Муус устар 23 к. ХИФУга дьайыксыт, чинчийээччи, билимдьит, суруйааччы Б.Ө. Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылынан уонна Өрөспүүбүлүкэ күнүн чэрчитинэн, “Сүүс сыллаах улуу былаан (оҥоһуллан эрэр олоҥхо)” айымньы тула кэпсэтии, санаа үллэстиитэ буолла.
Б.Ө. Ойуунускай бу айымньыта аан бастаан 1927 сыллаахха “Чолбон” сурунаал 7-с №-гэр тахсыбыт. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 10 сыла туолуутугар ананан суруллубут. Жанрын, холобур, Б.Ө. Ойуунускай 1993 сыллаахха тахсыбыт “Талыллыбыт айымньыларыгар” быһаарыы оҥороллоругар филология кандидаттара С.П. Ойунская уонна Л.Д. Нестерова дьүһүйүүлээх публицистика диэбиттэр. Филология дуоктара В.Б. Окорокова “политическай фантастика, өтө көрүү, ыраланыы буолар” диир уонна туһааннаах айымньыны “Ойуунускай” диэн монографиятыгар (2013) “Суруйааччы публицистиката” диэн түһүмэххэ киллэрэн ырытар. Варвара Борисовна — Б.Ө. Ойуунускай аатынан СӨ бириэмийэтин 2016 сыллаах лауреата. Бу кэпсэтиини, кини көҕүлээһининэн, салайыытынан саха уран суругун магистраннара бэрт сонуннук, сэргэхтик тэрийэн ыыттылар.
Кытыннылар: философия дуоктара В.Д. Михайлов, Хоту сир кыһалҕаларын чинчийэр институт дириэктэрэ, физика-техника билимин дуоктара, суруйааччы Е.Г. Старостин-Байаҕантай, Б.Ө. Ойуунускай аатынан СӨ бириэмийэтин лауреата, суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннаах, Медицина национальнай киинин үлэһитэ, суруйааччы М.А. Решетникова-Мария Алексеева-Арылы Дуйдаах, суруйааччы, суруналыыс, “Күрүлгэн” сурунаал бас дьаһабыла А.Г. Гуринов-Арчылан, суруйааччы, суруналыыс Александр Постников-Сындыыс уонна ХИФУ магистраннара, устудьуоннара.
Тэрээһини магистрант Маргарита Иванова бэрт сэргэхтик салайан ыытта. Магистрант Сардаана Омукова туһааннаах кэпсээҥҥэ анаан оҥорбут презентацията кыттааччылар болҕомтолорун, кэрэхсэбиллэрин ылла.
Бэрт сэргэхтик барбыт тэрээһин көрдөрбүтүнэн Былатыан Ойуунускай бу 91 сыллааҕыта суруйбут, онтон тутуллан хаайыллыан аҕай иннинэ “политика, идеология өттүнэн сыыһалаах” диэн билиммит айымньыта аны даҕаны кэпсэтиини таһаарар, итиэннэ билигин даҕаны мунаах, мөккүөрдээх өрүттэрдээх эбит.
Холобур, “Кыым” хаһыакка биэс сыллааҕыта маннык суруйуу тахсан турар.
“МЕН Ойуунускай туһунан этиитин
көрөн сонньуйдум”
Rekalena. МЕН Ойуунускай туһунан этиитин көрөн сонньуйдум. Ойуунускай “100 сыллаах улуу былаан (Оҥоһуллан эрэр олоҥхо)” диэн айымньытыгар Саха сирэ Улуу Өктөөп 100 сылыгар, ол эбэтэр 2017 сылга хайдах сайдан кэлиэҕин туһунан көрүүлэммитэ. Баара суоҕа 4 сыл хаалла. Олох даҕаны 2027 сылга буолбатах. 1927 сыллаахха Москубаҕа олорон суруйбута. Ону Михаил Ефимовичпыт, сыыһа өйдөөн, 2027 сыллаахха туох буолуон суруйбут диэн көрсүһүүтүн аайы кэпсии, ыччаппытыгар сыыһа өйдөбүлү ыһа-тоҕо сылдьар. Ким эмит киниэхэ этэр кыахтаах баар дуо? Эбэтэр көмөлөөччүлэригэр этэр. Кинигэни библиотекаттан ылан аахтардыннар эрэ. Кыһыл дьүһүннээх, талыллыбыт айымньылар диэн. Кыбыстыылаах баҕайы буолсу.
Wxyz9. Аахпатах, истибэтэх айымньым эбит! Сырдатыаҥ буолаарай?
