Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [378]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Бэс ыйа » 8 » Учуонай тиһэх күннэрэ (Сэһэнтэн быһа тардыы)
Учуонай тиһэх күннэрэ (Сэһэнтэн быһа тардыы)
20:43

Учуонай тиһэх күннэрэ

(Сэһэнтэн быһа тардыы)

2016 сыл муус устар ый саҕана улахан экэнэмиис учуонай Дьөгүөр Киргиэлийэбис Дьөгүөрэп сүрэҕэ бэргээн Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ киинигэр көрдөрүнэ киирбитин туһунан сураҕы Бүөтүр Бэстиинэп дьонтон истибитэ. Кэлин кини кэргэнэ Туонньаны кытта суотабай төлөпүөнүнэн сибээстэһэн ыйыталаспытыгар:

* Дьөгүөр хаанын баттааһына үрдээтэ, онон сибээстээн сүрэҕэ эмиэ ньүөлүйэр, уопсайынан сылаабайдыыр. Түргэнник хаамтаҕына аҕылыыр буолла, ол иһин үчүгэйдик көрдөрөн эмтэнэн тахсар былааннаах балыыһаҕа киирдэ, - диэн Туонньа балайда эрэллээхтик, бөҕөх санаалаах сэһэргээтэ.

* Ээ, сөп-сөп, хата саамай сөпкө дьаһаммыккыт, барытын бэрэбиэркэлэтэн сөптөөх эми-тому анатан тахсара наада. Бэйэтэ да хаһан да бүллүтүөннэммэт-хайаабат, эмтэтэ да сатаабат, доруобуйатын адьас көрүммэт ээ. Аны сотору сайын аҕыс уон сааһын туолуохтаах, наар үлэлээ да үлэлээ буолар, сынньамматаҕа да таайдаҕа... – Бүөтүр эмиэ киһитэ үтүөрэригэр эрэллээҕин биллэрэн баран бакааласта.

Кырдьык Дьөгүөр Киргиэлэйэбис өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан экономика наукатын доктарын учуонай истиэпэнин 46 сааһыгар көмүскээбит чаҕылхай учуонай этэ, кэлин 25 сыл регионнааҕы экономика институтун төрүттээн, салайан, сайыннаран илдьэ кэлбитэ. Бүөтүр кинини кытта сүүрбэччэ сыл устата ити институтка дириэктэри наукаҕа солбуйааччы быһыытынан алтыһан үлэлээн бэрт үчүгэйдик билсибитэ, доҕордоспута. Дьөгүөр эдэр эрдэҕиттэн олох үөһүгэр, ордук наука эйгэтигэр олоҕун анаан, үлэни-хамнаһы тэрийиигэ, чинчийиигэ дириҥник ылсан биллэр диэйэтэл, акадьыамык, профессор буола үүммүтэ. Сэбиэскэй былаас кэмигэр, онтон 90-с сыллартан ырыынакка киирии кэмигэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталастыбатын бэрэстээтэлин бастаан солбуйааччынан, онтон үрдүкү сэбиэккэ норуот дьокутаатынан талыллан государственнай үлэҕэ да сыста

сылдьыбыта. Кэлин үйэ чиэппэрэ кэмҥэ саха сирин бырамыысыланнаһын уонна экономикатын сайдыытын научнай концепциятын, элбэх программаларын, бырайыактарын ырытыһан олоххо киллэрсибитэ. Онон Дьөгүөр Киргиэлийэбис сахалартан экономикаҕа маҥнайгы бөдөҥ учуонай, идэтийбит күүстээх экэнэмиис этэ. Наукаҕа киллэрбит кылаата сүҥкэн, онон кинилэр бэйэ-бэйэлэрин толорсон үлэлээбиттэрэ бэйэтэ туспа кэпсээн.

Ити ыккардыгар сүүрбэччэ хонук ааһан Дьөгүөрэп бүллүтүөнүн саптаран үлэтигэр тахсыбыт сураҕа иһилиннэ. Бүөтүр ити кэмҥэ институттан көһөн Дьокуускайдааҕы наука киинигэр саҥа тэриллибит отделга үлэлээбитэ үһүс сылыгар барбыта. Кинини онно урут биир кэмҥэ бэркэ сибээстэһэн үлэлээбит кэллиэгэтэ, билигин ити киин биир тутаах салайааччыта, наука доктора Өлөксөөндүр Бохуомап ыҥыран үлэҕэ ылбыта. Аҕыйах хонон баран кини Дьөгүөрэби көрсө үлэтигэр тиийбитэ киһитэ тас көрүүгэ туруга уруккутун курдук уларыйбатах эбит этэ, хата бэркэ үөрэ-көтө көрсүбүтэ:

* Дьэ, доҕоччуок, бу «Олоҕум-үлэм түгэннэрэ уонна түмүктэрэ» диэн дьоҕус кинигэни таһаартардым. Билэриҥ курдук быйыл үбүлүөйүм буолуохтаах этэ да, киэҥник бэлиэтээбэтим буолуо, тэрээһинин түбүгэ-садьыга бэрт буолааччы, онон бу эйиэхэ-доҕорбор анаан бэлэхтиибин диэн баран халлаан күөҕэ тастаах тупсаҕай оҥоһуулаах чараас кинигэни туттаран кэбистэ, онно маннык суруллубут:

«Үгүс сылларга итэҕэйсэн, эрэнсэн уонна бииргэ тапсан үлэлээбит үөлээннээхпэр, учуонайга уонна суруйааччыга Бүөтүр Баһылайабыска!» 06.04.2016 сыл диэн. Бүөтүр суруллубуту сиһилии ааҕан баран махтанан киһитин илиитин ыга тутта:

* Оо, бу эмиэ хоһоон бөҕөнү киллэрбиккин дии, саҥа хоһоонноруҥ дуу?, - кинигэ илиистэрин биир-биир арыйталыыр.

* Бээрэ, итиннэ биир саҥа хоһоону сааһырбыт тапталбар Туонньабар анаан суруйбуппун көр эрэ:

… Мин, хойутаан да баран,

Эппит тылбын толоруом –

Сааһырдарбын даҕаны

Дьол ырыатын ыллаһыам.

Мин эйиигин кытары

Элбэх хаары уулларыам,

Тапталлааҕым барахсан

Эн олоххор баар буолуом...

Аны ити хоһоону ырыа гынан көтүтээри Фатина Иванова диэн мелодисткаҕа сакаастаабыппын бүтэрэрин кэтэһэ сылдьабын, - Дьөгүөр астыммыт көрүҥнэнэр.

* Тыый, чахчы ырыаҕа барсыан сөп курдук эбит. Ол аата саҥа хоһоонуҥ элбээбит ээ, үлэһитиҥ да бэрт?!

* Ээ, ити сүнньүнэн урукку брошюрабыттан сүүмэрдээн балайда тыыппалаахтарын кыбыппыттым, иһигэр кэлин суруйталаабыт хас да айымньыбын киллэрбитим, иннигэр олорбут олоҕум туһунан ахтыыны кылгастык эридьиэстээн суруйдум. Хата биир дойдулааҕым поэтесса Сайа – Наталья Михалева эрэдээксийэлээн биэрбитэ, киниэхэ махталым улахан, - Дьөгүөр астыммыт быһыылаахтык эппиэттэһэ олордо.

* Чэ, бэрт. Мин эмиэ хоһооннорум син элбээтилэр да, кинигэнэн таһаартара иликпин. Хаһан эмэ оннук түгэн тосхойор ини..., - Бүөтүр кинигэни ылан суумкатыгар угунна.

Доҕордуулар дөксө да уруккуну-хойуккуну сэһэргэһэ олорбуттара. Кэмниэ-кэнэҕэс Бүөтүр институттан тахсан массыынатын собуоттаан дьиэтин диэки айанната турбута.

Арай биирдэ сайын ааһыыта, ардахтаах силбиктээх атырдьах ыйын диэки Дьөгүөр Бүөтүргэ эрийэр:

* Доҕоор, кэлэ сылдьыаҥ этэ даачабар, сайыммыт барахсан ааһара чугаһаата, ону-маны кыратык сүбэлэһиэх этибит, - диэн ыҥырда.

Онон биир үтүө күн Бүөтүр бэйэтин массыынатынан Сэргэлээх даачатыгар эрийэ-буруйа суолунан айаннаан хойуу бэстэр быыстарыгар турар тупсаҕай оҥоһуулаах тиэргэҥҥэ астаран тиийдэ. Суотабайынан

сибээстэспит буолан дьиэлээхтэр Бүөтүрү олбуор ааныгар утары тахсан көрсөн үөрэ-көтө дорооболостулар. Кэлииккэнэн киирэр аан уҥа өттүгэр силигилии үүммүт эдэр хатыҥнар сэбирдэхтэрэ саҥардыы саһаран эрэр этилэрэ. Оҕонньор таһырдьа тэлгэһэтин соҕуруу эҥэригэр турар тэпилииссэтин, чугас оҕуруот аһын үүннэрбит кирээдэлэрин, саҥардыллыбыт массыынатын гарааһын онтон да атын тупсаҕай оҥоһуулаах тутууларын көрдөртөөтө. Олбуор нөҥүө хойуу бэстэрдээх үрдүк кырыыһалардаах дьиэлэри ыйа-ыйа:

- Оол, Уйбаныаптар, онтон ону кытта сэргэстэһэ соҕус Киргиэлэйэптэр сайылыктара, урут эдэрбитигэр өрүү хардарыта сылдьыһар, ыалдьыттаһар этибит, - диэн кэпсээтэ уонна былыргытын ахта санаан манньыйан ылла, онтон дьиэтигэр киллэрэн, онно баар баайын-дуолун, саҥа атыыласпыт миэбэлин эҥин көрдөрөн билиһиннэрдэ:

* Дьэ, быйыл даачабытыгар бэйэбитигэр сөп буолар оҕурсу, помидор, луук үүннэ, моркуоппутун, сүбүөкүлэбитин дөксө да хомуйа иликпит. Тымныы түстэҕинэ ити үүнээйилэр састааптара тупсар диэччилэр. Чэ, тахсан чэйдиэххэйин. Бу бэрээндэбитигэр сибиэһэй салгыҥҥа аһыыбыт, халлаан өссө да ичигэс, - диэн дэлэччи ас тардыллыбыт төгүрүк остуолугар ыҥырда.

Кэргэнэ Туонньа үөрэ-көтө үүттээх сылаас чэйи чааскыларга кутуталаата:

* Чэ, хата, Бүөтүр кэлбитиҥ үчүгэй. Тоҥмот буоллаххына бинсээккин устан ити көхөҕө ыйаан кэбис. Көрүҥүҥ, сирэйиҥ-хараҕыҥ үчүгэй дии. Туругуҥ хайдаҕый? Эмтэриҥ көдьүүстээхтэр быһыылаах дуо?

* Ээ, онтон кэриэйэлэр ДНК-нан чинчийэн сүбэлээн биэрбит табылыаккаларын күҥҥэ биирдиини иһэ сылдьабын. Тыыннаах хаалыы 78 бырыһыана диэбиттэрэ. Доруобуйам кэминэн курдук. Соторутааҕыта КТ-га түспүтүм, быарбар баар үс аҥардыы сантымыатырдаах искэннэрим лаппа кыччаабыттар. Биирим сантымыатыр курдук, атыттарым 0,3-0,4 см буолбуттар, аны ноорбор баар искэним сүтэн хаалбыт! Атын хааным онкоҕа анаалыстара куһаҕана суохтар...

* Тыый, тоҕо бэрдэй?! Оччоҕуна салгыы эмтэннэххинэ төрүт да үтүөрүөххүн сөп эбит дии?, - Дьөгүөр чахчы соһуйа истэн көбдьүөрэр, биллэ сэҥээрэр. Иһэ олорор ыстакааннах чэйин остуолга уурар.

* Онтон, оннук буоллар ханнык. Санаабын түһэрбэппин, 4-с стадиялаах да буолларбын. Баҕар таҥара көмөтүнэн бэртэх кэлиэхпин сөп курдук, эмиэ да сэрэхтээх баҕайы..., киһи быһа этиммэт ыарыыта.

* Чэ, бэрт. Доҕоор, дьэ солуммут диэн мин өрөспүүбүлүкэ наукаларын акадьыамыйатын балаһыанньатын быһыытынан толору академическай ыстааспынан соторутааҕыта Академия сүбэһитин дуоһунаһыгар көстүм. Үрдүк үөрэҕи 23 сааспар бүтэрэн, 54 сыл учуонай быһыытынан үлэлээн билигин сынньалаҥ соҕустук үлэлиир усулуобуйаланным. Онон наукабар оргууй наллаан соҕус үлэлиэм-хамсыам этэ... Чэ, эн сөбүлээбит аскыттан тэриэккэҕэр уурунан аһаан ис. Барыта бэйэбит оҕуруоппутуттан, арай ити тэллэйи сайын Птицефабрика үрдүнээҕи тыаттан хомуйбуппут, бэйэм маринуйдаабытым, сибиэһэй...

* Сөп, сөп. Бэйэм да аспар талымастаан сирэр-талар диэни билээччим суох, аһыырбын баҕас сөбүлүүбүн, - һэ-һэ, - Бүөтүр сып-сылаас хортуоппуйдаах соркуойу баһан ылан тэриэккэтигэр уурунна.

* Дьэ, Бүөтүр аһыы-аһыы налыччы кэпсэтиэҕиҥ, ыксаабат инигин?

* Суох-суох. Уоппуска киһитэ туохха ыксыахпыный. Быйыл сайын хата кэргэмминээн массыынабынан дойдубар баран кэлбитим, төрөөбүт түөлбэбэр тиийэн ахтылҕаммын таһааран хайдах эрэ күүс ылыммыт, сэниэ эбиммит курдук буолааччыбын. Кыратык моонньоҕоннообуппут, хаптаҕас баҕас дэлэччи үүммүт этэ.

* Ээ, хайа доҕор, дойдугар диэри ыраах буолбатах дуо? Бэйэҥ урууллаан бардаҕыҥ...? – Туонньа саллыбыттыы хап-хара хараҕын тэрбэччи көрөр.

