Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [399]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [554]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [223]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [376]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [464]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Атырдьах ыйа » 7 » Чертков “тыастаахтык хааман” киирдэ!
Чертков “тыастаахтык хааман” киирдэ!
07:32

 

Аҕыйах хонуктааҕыта News.Ykt.Ru интэриниэт-саайка балтараа ый анараа өттүгэр “Сахамедиа” медиа-холдинг дириэктэринэн анаммыт Алексей Чертков интервьюта таҕыста. Бу интервьютугар 2004 сылтан ыла Москуба куоракка олорбут А.Чертков бэйэтин бу иннинээҕи үлэтин-хамнаһын, “Сахамедиа” туһунан санааларын, былааннарын уо.д.а. үллэстибит.

Даҕатан эттэххэ, бу Алексей Чертков икки сыл анараа өттүгэр “Сахамедиа” салалтата (ген. дириэктэр Кирилл Алексеев) “Саха сирэ”, “Якутия” хаһыаттары нэһилиэнньэҕэ босхо тарҕатар быһаарыныытын утаран "Все, что раздается бесплатно, не оценивается по достоинству" диэн Ил Дархан аатыгар аһаҕас сурук суруйан турардааҕа. Ол саҕана, кырдьык, “Саха сирэ” уонна “Якутия” хаһыаттары балысхан улахан тираһынан бэчээттии-бэчээтии маҕаһыыннарга, тэрилтэлэргэ, улуустар кииннэригэр илдьэн өрөһөлүү кутан кэбиһэллэрэ, тэпсилгэн оҥостоллоро сыыһата көстөн турар этэ. Онон, Чертков суруйуутун элбэх киһи сэҥээрбитэ. “Сөпкө суруйар киһи баар эбит” диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Кырдьыгынан эттэххэ, ол саҕана манна Саха сиригэр бу Чертков туһунан билбэт да этибит.

Ол да иһин, балтараа ый анараа өттүгэр бу Алексей Чертков “Сахамедиаҕа” генеральнай дириэктэринэн анаммыт сураҕын дьон барыта, ол иһигэр биһиги “кыымнар” эмиэ, бэркэ үөрэ истибиппит. “Дьэ мантан антах “Саха сирэ” уонна “Якутия” хаһыаттар саҥа салайааччыланан, хаһыат хаһыат курдук, дьиҥнээхтик сурутууга баран, ырыынак усулуобуйатыгар күрэхтэһэн, тупсан, сайдан барыахтара. Конкуренция улааттаҕына, ол биһигини эмиэ үтүө, күүстээх үлэҕэ көҕүлүөҕэ, тупсарыаҕа" диэн эрэнэ санаабыппыт.

Ол эрээри...

Алексей Чертков бу иннинэ аҕай суруйбут «Якутия должна вернуться в лоно Большой России» диэн ыстатыйатын уонна ааспыт нэдиэлэҕэ News.Ykt.Ru-га биэрбит интервьютун ааҕан баран, туох да кистэлэ суох эттэххэ, дьиксинии үөскээтэ...

Холобур, Чертков бастакы ыстатыйатыгар Сахабыт сирин салайан кэлбит үс бэрэсидьиэни – М.Николаевы, В.Штырову, Е. Борисовы – “фундаментальнай алҕастарга” күтүрүүр, “Саха сирин сайдыытын кэлимник көрбөтөхтөрө”, “ханнык да биллэр-көстөр социальнай-экэнэмиичэскэй сэргэхситиини оҥорботохторо” диэн буруйдуур... “Е.Борисов барыытынан, урукку ССКП синиэлин иһиттэн үүммүт, Саха сирин салайан кэлбит баартыйа номенклатуратын эпохата бүттэ” диэн үөрэр. Борисов барыытын “өр күүтүллүбүт түгэн”, “олус наадалаах уонна дириҥник толкуйданыллыбыт хардыы” (Отставка главы республики Егора Борисова – долгожданное событие... Шаг глубоко оправданный и необходимый) диэн сэтэриир.