Эрэл. Сыыһа өйдөөтүҥ ини? Республика сүүс сыллаах юбилейа буолаары турарын, онно бэлэмнэнии барыахтааҕын, республикабытын чөл тутан хааларбыт наадатын эппитин истибитим.
Rekalena. Улуу айымньы, кылгас эрээри. Оннооҕор саастаах дьон эдэр буолар ньымаларын көрүүлэммит. “Жизнетоксины” диэн ааттаабыт. Радио, ТВ, интернет кэлэрин, муосталар тутуллалларын, үөрэхтэнэрбитин, Олонхоленд тутулларын уонна да атыны уоннуу сылынан таба таайан билгэлээн суруйбут. Уонна Саха сиригэр Аан дойду үлэлээн иитиллээччилэрин Сүбэтэ көмөлөһүө диэбит. ХНТ буоллаҕа дуу?
Кинигэ бэйэм библиотекабар баар, арыйан олоробун. Уруккуттан билэр, таптыыр айымньым. МЕН бу саас дьон көрдөрбүтүгэр эрэ билбитэ. Уонна ситэ аахпакка, өйдөөбөккө өрүскэлэһэн саҥара сылдьар. Эн “Пушкинкаҕа” киирэн аах. Кылгас айымньы, элбэх бириэмэни ылбат.
Эрэл. “Пушкинкаҕа” тиийэр кыах суох, ыраахпын. Манна таһаарар сатаммата буолуо дуо? Дьон да ааҕыа этэ.
Курулгэн. Бастакы Президеммитин аны онон-манан киирэн сиилээн эрэбит дуу... Дьэ сүрдээх даҕаны дьоммут...
Serҕelyakh. Ол Ойуунускай айымньытын сыыһа өйдөөбүтэ кыра буоллаҕа, көннөрүннэ да, бүттэҕэ дии. Норуот кинини түһэрэ сатаан эппэт, харыстаан, үчүгэй эрэ буоллун диэн этэр диэҥ.
К-2. Улахан киһиттэн итинник алҕастар тахсаллара бырастыы гыныллара сатаммат, хайдаҕын да иһин. Кэлин омуктар күлүү-элэк оҥостуохтара.
Бастакы Аахпыт. Чахчы, Rekalena этэрин курдук, бу айымньы 1927 сыллаахха суруллубут диэн. Анныгар “1927 с. от ыйын 28 к., Москва” диэн сурулла сылдьар. Ойуунускай “Талыллыбыт айымньыларын” 3 томнаах таһаарыытыгар (1993 с.).
Быһаарыыга айымньы туһунан маннык диэбиттэр: “Өктөөп революциятын 10 сыла туолуутугар ананан суруллубут публицистическай дьүһүйүү. Аан бастаан “Чолбон” сурунаал 1927 с. нүөмэригэр бэчээттэммитэ. Манна оччотооҕу олоххо баар чахчыларга тирэҕирэн, ыраах коммунизм идеяларын кэрэһэлиир”. Быһаарыыны С.П. Ойунская уонна Л.Д. Нестерова оҥорбуттар.
Историяттан биллэринэн, ити кэмҥэ ССРС олоҕор-дьаһаҕар былааннаах сайдыы өйдөбүлэ киирбитэ. Ол курдук, бастакы пятилетка 1928-1932 сс. хаппыта. Оттон дойду олоҕун-дьаһаҕын торумнаан сайыннарыы толкуйа ону урутаабыта чахчы. Ойуунускай, салайааччы буоларын быһыытынан, ону билэ-көрө сылдьан, уус-уран айымньы суруйан, сахатын дьонугар тиэрдэргэ, өйдөтөргө дьулуспут.
Ойуунускай “Сүүс сыллаах былаан” диэн “оҥоһуллан эрэр олоҥхотугар” (бэйэтэ итинник диэбит) ханнык эрэ “аата этиллибэт улууска” былаан ылыллыбыта этиллэр. Былаан туһунан дакылааты улуус ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Толоруулаах Доропуун оҥорор диэн. “Өктөөп революцията онус сылын туолан уон биир сылыгар” барбыт кэмигэр. Сэтинньи ыйга.
Ол аата Ойуунускай дьүһүйбүт “улуу сүбэтигэр” мустубут дьон ылыммыт былааннара ити кэмтэн саҕалаан ааҕыллар — 1927 сыл сэтинньи ыйыттан.
Онон, Михаил Ефимович сөпкө этэрин манна сыыһа хомнооһун буолбут. Хомолтолоох.
