Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Бэс ыйа » 4 » Тэрис. “Эллэй Боотур” 2002с. ЫҺЫАХ
Тэрис. “Эллэй Боотур” 2002с. ЫҺЫАХ
08:21
 ЫҺЫАХ
 
Аҕыс улуустаах Чээл Быраан дьоно биир биис ууһа этилэр. Кинилэр бары Үрүҥ Айыы Тойон Таҥара диэни итэҕэйэллэрэ. Илин, арҕаа, хоту, соҕуруу араас омгуктар олороллоро. Отnон сахалар Орто Дойду саамай бастыҥар ортоку бааллара. Ол да иһин бэйэлэрин туохха да хотторбот дьон быһыытынан ааҕаллара. Кинилэр Таҥараҕа үҥэн аан дойдуну бэрээдэктиир, Орто Дойду олоҕун оҥорор курдук саныыллара. Сахалар Таҥараны кытта ситимнэһэр сүрүн сиэрдэрэ-туомнара ыһыах этэ. Сайын саҕаланар күнүттэн айыыларга анаан алгыс этэллэрэ.

 Татаар Тайма оргүөтүн илин оттүгэр баар кырдалга элбэх атахтарга турар киэҥ хаптаһын былассаакканы оҥорбуттар. Бу былассаакка арҕааа өттүгэр үс сурт туруорбуттар. Бу тутууларын аата туһулгэ араҥаһа диэн эбит.Араҥас диэн үрдүк атахтардаах оҥоһууну ааттыыллар. Бу үөһээ тугу эмэ ууруохха сөп, эбэтэр бу үоһэ олорон аһыахха|, утуйуохха сөп. 'Гүһүлгэ араҥаһыгар то¬ҕус уон тоҕус уол оҕо, аҕыс уон кыыс оҕо батан турар эбит. Бу оҕолор битииһиттэр диэн ааттаналлара. Кинилэр Сэһэн оҕонньор салалтатынан күн аайы алгыс этэллэрэ уонна атахтарын тибигирэтэн айыы халлааныгар котоҕүллэр үҥкүүнү толороллоро. Алгыстара күн тахсыаҕыттан саҕаланара. Оттон күн ортотугар тохтоон аһыыллара, бу кэнниттэн сынньаналлара, киэһэ эрдэ утуйаллара. Утуйар, аһыыр сирдэрэ манна этэ. Ки¬нилэр бу араҥастан түһэр, атын сиргэ барар бырааптара суоҕа. Ити курдук түөрт уон күҥү оыһа алгыыллара.

Оччотооҕу дьон саныылларынан, алгыс төһо үоһэ көтөҕүллэр да, ол тиийбит халлааныгар суруллан хаалар. Бу сурукка күн-дьыл туруга, сир-дойду дьоло-соргута, үүнээйи үүнүүтэ, сүөһү, кыыл-сүөл туруута, дьон-сэргэ олоҕо киирэрэ. Онон бу алгыс аан дойдуну бэрээдэктиир, Орто Дойдуну чөл оҥорор иһин ыытыллара. Алгыс бүппүтүн кэннэ, алгыһы түмүктээһин быһыытынан, оонньуу-көр буолара. Бу сиэр-туом барыта ыһыах диэн ааттанара.

 Ити курдук, бу Чээл Бырааҥҥа олорор сахалар бүтүн киһи-аймах туһугар тыһыынчаннан сылы быһа алгыс этэн кэлбиттэрэ. Бу ытык алгыһы тохтотор, бэрээдэгин кэһэр сатаммат этэ. Кыра даҕаны сыыһа түмүгэр күн-дьыл хаамыыта уларыйыан, алдьархай тахсыан сөптооҕө

 Эллэй саҥа дьыл оройугар төрөөбүтэ. Бүтүн Чээл Быраан үрдүнэн Татаар Тайма Эллэй диэн уолламмытын туһунан сурах тарҕаммыта. "Эллэй — таҥара уола, инникитин кини биһиги Илбитин тутуо", — диэн тыл-өс буолбута. Быйылгы ыһыахтарын алгыһыгар эмиэ бу тыл киирбитэ, онон Орто Дойду дьоно Эллэй кэскилин оҥорон кэбиспиттэрэ
 Алгыс этиллибитэ 39 күнэ буолла. Долгураҕа ыраахтан-чутастан киһи бөҕө муһунна. Манна саха улуустарыттан эрэ буолбакка, Орто Дойду 35 бииһин ууһун дьонуттан эмиэ алгыс ыла кэлбиттэр.

