Улахан учуонайдар этэллэринэн, ханнык баҕарар боруоданы ыраастык тутуллуохтаах. Оччотугар эрэ тус аналын, сыаннаһын, кыаҕын үйэлэргэ сүтэрбэт.
Сылгыбыт сахабыт ынаҕын курдук буолуон сөп
Өбүгэлэрбит олус тыйыс килиимэккэ тыыннаах хаалаары, саха ынаҕын уонна сылгытын иитэргэ кыра аһылыгы ороскуоттуур, көрүүтэ-харайыыта судургу гына айан таһаарбыттара. 1917 с. диэри, дэлэҕэ, 487 тыһыынча саха ынах сүөһүтүн иитэн аҕалыахтара дуо?! Саха боруода ынаҕын көрүүтэ чэпчэки, аһылыга кыра буолан, туох да тиэхиньикэтэ, туораттан ханнык да көмөтө суох иитэн кэлбиттэрэ.
Ол күндү сүөһүбүт үүтэ, этэ кыра буолан, кэлии сүөһүлэригэр үтүрүллэн, сиэнчэрдэнэн, ыраас хаанын сүтэрэн, эстэр суолга үктэммитэ. 50-ча сыллааҕыта саха сүөһүтүн көмүскээччи, үөрэтээччи, биллиилээх учуонай Петр Аполлонович Романов лиэксийэтигэр
“860 эрэ саха боруода ыанар ынаҕа хаалла, онтубутун аҕыйах сылынан, саатар, 1000 төбөҕө тиэрдиэхтээхпит” диэн эппитин өйдөөн хаалбыппын.
Ааспыт сыллааҕыта уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн И.П. Пономарев суруйарынан, 690 ынах баар эбит. Кини эмиэ ынахпытын 1000 төбөҕө тиэртэхпитинэ эрэ, боруода быһыытынан симэлийэр туруктан тахсыа диэн, учуонайдар бигэргэтэллэрин суруйбут этэ. Суруналыыс В.Н. Степанов быйыл суруйбутунан – 1678, онтон ынаҕа 678 эрэ хаалбыт. Ити бэйэлээх өбүгэлэрбит мүөттээн иитэн, айан таһаарбыт сүөһүлэрэ 50 сыл устата эбиллиэхтээҕэр буолуох, хата, көҕүрээн иһэр.
Саханы аан дойдуга таһаарыахтаах сылгыбыт балаһыанньата итинтэн ордуга суох. Сылгыһыттары көрсөөрү Саха сирин барытын кэриэтэ кэрийдим, элбэх сылгыны көрдүм-иһиттим. Саха сылгытын үөрэтэ уонна иитэ сылдьар киһи хараҕынан көрдөхпүнэ, дьиҥнээх ыраас хааннаах саха сылгыта 35-50 тыһ. хаалбыт быһыылаах. Төһө хаалбытын чуолкайдык ким да этэр кыаҕа суох.
Хоту улуустарга аҕыйах ордо сылдьар уонна 18 тыһ. сылгылаах Таатта улууһа ыраас хааннаах саха сылгытын улаханнык булкуйбакка иитэ сылдьар.
Сиэнчэрдээһин айылҕа айбытын мөлтөтөр
Билигин Саха сиригэр «Приленскэй» уонна «Мэгэдьэк» диэн саҥа боруодалар баар буоллулар. «Приленскэй» боруодабыт ханнык нэһилиэктэргэ иитиллэн турара чуолкайа биллибэт. «Приленскэй» боруода дуу, сиэнчэр дуу? Эмиэ ким да чуолкайдык быһаарар кыаҕа суох. Хаһаайыннар бэйэлэрэ да бутуллаллар. Сорох хаһаайыстыба саха боруода сылгытын иитэ сылдьабыт диир. Оттон мин көрдөхпүнэ, тас көрүҥнэрэ сиэнчэр. Сылгы иитэр дьон (сорохторо) дьиҥнээх ыраас хааннаах саха боруода сылгытын көрө иликтэр, ол иһин билбэттэр.
Кырдьыгы этэргэ тиийиллэр. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ сылгы иитэр 24 племенной хаһаайыстыба баар да, бу -- үксэ сиэнчэр сылгыны иитэ сылдьар хаһаайыстыбалар. Бу булкаас сылгылар салгыы боруоданы тупсарарга тиийэллэр. Оччотугар ыраас хааннаах сахабыт сылгытын балаһыанньата бэрт сотору ыарыыр, саха ынаҕын курдук сүтэр кутталга киирэр туруктаах.
