Айыы суола
/ Тыыннаах олох тосхоло эбэтэр социальнай - психологическай анаарыы /
«Мы все обладаем большим количеством
знаний, которые не осознаем.»
М.Эриксон.
Быйыл биир бэлиэ түгэн – “Айыы үөрэҕэ” кинигэ бэчээттэммитэ уонна Кут-сүр религиознай тэрилтэ юридическай регистрацияны ааспыта 25 сыла. Быһатын эттэххэ, үйэ чиэппэрэ ааста. Бу былаһын тухары Айыы үөрэҕэ, итэҕэлэ билигин даҕаны үгүс мөккүөрү уонна утарсыыны үөскэтэр. Онуоха мөккүһээччи да утарсааччы даҕаны Тэрис ханнык да кинигэҕэ суоҕу «тарбаҕыттан эмэн” таһаарбыта диэн тыллаһар үгэстээх.
Маны биһиги дириҥ социальнай-психологическай проблема курдук көрөбүт. Бу проблемаҕа абсолютнай авторитекка (религияҕа, наукаҕа, политическай сүүрээннэргэ) тирэнэр маассабай өй-санаа уонна соҕотох киһи олоххо сыһыана-көрүүтэ ыйааһын хараҕар ууруллан турар.
Нэһилиэнньэ социальнай стереотиба, күрүө оҥостубут араас идеологическай схемата, үҥэр-сүктэр эгэлгэ эмэгэтэ тус бэйэтигэр аһары күндү. Дьэ итинниги этэбит, общественнай психология диэн. Бу да иһин атеист, коммунист уонна официальнай, коллективнай сиэри-сигилини батыһар халыҥ араҥа оччолорго Тэрис үөрэҕин ересь курдук санаабыта.
Тоҕото тугуй диэтэххэ, чэҥкир бэлэм идеологияны бэрэлээн айаҕын ииттэргэ, олоҕун оҥосторго идэтийбит киһи ханнык да энчини тулуйуон сатаммат этэ. Инньэ гыннаҕына эрэ социальнай иерархия сымнаҕас олбоҕор олорор кыахтааҕа. Урут да билигин да оннук. Төрүт уларыйа илик кур көстүү.
Онон бэйэтин кэминээҕи политическай, экономическай , философскай, историческай догмалары көмүскүүрэ бэрт оруннаах этэ.Бу да иһин соҕотох киһиэхэ аҥаардастыы дьорҕойуу, суоһурҕаныы ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыттыы барбыта.
Итинник дьон , чуолаан, үөрэх диэни социум ычатыгар кыбытан өйдөөбүтэ.Марксизм-ленинизм , атеизм, библия, коран кээмэйинэн. Бу иһин коммунистар, атеистар бэйэлэрин идеологияларыгар итинник суоҕун дакаастыырга туруммуттара. Таҥараһыттар биир оннук библияҥ, кириэһиҥ, иконаҥ ханнаный, «кыһыл тылгынан» эппиккин ылыммаппыт дэһиилэрэ, бэл оннооҕор социальнай-гуманитарнай эйгэ үлэһиттэрэ хантан ким этиитин туһаммыккын ыйан көрдөр дии-дии түүрэйдээһиннэрэ баар этэ.
Тэрис хантан ылан «Айыы үөрэҕин» айа сатыырый, Айыы диэн ол тугуй диэн баайсар баайсыылара итинтэн сиэллэнэн-кутуруктанан тахсыбыта.
1. Этиттэрии
Два мира есть у человека: Один,
который нас творил, Другой,
который мы от века Творим по
мере наших сил.
Н.Заболоцкий.
Дьиҥэр ыллахха, Тэрис бу үлэтэ этиттэрии диэн ааттанар. Кинигэ аан тылыгар ааптар оннук быһаарбыта. Бу быһаарыы мээнэҕэ оҥоһуллубатаҕа. Кини итинэн үөрэх диэн тылы Логос диэн религиознай-философскай категория өйдөбүлүгэр туттубута.
Логос былыргы греческэй философияҕа - “разумное начало космоса, мировой закон, мировой разум”. Греческэй философ Платон «божественная идея” диэнин кытта биир баайыылаах өйдөбүл. Маны аныгылыы өйдөөччүлэр «склад мышления” диэн эмиэ этэллэр.
Оттон былыргы Логос кээмэйинэн Айыы үөрэҕэ - Айыы этээйитэ буолар.