Буккун-наах. Оннук буолуохтаах этэ. 1917 сылга сэбиэскэй былаас Саха сиригэр сыта суох эрдэҕинэ хайдах суруллуой, 10 сылыгар ананан таҕыстаҕа дии.
Эрэл. Ол иһин хайдах да сыыһыа суохтаах этэ. Дьону убаастыырбытын умнабыт. Элбэх дьоҥҥо таһаарбакка тустаах киһиэхэ бэйэтигэр этэр баҕайыта.
zzxxcc. Ойуунускай былаас сакааһын толорбута. Ойуунускай эрэ суруйбатаҕа. Ити кэмҥэ Союз үрдүнэн куотуһа-куотуһа фантазиялааһын саҕаламмыта. Ким үчүгэйи төһө үчүгэйдик ыраланар эбитий диэҥҥэ. Оччотооҕу партия уонна былаас сорудаҕа. Булан ааҕыҥ, бары норуокка баар, итинник суруйуу.
Timirkhan. Ойуунускай — кыһыл террор баалкыта, ол да иһин сиэртибэ буоллаҕа. Архивтар арыллаллар да ким да кини маннык саханы быыһаабыта, дуоһунаһа туһалаабыта, быһаарыылаах куолаһы ылыннарбыта диэх суох курдук... Политическай олоҕо тоҕо эрэ кистэл курдук. Оттон суруйуулара уһулуччулар.
Дьээм. Дьоҥҥо сыыһы булар, бэйэтигэр бэрэбинэни да өйдөөн көрбөт, сыыһар “Өлүөнэ өрүс” сүүрүгэр оҕустарбыт элбэх киһи буоллаа... Сиэр-туом быһыытынан сатаммат быһыыланыы киһини дьиксиннэрэр. Виртуальнай алтыһыы күүһэ сүҥкэн: өйү-санааны сууйуу, алдьатыы да, абыраныы да баар.
Rekalena. Бастатан туран, кинигэни библиотекаттан уларсан өссө төгүл ааҕыҥ. Ити айымньы 19 с. саҕалаан 25 с. тиийэ баар. Онно мунньах Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 11 сылыгар баран эрэрин туһунан саҕаланар. Ааспыт 10 сыл иһигэр 7-8 сыл гражданскай сэрии айдаана буолбутун, аҕыйах 2-3 сыл эрэ эйэлээхтик олорон үлэлээбиттэрин, олохтоох норуот 35% кооперацияҕа холбоспутун этэр Доропуун. Онон бу хаампыт хаамыыбыт кубулуйбакка бардаҕына, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 20 сылын туолуутугар норуоппут 70% кооперацияҕа холбоһуоҕа, онон аны 20 сылынан 1947 сыллаах дьылга, норуоппут бука барыта кооперацияҕа холбоһуоҕа диир. Ол аата Өктөөп 30 сылын туолуутугар диэн этэр. Ити курдук салгыы 50 сылыгар 1967 сыллаахха буор сыбахтаах, муус түннүктээх балаҕан дьиэни биири да көрүөхпүт суоҕа, күндээр таас түннүктээх, кырааскалаах муосталаах, нуучча дьиэтэ туругуруоҕа диир. 23 стр-ҕа Өктөөп 60 сылын туолуутугар, 1977 сыллаах дьылга, туох буолуон суруйар. 1987 сыллаах дьылга, Өктөөп 70 сылыгар олох хайдах буолуон суруйар. 24 стр-ҕа Өктөөп 80 сыла туолуутугар улуу мунньах (1997 сыллаах дьылга) бары баар үрэхтэри, күөллэри холбоон, ханаал хаһан ходуһа сирдэри угуттуур-өҥнүүр гына ууруу ууруоҕа диир. Онтон да элбэҕи билгэлиир. Дьэ, 25 стр-ҕа 6-с абзацка суруллубутунан, “Өктөөп революция сүүс сыла туолуутугар, 2017 сыллаах дьылга диэри коммунизм олоҕо олохсуйан, сир үрдүгэр эрэй-буруй диэн, аас-туор, ытыыр-ынчык диэн, сор-муҥ диэн суох буолуоҕа, сүтүөҕэ” диэн. Дальше стр. аҥаара ол дьыл саха үлэһит норуотун үрдүк совета курустаал таас дыбарыаска мунньахтаан ууруу уурар тексин суруйар. “Саха сиригэр Өктөөп революция сүүс сылын туолуутугар, дьоллоох олох, коммуна саарыстыбата олохсуйда. Аан дойду улуу мунньаҕар уруй-айхал ыытабыт”, — о.д.а. диэн махтал тылларынан Толоруулаах Доропуун дакылаатын бүтэрэр. “Мунньахтааччылар ол курдук сүүс сыллаах былааны быспыттар, толорорго тэриммит эбиттэр” диэнинэн бүтэрэр.
