Бэйэбит хааһыбыт иһигэр быыбар буһуута-хатыыта, ханна эрэ сэрии сүпсүгэ, улуу сирдэргэ саҥа тиэхиньикэ айыллыыта... «Сайдыы диэки», «инникибит туһугар» дии-дии ханна эрэ тоҕо эрэ ыксыыбыт. Ол онно кыттыгас буолбуттуу быралыйар дьыл былыргы мындаата бэйэтин саната турар. Кэлиҥҥи сонун-нуомас сырдатарынан, тыһыынчанан сыл анараа өттүгэр биһиги нэлэмэн сирбитинэн хаһан эрэ киэптии хаампыт, хаһан эрэ олоро сылдьыбыт кыыллар өлүктэрэ бииртэн биир көстө турар. Бу туһунан кыратык да буоллар, сиһилии билээри ХИФУ иһинэн үлэлиир Хоту сир экологиятын чинчийэр институкка тиийэ сырыттым. Онно институт дириэктэрэ, биология билимин дуоктара Григорий Николаевич Саввинов көрүстэ.
Баатаҕайдааҕы кулунчук кэпсиир...
Баатаҕайтан 6-7 км сиргэ «Батагайская котловина» диэн аан дойдуга биллэр аҥхай сир баар. 100 миэтирэ дириҥнээх, 1,5 килэмиэтир усталаах, килэмиэтир кэриҥэ туоралаах айылҕа алдьаппыт аҥхайын ХИФУ 2011 сылтан бэттэх научнай чинчийиилэргэ анаан диэн бас билэр. Бу аҥхай ааспыт үйэ 60-с сылларыттан саҕалаан уу хайа сүүрүүтүттэн үөскээбит эбит. Кэлиҥҥи сылларга климат сылыйыытыттан сир аннынааҕы кэлим мууһа күүскэ уулла турар буолан, кэҥээтэр кэҥээн иһэр. Ол уулларын суотугар араас дьапталҕалартан былыр үйэҕэ өлөн ырааппыт кыыл-сүөл өлүктэрэ, эттэрин-сииннэрин чаастара бииртэн биир көстөр. Ол онтон биир сэдэх уонна сонун булумньу – кулунчук.
Баатаҕай олохтоохторо Айсен Овчинников, Николай Никулин уонна Леонид Будищев Баатаҕайдааҕы аҥхай иһиттэн «былыргы кулунчук өлүгүн буллубут» диэн учуонайдарга тыллаабыттар. Чахчы даҕаны, кулунчук быралыйар былыргы кэмнэртэн үйэлэри уҥуордаан «кэлбит»: геологическай сааһа – 30-40 тыһыынча, биологическай сааһа – 1-2 эрэ ыйдаах. Бу геологическай сааһын барыллаан эрэ этии, билигин радиоуглероднай ньыманан быһаарыллыахтаах, ол эрэ кэнниттэн чопчу сааһа биллиэхтээх. Этин-сиинин туруга олус үчүгэй, туох-баар иһэ-үөһэ барыта баар. Бэл, түүтэ эмиэ хараллыбыт – хараҥа тураҕас өҥнөөх, хара дьүһүннээх сиэллээх, кутуруктаах. Уҥуоҕун тутула, тас көрүҥэ кэпсииринэн – кулунчук сылгы түҥ былыргы көрүҥэр киирсэр. Бу булумньу аан дойдуга маҥнайгы буолар, бу курдук бүтүн этэ-сиинэ хараллыбыт кулунчугу өссө ханна да була иликтэр. Бу иннинэ Баатаҕай аҥхайыгар сылгы кэлиҥҥи аҥаарын, сылгы атаҕын була сылдьыбыттара.
Былыргы сылгы оҕотун булуу суолтата улахан. Сүрүнэ, генетическэй үөрэтии барыан наада. Сахалар биир сүгүрүйэр айыыбыт – Дьөһөгөй буолар. Онон, сылгы тиэмэтэ саха омугар анал миэстэни ылар. Саха сылгытын тула билим эйгэтигэр араас мөккүөр билигин да баар. Сорох учуонай соҕуруу истиэптээх дойдуттан илдьэ кэлбиппит диир, сорохтор түҥ былыргы өбүгэлэрбит Саха сиринээҕи олохтоох дьиикэй сылгылары дьиэтиппиттэр диэн сабаҕалыыллар. Өлүөхүмэттэн төрүттээх бөдөҥ учуонай, экэниэмикэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Михаил Габышев, 1940-с сс. саха сылгытын иитиини анаан чинчийбитэ, «Саха сылгыта» диэн бөдөҥ научнай үлэ ааптара. Кини сабаҕалыырынан, өбүгэлэрбит былыргы муус үйэ саҕанааҕы сылгыны дьиэтиппиттэр. Онтон иккис сабаҕалааһынынан, былыргы дьиикэй сылгы кэлии сылгыны кытары булкуһан саха сылгыта буолбут. Оттон тыа хаһаайыстыбатын институтун учуонайа Иннокентий Гурьев үлэтин түмүгүнэн Байкал таһыттан өбүгэлэрбит илдьэ кэлбит сылгыларыттан билиҥҥи саха сылгыта төрүттээх диир эбит. Сэлии түмэлин төрүттээбит биллиилээх палеонтолог Петр Лазарев эмиэ сылгы тиэмэтигэр «Саха сирин антропогеновай сылгылара» диэн фундаментальнай үлэлээх. Оттон билим хандьыдаата буоларыгар диссертациятын эмиэ сылгы тиэмэтигэр анаабыта. Элбэх сыллар усталарыгар араас эспэдииссийэ хаһыыларыгар сылдьыбыта, сылгы элбэх уҥуохтарын, сэмнэхтэрин булаттыыра. Кини этэринэн, түҥ былыр Саха сиригэр үөскүү сылдьыбыт сылгылар быһыылыын-таһаалыын билиҥҥи саха сылгытыгар майгынныыллар. Сэлиилэри кытары биир кэмҥэ үөскүү сылдьан, кинилэр өлбүттэрин да кэннэ саҥа олоххо үктэнэн, билиҥҥи саха сылгыта үөскүүрүгэр тирэх буолбуттар диэн сабаҕалыыр. Онон Баатаҕай аҥхайыгар көстүбүт, ураты быһыылаах-таһаалаах кулунчук мунньуллубут ыйытыктарга элбэх хоруйу биэрэрин күүтэбит. Арай, дьиҥ саха сылгыта көстүбүтэ буолаарай?
