Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » От ыйа » 10 » Ысыах – это религиозный праздник, так же как Пасха или Курбан Байрам.
Ысыах – это религиозный праздник, так же как Пасха или Курбан Байрам.
08:05

Сунтаардар: “Түмсүү күүһэ — кэскил түһэ!”

От ыйын 7 күнүгэр, самаан сайын үгэнигэр, от – мас, сибэккии ситэн, киэргэйэн, тыа чараҥнарыгар дьэдьэн ситэн буһан эрэр кэмигэр Дьоллоох Дьокуускайга Сунтаартан төрүттээх дьоннор уонна Саха сирин бары муннуктарыттан сыдьааннаах аймах-билэ, доҕор-атас дьоммут бука бары үгэс курдук түмсэн Улуу Туймаада туонатыгар, Үс Хатыҥ ытык сиригэр биһирэмнээн мустар түһүлгэбитигэр Ыһыах ыстылар.
Күүркэппэккэ да бэлиэтээтэххэ тыһыынчаннан киьи бу ип итии, куйаас да куйаас күн түрдаҕына оҕолуун-уруулуун бука бары үөрэ-көтө, маныылаах сахалыы таҥастарын –саптарын кэтэн киэҥ түһүлгэни толору муһуннулар. Тэрээһин идеятын тэрийээччилэр: “Түмсүү күүһэ — кэскил түһэ” диэн сөпкө талбыттар. Кырдьык да, түмсүүлээх дьон, норуот биир сомоҕо күүс буолар.
Бу үөрүүлээх түмсүүнү Сунтар улууһун киэн туттар СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Наталья МИХАЛЕВА уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Айаал АММОСОВ кэрэ бэлиэ, өрөгөйдөөх куоластарынан: „Сунтаартан төрүттээхтэр ыралаах ыһыахтара сылтан сыл түөлбэ күүһүн түмэр, биир дойдулаах дьон сомоҕо санааларын бөҕөргөтөр, саха омук киин түһүлгэтин кэрэ кэккэнэн киэргэтэр соруктаах тэриллэллэр. Оонньуу-көр оройо, сымса-быһый күрэҕэ, ырыа-тойук долгуна, дьоллоох дьуохар үҥкүүтэ, оһуокайбыт олуга бүгүн нэһилиэктэрбит кыттыыларыттан, кинилэр бигэ тэрээһиннэриттэн тутулуктаах“ –диэн биллэриилэриттэн саҕаланна, мустубут дьону ыҥырда….

Улуус түөлбэлэрин түмсүүлээх хаамыыларынан түһүлгэни эргийэн баран бэйэлэрэ илдьэ киирбит олбохторугар түөлбэлээн олороллор. Ыһыах үөрүүлээх түгэнэ саҕаланар.


Киэргэллээх акка олорбут Санита АЙ, Рустам КСЕНОФОНТОВ киирэллэр. Ахтылганнаах тоҕус түптэ сыта унаарар, кыталыктар кылбайан киирэн үҥкүүлүүллэр, хомус тыаһа иһиллэр. Ыһыах тэрийээччилэрин анал ыҥырыытынан быйылгы Алгыс сиэрин-туомун толоро хоту дойду хомуһуннаах тыллааҕа, Эдьигээн эҥэрин этитиилээх эйгэлээҕэ, Түмэр Ойуун диэн түһүлгэлээх ааттааҕа Леонид Афанасьевич АРБУГИН-САВВИН кэлбит. Түһүлгэ тэрээһинэ кини ыйыытынан оҥоһуллубут. „Аар Айыыларга аныыр айгыр-силик алгыспыт аламай маҥан халлаан аҕыс аартыктарыгар алаарыйар кустуктуу арылыйан тиийиэ диэн, толомон маҥан халлаан тоҕус тоҕойдоругар тоҕооһон тиийиэ диэн ис сүрэхтэн эрэнэн, үгүрү-сүгүрү буолан, нөрүөн-нөргүйэн ытык түгэни көрсүөҕүҥ! Айхал—мичил буоллун!“ — мустубут дьон бука бары алгысчыт алгыһын ытыстарын өрө уунан туран сүрэхтэригэр-быардарыгар иҥэринэн Уруй-айхал! Уруй-тускул! –диэн биир санааннан уһуутууллар.


