Саха сирин ил дарханынан Айсен Николаев атыттары ырааҕынан баһыйан талылынна, кинини быыбардааччылар 71,41% талла. Сааһын РФ президенэ В.Путин кинини кытта сирэй көрсөн Саха сирин баһылыгын эбээһинэһин толорооччуннан анаабытыгар, Уһук Илин сир федеральнай уокуругун бэрэстэбиитэлэ Ю.П.Трутнев (сылга 377 мөл. солк. дохуоттаах тойон) пресс-сэкирэтээрэ «Саха сирин баһылыгын э.т. А.С.Николаев президент В.Путин ыйыыларын эрэ толоруоҕа» диэбитэ. Ол аата федеральнай киин хабалатыттан тахсыбат дьылҕалаах буоллахпыт, саха норуотун интэриэһэ аахсыллыбат буолуута салҕанан барар буоллаҕа.
Сонно хаһыакка А.С.Николаев кэрэспэдьиэни кытта кэпсэтиитэ бэчээттэммитэ, иһэ-истээх, кутталлаах да кэпсэтии этэ. Айсен Сергеевич экономиспын, Саха сирин олоҕо экономика сокуоннарыгар олоҕуруо, ороскуоттары сарбыйыахпыт диэбит этэ. Ороскуоту ааҕар буоллахха, Саха сиригэр олорор да кыаллыбат. Сэбиэскэй экономистар акаары буолбатах этилэр, саха дьоно түөлбэлээн олордуннар, төрөөбүт алаастарын туругуртуннар диэн сопхуостары тэрийэн, 1 солкуобай оҥорон таһаарыыга судаарыстыбаттан 4 солк. эбии төлөөн дьону хамнастаабыттара, ынаҕы-сылгыны элбэппиттэрэ.
В.А.Штыров Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ эрдэҕинэ биир мунньахха «Орто Халыма оттуга кыайтарбат, мас баранна, чох кыайан тиэйиллибэт» диэбиттэригэр, «улуус 10 тыһ. олохтооҕун Зырянкаҕа улахан дьиэлэри тутан баран көһөрөн, оттук боппуруоһун быһаарыахха» диэбиттээх. Бырамыысыланнас, экономика дьоно хоту олохтоохтору мэһэй-тэһэй буолар илбириис-салбырыыс маасса курдук көрөллөр, сыһыаннара да оннук.
В.Путин Саха сиригэр хаста да кэлэн барда, тыл этэригэр биирдэ даҕаны «якутский народ» диэбэтэ, биһиги интэриэстэрбит ахтыллыбатылар, быһата кини хараҕар биһиги суохпут, сирбит баайа эрэ инники күөҥҥэ сылдьар.
А.С.Николаев хаһыакка этиитигэр оскуолалар ороскуоттарыгар тохтообута (Беседа с корр. газеты «Взгляд», 02.07.2018). Дьокуускай куорат биир үөрэнээччитигэр сылга 134 тыһ. солк. ороскуоттанар, оттон хоту улуустарга, аҕыйах оҕолоох оскуолаларга биир үөрэнээччигэ 3 мөл. солк. ороскуоттанар диэбитэ. Холобур, биһиги улууспутугар орто оскуолаларга Алаһыай нэһилиэгэр 71, Берёзовка национальнай нэһилиэгэр 75, Байды нэһилиэгэр 68, Сиэн Күөлүн нэһилиэгэр 79, Бастакы Хаҥаласка 94, Иккис Мээтис нэһилиэгэр 74, Бастакы Мээтис нэһилиэгэр 70, Хатыҥнаах нэһилиэгэр 45, Иккис Хаҥалас нэһилиэгэр 56 оҕо үөрэнэр. Бары оскуолаларга 30-чалыы учуутал, техүлэһит үлэлиир. Бу оскуолаларга саас аайы 5-8 оҕо оскуоланы бүтэрэр. Кырдьыгынан да ороскуот бөҕө, аны кыһын ахсын хас эмэ сүүһүнэн мөл. солк. тугу да оҥорон таһаарбат нэһилиэктэргэ массыына суолун тобулууга ороскуоттанар.