Айылҕа халбаҥнаабат сокуона быһыытынан Логос илэчи олох бигэ тирэҕэ. Бу «суруллубатах үөрэҕи» бүгүҥҥү таһымынан сыаналаатахха, уһун кэмнээх эволюция түмүгэр үөскээбит сабыылаах генетическэй информация, бүтүн оҥоһууну харыстыыр биологическай программа диир сөптөөх. Бу сабыылаах генетическэй информация уонна биологическай программа айылҕа түөрт эйгэтигэр толору киирэн сылдьар. Ону илдьэ сылдьар орто дойдутааҕы сырдык күүһү саха киһитэ иччи диэн ааттыыр. Буор иччитигэр баары буор кут, уу иччитигэр баары ийэ кут, салгын иччитигэр баары салгын кут, уот иччитигэр баары сүр диэн бүтэйдии сэрэйэн этэр . Бу барыта тыыннаах эйгэҕэ бит, билгэ, таҥха, дьылҕа, ыйаах, оҥоһуу, төлкө таһымыгар сылдьар. Эт кулгааххынан истибэккин, эт хараххынан илэ көрбөккүн.
Алампа эппитинии итини мээнэ киһи мэйиитэ билбэт. Ону билэр айдарыылаах ураты дьоҕуру этиттэрии диэн этэллэр. Былыр былыргыттан сээркээн сэһэннэр маны эттэринэн-хааннарынан дьиҥ билбит суоллара.Киһи аайы тиксибэт ураты дьоҕур. Оннук киһини Айыы киһитэ диэһин баар.
Айыы киһитин “физический носитель мирового разума” курдук сыаналыахха сөп. Айыы киһитэ баар буоларыгар, айылҕа биологическай программата, сабыылаах генетическай информацията көмөлөһөр. Бу барыта физическэй, биологическай, ону ааһан психологическай обьектарга, хас биирдии киһиэхэ, обшествоҕа, ону ааһан технологическай көрүккэ, санаа да тиийбэт чараас эйгэтигэр киирэн сылдьар.
Сээркээн сэһэннэр этиилэринэн, Айыы үөрэҕэ үрдүк айар күүстэн - Үрүҥ Айыыттан тиксэр улуу муударас. Үрүҥ Айыыттан этиттэрии. Бу этиттэриини кут-сүр гына тарҕатааччы Үрүҥ Айыы тойон . Оттон этиттэриини араҥаччылааччы Айыы Тойон буолар.
Киһи олоҕо биологическай уонна социальнай программалартан турар. Киһи удьуоругар айылҕа айыллыбыт төрдө-төрүөтэ сабыылаах генетическэй информация, биологическай программа таһымыгар сылдьар. Айыы киһитэ итини кут-сүр, иччи, айыы диэн ааттаабыт. Балар тыынар тыыннаахха мэлдьи чугастар. Киһиэхэ эмиэ. Итинэн тыыннаах буолууну, олох баар буолуутун хааччыйаллар.
Оттон социальнай утумнааһыны киһи бэйэтин төрөппүттэриттэн, үөлээннээхтэриттэн, алтыһар дьонуттан-сэргэтиттэн, быһатын эттэххэ, киһи-аймах айылҕа ортотугар олоҕу оҥостор үөрүйэҕиттэн ылар.
Чинчийээччилэр этэллэринэн, киһи социальнай программата биологическайдааҕар кыра. Атыннык эттэххэ, киһи биологическай программаттан дьиҥнээхтик «тэйэ быһыытыйыыта» баара суоҕа 400 –чэ сыл курдук дииллэр. Киһи айылҕаттан тутулуга суох курдук сананыыта, тус кыаҕын билинэ быһыытыйыыта, бэйэтин айылҕа муҥутуур хаһаайына курдук сананыыта итиччэ кэм уһуннаах.
Оннугун оннук эрээри социум урукку олоҕу өй-санаа күлүгэ оҥорон, айылҕаны кытта өр кэмнээх «охсуһуутун» түмүгэр социальнай догмалаах эрдэтээҥи улахан религиялар үөскээбиттэрэ. Чуолаан, христианство, ислам.
Ити религияларга киһи олоҕун соро-муҥа, ол кэмнээҕи кыһалҕата туохтааҕар да ордук чорботуллар. Ону хос ырыҥалаан, урукку кириттэн-дьайыттан ыраастаан, саҥалыы таҥан, бүгүҥҥү тыыннаах олоххо өй-санаа күлүгэ – Таҥара гына иҥэрии социальнай-гуманитарнай программа биир сүрүн ис хоһооно буолбута.
