Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Муус устар » 18 » Алло! Эт атыылыыгыт дуо?
Алло! Эт атыылыыгыт дуо?
07:52

миэхэ саха сүөһүтүн этин киилэтин 1000 солк. атыылыаххыт дуо?

Быйыл кыһын тохсунньуга киин улуустарга соҕотох, аҥаардас саха боруода сүөһүтүн иитиинэн дьарыктанар Нам Таастаах нэһилиэгэр тиийэн 3 хонон, саха сүөһүтүн туһунан 2 ыстатыйаны суруйан турабын. Олорго салгыы эбии санааларбын суруйарга сананным.

“Незабудка” ханна тиийбитэ буолуой?

Таастаахха төрүт сылдьыбатах сирбэр тиийэн, бастаан “Сахаагроплем” тэрилтэ саха ынаҕын иитэр пиэрмэтин салайааччыта О.А. Аргуноваҕа сылдан элбэҕи кэпсэппитим. Онуоха Ольга Андреевна Таастаах нэһилиэгэ саха сүөһүтүн иитиинэн 2007 сыллаахтан дьарыктанарын эппитэ. 2008 сыллаахха соҕурууттан 2 киһи (олортон биирэ нуучча кыыһа) кэлэн талан-талан биир хара маҕаас “Незабудка” диэн ааттаах саха ынаҕын атыылаһан барбыттара диэн кэпсээбитэ. Хомойуох иһин, кини ол дьон хантан сылдьалларын, кимнээхтэрин үчүгэйдик ыйыталаспатах, умнубут. Онон билигин “Незабудка” ханна тиийбитэ, туох удьуордаммыта биллибэт.

sakha2

Онуоха миэхэ маннык санаа үөскээтэ. “Кыымҥа” (09.06.2016) “Нуучча тоҕо саха ынаҕын сөбүлээбитий” диэн ыстатыйа тахсыбыта. Онно Ленинград уобалаһыгар олорор Ю.Яхимович диэн нуучча дьахтара саха ынаҕын иитэрин туһунан суруллубут этэ. Ол кэннэ онно кини хара маҕаас саха ынаҕын аһата турар хаартыската баара. Ол иһин этэбин, Таастаах “Незабудката”, баҕар, ол тиийэн турара буолаарай. Ыстатыйаҕа Ю.Яхимович саха ынаҕын “Остуоруйа дойдутун ынаҕын буллум” диэн олус хайҕаабыт этэ. Ордук 30 кыраадыс тымныыга аана суох хотоҥҥо тутарын, аһылыгар борун, күҥҥэ 7-лии киилэ олус хойуу үүтү ыырын, этэ наһаа минньигэһин, дьиэмсэҕин, майгытынан сымнаҕаһын, биир тылынан төгүрүччү хайҕаан “Ыра санаам ынаҕа” диэбит. Ол кэннэ саха ынаҕа кыра пиэрмэҕэ, кэтэх хаһаайыстыбаҕа олус табыгастаах диэн түмүктээбит.

Маны таһынан, урукку Москуба мээрэ Юрий Лужков Алтаайтан, онно саха сүөһүтүн иитэр “Үөкүйэ” бааһынай хаһаайыстыбаттан (сал. К.С.Макаров) 2 саха ынаҕын атыылаһан иитэ сылдьарын туһунан суруйбутум (“Кыым” 13.04.2017). Онтон бүрээт омук кырдьаҕас учуонайа Б.Б. Лхасаранов Таастаахха кэлэн саха сүөһүтүн бастаан көрөн баран олус долгуйбутун, ытамньыйан ылбытын, бу биһиги төрүт сүөһүбүт төрдө сылдьар эбит диэбитин уонна "100 саха сүөһүтүн барааҥҥа атастаһыаҕыҥ" диэн этии киллэрбитин туһунан эмиэ суруйбутум.

Онтон фин омук учуонайа, бэрэпиэссэр Юхо Кантонен Таастаахха үс төгүл кэлэ сылдьан саха сүөһүтүн үөрэтэн анал үлэ суруйбут. Онно оҥорбут үлэтин түмүгүттэн быһа тардан, хатылаан суруйуум:

“...якутский скот обладает уникальными, бесценными генами, которых в мире нет. Если якутский скот исчезнет, то это будет ничем невосполнимой, огромной потерей сельскохозяйственной отрасли всего мира. Пришла пора, чтобы вы, якуты, поняли каким уникальным, бесценным скотом обладаете. Хочу пожелать, чтобы вы сохранили породу в чистоте и увеличили поголовье, в этом залог процветания сельского хозяйства Якутии и производства полезных для здоровья экологически чистых продуктов.