Айсен Сергеевич былаанынан бу оскуолалары симсирийэн (начаалынай оскуолалары хаалларара дуу?), улахан кылаас оҕолорун ыаллыы нэһилиэктэргэ үөрэттэрэр. Интэринээттэри аспат, ороскуот. Ол оннугар төрөппүт оҕотун ыалга кэпсэтэн олордоругар субсидия биэрэр. Дьэ хайа төрөппүт оҕотун саамай буккуурдаах сааһыгар атын нэһилиэккэ ыытан, дьукаах кэпсэтэн олордон баран нус-нас олоруоҕай, саатар интэринээтэ суох бөһүөлэккэ? Көһөр буоллаҕа, оройуон киинигэр, үлэ суох бөһүөлэгэр тугу гына барыаҕай. Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар Хатыҥнаах оскуолатыгар 3 кылааһы хаалларан баран оҕолору Налимскай, куорат интэринээттэригэр ыыталаабыттара. Сонно Хатыҥнаахтан дьон көһүүтэ маассабайдаан, сопхуос сүөһүтэ көрөр-харайар үлэһитэ суох хаалар балаһыанньата үөскээбитэ. Сопхуос дириэктэрэ А.И.Гуляев суһалынан 8 кылаастаах оскуола дьиэтин туттаран, оскуоланы чөлүгэр түһэртэрэн дьон көһүүтүн тохтоппута.
Бу быһаарыы тыа сиригэр олус охсуулаах, нэһилиэктэр иччитэхсийэр суолларыгар тириэрдэр кутталлаах быһаарыы. Быһата, саханы самнарар быһаарыы. Баҕар, Чурапчы курдук кыһыннары-сайыннары суоллаах, чугастыы бөһүөлэктэргэ нуучча сиригэр курдук автобуһунан оҕолору тиэйэн үөрэтиини тэрийиэххэ сөбө буолуо. Депутаттар көҕүһэ-көҕүһэ бюджеты хайыта тыытан, аптарытыат ылаары нэһилиэктэргэ таас оскуола бөҕөтүн туттардылар дииллэр. Олор аҥаардара иччитэх тураллар диэн биир депутат кэпсээбитэ. Оттон биһиги нэһилиэктэрбит икки ардыларыгар кыһын да сайын да суол ааттаах суох. Аймахтыылар уонунан сыл көрсүбэттэр. Олунньуттан муус устар ортотугар диэри күөрэ-лаҥкы суолунан улуус киининэн эргийэн сылдьыахха сөп. Ону киһи эрэ барыта уйбат.