Оннооҕор биир үйэ устата 480 тыһ. саха ынаҕа сиэнчэрдэнэн, үүтэ-этэ кыра диэн олоҕо суох быраактанан, 290 төгүл аччаан, 1678 сүөһү эрэ хаалла, ол иһиттэн ыанар ынаҕа – 678.
Боруоданы сиэнчэрдээһин куһаҕан содуллаах. Элбэх араас боруода дьиэ сүөһүтэ сир үрдүттэн симэлийбитэ.
“Сахалар аан дойдуга аатырар суолгут – сахаҕыт сылгыта”
Былырыын АХШ, Канада, Франция, Аангылыйа уонна Германия кыахтаах дьоно кыттыһан, харчы бырахсан «Киһи уонна сылгы» диэн документальнай киинэни устаары Эмиэрикэттэн Москубаҕа да, Дьокуускайга да тохтообокко, Өймөкөөҥҥө – биһиги «Тонор» хаһаайыстыбабытыгар – кэлэн, биир нэдиэлэ буолан барбыттара. Киинэни продюсер, режиссёр уонна антрополог Найоби Томпсон салайааччылаах Канада Clearwater Documentary диэн телехампаанньатын бөлөҕө устубута. Бу киинэ Хотугу Казахстан Ботайскай култууратын (б.э. IV тыһ. иннигэр) кэмигэр сылгыны дьиэтитииттэн саҕалаан бүгүҥҥэ диэри сылгыны иитии устуоруйатын көрдөрүөхтээх.
Бу иннинэ телехампаанньа «Киһи уонна планета» диэн киинэни устан, 1 млрд. киһи көрөрүн ситиһэн, үп-харчы бөҕөтүн хамсаппыт дииллэр.
Саҥа уста сылдьар «Киһи уонна сылгы» диэн киинэҕэ аан дойду үрдүнэн 600 сылгы боруодата баарыттан 18 эрэ боруоданы талбыттар. Сылгы иитэр 130 судаарыстыбаттан 18-һы эрэ киллэрбиттэр. Ол иһигэр улахан территориялаах диэн Арассыыйаны киллэрбиттэр. Сылгы араас боруодатыттан чуо саха сылгытын талбыттар. Бу киинэҕэ саха сылгыта уһулларыгар аан дойдуга саха сылгытын бырапагаандалааччы Егор Макаров улахан өҥөлөөх. Н.Томпсон этэринэн, бу киинэни эмиэ 1 млрд. киһи көрүөн сөп. Бу дьону кытта бастакы киинэҕэ уонна билигин эмиэ билим сүбэһитинэн сылдьар аан дойдуга биллэр хаһаах омук генетик учуонайа Нурбол Баймуханов режиссёр этиитин бигэргэтэр.
Киинэ устар кэмнэригэр улахан генетик учуонай биһиэхэ кэлэн, киирэн биэрбитин мүччү туппакка, нэдиэлэ устата генетика боппуруостарыгар элбэҕи ыйыталастым, бэлиэтэнним. Бэйэм өттүбүттэн саха ыраас хааннаах боруода сылгытын тулуурун, кыаҕын туһунан сиһилии кэпсээтим, көрдөрдүм.
Баймуханов “сылгыгыт ыраас хаанын хараххыт харатын курдук харыстааҥ” диир. Бу киинэни ханна устары быһаараары күһүн Дьокуускайга кэлэ сылдьыбыттар. Куорат таһынааҕы сылгы барыта сиэнчэр диэн быһаарбыт. Сиэнчэрдэр ыраас хааннаах сылгы боруодатыгар улахан кутталлаахтар диэн бэлиэтиир.
2006 с. дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Саха сиригэр кэлэ сырыттаҕына, В.А. Штыров саха сылгытын уонна табаны Арассыыйа национальнай бырайыактарыгар киллэрэри туруорсубута. Путин дьаһалынан РФ т/х миниистирэ Гордеев А.В. үлэлиир бөлөҕүн кытта кэлэ сылдьыбыта. РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ полпреда К.Ш. Исхаков, СӨ Бэрэсидьиэнэ В.А. Штыров, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Е.А. Борисов, Камчатка күбүрүнээтэрэ Кожемяко, о.д.а. үрдүк сололоохтор биһиги «Тонор» хаһаайыстыбабытыгар Гордеевы кытта кэлэн барбыттара.
