Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Алтынньы » 20 » КУР БЭЙЭБИТ КУБУЛУЙБАППЫТ
КУР БЭЙЭБИТ КУБУЛУЙБАППЫТ
08:48
 КУР БЭЙЭБИТ КУБУЛУЙБАППЫТ

Якутия в нищем убранстве,
Вилюй обездолен судьбой,
Алмазные грани богатства
Текут между пальцев рекой.
Николай Чуор



Республика саҥа баһылыга А.Николаев бастакы ыйааҕым айылҕа харыстабылыгар ананыа диэн дуоһунаһыгар киирэр дуорааннаах мунньаҕар иһитиннэрбитэ.
Ол ыйааҕа кырдьык тахсыбыта да бастакы буолбатах, иккис нүөмэрдээх ыйаах эбит.


Муҥар онтубутугар киһи “иилэн ылара” суоҕун туһунан “Якутск вечерний“ хаһыат сырдаппыта.
Тойоммут аны Бүлүү уута киртийбэтэх, ыраас диэн тылласта.
Ити идэлээх уорганнар 22 миллиард солкуобай хоромньу таҕыста диэн суоттаабыттарын үрдүнэн.
Онон улахан тойоммут ити биир этиитинэн ол суоттааһыны туора соттоҕо, хоромньуну төлөтөртөн аккаастаннаҕа дуу?
Уу ыраас буолуо ини, хоромньу буолуо ини...
АЛРОСА ол ыстараабын олоччу төлүө этэ дуо?
Баар сокуону барытын тутустахха төлөөбөккө ханна барыай?!

“Мир” рудник саахаллаан алмааһы биэрбэтин үрдүнэн бу сыл бастакы аҥаарыгар АЛРОСА 58,3 миллиард солкуобайдаах ыраас барыһы ылбыта. Алмааһы, бриллианы атыылаан.
От, атырдьах уонна балаҕан ыйдарыгар миллиард кэриҥэ дуолларга алмааһы, бриллианы атыылаабытын киэн тутта телевизорга сырдаппыта.
Балаҕан ыйыгар Америкаҕа - 7,9 млн., Гонкоҥҥа – 9 млн. долларга бриллианы батардылар.
Аны “Анаабыр алмаастара” аҥаардас быйыл сайыҥҥы сезоҥҥа 14 мөлүйүөн куб. буору сүргэйэн 5,4 мөлүйүөн караат алмааһы хостообутун иһитиннэрдилэр.
Суоттаан көрүҥ!

Лицензияларын былдьаары, үлэлэрин тохтотоору да туран ороскуоту төлөттөрүөххэ баара!

Бүлүүгэ иэдээн быйыл да, былырыын да кэлбэтэҕэ.
Иэдээн алмаас хостоноро саҕаланаатын кэлбитэ.
Ити туһунан элбэх ыстатыйа эрэ буолбакка, кинигэлэр суруллубуттара.

Республика Кылаабынай санитарнай бырааһа И.Я.Егоров 1978 сыллаахха суругуттан: “...Большую опасность представляют сброс неочищенных канализационных стоков Мирного в реку Ирелях. Канализационные очистные сооружения принимают 18 тыс. куб м стоков вместо проектных 7,2 куб.м в сутки. Эффективность очистки стоков на них равна нулю.

Сброшенные в реку Ирелях неочищенные и необеззараженные стоки используются в оборотном водоснабжении фабрики №5 и драг 201, 202, что представляет большую опасность в распространению инфекционных заболеваний, в том числе холеры...”.

Оттон бу лоскуйдары оччотооҕу “Лена бассейыныгар ууну туһаныы уонна хонтуруоллааһын территориальнай управлениетын” (ЛБТУ) начальнига И.В.Ноговицын 1979 сыллаахха суруйбут справкатыттан аҕалабын:

“...Объединением “Якуталмаз” начиная с 19 июня 1978 года без согласования с контролирующими органами сбрасывались высокоминерализованные сероводородные воды с карьера трубки “Мир” в речку Ирелях”.