Омук дьоно сэҥээрэр
Биһиги үлэлэрбитигэр бэйэбит эрэ буолбакка, Арассыыйа, омук учуонайдара, былыргыны сэҥээрээччилэрэ эмиэ кыттыһаллар. Быйыл Баатаҕайга Дьоппуон ФУДЖИ диэн тэлэбиидэнньэтин үлэһиттэрэ тэҥҥэ барсан үлэлэһэн кэллилэр. Саха Сирин олохтоохторо өйдүүллэрин курдук, 2005 сыллаахха Дьоппуон сиригэр Нагоя куоракка ЭКСПО-2005 диэн Аан дойдутааҕы модун быыстапканы тэрийбиттэрэ. Онно биһиги Дьүкээгирбит сэлиитин төбөтө быыстапка сүрүн эспэнээтинэн буолбута. Биллэрин курдук, бу төбөнү 7 мөлүйүөн киһи көрбүтэ. Эһиилигэр, 2006 сыллаахха, иккис быыстапка Токиоҕа эмиэ үрдүк ситиһиилээхтик ааспыта. Ол иһин, уонтан тахса сыл ааспытын кэннэ, дьоппуоннар эмиэ оннук курдук үрдүк таһымнаах, ситиһиилээх быыстапканы эһиил Токио, Осака уонна Нагоя куораттарга тэрийэргэ былаанныыллар. Дьоппуоннар, уопсайынан, былыргыга олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар омуктар.
Сэлиини тилиннэриэхтэрэ дуо?
1993 сыллаахха Стивен Спилберг «Парк Юрского периода» диэн киинэтин үгүс киһи өйдүүр буолуохтаах. Ол курдук, «фантастиканы дьиҥ олоххо киллэрэн, былыргы муус үйэтээҕи сэлиини тилиннэрэр кыахтаахпыт дуо?» диэн уустук ыйытык турар. Төһө даҕаны эттээх-сииннээх сэлиини булларбыт, тыыннаах килиэккэни булан ылар сүрдээх уустук. Сеуллааҕы SOOAM диэн клоннуур хампаанньа төрүттээччитэ, кэриэй биллиилээх учуонайа бэрэпиэссэр Хван Ву Сок бу тиэмэҕэ ылсан үлэлэһэр.
Бу соторутааҕыта «Генезис 2.0» диэн сэлиини уонна кини муоһун хомуйуу туһунан Максим Арбугаев устубут киинэтэ тахсыбыта. Көрбүт дьон киинэ дьоруойун, генетик учуонайы – Джордж Черчи өйдүүргүт буолуо. Кини генетика билимигэр уһулуччу ситиһиилэрдээх Гарвард уонна Массачусетс технология университеттарын бэрэпиэссэрэ, молекулярнай инженер уонна химик. Бэрэпиэссэр Черч бу аҕыйах хонуктааҕыта Саха сиригэр кэлэн барбытын туһунан тэлэбиидэнньэ, хаһыаттар, интернет ситимнэрэ элбэхтик кэпсээн тураллар. Кини күүстээх баҕатынан, сэлии ДНКтын оҥоро сатыыллар. Онно слон ДНКта майгынныыр буолан, ону көмөлөһүннэрэн, гибрид оҥорон төрөтөр ыра санаалаахтар. Киһи сатаабатаҕа диэн суох, онон дьикти бырайыактары даҕаны олоххо киллэриэххэ сөп диэн бүк эрэллээхпит. Билим күүһэ кыайан, былыргы сүппүт кыылы-сүөлү, харамай араас көрүҥнэрин тилиннэрэр сонун арыйыы буолуо этэ.