Буолан ааспыт олоҕу өй-санаа күлүгэр кубулутуу уонна ол күлүк иһигэр тыыннаах олоҕу олоро сатааһын икки тыһыынча сыл тухары киһи-аймахха ыарахан психологическай эксперимент быһыытынан салҕана турар.
Маныаха өлүү культун үөскэтии, онно үҥүү-сүктүү - бу религиялар халбаҥнаабат догмалара.
Киһи өллөҕүнэ эрэ үчүгэйдэтэр. Тыыннааҕын тухары эрэйи-кыһалҕаны кэтиэхтээх диэн өйдөбүл итиннэ чиҥник иҥэн сылдьар.
Киһи-аймах баһыйар өттө түҥ үйэлэртэн маннык догмаҕа хото охтор. Дэлэҕэ даҕаны, Кытай былыргы бөлөһүөктэрэ олоҕу олорууну уруккуга төннүү, ону хатылыы сатааһын диэхтэрэ дуо ?! Киһи-аймах «хараҕа наар кэннигэр”, өрүү ааспыты кэтэнэр-мананар диэн.
Оттон тыыннаах буолуу муҥура биллибэт ис кыаҕын бэйэҕэ арыйа сатыыр дьоҕур быстар мөлтөх . Ити да иһин тыыннааҕы, чэгиэни харыстааһын, кэлэр кэмтэн, бүгүҥҥү тыыннаах эйгэттэн үчүгэйи күүтүү, онно эрэнии суоҕун тэҥэ. Бу да иһин, күҥҥэ хайыһан, уокка сүгүрүйэн иччини – билиҥҥи кэми , Айыыны – кэлэр кэми уруйдууру-айхаллыыры ис иһиттэн сөбүлээбэт майгы аһары күүстээх. Ол оннугар дьиэни-уоту арҕаанан ааннаан, күн сырдыга киирэр өттүн бүтэйдии бүөлээн, былыр үйэҕэ өлбүттэри таҥара оҥостуу, олор кэптэрин киһи аайы кэтэрдэ
сатааһын, сырдыгы сыһыарбат гына кириэс анньыы - бу саамай биһирэнэр өй-санаа. Куораттар, болуоссаттар, уулуссалар, алаастар түөрэ кэриэтэ таҥаралаабыттар ааттарынан ааттанан, кинилэри тилиннэрэ сатыыр үрдүк аналлаахтара ким да дьиксиннэрбэт. Төттөрүтүн астыннарар, дуоһутар диэххэ сөп.
Тыыннаахтан, илэ баар күн сырдыгыттан үтүөнү эрэйэр адьас куһаҕан, ону ааһан кутталлаах дииллэр. Бу оннугар уруккуну, күн сиригэр суох буолбуту сырдык ыра оҥостуу, онно үҥүү-сүктүү кинилэргэ муҥутуур абыраллаах. Бу да иһин бүгүн илэ баары барытын имири сотор, “Кыһыл кинигэҕэ” киллэрэн, сүтэрэ охсор баҕа аһары күүстээх. Урукку өттүгэр итинник оҥоһуулаах социальнай система биирдиилээн киһи айылҕаттан айдарыытын суох гынаары сору-муҥу кэтэрдэр, эрэйдээн өлөрөр эбит буоллаҕына, аны айылҕа дириҥ ис күүһүн баһылыырга баламаттык турунна.
Киһини оҕо сааһыттан кэлтэйдии өлүү культаах социальнай программаҕа хааччахтаан иитии-үөрэтии түмүгэр сабыылаах генетическэй информация, биологическай программа бүтэйэн иһэр. Үчүгэй уонна куһаҕан ардын киһи урут этинэн-хаанынан, сүрэҕинэн курдаттыы сэрэйэр буоллаҕына, бүгүн итини киинэ оҥорон, кинигэ суруйан, үлтү лэбэйдээн
быһаардахха эрэ сатанар. Оннукка тиийэн-түгэнэн хаалбыттан аны ким да соһуйбат. Итинэн салайтаран олоруу киһиттэн сүрүн ирдэбил, модьуйуу буолан иһэр.Бэйэ ис кыаҕын туһаныы дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэппэт, ааһа баран итинниктэри мөрөйдөөн атарахсатыгар, бүк баттыыр холобур аһары элбэх.
