Эбээн Бытантай туһунан кылгастык
Саха сирин хоту эҥээригэр, аатырбыт-сураҕырбыт Өлүөнэ уонна Дьааҥы эбэлэр ыккардыларыгар, өрөспүүбүлүкэ килбэйэр кииниттэн 1666 км тэйиччи сытар Эбээн Бытантай улууһун туһунан тугу билэбитий?
* Бастакытынан, өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыттан саамай эдэрдэрэ. Эбээн Бытантай, САССР Үрдүкү Сэбиэтин Бүрүсүдьүүмүн 1989 сыл муус устар 21 к. уурааҕынан, Үөһээ Дьааҥы улууһуттан арахсан, туспа национальнай улуус буола тэриллибитэ.
* Нэһилиэнньэтин ахсаана кэнники 10 сыл иһигэр улаханнык уларыйбакка кэллэ: 2782 – 2787. Саҥа үйэҕэ муҥутаан элбээбитэ 2868 буола сылдьыбыттар. Ити 2011 сыллаахха этэ.
Олохтооҕун үс гыммыт биирэ – эбээннэр.
Улуус үс нэһилиэктээх. Саамай элбэх нэһилиэнньэлээхтэрэ – Баатаҕай Алыыта кииннээх Түгэһиир нэһилиэгэ буолар.
Хайа уонна үгүстэр Эбээн Бытантай улууһа диэни иһиттибит да, сахалар төрүт баайынан билиниллэр саха боруода ынаҕы уһун тыыннаабыт, хаанын уларыппакка илдьэ сылдьары ситиспит бэлиэ улуус буоларын саныы түһэрбит эрэбил.
Ол курдук, манна саха ынаҕын анаан-минээн иитэр хаһаайыстыбаны сэргэ кэтэх дьон, бааһынайдар иитэр хороҕор муостаахтара – саха боруода сүөһү.
Кинилэртэн биирдэстэрэ – улуус кииниттэн 36 км сиргэ базалаах, хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх иитиитинэн дьарыктанар “Алаас” бааһынай хаһаайыстыба. Бу Элгээн учаастагар 50 сүөһү турарыгар сөптөөх хотон, үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ, баанньык, күрүө-хаһаа барыта баар. Бэйэтин кытта икки наймыласпыт үлэһиттээх. Кэрэхсэбиллээҕэ, уот-күөс, сибээс, спутник Интэриниэтэ бүгүн хаһаайыстыба салайааччыта Лена Дмитриевна Бочкаревалыын кэпсэтэр.
Баатаҕай Алыытыттан 36 км. тэйиччи сытар “Элгээн” учаастагар 50 миэстэлээх хотон, үлэһиттэригэр олорор дьиэ, баанньык, чиҥ күрүө-хаһаа туттубут. Аныгы үйэ киһитигэр олус наадалаах уот-күөс, сибээс, тэлэбиисэр, спутник Интэриниэтэ кытта баар. Бу курдук олохтоохтук оҥосторугар былырыын ТХМ нөҥүө федеральнай ыал пиэрмэлэри өйүүр бырагыраамаҕа киирсэн, үбүнэн көмө, грант, ылбыта тирэх буолбут.
Хаһаайыстыбатыгар икки наймыласпыт үлэһиттээх.
Хайдах бааһынай буоларга быһаарыммытын маннык кэпсиир:
– Төрөппүттэрим Любовь Герасимовна уонна Дмитрий Дмитриевич Бочкаревтар эрдэттэн сүөһү, сылгы иитэр этилэрэ. Кини – тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Аҕам күн бүгүнүгэр диэри МУСП хаһаайыстыбаҕа сылгыһыттыыр. Ол да иһин биһиги оҕо эрдэхпититтэн сүөһү иитиитигэр сыстаҕас буола улааппыппыт. Бэйэм зоотехник уонна буҕаалтыр идэтигэр үөрэммитим. 2004 сыллаахха дьонум бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлииргэ былааннаан, миигин хаһаайыстыба салайааччыта оҥорбуттара. Оччолорго биһиги 11 сүөһүлээх, 30-ча сылгылаах этибит. Күн бүгүн онтубутун 28 сүөһүгэ (итинтэн ыанньыга 15) 150-чэ сылгыга тиэртибит. Сылгыбыт боруодата эмиэ – саха киэнэ.