Атын кэпсэтиигэ А.С.Николаев ынаҕы иитии туһунан «ким баҕалаах ынаҕы бэйэтигэр ииттин, оттон эт ырыынагын чэпчэки сыаналаах эти тастан атыылаһан толоруохпут» диэн быһаарбыт этэ. Хоту сиргэ ынаҕы иитии ороскуоттааҕа былыргыттан биллэр. Сэбиэскэй саҕана ынах иитиитин кииннээһин, оту ыраахтан тиэйии, тиэхиникэҕэ баайыллыы билиҥҥи хобдох балаһыанньаҕа тэптэ. Уматык ыарыттан бөһүөлэктэри тула 3-5 км эрэ сир оттонор буолла, тэйиэс сирдэр быраҕылыннылар. Дьиҥэ, Саха сирэ – аан дойдуга саамай киэҥ сирдээх административнай-территориальнай единица буолар. Туспа судаарыстыба эбиппит буоллар аан дойдуга сирбит киэҥинэн 7-с миэстэҕэ туруох этибит. Бачча аҕыйах ахсааннаах норуот, төһө да Магадаан уобалаһын тэрийэн көмүһү Саха сириттэн арааран, Охотскай муора биэрэгин Хабаровскай кыраайга холбоон, муораҕа тахсар кыахпытын сарбыйдаллар, Лена баһыгар эбэҥкилэр сирдэриттэн көмүстээх сирдэри Иркутскайга сыһыардаллар, Россия сирин алта гыммыт биирин баһылаан олорорбутугар ынахпытыгар махтаныахтаахпыт. Саханы киэҥ сирдээбит – ынах буолар, сылгы буолбатах. Аҥаардас сылгы баайдаахпыт эбитэ буоллар Америка индеецтэрин, эбэтэр табалаах чуукчалар, юкагирдар, коряктар курдук сирбитин биэрэ-биэрэ сылгыбытын үүрэн, кып-кыра үөдэн түгэҕэр сытар буолуо этибит. Ынахтаах омук сатаан сэриилэспэт, киэҥ сиринэн тайаан, тоҕойдорунан, туспа оттуур сирдээх, мэччирэҥнээх, бултуур тыалаах, балыктыыр күөллэрдээх, баһыйар былааһы кытта уопсай тылы булан, нолуок төлөөн эйэлээхтик олороругар эрэ тиийэр. Ол суолу тутуһан өбүгэлэрбит “бачча киэҥ сири сатаан салайыҥ, дохуотуруҥ” диэн хааллардахтара.
Көй табалаах чуукчалар юкагирдары, эбээннэри, коряктары баттаан олорбуттара, кылгас кэм иһигэр коряктартан 240 000 табаны былдьаабыттара. 200-тэн тахса сыл устата нуучча ыраахтааҕытыгар баһылаппатахтара, дьаһаах төлөөбөтөхтөрө, христианствоны ылымматахтара. Наада буоллаҕына 3000 буойуну сэриигэ туруораллара. 1730 с. Анаадыр аттыгар 200 киһилээх Афанасий Шестаков этэрээтин үнтүрүппүттэрэ. 1747с. 650 киһилээх майор Павлуцкай этэрээтин хаста да төхтүрүйэн сэриилээн суох оҥорбуттара. Ыраахтааҕылаах Россия чуукчаларга хотторбутун билиммитэ, 1000 киһилээх Анаадыр кириэппэһин эспитэ. Ол гынан баран сэрииһит, көҥүлү таптыыр, эр санаалаах норуот, табалаах буолан, баһаам сири хаалларан, билигин 12 тыһ. эрэ киһи хаалан арыгыга, куһаҕан ыарыыларга хотторон, Чукотка национальнай уокуругар сыккыраан олороохтуур.
Онон, доҕоттоор, ынахпыт – норуоту быыһаабыт улуу харамай буолан тахсар. Аҥаардас акка эбэтэр табаҕа сыстыбыппыт буоллар Америка индеецтэрин, бэйэбит чуукчаларбыт кэптэрин кэтиэх эбиппит буолбаат! Ол бэйэлээх улуу сүөһүбүт көрүүтэ-истиитэ, саҥа салалта «экэнэмиичэскэй» көрүүтүнэн, дьаалатынан устуох кэриҥнээх. Оччоҕо алаастарбыт иччитэхсийэн, чуукчалар суолларынан барарбыт суоһаабат дуо?
Саха норуотун сайыннарар салаа – отону хомуйан туттарыы, диэтэ Айсен Сергеевич. Маннык суола-ииһэ суох сирдээх олорон төһөнү хомуйар үһүбүтүй, бүтүн норуот барҕара сайдыар диэри? Быйыл хоту отон үүммэтэ, ыаллар хаһаамматылар даҕаны. Киин да улуустарга ким эбит ордорон дохуотурар гына отону ирдиирин хоппотум. Дьэ хайдах итинник этиэххэ сөбүй, дохуотурар салаа – отон диэн? Атын уобаластарга отону, тэллэйи, эриэхэни хомуйан 100 мөл. солк. дохуотуралларын холобурдуур.