“На обогатительной фабрике №3 с 25 февраля по 4 июня 1978 года неосветленные стоки из хвостохранилища через сифон сбрасывались в Иреляхское водохранилище в объеме от 3500 до 21000 куб. метров в сутки, вследствие чего управлением вынесено обязательное предписание, которое не было выполнено.
За невыполнение обязательного предписания насосная станция дополнительного водовода фабрики была опломбирована”.

“...Также данные анализов от 18 и 21 мая 1979 года показывают, что сброс технологических промстоков из хвостохранилища фабрики №3 в р.Ирелях по взвешенным веществам превышает
ПДК из хвостохранилища – 130 раз,
в самой речке – 330 раз,
в устье речки – 55 раз”.

1979 сыл алтынны 25 күнүгэр ССРС Өҥнөөх металлургиятын миниистирэ П.Ф.Ломако ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтигэр ыыппыт суруга баар.
Аата “Об экспериментальном сбросе в 1979-80 годах минерализованных вод месторождения алмазов трубки “Мир” в речную сеть” диэн.
Ууну быраҕарга көрдөһөн уонна Бүлүү олохтоохторо өлөллөр эбит дуу, суох эбит дуу диэбит курдук.

Сонно тута кэриэтэ, сэтинньигэ ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Н.Тихонов тустаах миниистирдэригэр:
”Прошу рассмотреть просьбу т.Ломако и дать решение, обеспечивающее бесперебойную работу карьера “Мир”, - диэн көрдөһөн суруйбут.
“Көрдөһүү”, биллэн турар, туоллаҕа дии.

Итинтэн ыла Иирэлээх уонна Аччыгый Ботуобуйа балыктаах өрүстэр ахсааннарыттан таһаарыллыбыттара.

Өссө биир справканы аҕалабын.
“О применяемых реагентах в технологических процессах обогатительных фабрик г.Мирного” диэн “Якуталмаас” холбоһук боруоданы байытар отделын начальнига М.В.Заскевич 1978 сыл от ыйын 8 күнүнээҕи справкатын тылбаастаабакка, хайдах баарынан, биэрэбин:

“...На обогатительных фабриках №3 (с 1971 г.) и №2 (с 1973 г.) в соответствии с планом внедрения новой техники ГНТК при Совмине СССР начал использоваться весьма эффективный с точки зрения извлечения мелких алмазов процесс пенной сепарации. В качестве реагентов применяется бутиловый аэрофлот (импортная марка будис – С), мазут флотский и вспениватель ОПСБ.
За последние годы ежегодное потребление фабрикой №3 аэрофлота
составляет 36,0 тонн, мазута 220 тонн и ОПСБ 5 тонн, фабрикой №2 - 42-45 тонн аэрофлота, до 200 тонн мазута и 25 тонн ОПСБ. Для окончательной доводки концентратов применяется тяжелая жидкость “Клеричи” (муравьино-молоново-кислый таллий). Годовой расход по Мирнинской группе предприятий составил в 1976 г. 920 кг, в 1977 – 900 кг и на 1978 г. запланировано около 700 кг.”

Ити саҕана аэрофлотка уонна таллийга ПДК нуормата уонна ССРС Минздравын көҥүлэ суох эбит.

Бүтэй Бүлүү барахсан бастакы улахан охсуулары ити кэмтэн ылбыта. Охсууну аан бастаан Сүлдьүкээр, Бүлүүчээн, онтон Кириэстээх ылаллара.
Ол билигин салҕана турар.
Алмааһы хостооччулар руданы байытааччылара (обогатителлэр) үөһээ ахтыллыбыт реагеннары тутталларын улахан ситиһиинэн ааҕан ССРС Государственнай бириэмийэтигэр түһэриммит түгэннэрэ баара.
Ону билэн баран,
Саха сиринээҕи Общественнай Экологическай Киин аатыттан бырачыас суруйан улахан бириэмийэҕэ тиксэллэрин тохтотон турардаахпыт.
ЛБТУ кэлин тиһэҕэр Москва министиэристибэтигэр быһа бэринэр Ленатааҕы уу бассейновай управлениетыгар (ЛБВУ) кубулутуллубута.
Урукку начальник И.В.Ноговицын пенсияҕа барбытыгар кинини В.И.Агеев солбуйбута.
Валерий Ильич ЯГУ-ну бүтэрбит бэйэбит киһибит, үлэлээбитин былаһын тухары Сахатын сирин уутун көмүскүү сатаабыта.
Урут ЛБТУ-га өр сыл бииргэ үлэлээбит кадрдарын С.П.Александровы, Н.А.Черемкины, о.да.а. бэйэтиттэн араарбатаҕа. Кинилэр үлэлэригэр эппиэтинэстээхтэрин, бэриниилээхтэрин туоһулуур үгүс докумуоннартан бэрт кыраны аҕалабын.

