Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [399]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [554]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [223]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [376]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [464]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Ыам ыйа » 3 » «Дьокутааттар дьыалалара»
«Дьокутааттар дьыалалара»
11:06

Уаров за решеткойАаспыт нэдиэлэҕэ «Ил Түмэҥҥэ дьэҥдьиир», «докутааттары хаайдылар»… диэн бииртэн биир дьулаан сурахтартан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо иннэлээх бүргэс үрдүгэр олордулар.

Ол курдук, муус устар 26 күнүгэр, Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕын кэмигэр Сэлиэстийэлиир кэмитиэт дьэҥдьиирэ саҕаламмытын, хонтуруоллуур уонна тыа хаһаайыстыбатын сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ А.Уаров, Д.Саввин тутуллан хаайыллыбыттарын туһунан сонун өрөспүүбүлүкэни тилийэ сүүрдэ.

Бастаан тутуллубут дьон кэккэтигэр бүддьүөт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин Ю.Николаевы эмиэ киллэрбиттэр этэ. Онон бастакы түгэннэргэ соһуйуу-өмүрүү, уолуйуу улахан этэ. Онуоха эбии, ити кэмҥэ “өрөспүүбүлүкэ салалтата – Ил Дархан, Ил Түмэн спикэрэ, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ – өрөспүүбүлүкэҕэ суохтар үһү” диэн буолбута.

Жирков на Совете 2

Ил Түмэн спикерэ А.Жирков ол күн сарсыарда 11.00 чаас саҕана Санкт-Петербурга Парламентаризм күнүгэр көппүт эбит. Ону «кыл мүлчү куоппут үһү» эҥин дэтэлии сылдьыбыттара да, кэлин быһаарбыттарынан, Санкт-Петербурга буолар Арассыыйа сокуону оҥорор уорганнарын Сэбиэтин мунньаҕар кыттыыта уонна РФ бэрэсидьиэнэ В.Путины кытта көрсүһүүгэ тыл этиэхтээҕэ эрдэттэн былааннаммыта диэн буолбута.

Жирков на Совете

Аны, ким да, тугу да билбэт. Информацияны «бырахпыт» интэриниэт-саайтар бэйэлэрэ да бу сонуннарын үһү-таамах курдук тарҕаталлар. Оттон Ил Түмэн пресс-сулууспата «информация суох» дии олорор.

Киэһэлик «дьокутааттар бэрик ылан тутуллубуттар, бэйэлэрэ билиммиттэр үһү» диэн буолла. Бу сырыыга дьокутааттары эрэһиэҥкэ кэннигэр тутуллан олороллорун аһаҕастык, хаста да төхтүрүйэн, тэлэбиисэринэн көрдөрдүлэр. Силиэстийэлиир кэмитиэт пресс-сулууспата таайтарардыы «бэрик ылбыттар» диэтэ.

Соһуйуу бөҕө буолла! Интэриниэт форумнара, бассаап барыта оргуйан олордо. Сэтэрээччилэри сэргэ, «Уаров диэкилэр», «Саввины өйөөччүлэр» да көһүннүлэр. Дьокутааттары үчүгэйдик саныыр дьон эмиэ элбэхтэр эбит. Субу соторутааҕыта үбүлүөйүн ньиргиччи бэлиэтээбит кырдьаҕас дьокутаат А.Уаровы «көмөлөспөтөх киһитэ аҕыйаҕа буолуо», диэччилэр, Д.Саввины көмүскээччилэр баалларын биллэрдилэр.

Онон, быйылгы Өрөспүүбүлүкэ күнүн ити курдук «бэлэхтээх» көрүстүбүт. Онон бу күн уруккуларга холооно суох уку-суку барда курдук. Эр дьон сүр көтөҕөр оһуокайа даҕаны ону өрүһүйбэтэ…

«Провокация буолуон сөп»

Дьэ онон, туохха барытыгар бэйэтэ туспа санаалаах устуорук, политолог Афанасий Николаевтан ыйыттыбыт.

Афанасий Николаев

– Афанасий, Өрөспүүбүлүкэ күнүн иннинэ эн «провокациялар буолуохтарын сөп» диэн сэрэппит этиҥ. Ол тугу эппиккиний?

