Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Ыам ыйа » 3 » Анатолий Кырджагасов: Биһиэхэ холбоһуҥ
Анатолий Кырджагасов: Биһиэхэ холбоһуҥ
07:36

Анатолий Кырджагасов: Биһиэхэ холбоһуҥ

Политика2018 с. муус устар 9 күнүгэр Дьокуускай куорат Думатын депутата, “Гражданскай платформа” партия регионнааҕы лидерэ Анатолий Кырджагасов «Объединённой оппозицией противостоим послушной команде власти!» диэн тахсыбыт ыстатыйата федеральнай СМИ-гэ тиийэ киэҥ сэҥээриини ылла. Ол ыстатыйаттан быһа тардыылары бэчээттиибит.

– Толоруулаах былааска чугас дьон эмиэ Ил Түмэҥҥэ кыҥастаспыттар. Ил Түмэни Саха сирин баһылыга инникитин даҕаны хонтуруоллуон баҕарар. Оннук сыалтан улахан аҥаара госпредприятиялар уонна организациялар генеральнай директордарыттан турар, ол эбэтэр правительствоттан уонна киниттэн тутулуктаах дьонтон бэйэтин хамаандатын тэрийэр. Барар эрэр парламент правительствоттан тутулуктаах буолан, сүҥкэн государственнай иэс, мэлдьи тиийбэт финансовай үп, социальнай программалары ситэ үбүлээбэт курдук элбэх быһаарыллыбатах кыһалҕалары хаалларда. Онон республика парламеныгар саҥа, толоруулаах былаастан тутулуга суох, общество туһалаах күүстэрэ кэлиэхтээхтэр.

Бастакытынан, республика көдьүүстээх бюджета наада. Республика бэйэтин активын барытын атыылаабытын, маныаха билиҥҥи уонна инники ыҥырыылаах депутаттартан ахсааннаахтара эрэ утарыласпыттарын бары билэбит. Государственнай бас билии атыытыттан киирбит харчы бюджеты нөҥүөлээн, хонтуруолламмат фондаларга барбыт. Мантан сылтаан республика финансовай туруга мөлтүүр, коррупционнай схемаларга усулуобуйа оҥоһуллар. Актив атыытын үбэ «РИК», «РИК-плюс», «РИК финанс», Целевой фонд будущих поколений (Үүнэр көлүөнэ сыаллаах фондата) курдуктарга сөҥөр. Онон государственнай бюджеттан ураты, Ил Түмэн депутаттарынан хонтуруолламмат, «теневой» бюджет баар. Бу харчыны туох-ханнык иннинэ бюджекка төннөрүөххэ наада. Оччоҕуна биһиги социальнай программалары булгуччу олоххо киллэриигэ, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр, үөрэхтээһиҥҥэ туһуланар сүҥкэн финансовай үптэниэхпит. Итиннэ Ил Түмэн депутаттарын саҥа састаабын политическай көҥүлэ эрэ наада.

Норуот талан ылбыт киһитин иэһэ, туох-ханнык иннинэ государственнай бас билиини уонна бюджет үбүн көдьүүстээхтик туһаныыны хонтуруоллааһын буолар. Ону тэҥэ саҥа созыв быдан күүскэ «Якутгазпром», «Якутцемент» курдук, онтон да атын босхо кэриэтэ уонна сокуоннайа суохтук чааһынай илиигэ барбыт тэрилтэлэри государство бас билиилэрин төнүннэриинэн дьарыктаныан наада.

