Былыр да сахаларга сытыы-хотуу, кэлбит-барбыт, киирбит-тахсыбыт дьон бааллар эбит. Ол курдук, өбүгэлэрбит ыраахтааҕылаах Арассыыйа Аляска сирин-уотун баһылыырыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрсибиттэр. Бүгүн биһиги ол кый ыраах дойдуга баран үлэлии-хамсыы сылдьыбыт сахалар тустарынан сэһэргиэхпит.
XVIII үйэ иккис чиэппэригэр Саха сирэ нуучча дьонугар Уһук илин уонна Эмиэрикэ сирин-уотун диэки уһун киэҥ айаннарыгар бигэ тирэх буолбута. Оттон саха дьоно сирдьит уонна таһаҕасчыт быһыытынан наймылаһан, нуучча араас улахан эспэдииссийэлэригэр кыттар буолбуттара. Ону сэргэ, Айаан уонна Лаамы (Охотскай) аартыктарынан Арассыыйа-Эмиэрикэ хампаанньатын (Российско-американская компания) таһаҕастарын, табаардарын тиэйэллэрэ. Судургутук эттэххэ, ити кэмҥэ саха киһитэ уонна саха сылгыта суох кыра да кэлии-барыы, табаар эргиирэ табыллыбат буолбута. Ол түмүгэр, бэл диэтэр, саха чулуулара Аляскаҕа кытта тиийэн үлэлии-хамсыы сылдьыбыттара.
Аляскаҕа тиийбит сахалар тустарынан бастакы чопчу иһитиннэрии 1820 сыллаах архыып докумуонугар суруллубут. Ити сыл бэс ыйын 1 күнүгэр Форт Росс кириэппэс олохтоохторун биэрэпиһин оҥорбуттар. Онно үс саха киһитин аатын, омуктарын ыйан туран, суруйбуттар: Петр Попов, Герасим Попов уонна Логин Захаров. Эмиэ бу сыл Аляска биэрэгэр “Ильмень” диэн хараабыл саахалланан тимирбитигэр Яков Охлобков диэн саха киһитэ быыһаммытын туһунан ахтыллыбыт. Оттон ахсынньы ыйга олохтоохтору учуоттуур испииһэккэ өссө биир саха – Егор Захаров – кэлбитэ бэлиэтэммит.
Аляскаҕа уонна Калифорнияҕа биһиги дьоммут бэйэлэрин төрүт олохторугар-дьаһахтарыгар чугас үлэнэн дьарыктаммыттар. Ол курдук, үгүс саха колониһа сүөһү көрбүт. Атыттар булчутунан эбэтэр хараабыл тутуутугар мас уустарынан сылдьыбыттар. Холобур, “Кяхта” диэн хараабыл тутуутугар Герасим Попов уонна Яков Охлобков судаарыстыбаттан хамнастаах, 1-кы кылаастаах мас уустара эбиттэр. Кинилэр оччотооҕу таһымынан уһулуччу улахан хамнаһы аахса сылдьыбыттар – ый аайы биирдии мөһөөх солкуобайы. „Тоҕо оннук айылаах үрдүк хамнастаммыттарай?“ диэтэххэ, ол саҕана Сибиир олохтоохторугар тимир, мас уһаныытын дэгиттэр сатыыр, мындыр, саханы чорбойор биир да омук суоҕа. Онуоха эбии, мас хараабылы оҥоруу ураты сатабылы, өр сыллаах үөрэниини эрэйэрэ. Инньэ гынан, Арассыыйа-Эмиэрикэ хампаанньата биһиги дьоммутун үөрэ-көтө наймылаһара.
Манна даҕатан эттэххэ, 1820 сылтан 1838 сылга диэри Форт Росс кириэппэскэ (билиҥҥитэ АХШ Калифорнията) 16 саха киһитэ үлэлээн ааспыт. Мантан 12-тэ – эр киһи, 4-дэ – дьахтар. Ол курдук, сорох колонистар ойохторун уонна оҕолорун дойдуларыттан ыҥыртаран ылбыттар. Холобур, оччотооҕу Росска түөрт саха ыала олорбута биллэр – Агафья диэн кыыстаах Ивановтар (6 сыл устата), Авива уонна Доротея Прокопьевтар, Логин уонна Олимпиада Николаевтар, Пермяковтар. Балары таһынан олохтоох индеец дьахталларын ойох ылбыт сахалар эмиэ бааллара. Мэҥэттэн төрүттээх Егор Захаров Наталья диэн сүрэхтэммит индеанканы ойох ылан олорбут. Киниттэн Симеон диэн уоллаах эбит. Ол эрээри, аҕалара 1837 сыллаахха дойдутугар төннөргө күһэллибит. Ойоҕо уонна уола Эмиэрикэҕэ хаалбыттар. Маны сэргэ, Петр Попов Катерина Степанова диэн индеанкаттан икки кыыс оҕону төрөппүт. Архыып дааннайдара этэллэринэн, бу ыалы 1831 сыллаахха Ситка диэн Эмиэрикэ куоратыгар көһөрбүттэр. Онтон салгыы бу киһи дьылҕата биллибэт. Быһата, ойоҕун кытта ол дойдуга олохсуйа хаалбыт диэн сабаҕалыахха эрэ сөп. Баҕар, күн бүгүн ол саха киһитин удьуордара Эмиэрикэҕэ төрөөн-ууһаан, тэнийэн олорор да буоллахтарына көҥүл.