Саха сирэ сылга 8 млрд. т. ньиэби, 24 т. кыһыл көмүһү, 17 мөл. т. таас чоҕу, хас да млрд. дуоллар сыаналаах алмааһы, барыта холбоон трлн. дуоллар национальнай валютаны биэрэр диэн В.Н.Губарев эттэ. Сылга – трлн. дуоллар баайы! Саха сирин нэһилиэнньэтэ 25-30% быстар дьадайан олорор, диэбитэ кини. («Туймаада», № 423, 06.09.2018 с. 10 стр.) Оттон Саха сирин бюджета – 200 млрд. солк. кыайбат. Дьэ бу трлн. дуоллар баайы отону хомуйан солбуйабыт дуо, ити бэйэлээх баайтан тииһиммэт буоллахпытына?
Саха сирэ бэйэтэ бас билэр баайа суох, интэринээт оҕотун курдук олорор. Москва туох баар сыллааҕы ороскуоккутун ааҕыҥ, диир. Оскуолалар, балыыһалар, спортсаалалар, араас тэрилтэлэр уо.д.а ороскуоттарын, хамнаһы ааҕаллар, тиийбэтин барытын Москва, «олус ороскуоттааххыт» диэн кыбдьырына-кыбдьырына, дотация, субвенция уо.д.а. диэн биэрэр, тыыннаах буолуу харчытын. £ссө ол харчыны кэлэн быһан кэбиһэллэр. Саас Г.Греф хамыыһыйата кэлэн тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт харчыттан хас да млрд. солк. көҕүрэтэн барбыта, сыыһа аахпыккыт диэн. Быһата, Россия тыатын хаһаайыстыбата биир тэҥник дьадайыахтаах үһү.
£скөтүн Саха сирэ бэйэтэ эргитэр баайдааҕа буоллар А.С.Николаев экэниэмийэлии сатыырын өйдүөм этэ, улуу тутуулары тутаары харчы мунньар диэн. Оттон кэлэр дотацияны, субвенцияны экэниэмийэлээн тугу туһанар, олор аччаан эрэ биэриэхтэрэ буолбатах дуо? Онон тугу туһанабыт?
Айсен Сергеевич 2012 сылтан Дьокуускай мэринэн үлэлиир кэмигэр мэрия салалтатыттан, мэр солбуйааччыларын быыстала суох сууттаныылара буоллулар, дьоно хоруупсуйаҕа ылларбыттарын хайдах билбэккэ сылдьыбытай? Тиийэ билбэт аатырар.
Кэргэнэ Л.Николаева нолуоктан куотан бизнеһин 4,5 тыһ. солкуобайга бэлэхтээбитин суруйбуттара. Бука, бюджекка мөлүйүөнүнэн үп киирэрэ хааллаҕа буолуо. 8 сыл анараа өттүттэн президент буола сатыыр дьиэ баһылыга, суобас быһыытынан көннөрбөтөҕө төһө сиэрдээҕий? Уонна билигин нолуоктары төлөөҥ диэн хайдах этиэҕэй?
Мин бу сурукпун дууһам ыалдьан, айманан, элбэх сыл илистэн олорон суруйабын. Кими да кытта иирсиэхпин, кими да хоруотуохпун отой баҕарбаппын. Быыбар иннинэ суруйбутум буоллар «сакаас суруйуу, баһааҕырдыы» диэх, бэйэбин үрдүк өһүөлээхтэр кырыы харахтарынан көрүөх этилэр. Ол иһин дьон уоскуйбутун кэнниттэн суруйабын.
