1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа устуоруйата суруллан саҕаламмыта. Ити күн, бары билэрбит курдук, М.Е. Николаев салайааччылаах ХХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэрэнитиэтин Декларациятын ылыммыта. Оттон Декларацияттан сиэттэрэн, эмиэ онтон итэҕэһэ суох суолталаах, докумуоннар ылыныллыбаттара. Ол курдук, 1991 алтынньытыгар Сэбиэскэй Сойууска аан бастакынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Сир баайын туһунан” сокуона, 1992 сыллаахха кулун тутарга – Федаративнай дуогабар, онтон муус устарга – Төрүт сокуоммут олоххо киирбиттэрэ. Ити барыта Арассыыйа ыһыллан-тоҕуллан, сүүс аҥыы арахсан барбатыгар, федеративнай судаарыстыба быһыытынан салгыы сайдарыгар тирэх буолбута.
Биллэн турар, аны үгүс киһи “сүбэрэнитиэппит суох, Төрүт сокуоммут “кырыллан-быһыллан” баһа-атаҕа эрэ хаалла, онон туох аанньа күнү бэлиэтээн” диир эрээри, Иван Шамаев эппитинии, ааспыт 1990-с сылларга Сүбэрэнитиэти биллэрии – ол сылларга ситиһиллэ сылдьыбыт өй-санаа өрөгөйдөөх чыпчаала, Саха омук устуоруйатын килбиэннээх чахчыта буолар. Онтон ыла биһиги кэскилбитин бэйэбит тутар кыахтаахпытын көрбүппүт. Ити Улуу уруогу умнумуохпутун наада. Судаарыстыбаннас күнүн суолтата итиннэ сытар.
***
Бу күн “Кыым” хаһыат сыллата уопсастыбаннаһы, дьону-сэргэни түмэн араас долгутар, суолталаах боппуруос тула кэпсэтэр, санаа атастаһар үгэстээх. Быйыл Судаарыстыбаннас күнүн чэрчитинэн тэриллибит кэпсэтиигэ бэрэпиэссэр, экэниэмикэ билимин дуоктара Василий Дарбасов, Ил Түмэн V ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата, биллэр уопсастыбанньык Иван Шамаев, юрист, уопсастыбанньык, “Айыы кыһата” оскуола Аҕаларын сүбэтин салайааччы Владимир Ю, “Сахалыы бикипиэдьийэ” дьаһабыла, уопсастыбанньык Николай Павлов-Халан, юрист, уопсастыбанньык Феликс Антонов, “Кыым” кэрэспэдьиэнэ, “Түмэн” ыччат түмсүүтүн кыттыылааҕа Сардаҥа Борисова, юрист, куонкурус управляющайа Василий Данилов кытыннылар. Кэпсэтиини “Ситим” медиа-бөлөх салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Мария Христофорова сүрүннээн ыытта.
Быйылгы төгүрүк остуолга өрөспүүбүлүкэ кэскилин, сайдар суолларын, үөскээбит уонна кэлиэхтээх быһыыга-майгыга судаарыстыбаннаспыт салаллыахтаах дьылҕатын, уустук балаһыанньаҕа ону хайдах көмүскүөххэ, туруулаһыахха сөбүн туһунан кэпсэтии буолла. Ону кытта атын даҕаны долгутар ыйытыылар дьүүлгэ таҕыстылар.
Толкуйун тобуллахха
Күн-түүн киһи үөйбэтэх өттүттэн араас сокуон-дьаһал олоххо киирэн иһэриттэн сылыктаатахха, кэлиҥҥи кэмҥэ дойдуга быһыы-майгы сыллата уустугуран иһэргэ дылы. Чуолаан, хаһан эрэ бэйэлэрэ сүбэрэнитиэттэнэн, Төрүт сокуоннанан Арассыыйа федерациятын састаабыгар туспа судаарыстыба быһыытынан холбоспут национальнай өрөспүүбүлүкэлэр тустарыгар.
Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай ыстаатыһыгар сыһыаннаан быһыы-майгы уустугуран эрэрин туһунан уопсастыбанньык Иван Шамаев эмиэ этэр.
– 2007 сыл ахсынньытыгар үөрэхтээһиҥҥэ национальнай региональнай компонент суох буолбута. 2017 сыллаахха дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Йошкар-Олаҕа буолбут мунньахха төрөөбүт тыл оскуолаҕа үөрэтии туһунан “киһини атын, бэйэтин төрөөбүт тыла буолбатах тылга күһэйэн үөрэтэр, ону тэҥэ нуучча тылын үөрэтиини бириэмэтин аҕыйатар уонна таһымын намтатар букатын сатаммат” диэн эппитин кэннэ, Генборокуратуура Рособрнадзору кытта дойду оскуолаларын бэрэбиэркэлээбитэ. Татаардар, башкирдар, чуваштар бэйэлэрин оскуолаларыгар өрөспүүбүлүкэлэрин судаарыстыбаннай тылын үөрэтиини булгуччулаахтык ирдиир бэрээдэктэригэр борокуратуура «сэрии» биллэрбитэ. Оттон ол түмүгүнэн 2018 с. Госдума дьокутаата А.Аршинова көҕүлээн, бэрт түргэнник «РФ Үөрэҕирии туһунан» сокуонугар уларытыылары киллэрбиттэрэ. Билигин Дьокуускай оскуолаларыгар туох буола турарын билбэппин.
Аны туран, бу быыбардар бэрт киирсиилээхтик аастылар. Мин санаабар, ити аҥаардас өрөспүүбүлүкэ ис бэлитиичэскэй күүстэрин харсыыта буолбатах.
Ил Түмэн саҥа састааба талылынна. Спикеринэн эдэрчи киһи Петр Гоголев буолла. Кини бастакы дьокутааттааһына уонна киирдэ-киирээт, олус уустук бэлиитикэ охсуһуутун түһүлгэтигэр биирдэ баар буола түстэ.
Онон биһиги судаарыстыбаннай ыстаатыспытыгар дьиҥнээх куттал суоһуур. Ол ханнык сценарийынан барыан сөбүн киһи сэрэйэр. Судургутук эттэххэ, маннык буолуон сөп. Билигин Арассыыйаҕа баһылык икки ньыманан талыллар: 1) уопсай куоластааһын; 2) Ил Түмэн бэйэтэ талар мэхэньиисимэ. Ити мэхэньиисими РФ сокуона бигэргэтэн турар. Холобур, Дагестан урукку баһылыга Рамазан Абдулатипов уонна билиҥҥи салайааччыта Владимир Васильев оннук бигэргэммиттэрэ.
Итинник ньыманы бастаан 2013 с. боруобалыы сылдьыбыттара. Бэл, биһиэхэ, биир биллэр бэлиитик СМИгэ “Ил Дарханы Ил Түмэн талара олус үчүгэй” дии сылдьыбыттаах. Ол эрээри онуоха-маныаха диэри ити быһыыны биһиэхэ киллэрбэтэхтэрэ.
Саҥа талыллыбыт Ил Түмэн туһунан билигин тугу эмэ этэр уустук. Ол эрээри мин дьокутааттыырым тухары үс төгүллээн күһэйэн куоластаппыттара баар суол. Бастатан туран, ол – борокуруор Николай Пилипчугу талыыга. Иккиһинэн, “Роснефть” хампааннаҕа нолуок чэпчэтиитин көрдөрөргө. Үсүһүнэн, быыбар бүлүтүөнүттэн “барыларын утары” диэн пууну ылларарга. Холобур, дьокутааттар “Роснефть” хампаанньа нолуогар чэпчэтиилэри көрөргө утары куоластаабыттарын кэннэ, “ньыгыллары” ыҥыран таһааран, туспа кэпсэтэн баран, иккиһин барыларын куолаан куоластатан, чэпчэтии көрдөрөргө быһааран кэбиспиттэрэ. Ити курдук үс түгэн буолбута.