Хайдахтаах курдук күүстээх этииний?! Бу мээнэ киһи этиитэ буолбатах, аан дойду таһымнаах улахан учуонай саха сүөһүтүн уһуннук үөрэтэн баран оҥорбут түмүгэ. Ону бары, ордук үөһээҥҥи салалталар, өйдүөхпүтүн сөп этэ.

Билигин үгүстэр саха сүөһүтэ уҥуоҕа, этэ-үүтэ кыра диэн сэнииллэр, атарахсыта саныыллар. Өссө бэркэ билэр биир дойдулааҕым, улахан пиэрмэр ачыкыта килэҥнии-килэҥнии ааһан иһэн: “Уйбаан Бөтүрүөбүс, ити бараан саҕа сүөһүнү ииттэрээри гынаҕын дуо?”, - диэн бэрт сэнээбиттии этэн ааспыттаах. Оннук санааччылар элбэх бөҕө буоллахтара дии.

  • мин сүөһүгэ улахана, бөскөйбүтэ быһаарбат диибин. Саамай кылаабынайа – кини таһаарбыт ороскуоккун сабар, барыһы биэрэр, үүтэ-этэ иҥэмтэлээх буолуохтаах диибин. Онно биир холобуру аҕалыым.

Алло! Эһиги эт атыылыыгыт дуо?

Эмиэ ол Таастаахха сырыттахпына Ольга Андреевна кэпсээбитэ. Киниэхэ 10-ча сыллааҕыта Дьокуускайтан биир билэр киһитэ Москубаҕа кэһии гынан илдьиэм этэ диэн 4-5 киилэ курдук саха сүөһүтүн этин ылан барбыт. Онтон, арай, 10-ча хонук ааспытын кэннэ киниэхэ Москубаттан куорат биллэр рестораторабын диэн биир нуучча киһитэ эрийбит. Кини табаарыһым аҕалбыт саха сүөһүтүн этин боруобалаатым. Этэ олус минньигэс, миинэ наһаа барар диэн дэлби хайҕаан баран: “Ольга Андреевна, миэхэ саха сүөһүтүн этин киилэтин 1000 солк. атыылыаххыт дуо?” - диэн ыйыппыт. Ольга Андреевна соһуйан хаалан балачча саҥата суох турбут. Онуоха киһитэ, сыанатын мыыннаҕа буолуо дии санаан: “Эһиги эккитин хастыы атыылыа этигит?” - диэн төттөрү ыйыппыт. Москуба киһитэ биһиги сахалары тыыннаах ордорон аҕалбыт, сэрии иннигэр мөлүйүөн аҥаара курдук хаарыаннаах сахабыт сүөһүтүн этэ-үүтэ кыра диэн сирэн, боруода быһыытынан эһэн, баара суоҕа 1500-тэн эрэ тахса сүөһү хаалбытын хантан билээхтиэй? Онтон Ольга Адреевна, биллэн турар, атыылыыр эппит суох диэн аккаастаатаҕа дии. Онуоха Москуба биллиилээх ресторатора маннык үтүө эттээх сүөһүнү тоҕо элбэҕи ииппэппититтэн, атыылаабаппытыттан хомойо, муодарҕыы санаабыт буолуохтаах.

sakha1

Аны билигин ити түбэлтэни ырытан көрүөҕүҥ. Ол 10-ча сыллааҕыта Москуба киһитэ 1000 солк. көрдөөбүт буоллаҕына, билигин 1500 солк. тэҥнэстэҕэ. Оччотугар 300 киилэ тыыннаах ыйааһыннаах саха сүөһүтүн ыраас этэ 150 киилэ диэтэхпинэ ити сүөһүбүт 225000 солкуобайга туруо этэ. Ааспыт сыл соҕотуопкаҕа киилэ сүөһү этин 400 солк. туппуттара. Оччотугар ити суума биирдиитэ 187 киилэ ыраас эттээх 3 улахан боруода сүөһүгэ тэҥ буолар. Чэ, баҕар, ити саха сүөһүтүн этин 1-дии да тыһыынчаҕа атыылаатахха 150000 солкуобайга туран, 2 улахан боруода сүөһүлэр сыаналарыгар тэҥнэһиэҕэ.

