Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Кулун тутар » 23 » Уус көрүүлэрэ
Уус көрүүлэрэ
08:08

Сүбэ

Дмитрий Алексеевич Артемьев Амма Сатаҕайыттан төрүттээх, маһы “тилиннэрэр” уус. “Биэс сүүсчэкэ киһилээх эрээри, сүрдээх айар куттаах нэһилиэк” диэн дойдутун ахтар. Уус киһи хайдах буолуохтааҕын сурастым.


– Бииргэ төрөөбүт убайым Алексей Алексеевич Артемьев биэс кинигэни суруйда. Араас талааннаах дьон биһиэхэ үгүс. Айылҕабытыттан эбитэ дуу, төрүттэрбититтэн эбитэ дуу – көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр.

Кэргэним Светлана Васильевна Артемьева провизор үөрэхтээх. Сааһын тухары аптекаҕа үлэлиир. 1991 сылтан үчүгэй баҕайытык бур-бур буруо таһаарынан эйэ дэмнээхтик олоробут. Үс оҕолоохпут. Улахан кыыһым Татьяна Красноярскайдааҕы архитектурнай институту бүтэрэн билигин архитектордыыр. Орто кыыһым Мария – финансист. Уолум Алеша 10-с кылааска үөрэнэр.

Кыра эрдэхпиттэн аҕабын батыһа сылдьан уруһуйдуурга, маһы кыччайарга үөрэнэн барбытым. Аҕам ат сыарҕатыттан саҕалаан оҥочоҕо тиийэ, оччотооҕу туттар сэби-сэбиргэли барытын да оҥорор уус этэ. Онтон миэхэ син туох эмэ бэрилиннэҕэ буолуо.

***

Аҕабын кытта куобахха сохсо оҥоро тахсарбыт. Айылҕаны кытта ыкса алтыһыым итинтэн саҕаламмыта. Уһун күһүнү быһа тахсан булпут тэрииригэр мөхсөрбүт. Сиһи быһарбыт. Онно алта уончалыы айахтаах быһыттары оҥорорбут. 250 сохсолоох буоларбыт.

Оччолорго куобах элбэх. Күһүн хаар түһүүтэ сыарҕанан тиэйэн кэлэрбит. Куобах, улар, бочугурас, туртас элбэҕэ. Сохсобут – орто сохсо. Туртас сыылан киирэн баттатарын наһаа сөҕөрүм. Сонос икки сиэрдийэни холбуу туттаран баттык оҥорорбут.

Аҕам барбыт кэмигэр, туттар сэбин талкыйан, сыппатан, элбэхтэ мөҕүллүбүт киһибин. Кини сааһын тухары саһыл пиэрмэтигэр үлэлээбитэ.

***

Саха дьоно, кыһыммыт уһуна бэрдиттэн да буолуо, саас кэлэрин олус кэтэһэбит. Ол иһин да ускуустубаҕа олус чугаспыт. Культпросвекка үөрэнэ киирбитим. Онно “Народные инструменты” салааҕа үөрэммитим. “Руководитель народного инструментального оркестра” диэни бүтэрбитим. Үс сыллаах үөрэх кэннэ Саха тыйаатырыгар бутафорунан үлэлээбитим.

Бү үлэбэр элбэх худуоһунньугу кытта бииргэ үлэлээн, алтыһан өссө күүскэ сайдыбытым. Оччолорго Андрей Саввич Борисов саҥа үлэлээн эрэрэ. “Хаарыан хампа күөх кытылым” туруоруу саҥардыы аатыран эрэр кэмэ этэ.

Тыйаатырга барыта 12 сыл үлэлээбитим. Ол тухары аата-ахсаана биллибэт реквизит, декорация бөҕөнү оҥордум. Тыйаатыр үлэтэ миэхэ үтүмэн үгүс билиини биэрбитэ. Алаадьытыттан саҕалаан ачыкытыгар тиийэ оҥорорбут.

Онно сабардамы илиибинэн-атахпынан билэргэ үөрэммитим. Оҕо эрдэхпиттэн уһанар баҕам күүстээҕэ. Дмитрий Федорович Ходулов уола Саша Москубаҕа үөрэнэрэ. Киниэхэ билиҥҥээҥҥэ диэри тутта сылдьар резецтэрбин сакаастаан ылларбытым.

Оччолорго үстүрүмүөн отой суох. Уларыта тутуу эрэ иннигэр 150 солкуобайга аҕалтарбытым.