Бүгүҥҥү социум оҥоһуута (искусственнай техногеннай сайдыы) уонна итиннэ тирэҕирбит социальнай тутула айылҕалыын дьүөрэлэспэт, ону ааһан айылҕа программатыттан тосту-туора буолан иһиитэ сылтан сыл улаатар. Итиниэхэ техническэй цивилизация сайыннарар системата үгэстийбит утумнаах культураны быстах кэмнээҕи культурнай бырайыактарынан солбуйа сатыыр соруктанна. Ол курдук модернизационнай тосхоллоох политическай эйгэ дойду иһигэр «ис колониализмы» олохтуурга дьулуһуута аһары улахан. Регионнары, провинциялары үлтү соролоон, национальнай ресурсаны киин былаас бас билиитигэр кубулута турар.
Итини түргэнник ситиһэр сыалтан кытыы сирдэр социокультурнай уратыларын муҥутуу симэлитэ сатыыр. Онно холонуу холобура аҕыйаҕа суох. Үгүстэн биирэ - норуоттар төрөөбүт тылларын, төрүт культураларын суурайарга национальнай оскуолалары аҕыйатыы, үбүлээһини тохтоторго холонуу , итинэн этническай, социальнай-историческай үллэһиктэри букатыннаахтык суох оҥорор баҕалаахтар.
Оттон суох оҥоро сатыыр социокультурнай уратылара - айылҕа биологическай программата, сабыылаах генетическэй информацията буолар. Киһи төрөөбүт тыла ити чараас көстүбэт эйгэни арыйар суос-соҕотох КҮЛҮҮС ! Тыла суох киһи этиттэрбэт. Тыл көмөтүнэн киһи
бэйэтин ис тыынын таҥастаан, эттэтиини ааһан, дириҥ этиттэриигэ киирэр.
Норуоттар бэйэлэрин төрөөбүт тылларын суолталаабаттарыттан, онуоха эбии государственнай система бары норуоту унификациялыыр сыалы-соругу күүһүрдэ турарыттан, социальнай-гуманитарнай билии-көрүү нэһилиэнньэҕэ быстар намыһах. Онон эттэтиитэ, этиттэриитэ суох кураанахсыйбыт киһи элбээн иһэр. Атыннык эттэххэ, кута-сүрэ, иччитэ салыйбыт дьон үгүс.
Балар бэлэм социальнай программа ис хоһоонугар дьүөрэлээн, техногеннай олох сыарҕатыгар хатаастыыны “сайдыыга айан, ситиһиилээх буолууга дьулуһуу” диэн күннээҕи лозунг оҥостон , сата баһын тардан эрэллэр . Итинник өлүмнэһии содулугар аан дойду үрдүнэн научнай-техническэй прогресс айылҕаҕа охсуута улам-улам күүһүрэн иһэр.
Холобурун эттэххэ, сир шарын ойуура 25-30% кыччаата. Сыл аайы 400 000 кв км ойууру араас социальнай программаҕа анаан кэрдэ тураллар.Төһөлөөх күөх үүнээйи дьон-сэргэ дьалаҕайыттан уокка былдьанарын киһи этэ да барбат. Оттон биир гектар ойуур 20 мөлүйүөн кубическай миэтэрэ иэннээх атмосфераны ыраастаан, күн аайы үрүҥ тыыммытын өллөйдүүрүн , дьэ, санаа эрэ !
«Сатурн – 5” ракетанан американскай «Скайлэб” станцияны орбитаҕа таһаарарга сирдээҕи ионосфера 1800 км диаметрга тиийэ дьөлө ыстанар.Бу дьөллүү түмүгэр сирдээҕи айылҕа икки чаастан ордук бириэмэ итини оһоруна, иэдээнтэн өрүһүнэ сатыыр. Өскөтүн сылга 85-тэн ордук ракетаны көтүттэххэ озон араҥата өрүттүө суоҕун сөп диир, айылҕаны үөрэтэр-чинчийэр үөрэхтээх араҥа.
Айылҕа бу үлүгэрдээх алдьаныыттан быыһанарыгар олоҕу харыстыыр программаны хос саҥалыы уларытар.Ол аата киһиэхэ баар сабыылаах генетическэй информацияҕа , биологическай программаҕа дириҥ мутация баран эрэр. Ол туоһута аҕыйаҕа суох. Ылан көрүөҕүҥ, саванта дэнэр төрүөхтэриттэн аамыйа, социальнай программаҕа кыайан дьүөрэлэспэт туруктаах, ураты айдарыылаах дьону. Бу феномены билиҥҥи наука кыайан быһаара илик.