“АКТ №17 проверки водоохранной деятельности. Мирный. 19.04.2004 г.
1. ... По результатам химанализов ведомственного аналитического контроля, осуществляемого Мирнинским ГОКом, среднегодовое содержание взвешенных веществ на выпусках фильтрата дамб с котлованов драг на несколько раз превышает допустимую концентрацию (на дамбе драги №202 в 4 раза, на дамбе драги №201 в 6,9 раз).
Общая масса взвешенных веществ сброшенных с котлованов драг 201 и 202 в реку Ирелях составило 25,466 тонн при лимите 18,1 тонн. Тем самым сверхнормативный сброс взвешенных веществ с дражных котлованов в реку Ирелях в 2003 году составил – 7,366 тонн.

2. Накопитель минерализованных вод на ручье Тымтайдах. Накопитель минерализованных вод на ручье Тымтайдах эксплуатируется с мая 1985 года.
Проектная емкость 17,3 млн.куб.м.
...Согласно “Регламента регулируемого сброса опресненного слоя минерализованных вод из накопителя р.Тымтайдах” в реку Малая Ботуобия в паводковый период 2001 года и последующих годов для исключения возникновения аварийных ситуаций из накопителя минерализованных вод в речную сеть производились сбросы сточных вод с минерализацией от 61,248 г/л до 104,042 г/л, не предумотренных лицензией на водопользования:
1999 г. – 201,6 тыс.куб.м;
2001 г. – 629,6 тыс.куб.м;
2002 г. – 530,5 тыс.куб.м.
Госинспектор Ленского БВУ С.П.Александров и др.

Бу кэнниттэн ЛБВУ салайааччыта В.И.Агеев дьонун буойбатах, АЛРОСА тойотторугар бэрт буола сатаабатах.

“Обязательное предписание №37 об устранении нарушения водного законодательства” диэн докумуону АЛРОСА тойонугар А.Морозкиҥҥа ыыппыт предписаниетыттан:

“Разработать мероприятия по достижению установленных нормативов загрязняющих веществ на выпусках драг 201, 202 и согласовать с Ленским БВУ МП РФ. Срок: до 15 августа 2004 года.
...При неисполнении настоящего Предписания будут приняты меры вплоть до приостановки действия лицензии на водопользование Мирнинского горнообогатительного комбината.
В соответствующие органы будут направлены материалы для привлечения нарушителя (ей) к дисциплинарной, уголовной ответственности”.

Маннык дьаһаныылар алмааһы хостооччулары кэм бэрээдэктиир этэ.
Ол Штыров саҕана тохтотуллубута.
Урукку бэрээдэк салгыы тутуһуллубута буоллар быйылгы курдук аан алдьархай тахсыа суоҕа этэ.
Арыый сымнаһыар буолуохтааҕа, төһө да алмаасчыттар кур бэйэлэрэ кубулуйбатар.

Үөһээ аҕалыллыбыт курдук ис хоһоонноох докумуоннары элбэҕи аҕалыахха сөп.
В.И.Агеев аҕыйах сылынан пенсияҕа тахсыбыта, кини кэнниттэн үгүс ветераннар эмиэ үлэлээн уурайбыттара.
В.И.Агеевы кэлин сылларга И.Андросов солбуйан олорор, кини төһө туруулаһарын, туруорсарын мин билбэппин.