Онон, Ил Түмэн бу да ыҥырыыта уруккуттан уларыйбыта буолуо, күһэйэн куоластатыы суох буолуо диэн этэр уустук. Быһыы-майгы өссө уустугуруон сөп, – диир кини.
Кэнгириэс – көмүскэл мэктиэтэ
Дьэ, ол иһин Иван Иванович итинник быһыы-майгы хатыламматын, судаарыстыбаннай ыстаатыска куттал суоһаабатын туһугар улахан уопсастыбаннай тирэхтээх буолуохтаахпыт туһунан эттэ уонна 2000 сыллар буолан ааспыт күбүөрүнэлээһин хампаанньатын аҕынна.
Иван Шамаев:
– 2006 сыллаахха Алтаайга уонна Адыгеяҕа күбүөрүнэлээһин боппуруоһа олох аһаҕастык турбута. Онно адыгтар Адыг норуотун кэнгириэһинэн көмүскэммиттэрэ. Ол иннинэ 2003 сыллаахха Бүрээттэр бэйэлэрин кэнгириэстэринэн Уус-Орда Иркутскай уобалаһыгар холбонуутун биир кэмҥэ тохтото сылдьыбыттара эрээри, кэнгириэс ыһыллан, 2006-2007 сс. син биир холбообуттара.
Онон биһиэхэ итинник тэрилтэ хайаан даҕаны баар буолуохтаах, тэрийиэхтээхпит. Онно нэһилиэнньэ киэҥник хабыллар бириинсибигэр олоҕуруохтаахпыт. Иккиһинэн, кэнгириэскэ чунуобунньуктар Ил Түмэҥҥэ киирбэттэрин курдук, киириэ суохтаахтара өйдөнөр. Ол эрээри дьокутааттар норуотунан талыллалларынан, хамсааһыны өйөөччүлэр баар буоллахтарына, төһө кыалларынан киириэхтээхтэр, үлэлэһиэхтээхтэр. Биллэн турар, кэнгириэс уонча, элбэх киһини түмэр кэмитиэттэртэн туруохтаах. Кэнгириэһи көннөрү Саха сүбэтэ эбэтэр Саха Ил Сүбэтэ диэн ааттыахха сөп. Ону өссө толкуйдуохха, санаалары истиэххэ наада.
Ону таһынан, Саха Ил Сүбэтэ, кэнгириэс, мин санаабар, араас миитини, хаамыыны тэрийиэ, быыбарга хайа эрэ хандьыдааты, баартыйаны өйүө, онно орооһуо суохтаах. Ол хайдах да гыммыт иһин, бэйэ иһигэр хайдыһыыны үөскэтиэн сөп. Ол эрээри быыбар хаамыыта сиэрдээхтик барыытын көрүөхтээх, сокуон чэрчитинэн ыытылларыгар үлэлэһиэхтээх. Саха Ил Сүбэтигэр тэрилтэнэн буолбакка, биирдиилээн киириллиэхтээх.
Улуустарга, нэһилиэктэргэ салаа сүбэлэр тэриллэллэригэр болҕомто ууруллуохтаах. Биллэн турар, Саха сиригэр 450-ча нэһилиэнньэлээх пуун баар. Олору барытын биирдэ түмэ тардар уустук буолуо, онон үлэ билиҥҥиттэн бара туруохтаах, кэлин кыттыһан иһиэхтэрэ.
Түмүөхтээх, сомоҕолуохтаах, сүрүннүөхтээх
Бэрэпиэссэр Василий Дарбасов итинник Сүбэ хайаан даҕаны тэриллиэхтээх, ол эрээри Саха омук кэнгириэһэ диэн буолуохтаах, кини норуоту бүттүүн сомоҕолуохтаах диэн санаалаах:
– Иван Иванович эппит сорох түгэннэригэр сөбүлэһимиэххэ сөп эрээри, ол кэлин киэҥ кэпсэтиилэр кэмнэригэр чопчуланыа, чочуллуо дии саныыбын.