* Ээ, мантан бастаан паромунан Өлүөнэни туоруугун, онтон биэс чаас курдугунан айаннаан киэһэ убайым аахха астаран тиийэбин. Аара тохтоон айылҕаҕа сынньана-сынньана айанныыбын. Суол үчүгэй.

* Дьэ, чахчы ыһыы киһи эбиккин (!) - Дьөгүөр киһитин диэки бэркиһээбиттии утары көрөр, ыалдьаргын төрүт билиммэт эбиккин дии?.. Тоҕо бэрдэй.

* Ээ, оттон бу ыарыыга сытан биэрбэккэ хамнаныы эмиэ наада, күн аайы 1,5-2 чаас хаамабын, сэрээккэлиибин, даачабар үлэлиибин, суруксуттуубун, онон дьарыкпын ыһыктыбаппын.

* Доҕоор, биһиги бу Туонньабынаан эйиигин кытта сүбэлэһээри уонна сүбэлэтээри ыҥырбыппыт. Мин быйыл сааскыттан ыла уҥа ойоҕоһум диэки ньүөлүйэн ыалдьар буолла уонна хахсыйан сөтөллөрүм тоҕо эрэ элбээтэ. Саас мэдиссиинэ киинигэр көрдөрбүппэр, “уҥа тыҥаҥ тас хаҕын кытта таарыйсар сиригэр туох эрэ хара туочука баар” диэбиттэрэ. Аны хааным анаалыстара буоллаҕына үчүгэйдэр. Ол иһин биопсия оҥороору гыммыттарыгар сөбүлэммэтэхпит, бэргэтэн кэбиһиэхтэрэ диэн. Эн хайдах билбиккиний бастаан ыалдьыбыккын? – Дьөгүөр оргууй ыйыталаһа олордо.

* Ээ, миэнин соһуччу билбиттэрэ, эмиэ сүрэҕим ириитимэ уларыйбытыгар көрдөрө сырыттахпына кардиолог Ольга Макарова диэн быраас иһиллээн баран диагностатан тута онколуогуйа дьыспаансырыгар ыыппыта. Маҥнай соһумар, тустаахха дьулаан дьыала этэ. Онон хата арыый эрдэ билэн Москубаҕа Блохин аатынан онколуогуйа киинигэр баран тыҥабын эпэрээссийэлэппитим. Дьөгүөр, эн адьас көрдөрөрүҥ наада, биопсияттан төрүт куттаныма, баҕар көннөрү куттала суох искэн буоллаҕына түргэнник эмтэтэн кэбиһиэҥ этэ...

* Оо, дьэ, бу киһиэхэ наар инньэ диибин да буолуммат, манна диэн эттэххэ, дьулайар курдук, - Туонньа кэпсэтиигэ кыттар, - киһи тылын истибэт, чэй дөксө кутабын дуо? – дьахтар чаанньыгын илиитигэр ылар.

* Кут-кут. Онон, Дьөгүөр, олох куттаныма, түгэн көһүннэ да ол мэдиссиинэҥ киинигэр киирэн көрдөрүн. Бу даачаҕыттан көһөөт да тута киирэриҥ наада, уталытыма.

* Оо, дьэ.... Чэ, хайыахпытый, көрдөрүнүөм этэ, - Дьөгүөр дириҥник үөһэ тыынна...

2016 сыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр Дьөгүөрэп кэргэнинээн Соҕуруу Кэриэйэҕэ көтөн тиийэн Донгсаҥҥа туочунай диагноһы туруортаран эмтэниитин саҕалыах курдук буолан истэҕинэ, Малайзияҕа олорор урукку кэргэниттэн кыыһа Ирина, манна кэл, эмтэтиэхпит, кэргэним биллэр анал үөрэхтээх быраас диэн ыҥыраннар түргэнник көрөн баран «эйиэнэ араак ыарыы буолбатах, биһиги илиҥҥи мэдиссиинэ эминэн үс ый устатыгар вегетарианскай диэтэнэн эмтээн үтүөрдүөхпүт» диэбиттэрэ. Онон үөрэн ол дойдулар сүбэлээн оҥорбут диеталарынан аһылыгын үүнээйигэ хайысхалаан, кинилэр рецептэринэн икки ый устата эмтэммитэ эрээри ыйааһына уонча киилэ түһэн, сэниэтэ эстэн, туруга олус мөлтөөн барбытыгар, ыксаан эмиэ Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ киинигэр киирэн көрдөрүммүтэ. Онуоха бары анаалыһы түргэнник оҥороннор, «ыарыыҥ хомойуох иһин атын органнаргар тарҕаммыт, онон суһаллык онкодьыспаансырга эмтэтэриҥ наада» диэбиттэригэр эмиэ улаханнык мунчааран доҕоругар Бэстиинэпкэ эрийбитэ:

* Дьэ, доҕоччуок, малайзиялар эмтэрэ туһалаабата, ыарыым дириҥээри гыммыт үһү, онон түргэнник эн эмтэммит килииникэҕэр бараары гынабын, бу күннэргэ дьиэбитигэр кэлэ сылдьан анараатах хайдах туох быһыылаахтык эмтииллэрин, сыаналара, астара, усулуобуйалара хайдаҕын кэпсээн, сүбэлээн биэриэҥ этэ, - диэн көрдөһөр.