Билигин, соруйан дуу, билбэккэ дуу, Бүлүү уутун үөһээ араҥатыттан ылан анаалыстыыллара “ырааһы” көрдөрөрө сөп буоллаҕа.

Ыарахан эттиктэр бары өрүс түгэх буоругар сөҥөн сыталлар, онно таллийыгар тиийэ баар.
Ону ким да көрдүү сатаабат.

Биһиги 1989 сыллаахха Чита институтун учуонайдарын ыҥыран үлэлэппиппит таллийы булбуттара.
Атын учуонайдар таллийы кимберлиттан кытта булбуттара.

Ити сылларга Иркутскай учуонайа Маторова таллийы Удачнай салгыныттан (аэрозоль) кытта булбута уонна салгыы дириҥэтэн үөрэтиэххэ диэбитэ да, салгыы үлэлэппэтэхтэрэ, боппуттара быһыылааҕа.
Алмаасчыттар бэйэлэрэ, ордук оҕолоро, Мииринэйгэ, Айхалга, Удачнайга наһаа ыалдьаллара бэлиэтэммитэ да уһун солкуобай сырсыыта барытын баһыйан эрдэҕэ.

ССРС медицинскай академиятын Сибиирдээҕи салаатын Клиническай уонна экспериментальнай медицинаҕа институтун (ИКЭМ) дириэктэрэ академик В.П.Казначеев 1988 сыллаахха:

”...Сколько детей в Мирном растет здоровых?
По нашим данным, 30 процентов - хроники,
50 процентов – в зоне риска.
Кто виноват в этом?
Обязательны ли такие потери при освоении Севера? ”, - диэбитин санатабын.

Оннооҕор “Кристалл” ядернай эһииттэн билигин үлэлии турар шахталарыгар радионуклид киирбитин булан биэрбиттэригэр да кыһаллыбаттар.
Эгэ, ол ханнык эрэ Бүлүү олохтооҕор кыһаллыахтара дуо?!

Мин бу официальнай дааннайдары бэйэм “Бүлүү Эбэ көмүскэлигэр” (2000с. - 18 сыллааҕыта), “Туруулаһыы” (2010 с.) уонна Н.Архиповтыын “Хотун Бүлүү хомолтото” (2005 с.) суруйбут кинигэлэртэн ыллым.
Кинигэлэргэ үгүс бэрэбиэркэлэммит дааннайдар бааллар, олору наадыйар киһи дьонтон да, республика библиотекаларыттан да булан көрүөн сөп.

Республика баһылыга А.Николаев: “Бу саахал, чиэһинэйдик эттэххэ, экологияҕа, балык туругар улахан, алдьатыылаах хоромньуну оҥорбото. Балык өлбүтэ бэлиэтэммэтэ. Ааспыт үйэ 70-80-с сылларыгар өрүскэ балык букатын да суох этэ. Ол ГЭС ууну харайар сиригэр мас сытыйан, дьааттаах фенол тарҕаммытыттан, балык эстибитэ”, - диирин кытта хайа да учуонай сөбүлэспэтэ буолуо.

Бүлүү муоратын эрэ буруйдуур тугу да билбэттэн тахсар, эбэтэр муннара сатааһын муҥа буолуо.

Уопсастыба палаатата уонна Норуот фрона диэннэр мунньахтарыгар Сүлдьүкээр олохтооҕо балык өлбүтүн хаартыскаҕа устан тарҕаппытын мэлдьэһэ, атын регион киэнин аҕалбыттар дии сатаабыттара да хаартыска кырдьыктааҕа көһүннэ.
Биллэн турар, аҕыйах балык, Аччыгый Ботуобуйа балыгын тобоҕо, өлбүтүн хопто, суор-тураах сонно ичигэстээн бүтэрдэҕэ, Бүлүүчээҥҥэ да тиэрдибэтэх буолуохтаах.