Айыы үөрэҕин туһунан санааны түмүктээн эттэххэ, айылҕа дириҥ төрдө-төрүтэ этэр- кэпсиир, ыйар-кэрдэр кыаҕын ким барыта эт мэйиитигэр кыайан батарбат. Итиниэхэ биллэн турар, киһи бэйэтин тула баары муҥ саатар билинэ, баардылыы үөрэнэрэ, ол бастакы улахан сорук быһыытынан турар.
Тэрис тилиннэрбит үөрэҕэ үөтүүлээх санааһыҥҥа тирэммит сахалыы этиттэрии. Бу этиттэриигэ сабыылаах ис итэҕэли Тэрис сурукка тиһэн, аан бастакынан өй-санаа гына билиһиннэрдэ.
Салгыыта бэчээттэниэ.
Кут-сүр кыһа бэлэмнээтэ.
“Айыы суола” социальнай-психологическай анаарыыга олоҕу олоруу урукку, билиҥҥи парадигматын уонна саҥалыы толкуй туһунан кэпсэтэбит. Олоххо баар сорох өйү-санааны хос ырытан, ырыҥалыырга холонобут.
Өйү-санааны үксүгэр судургу социальнай информация курдук ылынан, ити төрдүн-төбөтүн билии, туох дьайыылааҕын ааҕа-суоттуу сатааһын суох. Утарынан үтүктүү, түбэһиэх батыһыы баһыйар.
Бу иһин өй-санаа үөскээбит төрүөтүн быһаарыы, ити дьайыытын чинчийии барыахтаах. Инньэ гыннахха эрэ интеллектуальнай историяҕа, интеллектуальнай культураҕа арыый да сыстыа этибит .
Айыы суола
/ Тыыннаах олох тосхоло эбэтэр социальнай - психологическай анаарыы /
Салгыыта. Саҕаланыытын 23.08.2018. 33-с., 13.09.2018. 36-с №№-гэ көр.
1742 сыллаахха Аар тойону алы гыныы төрүөтэ тугуй ? Тоҕо итинник гыммыттарый ?
Бу бастатан туран, 1642 сыллааҕы хаан тохтуулаах улахан трагедияҕа туһуламмыт тэрээһин буолар. Кыргыллыбыттары кэриэстээһин. Элбэх киһи тыына толук барбытын ахтыы...
Ханна даҕаны өлбүттэри өйдөөһүн-санааһын кэһиллибэт сокуон. Ити биричиинэтин Густаво Адольфо Беккер «Человеческий ум не имеет полной власти над настоящим и будущим. Только тенью прошедшего владеем мы без раздельно” диэһинэ оруннаах соҕус.
Өлүү тугун-ханныгын быһаарар уонна ону билэр сорук киһи-аймахха аан дойду айыллыаҕыттан ыла турар. Өлүүттэн чаҕыйыы уонна өлүүнү тумнарга баҕатыйыы хаһан да тохтообот. Ол тохтообот төрүөтэ испанскай «Соледад» ырыаҕа бэрт чопчу этиллэр.
Каждый, кто в сей мир приходит,
С детства мечен, уж поверьте,
Огненным клеймом в два слова,
Вот они : «Заложник смерти.»
Киһи илэ көстөрө уонна тулатын билимтэлиирэ бүтэр кэмнээҕин, муҥур уһуктааҕын билэрэ тугунан да кээмэйдэммэт ыар турук. Өй-санаа баттыга. Маны невроз дииллэрэ мээнэҕэ буолбатах. Психологияҕа, философияҕа “куттал фантома” быһыытынан үгүстүк ырыталлар.
Итинник стрессовай рефлексияны аһарынан, өбүгэ суон күлүгэр хайыһыы бары норуокка баар. Казахтарга аруах, таджиктарга, узбектарга арвох, арвах дэнэр уустук сиэр- туом. Былыргы түүрдэргэ бу арва – заклинать диэн ааттанар.
Иудаизм метафизикатыгар «руах – средний составной элемент человеческой дущи, связанный с эмоциональным отношением человека к
Всевышнему”. Киһи өллөҕүнэ руах сирдээҕи ырайга тус оннун-тойун булунар.
Өлүүнү билинии, өбүгэни, ытык киһини өйдүүргүн-саныыргын биллэрии хайаатар да толуктаах. Кэрэҕэ суох сатаммат.
Маннык мистерияҕа эбээннэр ар - өл, маньчжурдар ари - злой дух , нанайдар ари – идол ,человекообразным изображением, с 9 зубцами на голове, с безруким туловищем, эбэҥкилэр аринка – злой дух, перстэр арйа – ненавистный диэннэри алы гыналлара биллэр.