Бар дьонугар субу курдук толомон толкуйу туһаайан, саргылаах санааны салайан Тойон түһүлгэҕэ ыралаах ыһыахпытын тэрийээччи, түмсүүбүтүн түстээччи: «Арктик-Капитал» хампаанньалар бөлөхтөрүн салайааччы Матвей ЕВСЕЕВ ыһыах ытык-мааны ыалдьыттарын кытта уруй олбохтонон, айхал аргыстанан киирэн кэлэллэр. Ытык мааны, ыҥырыылаах ыалдьыттары уонна түмсүү салайааччытын Матвей Евсеевы биир дойдулаахтара дохсун ытыс таһылыынарынан доҕуһуоллаан көрүстүлэр.

Матвей Николаевич ыһыах аһыллыбытын биллэрэр. Ыҥырыылаах ыалдьыттары А.К. АКИМОВЫ, В.И. ТИХОНОВЫ, Сунтаар улууһун Мунньаҕын председателэ Михаил МАКСИМОВЫ сэргэ бастыҥ-мааны ытык кырдьаҕастарбыт, сэрии, үлэ бэтэрээннэрэ, Сунтаар улууһа уонна республика сайдыытыгар үтүө суолу-ииһи хаалларбыт уонна хааллара сылдьар салайааччыларбыт киирдилэр. Олор истэригэр: быйыл 92 хаарын уулларбыт Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, сэбиэскэй-партийнай үлэ бэтэрээнэ Петр Константинович ЯКОВЛЕВ, бу күннэргэ 90 сааһын томточчу туолбут тыыл үлэтин, спорт уонна култуура бэтэрээнэ, үтүөлээх учуутал, профтехүөрэхтээһин туйгуна, тэрийээччи Семен Александрович ЗЕДГЕНИЗЕВ.
Үгэс быһыытынан ытыктабыллаах ыалдьыттар эҕэрдэ тылларын эттилэр, инники сыал сорук туруордулар. Ол курдук Россия Федарациятын сэбиэтин чилиэнэ, үрдүк сололоох Александр Константинович Акимов биир дойдулаахтарын күүтүүлээх самаан сайын кэлбитинэн итии истиҥ тылларынан эҕэрдэлээн туран, „Сунтар улууһуттан урут да билигин да улахан ааттаах-суоллаах,талааннаах поэттар, олоҥхоһуттар, тойуксуттар, ырыаһыттар, салайааччылар, учуонайдар төрөөн-ууһаан тахсыбыттара, өссө да тахса туруохтара“ — диэтэ. 2019 сылга бары ытыктыыр салайааччыбыт В. ПАВЛОВ төрөөбүтэ 90 сыла уонна билиилээх поэт Л. ПОПОВ 100 сааһын туолар үбүлүөйдээх сыла үүнэр. Ону эмиэ бары биир санааннан түмсэн бэлиэтиэхпит диэн эрэлин тиэртэ А.К. Акимов. Түмсүү салайааччыта, ыһыах сүрүн спонснора Матвей Николаевич Евсеев саха норуотугар ыһыах, ыһыахха толоруллар алгыстар улахан күүстээҕин уонна суолталааҕын бэлиэтээн туран „Бар дьонум бу үтүө түмсүү күнүгэр ыраах-чугас дьоҥҥутун кытта көрсөн, истиҥник сэһэргэһэн, дойдугут сонуннарын истэн, ахтылҕаҥҥытын таһааран сынньаныҥ!“-диэтэ.