Оттон Бүлүү бэйэтин Өлүөнэттэн өксөйөр аҕыйах балыга “өйдөммүтэ” ырааппыт үһү, куһаҕаны билээт да аллараа куотар, муораҕа тиийэ.

Бүлүүтээҕи ГЭС билиҥҥи туругун хонтуруоллуур уорганнарбыт билэллэр, үөрэтэллэр дуо?
Саяно-Шушенскай ГЭС алдьархайыттан да сылтаан туох эмэ бэрэбиэркэ ыытыллар дуо?
Хаһан эрэ ГЭС быһыта тоҕо бардаҕына Бүлүү эргин нэһилиэнньэлээх пууннар бука бары аҕыйах чаас иһигэр уу анныгар буолуохтарын туһунан суоттааһын баарын көрбүттээҕим.

Итини сэрэтиигэ эрдэтинэ ким эмэ дьарыктанар дуу, суох дуу?

Бу күннэргэ Америкаҕа “Майкл” ураганнара кэлиэн нэдиэлэ иннинэ Флорида штатка ыксаллаах быһыыны биллэрбиттэрэ хоромньу тахсарын быдан аччатта.

Биһиэннэриттэн, бу буолбут Бүлүү алдьархайа буолан ырааппытын кэннэ, соҕотох Үөһээ Бүлүү улууһа эрэ ыксаллаах быһыыны биллэрдэ.
Тоҕо диэтэххэ, тустаах уорганнар кыһаллыбаттар, сэрэппэттэр.

Ыстатыйабар аҕалтаабыт официальнай докумуоннар хас эмэ сыллааҕылар, хонтуруол, сэрэтии баар эрдэҕинээҕилэр.

Билигин хонтуруол суох, 1600 киһилээх Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ тугу эмэ модьуйсар бырааба суох үһү. Оччотугар бу “аармыйа” тугу гынар, туох иһин хамнас ылар?

Биһиэхэ кырдьаҕас Биология института диэн баар, тоҕо эрэ кини үлэтин үксүн айылҕаны харыстыахтаах, хонтуруоллуохтаах министиэристибэҕэ сүктэрдилэр.
Дэлэҕэ “Айылҕа харыстабыла” ааты ”Экология министиэристибэтигэр” кубулуттулар, хонтуруоллаама, орооһума, науканан дьарыктан диэбит курдук.

Мин ыстатыйабар И.Я.Егоров, И.В.Ноговицын уонна В.И.Агеев официальнай суруктарыттан лоскуйдары аҕалтаатым.
Кинилэр хамнастаах улахан дуоһунаска, сылаас кириэһилэҕэ олорон туруорсубуттара.
Кинилэргэ үлэлэриттэн үүрүллэр куттал баара эбитэ буолуо да, дойду, кэлэр көлүөнэ туһун үрдүктүк туталлара, чиэһинэйдэрэ, дьыалаҕа эппиэттээх сыһыаннара суруктарыттан көстөр, билиҥҥи салайааччылартан итинэн уратыланаллар.
Төһө да туруорсууларын сорҕото олоххо киирбэтэр, кинилэр бар дьон иннигэр ыраастар, алдьархайы аччата сатаабыттарынан.

Оттон айылҕаны харыстыахтаах министиэристибэ салалтата дьонун-сэргэтин таҥнара олорор.