Маныаха сыһыаннааҕы Иван Худяков «Краткое описание Верхоянского округа» үлэҕэ бэлиэтээн турардаах. « Ставят столб с 9 выемками …Столб бывает четвероугольный и на самом его верху делают человеческое лицо, обращенное на запад ( на лицо обозначают неявственными чертами глаза, нос, но ни волос, ни бороды не обозначают ».
«Булгу харахтаах, хаптаҕай тыллаах» Аар тойону итинник ойуулууллар эбит. Итиниэхэ ойуун 3 эбэтэр 9 дьөлөҕөстөөх сынаҕанан ( анал хамыйах) эриэн сылгыны тарбыыр уонна «Хара тыын харыһыгар, үрүҥ тыын толугар бу илдьэммин эйиэхэ эрэйдэнэн көрөөрү турдаҕым» диир. Ити кэнниттэн ыллаан сыналытар.
Худяков этэринэн, ыһыах икки көрүҥнээх : айыыга уонна абааһыга. Итиниэхэ абааһыга анаммыт ыһыахха түөрт кырыылаах баҕана туруораллар. Баҕана тоҕус томторҕолоох уонна киһи сирэйэ ойуулаах. Линденау манныгы 1742 сыллаахха таҥара ыһыах диэн суруйбута. “Иногда на одном ысыахе бывают два шамана: один на святого, другой на дьявола” диир , Худяков.
Итинник ыһыах торумун Өксөкүлээх Өлөксөй 1924 сыллаахха “Сайын кэлиитэ” поэматыгар бу курдук быктаран ааһар.
Үрүҥ күнү көрдөрбүт
Үрүҥ аар тойону өйдүөтэ,
Аан дайдыны харахтаппыт
Айыы тойону санаата.
Биир ыһыахха тэҥинэн таҥараҕа уонна айыыга хайыһыы барара итинник ойууланар. Ону таһынан Үрүҥ аар тойонтон көрдөһөр сыналҕаҥҥа этэллэр эбит:
Төрүөхпүтүн түҥнэри төлкөлөөмө,
Кэнчиэрибитин кэхтэр кэскиллээмэ,
Ыччаппытын быстар ыйаахтаама.
Таҥараҕа хайыһан, сиэмэ-эһимэ диэн ааттаһыы оҥоһуллар. Өксөкүлээх бу айымньытыгар таҥара уонна айыы ыһыаҕа силлиһэ ойууламмыт...
Урут эппиппит курдук, былыргы Индияҕа арья (аар) икки суолталаах: «благородный» . «хозяин, господин» уонна «киһини толук туттааччы».Буддизмҥа «почтительная приставка к именам архатов, а также названиям некоторых сутр».
Архат - буддизмҥа ситии-хотуу түөрт таһымын ааспыт киһи. Быһатын эттэххэ, Аар лиэнтэн төрүттээх тыллары киһиэхэ араас дэгэт быһыытынан сыһыараллар эбит.
Сахалар итини 1825 сыллаахха Үрүҥ Аар - “Сын Божий” диэн ааттаабыттар.
Үрүҥ диэн тылы эбии сыһыаран. Архетип тас көстүүтэ төһө да уларыйдар ис хоһооно, дьиҥ суолтата урукку оннугар хаалбыт. «Переменив знак, сохраним значение» диир санааттан оҥоһуллубут религиознай реформа буолар. Маны биллэн турар, церковь үүннээбитэ-тэһииннээбитэ саарбахтаммат. Монотеисткай религияны бигэргэтэргэ былыргы стрессовай рефлексияны таба туһаныы буолар. Уопсайынан эттэххэ, маассабай араҥаны куттаан, урукку өйгө-санааҕа баайан, салайыы ньыматын көрүҥэ.
Христианствоҕа дьону неврозка тутан сылдьыы туоһутун лютеранскай пастор, психоаналитик О́скар Пфи́стер «Христианство и страх» үлэтигэр бэрт сиһилии ырыппыттаах. Онон Х1Х үйэ бастакы чиэппэригэр бу кистэлэҥ инструмены сахаҕа хос туттубуттара...
Буддийскай архат (арья, аар) уонна христианскай Үрүҥ Аар дьэ тоҕо итинник ыпсан хааллылар ?
