Ненецтэр Арассыыйа хотугу эҥээринээҕи туундаралары тилэри кэриэтэ тайаан олорор норуот. Кинилэр “ненец” диэн ааттара “ненэй ненэч – дьиҥнээх киһи” диэнтэн тахсыбыт.
Ненецтэр көс олохтоох омук буолан, Европа уонна Азия ненецтэрэ диэннэргэ кытта арахсаллар. Билигин кинилэр Архангельскай уобалаһын Ненец уокуругар, Ямал-Ненец автономнай уокуругар, Таймыырга Долган-Ненец оройуонугар, Ханты-Манси уокуругар, Коми өрөспүүбүлүкэтигэр уо.д.а. тарҕанан олороллор. Уопсай ахсааннара билигин 50 тыһыынчаны ырааҕынан куоһарбыта сылыктанар. Быһата, Арассыыйа аҕыйах ахсааннаах норуоттарыттан саамай элбэхтэрэ. Арассыыйаҕа ханнык баҕарар норуот ахсаана 50 тыһ. таҕыста да “аҕыйах ахсааннаах норуот” диэн статуһун, араас чэпчэтиилэрин сүтэрэрин быһыытынан, ненецтэр билигин ахсааннарын “тарда соҕус” ааҕыналлар. Ону мээнэ санаппакка кыһаналлар.
Арктика култууратын уонна ускуустубатын судаарыстыбаннай институтугар (АГИИК) Красноярскай Таймыырыттан долгаан, ненец, энец ыччата дипломун көмүскүү кэлэн үөрэнэ сылдьаллар.
Бу сырыыга олортон биир ненец (былыргы сахалыынан – саамай) омук бэрэстэбиитэлэ, бэрт элбэх саҥалаах, сытыы-хотуу Елена Евай ыалдьыттыыр. Дьиҥинэн, ненец төрүт үгэһин, олоҕун-дьаһаҕын туһунан бэрт элбэҕи кэпсиэ эбит да, үөрэнэ сылдьар буолан ол кыаллыбата.
– Толору аатыҥ Евай Елена Кумивна диэн... “Евай”, “Куми” диэн туох ис хоһоонноох тылларый?
– “Евай” ненецтии – миин (суп). Ити мин бастакы эрим араспаанньата. Тоҕо “миин” буолан хаалбыттарын билбэппин. Оттон аҕам аата “Кыра Куми” диэн этэ. Кини аҕата – Улахан Куми. Суолтатын билбэппин, көннөрү аат быһыылаах. Бэйэм кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньам Яр диэн. Марюй диэн биис ууһун бэрэстэбиитэлэбин.
– Төрөөбүт сириҥ-уотуҥ туһунан сырдат эрэ...
– Енисей өрүс Хотугу-Муустаах байҕалга түһэр тумуһаҕар баар Носок диэн бөһүөлэккэ улааппытым. Чуолкайын билбэппин, нэһилиэнньэтэ 2 тыһ. чугаһыыра буолуо. Ону чуолкай ааҕар да кыах суох, сорох дьон үйэлэрин тухары туундараҕа көһө сылдьаллар, бөһүөлэккэ ас-таҥас атыылаһа сыл баһыгар-атаҕар эрэ охсуллан ааһаллар. Ненецтэр бөһүөлэктэрэ.
– Таймыырга ненецтэр өссө ханнык бөһүөлэктэргэ баалларый?
– Воронцово, Тухард, Караул диэннэргэ, өссө Дудинкаҕа... барыта холбоон Таймыырга 4 тыһ. тахса ненец олорор.
– “Тухард” диэн туох дьикти аатай?
– Ити ненец тыла, “уоттаах дьиэ” диэн. Гаас хостонор сирэ, ол иһин оннук ааттаммыта буолуо.
– Ненецтэр төһө элбэхтии оҕолоноллоруй?