– Дагестаҥҥа бара турар хампаанньаны, «Сумма» бөлөҕү салайар ини-бии Магомедовтары тутан хаайыыны, федеральнай СМИгэ биһиги Ил Дархаммытын баһааҕырдар хампаанньа саҕаланыытын, быыбарга П.Грудинин саамай элбэх өйөбүлү ылыытын, онно эбии былырыыҥҥы Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр буолбут эр дьон оһуокайын Кавказ сорох омуктара «зикр» диэн бойобуой үҥкүүлэригэр тэҥнээбиттэрин анаалыстаан көрөн баран, интэриниэккэ «быйыл муус устар 27 күнүгэр туох эрэ провокация буолуон сөп” диэн санаабын суруйбутум. Оннук провокацияны туһанан, биһиэхэ эмиэ «Дагестаны ыраастааһын» сценарийын хатылыахтарын сөп диэн сылыктаабытым.

– Ил Түмэн дьокутааттарыгар дьыала тэриллибитин тугунан быһаараҕын?

– Бу маннык бэлитиичэскэй провокацияны Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Силиэстийэлиир кэмитиэт Саха сиринээҕи салаата тэрийдэ: муус устар 26 күнүгэр Ил Түмэн дьокутааттарын тутан уонна кэбиниэттэрин дьэҥдьийэн. Ол тухары туох да быһаарыы суох.

Кинилэри тутан хаайбыт бириэмэлэрэ эмиэ интэриэһинэй: собус-соруйан сиэссийэ буола турдаҕына! Бу дьон бэрик ылбыт да буоллахтарына, «2013-2014 сылларга» диэн. Ону Өрөспүүбүлүкэ күнүн, сиэссийэни күүтэ сылдьан тутуу – өйдөммөт. Кинилэри 2013-2014 сс. 400-500 тыһ. солк бэрик ылыыга буруйдууллар. Сүрүн туоһулара – урут «Сахаплемхолбоһук» холбоһугу салайан олорон бэйэтэ холуобунай дьыалаҕа эриллэ сылдьыбыт С.Охлопков… Ол эмиэ кэккэ ыйытыылары үөскэтэр.

С.Охлопков, силиэстийэ ыгыытынан, А.Уаровы уонна Д.Саввины утары көрдөрүүлэри биэрбит буолуон сөп диэн сабаҕалыыбын. Бу мээнэ дьон буолбатахтар ээ: саха бэлитиичэскэй элиитэтин бэрэстэбиитэллэрэ, Ил Түмэн икки сүрүн кэмитиэтин салайааччылара… Кинилэри сүрүн коррупционердар курдук көрдөрүү туох суолталааҕый? Биллэн турар, Арассыыйаҕа хоруупсуйа боппуруоһа олус сытыытык турар эрээри...

Аны, 2017 с. СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтигэр Сахалин губернатора А.Хорошавины «олордон» аатырбыт А.Заболиченко ананан кэлбитэ эмиэ толкуйдатар төрүөт.

Эбэтэр, дьокутааттары бу курдук толоостук тутуу-хаайыы, буруйдааһын – СӨ салалтатын уларытыыга туһуламмыт ханнык эрэ бөдөҥ судаарыстыбаннай федеральнай хампаанньа интэриэһэ буолуо. Устуоруйа көрдөрөрүнэн, улахан хампаанньалар «бэйэлэрин дьонун» тугу да кэрэйбэккэ туруора сатыыллар.

Бэйэ иһинээҕи «быһаарсыы»

Киһи барыта А.Николаев курдук санаабат. Холобур, бэйэтэ эмиэ Ил Түмэн дьокутаата Петр Аммосов (КПРФ), маннык диир:

Петр Аммосов

– Бу – сыччах бэйэ иһинээҕи «быһаарсыһыы». Хантан да туораттан биһигини «алдьата-сатарыта» сатаабаттар. Итиннэ туох да улахан суох дии саныыбын. Ити айдаан барыта Юрий Куприянов «спикергэ мин туруом» диэбититтэн саҕаламмыта, өйдүүргүт буолуо?

Оттон бу соторутааҕыта спикер А.Жирков Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕын бэбиэскэтигэр «ЯТЭК боппуруоһун көрөргө» диэни киллэртэрбитэ. Ону «уһултара сатаабыттарын – сөбүлэспэтэх» диэн буолбута. Онно хоруйдаан «оччоҕуна, эһиэхэ бу баар!» диэбит буолуохтарын эмиэ сөп... Онон өрөспүүбүлүкэ куттала суох буолуутугар бу араллаан туох да сыһыана суох.