Ити сыл күһүнүгэр Москубаҕа «Көмүс күһүн» быыстапкаҕа А.В. Гордеев “сахалар, аан дойдуга сиргит баайынааҕар аатырар суолгут саха сылгытыгар сытар” диэн бэлиэтээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар “үбү-харчыны харыстаабакка, аан дойдуга бу бэйэлээх соҕотох саха сылгытын эрэкэлээмэлиэххитин наада” диэбитэ. Ити эппитин баай омуктар биир солкуобайы биһигиттэн көрдөөбөккө, босхо эрэкэлээмэлиир буоллулар. Ону биһиги таҥара бэлэҕин курдук саныыбыт.
Н.Томпсон “бу бэйэлээх сылгыны кимнээх, ханнык омук иитэ сылдьарый диэн ыйыттахтарына, сахалар диэхтэрэ, оччотугар аан дойдуга саха диэн омук баарын билиэхтэрэ” диир.
Киинэ 2018 с. таҥыллан бүтүөхтээх. 300 мүнүүтэ уһуннаах, 6 сиэрийэлээх. Боруода ахсын 15 мүнүүтэ бэриллэр.
«Эһиги сылгыгыт киинэбитин киэргэтэр, байытар. Онон арыый элбэх бириэмэни биэриэхпит», – диэн режиссёр киинэни устан бүтээт, сүрдээҕин астынан туран эппитэ. Мин санаабар, аан дойду араас муннугар тиийэн сылгыны устар, үөрэтэр дьон биһиги сылгыбытын саамай бастыҥ диэн сыаналаабыттара, хайҕаабыттара элбэҕи этэр.
Саха сылгытын ыраас хаанын көмүскүүргэ этиилэрим
Саха ыраас хааннаах сылгытын харыстыыр туһунан араас мунньахха элбэхтик эттим. Ол эрээри ким да онно кыһаммат. Бэйэбит сылгыбыт ыраас хааннаах диэн санаанан салайтараллар быһыылаах. Эмиэ да аһата-сиэтэ сылдьар баайдара буоллаҕа. Сылгы улуус, нэһилиэк айылҕатыгар сөп түбэһиннэрэн үөскүү сылдьара сөптөөх, үчүгэй диэн буолар.
Үгүс улууска кэтэх сылгы элбээн, сылгыһыт туппакка, эбии аһатан дьиэттэн ыраатыннарбакка иитэллэр. Итинэн үйэлэри уҥуордаан кэлбит сылгыны үөрдээн иитии технологиятын уларытан, сылгыны кыһыны быһа дьиэ таһыгар кыстаталлар. Сылгы сылы эргиччи көрүллэринэн, өлүүтэ-сүтүүтэ аҕыйыыр, эбии аһыыр буолан, төрүөҕэ элбиир. Ол гынан баран, манна ороскуота элбээн, эт бэйэҕэ турар сыаната үрдүүр. Саамай куһаҕан содула – сылгы айылҕаттан бэриллибит хаһан аһыыр дьоҕура мөлтүүр.
Бөһүөлэк таһыгар сайыннары ынах, сылгы мэччийбит сиригэр хаһыы кэмчи, онон сылгыны аһаппатахха, бородууксуйа биэрэрдээҕэр сыл тахсара да ыарахан буолар.
Ыраас хааннаах саха боруода сылгытын бары көмөлөөн, ылсан, былааннаахтык үлэлээтэхпитинэ эрэ, быыһыыр кыах баар. Онуоха маннык этиилээхпин, ыраас хааннаах саха сылгыта улаханнык булкуллубакка, 18 тыһ. иитиллэ сылдьар Таатта улууһуттан үлэни саҕалыахха. Өрөспүүбүлүкэ салалтата бу боппуруоһу илиитигэр ылыан наада. Таатта улууһуттан ыраас хааннаах саха сылгытын атын улуустарга тарҕатар чугас уонна табыгастаах. Онон бастакы сорукпут – атын боруода уонна сиэнчэр сылгыны Таатта улууһугар киллэриэ суохтаахпыт. Манна икки племенной хаһаайыстыба баар. Балар уонна биирдиилээн хаһаайыстыбалар бастыҥ сылгылара хааны тупсарар кыахтаахтар. Маны сэргэ Өймөкөөн «Тонор» племхаһаайыстыбатын сылгытынан тупсарыахха наада. Мантан Тааттаҕа сылгыны биир күнүнэн аҕалыахха сөп, онон тиэллиитэ ороскуота суох.