– Холобур, мин эбэм аах 12 буолан бииргэ төрөөбүттэр. Мин оскуоланы бүтэрээппин кытта ийэм бииргэ үөрэммит уолбун кытта холбоон ыал оҥоро сатаабыта. Ол уолум билигин 9 оҕолоох. Кинини кытта ыал буолбутум буоллар, билигин 9 оҕолоох олоруом этэ. Айака дии... Уопсайынан, ненец ыаллара элбэхтии оҕолоохтор.
– Ол эһиэхэ кыыһы күүстэринэн эргэ биэрэллэр дуо? Ийэҥ эйигин тоҕо ала-чуо ол уолга биэрэ сатаабытай?
– Туундараҕа көһө сылдьар, былыргылыы дьиҥнээх сиэринэн олорор ненецтэр кыргыттарын билигин да кыһалаҥынан кэргэн биэрэллэрэ буолуо. Онтон киһи соһуйбат. Оттон бөһүөлэккэ оннук буолбатах. Арба, ийэм миигин ол уолга “элбэх табалаахтар, баайдар” диэн холбуу сатаабыта. Кырдьык да, ону умнан кэбиспит эбиппин. Дьэ өйдөөн кэллим.
Билигин мин иккис олохпор олоробун. Эрим Александр бастакы кэргэниттэн 5 оҕолоох, мин – 2.
– Кэргэниҥ тугу үлэлиирий?
– Кини толору аата Ядне Александр Хаскович диэн. 54 саастаах. Табаны иитэр “Яра-Танама” диэн ТХПК дириэктэрэ. Сыыспат буоллахпына, 51 тыһ. табалаахтар. Эрим онно 3-с болдьоҕун дириэктэринэн талыллан үлэлиир. 4-түү сыл буола-буола отчуоттуур-быыбардыыр мунньаҕы ыыталлар. Бэйэтэ “дэлби сылайдым, барыам этэ” диир да, талан кэбиһэллэр. Сүүсчэкэ үлэһиттээх. Ол дьоно бары туундараҕа көһө сылдьаллар. Кэргэним ол дьону барыларын хамнастаан, бураанынан-бөртөлүөтүнэн сылдьан астарын-таҥастарын хааччыйан үлэлэтэр. Бука, сөбүлүүр буолан талаллара буолуо. Мин кини үлэтигэр букатын орооспоппун, билбэппин даҕаны. Ол – дьахтар дьыалата буолбатах.
– Ол ханнааҕы бөртөлүөтэй?
– Тэрилтэлэрин киэнэ. Чуолкайын билбэппин, кыра, омук бөртөлүөтэ. Билигин эрбин, оҕолорбутун кытта Дудинкаҕа олоробут. Александр барар-кэлэр, эргинэр-урбанар, балыктыыр, сайын таба муоһун (панты) быһыытыгар сылдьар.
– Хамнаһа, бука элбэҕэ буолуо?
– Ону миэхэ кэпсээбэт. Төһө наадатынан көрөн хамнастанар буоллаҕа.
– Бэйэҕит икки ардыгытыгар ненецтии кэпсэтэҕит?
– Биллэн турар. Мин Дудинка куоракка олохтоох ненецтэри түмэр “Майма” (үөрүү) диэн кулуубу тэрийэн үлэлэтэбин. Онно 143 ыал киирэр. Куорат сиргэ ненецтии кэпсэтэр эргимтэ, оҕо саада, оскуола суох буолан, оҕолуун-уруулуун бары бииргэ түмсэн балыктыы, туундараҕа сынньана тахсабыт, араас тэрээһиннэри ыытабыт. Төрөөбүт тылбытынан ирэ-хоро кэпсэтэбит. Мин бэйэм Дудинкатааҕы Норуот айымньытын дьиэтин отделын салайабын. Быһата, култуура үлэһитэбин.
– Ханна үөрэммиккиний?
– Норильскайга ускуустуба коллеһын, Петербурга менеджмент академиятын бүтэрбитим. Бу Дьокуускайга иккис үрдүк үөрэхпин ыла сылдьабын.