Ханнык да 2027 сыл туһунан суох. Онон мээнэ, аахпакка эрэ, компка олорон эрэ куолулаамаҥ. Сүрэҕэлдьээбэккэ “Пушкинка” диэки хаамыҥ.
Бастакы Аахпыт. Ити эн этэриҥ курдук, Ойуунускай туһааннаах кэпсээнигэр Өктөөп сүүс сылыгар туох буолуохтааҕа дьүһүйүллүбүт диэн эмиэ өйдүөххэ сөп. Чахчы, 2027 сыл туһунан туох даҕаны этиллибэт. Айымньы аата “Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин сүүс сылыгар анаммыт улуу былаан” дэммитэ буоллар, ханнык даҕаны мөккүөр суох буолуо этэ.
Ону баара, айымньы аата “Сүүс сыллаах улуу былаан” диэн.
Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ буоларын эҥин эппэккэ туран, сыччах, аҕа даҕаны саастааҕын ытыктаан, М.Е. Николаевы сыыспыт диэн сорунан туран сирэй-харах анньыаҥ, дьону хос-хос библиотекаҕа ыыталыаҥ иннинэ манныгы өйдүөх тустаах этиҥ: ааспыты хаһан да былааннаабаттар, кэлэри эрэ, буолуохтааҕы эрэ былаанныыллар.
“Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта” суманнык этэр:
“Былаан, аат. 2. Уһун болдьохтоох улахан үлэлэр оҥоһуллар бэрээдэктэрин, утумнарын-ситимнэрин уонна толоруллууларын болдьоҕун ыйар, эрдэттэн бэлэмнэммит дьаһаллар. 3. Туох эмэ хайдах буолан иһиэхтээҕин барыллааһын, сабаҕалааһын”.
“Улуу сүбэ” буолбут кэмэ чопчу биллэр: “Өктөөп революциятын онус сылын туолан уон биир сылыгар” барбыт кэмэ (П.Ойуунускай. Талыллыбыт айымньылар. 2-с том. — Дьок., 1993. — С.183), “Сэтинньи ый кыыдаан дьыбара, оргуйа олорор улуу күдэнэ кэриэспин кэллим диэххэ айылаах, ... Арай Ситэриилээх комитет дьиэтин иһигэр лаампа уота умайан күндээрбит” (Ыйыллыбыт үлэ. — С.181). Ол аата 1927 сыл сэтинньи ыйын иккис эбэтэр үһүс уонун күннэрэ.
Аны туран, маннык суруллар: “Бу улуу сүбэҕэ ким даҕаны сыыһа тылы этэн сүүс сыл усталаах-туоратыгар хара мэҥнэниэҕин, сууйуллубат-сотуллубат хара кирдэниэҕин төрүт баҕарбат эбит. Ама кырдьыга даҕаны оонньуу буолуо дуо саха норуотун олоҕун сүүс сыллаах улуу былаанын былаанныыр?! Оонньуу буолбатах...”
Ол эбэтэр бу мунньахха саха норуотун олоҕун сүүс сыллаах олоҕо торумнанара, былааннанара этиллэр. Сити күнтэн саҕалаан. Эрдэ эппитим курдук, ааспыты былааннаабыт диэн истэр тухары суох, баар да буолуо биллибэт. Ама, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтиттэн ити этиллэр 1927 сылга диэри дойдуга, ол иһигэр Саха сиригэр, улахан хаан тохтуулаах үрүҥ-кыһыл сэриитэ, сутааһын, эстии-быстыы, о.д.а. барыта “былаанынан”, “эрдэттэн бэлэмнэммит дьаһал” быһыытынан барбыта буолуо дуо? Ол бүүс-бүтүннүү “саха норуотун олоҕун сүүс сыллаах улуу былааныгар” эрдэттэн киирэ сылдьыбыта буолуо дуу? Оннук буолуон хайдах даҕаны табыллыбат эбээт. Ама өйгө-санааҕа.