Ааспыт сылга аны саха ытын клоннаатылар диэн сонуну истибит буолуохтааххыт. Хомойуох иһин, билигин «бу чахчы саха ыта сылдьар» диэн быһаарар кыах суох. Саха былыргы ыта улахан уҥуохтаах, маччаҕар кэтит сүүстээх, саабыла курдук көнө кутуруктаах диэн, тас көрүҥэ былыргы билим кинигэлэригэр ойууланар. Саха ытын уҥуохтара, чөмчөкөлөрө былыргы көмүүлэргэ көстөллөр. Ардыгар археологтар былыргы саха балаҕанын иһигэр холумтан анныттан, аан боруогун анныттан ыт уҥуохтарын туох эрэ харысхал сиэригэр-туомугар анаан көмпүттэрин хаһан булаттыыллар. Итинтэн да сэдиптээн, «Байанай» булт кулуубун чилиэннэрэ Юрий Борисов, Егор Борисов көҕүлээһиннэринэн, Саха сирин ыраах чиэски сытар сирдэриттэн, саха ытыгар тас дьүһүннэринэн барсар икки ыты булан, кинилэртэн ылыллыбыт пробалартан Соҕуруу Кэриэйэҕэ бэрэпиэссэр Хванг чинчийэр Киинигэр икки үүт-маас ыт оҕолорун клоннарын таһааран, манна аҕалан «байанайдарга» биэрэн, билигин ол ыттар бултуур хаачыстыбаларын тыаҕа таһааран бэрэбиэркэлээһин, үөрэтии бара турар.
Сэлии муоһун булуу – саха төрүт дьарыга!
«Хотугу табалар, овцебыктар, бизоннар былыргы муус үйэ кэмнэриттэн ордон хаалбыт буоллахтарына, түүлээх носорог, сэлии тоҕо өлөн хаалбыттарай?» диэн боппуруос өссө да аһаҕас. Климат уларыйыытыттан дуу, туох эрэ катаклизмнартан дуу, өссө атын биричиинэлэртэн дуу... Билигин аан дойду үрдүнэн глобальнай сылыйыы бара турар. Бу кэлиҥҥи 10 сылга былыргы кыыл-сүөл өлүгэ көстөрө үксээтэ – бу глобальнай итийииттэн сир ньуура алдьаныытын, сиҥниитин кытары ситимнээҕэ чуолкай.
Булумньулары үксүн олохтоох муос көрдөөччүлэр булаллар. Дьиҥинэн, өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан сэлии муоһун көрдөөн, Хотугу Байҕал арыыларыгар кытары тиийэн, хас эмит сүүһүнэн буут муоһу булан, Дьокуускай куорат дьаарбаҥкатыгар тиэйэн аҕалан, атыы-эргиэн оҥостоллоро. Онон сэлии муоһун көрдөөһүн дьиҥэр биһиги төрүт дьарыкпыт, онон сокуоҥҥа, булду, балыктааһыны, таба иитиитин сэргэ эмиэ киллэриэххэ наада этэ. Оччоҕо сокуонунан бэрээдэктэннэҕинэ, тулалыыр айылҕабытын даҕаны харыстыа, хотугу сир олохтоохторун материальнай базаларын да бөҕөргөтүө этибит. Оттон билиҥҥитэ сөптөөх федеральнай да, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах да сокуоннар суохтарынан туһанан, муос көрдөөччүлэр тулалыыр эйгэҕэ туох да харыстабыла суохтук сыһыаннаһаллар, араас бобуулаах техниканы туһаналлар, ол түмүгэр айылҕаҕа күүстээх хоромньуну таһаараллар. «О недрах» диэн федеральнай сокуон иһинэн сэлии уҥуоҕа – сиртэн хостонор баай курдук киирэ сылдьар. Саха сиригэр 2000 сыллаахха сэлии муоһун хомуйууну сааһылыыр араас сокуоннар, балаһыанньалар оҥоһуллан, аҕыйах сыл үлэлии сылдьыбыттара эрээри, 2004-2005 сыллардаахха «федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэспэт» диэн сотон кэбиспиттэрэ. Төрүт дьарыкпыт курдук сокуоҥҥа киирэрэ буоллар, өрөспүүбүлүкэҕэ нолуок да киириэ, муоһу көрдөөччүлэр даҕаны сокуонунан бэрээдэктэниэ, харыстаныа этилэр. Билигин хостоммут муос үксэ Кытайга бара турар. Бу иннинэ кытайдар слон аһыытын атыылаһан бэйэлэрин сувенирдарын оҥостоллоро. Ол бобуллубутун кэннэ, аны сэлии муоһугар көспүттэрэ. Саха сирин хоту улуустарыгар бырамыыысыланнас өтөн киириитэ күүһүрдэ. Ол оннугар таба иитиитэ сыл ахсын мөлтүүр, балыктааһын, бултааһын эмиэ. Онон Хоту дойду дьоно кыһалҕаттан сэлии муоһун көрдөөн, ону эргинэн айахтарын ииттинэллэр. Бу боппуруос иһин-таһын үчүгэйдик үөрэтэн, өйдөөн, сокуонунан куйах оҥостунар кэммит кэллэ.
Сардаҥа Борисова кэпсэттэ.