Биллэн турар, бэрэсидьиэннэр эмиэ тыыннаах дьон. Алҕаһыахтарын да, табыахтарын да, дьоҥҥо барытыгар сөбүлэтиэ суохтарын да сөп. Ол эрээри Сахабыт сиригэр олорботоҕо ырааппыт киһи туораттан кэлэн кинилэри үрдүттэн саба быраҕан “тугу да гымматахтар, мөлтөхтүк үлэлээбиттэр” диэн бырыы-хоруу курдук этитэлиирэ, барыларын бииргэ холбуу суулаан сиилиирэ-хоһулуура – туох да үчүгэйэ суох. Туох да диэбит иһин, биһиги бэйэбит быыбардаан, “атыттартан ордук” дии санаан талбыт салайааччыларбыт этэ буоллаҕа. Бэйэбит испитигэр кинилэри төһө баҕарар хайгыахпыт да, кириитикэлиэхпит да, оттон...

Уопсайынан, бу Чертков бэйэтин санаата дуо? Кинини бу дуоһунаска ыҥыран аҕалбыт дьон эмиэ маннык саныыллар дуу?

А.Чертков “Сахамедиа” урукку үлэтин туһунан...

Саҥа ананан кэлбит Алексей Чертков “Сахамедиа” хампаанньа бу иннинээҕи салалтатын ыытан кэлбит үлэтин тохтообокко кириитикэлээбитэ иккис ыйыгар барда. Ол курдук, бырабыыталыстыба хаһыаттара улуустарга тиийэн сууларыттан да хостоммокко быраҕылла сыталларын, тэрилтэ ороскуот, иэс бөҕөҕө киирбитин, урукку салалта түһэрсибит саарбах хантараахтарын уо.д.а. туһунан омнуолаан элбэхтик суруйда. Ол кириитикэ үксэ оруннааҕа уонна сиэрдээҕэ саарбахтаммат. Бу туһунан “Кыымҥа” да элбэхтик суруйан кэллибит. Ол эрээри, ааспыт нэдиэлэҕэ биэрбит интервьютугар Алексей Чертков сыыйа “дириҥээн”, хонноҕо аһыллан иһэр:

“Манна үлэлиир (“Сахамедиаҕа”) суруналыыстар ырыынакка конкуренциялаһар бородууксуйаны оҥорууттан тэйэн хаалбыттар. Хас эмэ сылы быһа нэдиэлэҕэ 24 эрэ балаһаны оҥоро-оҥоро уу чуумпутук, холкутук, үүт-тураан усулуобуйаҕа олорон кинилэр “халыҥ” хаһыаты да оҥорбот турукка киирбиттэр. Кинилэр билигин ол үөрүйэхтэрин чөлүгэр түһэрэ сылдьаллар (журналисты, которые здесь работают, разучились создавать конкурентный продукт. Несколько лет работая тихо-мирно и спокойно, выпуская один раз в неделю 24 полосы, они жили в комфортных условиях и потеряли навык создавать «толстушку». Сейчас они восстанавливают все это).

— Суруналыыстарым үгүстэрин кытта кэпсэттим. Холобурдары аҕаллым. Кинилэр бэйэлэрэ үлэлээн кэлбит систиэмэлэрэ туохха тиэрдэрин өйдөөтүлэр. Кинилэр сытыытык уонна кырдьыктааҕынан ырытан суруйартан тэйэ сыспыттар. Мин бэйэлэрин алҕастарын ис сүрэхтэриттэн өйдүүр дьоҥҥо итэҕэйэбин (Они поняли, к чему вела система, в которой они работали. Приводил примеры. Они немножко разучились писать объективно, остро и с аналитическим подходом к делу... Я верю людям, которые искренне могут оценить свои ошибки).

— Мин иннинээҕи генеральнай дириэктэр (Кирилл Алексеев) иирбит элбэх хамнаһы ыла олорбутун туһунан суруйааччылар. Мин ону билбэппин... Миэнэ кыра. Мин хантараакка өссө да илии баттаһа иликпин. Мин бастакы солбуйааччым хамнаһа – 170 тыһ. солк. (ол ким эбитэ буолла? Афанасий Ноев?) , миэнэ онтон эрэ арыый улахан буолуо... – диэн кэриэлийэр.

Үөһэ ахтан аһарбыппыт курдук, “Сахамедиа” саҥа генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков, оннооҕор өрөспүүбүлүкэ урукку баһылыктарын “тэпсэн” ааһар харса суох тыллаах киһи, бэйэтин кытта мантан антах бииргэ үлэлиэхтээх кэллиэгэлэрин адьас күл-көмөр курдук этитэлиир. Этэргэ дылы, “ыстаан-ыстаан баран тииһин быыһынан тибиирэн кэбиһэр”. “Сатаабат буолбуттар”, “кыайбаттар”, “тэйбиттэр”, ону “мин үөрэттим, өйдөттүм” диэнтэн атын туох да үтүө, истиҥ, ыллыктаах тыл суох.