Онон, большевик партия секретара Өргөстөөх Өлөксөй “өрбөкөччүйэн туран” тыл биэрбит Толоруулаах Доропуунун дакылаата төһө даҕаны Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин бэлиэтээһин кэрдиистэринэн уоннуу сылынан “хаамтарыллан” 2017 сылынан түмүктэннэр, “саха норуотун сүүс сыллаах улуу былаана” онон эрэ муҥурданыах туһа суох. Оннук да буолан, ССРС эстибитин үрдүнэн, “саха норуотун сүүс сыллаах улуу былаанын” туһунан бу омуннук мөккүһэ олордохпут.
“Ама кырдьыга даҕаны оонньуу буолуо дуо саха норуотун олоҕун сүүс сыллаах улуу былаанын былаанныыр?! Оонньуу буолбатах...” Адьас оонньуу буолбатах...
Rekalena. Аахпыкка. Чахчы аахпыт киһиэхэ майгыннаабаккын да буоллар. МЕН — улуу киһи. Сэргэлээх эппитигэр 100% сөбүлэһэбин. Хайа да салайааччы бэйэтин кэмигэр таҥараттан ананан кэлэн миссиятын толорор. Бэйэтэ да дириҥник сүрүн сыалын, өҥөтүн өйдөөбөтөр. Ол кэм ааһан атыттар кэлэллэр. Аны ол дьон кэмэ кэлэр, оҥоруохтаахтарын оҥоттороллор үрдүк айыылар. Оттон бу улуу Ойуунускай убайбыт кэнчээри ыччатыгар анаабыт айымньытын сүрүн ис хоһоонун сыыһа өйдүүр аньыыта бэрт буолуо, кэмигэр көннөрүнэр наада диэн эрэ санааттан суруйдум. Дьыала принцибигэр — бу айымньытыгар кини Өктөөп революциятын 100 сааһыгар диэри Саха сирэ хайдах сайдыан ыраҥалаабыта. Михаил Ефимович, улуу киһи, сыыһа-халты саҥарбытын көннөрүннэҕинэ, улуута өссө дакаастаныа. Туох да манна уустук суох.
Timirkhan. Суох. Аныгы үөрэхтээх ыччаттар барытын ырааска ууруохтара. Ойуунускай да судаарыстыба биинтигэ этэ.
Бастакы Аахпыт. Оттон маны туох диигиний, Rekalena?
Цитата: “... манныгы өйдүөх тустаах этиҥ: ааспыты хаһан да былааннаабаттар, кэлэри эрэ, буолуохтааҕы эрэ былаанныыллар”.
Эмиэ сыыһа диигин дуу?
Манна диэн эттэххэ, саха литературатын чинчийээччилэрэ “Сүүс сыллаах улуу былаан” Ойуунускай мөлтөх айымньыларыттан биирдэстэрэ дииллэр уонна оччотооҕу кэмҥэ балай эмэ тарҕаммыт политическай фантастика жанрыгар суруллубутун ыйаллар. Манна ити санаа эмиэ этиллибит. Холобур, zzxxcc эппит.
Сүнньүнэн, сөп санаа. Итинник дэгэт баара чахчы.
Ол эрээри, миигин тус бэйэбин Ойуунускай бу айымньытын “Сүүс сыллаах улуу былаан” диэбитэ дьиктиргэтэр. Тоҕо эрэ “Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин сүүс сылыгар анаммыт улуу былаан” диэбэтэх...
Онон, аттаран-ырыҥалаан көрдөххө, суруйааччы-айааччы “сүүс сыллаах улуу былаана”, Михаил Ефимович өйдөөбүтүн курдук, 2027 сылга түмүктэниэхтээх диэн буолан тахсар. Оттон Толоруулаах Доропуун дакылааттаабыт “сүүс сыллаах улуу былаана” 2017 сылга түмүктэниэхтээҕин ким даҕаны мөккүспэт.
Аны туран, тоҕо большевик партия секретара Өргөстөөх Өлөксөйү “өрбөкөччүтэрий”? Истиҥ санааттан итинник “өрбөкөччүппэттэр” курдук... Дьэ, итиннэ сытар буолуохтаах — уус-уран тыл улуу күүһэ, дьиктитэ уонна Ойуунускай суруйааччы-айааччы быһыытынан сүдүтэ.
Аахпыт суох. Ойуунускай туһунан интэриэс эбит. Тугу билбиккитин, көрбүккүтүн суруйан иһиҥ, киирэ-тахса сылдьан ааҕыам этэ.
Ykt.ru “Дьоһун саас” түһүлгэтиттэн кылгатан бэлэмнээтэ
Афанасий ГУРИНОВ-АРЧЫЛАН.
Кыым. — 2013. — Атырдьах ыйын 15 к.