чэчиэни өлөрбүттэрин кэннэ,
кини ханыыларын барыларын ханна эрэ
илдьибиттэрэ. Бу дьон нуучча
уголовниктарыгар кыайтарбакка эрэ
барбыттара. Чэчиэннэр барбыттарын кэннэ
зонабыт хаһаайыннарынан нуучча
«блатнойдара» хаалбыттара. Биһиги салгыы
ынырык олоххо олорон хаалбыппыт.
Биһигинньик дьон булт эрэ курдук
көрүллэрбит, хаһан баҕарар, ханна баҕарар
таах ыт-кус курдук өлөрөн кэбиһиэхтэрин
сөп этэ.
Кэлин Сталин өлбүтүн кэннэ балаһыанньа
уларыйбыта. 1954 сыл диэки быһыылааҕа,
биһиэхэ «Берлинскэй этап» диэн аатырар,
араас буруйу оҥорон түбэспит Сэбиэскэй
аармыйа саллааттарын-эписиэрдэрин хото
аҕалбыттара. Олор ортолоругар, бэл, икки
Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа, танкист уонна
лүөччүк, кытта бааллара. Бу этап дьоно
олус бэрээдэктээхтэрэ, түмсүүлээхтэрэ
биһигини сөхтөрбүтэ. Оннооҕор бэйэлэрин
икки ардыгар чыыннарын-хааннарын толору
тутуһан «табаарыс майор», «табаарыс
лейтенант», «табаарыс сержант» уо.д.а.
диэн ыҥырсаллара. «Блатнойдар»
фронтовиктары бас бэриннэрэргэ холонон
баран тута тиискэ бэрдэрэн тохтообуттара.
Фронтовиктар биһиги курдук кыра-хара
дьоҥҥо «биһиги сэриигэ сылдьан арааһы
барытын көрбүппүт. Ол эрээри бу курдук
сидьиҥ, чиччик быһыыны-майгыны көрө
иликпит. Биһиэхэ холбоһуҥ. Биһиги бу
дьиикэйдэри муостарын тоһутуунан эрэ
муҥурданыахпыт суоҕа, кинилэри сир
ньууруттан букатыннаахтык сиппийиэхпит.
Онно бэлэмнэнэн сылдьыҥ» дииллэрэ.
Биир үтүө күн фронтовиктар
салалталарынан лааҕыр барыта өрө туран
«кыыллары» тэрээһиннээхтик кыдыйыы
саҕаламмыта. Ынырык хабырыйсыылар
буолбуттара. Начаалыстыба лааҕырга
улахан хамсааһын тахсаары турарын
эрдэттэн да билэн олорбут быһыылааҕа.
Лааҕыр олбуоругар охсуһаары хапсан эрэр
икки улахан бөлөх дьону бүлүмүөтүнэн
ытыалаан икки аҥыы араарбыттара.
Өйдөөбөккө дуу, үлүһүйэн дуу, өстөөх
бөлөҕөр түбэһэн хаалбыт дьону тута
дьакыйтаабыттара.
Ол кэнниттэн лааҕыр салалтата
тыытыллыбакка ордон хаалбыт
«блатнойдары» хомуйан ханна эрэ
күрэппитэ. Уопсайынан, лааҕыр
начаалыстыбата «блатнойдары» өрө тутара,
үчүгэйдик сыһыаннаһара, «бэрээдэги тутан
олорууга» туһанара. Ити кэнниттэн биһиэхэ
дьэ киһилии олох саҕаламмыта. «Берлин
этаба» кэлбэтэҕэ буоллар биһиги төһө өр
итинник кэп-дьэбэр олоххо олоруохпут
эбитэ буолла. Били икки дьоруой тута
босхолонон, ааттара-суоллара
төнүннэриллибитин кэпсииллэрэ. Сыыйа,
бары да босхолонон барбыппыт.
Мин төһө да итинник ыар олоххо
сырыттарбын, киһилии сиэрбин-майгыбын
ыһыктыбатахпыттан дьоллооҕунан
ааҕынабын. Төрөөбүт дойдубар тиийэн
биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри элбэх сыл
үтүө суобастаахтык үлэлээбитим. Аны
хаһан да киһиэхэ итинник кыыллыы
сыһыаннаах режим эргийбэтин! Этэҥҥэ
дьоллоохтук олоруҥ!
Ити кэпсэтиибит саас бэс ыйыгар
буолбута. Ол киһи аатын-суолун билигин
билбэппин. Сонно кэмигэр да туоһулаһар
табыгаһа суох курдуга. Чахчы үтүө
санаалаах, чиҥ, көһөҥө киһи быһыылааҕа.
Онон, ханна баҕарар, хаһан баҕарар
тэрээһиннээх, сомоҕо буолан кырдьыктаах
дьыала туһугар сылдьыы син биир түмүгэр
тиийэн кыайыылаах хаалар эбит диэн бу
урут истибит кэпсээммин туох да
тупсарыыта суох тиэртим.
Илья КОЛОСОВ,
Мэҥэ Хаҥалас.
|