Бастатан туран, Саха норуотун кэнгириэһин хайаан даҕаны тэрийиэххэ наада. Итинник Сүбэ тэриллиэхтээх. Ол эрээри аата «Сүбэ» дэммэккэ, «Саха омук кэнгириэһэ» дэниэхтээх.
Бастакы кэнгириэс тэриллиэҕиттэн оруобуна 26 сыл ааста. Ити кэм иһигэр бүтүн көлүөнэ барда, саҥа көлүөнэ иитиллэн таҕыста, саҥа дьон кэллэ. Олор үксүн Кэнгириэс диэн тугун билбэттэр. Онон булгуччу наада.
Биирдиилээн дьон киириэхтээх диэни кытта сөбүлэспэппин. Тэрилтэнэн киирии эмиэ баар буолуохтаах. Биһиэхэ билигин үлэлии олорор үгүс түмсүү, сомоҕолоһуу баар. Үксэ норуот туһугар үлэлииллэр. Оттон Кэнгириэс олору түмүөхтээх, сомоҕолуохтаах, сүрүннүөхтээх. Ону ити оруолун толкуйдаан, үөрэтэн көрүөххэ сөп.
Маннык түмсүү – Кэнгириэс – булгуччу баар буолуохтаах. Ону устуоруйа, кэм-кэрдии даҕаны туоһулуур. Урут, өрөбөлүүссүйэ иннинэ, ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа “Сахалар сойуустара”, “Манчаары”, өрөбөлүүссүйэ кэннэ “Саҥа олох”, “Саха омук”, “Ыраас олох” диэбит курдук араас түмсүүлэр, бөлөхтөр тэриллэн үлэлээбиттэрэ. Бэйэлэрин кэмнэригэр туруоруммут соруктарын толорбуттара, олус наадалаах, туһалаах этилэр.
Аат боппуруоһугар тохтоотоххо, нэһилиэк таһымыгар Түс сүбэлэр диэн буолуон сөп. Ону эмиэ толкуйдуохха наада.
Билигин кэнгириэс тоҕо нааданый? Тоҕо диэтэххэ, кини норуоту сомоҕолуур. Билигин кыһалҕа, боппуруос, ол иһигэр экология, тыл бэлиитикэтэ, үөрэхтээһин, экэнэмиичэскэй сүбэрэнитиэт – барыта туруорсуу, киирсии, күүстээх үлэ-хамнас түмүгэр быһаарыллар. Онон уруккутааҕар сорукпут өссө күүһүрдэ.
Бастакы тэриллибит кэнгириэскэ 367 дэлэгээт баара. Онно интэлигиэнсийэ уонна билим дьоно улахан оруолламмыттара. Билигин ону көрүөххэ, ырытыахха, дэлэгээттэр талыллар балаһыанньаларын оҥоруохха наада.
Бастакы кэнгириэс уурайбыт биричиинэтэ – кинилэр соруктарын толорбуттара эрээри, былааһы кытта өйдөспөккө ыһыллыбыттара.
Кэнгириэһи тэрийиини уһатымыахха наада. Уһаатыбыт даҕаны хойутуубут.
Саҥалыы майгыга саҥалыы тэрийиэххэ
Василий Данилов Кэнгириэс көҥүл санаалаах дьон көҥүл тэрилтэлэрэ буолуохтаах, кини дьон быраабын, көҥүлүн туруулаһыахтаах диир:
– Кэлиҥҥи уонча сылга былаас норуоттан тэйбитэ чахчы көстөр буолла. Урут тэриллибит норуот быраабын, көҥүлүн туһугар туруулаһыахтаах “Саха омук”, “Саха кэскилэ”, Саха кэнгириэһэ курдук тэрилтэлэр уоттара-күөстэрэ өстө, суох буоллулар. Онно биир өттүнэн былаас бэйэтэ эмиэ буруйдаах. Кини гражданныы уопсастыба ити курдук араскыларын харыстаан, үтүө сүбэһит гынан илдьэ сылдьыахтааҕа да, төттөрүтүн, туорайдаспыт түгэннэрэ бааллар. Ол түмүгэр кинилэр үлэлэрэ тохтоото.