Хара ааныттан дэриэбинэттэн тэйиччи сиргэ кыһыннары сүөһү-сылгы ииттэр гына, база туттар былааннаах этибит. Оччотугар от-мас тиэйиитин ороскуота биллэ кыччыыр диэн. Ол баҕабытын олоххо киллэрээри грант ылар куонкуруска кыттан, куонкуруһу ааһан, 5 мөл. 500 тыһыынчалаах грант ылар чиэстэммиппит. Оччо өйөбүллэммит дьон быһыытынан сайын Элгээн учаастагар тутуубутун саҕалаабыппыт. Оччолорго бу сир, этэргэ дылы, оттоох-мастаах эрэ ырааһыйа этэ. Оттуур ходуһабыт мантан олох чугас буолан барыстаах. Аны, чугас күөллээх буолан, кыһынын да сүөһүнү уулатыы өттүгэр кыһалҕаны көрсүбэппит. Сайынын субан сүөһүлэрбитин мантан чугас баар сайылыкка, мэччирэҥҥэ ыытабыт. Ыанньыктарбын Баатаҕай Алыытыгар киллэрэбин. Икки үлэһитим манна олорон сүөһү көрөллөр. Бэйэм кэлэ-бара сылдьабын.
– Хамнастарын хайдах төлөһөҕүнүй?
– Ый аайы 20-лии тыһыынча хамнастыыбын. Ону таһынан астарын-үөллэрин барытын дьаһайабын. Этэргэ дылы, бэйэлэрэ манна таҥастарын эрэ тутан кэлэллэр.
– Сорохтор саха боруода сүөһүтэ дуона суох үүтү биэрэр, барыһа суох диэн ааттыыллар. Бу чааһыгар тугу этиэҥ этэй? Холобур, биир ыанньыккыттан төһө үрүҥ илгэни ылаҕыный? Үстэ ыыр буоллаххыт?
– Күҥҥэ үстэ ыыбын. Ортотунан, күҥҥэ 7-8 киилэни биэрэллэр. Онтубун сүөгэйдээн, суорат оҥорон атыылыыбын. Хамаҕатык атыылаһаллар, күнүнэн тута бүтэн иһэр. Үүтү лиитирэтин – 80 солк, сүөгэйи 1000 солк. батарабын, оттон киилэ суоратым – 150 солк.
Саха сүөһүтүн ииттэн баран, хайдах барыс аахсыбат буолуоҥуй. Мин, холобур, сайыҥҥы өттүгэр – үүттэн, күһүнүн эт атыылаан дохуоттанабын. Холобур, ааспыт 2017 сыл түмүгүнэн, быһа холуйан, 1,5 мөл. солк. тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын атыылаатым. Итинтэн 900 тыһыынчата – эттэн уонна 600-чэкэ тыһыынча үүттэн киирдэ. “Олохпут ыарахан, туохпут да табыллыбат” дии-дии, тугу да гыммакка төһө баҕарар олоруохха сөп. Ол эрээри хайдах оннук сатаныай?! Төһө да, бэл, Эбээн Бытантай курдук суола-ииһэ суох, оттуур-мастыыр чааһыгар ыарахан дойдуга сүөһү-сылгы ииттэн, үлэлии-хамсыы сырыттахпыт дии. Туох да халлаантан түспэт, барыта үлэттэн-сыраттан тахсар. Үлэлиир киһи син биир дохуот-барыс аахсар. Үлэттэн куттанымыахха наада. Эппиккэ дылы, үлэ – дьол.
Күн бүгүн Баатаҕай Алыытыгар сэлээркэ сыаната – 77 солк. Бэнсиин л. –75 солк.
Саха боруода сүөһүтэ кыстыгы, ортотунан, 1 туонна отунан кыстыыр, ынахха – 1,5 т. курдук.