Ол кэннэ саха сүөһүтүн сэнии, сирэ сылдьыҥ! Дэлэҕэ даҕаны ол нуучча дьахтара Ю.Яхимович, улуу олигарх Ю.Лужков саха сүөһүтүн иитэ сатыахтара, Москуба улахан ресторатора өссө 10-ча сыллааҕыта киилэтин 1000 солк. атыылаһаары көрдүү, фин учуонайа, бэрэпиэссэр Ю.Кантонен ити үлүгэрдээх үрдүктүк сыаналыа дуо? Онтон биһиги сахалар бэйэбит “ол бараан саҕа сүөһүнү ииттэрээри гынаҕын дуо?” дии сырыттахпыт. Аны өссө 2 холобуру аҕалыым.

“Азбука вкуса”, “Прометей” маҕаһыыннар

Чурапчыга сылгы иитиитинэн дьарыктанар биллиилээх пиэрмэр М.С. Седалищев 6-7 сыллааҕыта Москубаҕа бара сылдьан Кутузов проспегын 10 №-гэр турар “Азбука вкуса” диэн маҕаһыыҥҥа сылдьыбытын кэпсээбитэ. Бу 50-ча анал үрдүк хаачыстыбалаах аһы-үөлү атыылыыр маҕаһыыннар ситимнэригэр киирэр эргиэн тэрилтэтэ үһү. Онно аһара үрдүк сыаналаах араас күндү ас дэлэй эбит. Михаил Сэмэнэбис олортон 1 киилэ Италия вяленай табатын этин сыаната 6840(!) солкуобайга атыыланарын олус сөхпүт. Ол эттэн 100 грамм курдугу атыылаһан аҕалан араас тойотторго көрдөрө, кэпсии сатаабыт даҕаны улахан болҕомтоҕо ылбатахтар. Билигин бу этин халадыынньыкка уура сылдьар.

AB1

Ааспыт сылга ТХМ департаменын салайааччыта Афанасьев В.В көрсөн кэпсэппитим. Кини эмиэ ол “Азбука вкуса” маҕаһыыҥҥа сылдьыбытын туһунан кэпсээбитэ. Онно кини Саха сириттэн хоту дойду ханнык эрэ күндү балыгын 1 киилэтэ 6000 солк. атыылана турарын туһунан эппитэ. Дьэ, сыана да сыана! Холобура диэн эттэххэ, 1 куул (40 кг) оннук балыгы ол маҕаһыыҥҥа тиийэн атыылаабыт киһи 240 (!) тыһыынча солкуобайы сиэбигэр уктан кэлиэн сөп эбит.

Онтон биһиги Дьокуускайбытыгар “Прометей” (Лермонтов ул.-98) маҕаһыыҥҥа Брянскай уобаластан аҕалыллыбыт мыраамар эт киилэтэ 1300-4900 (!) солкуобайга диэри атыыланар эбит диэн кэпсээбиттэрэ. Биһиги сахабыт сүөһүтүн этэ ол соҕуруу дойду этиттэн туох итэҕэстээх буолуой? Бука, ордук буолуо. Ол иһин маннык этии киллэрэбин.

“Деликатесы Якутии” маҕаһыынна аһыаҕыҥ

Саатар киин куораппытыгар Дьокуускайга ол “Азбука вкуса” курдук “Деликатесы Якутии” диэн ааттаах үрдүк хаачыстыбалаах олохтоох аһы-үөлү атыылыыр анал маҕаһыынна аһыаҕыҥ. Бу маҕаһыыҥҥа саха сүөһүтүн, алааска үөскээбит сылгы, убаһа этин, хоту дойду күндү балыгын, Кэбээйи улахан соботун, сибиэһэй сир аһын уонна олортон астаммыт араас аһы-үөлү үрдүк сыанаҕа атыылыыры тэрийиэххэ. Холобур, саха сүөһүтүн этин 1000-1500 солк. атыылыыр буоллар, кыахтаах, баай дьон атыылаһыа этилэр. Оччотугар саха сүөһүтүн, сылгытын иитиигэ интэриэс өссө улаатыа этэ.