Иккиһинэн, айылҕа рентата. Бүгүҥҥү туругунан биһиги республикабыт – дириҥ дотациялаах регион. Дагестан кэнниттэн дотациятын кээмэйинэн Россияҕа иккис миэстэҕэ сылдьар. Эмиэ сити кэмҥэ мэлдьи үүнэ турар государственнай иэстээх сылдьан ил дархан саҕалааһынынан уонна Ил Түмэн саҥата суох сөбүлэһиитинэн республика нефть хостуур компанияларга налоговай чэпчэтиилэри биэрбитэ. Холобура, «Роснефтька» биэс сыл иһигэр, 2017-2021 сс., республика госбюджета 9,4 млрд. солк. сүтэрэр налоговай чэпчэтии бэриллибит. Бу үп, эрдэ этиллибитин курдук, нефть хостуур компаниялар оҥорон таһаарыыларын сайыннарыыга буолбакка, дивиденнарын уонна менеджердар бонустарын үрдэтиигэ барар. Судургутук эттэххэ, олигархтары байытыыга. Парламент саҥа састааба бу налоговай чэпчэтиилэри көтүрүөхтээх.

Сир аннынааҕы баайы туһанааччыларга рентнай төлөбүрү олохтооһун – бу Ил Түмэн саҥа састааба федеральнай таһымҥа быһаарыахтаах биир сүрүн законодательнай боппуруоһа. Саха сиригэр үлэлиир сир аннынааҕы баайы туһанар компаниялар биһиги көҥүлбүтүгэр аһары барыстаналлар, оттон республика олохтоохторугар үгүөрү барыстааҕар буолуох оннооҕор экологическай хоромньуну толуйуу суоҕун тэҥэ.

Үсүһүнэн, күүстээх парламент уонна государственнай салайыы систематын реформата. Саха норуотун интэриэһин этээччитэ уонна мэктиэтэ – күүстээх парламент эрэ. Ил Түмэн бэйэтин боломуочуйатын дьоһуннаахтык кэҥэтиигэ наадыйар. Депутаттар норуот иннигэр эппиэтинэстэрэ уонна отчуотунастара үрдүүрүн туһугар, итиэннэ нэһилиэнньэ бары араҥатын уонна бөлөхтөрүн интэриэһин көҥүллүүр сыалтан Ил Түмэн депутатскай корпуһун оҥорор системаны уларытар наада.

Билигин Ил Түмэҥҥэ 70 депутат: биир мандаттаах округтартан 35 уонна партийнай испииһэгинэн 35 баар. Бэйэтин округуттан биир мандаттаах депутаттары нэһилиэнньэ өссө син билэр. Оттон политиканы интэриэһиргиир да дьон, партийнай испииһэгинэн ааспыттары, үгүстэрин билбэттэр. Ол иһин парламены профессиональнай төрүккэ көһөрөр боппуруос ситтэ. Бастакытынан, депутат ахсаанын 35-40-ҥа диэри сарбыйарга этии киллэрэбин. Иккиһинэн, депутатскай корпус үс гыммыттан иккитэ биир мандаттаахтар, онтон үс гыммыттан биирэ партийнай испииһэгинэн ааспыт буолуохтаахтар. Депутаттар территорияҕа муҥутуур чугаһытыллыахтаахтар уонна бэйэлэрин округтарын олохтоохторун интэриэстэригэр үлэлиэхтээхтэр.

Билиҥҥи депутаттар испииһэктэрин көрүҥ: “Саханефтегазсбыт” ОАО, “Сахатранснефтегаз” ОАО, “ЛОРП” ОАО, “ЖКХ РС(Я)” ГУП генеральнай директордара уонна солбуйааччылара, государственнай бюджетнай тэрилтэлэр салайааччылара. Бу барыта парламены сиэпкэ угулла сылдьар, утары тыла суох правительство органыгар кубулутта. Маны тэҥэ парламент өттүттэн Саха сирин правительствотын структурнай уларыйыыларын хонтуруоллууру күүһүрдэр наада. Министрдэр кабинеттарын тутула сотору-сотору, холуодалаах хаартыны ырытар курдук сыл аайы, сороҕор сылга хаста эмэ уларыйыыта былаас толоруулаах органа дириҥ кадровай кризистэммитин кэпсиир.