Оччолорго Чээл Быраан улуу Азия киинигэр баар буолан улаханнык сураҕырара. Биис уустара бары ыһыах ыһаллара, ол гынан баран саамай төрут ыһыаҕынан сахалар ыһыахтара аат¬танара. Ол иһин бу ыһыах алгыһын бары ыла сатыыллара.
Алгысчыт үөһээҥҥи үрдүк Таҥараҕа тиийбит быһыылаах, киниттэн тугу көрдөһөрүн, тугу баҕарарын бэрт уустук-ураннык ойуулаан этэн истэ. Таҥара ылынна кур¬дук. Битииһит оҕолор бары күнү утары эргийэн дьон диэки хайыстылар. Ол кэнниттэн битийэн тибигирэтэн бардылар. Мустубут дьон кордөхтерүнэ оҕолор, кырдьык, үөһээ дойдуттан битийэн түһэн эрэр курдуктар. Бары биир тэҥҥэ хамсанан үҥкүүлээн иһэллэрэ дьикти!

Оҕолор ити иһэн: "һай-һай! һат-һат! Уйгу-быйаҥ!" — диэн хаһыытыыллар. Ити аата битииһиттэр үөһээ айыы дойдутуттан ахса суох элбэх сүөһү кутун үүрэн иһэллэр. Дьэ бу түгэни дьон сыыһа туттуо суохтаах. Хонуу куйаар былаһын тухары сылдьар үөр сүөһү хайа баҕарар диэки халыйан хаалыан сөп. Оттон үөһээ айыы халлааныттан түһэр сүөһү өссо тэһии буолар үһү. Дьон төһө кыайарынан элбэҕи тутан хаалыахтаах. Бу сүөһү куттарын кытта оҕолор куттара, кыыл-сүөл куга, от-мас сүрэ эмиэ Орто Дойдуга киирэр. Онон бу кэлбит куттары-сүрдэри ылыы олоҕу барытын тупсарар кыахтаах.
 АЛГЫҺЫ ЫЛЫЫ
Мустубут дьон нөҥүө күнүгэр, күн тахсыан инниттэн, алгыс этиллэр араҥастаах хонуута мустубуттара. Күн тахсар өттүн ким да мэһэйдээбэтин диэн, хонуу уҥа уонна хаҥас өттүнэн аттаах дьон тураллара. Аҕыс уон аҕыс кыыс уонна тоҕус уон тоҕус уол араҥас үөһээ кэккэлээн турбуттара. Кинилэр бары маҥан таҥастаахтара. Күн кылбайан тахсаатын кытта дорҕоон табыктары охсон ньиргиппиттэрэ этиҥ тыаһын курдук сатараабыта. Алгыс саҕаламмыта. Сэһэн оҕонньор биир сиргэ туран наҕыл куолаһынан саҥаран барбыта. Оҕолор кини саҥатын үтүктэн иһэллэрэ. Ити курдук бэрт уһуннук алҕаабыттара, мустубут дьон им-ньим турбуттара. Инники кэккэҕэ тойон дьон уонна ытыктабыллаах ыалдьыттар мустубут этилэр. Кинилэр ортолоругар Татаар Тайма турара. Ыһыах алгыһын кэмигэр тойон да буоллун, кырдьаҕас да буоллун сүһүөҕэр туруохтаах. Арай кыаммат эрэ дьон олоруохтарын сөбө.

 Сотору оҕолор Орто Дойдуга эргиллэн кэлиэхтэрэ. Ити кэнниттэн кинилэр иһэгэйи ыһыахтара. Иһэгэй диэн кыра гына кырбастаммыт түүлэр. Куттар бу түүлэргэ сыста сылдьаллар. Дьоннор соннорун нэлэккэйдэннилэр, сорохтор бэргэһэлэрин уһуллулар. Иһэгэйгэ тигистэхтэринэ сатанар. Сонноругар сөрөөн эбэтэр бэргэһэлэригэр түһэрэн куттары ылыахтара.

Битииһиттэр тиҥилэхтэринэн битийэн субу тиийэн кэллилэр. ҮөҺЭЭ ДОЙДуТТаН үүрүллэн-сэтиилэнэн кэлбит куттар-сүрдэр көстүбэттэр. Билээччилэр этэллэринэн , кинилэр кып-кыра дьҥкир төгүрүктэр үһү. Олус түргэнник хамсаналлар. Дьон бу куттары-сүрдэри бэйэлэригэр иҥэриэхтээхтэр уонна дойдуларыгар-сирдэригэр
илдьэ барыахтаахтар. Оччоҕо ханна баҕарар төрүөх элбиир от-мас үүнэр, быйаҥ олохсуйар.