“Саха сирэ” да, “Якутия” да, ЯСИА да суруналыыстара урукку генеральнай дириэктэрдэрин Кирилл Алексеевы уо.д.а. бэйэлэрэ булан-талан, сүүмэрдээн ылбатахтара. Кинилэргэ оннук дьону соҥнообуттара. Ол оннук салалтаны кытта “Сахамедиа” суруналыыстара хайдах сатыылларынан-кыайалларынан үлэлэһэргэ күһэлиннэхтэрэ. Кинилэри онон сирэй-харах анньар төһө сөбө эбитэ буолла...

Даҕатан эттэххэ, тоҕо Саха сиригэр үлэлээбэккэ атын сирдэринэн тэлэһийэ сылдьыбытын Чертков, куолутунан, “Саха сиринээҕи бэчээт эйгэтин салалтата ырааҕы көрбөтүнэн уонна сыппаҕынан, күнүүһүтүнэн, суруналыыстыка эйгэтин салайарга уопута суоҕунан, олохтооҕумсуйуутунан” быһаарар.

Чэ, быһата, интервью былаһын тухары алҕаска да Саха сирин биир да олохтооҕун аадырыһыгар үтүө тыл кыбыллан ааспатах. Бары “оннуктар-манныктар”, соххордор-бодоҥнор...

А.Чертков “Кыым” туһунан

Кэпсэтии ухханыгар, Чертков биһиги “Кыыммытын” эмиэ хоруо курдук этэн аһарар. Ол этиитин, суруйуу туох да токурутуута суох буоларын туһугар, тылыттан тылыгар диэри тылбаастаан тиэрдэбит:

—А.Чертков: “Саха сирэ” хаһыакка хайдах да сыһыаннаспыттарын иһин, кини ааҕааччылар итэҕэллэрин таһымынан “Ситим” бөлөх таһаарар “Кыым” хаһыатыттан кытта үрдүк турар.

— Суруналыыс: Бу боппуруоска “Ситим” бөлөх генеральнай дириэктэрэ Мария Христофорова төрдүттэн сөбүлэспэтэ буолуо дии саныыбын.

— А.Чертков: Мин Мария буолбатахпын... Мин Чертковпун. Бу туһунан социология чинчийиилэрин түмүгэ кэпсиир. Онон “норуот хаһыата” эҥин диэн үрдүк ааттарынан, национальнай бириэмийэнэн саптына сатыыр наадата суох. Факт уонна ыстатыыстыка атыны этэр. Социология ыйытыга “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччылар итэҕэллэринэн “Кыымы” кытта тэҥ таһымҥа турарын, сорох улуустарга өссө үрдүгүн көрдөрөр...

Ити курдук. Дьиҥинэн, “Ситим” медиа-бөлөх да, “Кыым” да үлэһиттэрэ урукку өттүгэр тойон Чертков туруу бараан күлүгүн уһаты-туора оймооботох, кини туһунан биир мөкү тылы суруйбатах, туох да куһаҕаны баҕарбатах дьон этибит. Билбэт да киһибит буоллаҕа. Ол эрээри Москубаттан саҥа ананан кэлбит тойон Чертков ити чааһыгар букатын атын санаалаах эбит.