– Чэ, ханныгын да иһин, Ил Түмэн аата-суола алдьаннаҕа дии?

– Саайтар, социальнай ситимнэр сыбыс-сымыйанан ону-маны күүркэтэн, дойҕохтоон суруйаллар. Мөкү өйү-санааны тарҕатарга, онно дьону итэҕэтэргэ, маны кытта сибээстээх дьон аата-суола алдьанарыгар баҕалаах кэккэ күүстэр бааллар. Маны барытын мин кинилэр «үлэлэринэн» ааҕабын.

Дьокутаат Аммосов этэрэ олохтоох курдук. Бу иннинэ аҕай интэриниэккэ Ил Түмэн спикэрэ А.Жиркову хаарыйар матырыйааллар тахсыталаан барбыттара. Холобур, биир саайка муус устар 17 күнүгэр «ПОЧЕМУ ДЛЯ СПИКЕРА ЖИРКОВА ЯТЭК СТАЛ ИНТЕРЕСНЕЕ ОЛОНХО» диэн матырыйаалга: «Отложив в сторонку "папирусы" с "Олонхо" и ненадолго забыв о развитии киргизской литературы, спикер Ил Тумэна Александр Жирков вдруг озаботился ситуацией вокруг... ЯТЭК и проблемами подготовки к следующему отопительному сезону», – диэн суруйбут этилэр.

Ол туохтан саҕаламмытын сибээстээтэххэ, син туох эрэ ырылыйан тахсан кэлэр. Ил Түмэн саайтыгар муус устар 16 күнүгэр спикер А.Жирков СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Е. Чекиҥҥэ сурук киллэрбитин туһунан сонун тахсыбыта. Сурукка спикер, кырдьык, ЯТЭК боппуруоһунан, Магомедовтар хаайыллыыларынан сибээстээн, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлигэр боппуруос көтөхпүтүн туһунан этиллэрэ.

Санаттахха, "Сумма" бөлөххө киирэр ЯТЭК (Якутская топливно-энергетическая компания) — Саха сирин киин өттүн гааһынан хааччыйар соҕотох тэрилтэ. Ону бас билээччилэри хаайыы, дьыалаҕа эрийии Саха сирин интэриэһин хайдах хаарыйыа суоҕай? Дьокутааттар бу буола турар балаһыанньаны сиһилии билэ-көрө, ырыта сатыыллара – баа буолбат. Холобурга диэн эттэххэ, Ил Түмэн пленарнай мунньаҕын бэбиэскэтигэр ЯТЭК боппуруоһа киирбитин билэн баран элбэх киһи үөрбүтэ.

Саайка этиллэринэн, ол сурукка Ил Түмэн спикэрэ А.Жирков Ил Түмэн уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын оробуочай бөлөҕүн тэрийэргэ этии киллэрбит. Ол оробуочай бөлөх нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар кутталлаах буолуон сөп быһыы-майгы тахсарын сэрэтиэхтээҕэ этиллибит. Ил Түмэн саайтыгар «А.Жирков муус устар 25-26 күннэригэр буолар пленарнай мунньахха бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Е.Чекин ЯТЭК туһунан информациятын истэргэ» диэбитэ этиллэр.

Атын санаа эмиэ баар… Суруйалларынан, праймериз биир кыайыылааҕа Александр Смирнов – «ЯТЭК» АУо толорооччу дириэктэрэ (Кэбээйи-Үөһээ Дьааҥы уокуругуттан баартыйа испииһэгинэн). Кинини кытта биир мандааттаах уокуругунан «Биир ньыгыл Арассыыйа» СӨ салаатын сэкирэтээрэ Александр Ноговицын барыахтаах үһү. Кини эмиэ спикер миэстэтигэр дураһыйара өйдөнөр. Онон А.Жирков ЯТЭК боппуруоһун көбүппүтэ «конкуреннаһар дьонун туоратыыга, ону кытта бэйэни пиарданыыга майгынныыр» буолуон сөп үһү.

Чэ, быһата, ол курдук.

Ил Түмэн дьокутаата Иван Шамаев итиннэ маннык санаалаах:

Иван Шамаев

 

– Бу тутуу-хабыы Өрөспүүбүлүкэ күнэ буолаары турдаҕына оҥоһуллубута сэрэхэдитэр. Мин итиннэ Өрөспүүбүлүкэ дьокутааттарын саба баттыы, куттуу сатааһыны көрөбүн. Биһиги ситэриилээх буолбакка, сокуону оҥорор былаас буолабыт, онон үбү-харчыны быһаччы бэрийбэппит.

