Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Бэс ыйа » 6 » Ил Түмэн депутаттарын хайдах бэрээдэктээхтик талабыт?
Ил Түмэн депутаттарын хайдах бэрээдэктээхтик талабыт?
16:16

Александр Яковлев-Айсан: Ил Түмэн депутаттарын хайдах бэрээдэктээхтик талабыт?

10:37 в 11.05.20180 336

Ил Түмэн быыбара биэс сыл буола-буола ыытыллар даҕаны, хайдах бэрээдэктээхтик быыбардыыры үгүс киһи үчүгэйдик билбэт. Онон бүгүн мин Ил Түмэни хайдах талар туһунан өссө төгүл быһаарыым.

Ил Түмэн барыта 35 быыбардыыр уокуруктаах, ол эбэтэр Саха сирэ барыта 35 чааска үллэһиллэн турар. Быыбардааччыларын ахсаана тэҥ буоларын туһугар аҕыйах нэһилиэнньэлээх улуустары холботолообуттар (ордук хотулары), онтон элбэх ахсааннаах быыбардааччылаах улуустары уонна куораттары төттөрүтүн бытарыппыттар. Холобур, Дьокуускайга мээнэҕэ Саха сирин үс гыммыт биирэ олорбот – киин куорат 9 быыбардыыр уокурукка үллэһиллэн турар. Үгүс улуустар бэйэлэрин территорияларынан быыбардыыллар, холобур Сунтаар уонна Ньурба курдуктар.

Ил Түмэн 70 депутаттан састааптаах. Бу мантан аҥаара, ол эбэтэр 35 киһитэ, биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктартан талыллар (“одномандатнай” диэҕиҥ). Аҥаара, эмиэ 35 киһитэ, партийнай испииһэгинэн быыбарданар. Онон эһиги бэйэҕит быыбардыыр уокуруккутуттан икки депутаты талаҕыт: биирэ одномандатнайтан, биирэ партийнай испииһэктэн. Тута этиэххэ наада: одномандатнайтан хайаан да биир депутаты талар буоллаххытына партийнайтан уустуктардаах, ол эбэтэр уратылаах. Тоҕо диэтэххэ элбэх партия баар буоллаҕа. Ханнык партияны ордороҕут да, онно баар кандидат талыллар кыаҕа улаатар. Бу ыстатыйаны ааҕан истэххитинэ өйдүөххүт.

Талыллыбыт 70 депутаттан 17 депутат бастайааннай төрүккэ олоҕуран үлэлиир, ол эбэтэр госсулууспалаах быһыытынан хамнас ылар. Онон үгүс депутаттар общественнай төрүккэ олоҕуран үлэлииллэр.

Биир мандааттаах быыбардыыр уокурукка (одномандатнайга) кандидаттар сирэй-сирэйгэ көрсөн күрэстэһэллэр. Күрэстэһээччилэрин куолас ахсаанынан кыайбыт кандидат депутат буолар.

Партийнай испииһэгинэн куоластааһын чыҥха уратылаах. Биллэн турар, дьон партийнай испииһэккэ ким киирбитин көрөн куоластыыллар. Ол эрээри партийнай испииһэгинэн быыбардыыр бюллетеҥҥэ партия аата эрэ суруллар, кандидат аата суруллубат. Итини өйдүөххэ наада. Холобур, мин КПРФ партийнай испииһэгэр киирэн быыбарга кыттар буоллахпына, быыбардыыр бюллетеҥҥэ аатым суох буолар. Ол бюллетеҥҥэ партия аата эрэ ыйыллар: “Коммунистическая партия Российской Федерации” диэн. Онтон, холобур, одномандатнайга эмиэ кииристэхпинэ онно аатым суруллар.

Партийнай испииһэктэн хайдах депутат буолалларый? Ону быһаараары ахсааҥҥа киирэбит.

35 депутат – 100 % куолас.

Партиялар хас бырыһыаны ылаллар даҕаны, ити 35 депутаты үллэстэллэр. Холобур, партияларынан быһа холоон үллэрдэххэ: КПРФ – 33 %, Единэй Россия – 33 %, атын партиялар – 33 % куолаһы ылбыт буоллуннар. Оччотугар 35 мандааты партиялар ылбыт бырыһыаннарыгар үллэрэбит: КПРФ уонна ЕР партийнай испииһэктэн 11-12-лии депутаттаналлар, хаалбыт 11-12 мандааты атын партиялар үллэстэллэр.

Ол кэнниттэн аны партиялар кандидаттара бэйэлэрин истэригэр бары бүттүүн ылбыт бырыһыаннарын үллэстэллэр. Бэйэлэрин истэригэр бырыһыанынан үллэстибэттэр – ылбыт куоластарын ахсаанынан үллэстэллэр. Тоҕо диэтэххэ ханнык эмэ уокурукка төһө эмэ аҕыйах киһи кыттыбытын үрдүнэн, тустаах партия бырыһыана атын уокуруктан кыттыбыт биир партиялаахтарынааҕар улахан курдук көстүөн сөп. Оттон ону куоластааччы ахсааныгар таһаардахха, аҕыйах буолуон сөп. Онон куолаһы бырыһыанынан буолбакка, этэргэ дылы киһи төбөтүнэн үллэстии буолар. Ханнык кандидат бэйэтин биир партиялаахтарыттан элбэх куолаһы ылар да, депутат буолар. Аҕыйаҕы ылбыттар мандаакка тиксибэттэр. Онон, хайдах да эргиппит иһин, биир партиялаахтар истэригэр эмиэ күрэстэһии баар. Дьиҥэр бу күрэстэһии туох да куһаҕана суох, тоҕо диэтэххэ төһөнөн бары элбэх куолаһы ылаллар даҕаны соччонон партия ылар бырыһыана элбиир. Атын партиялыын күрэстэһии күүһүрэр.

Оттон одномандатнайга депутаты быыбардааһын судургу диэтибит. Ол эрээри онно үксүгэр партиялар кандидаты туруораллар, бэйэтин туруорунааччы – самовыдвиженец аҕыйах буолар. Онон Ил Түмэн быыбарыгар партиялар улахан оруолу ылаллар.

Александр ЯКОВЛЕВ,

“Туймаада” хаһыат уонна tuymaada.ru тэрийээччитэ, кылаабынай редактора.

Category: Выборы | Views: 1409 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 97
Ыалдьыттар (гостей): 97
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024