– Таймыыр ненецтэрэ Ямалга олохтоох аймахтаргытын кытта билсэҕит, кэпсэтэн өйдөһөҕүт дуо? Уопсайынан, араас эрэгийиэннэринэн ыһыллан олорор ненецтэри бииргэ түмэр туох эмэ тэрилтэ баар дуо?
– Ненецтэри барыларын түмэр туох да тэрээһин, тэрилтэ баарын истибэтэҕим. Арааһа, суоҕа буолуо. Оттон, Ямал... Мин аҕам Ямалга баар Гыда тумул арыытыттан төрүттээх. Ийэбин, 20-тин да туола илик эдэр кыыһы, онно аҕа саастаах, 4 уоллаах огдообо киһиэхэ кыһалаҥынан эргэ биэрбиттэр. Онно тиийэн 5-с оҕонон мин төрөөбүппүн. Аҕам өлбүтүн кэннэ ийэм төрөөбүт Таймыырыгар төннөн кэлбит. Инньэ гынан, мин Ямал тумул-арыытыгар аймахтарбар элбэхтик бара-кэлэ сылдьан улааппытым. Миигин эбэм ииппитэ. Наһаа лоп-бааччы, бытаан, саха курдук эмээхсин этэ... Ненец омугун төрүт үгэстэригэр элбэххэ үөрэппитэ.
Оттон ненецтэр саҥабыт – ханна да биирин тэҥэ. Аа-дьуо саҥарар буоллахха, толору өйдөһөбүт. Билбэт тылларбыт биирдиилээн эрэ түбэһэллэр. Петербурга үөрэнэ сылдьан Ямал, Архангельскай, Ханты-Манси ненецтэрин да кытта толору өйдөһөр этим.
Носок оскуолатыгар 4-с кылааска диэри ненец тылын үөрэппиттэрэ. Ненецтэр бары тылбытын биир үөрэх кинигэтинэн үөрэтэбит.
– “Саха курдук бытаан” диэн тугу этэҕин? Биһиги бытаан курдуктарбыт дуо?
– Бу соторутааҕыта Дьокуускайга кэлэн баран ону наһаа сөхпүтүм. Наһаа бытаан, наҕыл, нүһэр курдуккут. Саҥаҕыт наһаа кыра, улаханнык саҥарбаккыт, хаһыытаабаккыт. Аһара дьоһуннаахтык туттан хаамаҕыт. Ким да күлэ-үөрэ сылдьарын, улаханнык күлэн саһыгырыырын көрбөппүн. Быһата, эмоцияҕыт суох курдук. Үөрбүккүтүн-хомойбуккутун киһи билбэт. Онно холоотоххо, миэхэ “ненецтэр быдан эмоциялаах, түргэн-тарҕан, элбэх саҥалаах, күлүүлээх-оонньуулаах норуот быһыылаахпыт” диэн өйдөбүл үөскээтэ.
– Ненецтэр ханна ордук үчүгэйдик олороллоруй? Ямалга дуу, Таймыырга дуу?
– Арааһа, Ямалга буолуо. Онно лаппа кыахтаахтык, баайдык олороллор.
– Мин былырыын Таймыырга сылдьан көрдөхпүнэ, эһиги ыалларгыт долгааннар табаларын ахсаана быста аҕыйыы турар этэ. Ненецтэр табаларгытын син тутан олорор эбиккит... Уопсайынан, ненец долгаантан туох уратылааҕый?
– Оо, элбэх буоллаҕа. Бука, биһиги ненецтэр төрүт айылҕабытыттан тэйбэтэх, төрүт үгэспитин тутан олорор буолан табабытын эспэтэхпит буолуо. Табанан эрэ олорор норуот буоллахпыт. Ону тэҥэ, үлэһиппит.