Манна эбэн эмиэ аҕыйах холобурдары аҕалыым. Уус Алдан Сыырдааҕар Ширяев Н.М диэн сааһырбыт пиэрмэр боруода сүөһүлэрин эһэн, аҥаардас саха сүөһүтүн иитиигэ көспүт. Кини төрүт сүөһүбүт этин-үүтүн олус хайгыыр, этэ атыыга үрдүк сыанаҕа хамаҕатык барар, саас төрөөбүт ньирэйи 1 убаһаҕа атастаһаллар. Ити кырата 40 (!) тыһыынча солкуобай буолуо. Киһи итэҕэйиэ суоҕун, сымыйанан эппитин курдук сыана. Хаҥалас Еланкатыгар саха сүөһүтүн иитэр С.Соломонова сайын туристар киилэ үүппүн 100-түү солк. былдьаһыгынан ылаллар диэн этэр. Эбээн Бытантай пиэрмэрэ Лена Бочкарева үүппүн киилэтин 80 солк., сүөгэйбин 1000 солк. олохтоохторго атыылыыбын диэн “Кыымҥа” суруйбут.

Бу үөһээ суруллубут холобурдар саха сүөһүтүн олохтоох дьон эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа, тас дойдуларга тиийэ биһирииллэрин, бородууксуйата үрдүк сыанаҕа турарын туоһута.

Саха сүөһүтүн хайдах элбэтэбит?

Онуоха миэхэ маннык санаалар бааллар. Эбээн Бытантайы таһынан киин, Бүлүү эргин улуустарга, ити, Нам Таастааҕын курдук кырыы нэһилиэктэргэ, учаастактарга аҥаардас саха сүөһүтүн бутуйбакка иитэр сирдэри элбэтиэххэ. Тыһы ньирэйдэри биири даҕаны энчирэппэккэ ынах оҥортоон тарҕатыахха. Кылаабынайа олохтоох сүөһүнү иитиигэ үбүлээһини элбэтиэххэ. Быйыл Нам Таастааҕар хайаан даҕаны Эбээн Бытантайга курдук саҥа хотонно тутуохха.

sakha3

Саха ынаҕын сиэмэлээһининэн буоһатыыны киллэриэххэ. Үнүр араадьыйанан быһа биэриигэ ыйыппыппар, “Сахаплемхолбоһукка” 70 тыһыынча саха оҕуһун сиэмэтэ харалла сытар уонна 3 сиэмэ ылар саха атыыр оҕустара бааллар диэбиттэрэ. Оччотугар ханнык баҕарар нэһилиэккэ атыыр оҕуһа суох саха сүөһүтүн иитиэххэ сөп буолуо.

Маны таһынан биир этиилээхпин. Ол кыһын Таастаахха сылдьан Степан уонна Надежда Азаровтар диэн бэртээхэй ыалга 2 хоммутум туһунан эмиэ суруйбутум. Кинилэр 10-тан тахса сүөһүнү кыстаппыттар. 6 ынахтарыттан 4-дэ – саха атыыр оҕуһунан буоһатыллыбыт симментал аҥаардаах ынахтар. Сахалара баһыйбыт, дьүһүннэрэ – сахалар, уҥуохтарынан балачча улаханнар, үүттэрэ-эттэрэ даҕаны ботуччу. Холобур, Ыстапаан мин тиийэрбэр 2 ынаҕа утуу-субуу төрөөбүтэ. Олору төрүөхтэрин иннинэ баара-суоҕа 10-лыы эрэ хонукка уолларбыт этэ. Аҥаардас отунан аһатан күҥҥэ ортотунан 7 киилэ үүтү ыыбын диэбитэ. Ону 350 күҥҥэ төгүллээтэххэ, 2450 киилэҕэ тэҥнэһэр. Үүттэрин сыатын ортотунан 4,5 % да диэтэххэ, сыллааҕы үүттэрэ 3 туоннаҕа тэҥнэһэрэ буолуо.

Ол иһин маннык этиилээхпин. Аҕыйах сүөһүлээх, үүт соҕотуопкаламмат сирдэригэр, Хотугу улуустарга симменталы саха оҕуһунан саптаран, булкаас сүөһүнү үөскэттэххэ сөп буолуо эбит. Оччотугар бу сүөһүлэр сахаттан тымныыны тулуйар, бор хаачыстыбаларын ылан, үүттэрин сыата үрдүүр, эттэрин иҥэмтэтэ тупсуо этэ, ону ситиһэргэ атыыр борооскулары, тыһаҕастары (оҕустары) атыылаһан илтэххэ даҕаны – дьыала быһаарыллар. Ону эһиги туох дии саныыгыт?