Билигин урукку Кэнгириэһи сөргүтэн, иккистээн тыыннаан, саҥалыы майгыга саҥалыы тэрийэн үлэлэтиэххэ наада. Уопсастыба онно наадыйар, кэм-кэрдии ирдиир. Билигин дьиҥнээх норуот быраабын, көҥүлүн туруулаһар тэрилтэ суоҕун да кэриэтэ. Тыһыынчанан НКО баар эрээри, ырыа-тойук аргыстаахтар, көр-күлүү доҕуһуоллаахтар, туһалара бэрт кыра.
Даҕатан эттэххэ, Кэнгириэскэ юридическай сирэйдэр киирэллэрэ наадата суох. Кэнгириэс корпорация да, холдинг да буолбатах. Кини көҥүл дьон көҥүл баҕаларынан кыттыһар уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ буолуохтаах уонна сыыйа кэҥээн иһиэхтээх.
Феликс Антонов ити эппиккэ барытыгар кыттыһан туран Саха Ил Сүбэтин – Кэнгириэһин устааба, балаһыанньата, үлэтэ-хамнаһа судургу, өйдөнүмтүө буолуохтааҕын эттэ.
Кэнгириэс сайдыы тосхолун тобулуохтаах
Николай Павлов-Халан сүрүн этэр санаата – Кэнгириэс саха омук сайдар тосхоллорун тобулуохтаах, ону сүрүннээн ыйан-кэрдэн биэриэхтээх:
– Саха омук быһыытынан ханна да бэрэстэбиитэлистибэтэ, тэрилтэтэ суох. Онон маннык тэрилтэ хайаан да баар буолуохтаах. Кини мэлдьи үлэлиир, мустар сирдээх, үлэһиттэрдээх буолуохтаах. Сорох сирдэргэ салалта мустар, мунньахтыыр сир биэрэр, сэкирэтэрийээтин хамнастыыр. Биһиэхэ эмиэ оннук буолара буоллар үчүгэй буолуо этэ. Ол үлэ тиһиктээх буоларыгар көмөлөһүөхтээх.
Кэнгириэс саха омук сайдар уопсай тосхолун, ол эбэтэр стратегиятын көрдөрүөхтээх, быһаарыахтаах, толкуйдуохтаах, ыйан-кэрдэн биэриэхтээх. Билиҥҥи үйэҕэ тутулуга суох баай эрэ киһи көҥүл буолар. Онон Кэнгириэс саха норуотун хайдах гынан байытабыт (бары өттүнэн), хайдах гынан тулуга суох гынабыт, бэйэтин санаатын аһаҕастык этэрин хааччыйабыт диэн толкуйдуохтаах. Кини саха омуга аан дойдуга миэстэтин буларыгар, туох соруктаах буолуохтааҕар, киһи аймахха туһатын, тугу биэриэн сөбүн туһунан эмиэ тобулуохтаах дии саныыбын.
Биллэн турар, ону таһынан сиэр-туом, омук төрүт үгэһин сайыннарыы, харыстааһын боппуруостара эмиэ улахан болҕомтоҕо ылыллыахтаахтар.
Тутулуктаах буолуу икки өрүттээх
Эдэр киһи Сардаҥа Борисова атын норуоттар кэнгириэстэриттэн быһа тутан холобурдаата:
– “Кэнгириэс быыбарга кыттыһыа суохтаах” диэн Иван Шамаев этиитин кытта толору сөбүлэһэбин. Ол бэйэ иһигэр хайдыһыыны таһаарыан сөп. Аны туран, ол-бу оппозиционнай настарыанньалаах, провокациялаах тэрээһиннэргэ кыттартан туттунуллуохтаах.