Туонна от сыаната 7 тыһ. солк. Биир массыына оту 10-тан тахса км сиртэн тиэйэн аҕалар өҥө сыаната, ортотунан – 8 тыһ. солк.
– Сүрүннээн, барытыгар бэйэҥ сылдьар буоллаҕыҥ? Аны, илиинэн ыыгын.
– Оннук, бэйэм ыыбын, бэйэм астыыбын. Үлэм хас сарсыарда аайы 5 чаастан саҕаланан баран, үксүгэр түүн биир чаас диэки бүтэбин. Тураат да, ынах көрдүү барабын. Булаттаан кэлэн ыыбын, сибиэһэйдии сүөгэйдиибин, суораппын астыыбын. Быыһыгар – ынахтарым ыама. Бириэмэ былдьаһыга. Атыылаһыытын баҕас дьон бэйэтэ дьиэбиттэн кэлэн ылар.
– Көмүс көлөһүнүнэн ситиһиллэр дохуот диэ. Грант ылааччылартан биир ирдэбил – дьону үлэнэн хааччыйыы киирэ сылдьар. Ол уонна сылаалааҕын да быһыытынан, үлэһит ыларыҥ буолуо?
– Быйылгыттан, дьэ, 3 үлэһити ыларга суоттанабын: ыанньыксыты, үрүҥ аһы астааччыны уонна бостуугу. Оҕо эрдэхпиттэн үлэҕэ-хамнаска сыстан улааппыт буолан, улаханнык ыарырҕаппаппын. Баҕа эрэ баар буоллар, үлэлиир киһи үтүмгү ситиһэр, ылыммыт соруккун толороҕун.
—Эһиги нэһилиэккитигэр төһө бааһынай хаһаайыстыба баарый? Дьон сүөһү-сылгы көрөр интэриэһэ кыччыыр эбэтэр улаатар дуу?
—Тута өйбөр киирбитинэн, 4 бааһынай хаһаайыстыба баар. Кэлин, саҥа саҕалыыр бааһынайы, ыал пиэрмэлэри өйүүр бырагыраама үлэлиэҕиттэн интэриэс улаатта. Хамсааһын баар. Холобур, былырыыҥҥыттан ураты, иннинээҕи сылларга 2-3 бааһынай граҥҥа тиксэр этэ. Былырыын мин ыал пиэрмэтинэн ылбытым.
—Оттуур сирдээххин дуу? Илиинэн оттуургут буолуо?
—Оннук, барыта – илии үлэтэ. Улууһу кытары дуогабардаһан, 60 гаа түүлэһиигэ ылбыт сирдээхпин. Оппун дьону наймылаһан оттотобун. Холобур, былырыын 7 киһини туоннатын биэстии тыһыынчаҕа диэн кэпсэппитим. Ону таһынан ас-үөл чааһын, табахтарын бэйэм хааччыйабын.
—Лена, саха боруода сүөһү, сүрүннээн, эһиэхэ эрэ иитиллэр. Хаан булкуһуута тахсыбатын наадатыгар туох ньыма күн бүгүн туттулларый?
—Нэһилиэк сүөһүлээх дьоно атыыр оҕустары атастаһаллар. Холобур, быйыл “Бытантай” хаһаайыстыбатыгар биһиги нэһилиэктэн алта атыыр оҕус, биир оччо атыыр манна – атастаһыкка – кэлиэхтээх. Мин биир оҕустаах этим да, атаҕын эчэтэн идэһэлээбиппит. Онон биири улаатыннара сылдьабын.
—Быйыл бу диэки сылгы кыстыга уустук. Эһиги диэки балаһыанньа хайдаҕый?
—Былырыын, быйыл ама курдук. Биир бэйэм билигин 19 сылгыны эбии аһатыыга киллэрэн турабын. Маныаха эбиэс сыаната куорат сыанатынан атыыланара уонна эбиэһи аҕалтарыы ночоотун ТХМ сабара төһүү көмө буолар.