Быһаҕы – кыһан

Маска орто хатарыылаах тимиринэн туттабын. Уус тэрилин туттан эрэ көрдөҕүнэ билэр. Маска сыстар-сыстыбат диэн баар. Ыллыҥ да бу тимир үчүгэй буолуо диир тутах.

Бииргэ үлэлиир дьонум төрөөбүт күммэр “резец по линолиуму” диэн үстүрүмүөн бэлэхтээбиттэрэ. Оҥоһук бытархайын быыкаа быһаҕынан оҥоробун.

Үөрэнээччим

Амма Сатаҕайыгар үлэ уруогун учуутала этим. Үөрэппит оҕом Александр Зиновьевич Терентьев улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, онтон Москубаҕа баран, быыстапкаҕа бастаан турар. Кини быыстапкаҕа оҥорбут быһаҕын “сытыы быһах” диэн билинэн тураллар. Москубаҕа баран эмиэ дипломант буолбута.

Куруһуок

Оскуола иһигэр мас кыһааччы диэн ааттаах куруһуогу ыыппытым. Тыаҕа олорор киһи барахсан бириэмэтэ тиийбэт. Үлэм быыһыгар Аммаҕа быыстапкаҕа сылдьан Борис Неустроев-Мандар Ууһу кытта билсибитим.

“Уһаныан сөп эбит” диэн, аан маҥнай үтүө алгыстаах сыанабылы биэрбит киһи – кини. Симэх быыстапкатыгар киир диэн сүбэлээбитэ. Тылын-өһүн ылынан, киирэн ситиһиилээхтик кыттыбытым. Оччолорго Симэх быыстапката саҥа тэриллэн эрэрэ. Борис Федоровичка сүбэлээн-амалаан биэрбитигэр махталым улахан. Уус уустан үөрэнэр. Онон уһаныан баҕалаах дьон, кыбыстыбакка ыйыталаһыҥ, үөрэниҥ. Саха төрүт дьарыгын сайыннарсыҥ.

Айар кут

Сакааска үлэлиир киһи бириэмэтин сүүйтэрэр. Ону сэргэ илиитэ-атаҕа бааллан хаалар. Хааччахтанар. Сүһүөҕүм ыалдьар буолан, өссө тугу эмэ оҥорон хаалларбыт киһи диэн сылдьабын. Көрүүлэрдээхпин. Ону дьон дьүүлүгэр таһаарыахпын баҕарабын.

Хас биирдии уус ураты, хатыламмат буоларга дьулуһуохтаах. Эмиэ сурук курдук буочар диэн өйдөбүл баар.

Маһы бэлэмнээһин

Сайын сыллааҕы уһаныахтаах хатыҥмын бэлэмниибин. Дойдубар тахсан хатыҥ кэрдэбин. Хатыҥ буолла да аҥаар өттүттэн кэрдэн ис диэн этиллибэт.

Син балай эмэ хатыҥы туттабын. Онно барытыгар көрдөһөн-ааттаһан, эмэххэ сиэппэккэ, дьон хайгыыр тэрилин оҥоруох буолан, айылҕаттан көрдөһөн-ааттаһан, сир-дойду иччилэриттэн, Үөһээ Айыылары алаадьынан айах тутан эрэ баран маһы ылабын.

Бастаан соччо аахайбат курдугум. Сиэр-туом хайаан да тутуһуллуохтаах. Саҥа саҕалыыр уустарга хайаан да сиэрин-туомун барытын тутуһан эрэ баран туттуҥ диэн сүбэлиибин.

Вильям Федорович Яковлевтан туттуохтаах маһы кэрдиэх иннинэ хайдах көрдөһөн-ааттаһан ылыллыахтааҕын туһунан сүбэлэппитим. Эһиги эмиэ кырдьаҕас сиэри-туому билэр дьонтон сүбэлэтэ-амалата сылдьыҥ. Эдэртэн – эйэтин, кырдьаҕастан алгыһын ыла сылдьыҥ.

Биир улахан кистэлэҥэ диэн, бастаан туттуохтаах хатыҥмын сиэрин тутуһан туран, алларанан моойдоон кэбиһэбин. “Моойдоон” диэн аллараа өттүнэн 5-10 см кэтиттээх сурааһын туоһу этигэр тиийэ төгүрүччү ылан кэбиһэбин. Саас от-мас тылларын саҕана ол быһыллыбытынан салгыҥҥа туран эрэ мас хатан, чэпчээн хаалар. Оннук мас хайа барбат. Туоһун кэтэн туран хайа барбат.