Мария Христофорова “Кыым” хаһыаты тилиннэрэн, саҥалыы тыыннаан таһаарбыта 13 сыл буолла. Ол былаһын тухары ханнык да бэлиитикэ уҥа-хаҥас сүүрээнигэр халыйбакка, ууну-хаары эрдибэккэ норуоппут эрэ интэриэһинэн салайтаран үлэлээн кэллибит. Саха омугун дьылҕатын хаарыйыан сөптөөх биир да кыһалҕаны тумнубатыбыт, туора туран хаалбатыбыт. Ону биһиги бүгүҥҥү тиражпыт да туоһулуон сөп. Ону биһиги бары, ол иһигэр Мария Христофорова эмиэ, уонунан улууһу, сүүһүнэн нэһилиэги кэрийэн, суол суоҕар ууну-хаары барытын сатыы оймоон, үлэлээн оҥорбуппут. Биһигини норуот итэҕэйэр буолан ааҕар, сурутар, эрэнэр. Маны тэҥэ, Чертков хараҕын аалларарын курдук, “Кыым” хаһыат элбэх национальнай да, национальнайа да суох бириэмийэлэрдээх, чыыннаах-хааннаах. Ол эрээри, ону биһиги сорох дьон дуу, тэрилтэлэр дуу курдук, харчыга атыылаһан эбэтэр умналаан ылбатахпыт. Биһиги ааппыт-суолбут, наҕараадабыт – барыта бэйэбит сыралаах үлэбитинэн, көлөһүммүтүнэн ситиһиллибит суол. Ону таһынан, ол “ааппытынан-суолбутунан саптынан” туох куһаҕаны дуу, буортулааҕы дуу оҥоро сылдьарбытын тойон Чертков тоҕо эрэ ситэ эппэтэх (не стоит прикрываться высоким именем «народная газета» и национальной премией...). “Кыым” хаһыат Уопсастыбаннай Сэбиэтигэр саха норуотугар биллэр-көстөр дьон: социология билимин дуоктара, псхилогия билмин хандьыдаата Ульяна Винокурова, педагогика билимин хандьыдаата Галина Попова – Санаайа, дьокутаат, Өрөспүүбүлүкэ лиссиэйин дириэктэрэ Иван Шамаев, норуот дьокутаата Егор Жирков, норуодунай суруйааччы Василий Сивцев, Наталья Михалева – Сайа, Уйбаан Уххан, Дабыл, Дапсы, Август Егоров, Василий Луковцев уо.д.а. бааллар.

Алексей Чертковка “Саха сирэ” хаһыаты дьон “Кыымнааҕар” ордук итэҕэйэр” диэн “статистиканы” ким оҥорон биэрбитин дуу, кини ону түһээбитин дуу биһиги билбэппит... Хата, кини тираһынан “Кыымы” куоһаран ону дакаастыырыгар – аана аһаҕас.

Чэ, туох да диэбит иһин, бу ааспыт будулҕаннаах уонча сылы быһа саха норуотугар сирдьит, суолу ыйааччы буолан кэлбит “Кыым” хаһыаты, өрөспүүбүлүкэбит урукку салалтатын, билиҥҥи суруналыыстарын хантан эрэ саҥа тиийэн кэлбит, табыллан үлэлиирэ-үлэлээбэтэ өссө ситэ биллибэт киһи ити курдук саҥарара сөп дуо? Бар дьон ону туох дии саныырый?

Онтон сиэттэрэн түмүктээтэххэ...

Ыраах Москуба куораттан үлэлии кэлбит сорох дьоҥҥо Саха сирэ уонна кини олохтоохторо, уобарастаан эттэххэ, ыстакаан тула букунаһа сылдьар таракаан эрэ курдук көстөр буолуохпутун сөп. Куһаҕан салалталаахпыт, тугу да билбэппит, сатаабаппыт, өйдөөбөппүт, кэнэммит, түҥкэтэхпит, Москубаттан кэлбит дьон үөрэтиитигэр наадыйабыт...

Тойон Чертков бу интервьютугар кини “Сахамедианы” салайарыгар “улахан карт-бланш” бэриллибитин, үлэлииригэр ким да мэһэйдээбэтин, тугу оҥороро барыта көҥүл буолбутун этэр. Дьэ, баһаалыста, оҥорон көрдөрдүн! Көрүөхпүт. Бииртэн биир сатаҕай салайааччылар илиилэригэр киирэн бу маннык турукка тиийбит “Саха сирэ”, “Якутия” хаһыаттары өрө тартын, сайыннардын, “Кыымнааҕар” элбэх тиражтаатын! Кини бу суруйар-кэпсиир тылын тамаҕыттан онно адьас улахан саарбахтыыр санаа үөскүүр эрээри... Эрэниэҕи баҕарыллар.

Оттон “Саха сирэ”, “Якутия” хаһыаттарга үлэлиир кэллиэгэлэрбитигэр – улахан тулууру!

Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан быыбардар буолаары тураллар. Дьон бары “дьэ, бары сомоҕолоһон эрэбит” диэн онно бэрт көхтөөхтүк, өрө көтөҕүллэн кыттаары оҥостор. Оннук кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннай бэчээтин салайа анал ыҥырыгынан кэлбит тойон Чертков итинник тыллаах-өстөөх кыттыһара төһө көмөлөөҕүй, кинини ыҥыран аҕалбыт салалта кини этиитигэр сөбүлэһэр дуо?

Иван Гаврильев, "Кыым" хаһыат эрэдээктэрэ.
Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ | Views: 1167 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024