Татаар Тайма, хаһааҥҥытааҕар да, оҕолор куту-сүрү үүрэн аҕалалларын итэҕэйдэ. Кини эмиэ, атын дьон курдук, бу куттан-сүрттэн төһөтүн эрэ ылардыы бэлэмнэннэ. Ити туран таһынааҕы дьонуу көрбүгэ, бары битииһиттэр эрэ диэки көрөн, соннорун тэлэччи ллэччи туттан эбэтэр бэргэһэлэрин сомсон ылардыы тоһуйан тыҥаан ахан тураллар эбит.

Битииһиттэр атахтарын тыаһа сүүһүнэн сылгы сүүрэн иһэрин курдук ньириһийэр. Ити атах тыаһа улам түргэтээн, улам чугаһаан иһэр. Үөр сылгы халҕаһалыы сүүрэн, субу тиийэн кэлбитин курдук. Бу кэмҥэ һайдыыр-һаттыыр саҥа өссө элбээтэ. Битииһиттэр барахсаттар кут-сүр бөҕөнү илэ-чахчы үүрэн аҕаллылар! Эмискэ битийэр тыас тохтоото. Саҥа-иҥэ, тыас-уус суох буолла. Мустубут тыһыынчанан дьон иннилэрин диэки нөрүйэн, киэҥ хонуу былаһын тухары үүммүт от долгус гынарын курдук хамсаат, тохтоон хааллылар. Отгон битииһит оҕолор "Урууй-айхаал!" -- диэн хаһыытаан бытарыттылар.

Дьон бары "Урууй-айхаал!" — диэн утары хаһыытаатылар. Бу кэнниттэн битииһиттэр дьону үрдүнэн таҥаска сууламмыт иһэгэйдэри бырахтылар. Таҥастар дьон үрдүнэн көтөн иһэн арыллан, ыһыллан истилэр, сүөһү түүтүн кырадаһыннара, иһэгэйдэр, салгыҥҥа кылабачыһа көттүлэр.

 Дьон, салгыҥҥа көтө сылдьар түү кыырпахтарын сонноругар бөрөөн ылан баран, соннорун тимэхтэнэн, курданан кэбистилэр, сорохтор бэргэһэлэригэр түһэрэн ылан баран бэргэһэлэрин кэтэ оҕустулар. Ыраах турааччы да, чугас турааччы да барыта бу быйаҥҥа тииһинэ сатаата. Татаар Тайма куту-сүрү бэргэһэтигэр тоһуйан ылбыта. Бэргэһэтин кэтэн баран, кутун-сүрүн иҥэринэрдии таптанан кэбистэ. Дьон, дьол-соргу ыланнар, үөрүү-көтүү бөҕо буоллулар. Бэйэ-бэйэлэрин эҕэрдэлэстилэр.

 Түөрт уон күннээх алгыс бүппүтүн кэннэ, үс күнү быһа, көр-нар күөстүү үлүннэ. Уохтаах кымыс истилэр. Халыҥ хаһаны уоптулар. Олоҥхолооччу олоҥхолоото
оһуокайдааччы оһуокайдаата. Бөҕөстөр туһуннулар, быһыйдар атах оонньоотулар, сүүрүк аттаахтар ат сүүрүүтүн тэрийдилэр. Бу кэм былаһын тухары Татаар Тайма Или тутар Эллэй диэн уолламмытын туһунан кэпсэл буолла.

Онтон төрдүс күн аттаах, тэбиэннээх дьон Чээл Быраан диэки хотоҕос курдук субулуннулар. Ыалдьыттар дойдуларыгар бардылар. Татаар Тайма ордуута көстө. Долгура бэйэтин күннээҕи олоҕор эргийдэ.

Чээл Бырааҥҥа Орто Дойду олоҕун тутар ыһыах ыһыллынна, сиэр тутуһулунна. Тыһыынчанан сыллар усталарыгар уларыйбакка олохсуйбут үгэс салҕанар.
[ Таҥара уола Эллэй аҕатын сурдугар утуйа сытара. Сурт тэргэҥҥэ олордуллубут этэ. Оччолорго сахалар тэлиэгэни тэргэн диэн ааттыыллара. Тэргэн оҕустар хаамыыларын тэтиминэн биэтэҥниирэ, ити биэтэҥҥэ сөп түбэһэннэрэн, Хаачылаан Хотун биһик ырыатын ыллыыра|. Эллэй аҕатын ордуутун кытта Чээл Быраан устун көсүһэн иһэрэ.

Тэрис.
“Эллэй Боотур”
2002с.
Category: Ыһыах, олоҥхо | Views: 1528 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 16
Ыалдьыттар (гостей): 16
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024