Мин билэрбинэн, атын өрөспүүбүлүкэлэр, холобур, башкирдар, татаардар кэнгириэстэрэ хамнастаах үлэһиттэрдээхтэр. Ол – үлэ уота-күөһэ умуллубатыгар, утумнаахтык ыытылларыгар олус туһалаах. Аны туран, татаардар Татаар ыччатын аан дойдутааҕы кэнгириэһэ диэн эмиэ туспа тэрилтэлээхтэр. Олор олус күүскэ үлэлииллэр, мэлдьи үлэлиир анал дьиэлээхтэр-уоттаахтар. Онтуларын бырабыыталыстыба хааччыйар. Ыччат кэнгириэһин салайааччыта Табрис Яруллин “тылы харыстыыр, аныгы тэтими кытары тэҥҥэ хардыылыыр араас чаҕылхай тэрээһиннэри ыытабыт, ол эрээри бэлиитикэҕэ сыһыаннаах улахан этиһэр-мөккүһэр боппуруостарга кыттыһыахпытын баҕарбаппыт” диир. Онон бырабыыталыстыбаҕа, салалтаҕа сыстар икки өрүттээх курдук.
Даҕатан эттэххэ, татаардар ахсааннара халыҥ, эбиитин итэҕэллэрэ күүстэх буолан, туруорсаллара-киирсэллэрэ да ол сиэринэн күүстээх буолар. Биһиги туох эмэ, ким эмэ аннынан киирдэхпитинэ, тутулуктаннахпытына, Саха Ил Сүбэ – Кэнгириэһэ көҥүл буолбатаҕына, сорох боппуруоһу туруорсарга харгыстар, мэһэйдэр үөскүөхтэрин, үөһээттэн соҥнооһун, “сөптөөх” суолу ыйыы-кэрдии балаһыанньата баар буолуон. Оттон оннук түбэлтэтигэр Кэнгириэс тэриллибэтэҕэ да ордук.
Итиниэхэ туһаайан Василий Данилов “былаастан тутулуктаах буолуу икки өрүттээх. Кырдьык, салалтаттан дьиэ-уот, хамнас туруорсан бардахха, тутулук үөскүүр. Онон Кэнгириэс былаастан тутулуга кыра буолуохтаах.” диэн санааны эттэ.
Кэм-кэрдии уонна бар дьон эрэйэр
Мария Христофорова Кэнгириэс булгуччу регистрациялаах буолуохтааҕын, тэриллэрин кэм-кэрдии уонна бар дьон эрэйэрин туһунан эттэ:
– Утум салҕаныахтаах, ситим быстыа суохтаах. Оннук толкуй тутуһуллара олус үчүгэй. Бастакы кэнгириэс 1992 сыл тохсунньутугар тэриллибитэ. Ол үтүө үгэһэ салҕаныахтаах. Билигин, ол бастакы кэнгириэс кэннэ, үйэ чиэппэрэ буолан баран, Кэнгириэһи сөргүтэр кэм-кэрдии ирдэбилэ саҥаттан тирээн кэллэ. Дьон-сэргэ күүтэр.
Сүбэрэнитиэппит бэлиэтэнэр күнүн иннинэ мустубуппут туһугар бэйэтэ бэлиэ түгэн дии саныыбын. Аны туран, бу күннэргэ Ил Түмэн саҥа састаабын бастакы пленарнай мунньаҕа, Ил Дархан Айсен Николаев дуоһунаһыгар киириитэ – инаугурацията буолар. Онон өрөспүүбүлүкэ эмиэ биир кэрдиис саҥа устуоруйата саҕаланар бэлиэ кэмэ.
Урукку Кэнгириэс үлэтин-хамнаһын өйөөн, устуоруйатын ытыктаан туран, мин санаабар, Кэнгириэс булгуччу регистрациялаах буолуохтаах. Кэнгириэс идиэйэтин өйүүр киһи кылаатын киллэрэр балаһыанньатын оҥоруохтаахпыт. Оччоҕуна Кэнгириэс идиэйэтин чахчы өйүүр дьон мустуохтара.