Ыһыах сиэрин – туомун кэнниттэн бука бары түөлбэлэринэн арахсан түһүлгэлии, кэпсэтэ, аһыы сынньана тарҕастылар. Оттон Матвей Евсеев ыҥырыылаах ыалдьыттарга уонна ытык кырдьаҕастарга анаан анал мааны остуол тэрийэн тус бэйэтэ күндүлээтэ. Ол кэнниттэн оонньуу, күрэх саҕамматылар дуо! Сунтар оройуона – аатырбыт олоҥхоһуттарынан, тойуксаттарынан, оһуохайдьыттарынан аатырар. Ол да иһин мин бу көрүҥ сүрүн салайааччытыттан Марта Тимофеевна НИКОЛАЕВНАТТАН күрэх түмүгүн туһунан туоһуластым. Ону Марта Николаева бу курдук сырдатта:
— Быйылгы Оһуокай курэҕэр сүүрбэччэ киһи суруттаран кытынна. Саҥа холонон этэр кыттааччылары сэргэ Дархан этээччилэр Маар Күөлтэн Роман ИВАНОВ, Бүлүүттэн төрүттээх Афанасий АЛЕКСЕЕВ, Түбэйтэн Валентин ХОРУНОВ мэлдьи да буоларын курдук дьонун -сэргэтин астыннаран, киэҥ туһулгэни төрүттээтилэр. Өнүрүк от ыйын уот куйааһа да турдар, сылаас тыала сайа охсон, биир да мүнүүтэгэ болдьохтоох чааспытыгар Оһуокайбыт тохтообокко барда. Сүрүн үс бирииһи „Уран саха“ фирма директора Лука ЕГОРОВ туруорда уонна үс кыайыылаах этээччилэр Лука МИТРОФАНОВТАН туттулар. Бастакы миэстэни Дьаархантан төрүттээх Степан ДАНИЛОВ, иккиһи Аллыҥаттан Людмила НЕУСТРОЕВА, үсүһү Маар Күөлтэн Василий ГРИГОРЬЕВ ыллылар. Биһирэбил бириистэргэ саха народнай художнига Анна ЗВЕРЕВА кинигэтинэн, Сунтаар күөрэгэйэ Людмила СПИРИДОНОВА компакт дискэлэринэн уонна суруйааччы Дмитрий ЗВЕРЕВ кинигэтинэн бириэмийэлэннилэр. Мэлдьи да буоларын курдук Сунтаар оһуокайа Туймаада киэҥ хочотун Хатыҥынан сэлэлэммит, алгыс аартыгын туһулгэтигэр айыы сарыалынан алгыстанан барда. Күрэх ыытыытыгар көмөлөспүт суруйааччы Саргылана СПИРИДОНОВАГА, ийэ олонхоһут Владимир ДАНИЛОВКА, үтүөлээх этээччи Каджана ЕВСЕЕВАГА махтанабын.
Маннык улахан тэрээһин үчүгэйдик ыытыллыытыгар эрдэттэн улахан үлэни эрэйэр. Ол да иһин сүрүн түмүү, салайыы үлэтин ыыппыт Наталья Михалеваттан (Сайаттан) түмүк оҥороругар көрдөстүм. Онно Сайа бу курдук ватсап нөҥүө суруйда:
— Сунтаартан төрүттээх биир дойдулаахтар ордук долгуйа күүтэр, сылы быһа бэлэмнэнэр ытык ыһыахпытын ыыттыбыт. Ыһыах сүрүн оонньуута-күрэҕэ барарыгар нэһилиэктэрбит тэринэн киириилэрэ тирэх буолар. Быйыл ордук Кутана-Күүкэй-Толоон, Элгээйи, Түбэй, Аллыҥа, Сиэйэ тэринэн-бэринэн киирэн ыһыаҕы киэргэттилэр. Нэһилиэктэри көҕүлүүр үлэни Антонина СТЕПАНОВА сылайбакка сыралаһан ыытта. Нэһилиэктэн кыттааччыларга барҕа махтал! Спортка күрэхтэһии Альберт ТРОФИМОВ, оһуокайга Марта НИКОЛАЕВА, тойукка Маргарита ВАСИЛЬЕВА, сахалыы таҥаска Агния СЕМЕНОВА, Светлана ПЕТРОВА, аһыллыыга Наталья МИХАЛЕВА, Юрий ФЕДОРОВ, кэнсиэртэргэ Людмила СПИРИДОНОВА, Санита