Алдаҥҥа Элькон үрэх салаатыгар көмүс хостооччу кытайдар кири куппуттарын, ньиэби хостооччулар Мухтуйка үрэххэ ииктэрин-саахтарын түһэрэллэрин, Улахан Ботуобуйаҕа кири кутуохтаахтарын, алмаасчыттар Бүлүүгэ аҕалбыт иэдээннэрин общественность бэйэтэ туруорсуутун күүһүнэн, ситэтэ да суох буоллар, дьаһал ылылла сатаата.
Дьааҥыга тахсыбыт быһылаан саҕана Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин үлэһиттэрэ Аммаҕа сөтүөлүү, балыктыы, суруналыыстары көччүтэ сылдьыбыттара.
Арай Чурапчыга биир тайах борубулуохаҕа сөрүөстүбүтүгэр суһал биригээдэ ыыппыттар этэ.
Элькон үрэх киртийиитигэр ураты суолта бэриллиэхтээҕэ.
Ити эргин 8 уран рудалаах сир баар, олору разведкалыыр кэмнэригэр 1 млн. тонна уран рудатын аһаҕас халлаан анныгар “хаһааммыттара”.
Олортон Алдан өрүскэ радионуклид суураллан киирдэ дуо диэн ыйытык туруохтааҕа, бэрэбиэркэ ыытыллахтааҕа.
“Луннай” диэн саппааһа ааҕыллыбыт ураннаах учаастакка, хайа эрэ кистэлэҥ ньыманан, лицензияҕа тиксэннэр, көмүһүн арааран ылаллара, уранын үрэх үрдүгэр ыскылааттаан иһэллэрэ иһиллибитэ ыраатта.
Арай министиэристибэ итиннэ улахан суолтаны биэрбэт.

1989 сыллаахха научнай экспедиция Бүлүү регионугар элбэҕи арыйбыта, түмүктэри оҥорбута.
Манна дьиҥинэн барыта дьэҥкэ, көстөн олорор.
Эбии үөрэтэр, күнү-дьылы барыыр да наадата суох, кыра чуолкайдааһыннары эрэ киллэриэххэ сөп.
Бүлүү өрүскэ балык эстиитин билиммиттэрэ.

Ити иннинээҕи сылларга Кыым хаһыакка корреспонденынан үлэлии сырыттахпына “Якуталмаас” ПНХ сакааһынан Бурятияҕа оҥоһуллубут (кистээн буолуо) Нидьилиттэн тахсар үрэҕи быһыттыыр бырайыагы көрдөрбүттэрэ.
Бүлүүгэ тахсыбыт ночооту Нидьили балыгын элбэтэн сабарга дэммит курдуга.
“Якуталмаас” ПНХ даамбаны туппута да, наһаа үрдэтэн кээһэннэр Нидьили уута үрдээн кытылыгар баар сугун абаҕата, тыһыынчанан тимир буочука уу анныгар киирэн улуу күөл балыга дьүдэйэн барбыта.
Ыксаан быһыты намтатан күөлү быыһаабыттарын олохтоохтор өйдүүр буолуохтаахтар.
Бүлүүгэ балык эстиитин толуйар үлэ итинник түмүктээҕэ.

Ол кэмнэргэ биир биллэр учуонайбыт И.И.Поисеев ночооту барытын ааҕан-суоттаан биэрбитэ эмиэ баар.

Ол түмүгэр САПИ тэриллибитэ, үтүмэн үгүс үп киирэн испитэ. САПИ тоҕо сабыллыбытын, 2% кэлин ханна тиийбитин чуолкайдаары саҥа тойон Солодовка сурук суруйбуппар кини солбуйааччыта А.Стручков эппиэтэ кэлбитэ.

Куруутун буоларыныы, ылбат-биэрбэт хоруйтан көрдөххө Бүлүү сүнньүгэр олорор 8 улуус дьоно САПИ сабыллыбытыттан ночоотурбатахтар, акционер буолбуттар, сыл ахсын девидени ыла, туһана олороллор эбит.

От ыйын 10 күнүгэр (Бүлүү саахалын ый иннигэр эбит) республика прокурорун аатыгар сурук киллэрбитим да, бу үс ый тухары хоруй кэлбэтэ.
Сокуон быһыытынан 1 ый иһигэр хоруйу тутуохтаах этим.

Сурук ис хоһооно миниистир С.Афанасьев эбээһинэһин толорботун, айылҕатын көмүскээбэтин туһунан этэ.
Ордук “Кратон-3” ядернай саахал сирин чөлүгэр түһэриини ситэ оҥорботохторо ахтыллыбыта.
Сурукпар эппиэтин күүтэбин.

Иван БУРЦЕВ
12.10.2018 с


 
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 1299 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 102
Ыалдьыттар (гостей): 102
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024