Төрдүс – тарифнай политика. Хомойуох иһин, айылҕа гааһыгар, уокка, итиигэ, транспортнай өҥөҕө, продукта сүрүн көрүҥэр, объектары уотунан-гааһынан хааччыйыыга холбуур өҥөҕө тарибы уонна сыананы олохтооһуҥҥа биир да депутат бэйэтин санаатын этиммэтэ. Саха Республикатын Госкомцена олохтообут тарифтара уонна сыаналара Ил Түмэн депутаттарын өттүттэн киэҥ дьүүллээһинэ уонна аналиһа суох нэһилиэнньэҕэ, кыра уонна орто бизнескэ ыар баттык буолан түһэллэр.

Былырыын Россия Уһук Илин субъектарыгар электроэнергия тарифтарын тэҥнээһин барбыта. Онуоха республикаҕа федеральнай бюджеттан быһа холоон 14 млрд. солк. ыыппыттар. Бу нэһилиэнньэҕэ билиннэ дуо? Суох. Мин аахпыппынан бу үптэн 12 млрд солк. “Колмар”, АЛРОСА, “Роснефть”, ЯТЭК курдук бөдөҥ компаниялар, көмүс хостооччулар уо.д.а. ылбыттар. Онтон Дьокуускайдааҕы килиэп комбината, куораттааҕы үүт собуота, “Водоканал” курдук табаары оҥорон таһаарааччыларга, бюджетнай тэрилтэлэргэ уонна орто, кыра бизнес предприятиеларыгар 2 млрд солк. кэриҥэ тиксибит. Ол аата федеральнай субсидия барыһыттан улахан өттүн бөдөҥ бизнес ылбытын кэпсиир.

Дьокуускайдааҕы килиэп комбината электроэнергия иһин аҕыйаҕы төлүүр буолбута эбээт, килиэп сыаната чэпчээтэ дуо? Суох. Саха сиригэр оҥоһуллан тахсар үүт, эт уонна халбаһыы оҥоһуктарын уонна да атын табаар, өҥө туһунан эмиэ манныгы этиэххэ сөп. Гааска тоҕо үрдүк тариф хаалла? Бензин сыаната тоҕо кыччаабата? Сүүнэ ахсааннаах электроэнергияны барыыр, тимир суолунан тиэйии тоҕо чэпчээбэтэ? Үөһэ этиллибиттэртэн сиэттэрэн, тарифнай политика республика социальнай-экономическай сайдыытыгар уонна нэһилиэнньэ уйгулаах олоҕор тутаах фактор буоларын болҕомтоҕо ылан туран, Ил Түмэн саҥа ыҥырыылаах депутатскай корпуһа правительство тарифнай политикатын куруутун хонтуруоллуохтаах.

Бэһис – тыа хаһаайыстыбата. «Гражданскай платформа» политическай партия РО 2015 с. «О развитии сельского хозяйства в РС(Я)» диэн законопроегы көҕүлээбитэ. Биһиги законопроекпытыгар сөп түбэһиннэрэн, республика баһылыгын законопроегар көннөрүүлэри биир соҕотох эрэ депутат Владимир Фёдоров киллэрбитэ. Кини көннөрүүлэрин үгүс истигэннэр өйөөбөтөхтөрө. 2016 с. республика баһылыга бэйэтин «О развитии сельского хозяйства в РС(Я)” диэн сокуон көрүҥүн көҥү баттаабыта. Ол түмүгэр Саха Республикатын тыа сирин оҥорон таһаарааччыларын олохторугар туох да тупсуу буолбата. Холобура, үүт субсидиятын кээмэйэ 2015 с. уларыйбата. Сокуоммут бырайыагын биһиги хайаан да киллэриэхпит. Ону ылыннахтарына тыа сирин табаарын оҥорон таһаарааччылар олохторун, үлэлэрин усулуобуйата төрдүттэн тупсуо, тыа сирин сайдыытын күүскэ өрө анньыа. Сокуоммут бырайыагын усулуобуйатынан республика бюджетыгар тыа сирин сайдыытыгар көрүллүбүт үп (10 млрд солк. кэриҥэ) «Туймаада-нефть», «Туймаада-лизинг» курдук посреднига уонна бэлэмнээччитэ суох, быһаччы хас биирдии тыа сирин табаарын оҥорон таһаарааччыга сүрүннэниэхтээх.