* Ээ, саамай сөпкө быһаарыммыккын, мин кэриэйэлэр маннааҕы бэрэстэбиитэллэрин Григорий Сону кытта кэпсэтэн, онно эйиигин суһаллык көрө охсон эмтииллэригэр көрдөһүөм. Миигин үс сыл эмтэммит буоламмын син билэллэр. Анараатах тэрийэр киһилэрэ Ли-Гу-Хо диэн бэртээхэй менеджэр баар. Онон бара оҕус, бириэмэни куоттарыма!

Сотору Дьөгүөрэптээххэ 203 кыбаарталга турар дьиэлэригэр тиийэн хайдах быһыылаахтык айаннаан сылдьалларын, эмтэнэллэрин торумнууллар. Онон Дьөгүөрэптэр ахсынньы ый бүтүүтүгэр Тэгу куоракка тиийэн Донгсан килииникэтигэр көрдөрбүттэрин «хойутуу сыспыккыт, ол да буоллар да туох кыалларынан барытын оҥоро сатыахпыт, 20-лии хоно-хоно хиимийэлэнэргит наада, иммунитиэккит олус намтаабыт, ону чөлүгэр түһэрэргэ атын да эмтэри

анаталаан кыһаллыахпыт» диэбиттэрэ. Икки ый курдук кэмҥэ үс хиимийэни ылан, ыйааһына син эбиллэн, туруга быдан тупсан барбыта, санаата бөҕөргөөбүтэ...

Ол гынан баран урут балыыһаҕа өр сыта үөрэммэтэх буолан Дьөгүөр дойдутун, сахалыы аһын ахтан, көҥүллэтэн Дьокуускайга төннөн кэлбиттэрэ. Онтон ый курдук сынньанан баран муус устар ыйга эмиэ кэриэйэлэригэр эмтэнэ төннүбүттэрэ. Анараатах салгыы тиийэн икки хиимийэни ылан баран аны «хайдах эрэ мөлтөөрү гынабын, арай маннааҕы химиийэ састаабын чопчулаһан дойдубутугар ылыахпыт этэ» диэн эмиэ төннөн кэлбиттэрэ. Ол гынан баран бу сырыыга туруга тупсан биэрбэтэҕэ, наука балыыһатыгар киирэн сытан эмтэммитэ.

2017 сыллаахха ыам ыйын 20 күнүгэр Соҕуруу Кэриэйэттэн кэлэн балыыһаҕа сыттаҕына Бүөтүр тиийбитигэр долгуйа көрсүбүттэрэ. Онуоха Бүөтүр: «кэлбиккинэн, убаай», - дии-дии кууһан ылбытыгар наһаа үөрбүтэ-көппүтэ «эн сүбэҕин тутуһан кэриэйэҕэ син эмтэтэ сатаатым, наһаа кыһанан-мүһэнэн эмтииллэр, уопсайа алта хиимийэни ыллым ээ», - диэн кыайа туппуттуу кэпсээбитэ. Хайа да киһи, итинник ыар ыарыыттан арыый мүлүрүттэрэн эргилиннэҕинэ үөрэ долгуйара чуолкай. Сытар хоһугар утарыта олорон ол-бу наукаҕа тахсыбыт солуннары кэпсэппиттэрэ. Институту үбүлээһиҥҥэ университет өттүттэн туох да күттүөннээх өҥө оҥоһуллубатаҕын Бүөтүр сонньуйа кэпсээбитэ. Ону эрдэттэн истибит буолан бэйэтэ тэрийсибит, сайыннарбыт института уонна научнай оскуолата эстэр буоллулар диэн ыарахан санааҕа киирбит эбит этэ:

* Былырыын институппун университеттан араараары гыммыппар ректор Махсыымаба улаханнык кыыһыран кэпсэппитэ. Өр сылларга үлэлээбит-хамсаабыт үлэбин сыаналаабатаҕа, - диэбитэ уонна өрө тыыммыта.

* Ээ, чэ, Дьөгүөр Киргиэлэйэбис, итини барытын санааҕар тутума, доруобуйаҕар оҕустарыаҥ, - диэн Бүөтүр алы гына сатаабыта.