Хаһан чиэһинэй, эҥкилэ суох салалтаҕа олоробут? Сэбиэскэй саҕанааҕы обком сэкирэтээрэ Гаврил Иосифович Чиряев, биһиги райкоммут бастакы сэкирэтээрэ Василий Николаевич Николаев, сопхуоспут дириэктэрэ Афанасий Иннокентьевич Гуляев курдук норуот барыта ытыктыыр салайаачылардаах буолабыт? Эрэмньилээх буоллахпытына ыарахан күннэри чиҥник аһарыах этибит. Хапытаал олоҕун талбыппытынан дьоммут барыта онуоха-маныаха умньаммыт, биһиллибит буолуохтаахтар дуо? Баҕар мин, хотуттан ырааппатах киһи, билбэтим буолуо. Егор Афанасьевич Борисовы 8 оҕолоох тулаайах дьахтар уола, бэйэтин кыаҕынан үрдүккэ таҕыста диэммин олус убаастыыр, биһириир этим. Онтум баара Н.И.Седалищев буруйдааһыннарыгар биирдэ даҕаны эппиэттээбэтэ, суут Седалищев 6 буруйдааһыныттан 4-дүн сөптөөҕүнэн аахта, Н.И.Седалищев кыайан таҕыста. ¥рдүк соло, төһө да амтаннааҕын иһин, үлэ буоллаҕа, суобас категорията оннооҕор үрдүк.
«Итинник быһаарыыны ылыммаппын, сахам норуотун куорҕаллыыр дьаһалы ылыам кэриэтин, бу үлэттэн уурайабын», – диир аҕа баһылык көстүбэтэ тугун сүрэй. Кыалларынан-кыаллыбатынан былааска олоро сатаан, сиэбит-аһаабыт, ыспыт аатыран уурайаллар. Ол туох үчүгэйдээх буолуой. Мин курдук саныыр киһи элбэх, чиэһинэй, убаастанар салайааччыны салгыахпытыгар диэри кэтэстибит. Төһө тухары кэтэһэбит?
Бүтэһикпэр саха бөлөһүөгэ У.А.Винокурова эппитин өйдөтөбүн: «Хайа да омук бас-көс дьоно бэйэлэрин омуктарын аналын быһаарарга, сайдар тускулун чочуйарга турунуулара – кинилэр ытык иэстэрэ. Ханнык баҕарар айылҕа үүнээйитэ, хамныыр-харамай бэйэтин көрүҥүн салгыыр туһугар үүнэр-сайдар. Омук эмиэ айылҕа чочуйбут биосоциальнай бөлөҕүн быһыытынан көрүҥүн үйэтин төһө кыалларынан уһатарга дьулуһуута – бу айыллыбыт тускула. Оттон хайа баҕарар омук аналын, туох соруктаах айылҕа айбыт көстүүтэ буоларын, анааран көрөр дьоҕурун хайдах таба тайанарыттан, ону хайдах туһанарыттан ол омук дьылҕата быһаччы тутулуктаах» (У.А.Винокурова «Саха улуустара – сайдыы түһүлгэлэрэ», Дьокуускай к., 2001 с.).
Иннокентий ОКОНЕШНИКОВ.
Орто Халыма.
Баар чахчыларга олоҕуран
11:28 в 14.08.20180 24
Тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар олус элбэх киһи суруйар. Холобура, «үүт харчытын үрдэттэххэ бородууксуйа элбиэ» эҥин диэн этэллэр. Тус бэйэм үүт харчыта 17 солкуобай эрдэҕиттэн үүтү туттарабын да, үүтүм элбээбэккэ сылдьар. Элбиирэ да биллибэт. Ол аата үүтү, эти элбэтиигэ аҥардас субсидия харчытын үрдэтии оруолу оонньообот. Ырыынак усулуобуйатыгар төттөрүтүн бородууксуйа сыанатын чэпчэтии улахан оруоллаах. Холобура, Алтайтан кэлбит эт сыаната манна 250 солк., транспортнай ороскуотун киллэрэн туран. Ол аата аҕалааччы антах эти ‒ 150 солк атыылаһар буолан тахсар.