Биһиги ааҕыыбытынан номнуо бу сылга үүт субсидиятын кээмэйэ 1 литр иһин 80 солк. кырата суох буолуохтаах. 2015 с. эппиппит курдук бу субсидияҕа сокуон быһыытынан сыллатааҕы, экономическай олохтоох индексацияны бигэргэтиэххэ наада.

Алтыһынан, кыра уонна орто бизнеһи көдьүүстээхтик өйөөһүн. Бүгүҥҥү күннээххэ предпринимательствоны өйөөһүн грантовай олоххо тутуллар. Бу олус бюрократияламмыт уонна көдьүүһэ суох система. Ол гынан баран сайдыы атын суоллара эмиэ бааллар, холобура айылҕа монополиятын өҥөлөрүн – уу, уот, итии тарибын кыччатыы. Бу предпринимателлэргэ киһи ылынар, сөптөөх барыс хаалларарга табаар уонна өҥө сыанатын намтатар эбэтэр саатар үрдэппэт кыах, түмүк продукцияҕа сыананы олохтооһуну уларытыа.

Кыра уонна орто бизнескэ олоҕо суох күһэйиини, федеральнай надзорнай органнар административнай мэһэйдэри аҕыйатыыга ыытар үлэлэрин саҥа парламент бэйэтин хонтуруолугар ылыахтаах. Саҥардыллыбыт парламент үлэтигэр кыра уонна орто бизнеһи өйөөһүн сүрүн хайысха буолуохтаах.

Республика бары патриоттарын уонна чөл туруктаах күүстэрин холбуур кэмэ кэллэ. Саха сирин хас биирдии гражданина «Республика экономиката, баараҕай улахан айылҕатын баайа тоҕо гражданнар үтүө туруктаналларын туһугар үлэлээбэттэрий? Промышленность, тыа хаһаайыстыбата, кыра уонна орто бизнес тоҕо кыайан сайдыы сөптөөх таһымыгар тахсыбаттарый? Ама биһиги норуоппут толору сайдар уонна айар-оҥорор кыаҕа суох дуо?» диэн боппуруостары туруоруохтаах. Ол суох.

Биһиги бу олус элбэх иэдээн төрдө-төбөтө Егор Борисов сатала суох салайыытыгар эрэ сытар диэн итэҕэйэбит. Кини государственнай салайыы эффективнайа суох тиһигин оҥордо уонна парламеҥҥа салгыы бэйэтин усулуобуйатын олохтуу сатыыр. Ол иһин биһиги «борисовскай» салайыы киэбэ бэйэтин бүтэһиктээхтик муҥурдаата диэн этэбит. Кини олох бары өттүгэр конкурентнай кыаҕа уонна көдьүүһэ суоҕун көрдөрдө.

Билиҥҥи кэмҥэ мин уонна биир санаалаахтарым республика бары чөл санаалаах күүстэрин уонна патриоттарын холбуурга араас общественнай-политическай эргимтэлэри кытта консультациялары, кэпсэтиилэри ыытабыт. Саха Республикатыгар олоххо суолталаах уларыйыылар тахсалларыгар сөптөөх кэм кэллэ диэн итэҕэйэбит. Ол иһин биһиги Саха сирин историятыгар аан бастакытын бары күүһү түмэн, Ил Түмэн быыбарыгар республика билиҥҥи баһылыгын Егор Борисов истигэн хамаандатын утары туруохпут. Балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи быыбар депутакка кадидаттар конкуренциялаһар охсуһуулара эрэ буолбакка, икки араас политическай көрүүлэр утарыта туруулара буолуо. Бииринэн, Егор Борисовка тус бэриниилээхтэр уонна авторитарнай былаас идеологиятын тутуһааччылар. Иккиһинэн, биһиги «Гражданскай платформа» политическай партия РО бэйэбит биир дойдулаахтарбытыгар туһалыыр көрүүлээх кандидаттара.