Өссө манныгы эбиим. Ол Таастаахха Азаровтарга хоно сыттахпына, 2-с сарсыардатыгар хаһаайка Надежда Егоровна сибиэһэй саха ынаҕын үүтүн кыра сэппэрээтэргэ эриттэрэн сүөгэйдээн амсаппыта. Биир баласкаат сүөгэйи барытын кэриэтэ бэйэм сиэбитим. Этэргэ дылы, киһи тылын “быһа тардар” олус минньигэс этэ. Хаһаайка өссө "оҕолорум кэллэхтэринэ, 1-2 хоммут сүөгэйи сирэллэр, сибиэһэйи эрэ сииллэр" диэбитэ.

Таастаахтар абыраммыт дьон. Ол өссө 10-ча сыллааҕыта Москуба киһитэ олус минньигэһиргээн киилэтин 1000-лыы солкуобай көрдүүр иҥэмтэлээх этинэн, саха ынаҕын үүтүнэн, сүөгэйинэн аһаан доруобуйаларыгар төһөлөөх туһалааҕын бэйэлэрэ да ситэ билбэттэрэ буолуо.

Таастаахтар кытаатыҥ! Сахаҕыт сүөһүтүн өссө дэлэтиҥ, кытаатан элбэҕи иитэ сатааҥ!

Түмүк. Туолбат ыра санаа

Бу этиибин бары кэриэтэ утараллара эрэбил. Өссө күлүү гыныахтарын сөп.

Ол эрээри, хатылаан эттэххэ, сүөһү иитиитигэр аҥаардас боруодата быһаарбат. Саамай төрдө ороскуотун сабыытыгар, барыһы биэриитигэр, аһа-үөлэ иҥэмтэлээҕэр уонна көрүүтэ судургутугар сытар. Ити өттүлэринэн ыллахха, саха сүөһүтэ кэлии боруодалартан хаалбата буолуо дии саныыбын. Ылан көрүөххэйиҥ, маннык түгэни. Куруук суруйабын: 2 улахан боруода ынах аһыыр аһыгар 3 саха сүөһүтүн иитиэххэ сөп бөҕө диэн. Оччотугар билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баар, быһа холоон, 190 тыһыынча ынах сүөһү аһылыгар 300 тыһыынча төрүт сүөһүбүтүн аа-дьуо иитиэххэ сөп буолуо. Оннук түбэлтэҕэ ол 300 тыһыынча саха сүөһүтэ билигиҥҥиттэн итэҕэһэ суох, өссө ордук бородууксуйаны биэриэ этэ. Онтон дьон доруобуйатыгар туһатын, ордугун туһунан киһи этэ даҕаны барбат. Доруобуйа туһугар киһи тугу даҕаны кэрэйиэн табыллыбат.

sakha4

Аны биһиги учуонайдарбыт соҕуруу институттарга саха сүөһүтүн этин-үүтүн илдьэн хаачыстыбатын, иҥэмтэтин быһаартаран эрэкэлээмэ (бренд) оҥорторон ол “Азбука вкуса” маҕаһыыҥҥа курдук таска таһааран үрдүк сыанаҕа атыылыыры ситиһиэххэ. Оччотугар сыана өттүнэн билиҥҥи боруодалардааҕар төрүт сүөһүбүт быдан элбэх харчыга турара саарбаҕа суох.

Бу мин этиим буолбатах. Суруйбутум курдук, фин учуонайа Юхо Кантонен этиитэ. Өйдөөҥ! Кини саха сүөһүтэ сүттэҕинэ аан дойду тыатын хаһаайыстыбатыгар улахан охсуу буолуо уонна эһиги сахалар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар төрүккүт төрүт сүөһүгүтүн элбэтии буолар диэбитин.

Чэ, бэйэбит сүөһүбүтүн бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн да буолбатар, ити таастаахтар курдук аҥаардас саха сүөһүтүн иитэр нэһилиэктэри, баҕар улуустары даҕаны элбэттэхпитинэ төрүт сыыстарыахпыт суоҕа.

"Алло! Саха сүөһүтүн этин атыылыыгыт дуо?" диэн элбэхтик ыйыталаһалларын ситиһиэҕиҥ!

И.Пономарев, Чурапчы.

Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1247 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024