Салалтабыт «бөдөҥсүйүүнү оҥоруохха» диэн тыллаах буолла. Онтон Мэҥэ-Хаҥаласка бөдөҥ хаһаайыстыбалар бааллар эбээт. Ол эрээри барыстаахтык үлэлииллэрин ким да билбэт. Ону дакаастыыр практическай дакылаат, дьон билиитигэр таһаарыы суох. Босхо хотон тутан биэрэллэр, боруода сүөһүнү аҕалаллар. Холобура, Чүүйэҕэ кэлбит сүөһүлэр кредиткэ кэлбит ынахтар, тутуллубут хотон бэйэлэрин сыаналарын толуйбуттарын туһунан кэпсээн суох.
Аны «австрийскай проект» эмиэ туоһу быһыытынан харахха анньар. Биир да журналист, ученай бу промблеманы чинчийэн, үөрэтэн этэр этиитэ суох олорор. Правительство ыытар политикатын утарбыт аатырымаары ученай, журналист (бюджет үлэһиттэрэ) кирийэн биэрэллэр. Правительство хаһыата «Саха сирэ», улуустааҕы хаһыаттар айдаарбаттар.
Биһиги уһук Сибииргэ олоробут, ханнык да Арассыыйа региона маннык усулуобуйаҕа сүөһүнү иитэн үрдүк кирбиилэри ылбат. Баара суоҕа биир ый күөх быйаҥ оппут үүнэр. Уонна хагдарыйарга, кэхтэргэ барар. Быйылгы курдук сайыҥҥа нэдиэлэҕэ 2-3 күн оттуурга кураанах күн буолла. Онно оккун куурда охсон, хомуйан ылан кэбиһэрин ыарахаттардах. Бу ордук улахан хаһаайыстыбаларга охсуулаах буоларын аны кыһын көрдөрүө. Сииктээх оту рулоннааһын от хаачыстыбатын намтатыа, түмүгэ бородууксуйаҕа охсуо.
Бары куолуһуттар совхоз эрдэҕинээҕи бородууксуйа оҥорууну холобур быһыытынан тутталлар. Этиҥ эрэ, ханнык совхоз оччолорго ночоото суох үлэлээбитэй? Төһөлөөх ороскуотунан ситиһиллибиттэрэй ол кирбиилэр?
Биһиги саха норуота үлэҕэ туспа культуралаахпыт. Былыргы саха хаһан да элбэх үүтү ыырга, эти оҥорорго дьулуспатаҕа. Кинилэр «количествоны» буолбакка, «хаачыстыбаны» өрө туталлара. Холобура саха ынаҕа элбэх үүтү биэрбэт, ол эрээри элбэх сүөгэйи-арыыны кэмчи окко биэрэрэ биллэр. Ол аата аһыгар ороскуота кыра, оҥорон таһаарыыта улахан буолан тахсар. Уопут быһыытынан 10 саха ынаҕын уонна уон боруода сүөһүнү куоталаһыннаран көрүөххэ сөп ‒ арыы, сүөгэй оҥоруутугар. Айахтарын, кыһыҥҥы хотонун ороскуотун ааҕан туран. Аҥардас атыыга барбыт арыытын аахтаран.
«…Боруода сүөһүнү тутуу кормовой базата суох, ол аата бааһыната суох табыллыбат…» дииллэр зоотехниктар. Онтон «…бааһынаттан өлгөм үүнүүнү ыларга араас химическэй уоҕурдуута суох сатаммаккын…» диэҕэ агроном ученай. Бу барыта соҕурууҥҥу наука үөрэҕэ. Түмүгэ ол химиябыт ынах бородууксуйатын нөҥүө бэйэбитигэр киирэр. Ол туох үчүгэйдээҕий? Аан дойду дьоно оннук аһаан олороллор. Олус уойаллар. Барыта химия содула буолаарай.