АЙ, оҕолорго оонньууну ыытыыга Анастасия ГАБЫШЕВА, хаамыскаҕа-хабылыкка Мария ВАСИЛЬЕВА чопчу үлэлэрин түмүгэр ыһыах тэрээһинэ аллаах ат олугунан барда. Ыһыахпыт аһыллыытын сыл аайы Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү Национальнай Тыйаатыра кэлэн киэргэтэр. Ыһыах ороскуотун Түмсүү салайааччыта Матвей Евсеев тус бэйэтин үбүттэн уйунар. Ону таһынан улахан спонсордарбын «Стерх» у. да а., ону таһынан бэйэлэрин үтүө баҕаларынан бириистэри туруорбут урбаанньыттары истиҥ махталынан ахтабыт. Кыттыбыт, кыайбыт-хоппут дьоммут кинилэр үтүөлэринэн өттүк харалаах, илии тутуурдаах бардылар. Инникитин тахсыылаах дьоммут кыттыылара өссө күүһүрүө диэн эрэнэбит. Бары тэрээһини Владимир ЛАЗАРЕВ сатабыллаахтык сүрүннүүр, салайар. Түһүлгэни кини салалтатынан эр дьон бөлөҕө: Анатолий ПАВЛОВ, Борис ГРИГОРЬЕВ, ыччаттартан Иван УАРОВ устудьуон уолаттардыын буолан хоно сылдьан бэлэмнээбиттэрэ. Урукку өттүгэр дьон түһүлгэлэрин хомуйбакка баран хомотор буоллахтарына, быйыл арыый ыраас диэн үөрэллэр. Бары тэрээһиҥҥэ кыахтаах аппаратура кэһиэҕирэн көрбөккө үлэлээтэ. Тэрээһин диэн чэчир анньыыттан ыалдьыттар олбохторун хааччыйыыга, махтал суруктары бэчээттээһиҥҥэ, баннердары туруорууга-хомуйууга тиийэ көстүбэт элбэх түбүктээх. Онно махтала — дьоммут-сэргэбит үөрбүт-көппүт сирэҋдэрэ, махтал, эҕэрдэ тыллара буолаллар. Дойдубут, Сунтаарбыт аатын-суолун үрдэтэргэ, барыбыт үөрүүлээх ытык күммүтүн үрдүк таһымҥа ыытарга өссө түмсүүлээх буолуоҕуҥ!
Түмүккэ сүрүн тэрийээччи, Сунтаар улууһуттан төрүттээхтэр Түмсүүлэрин салайааччыта Матвей Евсеев астынан туран маннык диэтэ: „Үс Хатыҥҥа «Түмсүү күүһэ — кэскил түһэ» диэн ыһыахпыт үрдүк күүрээннээхтик, тыһыынчанан дьон сырдык санааларынан салайтаран ааста. Нэһилиэктэринэн тэринэн киирбит, ыһыах көрүн-күдэҕин күөдьүппүт бар дьоммор, оһуокайдаан, ыллаан-туойан ыһыаҕы тыыннаабыт көмүс күөмэйдээхтэргэ, күөн көрсөн бастыҥы быһаарсыбыт энчирээбэт эрчимнээхтэргэ, көмө-тирэх буолбут урбаанньыттарга, тэрээһиҥҥэ сүүрбүт-көппүт Түмэр сүбэҕэ барыгытыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин. Түһүлгэбитигэр 94 саастаах Василий Ефремович АЛЕКСАНДРОВ, 92 саастаах Петр Константинович ЯКОВЛЕВ, 90 саастаах Семен Александрович ЗЕДГЕНИЗЕВ сүһүөхтэрин үрдүгэр үөрэ-көтө сылдьан көрү-нары сэргээбиттэрэ, сүбэ-соргу тылларын тиэрдибиттэрэ тус бэйэбэр ордук суолталаах буолла. Кинилэр олоххо таптал, үтүө санаа, үлэҕэ дьулуур тыыннаах холобурдара буолаллар. Ыһыах алгыһа хас биирдии айыы санаалаах киһи инники дьылҕатын бөҕөргөппүтүгэр, ыратын-баҕатын иччилээбитигэр итэҕэйэбин. Түмсүүбүт күүһүрдүн, кэскилбит кэҥээтин!