Саха сирин национальнай архыыбыгар Аляскаҕа баран үлэлии сылдьыбыт сахалар тустарынан иһитиннэрии аҕыйаҕа суох. 1860 сыл атырдьах ыйын 31 күнүнээҕи “Указ Якутского земского суда Ботурусской иногородней управе о пребывании якутов на службе Российско-американской компании на Аляске” диэн докумуоҥҥа 24 саха аата-суола суруллубут. Балар үксүлэрэ билиҥҥи Чурапчы уонна Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэктэриттэн төрүттээхтэр эбит. Ол өйдөнөр даҕаны. Тоҕо диэтэххэ, былыр ити улуустар нөҥүө Лаамы аартыга ааһара. Онон РАК (Арассыыйа-Эмиэрикэ хампаанньата) таһаҕастарын Хотугу Эмиэрикэҕэ ыытара, тиэрдэрэ. XVIII үйэ иккис аҥаарыгар бу эҥ’эргэ олохтоох сахаларга ыар түһээн олохтоммута. Ол курдук, сыл аайы хампаанньаны 6 тыһыынча атынан уонна 600-700 үлэһитинэн хааччыйыахтаахтара. Кэлин РАК ол түһээнтэн аккаастанан, Боотуруускай, Байаҕантай, Бороҕон, Дүпсүн, Мэҥэ, Хаҥалас уонна Нам улуустарын дьонугар таһаҕас тиэйиитин бэдэрээккэ биэрбитэ. Онон саха дьоно таһаҕас тиэйиитинэн, аныгылыы тылынан эттэххэ, “логистиканан” дьарыктанан, харчы өлөрөр кыахтаммыттара.
РАК быраабылатын быһыытынан, сахалары хантарааҕынан 7 сыллаах үлэҕэ ылара. Үлэһиттэр Ново-Архангельскайга (билиҥҥитэ Эмиэрикэ Ситка куората), Кадьяк арыытыгар уонна Калифорния сиригэр-уотугар олорон хампаанньа сорудаҕын толороллоро. Бу үлэ олус чэпчэки буолбатаҕа. Элбэх өлүү-сүтүү аргыстааҕа. Холобур, докумуоннарга төрөөбүт дойдуларыттан тэйэ сылдьан өлбүт дьон туһунан элбэх бэлиэтээһин баар. Холобур, 1836 с. Аляскаҕа кэлбит Семен Никифоров диэн киһи 1851 сыллаахха өлбүт. Ону таһынан, Григорий Посельскай, Алексей Березкин, Филипп Григорьев уо.д.а. араас ыарыылартан уонна олохтоох индеец биис-уустарын кытта сэриилэргэ өлбүттэр.
Ол кэмтэн ыла сүүһүнэн сыллар аастылар. Билиҥҥи саха норуотугар Эмиэрикэҕэ сылдьыбыт сахалар тустарынан үһүйээн да, номох да ордон кэлбэтэх. Арай индеец кашайа, юпик, тлинкит уонна мивоки диэн биис-уустарын номохтугар нуучча дьоно, ол иһигэр биһиги ыраах өбүгэлэрбит, кэлэн олохсуйа сылдьыбыттара, үлэлээн-хамсаан, сэриилэһэри кытта сэриилэһэн барбыттара кэпсэнэр. Итини таһынан, сахалар Эмиэрикэҕэ тиийэ сылдьыбыттарын биир саҥата суох туоһута -- Аляска биир иччитэх арыытыгар саха ынахтара мэччийэ сылдьаллар.
Онон, түмүкпэр, саха норуота Нуучча судаарыстыбата Уһук Илин уонна Хотугу Эмиэрикэ эргин сирин-уотун кэҥэтэригэр, экэниэмикэ уонна бэлиитикэ өттүнэн күүһүрэригэр сүҥкэн оруолу оонньообута диэн этиэхпин баҕарабын.
Харыс Таас.
|