Христианскай сибэтиэй Дионисий Ареопагит “О небесной иерархии” трактактатыгар үрдүк күүстэри үс иерархияҕа араарар: космос күүстэрэ, планеталар күүстэрэ уонна сирдээҕи күүстэр. Сирдээҕи күүстэргэ аанньаллар, архангеллар, архея киирэллэр. Балартан улаханнара – архея. Киһини, дьону араҥаччылыыр күүс. Тоҕус таһымтан төрдүһэ. Эмиэ архат курдук
1825 сыллааҕы реформаҕа Аар тойону христианскай археяҕа чугаһатан, Үрүҥ Аар оҥорбуттар. Көрөрбүт курдук, таҥара итэҕэлигэр Үрүҥ Аар киһини араҥаччылыыр төрдүс таһымнаах сирдээҕи күүс. Халлааҥҥа сыһыана суох.
Түмүктээн эттэххэ, Аар диэн өлүү культугар турар түҥ үйэтээҕи өйдөбүл. Өбүгэ сырдык уонна хара күлүгэр үҥэргэ-сүктэргэ «Булгу харахтаах, хаптаҕай тыллаах, таба атааннаах Аар Тойон ! » диэн сэрэнэ-сэрбэнэ ыҥырыллар үөр (өлбүт дьон тыына) баһылыга.
Таҥара. Герхард Дёрфер уонна Иван Манжигеев научнай быһаарыыларынан түүр тыллаахтарга киирии өйдөбүл. Махаяна биир хайысхатын - тантризмы кытта ситимнээх.
Тантра (санскр., дословно «непрерывность», «поток (психики)» дэнэр буддизм тылдьытыгар. Бу ханнык да Бог, Творец, уһулуччу үрдүк күүс буолбатах. Баара суоҕа өй-санаа сүүрээнэ.
Өй-санаа сүүрээнин тылга-өскө тиһиини Ведическэй сурук –шастры (тантра) диэн ааттыыллар. Биэс тыһыынча сыл анараа өттүнээҕи этитиини.
Билиҥҥи тантра түөрт кылааска арахсар : 1. Крия тантра – көрүнньүк сиэр-туом 2.Чарья тантра - йогическай медитацияны (эттэтиини) кытта
дьүөрэлэспит көрүнньүк сиэр-туом 3. Йога тантра - йогическай медитация (эттэтии) 4. Аннутара йога тантра – «аҕа» уонна «ийэ» медитацията.
Аны туран, Георг Ферштайн тантраны «Вид священной литературы, относящийся к тантризму и прежде всего связанный с ритуальным поклонением женскому божественному принципу, иначе шакти » диэн быһаарар .
Онон тантра (таҥара) диэн киһи психофизическэй туругун салайан, ис күүһү арыйара буолар. Эттэтэн араас турукка киирии саха дьонугар таҥара итэҕэлэ дэммит.
Тантризм концепцията У үйэҕэ бүтэһиктээхтик сиппит-хоппут. Х11-Х111 үйэлэргэ үгүс норуокка муҥутуу тарҕаммыт. Бу кэми сэбиэскэй чинчийээччи Лев Гумилев түүр тыллаахтарга таҥара концепцията олохтоммут кэминэн аахпыта.
Түүр тыллаахтар тантраны тенгри диэбиттэрин биир чаҕылхай туоһута Умай буолар. Умай диэн ийэ дьахтар кэбэ.
Орхон өрүстээҕи сурукка Тенгри, Умай уонна Ыдук йер-суб тэҥинэн ааттаналлар.
Академик А.И.Гоголев этэринэн , Умай - бэргэһэтигэр үс үнүгэстээх дьахтар. Буддизмҥа ити Лотос. Сахаҕа алгыс бэлиэтэ.
“Имя Умай - самое древнее и появляется впервые, как имя супруги бога Рудры, прототипа Шивы уже в ведийских текстах (Тайтрия-Араньяка и Кена –упанишад) “ дэнэр Брокгауз уонна Ефрон энциклопедиятыгар. Индияттан төрүттээх эбит, Умай.
Түүр тыллаахтарга тантра (тенгри) биир көстүүтэ буолан сылдьыбыт.
Сахалыы сиэргэ-туомҥа алгысчыт таҥараҕа хайыһарыгар дьахтар бэргэһэтин кэтэр үгэстээҕэ. Маны сэргэ удаҕаттары таҥара диэһин эмиэ
1825 сыллааҕы юридическай докумуоҥҥа буддизм архат арахат – «достойный » өйдөбүлүн Үрүҥ Аар -«Сын божий» диэн Христоска дьүөрэлээбиттэр.