Кэриэйэттэн кэллэҕин утаа төһө да бөҕөхтүк тутуннар биллэ мөлтөөбүтэ бытааннык туттарыттан, ыараханнык тыынарыттан, сотору-сотору хахсыйан сөтөллөрүттэн көстөрө. Ону бэйэтэ «ээ ити хиимийэм реакцията буолуо, быраастарым атааралларыгар дойдугар тиийдэххинэ сыыйа-баайа туругуҥ көнүө» диэбиттэрэ диирэ. Төһө да мөлтөөтөр уопсастыбаннай олоххо, наукаҕа, оннооҕор омук сирдэригэр да буола турар уларыйыылары билэ-көрө, анаара сылдьара. Хомойуох иһин олохтоох наука акадьыамыйатыгар сири аннынан буолар иирсээни, этиһиини, интириигэни, хойох хостоһууну, ордугурҕаһыыны истэ сылдьан абааһы көрөрө, сөбүлээбэтэ. Итинник иирсээннэр холкутук, чуумпутук, айымньыылаахтык үлэлиири мэһэйдииллэр диэбитэ.

Биирдэ Дьөгүөрэп наука балыыһатыгар сыттаҕына Бүөтүр эмиэ көрсө тиийдэ. Диагноһа куһаҕан буолан иһэриттэн киһи эрэ санаата улаханнык самнааччы, ол иһин «хайдах эрэ сытара буолла?» диэн саныы-саныы балыыһа иккис этээһигэр тахсан ахсыс балаатаҕа тиийбитэ. Хата киһитэ бэрт сэргэхтик көрсүбүтүттэн иһигэр үөрэ санаан өрө тыынан ылбыта. Дьөгүөр балайда сэргэхтик, холкутук диагноһын туһунан кэпсии-ипсии олорбута. Дьиҥэ ол искэним да тыҥабар буолбакка, тыҥа тас өртүгэр баар плевроҕа сытар үһү улаханнык тарҕамматах курдук, - диэн баран остуолга сытар эмтэри көрдөртөөтө. Онто үксэ сүрэх уонна хаан баттааһынын намтатар табылыаккалар быһыылаахтара. Онон ол-бу институттарга буолар солуннары кэпсэтиһэн баран сотору Бүөтүр «Чэ, кытаат үтүөрүөҥ», диэн бакаалаһан тахсан барбыта. Ону Туонньата иккис этээс тахсар ааныгар диэри атааран махтана хаалбыта «эн кэллэххинэ наһаа сэргэхсийэр, настырыйыанньата көтөҕүллэр» диэбитэ. Аҕыйах хонугунан Дьөгүөрэп аны хаанын састааба мөлтөөтө, ордук гемоглобина, эритроцита намтаата, сөтөллүүр, онон санааргыыр буолла, саатар сорох доҕотторо умуннулар, эн кэлэн көрсөн санаатын көтөҕүөҥ этэ», - диэн Туонньа ыксаабыт куолаһынан суотабайынан эрийэ сырытта. Бүөтүр хаан анаалыһын уларыйыыларын туһунан интэриниэккэ киирэн көрө сылдьыбыта итинник түгэннэр араак килиэккэлэрэ

элбээн устунан киһи атын органнарыгар тарҕаннаҕына тахсар диэн чуолкайдык суруйбуттар эбит, онуоха саамай көдьүүстээх эмтээһин ньыматынан хиимийэ эрэ буолар диэн ыйбыттар. Аны ити эритроциттарын, тромбоциттарын ахсаанын намтааһына В-12 битэмиинэ тиийбэтиттэн тахсар эбит.

Бүөтүр доҕорун санаатын хайдах эмэ гынан аралдьытан көтөҕөр сыалтан үлэ чааһын кэнниттэн киһитигэр тиийбитэ оронугар өттүгэстээн, нуктуу сытар эбит. Ону мэһэйдээмээри көрүдүөргэ тура түстэ, арай көрдөҕүнэ Дьөгүөрү эмтиир быраас Елена Ивановна иһэр эбит, ону тохтотон дорооболоһон баран туругун ыйыталаспытыгар анараата ординаторскайга ыҥыран киллэрдэ уонна:

* Дьэ, Бүөтүр Баһылайабыс, доҕоруҥ анаалыстара соччото суохтар, да биһиги туох кыалларынан эмтииргэ дьулуһабыт, хомойуох иһин иммунитета олус мөлтөөтө, көр эрэ бу хаанын анаалыстарын, - диэн баран соторутааҕыта оҥоһуллубут көрдөрүүлэри уунна:

Бүөтүр бэйэтэ да элбэхтэ эрэйдэнэн хаан биохимиятын туругун сыыппаралартан көрөн ырытан билээччи, онто маннык суруктаах буолла: «Эпикриз Е.Г. Егорова от 30.04.2017 г.»: анемия – высокая, соя – 123 (вместо 15 нормы), наблюдается резкое ослабление иммунитета. Уровень фтора – высокий, кальция – низкий. Предлогается химиотерпия “Алимта” – фолиевия кислота (предназначается при снижении витаминов 8,9,12). Ону ааҕан баран Бүөтүр:

* Оччоҕо химиотерапияны саастаах ыарыһах уйуо дуо? Мин бэйэм итинник турукка сылдьан нэһииччэ түөрт эрэ химияны тулуйбутум ээ, онтон аккаастаммытым.