Турары кэрдэн түһэрээт, бысталаан аҕалан, сылаас дьиэҕэ киллэрэн хатара сатаатахха, олох көрдөрөн туран, хайа хатан хаалар. Оччоҕо ол маһыҥ таах хаалар.

Моойдообут маскын сыл аҥаарыттан уһаппакка ылаҕын. Онтон уһаатаҕына, бэрдийэн хаалар. Оччоҕо хатыҥ мас көмүрүө курдук тохто сылдьар буолар.

Дьиҥинэн, күһүн эмиэ моойдуохха сөп. Кэмэ кэллэ да бысталаан аҕалыахтааххын. Хахха сиргэ эбии сытыара түһэҕин. Хам ыла илигинэ кыһаҕын. Туттуох иннинэ кыһар быһаҕын билэрин таһынан өссө маһын билиэхтээх.

Тута охтороот, бысталаан кыһар дьон эмиэ бааллар. Онно маһы үчүгэйдик бүөбэйдиэххэ наада буолар. Кураанах көөбүлгэ эҥин сытыаран мас сиигин тартарыахха сөп.

Мас хатарыгар, кыра да буоллар, салгыннаах буолуохтаах. Аһара кииллийэн хааллаҕына, кыһарга ыарахан. Сөрүүн сиргэ күн көрбөт сиригэр сытыахтаах.

Онтон тута охторор буоллахха, туоһун хааллараҕын. Туоһугар хаттаҕына, хайдыбат. Түргэнник хаттын диэн, туоһун икки төбөтүгэр хааллараҕын. Ортотун аргыый, хатыҥ этин кыратык да хайыппакка сэрэниин-сэрэнэн суллаан ылыллар. Кыратык да суллуурга быһах төбөкөөнүнэн этин таарыйдахха, ону батыһа хайа барар.

Чороон хайдыбатын диэн

Чороону кыһар дьон этэ ситэ хата илигинэ хаһалларын сөбүлүүллэр. Оннук ыксаан тутуннахха чороон хайа барыан сөп. Дьэ ол иһи туустаах ууга оргутуллар. Оччоҕо хайдыбат. Мас сааһыгар туус иҥэн кытаатар. Сабар гына ууга хойуу соҕустук тууһаан баран оргутуллар. Аһыырга оннук иһит туттуллубат.

Иэйии силиһэ

Муусука дууһалаахпын диэххэ сөп. Үчүгэй сахалыы матыыптаах ырыаны, муусуканы иһиттэхпинэ иэйиим киирэр. Оччоҕо санаа кутуллан кииртэлиир. Санаабын тута уруһуйдуу оҕустахпына, олоххо түргэнник киирэр диэххэ сөп. Суруллубут – суоруллубат.

Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, бу оҥоһуктарбын үксүн муусука нөҥүө кииртэлээбит иэйиим түмүгэ диэххэ сөп. Муусука миэхэ элбэҕи бэрсэр, көмөлөһөр. Сороҕор тута кыһан барабын.

Айар куттаах киһи былыргы төрүттэрбит олорон ааспыт өтөхтөрүгэр, алаастарыгар хайдах олорбуттара буолуой диэх курдук толкуйдуубун. Дьиэтэ-уота, күрүөтэ-хаһаата харахпар көстөн кэлэргэ дылы буолааччы. Уһаныан баҕалаах киһи төрүттэрбит хайдах дьаһанан олорбуттарын билиэхтээх, ытыктыахтаах, тилиннэриэхтээх.

***

Яна Викторовна Игнатьева уонна Александр Николаевич Гоголев Симэх быыстапка тэрийэннэр саха төрүт дьарыгын оһуорун-мандарын тилиннэриигэ улахан кылааттарын киллэрдилэр.

Кулун тутар 5 күнэ 2012 сылтан ыла Норуот маастарын күнэ диэн ааттаныар диэри күүскэ үлэлээн кэллилэр. Өрөспүүбүлүкэ муннуктарыттан кэлэн элбэх талааннаах дьон мустан, санаа атастаһан бараллара олус үчүгэй. Маннык тэрээһиннэргэ эдэр саҥа саҕалааччы киһи хайаан да сылдьыахтаах. Уустар хайдах тутталларын көрөн үөрэниэхтээх.

