News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2018 » Ыам ыйа » 29 » Үүт харчыта – тыа сиригэр тыын суолталаах
Үүт харчыта – тыа сиригэр тыын суолталаах | 09:48 |
Васильев Валерий Васильевич-Муттуххай Бороҥ,«Үөдүгэй нэһилиэгэ» МТ баһылыга, Үөһээ Бүлүү.
Үүт харчыта – тыа сиригэр тыын суолталаах
Тыа сиригэр ынах сүөһү ахсаана, судаарыстыба итиччэлээх үтүмэн үгүс үбү-харчыны араас программанан көрбүтүн, республика бюджетыттан уонунан миллиард үбү тыырбытын үрдүнэн сыллата аҕыйыы турара киһини дьиксиннэрэр. Онтон тыа сирин олохтоохторун сүрүн дьарыктара, о.э. дохуот киллэринэр төһүү салааларынан тыа хаһаайыстыбата, атынны эттэххэ, өбүгэ саҕаттан саханы уһун тыыннаабыт, саханы саха дэппит ынах сүөһүнү уонна сылгыны иитии буолар.
Ынахпытын көрбүтүнэн эһиэхпит, сыспай сиэллээхпитин симэлитиэхпит – саха буолан бүтэбит, омук быһыытынан эстэбит, норуот быһыытынан бу дьалхааннаах, үтүрүйсүүлээх ХХI-c үйэҕэ суураллабыт, симэлийэбит. Онто туох да баһан этии, омуннааһын суох. Бу субу күннээҕи олохпут тыйыс кырдьыга, инникибит хобдох чинчитэ.
Ааҕаччылар баҕар бу туох алдьархайдаах саҥатай-иҥэтэй диэххит. Чэ буоллун. Мин баары баарынан сирэйгэ малтаччы этэрбин сөбүлүүбүн. Туох да эгилитэ-бугулута суох.
Тоҕо диэ. Куоракка да, тыа сиригэр олорор саха дьоно бука бары бэркэ диэн билэн олороҕут. Тыа сиригэр ынах сүөһү ахсаана тарбахха баттанара чугаһаан эрэр. Ол сүрүн төрүөтүнэн ыччат сүөһүгэ сыстыбат, саастаах дьон кыаммакка сүөһүлэрин эһэллэр, оттуур сир суох диэн элэ-была тылбытын мунньах аайы этэбит, суланабыт-суҥхарабыт. Буолумуна. Кыһалҕалаах дьон. Ону сорох өйдөөбөт, күдээринэ истэр-билэр дьон тыа дьоно үлэлиэхтэрин баҕарбаттар, ааһа баран сүрэҕэ суох буоллулар, бэлэмҥэ эрэ бэртэр диэн үрдүттэн саба быраҕан этии кытта баар.
Ис иһигэр киирдэххэ, бу боппуруоһу быһаарыы сүнньүнэн үүт харчытыгар сытар. Ол эбэтэр төрүт дьарыгы сөргүтүү үптэн-харчыттан иҥнэр.
Холобур, билигин үүт субсидията улаатта дии-дии хаһыат сырайын бараатылар, араадьыйа-тэлэбиисэр күҥҥэ сэттэтэ ыаһахтыыр... Ол туһата баара-суоҕа чыычаах тумсун саҕа, онтубут оҕону албыннаан суорат сыыһынан муннун аҕаан дуомнаабыт кэриэтэ. Түмүгэ эмиэ биир – сүөһү ахсаана эбиллибэт, син биир көҕүрүү турар.
Үөһээ Бүлүүгэ 3 тыһыынча кэриҥэ нэһилиэнньэлээх, Куду диэн оскуола-садтаах учаастактаах Үөдүгэй ннэһилиэгэ диэн баар. Бу нэһилиэк киинэ Андреевскай улуус киинин Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин кытары силбэһэн, уулуссанан кыраныыссалаһар, үүт-үкчү Майа икки Хара курдук. Бу икки дэриэбинэ холбоспут биир улахан түөлбэтигэр 10-тан тахса тыһыынча, о.э. улуус быһа охсор аҥаара түмүллэн олорор.
Уруккута «Үөдүгэй» совхоз Карл Маркс аатынан киин отделениетыгар тыһыынчаттан тахса ынах сүөһүлээх, сылгылаах, онно эбии кэтэх ыал үксэ сүөһүлээх-астаах эбит буоллаҕына – билигин бу улууска иккис улахан нэһилиэккэ баара-суоҕа 316 ынах сүөһү, ол иһигэр 98 ынах баар. Мунньан-тараан 65 ньирэйдээхпит. Бу быйылгы, ыам ыйынааҕы көрдөрүү.
Быйылгы хаардаах дьылга 416 сылгы, ол иһигэр 220 биэ кыстаата. Күн бүгүн 32 эрэ кулуннаахпыт. Ырыганнааһын, өлүү-сүтүү, кулуннааһын да быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх. Кыһалҕа тыа киһитин сылы эргиччи кыпчырыйа сылдьарын саҥата суох сыыппаралар балаһыанньа хайдаҕын кэпсииллэр.
Холобур, олохтоох дьаһалта тыа хаһаайыстыбатыгар идэлээх үлэһитэ Нина Васильевна Семенова бааһынай хаһаайыстыбатыгар олоҕуран тугу этэр эбитий? Мин кини кэпсээниттэн биир тылы уларыппакка сүһэн ылан суруйабын.