* Хайа, онтон тулуйдаҕына эрэ сатанар, хомойуох иһин атын барыйааммыт суох ээ. Арай онкодьыспаансырга көһөрүөхпүтүн сөп да, ону киһигит буолуммат

* Чэ, сөп, ыарахан балаһыанньа буолбут эбит. Хайыахпытый, тулуйарыгар тиийэр. Махтал, кытаатан кыһаллан эмтии сатаарыҥ, - диэн көрдөһөн баран Бүөтүр палаатаҕа тиийдэ.

* Оо, доҕорум Бүөтүр, киир-киир, дорообо! Хайа туох солун, үлэҕэ-хамнаска туох уларыйыылар баалларый? - Дьөгүөр үөрэ-көтө көрүстэ, утары турар олоппоһу чугаһата аста. Бүөтүр көрдөҕүнэ доҕоро мөлтөөн иһэрэ биллэр, сирэйэ-хараҕа лаппа кубарыйбыт, онуоха кэлин икки сыл биллэ маҥхайбыт, түһэн аҕыйаабыт баттаҕа дьүөрэлэһэр, ыйааһына да түспүтэ көстөр, илиитэ-атаҕа синньээбит.

* Дорообо, дорообо, - Бүөтүр доҕорун сымнаҕас, нукаай курдук илиитин тутан баран утары олоппоско олордо, чугас туумбаҕа, түннүк анныгар турар остуолга ол-бу эмп бакыаттара, араас утахтар иһиттэрэ, ыстакааннар, хаан баттааһынын кээмэйдиир прибордар эҥин лаппа элбээбиттэр, - хайа, хайдаххыный?

* Ээ, чэ, иннэ-кэннэ биллибэт эмтэнии курдук, сүрэҕим ыалдьара ааста эрээри аны ойоҕоһум ыарыыта бэргээтэ, уҥа өттүбүнэн сытыарбат, тыыным хаайтаран сотору-сотору уһуктан сүгүн утуйбаппын. Үтүөрбэт курдукпун.

* Оо, дьэ накаас эбит, тулуйа сатаа эмтэнэриҥ таһынан ити кытыаныҥ уутун ис уонна туран дьэгдьийэргэ көрүдүөргэ тахсан хаамарыҥ наада, - Бүөтүр атын сүбэлииргэ суох буолан санаабытын этэ олордо.

* Кыратык тахса сылдьааччыбын да, түргэнник сылайабын ээ.

* Чэ, кытаат, ити эмтэргин, табылыаккаларгын эппиттэрин курдук иһэ сылдьарыҥ наада. Хааныҥ састаабын көннөрөрүҥ наада, ону ити анаабыт битэмииннэрдээх укуоллара көннөрүөхтэрэ.

* Оо, укуол бөҕөнү ылабын да тоҕо эрэ мөлтөөн иһэбин..., - Дьөгүөр санаарҕаабыттыы түннүк нөҥүө былыттаах халлааны одуулаһа олордо. Тугу эрэ санаан аһарда быһыылаах арыый сэргэхсийэн ылла:

* Чэ, доҕоччуок, бу кириисиһи аһардабын балыыһаттан тахсан дьиэбэр сытан эмтэниэм этэ, манна адьас санаам сыппат буолла...

* Аһылыккын син биир эмп курдук санаан туран кыайаргынан аһаар, ол барыта энэргиэтикэҕэр дьайар. Аны ити хааныҥ анаалыстарын тупсарар инниттэн норуот эмчиттэрин сүбэлэринэн убаһа, ынах сүөһү, куурусса быарын сиириҥ сөп этэ, онуоха эбии муораҕа үөскүүр осьминог диэн балык бииһин ууһа туһалаах үһү. Оччотугар анаалыстарыҥ урукку кээмэйдэригэр түһүөхтэрэ..., - Бүөтүр урут ханнык эрэ кинигэҕэ аахпыт сүбэлэри өйдөөн кэлэ-кэлэ кэпсии олордо.

* Оттон, аймахтарбыт, доҕотторбут кэлэн көрсө тураллар, араас эми-тому барытын сүбэлииллэр, аны олус элбэҕиттэн бутуллуох да курдукпут, - Туонньа кэпсэтиигэ кыттар, - быраата Уйбаан соторутааҕыта кытыан лабаатын уонна туораҕын аҕалбыта, бөрө сиир ото эмиэ баар, аконит сүмэһинэ...