Халан эппитин курдук, саха бары өттүнэн баай буоларын ситиһиэхтээхпит. Ол туһуттан уонна омук быһыытынан тыыннаах буоларын туһугар, араас суолу тобулан үлэлиэхтээх, куруук инники күөҥҥэ сылдьыахтаахпыт. Чопчу боппуруостарынан үлэлиэхтээхпит. Уонна, мин санаабар, салалта буоллун, саха тумус туттар дьоно буоллун, эдэр-эмэн биһигини өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Дьон бары өйүүр, ол тула сомоҕолоһор идиэйэтин былаах оҥостуохтаахпыт. Оччоҕуна эрэ Кэнгириэһи сөргүтүөхпүт уонна тугу эмэ ситиһиэхпит. Оттон норуотунан талыллыбыт улуус, нэһилиэк баһылыктара бу үлэҕэ көхтөөхтүк кыттыахтара, дэлэгээттэри өйүөхтэрэ, кинилэр кэлиилэригэр-барыыларыгар үбүнэн, көлөнөн көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбит. Чопчу соруктаах, тиһиктээх буолуохтаах.
Юрист Владимир Ю Кэнгириэс чопчу структуралаах, соруктаах, бырагыраамалаах буолуохтааҕын этэр:
– Бастатан туран, билигин судаарыстыбаны сэриилээн ылар наадата суох. Бэрэсидьиэни атыылаһан ылыахха сөп. Бүттэҕэ ол, судаарыстыба эстэр, кэхтэр, тута ыһыллар суолга киирэр. Холобур, М.Горбачёву атыылаһан ылан Сэбиэскэй Сойууһу эспиттэрин курдук. Онон оннук буолбатын туһугар Кэнгириэскэ бэрэссэдээтэли таһынан хос бэрэссэдээтэллэр (сопредседатель) баар буолуохтаахтар дии саныыбын. Кинилэр 3 эбэтэр 5 буолуохтарын сөп. Оччотугар куоластыыр, тугу эрэ быһаарар түгэҥҥэ куолас тэҥнэспэт. Мунньаҕы уочаратынан ыытыахтарын сөп. Оччоҕо үлэтэ күүһүрэр.
Иккиһинэн, Кэнгириэс хайаан даҕаны чуолкай структуралаах, үлэлиир систиэмэлээх, былааннаах буолуохтаах. Өскөтүн кэмитиэттэр оннук систиэмэтэ, былаана-бырагыраамата суох үлэлээн бардахтарына, бастакы Кэнгириэс курдук сыыйа-баайа эстэн барыахпытын сөп. Ол – биллэр суол.
Үсүһүнэн, билигин дьон уопсастыбаннай үлэттэн аккаастана, куота сатыыр кэмэ кэллэ. Онон Кэнгириэскэ интэриэстээх, чахчы дойдуларын туһугар ыалдьар дьон киирэн үлэлииллэрин инниттэн, сөбүгэр усунуостаах буолуохтаах диэни толору өйүүбүн. Усунуоһун төлөөбөт киһини дууһата сыппат диэн өйдүөххэ сөп. Оннук киһи наадата суох. Тоҕо диэтэххэ, билиҥҥи кэмҥэ саамай наадалаах ресурса – бириэмэ. Соруйан бириэмэни сиир, куолулаан баран тохтуур диэни билбэт, бэйэлэригэр уопсастыба болҕомтотун эрэ эрэйэр дьон бааллар. Ол иһин үлэ барыта куолу буолбатын туһугар усунуос булгуччу киириэхтээх. Төлөөбөт өттүн таһааран иһиэххэ наада. Чахчы, үлэлиир эрэ дьон хааларын туһугар. Оччоҕо туох эмэ түмүктээх буолуо.
“Кыым” хаһыат Судаарыстыбаннас күнүгэр анаммыт төгүрүк остуола ити курдук Саха омук Ил Сүбэтэ – Кэнгириэһэ хайаан даҕаны баар буолуохтаах, тэриллиэхтээх, ону кэм-кэрдии, бу күннээҕи быһыы-майгы уонна саамай сүрүнэ – бар дьон эрэйэр. Онон, ону уһатар-кэҥэтэр наадата суох, 2018-2019 сс. кирбиилэригэр тэрийэр сөп диэн санаанан түмүктэннэ.
Истибитин бэлиэтэммит,
сурукка тиспит
Альберт Капрынов.