Салгыы Иван Шамаев сиэссийэҕэ ол ЯТЭК боппуруоһун көрүү хайдах ааспытын кэпсээтэ.

–ЯТЭК боппуруоһа бастакы күҥҥэ туруоллубут этэ да, онно тиийбэтэхпит. Омурҕан аҥаара бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн Михаил Осипов ананыытын көрөн тахсыбыппыт. Онон ЯТЭК боппуруоһун пленарка иккис күнүгэр бастакынан көрбүппүт. Ол эрээри, Е.Чекин онно суоҕа. Онон М.Осипов тахсан отчуоттаабыта-кэпсээбитэ. Кыһыл Сыырга бара сылдьыбыттарын эҥин туһунан. Ону мин «арааһа, боппуруос сиэссийэҕэ көрүллэр эрэ буолан, онно хомуллан тиийбиккит дуо?» диэн ыйыппыппын, «оннук буолбатах» диэбитэ.

Отчет Михаила Осипова по ЯТЭК

Мин ЯТЭК туһунан элбэх дьокутаат ыйытыа, тыл этиэ диэн күүппүтүм даҕаны, ки-им даҕаны тугу даҕаны ыйыппатаҕа да, билэ да сатаабатаҕа. Онон мин уонна дьокутаат Леонид Владимиров эрэ ону-маны ыйыталастыбыт, токкоолостубут. Мин «Магомедовтар дьыалаҕа эриллибиттэринэн, мыллиардынан иэстээх дьыалаҕа сылдьалларынан, ЯТЭКка ыксаллаах быһыы-майгы үөскээн хаалыан сөп дуо?» диэн ыйыппытым. Онуоха Михаил Осипов, тоҕо эрэ «как ни странно» диэн тылы туттан, «оннук буолуо суоҕа» диэн уоскутта, «кредитордар ЯТЭК тохтообокко үлэлииригэр интэриэстээхтэр» диэтэ. Сөп, үчүгэй.

Иккиһинэн, «биллэрин курдук «Якутгазпрому» ылалларыгар чиэһинэйэ суох мэхэньиисимнэри туттубуттара, «Славия» ХЭТ эҥин нөҥүө... Билигин бу дьыала иккиһин көрүллэр буоллаҕына, Саха өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин актыыптарын, өлүүтүн төттөрү ылар кыахтаах дуо?» диэн ыйыппытым. Ону М. Осипов: «биһиги актыыппыт өлүүтүн төннөрүөхпүтүн сөп» диэбитэ. Ити курдук. Онон бу боппуруоска салгыы үлэлэлиэххэ наада…

Социальнай ситимнэргэ Ил Түмэн дьокутаата Владимир Федоров айманан суруйбута сылдьар. Дьокутаат «биһиги салалтабыт дьокутааттар тутуллууларын туһунан тугу даҕаны эппэтэ сөхтөрөр» диэбит. Кырдьык, Ил Түмэн спикерин кэмэнтээрийэ өйүүнүгэр биирдэ тахсыбыта. «Мин бу дьону билэбин, кинилэргэ итэҕэйэбин» диэн ис хоһоонноох. «Силиэстийэ көрүөҕэ» диэн. Силиэстийэ бара турдаҕына, дьыала иэмэ-дьаама биллэ илигинэ, кырдьык, тугу диэххиний?

Климент Иванов

Уруккута СӨ Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Климент Иванов: «Бу дойду үрдүнэн бара турар хамсааһын. Новосибирскайга эмиэ дьокутааттар бөлөхтөрүн олортулар. Силиэстийэ буола турдаҕына, дьыала ис дьиҥин билбэккэ эрэ тугу кыттыаххыный? Бу – олус куһаҕан дьыала. Өрөспүүбүлүкэ эриэйтинигэр охсуулаах буолуон сөп», – диэтэ. Кини «Силиэстийэ уонна суут быһаарыахтара буоллаҕа. Буруйдара суох буоллаҕына, көмүскэнэр кыахтаах дьон…», – диэн этиитинэн суруйууну түмүктүөххэ сөп буолуо.

Нина ГЕРАСИМОВА, kyym.ru

Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 1362 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 8
Ыалдьыттар (гостей): 8
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024