– Үлэ киһитигэр иллэҥ кэм кэмчи эбитэ өйдөнөр. Эйигин хайдахтаах да тиэхиньикэттэн толлон турбат, эбиитин түргэн-тарҕан туттунуулаах дииллэр эбит ээ? Матасыыкылы баҕас ааһан иһэн дыыгынатарыҥ буолуо, өссө?
– Омук массыынатын, “Уралы”, дьоҕус тыраахтары, “Бураны” уонна квадроциклы ыытабын. Быйыл “водомёту” сүүрдэргэ үөрэниэхпин саныыбын. Тимир көлөнү ыыта үөрүйэҕим улаханнык туһалыыр бөҕө буоллаҕа. Суоппар көрдөөн, кини хаһан кэлиэҕин күүтэн бириэмэни бараабаппын. Олоруом эрэ кэрэх – айанната турабын. Холобур, бөһүөлэктэн – базаҕа, базаттан – бөһүөлэккэ. Сайынын сүөһүлэрбин квадроциклынан көрдөөччүбүн. Саас халлаан сылыйда да, сүөһүлэр мээнэ, ыраата барар идэлээхтэр. Оччоҕо “Бураммар” олоробун.
– Инники былааҥҥыттан сэгэтэ түспэккин ээ?
–Сайынын манна харабыл тутуом, бу диэки тыатааҕы элбэх, дьиэни-уоту алдьатыан сөп. Билигин үлэлииргэ, олорорго да усулуобуйалаахпыт. Эбии гараас, күрүө наада. Аны, сылгы базатын туттар киһи үчүгэй буолуо этэ. Сылгыбын элбэтэ сатаабакка, бу таһыммыттан түһэрбэккэ тута сылдьар баҕалаахпын. Урут 11 биэни ыан кымыстыы сылдьыбытым да, барытыгар тиийиммэт-түгэммэт буолан тохтообутум. Күҥҥэ үстэ ыыр ордук буолааччы. Быйыл үлэһиттэннэхпинэ, онтубун сөргүтэр баҕалаахпын. Наадыйыы баар дии саныыбын. Биһирээн ылаллара.
Үчүгэйэ, үлэлиир киһини судаарыстыба кыалларынан өйүүр. Ону сатаан эрдэ туһаммакка сылдьыбыппыт. Инникитин грант ылар күрэскэ кыттан иһиэххэ наада эбит.
– Киһи бу сиргэ үлэнэн эрэ олорбот, сынньанары эмиэ сатыахтаах. Хайдах уонна ханна ордук сынньанаргын, дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэрбэккин ээ.
– Туохтааҕар да айылҕаҕа сылдьарбын ордоробун. Сайынын сир астыыбын. Саас кулун тутартан саҕалаан, күһүн хойуккааҥҥа диэри күөгүнэн балыктыыры – саамай сөбүлүүр дьарыгым. Таас үрэх буолан, сүрүннээн, дьарҕаалыыбын. “Бураммынан” баҕарбыт сирбэр тиийэбин.
Үс оҕолоохпун. Улахан уолум бэйэбэр сылгыһыттыыр. Улахан кыыһым – 8 кылаас үөрэнээччитэ, кырам 4-гэр сылдьар. Кыыһым табаһыт диэххэ сөп. Сайын аайы быраатым аҕа ууһун общинатыгар барар. Ынахтааҕар табаны ордорор. Аһыыр аспыт барыта бэйэ киэнэ, балык буоллун, сир аһа буоллун, эт-үүт туһунан этэ да барыллыбат. Тэллэйдээччибит. Айылҕа көҥүл оҕолоробут диэххэ сөп буолуо. Мантан ордук дьол баарын билбэппин.
– Лена, быыс булан хоруйдаспыккар махтал! Хороҕор муостааҕыҥ, сыспай сиэллээҕиҥ биэрэр бородууксуйата үксээн, сыраҥ төлөбүрэ үрдүү турдун. Ситиһиилэри баҕарабын!
Кэпсэттэ Татьяна Захарова-Лоһуура.