Источник: Маргарита ВИНОКУРОВА, РФ суруналыыстарын чилиэнэ... Фото - Владислав КОРОТОВ.

иПочему Матвей Евсеев спонсировал ысыах Сунтарского землячества
7 июля прошел очередной ысыах Сунтарского землячества.

«Практически все расходы по проведению ысыаха Сунтарского землячества взял на себя лично Матвей Николаевич ЕВСЕЕВ, генеральный директор ООО «АРКТИК-КАПИТАЛ», руководитель Сунтарского землячества», — сообщил оргкомитет праздника.


Таким образом, бизнесмен и общественный деятель выступил генеральным спонсором мероприятия. Спонсорами так же выступили РСК «Стерх» (генеральный директор Семен БЕРЕЗИН, депутат Ил Тумэна), Стоматология «Все 32» (генеральный директор Марина ПЛАТОНОВА, издатель журнала «Кистэлэн куус», общественный деятель) и другие.

Матвей Евсеев в беседе с SakhaLife поделился своим видением праздника.

1. Ысыах – это религиозный праздник, так же как Пасха или Курбан Байрам. И он должен проводиться в дни летнего солнцестояния, их всего три. Со следующего года мы начнем проводить ысыах Сунтарского землячества именно в эти дни.
2. Неправильно, когда корпоративные выезды на природу называют ысыахами. Я никогда не слышал, чтобы была корпоративная пасха. Или корпоративный Курбан Байрам. Ысыах – это ритуальный праздник со своими строгими канонами. Нельзя любой выезд на природу со спортивными состязаниями, конкурсами национальной одежды и осуохаем, называть ысыахом.
3. Ысыахи нельзя проводить за счет бюджета. Из глубины веков пришла традиция, что ысыах проводит частное лицо, которое приглашает гостей. Ысыахи должны проводить состоятельные люди. Тем самым мы следуем народным традициям и экономим бюджетные средства.
4. Ысыахи не должны быть посвящены юбилею определенных людей. Люди, какими бы они ни были достойными, это просто люди. А ысыах – это праздник поклонения небесным богам, это религиозный праздник. В рамках ысыаха могут идти мероприятия, посвященные юбилею разных лиц. Но сам ысыах не должен идти под этой эгидой. Ысыах сам по себе выше всех юбилеев, вместе взятых.
5. Самое важное на ысыахе – это Алгыс. Он должен быть правильным, каноническим. Его должен проводить Белый Шаман – Айыы Ойууна, то есть жрец, служитель культа. Неправильно, когда алгыс ысыаха доверяют артисту. Если в последующие годы ысыах Сунтарского землячества будет совпадать с ысыахом Туймаады, мы все равно его проведем. Возьмем местность, прилегающую к Ус Хатын. На ысыахе Сунтарского землячества всегда очень много народу, на маленькой территории мы не поместимся. Если ритуальная часть ысыаха Туймаады будет проводиться как надо, мы все пойдем туда. А потом придем на свое туhулгэ. Если же алгыс ысыаха Туймаады будет проводить артист, мы сами организуем канонический Алгыс на Сунтарском туhулгэ, который проведет Белый Шаман. Далее, в ходе праздника гости могут перемещаться на интересные им программы.
6. Могут спросить, почему я раньше это не инициировал. Человек все время развивается. Десять лет назад я во многом был другим человеком. Сейчас я готов. Традиционную веру надо возрождать. Никто нам в этом не поможет. Только мы сами как народ. А для этого нужны, в том числе и деньги. Надо быть состоятельным, независимым. Общность людей, которая объединена своей верой, языком и традициями – это народ.

«Так что готовьтесь. Зимой начнем оргкомитеты. SakhaLife, сайт УХХАНА, САЙА считайте себя в оргкомитете ысыаха Сунтарского землячества, которое пройдет по всем традициям», — резюмировал Матвей ЕВСЕЕВ.

Источник: София БУЛЧУКЕЙ, Сетевое издание SAKHALIFE.RU. Фото Надежды ЕФРЕМОВОЙ-КОРОТОВОЙ.
Views: 1050 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024