Туундараҕа сылдьан ураһаны ыраахтан көрөөт да долгаан дуу, ненец дуу дьоно олороллорун тута билэҕин. Холобур, долгааннар таба туркутугар уҥа өттүттэн өттүгэстээн олороллор. Хайдах оннук сатаан иҥнэн олороллоро буолла? Биһиги – турку хаҥас өттүгэр олорон айанныыбыт. Ону тэҥэ, долгааннар табаны миинэр эбит буоллахтарына, ненец туркуга эрэ олорор, хаһан да мииммэт. Ураһаҕа киирдэххэ, долгааннар тимир оһохторо киирэр ааҥҥа кэннинэн турар буолар. Биһиэнэ – аайаҕынан утары турар. Ол эрэ буолуо дуо, ураһа иһин ненецтэр долгааннартан букатын атыннык сааһылаан туруораллар. Утуйар сирдэрэ эмиэ туспа буолар. Холобур, ненец ураһатыгар оһох кэннигэр “симс” диэн ытык ураҕаска араас ымыыларбыт, эмэгэттэрбит ыйанан турар буоллахтарына, долгааннарга ол суох.
Тас дьүһүммүтүттэн көрөн киһи ненеһи долгаантан тута араарар. Биһиги лаппа сырдыкпыт. Долгааннар – хараҥалар. Арҕаа диэки баран истэх аайы, ненецтэр дьүһүннэрэ өссө сырдаан, “дьобуруопатыйан” барар. Ямалга сылдьан сырдык халлаан күөҕэ харахтаах, куп-кугас баттахтаах “блондин” ненецтэри көрөөччүбүн.
Онно холоотоххо, эмиэ биһиги курдук самоди тыллаах энецтэр, нганасаннар ненецкэ ордук майгынныыллар. Даҕатан эттэххэ, энецтэр (барыта 227 киһи), нганасаннар (сахалыыта – майааттар, 862 киһи) Таймыырга эрэ бааллар. Атын ханна да суохтар. Ахсааннара наһаа аҕыйахтар. Хата, олор тыллара, ахсааннара эҥин, үүт-үкчү биһиэнин курдук буолааччы. Нганасаннар Усть-Авам, Волочанка, Новая бөһүөлэктэргэ олороллор. Биллэн турар, бу омуктар тылларын туруга бэрт ыарахан. Бутэн эрэр.
– Ненецтэр саамай сөбүлүүр аһылыккыт тугуй?
– Таба хаана. Оо, билигин сибиэһэй таба хаанын туустаан, хартыыһалаан, кыратык биэрэстээн баран тоҥ балыкка умньаан сии олорбут киһи баар ини! Дэлби аҕынным. Таба хаанын туох да тумата суох киллиргэччи ыймахтыахпын сөп этэ. Уопсайынан, ненецтэр көтөр-сүүрэр да этин, балыгы да үксүн сиикэйдии сиибит.
– Дьокуускайга кэлэн баран ордук тугу сөбүлээтиҥ?
– Саҥа, сонун сиргэ тиийдэхпинэ харчыны аһара матайдыырым иһин, кэргэним харчыны нуормалаан, лимииттээн биэрэр. Дьокуускайга кэлэн баран ювелир маҕаһыына элбэҕиттэн үөрэ сөхтүм. Сөбүн көрөн, аҕыйаҕы атыыластым даҕаны. Аны, уулуссаҕа дьон массыыналарын таҥаһынан сабан “гараас” оҥостон хоннороллорун аһара сэҥээрдим. Дудинкаҕа тиийэн массыынабын сабарбар оннук “гарааһы” атыыласпыт киһи дии санаатым да, дойдубар төттөрү айаныныырбар мачайа бэрт буолууһу дуу, тугуй? Чэ, тиийэн тиктэр инибин.
Итини таһынан, Дьокуускайга хаар аҕыйаҕа сөхтөрдө. Биһиэхэ Дудинкаҕа дьиэлэрбит хаар быыһыттан нэһиилэ кылаһан көстөллөр.
– Кэпсээниҥ иһин махтал!
Иван Гаврильев