Архат – түөрт таһымнаах эттэтиини, тантраны ааспыт киһи. Будда үөрэнээччилэрэ уонна кинилэри батыһааччылар ситиһэр ситиһиилэрэ. Буддизм алын салаатыгар хинаянаҕа эрэ архат улахан оруоллаах. Бу түгэҥҥэ архаты православияҕа сыһыаран, Үрүҥ Айыыга чугаһаппыттар.Үрүҥ Айыыттан тутулуктааҕын бигэргэтээри.
Тенгризм, тенгрианство.
Бу саҥардыы үөскээбит термин. Баара-суоҕа 34 сыл анараа өттүгэр француз историга Жан-Поль Ру “Религия тюрок и монголов” (1984) үлэтигэр сабаҕалаан эппит этиитэ. Онон итини неологизм диэн ааттыыллар. Классическай наука бу идеяны религия да итэҕэл да быһыытынан баччааҥҥа диэри бигэргэтэ илик. Научнай-теоретическай базата мөлтөҕүнэн ааҕар. Чуолаан немец учуонайа Герхард Дерфёр «О языке гуннов» (1988) научнай ыстатыйаҕа тенгрианствоны религия диир табыллыбат, деизм буолуон сөп диэбитэ.
Кини итинэн таҥара итэҕэлин өйү итэҕэйии, өй кыаҕар дьүөрэлэһии диэҥҥэ чугаһаппыта. Дёрфер бу көрүүтүн иҥэн-тоҥон ырыҥалааһын баччааҥҥа диэри суох.
Дерфёр этиитэ дьиҥэр тантрическай мистицизм үөс өйдөбүлүгэр - ДАЛАЙ БИЛИМТЭ (Космическое, абсолютное сознание) диэҥҥэ адьас чугас.
Тантристар анаарыыларынан баар илэ чахчы бүүс бүтүннүүтэ биир кэлим билимтэ. Хас биирдии киһи бэйэтин итиннэ ханыылыы туттаҕына, ДАЛАЙ БИЛИМТЭҔЭ холбоһор. Итиниэхэ ис кыаҕы (индивидуальнай) уонна тас күүһү (трансцендентнай) сөпкө дьүөрэлээһин быһаарар оруоллаах.
Нуучча филособа Евгений Трубецкой итини өссө маннык быһаарар. «…весь процесс нашего познавания совершается не иначе, как через откровения абсолютного сознания в нашем человеческом сознании»...
Маны таһынан Дёрфер түүр, монгол тыллаахтарга “торе – сокуон” баарын бэлиэтээбиттээх.
Торе (төре) - муҥутуур үрдүкү сокуон быһыытынан маҥнай утаа түүрдэргэ, кэлин монголларга тэнийбит.
«...высший закон существовал вне воли человека, и даже верховные правители — ханы не могли его творить, а обязаны были ему следовать. » диир « Эволюция тöре в системе монгольского средневекового права» үлэҕэ Р.Почекаев.
Тора – иудейскай религиознай сокуон . Кинилэр соҕуруулуу-илиҥҥи диалектарыгар тойро, хотугулуу - илиҥҥигэ тэйро дэнэр.
Египеттэн куота сылдьан, еврейдэр Синай кумах куйаарыгар тааска суруллубут 10 кэс тылы булбуттар уонна Тораны истибиттэр. Итини кинилэр Яхветтан этитии, кинилэргэ эрэ анаан тиксибит сүдү анаттарыы курдук быһаараллар.
Аны туран, еврейдэр Тораҕа аҥаардас сокуон эрэ курдук сыһыаннаспаттар. “...Тора не есть только Книга Закона, в ней сокрыта сама суть Мира, она сама является планом Мира...” диир Григорий (Рав Цви) Вассерман.
Кини этэринэн , Яхве бэлэмнээбит былаана эбит – Тора. Толкуйдаммыт сыал-сорук. Ол аата аан дойдуну туспа толкуйунан Яхве баар гыммыт. Иудаизмҥа итинник тойоннууллар, Тораны.
Түүр, монгол тыллаахтарга торе эмиэ кэһиллибэт, халбаҥнаабат сокуон. ҮРДҮК КҮҮС таҥан таһаарбыт ыйыыта-кэрдиитэ. Дьэ бу иһин, 1664 сыллаахха «Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ таҥара үрдүгэр” диэбит, ол кэмнээҕи саха.
Салгыыта бэчээттэниэ.
Кут-сүр кыһа бэлэмнээтэ
http://uhhan.ru
|