– Тыа хаһаайыстыбатыгар, чуолаан сүөһү иитиитинэн дьарыктанар эдэр дьоҥҥо тохтуохпун баҕарабын. Ол курдук мин 2007 сыллаах үлэҕэ киирэрбэр бу кэпсиэхтээх бааһынай хаһаайыстыбам баһылыга Туралысов Василий Егорович 22 сааһыгар үлэтэ суох сылдьар этэ. Ити кэмҥэ кини ийэтигэр сүөһү көрсөн көмөлөһөрө. Ол иһин ыҥыран ыламмын кинини: «Эн бааһынай хаһаайыстыбата тэрин. Кэлин онтуҥ бэйэҕэр туһалаах буолуоҕа, үлэҥ ыстааһыгар, пенсияҕа тахсаргар, дьиэ-уот туттаргар», -- диэн сүбэлээбитим. Онно кини сөбүлэһэн билиҥҥэ диэри бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлии сылдьар. Кэргэннээх, түөрт оҕолоох. Хаһаайыстыбатыгар 8 төбөлөөх, о.и. 4 ыанньыктаах. Бу элбэх оҕолоох ыал сыллааҕы сүрүн дохуоттара: кэргэнин быыкаа хамнаһа, оҕолор аҕыйах мөһөөх пособиелара уонна үүттэрин харчыта. Холобура, 3 тонна үүт туттаран уопсайа 105 тыһ. солк. харчыны аахсар. Онтукайыттан пенсионнайга төлөбүрэ 30 тыһ. солк., дьонтон оттуур сирин арендата 38 тыһ. солк., оттууругар ГСМ-ын ороскуота 25 тыһ. солк., кыһын отун тиэйтэриитэ куччаабыта 15 тыһ. солк., комбикорм ыларыгар 18 тыһ. солк. ыытар. Түмүгэр уопсай сыллааҕы ороскуота ортотунан 126 тыһ. солк. тиийэр. Көрөргүт курдук ночоото 21 тыһ. солк. Мантан көстөрүнэн кини тус бэйэтигэр сыллааҕы хамнаһын оҥостор кыаҕа суох, эгэ кэлэн барыыһын туһунан этэ да барыллыбат. Оттон уот харчыта, уматык, ас-таҥас сыаната сылын аайы үрдүү турар. Бу иннинэ кини 30-ча төбөлөөх, 9 ыанар ынахтаах этэ. Ол эрэн оттуур сирэ кыра, дьон сирин түүлэһэн оттуур буолан, хомойуох иһин, кыһалҕаттан сүөһүтүн ахсаанын аҕыйаппыта.
Дьиҥинэн, бу кини курдук балаһыанньалаах дьон тыа сиригэр ньимси элбэх.
Бу да холобуртан көрдөххө, элбэх ыччаттаах эдэр киһи дьонун иитэригэр элбэх ыарахаттары көрсөр дии саныыбын. Ол иһин инникитин бу маннык эдэр дьону уонна үүт туттарааччылары өйүүр соруктан 1 киилэ үүт субсидиятын хайаан да, өлө-төрөөн туран 100 солкуобайга тиэрдиэххэ наада. Оччоҕо биһиги тыа хаһаайыстыбатыгар эдэр дьону түмэ тардыахпыт, сүөһү-ас туталларыгар көҕүлүөхпүт этэ. Дьоммут-сэргэбит тыа сиригэр дохуоттаах, астаах-үөллээх, барыыстаах, байылыат олохтоох уонна МРОТ-ка эппиэттиир хамнастаах да буолуо этилэр. Итиэннэ сүрүнэ диэн, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит төрүт дьарыкпытын тутан хаалан кэнэҕэһин омук быһыытынан тыыннаах хаалыахпыт.
Сымыйаргыах иһин, бу Нина Семенова 1984 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын салайар кадрдарын бэлэмниир техникумун ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн баран, сааһын тухары «зоотехник-организатор» идэтинэн уһуннук уонна быһаччы производствоҕа үлэлээбит улахан уопуттаах специалист. Онон кини кэпсээнин итэҕэйбэт буолуох туспут суох.
Дьэ ол иһин 2018 сыл муус устар 25 күнүгэр Үөдүгэй нэһилиэгин үүт туттарааччылара олохтоох дьаһалтаҕа мустан үүт субсидиятын харчытын 100 солкуобайга улаатыннарарга туруорсан 100 бырыһыан куоластаатылар, мунньах боротокуолугар көрөн олорон киллэрдилэр. Суруллубут – суоруллубат. Салгыы бу 13 киһилээх мунньах дуораана сурукка тиһиллэн, хаһыакка бэчээттэнэн сиэллэнэн-кутуруктанан Ил Түмэҥҥэ, СР правительствотыгар, СР тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министерствотыгар, Ил Түмэн депутаттарыгар, бар-дьон истиитигэр тиийиэ турдаҕа.
Баара суоҕа 100 солкуобай саха норуотун инники дьылҕатыгар хайдах курдук ураты улахан тыын суолаталааҕын бэйэҕит да санаан көрүҥ.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1129 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 25 Ыалдьыттар (гостей): 25 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|