Совхоз саҕана «Сельхозхимия» тэрилтэ баар буола сылдьыбыта. Америкаҕа олорор саха уола биирдэ хаһыакка маннык суруйбуттаах. «…Америкаҕа химията суох оҥоһуллубут ас сыаната олус үрдүк. Онтон интенсивнэйдик, комплекстарга оҥоһуллубут үүт ас сыаната чэпчэки. Дьон доруобуйаларын харыстаан оннук аһы ыла сатаабаттар…» диэн. Тэҥнээн көрүҥ, билигин оҕуруот аһыгар. Кытайдар помидордара, огурусулара бэйэ оҥорбут оҕуруотун аһыгар амтанынан ырааҕынан тиийбэт. Кэлии хортуоска да амтанынан аатырбат. Дьаабылыкалара дьаабы. Барыта интенсивнайдык химиялаан оҥоһуллубут бородууксуйалар.
Ученайдарбыт биһиги кэтэх сүөһүлээх дьону мөҕөллөр. «Аҥардас отунан аһатан туох бородууксуйатын ылыаххытый» диэн. Дьэ кистээбэккэ эттэххэ ылабыт. Аҥардас отунан 2-3 тонна үүтү биир ынахтан туттарабыт. Кыһын, оттообут оппутун сиэттэхпитинэ үүппүт сыата 4,7-5 бырыһыан буолар. Аны үүтү, сыатынан пересчеттуур буолан тураллар. Оччотугар 10 киилэ туттарар үүтүн сыата үрдүк буоллаҕына 18 киилэ үүт буолан тахсар.
Быйыл от оҕустара сылдьан алааһым араас отун сэргии көрдүм. Биир алааска уонтан тахса араас от үүнэр эбит. Кырдалыгар үүнэр от сыта-сымара олус буолар. Оту рулоннуурга кураанах от быыла тахсааччы, онно сыттаатахха сүрэх эмин сытыгар майгынныыр сыт кытта кэлэр. Арааһа биир эмэ кытайы аҕалан алааспын көрдөрөр киһи сөҕүө этэ. Арааһа этиэҕэ «…бу эһиги сахалар туох буолбут дьоҥҥутуй. Киһи сиир, эмтэнэр, уойар отун ынаххытыгар сиэтэр эбиккит дуу» диэн. Онон буор босхо олус баай битэмииннээх, химията суох оту ынахпытыгар сиэтэбит. Биһиги бородууксуйабыт элбэҕинэн буолбакка хаачыстыбатынан, амтана үчүгэйинэн аан дойду ырыынагар киирэр кэскиллээх дуу диэн толкуйдуубун. Ону биир улууска олус үрдүк таһымнаах переработка оҥорон баран, аан дойду ырыынагар тайахтанар кэм кэллэ.
Практика көрдөрөрүнэн улуус аайы үүт-эт переработкатыгар комплекстары тэрийии кыаҕын көрдөрбөтө. Холобура, Майаҕа «Манчаары» СХПК оборудование бөҕөтүн ылан баран, банкротка баран ааттыын сүттэ. Туох да переработкаҕа улахан сыһыана, техническэй билиитэ суох дьон баһылаатылар. Табаардара атыыга барара уустугурда. Майалар «Хотулар» (Төҥүлү) оҥорбут астарын ордороллор.
Баары баарынан этии тус бэйэҕэ охсуулаах. Киртитии курдук өйдөнүллэр. Ол эрээри барытын кистээн олордохпутуна, сайдыы Саха сиригэр тахсыа суоҕа. Төһө да улууһум салалтатын убаастаатарбын, уһуннук муна-тэнэ олорор тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, практикаттан көрүүбүн этэри туһалааҕынан ааҕабын. Санаабар, өйбүттэн, тарбахпын эмэн куолулаан суруйбатым. Баар чахчылары ырыттым.
Федот ХАРИТОНОВ.