* Ээ, кэбис, олус үлүһүйүмэҥ, ити бөрө сиир отун элбэҕи иһэрдимэ, наһаа күүстээх дьааттаах. Нэдиэлэ курдук туттан баран тохтотор наада, анал инструкциянан иһиэхтээххит.

* Сөп-сөп, манна Сунтаартан төрүттээх билэр отоһут дьахтарбыт сүбэтин тутуһабыт, һэ-һэ, - Дьөгүөр арыый сэргэхсийэн оронуттан турда, - хата мин эйиигин атаарыым, кэлэн ону-маны кэпсээн сэргэхситэн барбыккар махтал.

Сотору доҕордуулар иккис этээстэн аргыый хааман тахсар ааҥҥа тиийдилэр:

Чэ, этэҥҥэ сырыт, доҕорум барахсан. Кэриэйэҕэ сыттахпына бассаабынан ону-маны кэпсээн, арааһы ыытан аралдьытан абыраабытыҥ дии, Туонньабынаан күн-аайы эн бассаапкын кэтэһэрбит, ону умнубаппын, бастыҥ үөрэнээччим буоллаҕыҥ, махтал. Дөксө да кэлэ сылдьар инигин. Мин арааһа манна уонча хонорум буолуо, - Дьөгүөр киһитин илиитин тутан иһирэхтик махтана хаалбыта. Ити кинилэр бүтэһик көрсүһүүлэрэ эбит этэ...

Кини киһиэхэ, дьоҥҥо наар үтүөнү оҥоро сатыыра. Ырыынакка киирии ыарахан сылларыгар тэрийбит институтун бөҕөргөтөөрү бэртээхэй наука каадырдарын ыҥыран аҕалан, түмэн үлэлэппитэ. Ол курдук экономика

ханнык баҕарар салаатыгар идэтийэн үлэлиир исписэлиистэри мунньан уонча отделы тэрийбитэ. Онуоха уонча экономика наукатын доктордара, отучча наука кандидаттара олус айымньылаахтык,эйэ-дэмнээхтик үлэлээбиттэрэ. Улуустарынан сылдьан кэскиллээх сайдыы программаларын, бырайыактары оҥорторбута. Үлэтигэр ирдэбиллээх буолууну, бар-дьоҥҥо амарах сыһыанын олоҕун тиһэх күнүгэр диэри уларыппатаҕа. Кини ыарыыта дириҥээн иһэрин билэр, сэрэйэр быһыылааҕа, да быраастар уонна доҕотторун сүбэлэрин тутуһан доруобуйатын бөҕөргөтүнэ сатаабыта. Адьас кэлин, тиһэх күнэ субу чугаһаан иһэрин өтө сэрэйдэр даҕаны, ити туһунан биир да тылы ыһыктыбатаҕа. Оттон доҕотторо, сылдьар дьоно сиэр быһыытынан көннөрү ыарыы курдук сүбэ-ама буолаллара. Онтон аралдьыйан төрүт да үтүөрэргэ барарын кэтэһэрэ, эрэлин хаһан да сүтэрбэтэҕэ. Быраастар тугу сүбэлээн эмтииллэрин барытын ылына сылдьыбыта.

2017 с. бэс ыйын ортотугар Дьөгүөр туруга эмискэ мөлтөөбүтэ. Биэрэр эмтэрэ, систиэмэлэрэ туһалаабыт буолан барбыттарыгар «уҥа ойоҕоһум ыалдьар, салгыным тиийбэт» диэн сотору-сотору кислородтаах тэрилинэн тыынар буолбута. Дьиэтигэр үс-хас хоно тахса сылдьан бүрүүстүптээн, тыына хаайтаран өйүн сүтэрэ сыспыта. Ол иһин миэстэ көрдөһөн Гериатрия киинин балыыһатыгар киирбитэ, онно наар кислородунан эрэ тыынар буолан реанимацияҕа киллэрбиттэрин кэннэ биэс хонугунан бэс ыйын 26 күнүгэр сүрэҕэ тохтообута. Бэс ыйын 28 күнүгэр Дьокуускайдааҕы наука киинин дьиэтигэр кутурҕаннаах миитин буолбута. Ити курдук саха интеллигенцията биир чаҕылхай уолун тиһэх суолугар атаарбыта... Киһи элбэх этэ. Тыл этээччилэр, олор истэригэр СР бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев о.д.а доҕотторо, учуонайдар, дьокутааттар, биир дойдулаахтара сунтаардар кини кимин-тугун, төрөөбүт норуотугар оҥорбут үтүөлэрин, наукаҕа ситиһиилэрин кэрдиис кэмнэрин чуолкайдаан истиҥник, иһирэхтик ахтыбыттара.

 

Василий Дарбасов - Дабаччыма

Category: Люди. Человек. Народ. Общество | Views: 1443 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024