Тиэйии боппуруоһун ТХМ бэйэтэ быһаарара буоллар, бэрт этэ. Убаһаны күһүн боруом үлэлиир кэмигэр тиэйэр ордук. Оттон атыыр соноҕостору суол үчүгэй кэмигэр, кулун тутар бүтүүтэ, муус устар саҥатыгар аҕалар табыгастаах.
Таатта нэһилиэктэрин сорох сылгыта тас көрүҥүнэн саха ыраас хааннаах сылгытыгар кыайан эппиэттээбэт. Маныаха Өймөкөөн чулуу атыырдарыттан төрөөбүт соноҕостору аҕалар буоллар, бу сылгылар экстерьердэрэ, конституциялара балачча тупсуо этэ, гетерозис эффегэ барыа диэн бигэ эрэллээхпин. Дьылы тулуйумтуо хаачыстыбата, сыстыганнаах ыарыыттан көмүскэнэр иммунитета, үөскүлэҥ төрүөҕү биэрэр генэ тупсуо этэ.
«Тонор» племхаһаайыстыба олохтоох бааһынай хаһаайыстыбаҕа бэйэтин сылгытын аҕалан үөскэттин. Оччотугар тиэйии-таһыы ороскуотуттан босхолонуо этибит. Бу хайысхаҕа үлэ саҕаланна. Чычымахха Дьаам учаастагар Егор Данилович Афанасьев диэн ыччат 10 эдэр биэни аатырбыт «Күрдьүөт» урдуһа атыырдаах арыандаҕа ылан иитэ сылдьар. Бородууксуйа ылар түбэлтэтигэр ону аҥаардаһар гына кэпсэппиппит. Маны таһынан Чымнаайыттан сылдьар эдэр киһи Петр Тастыгин 3 саас устата сылгы төрүөҕэр сылдьан уонна быйыл биһиги хаһаайыстыбабытыгар кыстаан сылгы кыһыҥҥы көрүллүүтүгэр уһулунна, убаһаны аһатыыга, ыччат сылгыны көрүүгэ-харайыыга, база тутуутугар үөрэннэ. Кини -- Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, аатырбыт сылгыһыт, норуокка ытыктанар Егор Тастыгин аймаҕа.
Таатта улууһун салалтатыттан биһиги Чымнаайыттан таҥнары Амма өрүс уҥуор, урукку өттүгэр элбэх от оттонор, билигин биир да сылгы суох, быраҕыллан турар сиргэ П.Тастыгин саҥа тэриллиэхтээх хаһаайыстыбатыгар сир биэрэри туруорсабыт.
Кини «Саҥа саҕалыыр пиэрмэр» граҥҥа, салгыы сылгы базатын тутуу куонкуруһугар кыттан үп-харчы ылара буоллар, сылгы атыылаһан, тиэхиньикэ булунан, аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир дьиэ-уот, баанньык, гараас, ыскылаат, булуус уонна сылгыны көрүүгэ-харайыыга саҥа технологияны киллэриигэ табыгастаах гына күрүө-хаһаа туттуо этэ. База тутуллан бүтэн, силигэ ситтэҕинэ, «Тонор» племхаһаайыстыбаттан сылгы аҕалан, сыыйа ыраас хааннаах саха боруода сылгытынан улууһун сылгытын тупсарыа этэ.
Билигин «Тонор» племхаһаайыстыба 20-тэн тахса дьиэ-уот, гараас тутуутун үмүрүтэн, 83 км. уһуннаах быыс бүтэйи туттан, 19 тиэрбэс бүтэйдэнэр буолла. Ол иһигэр биир 14,5 км, биир 10,5 км. усталаах улахан бүтэйдэр бааллар. Атыттар 2-8 км. дылы усталаахтар. Сылгытын ахсаанын 2020 сылга 230 биэҕэ тиэрдэр былааннаах. Оччотугар сыл ахсын 50 тиийэр племенной соноҕостору, убаһалары атыылыыр кыахтаныа.
Таатта сылгытын тупсарыы улуус өрөспүүбүлүкэҕэ ыраас хааннаах саха боруода сылгытын элбэтиэ диэн эрэнэбин.
Саха ыраас хааннаах боруода сылгытын
иитээччи, үөрэтээччи, тарҕатааччы,
т/х билимин хандьыдаата,
сылгыһыт Н.Т. Винокуров,
Өймөкөөн.