Төһөнөн күрэхтэһии баар да, соччонон уустар үлэлэрэ тупсан иһэр. “Байанай” диэн үлэбин үрдүктүк сыаналаабыттара миигин кынаттаата диэххэ сөп.

Сатаҕайга сылгыга пааматынньык

Сатаҕайга биэ кулунун кытта турарын оҥоруохтаахтар. Онно эскииһин бэлэмнээбитим. Икки миэтэрэттэн ордук, сылгыттан арыый да улахан соҕус буолар чинчилээх.

Айыаххын-тутуоххун баҕарар буоллаххына, туох санаа киирбитин тута бэлиэтэнэ сырыт. Сороҕор ол кыырпахтартан таҥыллан улахаҥҥа кубулуйуон сөп.

Мас кыһар быһах

Билигин саха уустара быһаҕы лаппа үчүгэйдик оҥорор буоллулар. Ол эрээри саха быһаҕын үксүн эккэ диэн анаан оҥороллор курдук. Биитэ сонос буолан, мас оҥоһук кыратын кыһарга баппат. Хата, ол оннугар бу эргэ урукку быһыччам барахсан төһө да биитэ бүтэн хааллар, кыараҕаска олус үчүгэй.

Онон эргэ-урба дии-дии быһаххытын быраҕымаҥ. Кыраны кыһарга олус табыгастаах. Бу билигин да тутта сылдьар быһаҕым отучча сыллааҕыта охсуллубута! Үлэбин барытын кэриэтэ кыспытым. Бу быһах оҥоһуктарбын барытын билэн сылдьар. Тас көрүҥүнэн мөлтөҕүн иһин, саҥа килэрийбит быһахтартан ордоробун.

Онон туттан бардаххына, туттар тэрилгэр хайдах эрэ атыннык сыһыаннаһар буолан бараҕын. Көннөрү тимир – мас холбоһугун курдук буолан бүтэр.

Олуктар

Элбэхтик уруһуйдуохха наада. Уруһуйдаан сабардамы билэҕин. Тугу оҥоруохтааххын төбөҕөр хайа баҕар өттүттэн эргитэ сылдьан, санаан көрөр кыахтанаҕын. Сабардамы билэ илик киһи сатаан оҥорбот. Эрчиллэн-эрчиллэн, билигин матырыйаалбын илиибэр ыллым да, оҥоһугум хайдах буолуохтааҕын быһаарабын. Бу – уһун дьаныардаах дьарык кэннэ.

***

Харандааһы өрүү илиигититтэн араарымаҥ. Санааҕытын кумааҕыга хаалларан иһиҥ. Туох барыта кыраттан саҕаланар. Ол кыра да санаа кыырпаҕа абырыаҕа. Ол уруһуйдаргытын кичэйэн уура сылдьыҥ. Ыһан быраҕан кэбиһимэҥ. Мунньа сылдьыҥ.

***

Ыһыахха эҥин сырыттахха кыл түгэнигэр үчүгэйкээн баҕайы хартыына, олох биир түгэнэ, көстөн кэлээччи. Холобур, оҕолор сахалыы таҥаһы кэтэн баран оонньоон сырса сылдьаллара! Оннук кэрэ көстүүлэри дэлби хаартыскаҕа түһэрэн, уруһуйдаан иһиэххэ. Кырыа кыһын олору көрө олорон элбэх санаа кииртэлээччи.

***

Төрүттэрбит аатын ааттатан “сахалар бу баарбыт!” дэтэр курдук олоруохтаахпыт. Саха омук уратыта, санаата күүстээҕэ, оһуора мандара кини туппутугар, оҥорбутугар көстүөхтээх. Саха сатаабатаҕа диэн суох!

***

Илиим-атаҕым ыарыытын уһанан киирэн бардахпына, уубар-хаарбар киирдэхпинэ, олох умнан кэбиһэбин. Туспа эйгэ иһигэр киирэн олорон оҥоробун. Ол быыһыгар үчүгэй ырыаҕа уйдаран оҥоһуктарбын бүтэрэбин. Хааным эргиирэ түргэтиир, санаам бөҕөргүүр.

Айыҥ-тутуҥ, туругуруҥ!

Кэпсэттэ Бүөтүр БӨТҮРҮӨП.

Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1272 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 108
Ыалдьыттар (гостей): 108
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024