Саха норуотун интэриэһигэр уонна төрөөбүт республикабыт сайдарын туһугар, биһиги көрүүбүтүн өйүүр дьону холбоһоргутугар ыҥырабыт. Биһиги бары конструктивнай общественнай-политическай күүстэри, туора турбат гражданнары кытта үлэлэһэргэ бэлэммит. Уопсай тускубут туһугар Саха Республикатын инники сайдыытыгар идеяларбытын уонна санааларбытын конструктивнайдык атастаһыыга күүстээх диалог ыытарга бэлэммит. Буолаары турар быыбардарга бииргэ үлэлэһэр кыахпытын сомоҕолуурга, республика, куорат, улуус, тыа сирэ, олохтоох, араас таһымнаах быыбардарга кыттыан баҕалаах бары туора турбат уонна көхтөөх гражданнары ыҥырабын.

Биллэр политик Э.Б.Берёзкин бу ыстатыйа тула санаата: – Бу дьыл балаҕан ыйынааҕы быыбарыгар киэҥ коалицияны оҥорор туһунан кэпсэтиилэри биһиги өссө ааспыт сылтан ыытабыт. Республика бары политическай күүстэрин боччумнаах холбоһуктаах сыралара эрэ административнай ресурсаны кыайыаҕа. Бүгүн биһиги партиябытыттан уонунан киһи быыбарга инники тахсарга бэлэмнэр. Кинилэртэн сорохторо бэҕэһээ эрэ атын партияҕа турбут, сорохторо отой да партията суох дьон күүһү холбуур сыаллааҕын уонна күүстээҕин биллилэр. Былаас коррупциятын, чиновниктар эппиэтинэһэ, көдьүүһэ суох буолууларын төрдүттэн ылар туһуттан республика государственнай былааһын систематыгар төрүт уларытыыны биһиги күннээҕи повесткаҕа киллэрэбит. Республикабыт сүүнэ улахан баайа Саха сирин бары олохтоохторун социальнай-экономическай сайдыытыгар үлэлээн саҕалыырын туһугар».

Анатолий Кырджагасов REGNUM диэн издательскай агенствоҕа маннык диэн эбэн биэрбит: – Республикабыт сайдыытын туһугар тус амбицияны суох гыныахтаахпыт. Туһунан санаалаах дьон парламеҥҥа киириилэрин мэһэйдэһиэхтэрин сөп. Ол иһин илии баттааһынын хомуйан ааһар суол бэрт уустук буолуо. Бэйэтин туруоруммут кандидаты чэпчэкитик устуохтарын сөп. Быыбардыыр система итинник. «Гражданскай платформа» региональнай отделениетын председателэ буоларым быһыытынан биһиги бэйэбит площадкабытын биэрэбит. Биһиги “КПРФ”, “Справедливая Россия” уонна “ЛДПР” площадкаларынан эмиэ туһанар буолуохпут. «Единэй Россияҕа» олохтоох суолу этэр депутаттар эмиэ бааллар, ол эрээри үгүс өттүлэрэ кинилэри истибэттэр. Республикаҕа быһыыны-майгыны уларытыан баҕалаах бары конструктивнай күүһү холботолуур санаалаахпыт.

Бу – үлэ программата. Биллэн турар, үгүс боппуруос мунньулунна, манна сүрүннэр эрэ ааҕылыннылар. Бу боппуруостары принципиальнайдык быһаарыан баҕарар конструктивнай күүстэри биһиэхэ холбоһуҥ диэн ыҥырабыт.

* * *

Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1176 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 101
Ыалдьыттар (гостей): 101
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024